Пинигин Павел Павлович туһунан

САХА УОЛА – ОЛИМПИЙСКАЙ ЧЕМПИОН!

Биһиги аймахтар Байбалы оччолорго Павлик диирбит. Павлик Монреальга олимпийскай оонньууларга кытта барбытын кыралыын-улаханныын бары долгуйа истибиппит. Саамай интэриэһинэйэ, кини кыайыытын салгын радиотынан хабан, төрүттэрбит сайылыгар – Таатта үрэх кытылыгар аймахтар сайын аайы көрсөр кэммитигэр истибиппит. Үөрүү бөҕө буолбута! Бары куустуһуу. Ийэм: “Ийэтэ тыыннааҕа буоллар төһө эрэ үөрүө этэ”, – диэн ытамньыйан ылбыта.

Эмискэ этиҥ эппитэ, чаҕылҕан бөҕө, курулаччы ардахтаан барбыта. Ийэм оһуохай этэн, бары оһуохайдаан, уруйдаан барбыттара. Онтон күммүт сырылаччы тыган кэлбитэ. Дьол-үөрүү, куустуһуу, киэн туттуу этэ – саха уола олимпийскай чемпион буолбутуттан! Оҕо саас биир чаҕылхай, өйдөнөн хаалбыт түгэнэ!

Хаартыскаҕа Павлик ийэтин кытта, Харьяна Елисеевна.

Дьиэ кэргэним историятыттан Марианна ФЕДОТОВА-Намыына.

СПРАВКА: Павел Павлович Пинигин родился 12 марта 1953 г.

Чемпион Олимпийских игр (1976)

3-кратный чемпион Мира (1975, 1977, 1978)

Обладатель Кубка мира (1976, 1977)

Чемпион Европы (1975)

Чемпион СССР (1975, 1976)

Чемпион Мира среди мастеров-ветеранов (1993).

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *