Иванов Григорий Николаевич-Добросклон туһунан

КИҺИ КЭРЭМЭҺЭ– ГРИША ДОБРОСКЛОН

Биллиилээх суруналыыс, аатырбыт кэммэнтээтэр, ытыктыыр, билинэр киһим А.В. Васильев-Көрдүгэн бэлэх биэрэн үөртэ даҕаны, соһутта даҕаны. «Оскуолабыт биһиги дьылҕабытыгар…» диэн ааттаах, Чурапчы спортивнай интернат-оскуолатын 1971 с. выпускниктара 50 сыллаах үбүлүөйдэринэн бэлэмнээн таһааттарбыт кинигэлэрин бэлэхтээбитигэр үөрүүм муҥура суох буолла. Бэртээхэй, ис сүрэхтэн суруллубут, сылааһынан илгийэр суруйуулардаах кинигэни А.Н.Николаева, П.В.Портнягин хомуйан бэчээккэ бэлэмнээн таһаартарбыттар. Отут киһи ахтыы суруйбуттар.

«Ермолай, эн эппитиҥ дии: «Доҕоруҥ Гриша туһунан суруйуоҥ, дьоҥҥо биллэриэҥ этэ диэн». Ону олоххо киллэрэн, Чурапчы оҕо спортивнай оскуолатыгар улуу тириэньэр Д.П.Коркиҥҥа уһуйуллан, оскуоланы бүтэрбиттэрэ 50 сылыгар анаммыт кинигэҕэ кылгастык да буоллар ахтан-санаан ыллым. Гришам уонна эн иннигэр иэспин толорбут курдук сананным», – диэн анабыл суруктаах кинигэҕэ билэр дьоммун ааҕаммын үөрүүм дөксө үрдээтэ.

I Дьөппөн уонна Чурапчы интернат-оскуолалара 1960 сыллар бастакы аҥаардарыгар доҕордуу сыһыаны олохтоон, хардары-таары ыалдьыттаһар, күрэхтэһэр буоларбыт. Макаров диэн, аата Сеня быһыылаах этэ, аатыран эрэр тустуук уол баарын өйдүүбүн. 1966 сыллаахтан биһиги интернат-оскуолабыт өрөспүүбүлүкэтээҕи санаторнай интернат-оскуола, оттон чурапчылар спортивнай интернат-оскуола буолбуттара. Аһааҕырбыт доруобуйалаах, мөлтөх олохтоох-дьаһахтаах, кыаммат-түгэммэт оҕолор барахсаттары эмтээн-томтоон, үөрэтэн-такайан киһи-хара оҥоруу, дьон кэккэтигэр сиэтэн киллэрии диэн биир улууканнаах үтүө дьыаланан 56-с сылын үлэлиир, былыргы биһиги интернат-оскуолабыт.

«Сахаада» хаһыакка Г.Н.Иванов-Добросклон туһунан ааҕаммын сөрү диэн сөҕөн, бэри диэн бэркиһээн турардаахпын.

Сурук ааптарын Көрдүгэни – А.В.Васильевы буламмын илии тутуһан махтаммытым, өссө кэҥэтэн суруй диэн көрдөспүтүм.

Орджоникидзевскай оройуон илин эҥээрин үс нэһилиэгин оҕолоро Хачыкаакка 1966 с. тутуллубут орто оскуолаҕа үөрэммиппит. Биһиги 9-с кылааска үөрэнэрбитигэр 6-с кылааска улахан уҥуохтаах, төрөлкөй, олус холку майгылаах, элбэх саҥата суох көрсүө-сэмэй Гриша Иванов баара. Саастыылаахтара Кабан, Кабан Гриша диэн ааттыылларын күн бүгүнүгэр диэри өйдүүбүн. Улахан уолбут десантнай «Амурские кабаны» диэн анал ааттаах дивизияҕа сулууспалаабыта. Байыаннай чааһы кабан аатынан ааттыыр эбит буоллахтарына, киһи өһүргэммэт аата эбит диэн тойоннуубун.

1966-68 сс. биһиги улахан кылаас үөрэнээччилэрэ оскуолабыт киэҥ-куоҥ спортсаалыгар киэһэ 10 чааска диэри баскетбол, волейбол оонньуубут. Гриша мэлдьи баар буолар, баҕар оонньотуохтара диэхтиирэ буолуо. Биһиги обургулар «Кабан кэл, Кабан бар» диэн дьаһайан заменаҕа оонньотор быһыылаахпыт. Улахан кылаас оҕолоро алын кылаас оҕолоругар сыһыаннара былыр да, быйыл да биир ини диэн санаалаахпын, улахан сэнэбил, атаҕастабыл баара буолуо диэбэппин, бу сыһыаҥҥа.

Онтон дьэ Гришабыт Чурапчы спортивнай интернат-оскуолатыгар тиийэн тыыллан-хабыллан тахсарын ааһан, Добросклон Гриша диэн үчүгэйкээн ааттаммыт. Учуутала, дириэктэрэ, тириэньэрэ К.С.Постников «Кому на Руси жить хорошо» Н.А.Некрасов айымньытын сүрүн геройа Гриша Добросклонов үтүө аатын кэрэни, кэскиллээҕи түүйэн үөрэнээччитигэр Гриша Ивановка биэрбит эбит диэн сылыктыыбын. Константин Сергеевич сыыспатах. Улуу дьон Д.П.Коркин, Р.М.Дмитриев кэннилэриттэн буоллаҕа дуу, Гриша Добросклон кинилэр курдук «Бочуот Знага» уордьанынан 1979 с. наҕараадаламмыт эбит. «Трансмаш» диэн хайдах эрэ халбархай, кистэлэҥниҥи ааттаах собуот Барнаул куорат ортотун диэки турар. 1945 с. Ленин уордьанынан, 1971 с. үлэ Кыһыл Знамята уордьанынан наҕараадаламмыта элбэҕи этэр. Ис дьиҥэр киирдэххэ улахан кистэлэҥ, стратегическай суолталаах п/я-аах собуот буолуохтаах. Г.Н.Иванов-Добросклон мэтириэтэ собуот аналлаах «Аллея Почёта» ыйанан турара диэн саха омукка тиксэ илик улуу чиэс, албан аат буолуо оҥоробун.

Герой үөһээ герой, лауреат үөһээ лауреат кырыы-кырыытынан мустан үлэлээбит собуоттарыгар биһиги уолбут дьоҥҥо-сэргэҕэ сирдэрбэттии сылдьыбытын, үлэлээбитин этэр. «Гриша барахсан Барнаул сахаларыгар барыбытыгар убайдаатар убайбыт, кэлиҥҥи көлүөнэ устудьуоннарга аҕалаатар аҕабыт курдуга. Үлэлээх-хамнастаах, дьиэлээх-уоттаах киһи быһыытынан, бары тэрээһиннэрбит киниттэн тутулуктаналлара. Биһигиттэн харчы хомуйбакка эрэ бэйэтин хамнаһынан анал формабытын, аспытын-үөлбүтүн атыылаһара, собуот станоктарыгар анал мэтээллэри оҥортороро. Барнаулга буолар көрсүһүүлэргэ, күрэхтэргэ Гриша бэйэтэ кыттыбакка оҕолору үөрдүүгэ-көтүтүүгэ, наҕараадалааһыҥҥа сылдьан түбүгүрэн, солото суох сылдьара.

Гришаттан көмөлөһүннэрээччилэр элбэхтэрэ, атастара-доҕотторо нуучча, алтаец уолаттар көрдөһүүлэрин быҺа гыммат үтүө үгэстээҕэ.

Мин Барнаулга устудьуоннаабыт Гриша уонна Валя Ивановтары кытары алтыспыт 1976-1980 сылларбын «Пятилетка настоящего качества» диэн ааттыыбын диэбит (кинигэ 177 стр.) суруналыыс Көрдүгэн-Васильев А.В.

Салгыы – Гришаттан биир сылынан хойутаан Чурапчыны бүтэрбит аатырбыт бөҕөс Захар Николаевич Чукров кини туһунан истэн, олус үөрбүтэ: «Оо, Добросклон. Мин кинини көрүөхпүн, кэпсэтиэхпин олус баҕарарым. Интэринээккэ наһаа тапсар этибит. Ийэм Мария Романовна Ильина Орджоникидзевскай Төхтүрүттэн төрүттээҕэ. Ол иһин Гришаны уруургуу саныырым. Кини даҕаны миэхэ убайдыы сыһыаннаспыта. Эрчиллиигэ паараҕа элбэхтик турбуппут, тэбиилэрбин киниттэн бэриһиннэрбит курдук сананабын. Оскуола кэнниттэн биирдэ даҕаны көрбөтөҕүм. Көнө муҥутаан, туохха эрэ түбэһээхтээтэҕэ дуу диэн саныырым. Хата киһи бэрдэ буолбут эбит, өссө уордьаннаммыт. Добросклон Гриша хайаан да үтүө киһи буолуохтааҕа. Ол санаам туолбутуттан олус үөрэбин», – диэн эппитин Александр Васильевич кинигэ 171 стр. киллэрбитэ баар.

«Саас оттор маспытын бэлэмнээһиҥҥэ улахан күрэх буолааччы, онно да кэнники хаалбыппытын өйдөөбөппүн. Кыайбыттары Кыһыл Знамя анныгар хаартыскаҕа түһэрэллэр, онно биһиги оҕолорбут мэлдьи баар буолааччылар. Араас үлэ, спорт күрэҕэр кыайан үс оҕобут – Гурьев Ваня, Бушуева Зоя, Иванов Гриша-Добросклон Мирнэй уонна Удачнай куораттарынан күүлэйдээн кэлбиттэрэ» диэн бэлиэтээбит П.В.Портнягин (кинигэ 54 стр.).

Иванов Г.Н. — Доброслон 91 кг ыйааһыннаахтарга Алтайскай кыраай «Труд» спортобществотын үс тустууга чөмпүйүөнэ, көҥүл тустууга маастарга кандидат этэ. Барнаул куорат устун устудьуон ыччаттары батыһыннара сылдьан: «Оо дьэ, бырааттарым, бытаххай дьоҥҥут, муҥ саатар мин саҕа үрдүктээх, ыйааһыннаах буолбаккыт ээ оттон» дии-дии күлэн күпсүйэрэ үһү. Сүрдээх сымнаҕас майгылаах, үтүө санаалаах буолан Гришаны ыччат дьон ытыктыыр, сөбүлүүр эбиттэр. Кэччэгэйэ суох, сиэдэрэй дууһалаах, олус дэлэй киһи этэ диэн ахтар Александр Васильевич. Устудьуон дьоҥҥо үлэ булан харчы тэбэн биэрэр, эбиитин рабочай остолобуойга харчы төлөөн аһаталыыр эбит. Бэйэтин кыаҕынан улахан собуокка инженер буолбут, таас дьиэ ылбыт, уордьанынан наҕараадаламмыт саха ньургун уола Г.Н.Иванов хантан хааннаах, кимтэн кииннээх киһиний диэн ыйытык туруон сөп. Ити саха сиэрин быһыытынан, ону билиҥҥи дьон билбэттэр, аһары түһэн, эн следаккын дуо диэн мордьойор үгэстээхтэр.

1965-1970 сылларга Саха АССР-га хапсаҕайга ыарахан ыйааһыҥҥа чөмпүйүөн Симон Устинов диэн Хачыкаат нэһилиэгин Кыһыл Үрүйэ ыччата балачча ситиһиилээхтик туста сылдьыбыта. Сыһыыттан сылгылаан, хонууттан хомуйан аҕалбыт бөҕөстөрө диэтэххэ бэркэ тустар убай этэ. Лесовоз суоппарынан үлэлээн уһун үйэлэммэтэҕэ. Гриша Иванов бииргэ төрөөбүт убайа этэ Симон, аҕалара атын. Ийэлэрэ Иванова Мария Николаевна I Дьөппөн тыатыгар Куулаҥыга 1921 с. төрөөбүтэ. Быйаагы эбэҥкилэрэ Ивановтар кыыстара, 2010 сыллар эргин Мохсоҕоллооххо өлбүтэ.

Эмээхсинтэн уолун Гриша Иванов туһунан ыйыппыппар Мария Николаевна хабыр-дьэбир соҕустук: «Нуучча дьахтарын ойох ылан, соҕуруу олохсуйбута уонна онно хараллан сытар», – диэн хардарбыта. Г.Н.Иванов-Добросклон олоҕо туора дойдуга, Алтай сиригэр түмүктэммитэ. Григорий Николаевич үтүө майгыта, сырдык өйө-санаата, күүстээх дьон киэбинэн аламаҕай быһыыта бииргэ улааппыт, үөрэммит, үлэлээбит дьонун өйдөрүгэр, сүрэхтэригэр Добросклон Гришанан иҥэн-сөҥөн, өйдөнөн хаалыаҕа. Г.Н.Иванов сырдык, үтүө аатын үйэтиппит бииргэ үөрэммит, эрчиллибит, күрэхтэспит үөлээннээхтэригэр уонна киһи бэрдэ Көрдүгэҥҥэ – А.В.Васильевка, Гриша Добросклону билэр, саныыр-өйдүүр дьон ааттарыттан барҕа махтал буолуохтун диибит.

Ермолай Еремеевич СКРЯБИН.

Хаҥалас.

2022 с. муус устар.

(“Ахтыылар”, 2025 с. балаҕан ыйа)

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *