БООТУЛУ ДЬАБЫДАХ АҔАТЫН УУҺУТТАН ТӨРҮТТЭЭХ ОЛОҤХОҺУТ ЭҺЭБИТ ЫГДАҔАР БҮӨТҮР
Эһэбит аах Чуукаар Балаҕаннааҕар мыраан анныгар олорбуттара. Дьабыдах Үөһээ Бүлүү Боотулутуттан көһөн кэлсибит киһи, Тээһэлэр кыыстарын ойох ылан аҕа ууһун төрүттээбит эбит.

Ити Дьабыдахтан биһиги эһэбит Ыгдаҕар Бүөтүр төрдүс көлүөнэ киһи, түөрт уол уонна икки кыыс бииргэ төрөөбүттэр. Балаҕаннаахха, төрүт алаастарыгар оҕолонон-урууланан олорбуттара. Мин кырабар икки хостоох Расторгуев атыыһыт Чуукаардааҕы маҕаһыынын тыаны солоон күлгэ өлгөмнүк үүннэрбит бурдугунан атыылаһан ылан көһөрөн аҕалан туттан сайылык оҥостубуттар. Бааһына уҥуор Чуоҕур өттүгэр кыра балаҕан дьиэ кыстыктаахтара.
Үһүс кылааһы бүтэриэхпэр диэри, күһүн, саас балтараа биэрэстэлээх Хампахха аҕам туттарбыт тыа сиригэр биир бастакы типовой оскуолатыгар сатыы сылдьан үөрэнэрбит. Кыһыныгар оскуола дьиэтигэр биир кыһын, таһыгар ыал дьиэтин куортамнаһан Эбэҕэ дьиэбитин көһөрөн тутуохтарыгар диэри кыстаабыппыт. Эһэм аах Балаҕаннаахтааҕы дьиэлэригэр хаалаллара. Мин Хампахтан өрөбүллэрбэр кэлэн хонон барааччыбын. Эһэм биир күһүн Оҕуруоттаахха бурдук бааһынатыгар сатыылаабыт хаастартан сэттэни суулларан аҕалбыта улахаттарыан, эмистэриэн! Мырааҥҥа тоҥуулаан туһах ииппититтэн куртуйах өрүү аҕалара. Хабаҕын үрэн саарык оҥорон хатарбытынан, кутуругун тиирбитинэн оонньуур буоларым. Тиэргэҥҥэ кылабачыгас хара таас көһөҥөтө сылдьарын саралыы эмиэ оонньооччубут. Эһэм айаҥҥа сылдьан аҕалбыт сүлүүдэ тааһа диэччилэр. Туоска аттаран түннүк тааһа оҥостоллоро эбитэ үһү. Ол наадата ааһан биһиэхэ оонньоттордохторо.
Эбэм туой боччукка көмүлүөк оһох суоһугар кыынньарбыт халыҥ үрүмэлээх үүтэ бу минньигэһин! Сүөһүтүн-аһын бэйэтэ көрөрө. Ийэм отой хойут, эбэм кыаммат буолбутун кэннэ эрэ хотоҥҥо киирбитэ.
Балаҕаннаахпытыгар бөһүөлэктээһин иннинэ син элбэх ыал олорбута. Колхуос пиэрмэтэ баара. Ол колхуос аатынан Кыһыл диэн ааттыыллара, билигин да ол аатынан биллэр. Киэсэ диэн биир саастыылаах табаарыстааҕым күн аайы оонньуу киирээччи. Эһэм, киирдэр эрэ: “Күөх уол, үүт-сүөгэй сиэтэр үтүөкэлээх сэпкиттэн табаахта аҕал эрэ”, – диэн дьээбэлиир буолара. Оҕолору олус таптааччы, ордук миигин атаахтатара, тобугар олордон туойан дьигиһитэрин истэрбин сөбүлүүрүм. “Буйа, буйа буйакабын” диэн абааһы уолун тойугун өйдөөн хаалбыппын уонна туойдаҕына ханна эрэ үөһэ туспа лыҥкыныы турар дуораан буолан иһиллэрин дьиктиргиир буоларым. Билигин биллэхпинэ кылыһаҕа эбит!
Бөдөҥсүтүү буолан кыстык дьиэбитин Эбэҕэ көһөрөн, туруорбах дьиэ эбии тардан, онтон саҥа икки хостоох улахан дьиэ туттан сайылык, кыстык диэн умнуллубута. Сэрии саҕана аҕалара өлөн кыыстара Маарыйа үс оҕотунаан киирбит буоланнар Кыһылга улахан дьиэ кэргэнинэн олорбуппут. Маарыйа көһүөхпүт иннинэ өлөн, икки улаханнара туспа ыал буолан, кырата Сэмэн эрэ биһиэхэ олорбута, колхуоска үлэлиирэ. Ол оннугар биһиги тоҕус оҕоттон оччолорго алтабыт, үс кыра өссө төрүү иликтэр. Кыралары күнүс эбэбит бостууктуура.
Эһэбит колхуоска түүлээхсит, сайын хонуу үлэһитэ буолан дьиэҕэ көстөрө аҕыйах буолааччы. Кырдьан баран маҕаһыын таһаҕаһын бастаан хаарбаһынан, кэлин катер үөдүйбүтүгэр баржанан аҕалан кытылга сүөккээбиттэрин Лабыыйап Ылдьаалыын элбэх сыл тапсан харабыллаабыттара. Кэлээччини-барааччыны көлөһүн күнүгэр Марха эбэни туоратар бэрэбиэсчик эмиэ кинилэр этэ. Аҕам сайын уоппускатыгар, кытыл Куоначчаан төрдүгэр диэри госфонд сирэ буолан, бырыһыана суох сүөһүлэригэр оттуура. Маай диэн үрэх баһа дойдуга икки сыл оскуолаҕа сэбиэдиссэйдээн, саҥа оскуола туттаран баран харыйа болуот оҥостон Малдьаҕарга диэри дьиэлэрин болуоттаан Эҥээрдэктэн киирэн иһэр Кириллиннэр болуоттарыгар холбоон, онтон Чуукаарга диэри кэлбит болуоттарын маһынан кыра дьиэ туттан олорорбут. Кэлин улахан уу кэлэн илдьэ баран турар. Онон арыт отуунан, арыт балаакканан сытан оттуурбут. Киэһэтигэр муҥхалаан сыа балык, сордоҥ, алыһар, майаҕас ыланнар, майаҕаһын мас буочукаҕа тууһаан хаһаанааччылар. Оттоон бүтэн таҕыстахпытына даҕаны быраатым Лүөҥкэ биһикки эһэбитигэр ыһык, чэй үүтэ таһа аҕыс биэрэстэлээх кытылга киирэ турарбыт. Лабыыйап Ылдьаа уола Өлүөскэлиин аргыстаһааччыбыт. Өрүскэ сөтүөлээн, оонньоон-мэниктээн итинник ыһык таһар үлэбитин сирбэт этибит.
Кыһын баҕас балаҕаҥҥа хаайтарыы буоллаҕа! Мин, быраатым Лүөҥкэ, балтым Валя начаалынай кылаастарга үөрэнэрбит. Т.Семушкин “Алитет хайаҕа күрүүр” диэн айымньытын сахалыы тылбааһын аҕам Ньурбаттан атыылаһан таһаарбытын уочаратынан үһүөн эһэлээх эбэбитигэр киэһэ аайы, остуоруйалыылларын манньатыгар доргуччу ааҕарбыт. Сэргээн истэр, үөрэр-көтөр буолаллара. Эһэм “Топ гына түспүт Тобурҕана Бөөтүр”, “Дирбиэн- дарбаан куорат” диэн остуоруйалары кэпсиирэ.
Оччолорго сарсыарда аайы Гаврил Колесов “Дьулуруйар Ньургун боотур” олоҥхотун, арыт Сэргэй Зверов тойугун араадьыйанан биэрэллэрэ. Сүрдээҕин сэргээн көтүппэккэ истэллэрэ, сөҕүү-махтайыы бөҕө буолаллара. “Бииргэ айанныырбытыгар Кыыл уола Сэргэй кэннибититтэн иһэн туойар оҕочоос этэ. Тыыллан-хабыллан турбутун!” – диэн хайгыыра. Ол ханна бииргэ айаннаабыттарын кэпсээбитин билигин ким билиэй? Баҕар Өлөөн тоҥустарыгар ааттаах аттааҕын иһин Мөлбүөт Соппуруон эргинэригэр илдьэ сылдьыбытыгар буолуо. Хонук сирдэрин аайы: “Мин уолум олоҥхоһут”, – диэн, арыт өрөөн сытан олоҥхолотоннор бырда быста сыһан төннүбүтүн кэпсээбитин аҕам суруйбут кинигэтигэр киллэрэн турар. Эбэтэр Сунтаарынан, Өлүөхүмэнэн, Маачаҕа сырыытыгар, Алдаҥҥа кыһыл обуоска айаныгар да буолуо.
Сорох түүн, түлүк уутугар утуйа сытан сүрдээх уһуннук туойан кудуһутара. Онтун бэйэтэ отой билбэт эбит. Колхуос саҕана олоҥхонон саатыыр диэн кэлиэ дуо! Арааһата олоҥхолуур, туойар идэтэ тууйулла сылдьара бэйэтэ таһыгар тахсан кэлэрэ эбитэ буолуо. Бултуу сылдьан айаныгар баҕас тыына тахсыар диэри ыллаан-туойан эрдэҕэ! Накыыҥҥа, Хайыҥыйаҕа уонна Үлүгүйээҕэ бултуур дьиэлэрдээҕэ үһү. Түүлээхтээн бүтэр сылыгар икки сүүс тииҥнээх киирбитэ. Сиэммэр диэн тииҥ мээппээтэ кэһиилээх кэлбитэ. Ол аата эриэхэлээх сыалаах мас үүнэр сиригэр ыраах тыалаан киирбит буолуохтаах. Ити биһиги Хампахха Хайаайыннар дьиэлэригэр кыстаан олорор кыһыммытыгар, өлүөн уонча сыл иннигэр эбит.
Киил маһынан миэхэ хайыһар оҥорон биэрбитин, кыччаатар да алтыс кылааска диэри миинньибитим. Хараҥарыар диэри хатааһылаан баран килэҥ уулуссанан сүүрэн лаһыйан кэллэхпинэ даҕаны тилэҕэ тырыыппайдаммат, лобуой курдук ыарахан, бөҕө хайыһар этэ. Оҕо эрдэхпиттэн хайыһардыы үөрэнэммин, разрядтаах хайыһардьыт буолан 1962 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ сборнайыгар юниорунан киирэммин зона күрэхтэһиитигэр Хабаровскай куоракка кыттан кэлбиттээхпин.
Аны уола Г.С.Петров “Күн күлүмүн суһума” кинигэтин көрүөҕүҥ.

Онтон биллэххэ Ордьоох Испирдиэн, кэргэнэ Кукаакы Такыр кыыһа Настаа, төрдүс уолларын төрөөтүнэн Үс Көлүйэҕэ олохтоох Кэлэҕэй уустаахха ииттэрэ биэрбиттэр. Бииргэ иитиллибиттэр элбэхтэрэ үһү. Кэлэҕэй уус өлбүтүн кэннэ ойоҕо икки хараҕа суох буолбут. Ииппит оҕолоро сорохторо ыаллар, Быт Баһылайдара, Иван Иннокентьев диэн нууччалыы суруйар суруйааччы буолбут киһи эһэтэ уонна Түллэх Ньукулай Тайҕаҕа уччуйбуттар. Эһэбит хараҕа суох ииппит ийэтин сирдээн ыаллары кэрийэ сырыттаҕына өлөөхтөөбүт. Онон төрөппүт дьонугар Ордьоохторго төнүннэрбиттэр. Атын сиргэ иитиллибит уолу убайдара, эдьиийдэрэ туораталлара үһү. Ону эмиэ икки хараҕа суох буолбут ийэтэ көмүскэһэн, син дьиэтийбит. Оҕолоругар, биһиэхэ “оҕолоргутун дьоҥҥо хаһан да ииттэрэ биэрбэт буолаарыҥ. Оҕолоргут өйдүүн-санаалыын отой тэйиэхтэрэ, атын дьон буола улаатыахтара” диирэ диэн аҕам суруйар.
Ити кинигэ 104-106 стр.: “…Мин аҕам уонча сүөһүлээх, булдунан айаҕын эрэ ииттэн олорбута. Төһө да аатырбатар олоҥхоһут, остуоруйаһыт идэлээҕэ, айанньыта, булчута, хаартыга сүүйтэригэһэ. Биир да сыл өрөөбөккө 43 сыл тыалаабыта, тыаттан киирдэ да Бодойбонон, Маачанан, Өлүөхүмэнэн, ардыгар туус тиэйэ Сунтаарынан сылдьыталыыра. Үксүн Кыһыл обуос диэн ааттаан таһаҕас таһаллара… Ревком Чоной Мэхээлэлиин өрүү бииргэ тыалыыллар. Хонор ыалларыгар Хонор көлүйэҕэ эбэтэр Хоруланан бардахтарына-кэллэхтэринэ арыт аҕам эбэтэр Чоной Мэхээлэ солбуһан түүнү быһа олоҥхолоон тахсаллара үһү. Соторутааҕыта өлбүт Чуочаанап оҕонньор Ордьоох уола Испирдиэнниин күрэхтэһэн олоҥхолуурбут диэн алҕас хаһыакка суруйтарбыт этэ, Ордьоох уола Бүөтүрдүүн диирин оннугар…”.
35 стр. маннык суруллубут: “…Кэлин сүһүөх дьонтон, мин улааппытым кэннэ, аатырбыт олоҥхоһут, үҥкүү тыла этээччи Дьэкиим Бөтүрүөп – Элэйбэх урууларга куруук ыҥырыллан олоҥхолуура. Кини үҥкүү тылын эттэҕинэ түһүлгэ тупсара. Дьэкиим ыһыаҕы аһарыгар, туойан этэригэр үтүктүһэргэ үчүгэй куоластаах тойуксуттары бэйэтэ талан ылара.
Урут ыһыаҕы тойугунан аһаллара. Ол курдук үтүктүһэргэ Андреев Григорийы – Быдьары, Спиридонов Бүөтүрү – Ыгдаҕары талан ылаттыыра. Барахсаттар ханнык баҕарар киһи сүргэтин көтөҕөрдүү туойан дьэрэлитэллэрэ…”.
И.А.Анисимов “Ньурба оройуонун талба талааннаахтара” диэн 2020 сыллааха Ньурба типографиятыгар бэчээттэнэн тахсыбыт кинигэ 30 стр. олоҥхоһуттарга Спиридонов Пётр Спиридонович (1874-1959) Чуукаар. Олоҥхолоро: “Кулун Куллустуур бухатыыр”, “Кыыс Кыскыйдаан бухатыыр”, “Үрүҥ Уолан” диэн киирэ сылдьар.

Эмиэ бу кинигэ 25 стр. Дьабыдах аҕатын ууһун киһитэ аймаҕын Ыгдаҕар Бүөтүрү оҕо эрдэҕинэ олоҥхоҕо уһуйбут Петров Дормидонт Петрович – Ырыа Дарымыан киирбит (1839-1901). Кыыһа Талба Татыйаана ырыаҕа-хоһооҥҥо киирбит далбар хотун. Ыгдаҕар кийиитин Бөтүрүөп Маайа, биһиги ийэбит, эһэтэ Хорула Дуяков Иван Гаврильевич – Сото Уйбаан өссө улахан олоҥхоһут, үҥкүү тыла этээччи эбитэ үһү, 13 уонна 57 стр. сурулла сылдьар.
Сэһэнньиттэргэ 217 стр. Ыгдаҕар Бүөтүр уола Петров Гаврил Спиридонович, Ыгдаҕар бииргэ төрөөбүт убайын сиэннэрэ Прокопьевтар – Михаил Яковлевич, Прокопий Яковлевич – Прокопий Чуукаар суруйааччы эмиэ киирбиттэр, 219 стр.
Оттон 200 стр. Дьабыдах аҕатын ууһун кинээһэ Дьалгар Мартыын кыыһыттан төрөөбүт Алексеев И.А. (1882-07.10.1975) суруллубут. В.Г.Ксенофонтов Эллэйээдэтигэр элбэх сэһэнин киллэрбит Сээркээн сэһэнньит.

Улусы республики Саха (Якутия) сериянан тахсыбыт “Нюрбинский улус История. Культура. Фольклор” кинигэ “Из истории наслегов, Чуукаар нэһилиэгэ” салаатын 500 стр. манныгы ааҕабыт: “1917 сыл сааһыары сайыныгар аҕа уустарыттан дьокутааттар диэн талыллан, ходуһа сирин ыалларга түҥэппиттэр. Аҕа ууһуттан (Дьабыдах аҕатын ууһа) дьокутаатынан Пётр Спиридонов – Ыгдаҕар сылдьыспыт”. Ити сылга аҕа ууһун чаччыыната Николай Алексеев – Дьэллик эбит.

…Чуукаарга аан бастакы “Кыһыл рабочай” диэн ааттаах тыа хаһаайыстыбатын артыала 1929 сыллаахха тэриллибит. Тэрийбит дьонунан оччотооҕу комсомолецтар Д.Фёдоров, Е.Семёнов, Г.Петров буолбуттар.
…Уһун үйэлээхтэргэ киирсэр нэһилиэк үрдүнэн түөрт кырдьаҕастаахпыт. Саастара архыыпка баар. Мария Павловна Спиридонова, 92 саастаах, холкуостаах этэ, билигин Антоновкаҕа олорор, сэрии огдообото; Фёкла Николаевна Прокопьева, 92 саастаах, Дьокуускайга кыра уолугар баар, Комбайн холкуос чилиэнэ этэ; Гаврил Спиридонович Петров, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, улуус бочуоттаах гражданина, 86 саастаах. Билигин да отчут-масчыт, балыксыт. Кинилэр бары Дьабыдах аҕатын ууһун дьоно. Ыстатыйаны историк М.Я.Прокопьев суруйбут.
Нууччалыы араспаанньаны ылыммыт буоламмыт төрүттэрбитин кыайан быһаарар кыаҕа суохпутун, кыһамньылаах кыраайы үөрэтээччилэрдээх уонна, хата, аҕаларын ууһун билэр кырдьаҕастардаах буолан, кинилэр сурукка тиһэн хааллараннар ыйдаҥардабыт. Бу суруйуум ыччаттарбытыгар өбүгэлэрин саатар сурукка киирбит өттүлэрин билэллэригэр, хантан хааннаахтарын, туохтан туймуулаахтарын тоһумурдуулларыгар туһалыа диэн санаанан салайтаран сурулунна.
Светлана Гаврильевна ПЕТРОВА,
үлэ, тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ, Ньурба улууһун уонна Сүлэ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, сэрии кэмин оҕото.
2025 с. балаҕан ыйа.
(“Ахтыылар”, 2025 с. балаҕан ыйа)
