СПОРТСМЕН, САЛАЙААЧЧЫ, ҮТҮӨКЭН АҔА БАҺЫЛЫК
Валерий Фомич Уаров 1946 сыл бэс ыйын 25 күнүгэр Сунтаар оройуонун Аллыҥа нэһилиэгэр төрөөбүтэ.

Көҥүл тустууга ССРС спордун маастарыгар кандидат, кэккэ сылларга ыарахан ыйааһыҥҥа республика, Москва к. көбүөрдэригэр төрөөбүт оройуонун, Сахатын сирин чиэһин эрэллээхтик көмүскээбитэ. 1975 сыллааҕы Манчаары Баһылай бирииһигэр саха төрүт көрүҥнэригэр Спартакиада хапсаҕайдаһан тустууга призёра.
1972 сыллаахха аатырбыт Ленин орденнаах Москватааҕы Киин физкультура институтун ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ. Ол кэнниттэн Элгээйи сэлиэнньэтигэр Чурапчытааҕы спортивнай оскуола филиалыгар өр сылларга көҥүл тустууга тренеринэн, директорынан айымньылаахтык үлэлээбитэ.
2001 сыллаахха төрөөбүт Аллыҥатын нэһилиэгин баһылыгынан талыллан, үгүс өрүттээх үлэни оҥорбута. Дьаһаллаах, тэрийэр дьоҕурдаах үлэһити бэлиэтии көрөннөр, 2004 с. Сунтаар улууһун физкультураҕа уонна спорка управлениетын начальнигынан анаабыттара, 2006 с. Сунтаарга ситиһиилээхтик ыытыллыбыт СР норуоттарын IV Спортивнай оонньууларын бэлэмнэниитигэр, тэрийэн ыытыытыгар бэйэтин сүҥкэн кылаатын киллэрбитэ.
Онтон 2008 с. бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан, Дьокуускай куоракка көһөн кэлбиттэрэ, Хатаска дьиэлэнэн олохсуйбуттара. Саха Республикатын физкультуратын уонна спордун историятын музейыгар үлэлээбитэ.
СР физкультураҕа уонна спорка үтүөлээх үлэһитэ, СР физкультураҕа уонна спорка бочуоттаах үлэһитэ. Көҥүл тустууга Саха АССР үтүөлээх тренерэ, элбэх ахсааннаах ССРС спордун маастардарын, хапсаҕайга Саха сирин маастардарын, ол иһигэр ыччаттарга ССРС чемпионун Максим Аммосовы иитэн таһаарбыта. Сунтаар улууһун бочуоттаах олохтооҕо. Булчуттар уонна балыксыттар Саха Республикатааҕы обществоларын бочуоттаах чилиэнэ. Бильярд спордугар аҕам саастаахтарга республика чемпиона, Россия тыатын сирин чемпионатын кыттыылааҕа.
СР физкультураҕа уонна спорка үтүөлээх үлэһитэ, СР физкультураҕа уонна спорка бочуоттаах үлэһитэ, көҥүл тустууга Саха АССР үтүөлээх тренерэ Уаров Валерий Фомич 2018 сыл олунньу 19 күнүгэр соһумардык күн сириттэн барбыта. Бары аймахтара, доҕотторо, бииргэ үөрэммит, үлэлээбит, спордунан дьарыктаммыт үөлээннээхтэрэ, табаарыстара, ииппит-үөрэппит ыччаттара кинини үтүө эрэ тылларынан ахталлар, киниэхэ махтаналлар.
Уонна саамай сүрүнэ – истиҥ-иһирэх кэргэн, бастыҥ аҕа, тапталлаах эһээ буолан дьоллоох олоҕу олорон ааста.
2018 с. олунньу ый.
(“Ахтыылар”, 2025 с. балаҕан ыйа)
