Архив рубрики: Ахтыллар дьон

Пинигин Павел Павлович туһунан

САХА УОЛА – ОЛИМПИЙСКАЙ ЧЕМПИОН! Биһиги аймахтар Байбалы оччолорго Павлик диирбит. Павлик Монреальга олимпийскай оонньууларга кытта барбытын кыралыын-улаханныын бары долгуйа истибиппит. Саамай интэриэһинэйэ, кини кыайыытын салгын радиотынан хабан,… Читать далее »

Цыпандин Иван Семёнович туһунан

АҔАБЫТ ҮЧҮГЭЙ ҮЛЭТЭ СЫАНАЛАММЫТА Тапталлаах кэргэним, аҕабыт, ытыктабыллаах күтүөппүт, убайбыт, эһээбит Цыпандин Иван Семёнович 1935 сыл ахсынньы 2 күнүгэр Төҥүлү бөһүөлэгэр Мэҥэ-Хаҥалас оройуонугар төрөөбүтэ. Орто үөрэҕи ситэ бүтэрбэккэ… Читать далее »

Монастырёв Иван Иванович туһунан

ЭМЭГЭТТЭЭХ ЭМЧИТ – ТИРЭХ УЙБААН Уйбаан Уйбаанабыс Монастырёв-Тирэх Уйбаан 1949 сыл ахсынньы 6 күнүгэр Чурапчы улууһун Кытаанах нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Айылҕа күүһэ итэҕэлгэ, сомоҕолоһууга, түмсүүгэ, илгэ-эйэҕэ тутуллар. Ону түстүүргэ,… Читать далее »

Уаров Валерий Фомич туһунан

СПОРТСМЕН, САЛАЙААЧЧЫ, ҮТҮӨКЭН АҔА БАҺЫЛЫК Валерий Фомич Уаров 1946 сыл бэс ыйын 25 күнүгэр Сунтаар оройуонун Аллыҥа нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Көҥүл тустууга ССРС спордун маастарыгар кандидат, кэккэ сылларга ыарахан… Читать далее »

Спиридонов Пётр Спиридонович туһунан

БООТУЛУ ДЬАБЫДАХ АҔАТЫН УУҺУТТАН ТӨРҮТТЭЭХ ОЛОҤХОҺУТ ЭҺЭБИТ ЫГДАҔАР БҮӨТҮР Эһэбит аах Чуукаар Балаҕаннааҕар мыраан анныгар олорбуттара. Дьабыдах Үөһээ Бүлүү Боотулутуттан көһөн кэлсибит киһи, Тээһэлэр кыыстарын ойох ылан аҕа… Читать далее »

Скрябин Пётр Семёнович туһунан

МИНИСТР СКРЯБИН КӨМӨТӨ 1960 сыллаахха педучилищеҕа төрдүс кууруска историяҕа эксээмэҥҥэ олордохпутуна, үөрэх миниистирэ Скрябин Пётр Семёнович киирэн кэллэ. Биһиги бары ойон туран дорооболостубут, оччолорго физкультурнай отделениеҕа сүүрбэ сэттэ… Читать далее »

Тастыгин Мефодий Михайлович туһунан

ЧИЭҺИНЭЙДИК ҮЛЭЛИИР Көрсүө-сэмэй майгылаах, үйэлэрин тухары дьон-норуот иннигэр чиэһинэйдик үлэлии сылдьар дьон элбэх буоллахтара. Биир оннук киһинэн Мефодий Михайлович Тастыгин буолар. Кини 1982 сыллаахха үөрэҕин бүтэрэн баран, үлэтин… Читать далее »

Иванов Григорий Николаевич-Добросклон туһунан

КИҺИ КЭРЭМЭҺЭ– ГРИША ДОБРОСКЛОН Биллиилээх суруналыыс, аатырбыт кэммэнтээтэр, ытыктыыр, билинэр киһим А.В. Васильев-Көрдүгэн бэлэх биэрэн үөртэ даҕаны, соһутта даҕаны. «Оскуолабыт биһиги дьылҕабытыгар…» диэн ааттаах, Чурапчы спортивнай интернат-оскуолатын 1971… Читать далее »

Сидорова Зоя Николаевна туһунан

КИЭН ТУТТАР КИҺИБИТ Сидорова Зоя Николаевна – II-с степеннээх “Медаль материнства”, “Дети войны”, «Якутия – Россия 380» республика анал бэлиэлэрин хаһаайкалара, Көбөкөн нэһилиэгин ытык киһитэ. Кини 1943 сыллаахха… Читать далее »

Павлова Варвара Афанасьевна туһунан

КИНИ – ХОЗЯЙКА МЕДНОЙ ГОРЫ Саха дьахталларыттан геолог уустук, үгүс мүлчүргэннээх сырыылардаах, эр киһиэхэ да ыарахан идэтин талан үөрэммит, үлэлээбит биир бастакы кэрэ аҥарынан Павлова Варвара Афанасьевна буолар.… Читать далее »