Григорьев Анатолий Павлович туһунан

НЬУРБА МОХСОҔОЛО – БЫЙААТ

Биир дойдулаахпыт Григорьев Анатолий Павлович – ССРС Сэбилэниилээх Күүстэрин самбоҕа сахалартан бастакы чемпиона.

Ньурбаҕа олус көнө-сэмэй, эдэриттэн тустууга тренеринэн үлэлээн үтүөлээх сынньалаҥар олорор Анатолий Павлович Григорьев – Быйаат туһунан сурукка тиһэн, сырдатан көрөөрү гынным.

А.П.Григорьев-Быйаат, сахалартан самбоҕа биир бастакы ССРС Сэбилэниилээх Күүстэрин чемпиона.

Толя Ньурбаҕа Григорьевтар дьиэ кэргэннэригэр иккис оҕонон 1954 сыл тохсунньу 22 күнүгэр төрөөбүтэ. Убайа Виктор Павлович оҕо сылдьан быраатын быраат диэн кыайан саҥарбакка “быйаат” диэн ыҥыран, “Быйаат” диэн таптал ааттанан хаалбыт. Билиҥҥиэхэ диэри биһиги “Быйааппыт” буолар. Мин убайын Виктор Павловичтыын өр кэмҥэ ветеринария систематыгар бииргэ үлэлээбиппит. Кини Хаҥалас улууһугар сынньалаҥҥа тахсыар диэри солбуллубат начальник этэ, ветеринарнай наука кандидата, Саха Республикатын үтүөлээх ветеринарнай бырааһа.

Балта Светлана Павловна кэргэнэ, күтүөттэрэ Иванов Владимир Прокопьевич уруккута республикаҕа улаханнык биллэр, ыарахан ыйааһыҥҥа республика тустууга элбэх төгүллээх чемпиона уонна призёра, Ил Түмэн депутата этэ. Володя туһунан туспа ахтыы суруллара күүтүллэр.

Толя аҕатын Григорьев Павел Кирилловиһы оҕо сылдьан көрөр этим. Кэлэҕэй Байбал, Лесхоз Байбал дииллэрин өйдүүбүн. Биир түгэн өйбөр хаалбыт. Арай ити 1967 сыллаахха күһүн, Ылдьыын кэнниттэн, аҕабын кытта өрүс уҥуор Мэҥэдьэккэ кустуу-балыктыы диэн велосипеппытыгар хас да хонук ыһыкпытын, илиммитин ыырдан Моонньооххо чугаһаан иһэн үс киһини көрсүбүппүт. Эмиэ велосипедка таһаҕас анньан иһэр этилэр. Аҕам: “Оо, Кэлэҕэй Байбал уолаттарын кытта иhэллэр”, – диэн көрсөн кэпсэтэ турдахпытына, биир моонньоҕон үрдүбүтүнэн көтөн кэлбитин Бииктэрдээх Толя сааларын туһаайан бардылар, мин эмиэ биир айахтаах саабын кинилэр кэннилэриттэн “бар” гыннардым. Иккис кылааска үөрэнэ киирээри сылдьар киһи, кырам да бэрт буолуо, арааһа сууллан иһэр куһу ыппыт быһыылаахпын. Куспут аттыбытыгар “пал” гына түстэ, ону аҕалара куһу ылан баран, уол бэккэ тапта диэн баран миэхэ туттаран кэбиспитигэр үөрүү бөҕөтө буолбуппун санаан кэллим.

Бииктэрдээх Толя “бу уол саата бэйэтин саҕа эбит” диэн күллүлэр. Санныбыттан таптайан баран салгыы бара турдулар. Ити кэмҥэ 7-8 кылааска үөрэнэр буолуохтаахтар. Аҕам “ити Байбал уруккута улахан сэниэлээх сымса киһи, Япония сэриитигэр сылдьан пленнэй японнары кытары тустан кыайталаабытын туһунан кэпсээннэр бааллар” диэбитэ. Ити бастакы Толяны кытта билсиим буолар.

Кэлин бу Толябыт (Быйааппыт), Анатолий Павлович ситэн-хотон Северо-Кавказскай военнай округка сулууспалыы сылдьан, Советскай Союз вооруженкатын самбоҕа чемпионунан буолар. Кини сүрдээх сэмэй, бэйэтин кэпсэнэ сылдьыбат, олус көнө киһи. Кинини “кыратык аҕаҥ туһунан сырдат” диэбиппэр, өр толкуйдаан сөбүлэһэн биэрбит ахтыытын эһиги көрүүгүтүгэр таһаарабын.

– Мин аҕам Григорьев Павел Кириллович 1919 сыллаахха Өҥөлдьө нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Бииргэ төрөөбүттэр түөрт уол уонна үс кыыс. Улахан убайдара Григорьев Лука Кириллович Сталинград сэриитигэр 1942 сыллаахха барбыта, төннүбэтэҕэ. 1943 сыллаахха аҕам бииргэ төрөөбүт Иваны кытары Япония сэриитигэр ыҥырыллан барбыттар, биир иһиттэн-хомуостан аһаан-сиэн сылдьыбыттар. Ол сэрии кэмигэр дьоппуон военнопленнайдарын, нуучча саллааттарын кытта туста сылдьар эбиттэр. Дьоппуоннар хоттохторун аайы уруй-айхал, «ураа» диэн хаһыы бөҕөлөрө үһү. Дьоппуоннар сумо тустууларын быраабылата эбит. Биһиги саллааттарбыт аҕабын тутан ылан туһуннара киллэрбиттэр, биир дьоппуону охторбут, иккис дьоппуону суулларбыт, дьоппуоннар мух-мах барбыттар, кими киллэрэбит диэн сүбэлэспиттэр. Онтон 100 киилэлээх офицеры киллэрбиттэр, ону эмиэ бырахпыт. Онуоха дьоппуоннар илиилэрин таһына-таһына, улахан сөмүйэ тарбахтарын үөһэ көрдөрө-көрдөрө “рус, коросо” диэбиттэр. Ити курдук сэрии кэмигэр дьоппуоннары кыайан-хотон турардаах.

1956 сыллаахха Ньурбатааҕы ойуур хаһаайыстыбатыгар үлэлии киирэр. Үлэлээбит учаастага Бүлүү эбэ уҥуор Куутту үрэхтэн Хуонкыыр үрэҕэр диэри. Биир сиргэ өр үлэлээн, 1976 сыллаахха пенсияҕа тахсыбыта. Бииргэ төрөөбүт быраата Григорьев Пётр Кириллович 50 сыл учууталынан үлэлээбитэ. Ийэм Григорьева Марфа Егоровна Чукаар нэһилиэгиттэн төрүттээх, 60-с сыллартан пенсияҕа тахсыар диэри Амакинка ОРС маҕаһыыныгар үлэлээбитэ. Ийэм ийэтэ Хоро баайын кыыһа үһү.

Биир киэһэ “Анатолий Павлович сахалартан самбоҕа биир бастакынан ССРС спордун маастара буолуохтаах” диэн телефонунан ыйыталаспыппар, “мин иннибинэ Ньурбаттан төрүттээх Айкаров Борис диэн күүстээх самбист маастар баара, Владивостокка олорбута” диэтэ. Айкаров диэн Ньурбаҕа эрэ баар фамилия. Улахан консультаммар Юрий Наумовичка эрийбиппэр Айкаров Алексей Никитич Хорулаттан төрүттээх, Хорулаттан бастакы учуонай-историк диэтэ, оҕолорун билбэт эбит. Мин аҕам Дмитриев Гаврил Романович Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, Ньурба бастакы нүөмэрдээх оскуолатын бастакы выпускнига, кини кылааһынньыга буолуон сөп эбит диэн ону-маны хасыһан булбутум – Алексей Никитич эбит. Автобиографиятын хаһыспытым, Обком лекторыгар тиийэ үлэлээбит эбит. Ньурбаҕа кэлэ сылдьан аҕабар биһиэхэ хонон ааспытын өйдөөн хаалбыппын. Баҕар, билээрэй диэммин спортивнай комментаторга, журналистка, Саха сирин ыалдьааччыларын кумирдарыгар Александр Васильевич Васильевка-Көрдүгэҥҥэ телефонунан кэпсэппиппэр үчүгэй сонуннаах буолан биэрдэ. Сахалартан самбоҕа бастакы маастар Борис Айкаров диэтэ.

Айкаров Борис Алексеевич, самбоҕа ССРС спордун маастара.

Биһиги Анатолийбыт самбоҕа биир бастакы маастардартан биирдэстэрэ эбит.

Толя ийэтэ Григорьева Марфа Егоровна үйэтин тухары Амакинка ОРС маҕаһыыныгар үлэлээн кэлбитэ. Эбэм Сөдүөрэ үөрэн кэлэрин өйдөөн кэллим, ол саҕана убайым Роман, Нака уонна Аня студенныы сырыттахтарына каникулга кэлэллэригэр: “Хата, Мааппам ас бөҕө ууран, оҕолорун кэлэллэригэр кэһии бөҕөтө”, – диирэ. Ньурбаҕа авиапорт уонна Амакинка ОРС үчүгэйдик хааччыйан олордоҕо. Онтон син олохтоохтор тиксэр буолуохтаахпыт. Ньурбаҕа бастакы оскуола базатыгар ДЮСШ тэриллэн, 1968 сылтан тустуунан Николай Прокопьевич Иванов (маастар) кэлиэҕиттэн күүскэ эрчиллии барбыт буолуохтаах. Ити кэмҥэ Анатолий Павлович үөлээннээхтэрэ Алексеев Василий, Нехоруков Вася, Петров Яша, Горбатов Слава, Васильев Максим, Такыров Сергей, Ноговицын Виктор, Николаев Толя, Миронов Вася, Егоров Ярослав уонна да атыттар күүскэ тустууга дьарыктанан барбыттара.

Ити кэмҥэ Ньурба сытыы-хотуу уолаттара тустуунан дьарыктана барбыттара. Толя үөлээннээхтэрэ Алексеев Вася, Нехоруков Вася, Петров Яша, Горбатов Слава, Васильев Максим, Такыров Сергей, Ноговицын Виктор, Николаев Толя, Миронов Вася, Никифоров Игорь (Амба), Бойнов Симон, Иванов Миша (Боочо), Ксенофонтов Миша (Баппаҕай), Мегежекскэй Толя (Мэгэдьэк), Михайлов Коля, Филиппов Виктор (Бискэй) уонна да атыттар тустуунан дьарыктанан бартара.

Бу уолаттартан элбэх киһи ССРС спордун маастардарын, маастарга кандидат аатын ылбыттара. Виктор Ноговицын Саха сирин спордун министригэр тиийэ үлэлээбитэ. Уолаттар норуот хаһаайыстыбатын араас салааларыгар үлэлээн-хамнаан билигин үксүлэрэ бочуоттаах сынньалаҥҥа олороллор.

Анатолий Григорьев армияҕа сулууспалыыр кэмигэр аһыллан, самбо көрүҥэр улахан ситиһиилэри көрдөрбүтэ. Кини Северо-Кавказскай военнай окрукка биир эмит саха сулууспалыыр сиригэр түбэһэн чаҕылхайдык сулууспалаан сырыттаҕа, улахан ситиһиилэри көрдөрдөҕө.

Толяны кытта кэпсэтэн, аа-дьуо айах аһылыннаҕына киһи сөҕүөн курдук чахчы араас омук кыахтаах уолаттарын кытта сулууспалаабыта киһини cөхтөрөр. Ол курдук бииргэ сулууспалаабыт уола Сурен Налбандаян классическай тустууга Олимпийскай чемпион буолар, Б.Базаев, О.Калоев, Э.Икаев курдук Союзка биллэр күүстээх тустууктары кытта бииргэ сулууспалаан, доҕордоһон кэллэҕэ. Билигин даҕаны төһө да саас элбээн истэр доҕотторун кытары сибээһин сүтэрбэт эбит. Биһиги уолбут доҕотторуттан итэҕэһэ суох спортка ситиһиилээх. Ол курдук самбоҕа ССРС Сэбилэниилээх Күүстэрин чемпиона, көҥүл тустууга улахан дьоҥҥо Кубок Вооруженных сил СССР – 2-с миэстэ, эдэрдэргэ 3-c миэстэ. ССРС чемпионатыгар бэйэтин Северо-Кавказскай округун элбэхтэ чиэстээхтик көмүскээн турар.

Ол кэмҥэ табаарыстара Алексеев Вася (Чырбылла), Иванов Николай (Восьмой) Туапсе куоракка РСФСР эдэрдэргэ чемпионатыгар араас куораттартан кэлэн бэйэлэрин республикаларын, куораттарын көмүскээн, Алексеев Василий (Чырбылла) – 1-кы миэстэ, Иванов Николай (Восьмой) – 2-с миэстэ ылан үөрэллэр.

Толя тренердэрин наһаа күндүтүк саныыр, ол курдук кыра кылааска эрчийбит Петров Гаврил Ивановиһы, Иванов Николай Прокопьевиһы спорт ротаҕа көҥүл тустууга тренерин осетин Балаевы, самбоҕа тренерин грузин Мцариашвилины. Үчүгэй дьоһун тренердэргэ эрчиллэн Анатолий Павлович тренер идэтин талан бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри төһөлөөх элбэх оҕону эрчийэн спортка ситиһиини, олоххо дьоһун суолу ыйан-кэрдэн биэрбитэ буолуой!

Россия «Почётный работник общего образования Российской Федерации» наҕараадалаах дьоһун-мааны киһибитигэр, ССРС Сэбилэниилээх Күүстэрин чемпионугар Григорьев Анатолий Павловичка, кини дьиэ кэргэттэригэр, чугас дьонноругар дьоллоох доруобай олоҕу баҕаран туран бу кыра ахтыыбын түмүктүүбүн.

 

 

Көҥүл тустууга тренерим Балаевтыын.

 

 

1-кы оскуола мастерскойун тустуу саалата оҥороннор, дьарыктанар сирдэммиппит.

 

ЦСКА-ҕа сбор кэмигэр.

 

СКА уолаттара.

 

Сахалартан самбоҕа бастакы мэтээллээх.

 

 

 

Москва, ЦСКА.

 

Григорьев Иван (Чыычаах), кыра бырааттара Пётр.

 

Ньурба ДЮСШ-тын выпускниктара, спорт маастардара Александр Додохов, Яков Петров, бырааттыы Егор уонна Василий Алексеевтар, Борис Егоров тренербит Н.П.Иванову кытта.

 

Ийэм барахсан.

 

Аҕам Павел Григорьев.

 

 

 

 

Анатолий Павлович күтүөтэ Саха сирин чемпиона, элбэх төгүллээх призёра, Ил Түмэн депутата Владимир Прокопьевич Иванов.

 

Спортсменнар слёттара.

 

Ньурбаҕа тустуу сайдыбыта 30 сылыгар. Тренербит Иванов Николай Прокопьевичтыын.

 

Коллективынан субуотунньукка.

 

Толя бииргэ төрөөбүт убайа Виктор Павлович Григорьев, СР үтүөлээх ветеринарнай бырааһа, ветеринарнай наука кандидата, өр сылларга Хаҥалас улууһун ветуправлениетын тахсыылаахтык салайбыт салайааччы.

 

Егоров Борис Прокопьевич – РФ үтүөлээх тренерэ, Пётр Юмшанов аатынан Тустуу оскуолатын директора.

 

 

Олимпийскай призёр А.Н.Ивановтуун.

 

Ньурбалар аатырбыт убайдарбын Юрий Андреев уонна Максим Васильевтыын.

 

Бырааттыы Россия чемпионнара Егор уонна Василий Алексеевтары кытта.

 

Тренербитин кытта ыһыахха.

 

Табаарыстарым: Аан дойдутааҕы кылаастаах спорт маастара Василий Алексеев, көҥүл тустууга уонна хапсаҕайга спорт маастара Геннадий Егоров.

 

 

Улуу убайдары кытта.

Европа хас да төгүллээх, Аан дойду призёра Владик Андреевтыын.

 

2026 сыл. Кылааһынньыгым Т.Х.Максимов биологическай наука доктора, Христофор Максимов уола.

 

Полковник, начальник оперативного управления Генштаба ВВС СССР Иванов Валентин Капитонович, заслуженный работник Алексеева Капиталина Капитоновна, генерал Корнилов Геннадий Андреевич.

 

Булт түгэннэрэ.

 

 

Сыайаан хайатын үрдүгэр, сир кэрийэ сылдьабын.

 

 

 

 

 

 

Бултуурбун сөбүлүүбүн.

 

 

 

 

 

 

Эдьээннээҕи трофей.

 

Балтым Лана сиэммин кытта.

Ахтыыны суруйда

Сергей Гаврильевич ДМИТРИЕВ,

Саха Республикатын үтүөлээх ветеринарнай бырааһа, Саха сирин спордун ветерана, “Спортка уонна физическэй культураҕа үтүөлэрин иһин” бэлиэ хаһаайына, Ньурба улууһун уонна Ньурба куоратын ытык олохтооҕо.

2026 сыл балаҕан ыйа.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *