Шишигин Спиридон Васильевич туһунан

АҔАБЫТ – ХОРСУН ФРОНТОВИК

Биһиги аҕабыт Спиридон Васильевич Шишигин 1923 сыллаахха төрөөбүт. Алдьархайдаах сэрии саҕаланыытыгар 18 сааһын туола илик буолан уонна муҥурдааҕын быстаран бастакы хомуурдарга түбэспэтэх. Бииргэ үөрэммит сэриигэ ыҥырыллыбыт уолаттарын, ордук бииргэ төрөөбүт эдьиийин уолун, бииргэ улааппыт, үөрэммит убайын Макар Семёнович Петрову ордук саныы, сайыһа хаалбыт.

Ити сыл төрөөбүт нэһилиэгэр Тараҕайга, Табаҕа оскуолатыгар учууталлаабыт, Гастелло аатынан пионерскай дружинаҕа баһаатайдаабыт. Кыһыны быһа тылланан 1942 с. бэс ыйын 26 күнүгэр директорын А.И.Сосины кытта бэбиэскэ тутан, сэриигэ аттаммыт. Саха народнай артиһа Г.Г.Колесов ахтарынан сэриигэ барааччылар кэри-куру буолан, сорохторо ытаан-соҥоон барбыттар. Арай куудара баттахтаах эдэр учуутал Испирдиэн үөрэ-көтө, биир дойдулаахтарыгар кыайан-хотон төннүөхпүт диэн этэн-тыынан барбыта үһү.

Эппитин да курдук буолбут. Украина Михайловка диэн хуторын иһин кыргыһыыга III Украинскай фронт III Гвардейскай армиятыгар сылдьан ыараханнык бааһыран, контузия ылан, госпитальга өр эмтэнэн 1944 с. дойдутугар төннүбүт.

Ыарахан бааһырыы кэнниттэн “Азовсталь” заводка үлэлии сырыттаҕына Сталин уурааҕа тахсыбыт – учууталлары армияттан демобилизациялыыр туһунан. Аҕабыт онно түбэспит: педучилищены бүтэрбит дипломун гимнастёркатын сиэбигэр фроҥҥа сылдьарын тухары илдьэ сылдьыбыт…

Сэрииттэн кэлээт учууталлаабытынан барбыт, “Табаҕа” колхозка биригэдьиирдии сылдьар эмиэ бэйэтин курдук тулаайах кыыһы Зоя Николаевна Аргунованы кэргэн ылбыт. 1945 с. бастакы уоллара убайым Алексей, 1947 с. – мин, 1950 с. – быраатым Спиридон төрөөбүппүт. Сэрии кэнниттэн уол оҕо үгүстүк төрүүр эбит. Айылҕа бэйэтэ итинник дьаһанар эбит: сэриигэ өлбүт эр дьон ахсааннарын чөлүгэр түһэрэ, дьахталларын кытта тэҥниир.

Фронтовик дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт буолан оҕо эрдэхпиттэн аҕабыт Улуу Кыайыы, сэрии туһунан кэпсээннэригэр улааппыппыт. Ону-маны өйдүүр буолуохпуттан аҕабыт ытыктыыр фронтовик атастарын-доҕотторун, кэпсээннэрин истэр-сэргиир этим. Кыра эрдэхпитинэ, 1950 сс. саҥаларыгар аҕабыт Мэҥэ-Хаҥалас I Мэлдьэхси Мас Булгунньаҕар оскуола директорынан үлэлээбитэ. Ити кэмҥэ бу оскуолаҕа аатырбыт артиллерист Г.Д.Протодьяконов 1 кылааска учууталлаабыт. Кини кылааһыгар убайым Алёша үөрэммитэ.

Аны санаатахха Кыайыы күнүн биһиэхэ мустан бэлиэтиир эбиттэр. Мас тардыһаллара, аҕам Гавриил Дмитриевичка кыайтарбытын үдүк-бадык өйдүүбүн. Кини аҕабыттан бөдөҥ, төрөлкөй киһи курдук өйбөр хаалбыт (дьон кэпсииринэн Г.Д.Протодьяконов күүстээх-уохтаах, модьу киһи эбитэ үһү. Биһиги да аҕабыт сахаҕа үрдүк, 170 см үрдүктээх, ыһыахтарга атах оонньууларыгар, ыстаныыларга, сүүрүүгэ бириис ылара, үчүгэйдик волейболга оонньуура). Сотору дойдутугар, Табаҕаҕа төннүбүппүт.

1954 с. сэттэбэр оскуолаҕа киирбитим. Бастакы учууталым – Тараҕай төрүт олохтооҕо Гавриил Фёдорович Марков. Кэлин билбитим сэриигэ иккитэ ыҥырыллыбыт, “За Отвагу” мэтээллээх. Физругунан лейтенант аймахпыт Николай Николаевич Аргунов, уруһуй учууталынан Яков Михайлович Зыков үлэлииллэрэ, аҕабыт чугас доҕотторо. Оскуолабытыгар атын да фронтовик-учууталлар үлэлииллэрэ. Кинилэр тэрийиилэринэн араас байыаннай оонньуулар, күрэхтэһиилэр, көрсүһүүлэр үгүстүк буолаллара.

Аҕабыт сэрии тулаайахтарыгар ураты истиҥ сыһыаннааҕа, аһынара, көмөлөһө сатыыра, интернакка ылара. Дуобакка, саахымакка, музыкаҕа үөрэтэрэ, походтарга илдьэ сылдьара. Мин өйдүүрбэр биир Кеша Бурнашев диэн үөрэнээччи “Романов” диэн сэриигэ өлбүт аҕатын араспаанньатын ылбыта. аҕабар үгүстүк сылдьан сүбэлэтэрэ, докумуоннары толороро. Кэлин бөдөҥсүйбүт Моорук Сэбиэтин председателинэн талыллан сэрии ветераннарыгар уһулуччу кыһаллара, кинилэр кыһалҕаларынан үгүстүк сүүрбүтэ-көппүтэ. Араас докумуоннары толороро, ветераннары салайан Москваҕа бара сылдьыбыта. Биир үтүөтүнэн сэриигэ өлбүт буойуттары үйэтитиигэ күүскэ үлэлээбитэ, нэһилиэгэр музей тэрийбитэ (билигин бу музей кини аатын сүгэр). Республика оскуолаларын музейдарын кытта сибээстэһэрэ. Биир бастыҥ үөрэнээччитин илдьэ опыт атастаһа Бүлүүгэ бара сылдьыбыта.

Аҕабыт, мин өйдүүрбүнэн, кугас кубанкалаах этэ. Бука, фронтан кэтэн кэлбитэ буолуо. Кыра бырааппыт Николай Украинаҕа командировкаҕа сылдьан кубанка атыылаһан кэлбит этэ. Кыайыы күнүгэр байыаннай форма, кубанка кэтэрэ. Убайдарыттан биһигиттэн көҥүллэтэн аҕабыт гвардейскай значогун, биир эмэ мэтээлин кэтэрэ, аҕатынан олус киэн туттара. Эдэр ыччаты, бэйэтин да оҕолорун патриотизм тыыныгар иитэрэ, бэйэтэ ис сүрэҕиттэн дьиҥнээх патриот этэ. Кыра уол буолан аҕатын кытта хайабытыттан да уһуннук кини таһыгар сылдьыбыта, аҕабыт сабыдыала улахан этэ.

Аҕабытыгар кыраайы үөрэтээччилэр, нэһилиэкпит, улууспут биллэр дьоно сылдьаллара, сэһэргэһэллэрэ. Отой кыра эрдэхпинэ биллиилээх фольклорист А.С.Порядин сылдьара, рукопистарын аахтара биэрэрэ. Мин өйдүүрбүнэн “Мэҥэ улууһугар сир түҥэтиитэ” диэн үлэтин аҕам ааҕара. Кэлин республика биллэр улахан үлэһитэ буолбут С.С.Аржаков мотоциклынан кэлэн барара.

Ытыктыыр учууталым, аҕам чугас доҕоро А.Н. Анисимов, Р.И.Брызгалов, үөрэппит оҕолоро Эдуард Бурнашев, Иннокентий Сосин, Рафаэль Баҕатаайыскай уо.д.а. сылдьалларын өйдүүбүн. Партия ХХ съеһин түмүктэрин ырыталлара, Чжоу Энь-лай салайааччылаах Кытай компартиятын делегацията съезтэн эрдэ барбытын кэпсэтэллэрэ. Мин төһө да оҕо буолларбын, улахан дьон кэпсэтэллэрин сөбүлээн истэр этим. Аҕам да үүрбэт этэ.

Аҕабыт биһигини общественнай үлэнэн дьарыктанарга барыбытын бэйэтин холобурунан ииппитэ. Кырдьыксыт, чиэһинэй буолууну ирдиирэ. Бэйэтэ сэрииттэн кэлээт партияҕа киирбитэ, оройуон хаһыатын общественнай корреспондена буолбута, нэһилиэгин, оскуолатын солуннарын тиһигин быспакка үйэ аҥаара суруйбута. Нэһилиэгэр музей тэрийбитэ, үөрэппит уола Л.К.Байкалов аҕатын малларын, Саха КСК кыһыл көмүс знагын оскуола музейыгар биэрбитин, мин Саха музейын директорынан үлэлии кэлбиппэр улахан суолталаахтарын бэлиэтээн, өйдөөн биһиги музейбытыгар туттарбыта. Бу сыаналаах маллар музей экспозициятыгар көстөллөр. Уопсайынан, аҕабыт К.К.Байкалов сырдык аатын үйэтитиигэ үгүс үлэни ыыппыта, бэл МНР баһылыгар Ю.Цеденбалга сурук суруйбута, хоруй ылбыта.

Фронтовиктар биһиги нэһилиэкпитигэр холобур буолар килбиэннээх олоҕу олорбуттара. Үлэ бастыҥнара, элбэх оҕолоох дьоһун ыаллар аҕа баһылыктара кинилэр этилэр.

Кыайыы 65, 70 сылларыгар республикабыт фотоальбом кинигэлэрин таһаарыыга кылаабынай, эппиэттиир редактордарынан бигэргэтиллэн үлэлээбиппиттэн киэн туттабын, астынабын. Бэйэм тус архивпын, музей коллекциятын туһанаммын үгүс саҥа матырыйааллары киллэрбитим. Сахалар Аҕа дойду көмүскүүр сэриигэ кыттыылларын үөрэппит, кинигэ таһаартаабыт кыраайы үөрэтээччилэри, историк-учуонайдары бэлиэтээн хаартыскаларын таһаартаабытым. Сэриигэ 3-4, 5 уолаттарын сүтэрбит ийэлэри үөрэтэн киэҥник таһаарбыппыт. Сэриигэ анаммыт ырыалары, хоһооннору, буойун-поэттары, суруйааччылары, художниктары, учуонайдары кинигэлэрбитигэр киллэрбиппит.

Өлүөхүмэттэн төрүттээх Москва анныгар геройдуу өлбүт генерал Л.И.Котельников туһунан аан бастаан ааҕааччыларга тиэрдибиппит. Мин этиибинэн Кыайыы 70 сылыгар анаммыт кинигэни нууччалыы аатын тэҥэ “Умнуллубат Улуу Кыайыы” диэн ааттаабыппыт. Ахтыылар икки тылынан: нууччалыы, сахалыы тахсыбыттара. Биһиги национальнай республика буоллахпыт, онон маннык үбүлүөйдэргэ анаммыт кинигэлэр икки тылынан тахсаллара сөбүн ааһан, кэм көрдөбүлэ дии саныыбын.

Сэрии историятын токурутуу араас таһымҥа тахса турар. Киһи хомойор, сүөргүлүүр. Биһиги, фронтовиктар оҕолоро аҕаларбыт, кинилэр бойобуой доҕотторун кэпсээннэригэр, холобурдарыгар иитиллибит дьоммут. Кинилэр сымыйалаабат этилэр. Үгүстэрэ сэриигэ нууччаттан ордук эрэллээх доҕор, атас суох дииллэрэ. Мин өйдүүрбэр, Абалаах куруордугар эмтэнэ бэл Москваттан кэлэллэрэ, Табаҕанан ааһаллара. Биирдэ биир Ефрем диэн фронтовик-москвич биһиэхэ хонон барбыта. Түүн хойукка диэри аҕабынаан сэһэргэһэн, фронтовой ырыа бөҕөтүн ыллаабыттарын өйдүүбүн. Ыалдьыппыт чымадааныттан хостоон биһигини, оҕолору, шоколадынан күндүлээбитэ. Сарсыарда эрдэ аҕабыт куустуһан-сыллаһан фронтовик Ефремы суолун төрдүгэр киллэрэн биэрбитэ…

Кэлин хас да фронтовик сылдьан барбыта. Аҕабыт олус истиҥник көрсөрө, өрдөөҕүттэн билэр доҕотторун-атастарын курдук үөрэрэ-көтөрө. Бэл, кэлин фронтовик доҕоругар анаан хортуоппуй үүннэрэрэ. Биһиги да сэрии кыттыылаахтарын улаханнык ытыктыыр тыыҥҥа оҕо эрдэхпититтэн иитиллибиппит. Маннык ытыктабылы оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр, ыччакка иитэ сатыыбыт.

Биһиги фронтовиктар оҕолоро Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө ыччаттарга аҕаларбыт кыайыылаах-хотуулаах суолларын, хорсун быһыыларын кэпсиир ытык иэстээхпит. Кинилэр докумуоннарын, наҕараадаларын, хаартыскаларын, малларын-салларын, суруктарын, ахтыыларын харыстыыр, харайар, музейдарга, архивтарга туттарар иэстээхпитин умнуо суохтаахпыт.

Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!

Егор Спиридонович ШИШИГИН,

РФ, СР култуураларын үтүөлээх үлэһитэ.

2019 сыл.

(“Ахтыылар”, 2026 с. сэтинньи ый)

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *