Сайт туһунан

АХТЫЫЛАР сайт туһунан

Ахтыылар киһи-аймах олоҕор улахан суолталаахтар. Киһи кэннигэр хаалларара, үйэлэргэ тыыннаах буолара – дьон уонна бэйэтин ахтыылара.

АХТЫЫЛАР (ahtyylar.ru) – бу саха дьонун ахтыыларын таһаарар аан дойдутааҕы интернет-сайт.

АХТЫЫЛАР (ahtyylar.ru) үчүгэй өрүттэрэ, уратыта:

  • Дьиэтээҕи компьютертан, планшеттан уонна төлөпүөнүнэн интернеккэ (Гугл, Яндекс, о.д.а. нөҥүө) киирэн ahtyylar.ru диэн суруйдуҥ да сайт көстөн кэлэр. Төлөпүөҥҥэ ханнык разделы таларгын бэйэҥ быһаараҕын – «Сүрүн сирэй», «Ахтыллар дьон», «Тэрилтэлэр, түмсүүлэр», «Кинигэлэр», «Автордар», «Сайт туһунан».
  • Кумааҕыга бэчээттэнэр курдук иэнинэн хааччахтаныы суох.
  • Уһун соҕус суруйууну уонна арыый элбэх хаартысканы киллэриэххэ сөп.
  • Ханнык баҕарар уонна ким баҕарар туһунан ахтыы киирэр, маныаха хайаан да үөһээ дойдуга барбыт дьоммут тустарынан суруллар буолбатах. Биһиги кэккэбитигэр баар дьон туһунан ахтыыны суруйан кинилэри үөрдэр-көтүтэр олус бэрт. Маннык ахтыылары үбүлүөйүнэн эҕэрдэҕэ суруйар олус табыгастаах.
  • Бэйэҕит тускутунан суруйаргыт өссө үчүгэй. Оҕолоргутугар, сиэннэргитигэр, хос-хос сиэннэргитигэр, бар дьоҥҥутугар мэлдьи тыыннаах, үтүө холобур буолуоххут.
  • Тэрилтэлэр уонна түмсүүлэр, кылааһынньыктаргыт, однокурсниктаргыт тустарынан эмиэ ахтыы суруйуоххутун сөп.
  • Ахтыылары комментарийдыахха сөп!
  • Ахтыылар рубрикаларынан сааһыланнылар: “Ахтыллар дьон”, “Тэрилтэлэр, түмсүүлэр”, “Кинигэлэр”, “Автордар”. Барыта алфавитнай бэрээдэгинэн ыйыллар, онон, холобур, “Иванов Сулус Николаевич туһунан” ахтыыны булуоххун баҕардаххына «Ахтыллар дьон» разделга киирэн баран “И” буукубаҕа көрдөөн булаҕын. Ахтыыны автор аатынан эмиэ булуоххун сөп. Холобур, Петров Иннокентий Семёнович диэн авторы «Автордар» диэн разделга «П» буукубаттан булан ылыахха уонна ким туһунан суруйбутун ааҕыахха сөп.

АХТЫЫНЫ ИНТЕРНЕТ-САЙТКА ТАҺААРЫЫ ҮЧҮГЭЙЭ

  1. Туох барыта тэҥнэбилтэн үчүгэйдик көстөр. Холобур, кумааҕы кинигэни таһаартарыыга хас да сүүһүнэн тыһыынча наада. Сыаната ыараханынан онтугут ахсаана хааччахтаах, сүүс кинигэни бэчээттэттэххинэ улахан ситиһии буолуо. Радиоҕа, телевидениеҕэ тахсыы букатын даҕаны, сыаната ыараханынан, кыаллыа суоҕун сөп. Аны туран онно ахтыыгыт биирдэ иһиллэн эбэтэр көстөн баран бүтэн, сүтэн-оһон хаалар буоллаҕа. Кумааҕы кинигэ дьылҕата билигин уустук. Хас эмэ сүүһүнэн тыһыынчаҕа таһаартарбыт ити сүүсчэ кинигэлэрэ, хомойуох иһин, муораҕа хааппыла буолан дьоҥҥо-сэргэҕэ тарҕаммакка, биллибэккэ да хаалар. Аҕыйаҕа бэрт буоллаҕа. Аны ол кинигэлэри оннооҕор төрөппүт ыччаттара баардыылаабаттар, аахпаттар, улахаҥҥа уурбаттар диэн аһаҕастык билиниэххэ наада – бу олох кырдьыга. Куулга симэн баран сыбаалкаҕа быраҕар түлбэлтэлэрэ үгүс, мэлдьэһэн туһа суох. Онуоха ыччаппыт барахсаны буруйдуур сыыһа – кинилэр аныгы дьон, сайдыыны кытары тэҥҥэ хардыылыыллар, табыгастааҕы туһаналлар. Тугу барытын интернет, суотабай сибээс көмөтүнэн ааҕаллар, көрөллөр. Билиҥҥи үйэҕэ кинигэлэр бары электроннай буолан эрэллэр. Ол иһин былыргы, урукку кумааҕы кинигэлэри барытын «сыыппараҕа» маассабайдык көһөрүү (оцифровкалааһын) аан дойду үрдүнэн бара турар.
  2. «Ахтыылар» интернет-сайтка киирбит ахтыыны аан дойду барыта, сүүһүнэн тыһыынча да киһи көрөрүгэр-ааҕарыгар туох да хааччах суох.
  3. “Көрүҥ, ааҕыҥ”, – диэн төһө баҕарар копиялыахха, сайт ссылкатын ватсабынан, социальнай ситимнэринэн ыыталыахха сөп. Үөлээннээхтэргит, оҕолоргут-сиэннэргит, хос сиэннэргит төлөпүөннэрин уонна компьютердарын арыйдылар да сонно тута, хаһан баҕарар көрөр-ааҕар кыахтаныахтара. Ссылканан ханна баҕарар тарҕанар кыаҕа элбэх буоллаҕа. Текси сайтан көннөрү копиялаан ылан баран эмиэ тарҕатыахха сөп. Уонна, сүрүнэ, ахтыыгыт үйэлэр тухары электроннай вариана «Ахтыылар» сайтка архыып быһыытынан хаалар.
  4. Ссылканы бэрт түргэнник оҥороҕун: сайтка тахсыбыт ахтыыҥ интернет-аадырыһын (URL) баттаан ссылканы копиялыыгын, эбэтэр тута «поделиться» диэн баран ватсабынан кимиэхэ баҕарар ол ссылкаҕын ыытаҕын. Холобур, аҕаҥ туһунан ахтыы таһаартаран баран ссылкатын молохочуос сиэҥҥэр ыытаҕын уонна: «Нохоо, ыл, бу хос эһээҥ туһунан аах!» – диигин. Сиэниҥ оттомнонор. Бэрт буолбат дуо? Ити курдук сайтка тахсыбыт ханнык баҕарар ахтыыны кимиэхэ баҕарар ыытыахха сөп.

АХТЫЫНЫ САЙТКА ТАҺААРЫЫ БЭРЭЭДЭГЭ

Бу социальнай хайысхалаах бырайыак. Маннык сайты тэрийии – сахабыт ытык-мааны дьонун үйэтитии, дьоҥҥо үчүгэйи-үтүөнү оҥоруу буолар.

Ахтыы таһаартарар дьону кытары хардарыта кэпсэтэн, эрэнсэн, туһалаахтык үлэлэһиэхпит. Ахтыы кээмэйэ 2-5 страницалаах, 3-4 хаартыскалаах буолара ордук. Бэйэбит редакциялыыбыт, онон ыллыгыт да суруйан барыҥ. Кылгас да ахтыы буоллун. Суруйарга сыыһа-халты ханна барыай, үчүгэйэ диэн ону сайтка хаһан баҕарар көннөрүөххэ сөп. Оттон хаһыакка, кинигэҕэ хантан көннөрүөххүнүй?

Бу авторскай социальнай бырайыак буолар, онон ахтыыны олус ыараппакка, сөбүгэр сыанаҕа таһаарабыт. Холобур, ортотунан ыллахха: 3-4 страницалаах, эмиэ оччо хаартыскалаах ахтыы 1500 (балтараа тыһыынча) солкуобай буолар. Уһун ахтыылары, электроннай кинигэлэри таһаарар биллэн турар үлэтэ элбэх, онон туспа кэпсэтиинэн таһаарабыт.

Күндүтүк саныыр дьоҥҥутун, дьоһуннаах тэрилтэлэргитин, тапталлаах түмсүүлэргитин үтүө-мааны тылларынан ахтыҥ-санааҥ, үйэтитиҥ! Бэйэҕит олоххут суолун, араас түбэлтэлэри, дьиктилэри ахтан суруйаргыт өссө үчүгэй.

Ахтыыларгытын, хаартыскаларгытын ватсабынан 8-914-222-85-50 нүөмэргэ эбэтэр электроннай почтанан ыытыҥ: ahtyylar@mail.ru.

Ахтыыны таһаарыы туһунан бу нүөмэргэ суруйан, эрийэн билсиҥ: 8-914-222-85-50 (ватсаптаах).