КИНИ – ХОЗЯЙКА МЕДНОЙ ГОРЫ
Саха дьахталларыттан геолог уустук, үгүс мүлчүргэннээх сырыылардаах, эр киһиэхэ да ыарахан идэтин талан үөрэммит, үлэлээбит биир бастакы кэрэ аҥарынан Павлова Варвара Афанасьевна буолар.

Кини 1933 сыллаахха ыам ыйын 11 күнүгэр Мэҥэ-Хаҥалас улууһун 2-с Холгума нэһилиэгин Буор ылар сэлиэнньэтигэр дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ, баара буоллар 90 сааһын туолуохтааҕа.
Варвара төрөппүттэрэ эрдэ өлөннөр төгүрүк тулаайах хаалан кыра сааһыттан эһэлээх эбэтигэр Соппуруон, Балбаара Шахурдиннарга иитиллибитэ. Оскуолаҕа 8 сааһыгар 1941 сыллаахха дойдутугар киирбитэ уонна 1952 сыллаахха Дьокуускай 2-с №-дээх оскуолатын бүтэрбитэ.
Үөрэххэ, билиигэ-көрүүгэ тардыһар, сири-дойдуну көрөр баҕалаах сытыы-хотуу кыысчаан оскуоланы бүтэрээт Алданнааҕы хайа техникумугар «разработка рудных и россыпных месторождений полезных ископаемых» идэҕэ үөрэнэн 1955 сыллаахха ситиһиилээхтик бүтэрэн “Ыныкчаан” бириискэтигэр икки: боруобаны талан ылыы маастара уонна кыһыл көмүһү тутааччы экэнэмиис-хассыыр олус эппиэттээх дуоһунастарга үлэлиир. Бириискэҕэ 5 толору сыл үлэлээн салалта, боростуой хайа үлэһиттэрин ытыктабылларын ылбыта. Билигин эдэр кыысчаан ити үлэтин сөҕө, салла саныыгын.
Варвара Афанасьевна 1961 сыллаахха Саха судаарыстыбаннай университетын ИТФ геология салаатыгар “Поиски и разведка МПИ» хаапыдыраҕа лабарааннынан үлэҕэ ылыллар уонна эһиилигэр ыстаарсай лабараан дуоһунаһыгар көһөрүллэр. Аһаҕас, көнө майгылаах, дьоҥҥо, устудьуоннарга ийэлии амарах сыһыаннаах үтүө үлэһит киһи кэлэктиипкэ түргэнник бэйэ киһитэ буолбута. Үөрэҕи үрдэтинэр наадатын өйдөөн 1965-1971 сс. үлэлии-үлэлии кэтэхтэн үөрэнэн үрдүк үөрэхтээх инженер-геолог дипломун туппута.
1967-1969 сс. үлэлиир хаапыдыратын мастарыскыайыгар шлифовальщик-маастарынан үлэлээбитэ, олус туһалаах идэни баһылаабыта. Оттон 1969 сыллаахха “Минералогия уонна петрография” хаапыдыратын дассыана А.С.Каширцев тэрийэн эрэр минералогия саҥа мусуойугар сэбиэдиссэйинэн анаммыта. Эһиилигэр Улуу сирдьит В.И.Ленин 100 с. үбүлүөйүн көрсө, үөрүүлээх быһыыга-майгыга ИТФ-ка минералогия мусуойа аанын тэлэччи арыйбыта. Аркадий Сергеевич Каширцев туруорсуутунан, көрдөһүүтүнэн Москва, Ленинград, Новосибирскай, Томскай, Иркутскай вузтарыттан элбэх минераллар, уруудалар образецтара бэлэх быһыытынан кэлбиттэрэ. Салгыы Варвара Афанасьевна мусуойуш Фондун хаҥатаары сайын аайы бэрэпиэссэр К.К.Левашов, дассыан И.И.Колодезников салалталарынан хоздуогабар тиэмэтигэр устудьуоннары илдьэ сылдьыбыта, үгүс матырыйаалы хомуйбута. А.С.Каширцев махтанан киниэхэ П.Бажовтыы “Хозяйка Медной горы” диэн ааты иҥэрбитэ. Сатабыллаах, өрө күүрүүлээх үлэ түмүгэр Фондатын саппааһа, экспозициялара, витриналара элбээн ханна да баппат буолбуттара.
Хаартыскаҕа хаҥастан уҥа: Сухарева Л.Г., Семёнов В.П., Каширцев А.С. уонна Павлова В.А. 1975 с. 1 маай,
1991 сыл бүтүүтэ ректор В.В.Филиппов сир баайынан аатырар Саха өрөспүүбүлүкэтин бастыҥ үрдүк үөрэҕин кыһата – СГУ дьоһуннаах геология-минералогия мусуойдаах буолуохтааҕын өйдөөн университет Кылаабынай үөрэнэр куорпуһун аактабай саалатын минералогия мусуойугар биэрэр дьаһалы таһаарбыта. Бу мындыр улахан салайааччы сүдү бэлэҕэ этэ!
Ол кэмҥэ бу Арассыыйа Хотугулуу Илиҥҥи өттүгэр соҕотох, чахчы үрдүк таһымнаах устудьуоннары үөрэтэр минералогия мусуойа этэ. Мусуой саалатын уопсай иэнэ 376 кв. м. этэ. Кини Фондугар 3000-тан тахса араас минераллар, боруодалар, уруудалар образецтара харалла сыталлара.
Мусуойга сыһыарыллыбыт аудиторияҕа минералогия лиэксийэлэрэ, практикумнара ыытыллаллара, улуустар, Дьокуускай оскуолаларын оҕолоругар экскурсиялар тэриллэллэрэ. Сыл аайы ортотунан 1000 кэриҥэ киһи сылдьара, ол иһигэр: 60%-на оскуола оҕолоро, 30%-на орто-үрдүк үөрэх кыһаларын устудьуоннара, 10%-на университет, Дьокуускай уонна өрөспүүбүлүкэ ыалдьыттара.
Мусуойга үлэтин таһынан Варвара Афанасьевна сайын аайы кэриэтэ биһигини кытта 1-кы куурус устудьуоннарын учебнай геологическай быраактыкаларыгар Аллараа Өлүөнэтээҕи (1987 сылга диэри), оттон 1988 сылтан Өлүөхүмэ улууһун Нохтуйа үөрэх полигоннарыгар барсара. Ити сылларга быраактыканы дассыаннар Цхурбаев Фёдор Иванович, онтон Сластёнов Юрий Леонидович салайбыттара. Кинилэри кытта бэрэпиэссэрдэр Н.Г.Пашкевич, О.Н.Толстихин, дассыаннар В.П.Семёнов, А.Г.Павлов, старшай преподавателлэр В.Д. Павлов, Д.Н.Павлушин, Л.Г.Сандакова, К.К.Стручков, лабарааннар Д.И.Рудых, А.С.Филиппов, Р.В.Гурьева, А.В.Сухомясова, Е.Н.Саввин сылдьаллара.
Варвара Афанасьевна барахсан устудьуоннар да, преподавателлэр да бары улаханнык ытыктыыр киһибит, быраактыкабыт солбуллубат хаһаайката этэ. Полигоҥҥа ыытыллар хаһаайыстыбаннай үлэлэр кини мындыр ыйыытынан-кэрдиитинэн бараллара, кини эттэ, дьаһайда да ол мөккүөрэ суох толоруллара.
В.А.Павлова университекка, инженернэй-техническэй уонна геологоразведочнай факультеттарга улахан уопсастыбаннай үлэни ыытара. Ол курдук кини СГУ дьахталларын Сүбэтин солбуллубат үлэһитэ, ИТФ профбюротун чилиэнэ, ГРФ-ка деканы иитэр үлэҕэ солбуйааччы, үөрэх группатын куратора эбээһинэстэрин эҥкилэ суох толорбута, мэлдьи инники күөҥҥэ, хайҕалга сылдьыбыта.
Кини сыралаах үлэтэ сыаналанан В.И.Ленин үбүлүөйүн мэтээлинэн (1970) наҕараадаламмыта, ИТФ Бочуотун кинигэтигэр (1981) киллэриллибитэ, “ССРС Үрдүк үөрэҕин туйгуна” бочуоттаах бэлиэтин (1984) туппута. “Үлэ бэтэрээнэ” бэлиэнэн, Дьокуускай уонна СГУ дьахталларын Сүбэтин элбэх грамотатынан, сыаналаах бириистэринэн бэлиэтэммитэ.
Варвара Афанасьевна уһун ыарахан ыарыыттан 1993 с. күн сириттэн күрэммитэ 30 сыл ааста даҕаны кинини билэр, кинилиин алтыспыт дьон санааларыгар өрүү тыыннаах сылдьар, умнуллубат.
Константин Константинович СТРУЧКОВ, ХИФУ доцена.
2023 сыл.
(“Ахтыылар”, 2025 с. балаҕан ыйа)

