КҮНДҮТТЭН КҮНДҮ КИҺИБИТ
Аан тыл
Киһи аймахха саамай күндүттэн күндү киһи – ийэ буолар. Тоҕус ый бэйэтин иһигэр бүөбэйдээн, күн сирин көрдөрөр. Хас биирдии оҕоҕо саамай тумус туттар киһитэ – ийэтэ. Бары да кыра эрдэхпитинэ ийэбит аттытыттан арахпат, кэтии-маныы сылдьар этибит. Харахпытыгар көстүбэт буолла да ытаабытынан барарбыт. Оҕо ыарыйдаҕына утуйар уутун умнан туран саамай көрөөччү – ийэ. Ийэ барахсан төрөппүт оҕотун куруутун харыстаан көрө-истэ сылдьар, туох баар тапталын барытын оҕотугар биэрэр. Ийэлэр оҕолоро дьоллоох, доруобай, ситиһиилээх буолалларыгар бары сыратын-сылбатын биэрэр. Ийэ оҕотун көрө-көрө төһө үөрэрэ буолуой: бастакы хардыытыттан, бастаан саҥарбыт тылыттан.
Биһиги ийэбитин олус таптыыр этибит. Хомуйуох иһин, кини эдэрчи сааһыгар олус хомолтолоохтук олохтон туораабыта. Саамай кыра балтыбыт маҥнайгы кылааска үөрэнэр эрдэҕинэ. Күн сиригэр саамай күндү киһи ийэ буоларын ийэтэ суох үөскээбит эрэ дьон билэллэрэ буолуо. Ийэ өллөҕүнэ: «Оҕолорбун хара буорга умсан анньан кэллим», – диир, онтон аҕа өллөҕүнэ: «Оҕолорбун куобах истээх суорҕаҥҥа суулаан кэллим», – диир диэн ийэм куруук этэрэ. Бу этии олус дириҥ өйдөбүллээҕин ийэм өлбүтүн кэннэ эрэ билбитим.
Ийэбит туһунан тугу өйдөөбүппүн тиһэ сатаатым. Сиэннэрбэр өйдөбүнньүк буолуо этэ диэн санааттан. Хайдах эбээлээхтэрин хайаан да билэллэрэ наада. Эбэлэрин олоҕун-дьаһаҕын, төрдүн-ууһун, сэрии кэмигэр тугу үлэлээбитин, сэрии кэнниттэн олоҕу чөлүгэр түһэриигэ дьону кытта тэҥҥэ үлэлэспитин, сүрдээх ыарахан усулуобуйаҕа үлэлээбитин – барытын бу ахтыылары ааҕа олорон билиэххит. Сүрдээх киэҥ-холку майгылааҕын, дьоҥҥо сыһыанын, тиийиммэт-түгэммэт дьоҥҥо куруук көмөлөһө сылдьарын, дьон кинини олус убаастыырын, аҕабытыгар ураты истиҥ сыһыанын, аҕаны ханнык баҕарар кэмҥэ өрө тутарын эмиэ ааҕан билиэххит. Ийэбит төрөпппүт оҕолорун ханнык баҕарар үлэттэн толлон турбат гына ииппитэ – туох суолталааҕын эмиэ мантан билиэххит. Биһиги талан ылбыт идэбитигэр, үлэҕэ-хамнаска ситиһиилээх буоларбытыгар ийэбит олук уурбут эбит.
Ийэм сырдык мөссүөнэ
Мин ийэм Акулина Николаевна Чурапчы оройуонун Төлөй нэһилиэгиттэн төрүттээх Хоютановтар кыыстара.

Аҕата Николай Григорьевич Хоютанов, нэһилиэгэр кинээстии сылдьыбыт. Дьон-сэргэ санаатын тутар, ылыннарыылаах тыллаах-өстөөх, ытыктанар кырдьаҕас. Кини түөрт оҕолоох эбит. Улахан кыыһа Аана Захаров диэн киһиэхэ кэргэн тахсыбыт. Иккис кыыһа эмиэ Аана Гуляевтарга кийиит буолан, Афанасий Михайлович уонна Сэмэн Михайлович диэн уолаттары төрөппүтэ. Уолаттар дойдуларыгар олохсуйан, ыал дьон буолан колхозка, совхозка таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ. Төлөйгө биир убаастанар үлэ ветераннара, Чурапчы көһөрүллүүтүн кыттыылаахтара этилэр. Улахан уол Афанасий дэгиттэр идэлээх механизатор, кадровай булчут, тутуу үлэһитэ. Кини Чурапчы Мэлдьэхсититтэн төрүттээх Балаайа Фоминична Пестерева диэн кыыһы кэргэн ылан, уһуннук бииргэ олорбуттара эрээри оҕоломмотохторо. Онтон кыра уол Сэмэн хонуу, тутуу үлэтигэр үлэлээбитэ. Одьулуунтан төрүттээх Балбаара Петровна Захаровалыын үс уол (Сэмэн, Михаил, Пётр) уонна биир кыыс (Аня) оҕоломмуттара. Оҕолор бары кэргэннэнэн, оҕо-уруу төрөтөн утуму салгыыллар.
Уола Бүөтүр сэллик буолан, үөрэҕи ылан иһэн эрдэ олохтон туораабыт, кэргэннэммэтэх.
Аҕа дойду сэриитин кэмигэр
Кыра кыыһа Өкүлүүн (ийэбит) Төлөй начаалынайын бүтэрэн баран, салгыы үөрэммэтэх. Сэрии сылларыгар куоракка “Кыһыл артыал” сыахха иистэнньэҥинэн үлэлии сылдьан ас ылар карточкатын сүтэрэн, хоргуйан өлө сыспыт. Хата кини дьолугар биир дойдулаах аймах киһитэ Прокопий Васильев көрсөн, Намҥа илдьэ тахсан дьиэ кэргэнигэр олохтообут. Ол ыалларга олорон тыыннаах хаалбыт. Бу дьонун кытта дойдутугар Чурапчыга Хоптоҕоҕо тахсыспыт. Дойдутугар Төлөйгө тиийиэҕин эдьиийэ Аана көһүүгэ Кэбээйигэ баран хаалбыт. Кэлин Васильевтар ийэлэрин Өксүүнү кытта сибээстэһэрэ. Мин эмиэ билсэр этим. Өксүү кэлин Чурапчыга олорон өлбүтэ.
Сэрии кэнниттэн
Хоптоҕоҕо кэлэн туох үлэ көстөрүнэн үлэлээбит. Аҕа дойду сэриитэ бүтэн тыыннаах хаалбыт буойуттар дойдуларыгар төннөн кэлитэлээбиттэр, дойдуну чөлүгэр түһэриигэ күүстээх үлэ саҕаламмыт. Ийэбин Чурапчы — Бэстээх суолун оҥоруутугар үлэлэтэ ыыппыттар. Оройуон бары нэһилиэктэриттэн ыарахан үлэни кыайар эр дьону, дьахталлары мунньан үлэлэппиттэр. Итиннэ үлэлии сылдьан ийэм саҥа сэрииттэн эргиллэн кэлбит Мэлдьэхситтэн төрүттээх Сэмэн Тарабукины көрсүбүт, билсибит. Икки өттүттэн ыал буоларга сөбүлэһэн, Мэлдьэхсигэ аҕам дойдутугар көһөн кэлбиттэр.
Икки өттүттэн туга да суох тулаайах дьон колхозка тугу аныылларынан үлэлээн, ханна кыстыкка-сайылыкка ыыталларынан олорбуттара. Дьонум ферматтан фермаҕа көһө сылдьан үлэлииллэрэ. Бас билэр дьиэтэ-уота суох этилэр. Билигин эргитэ санаан көрдөххө, наһаа да көмүс көлөһүннэрин колхозка-совхозка куппут эбиттэр. Уура сылдьар харчылара суох, чааһынай сүөһү-ас кэмчи, таҥас-сап эргэ-урба, күннээҕи үлэ түбүгүттэн ордубакка олорбуттара. Сылга кыстыкка, сайылыкка, оторго көһөллөрө. Кыһын дьукаахтарбыт үксүн дьахталлар буолааччылар.
Аҕабыт ферма сүөһүтүгэр атынан от таһарын таһынан сүөһү уулуур ойбонун алларыыта, уокка оттор маһы булуута, бэлэмнээһинэ кини көхсүгэр сүктэриллэрэ. Ону таһынан дьукаах дьахталларын чааһынай сүөһүлэригэр эмиэ отторун тиэйэн көмөлөһөрө. Ол иһин сарсыарда 4-5 чааска туран от тиэйэ барара. Киэһэ 9-11 чааска бүтэһик кырыныытыттан кэлэрэ.

Итинник күүстээх үлэттэн күүскэ илистэн кэлэрэ. Уонна сэрииттэн атаҕар ылбыт эчэйиитэ күнү быһа үлэлиириттэн ыалдьара. Оҕо эрдэхпититтэн наар аҕабыт үлэттэн кэллэҕинэ үчүгэйдик сынньаннын диэн отой айдаарбат этибит. Итинник үтүө ытыктабылы ийэбит иҥэрбитэ. Кини аҕабытын олус үчүгэйдик көрөрө-харайара. Ийэбит аҕабыт от тиэйэн кэлэрин кэтэһэ сылдьааччы. Субу-субу таһырдьа тахсан сыарҕа тыаһын иһиллиирэ. Ийэбитин кытта тэҥҥэ сыарҕа тыаһын иһиллэһэр этибит. Ийэбит аҕабыт кэлбитин биллэҕинэ саҥата суох сонун кэтэн тахсан от сүөкэһэрэ, Сылаас аһы бэлэмниирэ, хойуу үүттээх чэйи кутара, онон тоҥон-сылайан кэлбит киһи сылаата, тоҥмута-хаппыта ааһар быһыылааҕа
Ийэбит иистээх этэ
Киэһэ ыһыырынньык уотугар таҥаспытын, этэрбэспитин абырахтыыра, куурдара-хатарара. Ийэбит этэрбэһи үчүгэйдик тигэринэн биллэрэ, дьон сакаастаан эмиэ тиктэрэрэ. “Сиигэ, этэрбэһин тумуһа сымнаҕас”, – диэн хайгыыллара. Саҥа этэрбэһи тигэн бүтэрэн баран сүллүгэстээн сымнатара, тииһинэн ытыран сиигин тупсарара, арыыга хара чоҕу бытарытан хара гына кырааскалыыра, дьахтар этэрбэһин билэлээн киэргэтэрэ. Сайын кэтэр түүппүлэбитин сиэдэрэй гына тигэрэ, сарыынан тикпит буоллаҕына быысапканан оһуордуура, үрүҥ, кугас өҥнүүрэ. Кугас өҥү хатырыгы оргутан ол уутугар тутара, оччоҕо тириитин өҥө уларыйара. Кэтэн баран хаамтахха сып-сымнаҕас буолара. Ийэбит тикпит түүппүлэтин наһаа таптаан кэтэр этибит. Ынах тириититтэн тиктэҕинэ хара өҥнүүрэ, таҥас кыбытан киэргэтэрэ. Бөҕө гына тигэр буолан кыччаатаҕына балтылар эмиэ кэтэллэрэ. Мин улахан оҕо буоламмын, сыл ахсын саҥа түүппүлэни тигэн кэтэрдэр этэ. Кыһыҥҥы таҥаһы сайын бэлэмниирэ: куобах тириитэ имитэн бэргэһэ, үтүлүк, суорҕан, тэллэх тигэрэ. Аҕабар анаан хас да суол үтүлүгү, кээнчэни бэлэмниирэ. Сорох үтүлүгүн ытыһын сааппыйааннаан бөҕөргөтөн тигэрэ. Урут таҥас тигэр артыалга үлэлээбит буолан, ханнык баҕарар таҥастан араас быһыылаах гына дьиэ кэргэнигэр барытыгар ырбаахыны, ыстааны, утуйар таҥаһы уо.д.а. сөбүлээн тигэрэ. Өр кэмҥэ диэри иистэнэр массыыната суох этэ. Мин (улахан Тамара) үһүс кылааска сырыттахпына биир тыһы тиҥэһэни маҕаһыыҥҥа туттаран, ол харчытынан иистэнэр массыына ылбыттара. Ити кэмҥэ диэри иннэнэн тигэ сылдьыбыта, массыына тигэриттэн итэҕэһэ суох иистэнэр диэн дьукаах дьахталлара ордук саныылларын истэрим. Массыыналанан баран баата соннору, истээх ыстааннары, үтүлүктэри тигэрэ. Ити массыыната салгыы оҕолоругар кытта үлэлээбитэ. Ийэм иистэнэр буолан, дьыл ханнык баҕарар кэмигэр эргэ да буоллар бары таҥнар таҥастаах этибит. Оскуолаҕа кэтэр таҥаспытын: хара-маҥан фартуктарбытын, маҥан куруһубалаах саҕаларбытын, физкультура уруогар кэтэр ыстааммытын барытын эрдэ бэлэмниирэ.
Ийэбит астаах этэ
Ийэбит үчүгэй астаах дьахталлар ахсааннарыгар киирсэрэ. Биир Кубачык диэн ааттаах ынахтаах этибит. Кини биһиги дьиэ кэргэни ииппитэ-аһаппыта. Кини үүтүттэн ийэбит хайдах эрэ аттаран арыылыыра – өйүөттэн, күннээҕи аһылыктан ордорон кыһын сииргэ анаан хаһаанара. Сороҕор миискэҕэ арыы таптайан инбэлииттэр олорор сирдэригэр Күндүлгэ баран атыылаан бурдук, саахар, чэй, испиискэ атыылаһара. Арыыларын таһынан суораты, бутугаһы, иэдьэгэйи, тары быспакка сиэтэрэ. Ийэбин дьон «иһиттэн үллэр астаах» дииллэрэ. Кини лэппиэскэтэ, алаадьыта халыҥ, сымнаҕас буолара. Биирдэ эмит бэрэски сиирбит, этин быһаҕынан кырбыырбыт, тугу да буккуйбакка аҥаардас эт бэрэски буһарара. Наһаа минньигэс буолара, амтана санаабар билигин да баар курдук.

Ыалдьыт-хоноһо элбэхтик хонон ааһар ыала этибит. Аҕабыт киэҥ сиринэн тэлэһийэн сылдьыбыт буолан дэлэй кэпсээнэ, ситимэ быстыбат сэһэнэ уонна ийэбит минньигэс аһа-үөлэ, хойуу үүттээх чэйэ хонор хоноһону, сылдьар ыалдьыты умсугутар быһыылааҕа. Сайын сир аһын хомуйар этибит. Сороҕор сир аһа ханна үүммүтүн аҕабыт ыйан биэрээччи, онно чопчу тиийэн ынах ыамын быыһыгар үргээччибит. Саахар кэмчи буолан эбитэ дуу, наар көһө сылдьар буолан дуу, дьэдьэнтэн уратыны хаһааммат этэ. Моонньоҕону, дьэдьэни күөрчэххэ, сүөгэйгэ тутатына кутан сиэччибит. Арыылаах дьэдьэни хаһаанара, кэһиигэ туттара. Отону бэрт кыраны ууран күөрчэххэ ытыйара. Ийэбит күһүн идэһэ сиэтэхпит күн хайаан да түөһүн эттэтэн, сахалыы лапсалаан мииннээн иһэрдэрин сөбүлүүрэ. Дьукаах ыалларыгар бэрсэрэ. Ити күн бүтүн дьиэ кэргэн дьоно бары үөрэн-көтөн аһыырбытын билигин да астына ахтабыт. Ити ийэбит олохтообут традидицията күн бүгүнүгэр диэри кытаанахтык тутуһуллан кэллэ, кыргыттара бары тутуһабыт. Аҕабыт хайаан да тутуһуннарара. Өкүлүүн итинник гынар этэ, түөс эттээн сиэхпит диирэ. Ийэбит сылгы этин сүүрүҥэлии буһаран сиирин ордороро, бука оҕо сылдьан төрөппүттэриттэн илдьэ хаалбыт үгэһэ буолуон сөп. Куобах этин сибиинньэ этин кытта буһарара, көтөх да эт минньиир этэ. Ийэбит кыра эрдэхпитинэ бурдук тардан лэппиэскэлиирэ, бурдук тардар таастара ыарахан буолара. Мин бурдук кутан көмөлөһөрүм. Ол тааспыт хаппырыыс баҕайы этэ, нэмин таптахха эрэ куруппалаппакка тардара. Сороҕор ийэм көхсүм хайынна диирэ. Ардыгар аҕабын кытта миэлиҥсэҕэ бурдук таттаран кэлэрбит. Оччоҕо ийэбит олус үөрэрэ. Сибиэһэй бурдуктан лэппиэскэ буһарыам диэтэҕинэ бары үөрэрбитин өйдүүбүн. Курупчаакы бурдугу дэҥҥэ булар быһыылаахтара. Күндүлгэ дохуот эттэриттэн ордорон атыылаан, алаадьы бурдугун булаллара. Ыылаахха олорон аҕабыт эт тиэйэн Күндүлгэ баран кэлэрин кэтэһэр этибит. Киэһэ мөһөөччүк тутан киирдэҕинэ бары саба түһэн көрөрбүт. Ол киэһэ улахан дьоро киэһэ буолара, арыылаах алаадьы сиэн утуйарбыт.
Ийэбит кэһиимсэх этэ
Аҕам бииргэ төрөөбүт убайын уола Дарыбыан кэлэригэр эрдэттэн кэһиитин мунньан уура сылдьар буолара, биһиги өрөбүллэргэ кэлэрбитигэр кэһии ууран көрсөөччү. Оччолорго холодильник баарын билбэт этибит. Уһун кэмҥэ уурар кэһиитин дьону кытта кэпсэтэн булууска уурдарааччы. Убай-быраат Ньукулай, Харыбылла Охлопковтар булуустарын астынан уурдарара. Биһиги дэриэбинэҕэ киирдэхпитинэ кинилэргэ сылдьан чэйдээн ааһааччыбыт. Татыйаас уонна Өлөксөөс наһаа үөрэн көрсөллөрүн билигин да үчүгэйдик саныыбын.
Дьукаах дьахталларын кытта уопсай тылы булара
Муҥха, ардьаах балыгын, күһүҥҥү кус, куобах этин бары бииргэ саба түһэн астаан, уопсай буһаран сиирбит. Эриллибит үүттэн астанар аһы – суораты, бутугаһы, иэдьэгэйи холумтаҥҥа уурбуттарын бары оҕолор эйиэнэ-миэнэ диэбэккэ киирэ-тахса сиэн үссэнэрбит. Ол иһин дьукаах оҕолор наһаа эйэлээх этибит. Бу урукку саха дьахталларын биир саамай муударай сыһыаннара. Кыаммат ыал оҕолоругар эргэ да буоллар таҥас-сап биэрэн көмөлөһөллөрө. Ыраах сиртэн аймах дьонноро кэһиилээх кэллэхтэринэ хайаан да бэрсэр үтүө үгэстээхтэрэ. Ол түмүгэр атын ыал аһыгар ымсыырбат буоларбыт, ол ыалдьыт барыбыт ыалдьытын курдук үөрэрбит-көтөрбүт. Биһиги ийэбит ыаллар алаадьы буһардахтарына биһигини ымсыырыахтара диэн тэҥҥэ эмиэ буһарара. Ол гынан баран алаадьылаах ыаллар ийэлэрэ дьукаахтарын оҕотугар бэрсэр үтүө үгэстээхтэрэ.
Ийэбит холку майгылааҕа, тугу барытын уһатан-кэҥэтэн толкуйдаан оҥороро, улахамсыйбат этэ. Уопсайынан, тула дьон эйгэлэрин көрөн сыһыаннаһара, биһигини эмиэ дьоҥҥо убаастабыллаах сыһыаннаах буоларбытыгар үөрэтэрэ.
Хаһан да кырдьаҕас дьону кытта мөккүспэт буолуҥ диэн үөрэтэрэ. Бэрээдэги ирдиирэ, дьукаахтар оҕолорун кытта этиспэт-охсуспат буоларбытыгар мэлдьи өйдөтөрө. Хас биирдиибитигэр анал талах бэлэмнэниллэн истиэнэ хайаһыгар анньыллан турааччы, ону көрө-көрө саллан куһаҕаны оҥорбот этибит. Кэлин улаатан баран санаан көрдөххө, дьукаахтар икки ардыларыгар сыһыан оҕоттон улахан тутулуктаах буолуон сөп эбит. Тиийиммэт-түгэммэт олохтон, соло булбат быыстала суох үлэттэн дьахтар аймах уйулҕата чарааһаан, кыра тэппини тулуйбат быһыылааҕа. Ийэбит ону билэр буолан биһигиттэн тула дьоҥҥо эйэлээхтик сыһыаннаһары ирдиирэ. Биирдэ эмит биһигини оҕолор дьээбэлээтэхтэринэ ол оҕолору кытта намыын куолаһынан сүбэлэһэр курдук сатаан кэпсэтэрэ, кини кэпсэтиитин кэнниттэн дьээбэлээбэт буолаллара. Ол түмүгэр төрөппүт нөҥүө быһаарсыы буолбата. Ийэм холку майгыта аҕабытын кытта сыһыаҥҥа эмиэ көстөрө. Аҕам Сэмэн кыыһырдаҕына биир да тылы утары эппэтэ, саҥата суох тахсан барара уонна таһырдьаттан тугу эмэ тутан киирэрэ уонна “Сэмээн” диэн аргыый аатын ыҥыран, кэпсэтиини саҕалыыра. Аҕабыт кыыһырбыт уоҕа ааһан, эмиэ кэпсэтиигэ кыттан барара. Кэлин аҕам: «Өкүлүүн холку дьахтар буолан эйэ-дэмнээхтик олорбуппут, тэҥҥэ этиһэрэ эбитэ буоллар ыгым майгылаах киһи хайдах буолуохпун билбэппин. Мин да уоскуйан баран хаттаан хойох хостоһо барааччым суоҕа», – диэн табаарыстарыгар Уйбаан Куһумууҥҥа, Уус Ыстапааҥҥа кэпсиирин истэрим. Ийэбит иэримэ дьиэ Иэйэхситэ уонна Араҥаччыта этэ.

Ийэбит санаторийга сылдьан түспүт хаартыската.
Олус оҕомсох этэ
Уол оҕолонуон ис сүрэҕиттэн баҕарар быһыылааҕа. Биир уол оҕо төрөөн өлбүтүгэр хомойоро. Кэлин мүһүлгэнигэр оҕо куоппутугар уол буолуо диэн санааргыыра, онтон ыла оҕоломмотоҕо. Уол оҕото суох буолан Дарыбыаны (Иллариону) оҕотун курдук, дьиэ кэргэҥҥэ аптарытыатын үрдүктүк тутара. Кини кэлэр сураҕын иһиттэҕинэ суунан-тараанан, ас-үөл бэлэмнээн, биһиги баттахпытын сууйан-тараан, лиэнтэлээн өрөн бэлэмниирэ. Дарыбыан үлэһит буолан баран харчынан көмөлөһөрө. Барыбытыгар олус наадалаах кэһиини аҕалара. Таас иһит дэлэйдик көстүбэтэ, убайбыт аҕалбыт иһиттэрин ийэм наһаа харыстаан туттара. Ийэбит убайбытын таптыырга-ытыктыырга олук уурбута, ол ытыктабылбыт билигин да сөҕүрүйбэт. Өкүлүүнтэн (аҕам балта) Афоня Портнягины, Маайалаахтан Петя Харитоновы уол оҕо гынаары ымсыырар аҕай этэ. Дьиэтигэр аҕалан хоннороро, минньигэстик аһатара. Афоня иитиллэ кэлэ сылдьыбыта. Дьэ сыстан, убанан эрдэҕинэ ийэтэ кэлэн төттөрү илдьэ барбыта. Афоня ийэтин кытта барымаары ытаабытыгар ийэм хараҕын уутун сотто турарын көрөн, мин эмиэ ытаабытым. Бука, дьон сүбэлээн Өкүлүүн төттөрү ылбыта буолуо. Маайалаах утарбат быһыылаахтара, ону көһө сылдьар олохтоох буолан, хайдах эрэ ыпсыылара ыпсыбакка кыайан Петяны иитэ ылбатахпыт. Бу оҕолор иккиэн улаатан баран биһиэхэ чугас сыһыаннаах этилэр, чаастатык сылдьаллара, хоноллоро. Аҕам кинилэргэ истиҥ сыһыаннааҕа. Уолаттарын курдук көрөрө. Афоня бултаан-алтаан, балыктаан кэлэн аҕабытын үөрдэрэ, оҕонньор астынарыттан бэйэтэ да дуоһуйар быһыылааҕа. Ийэм баара буоллар, бука, улаханнык үөрүө эбитэ буолуо.
Биһиги ийэбит биир уратыта – түүллээх этэ
Түүлүн табан тойоннуура. Мин Дириҥҥэ интернакка олорон сороҕор дьаҥнааччыбын, ону ийэбиттэн кистээччибин. Өрөбүлгэ тиийдэхпинэ ыйыта тоһуйааччы: “Ыалдьыбытыҥ дуо, түһээн көрбүтүм”, – диирэ. Уопсайынан, дьахталларга түүл түһээтим диэн этээччи уонна оннук буолар буолла быһыылаах диэн этэрэ, онтуката оруобуна туолара. Таптаан туттар сэбэ хаппырыыстыырын эмиэ сөбүлээбэт этэ. Туох буолаары гынна диэн дьиксинэрэ. Өлөрүн чугаһыгар үүт эрийэр сэппэрээтэрэ чаастатык үүтүнэн түһэрэн эрэйдээбитэ аҕай. Онно куһаҕаны биттэнэр диэн ыалларыгар этэрэ. Ол сэппэрээтэр билигин да Мэлдьэхсигэ, уот бардаҕына саамай туттуллар тэрил буолан Дарыбыаннаахха турар. Саҥаспыт Степанида хайҕаан туттар. Соҕотоҕун хаһан да айаннаабата. Бөһүөлэккэ киирэригэр биир эмэ кыыһын батыһыннарара, түүн эмиэ аҕабын эбэтэр оҕолоруттан кими эмэ илдьэ тахсара. Бадаҕа чараас уйулҕалааҕа буолуо.
Ийэбит бэйэтин кыанар, күүстээх этэ
Оннооҕор эр дьон саллаллара. Биирдэ Таппалаахха олорон кыстаабыт улахан сибиинньэлэрин таһырдьа уйаҕа таһаараары тэринии буолла. Аҕам Елисеев Бүөтүрдүүн көмөлөөн таһаараары хотоҥҥо киирдилэр. Мин ийэбинээн күөйэ турдубут. Сибиинньэ уйатын алдьатан эр дьоммут быанан соһон көрдүлэр да кыайбатылар, аһылыгынан албыннаан батыһыннаран көрдүбүт да туһа тахсыбата. Ыгыллыы-ыгылыйыы буолла. Онтон ийэм тиийэн икки кулгааҕыттан хам тутта да, таһырдьа диэки соспутунан барда уонна уйатыгар тиэрдэн баран иһирдьэ анньан кэбистэ. Эр дьоммут даллаһан туран хааллылар, уйаны эрэ тоһоҕонон саайдылар. Сибиинньэ икки кулгааҕа кып-кыһыл гына суураланан хаалбыт этэ. Елисеев Бүөтүр сөхпүтэ аҕай.
Мин алтыс кылааһы бүтэрбит сайыммар Хоҥкуйа сайылыкка үүт астааччынан анаатылар. Ийэм “кыайыа суоҕа” диэн ыытымаары гынар, биригэдьиир отой саҥарпат. Кыра оҕоҕо бары саба түһэн көмөлөһүөхтэрэ диэн буолуммат. Онон биэс дояркаҕа үүт астааччынан бардым. Маҥнай син көмөлөһөннөр, үлэбэр ылсан истим. Сүөгэйи иирдии диэн үлэ эмиэ миэхэ сүктэриллэр эбит. Биэдэлээх сүөгэйи кыайан иирдибэккэ, умуһахха төттөрү түһэрэн иһэбин. Ити курдук уонча биэдэрэни мустум быһыылаах. Биир күн сүөгэй түһэрэр биэдэрэ суох буолбутугар айманнылар, сорохторо мөхтүлэр. Ол да буоллар көмөлөһөр дьахтар көстүбэтэ. Мин Нэлэгэргэ олорор ийэбэр тиийэн эттим. Сарсыҥҥы күнүгэр ыамын быыһыгар кэлэн сүөгэйбин барытын иирдэн биэрдэ, барарыгар дьахталларга кытаанахтык: «Сүөгэй иирдиитин бэйэҕит оҥоруҥ. Оҕоҕо найылаамаҥ», – диэн баран дьиэтигэр төннүбүтэ. Ийэм чахчы кыанар буолан күнүнэн уонча биэдэрэни арыылаабыта буолуо дии саныыбын. Бу буолбут быһыыны ийэм биригэдьииргэ эппит быһыылааҕа. Биригэдьиир кэлэн уочаратынан арыылаан ыылларыгар улахан дьахталлары дьаһайбыта. Итинтэн ыла үлэм барыта быһаарыллан, күһүн оскуолаҕа барыахпар диэри үчүгэйдик үлэлээбитим.
Наадатын нууччалыы эмиэ быһаарсара
Ийэбит түөрт кылаас үөрэхтээх уонна куоракка олоро сылдьыбыт буолан сатаан ааҕар-суруйар, наадатын нууччалыы быһаарсар этэ. Мэлдьэхсигэ үлэлии кэлбит биэлсэр нуучча кыргыттарын кытта наадатын кэпсэтэрэ, эмп-том суруттаран ылара. Ферма аптекатын, маҕаһыын ларёгун киниэхэ итэҕэйэллэрэ. Үөрэҕэ суох дьону үөрэхтээһиҥҥэ олохтоох оскуола директора Иннокентий Дмитрьевич Неустроев ийэбин көмөҕө ылбыта. Ийэм ферматын иһигэр учууталлаабыта. Кини көмөтүнэн аҕам сүһүөхтээн ааҕар, илии баттыыр буолбута. Ааҕар балаҕан иһинэн кэлэр хаһыаттары, кинигэлэри иллэҥ кэмҥэ ферма дьонугар ааҕан иһитиннэрэрэ. Үчүгэйдик ааҕар буолан баран кэлин ити үлэтин мин солбуйбутум.

Хаартыскаҕа: Бииргэ алтыспыт дьүөгэлэрэ.
Колхозка таһаарыылаахтык үлэлээбитэ
Колхозка үүт аһы астааччынан, доярканан, ньирэй көрөөччүнэн таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Бэйэтин үлэтин кэпсэммэт сэмэй киһи этэ. Ити кэмнэргэ бэрэбиэркэ күүскэ турара, үүт сыатынан көрөн төһө арыы кэлэрин ааҕан туталлара. Ийэм арыытын туттаран, аахсан кэлэрэ. Ахсааннара сөп түбэспэт буоллаҕына итэҕэһин төлөттөрөллөрө. Ол иһин ийэм суотунан суоттаан киэһэ үлэ кэнниттэн түмэрэ, төһө арыы тахсыахтааҕын бука ааҕан эрдэҕэ… Тиийбэт дии санаатаҕына чааһынай арыытыттан эбэн таптайара. Итэҕэстэммит үлэһити улахан уоруйах курдук сыаналыыллара. Ааспытын кэннэ толкуйдаатахха сүрдээх баттал эбит. Үүт сыатын ыйга биирдэ кэлэн бэрэбиэркэлээн ааһаллара, ол көрдөрүүтүнэн ирдииллэрэ. Онтон үүт сыата ынах хайдах аһаабытыттан тутулуктанара эбитэ буолуо, баҕар, бэрэбиэркэ күн үчүгэйдик аһаан сыата үрдээбит күнэ буолуон эмиэ сөп ээ… Ол аахсыллыбат кэмэ быһыылааҕа. Онтон дояркалар үлэлэрин атын сиртэн ыанньыксыт аҕалан ыаттараллара, тэҥнээн көрөллөрө, бэрэбиэркэ кэмигэр урукку көрдөрүүтэ намыһах буоллаҕына эмиэ итэҕэһинэн ааҕыллара. Ол иһин ийэбит ыан бүттэҕинэ, кыра сылдьан батыһа сылдьан сыппайан тахсар этибит.
Биирдэ колхоз бэрэсэдээлэ Марк Романович Яковлев “Газига” титиик таһыгар кэлэн тохтоото. Киһи иһэрин көрбүт оҕолор ньирэй хааччаҕар куоттубут. Арай балтым Тамара билбэккэ ынаҕын сыппайа олорбут, оччолорго биэһэ эбитэ буолуо, кыра хап-хатыҥыр кыыс этэ. Бэрэсэдээтэл киирээт хараҕа Тамараҕа хатаммыт. «Ким оҕотой бу, тугу гынарый», – диэн ыйыппыт. Онуоха ийэм: «Ынах сыппайар», – диэбит. «Бэркэ гынар эбиккин, оҕону кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ үөрэтэриҥ үчүгэй», – диэн хайҕаабыт. Тамараны эмиэ хайҕаабыт. Мөҕүллэр буоллум диэн барар-кэлэр сирэ суох куттана- куттана ынах ыы сылдьыбыт ийэм дьэ үөһэ тыыммыт. Ийэм тутта сылдьыбыт суотун аҕам күндү мал курдук харыстаан өлүөр диэри оронун үрдүгэр ыйаан туруорбута, оннооҕор сиэттэригэр тыыттарбат этэ. Ийэҕит Өкүлүүн суота диэн бэлиэтээн, улахан суолталаан этэрин бу баар курдук өйдүүбүн.

Хаартыскаҕа: Үлэлээбит коллективын кытта.
Күүс, сүһүөх кыайарынан
Урукку дьиэлэр, хотоннор, титииктэр кырыыһата суох буолааччылар. Улахан ардах түстэҕинэ тэстэн, эрэй бөҕө буолааччы. Титииккэ сотоҥ ортотугар диэри бадарааҥҥа батылла сылдьан ынах этэрэн, ыаһан көмөлөһөөччүбүт. Сайылык, отор дьиэлэрэ муостата суох буолааччылар. Кыстыкпыт халыҥ таас түннүгэ суох буолан муус түннүктээх буоларбыт. Сарсыарда аайы дьахталлар кырыатыыллар, оччоҕо сырдык үчүгэйдик киирэрэ. Киэһэ кыраһыын лаампатынан сырдатынарбыт. Кыраһыын бүттэҕинэ ийэм сыаны уулларан ыһыырынньык оҥороро. Хараҥа да буоллар син сырдатара. Көлөһүн күннэри этинэн-арыынан аахсаллара. Онон харчы булунуу диэн кыһалҕаҕа кыһайтарыллаллара. Усулуобуйа мөлтөҕүн да иһин, ону аахсыбакка күүстэрэ-сүһүөхтэрэ кыайарынан олохпут сайдарын туһугар үлэлээбит урукку көлүөнэ дьоҥҥо сүгүрүйэбин. Кинилэр ортолоругар ийэлээтэр ийэм Өкүлүүн, аҕалаатар аҕам Сэмэн баалларынан киэн туттабын.
Ийэм аймаҕымсах майгылааҕа
Сылга биирдэ үлэтин-хамнаһын үмүрүтэн эрдэттэн бэлэмнэнэн, оҕолорун илдьэ бэйэтин аймахтарыгар, сороҕор Төлөйгө олорор эдьиийин оҕолоругар, Сэмэн, Охонооһой Гуляевтарга эбэтэр Мугудайга аҕатын быраатыгар, Фома Софронович Хоютановтарга, Одьулууҥҥа олорор Александра Софроновна Хоютановаҕа, Дириҥҥэ Ньукулай Спиридонович Хоютановка күүлэйдиирэ. Оҕолорун көрдөрөрө, кинилэр олохторун билсэн, көрсөн кэлэрэ. Кыра кэһии оҕолоох кэллэҕинэ тута арыйан аҕабытыгар, биһиэхэ көрдөрөр идэлээҕэ. Бу үөрүү, астыныы, аймахтара кыанан олорор бэлиэтин биллэрэр чугас дьонун кытта үллэстэр үгэһэ – ийэм аймахтарын кытта чугасаһыннарар, убаастатар сүҥкэн суолталаах дьайыыта этэ. Биирдэ эмит Илья Софронович Хоютанов ыалдьыттаан ааһааччы. Батысыһа сылдьан кэпсэтээччилэр, икки өттүттэн оҕо саастарын кэмин ахтыһаллара. Сорох кэпсэтиилэрин истибэт этибит. Кэлин оскуоланы бүтэрэр сылбар ийэм: «Ити үөрэхтээх убайым кэлин эһиэхэ үөрэнэргитигэр көмөлөһүөҕэ», – диирэ. Биһиги идэ ылаары үөрэнэр кэмнэрбитигэр ийэбит күн сиригэр суох буолан, таайбыт салгыы сибээстэспэтэҕэ. Кэлин үлэһит буолан баран бэйэм билсибитим.
Биирдэ ийэм Чурапчыга көрдөрө бара сылдьан, саамай астынар, киэн туттар убайын Үстүүн Хоютановы кытта көрсүһэн үөрэн-көтөн кэлбитэ. Тута билиһиннэрэ миигин илдьэ барбыта. Улахан үөрүүнэн көрсүбүттэрэ, оҕонньор сыллаабыта, алҕаабыта. Кэргэнэ үөрүү бөҕөтө. кыргыттарын Шураны, Машаны көрбүтүм. Ол түгэни отой умнубаппын, билигин да санаатахпына дууһабар сылаас сүүрээн илгийэр. Улаатан баран толкуйдаан көрдөххө, ийэм аймахтара дойдуларыгар улахан аптарытыаттаах, убаастанар ыаллар, сорохторо үөрэхтээхтэр, кинилэр суолларын батыһан оҕолорум үөрэхтэниэхтэрэ, оҕолорум дьон-сэргэ буолалларыгар көмөлөһүөхтэрэ, өйүөхтэрэ диэн санаалаах буолан билиһиннэрэ сатыыр эбит. Аҕам аймахтарыгар амарахтык сыһыаннаһара. Ордук эдьиийим Шура ийэбэр чугас санаалааҕа. Кэргэнэ Василий Яковлевич Дьячковскай сааһын тухары бухгалтердыыра. Бу дьиэ кэргэн Хадаарынан, Одьулуунунан олорбуттара. Биһиги дьиэ кэргэн кыһалҕатын тэҥҥэ үллэстэн, өйөһөн олорбут аймахтарбыт. Атын да аймахтарбыт билсиһэ-көрсүһэ олорбуттара. Ордук Ньукулай, Өндөрөй, Уоһук Тарбыыкыттар, Маайа, Бүөтүр Харытыанаптар, Сөдүөрэ, Уйбаан, Бааска Тарбыыкыттар дьиэ кэргэттэрин кытта чугастыы этибит. Ийэм тастан көрдөххө бытаан туттунуулаах курдук эрээри, улахан сүпсүлгэнэ суох бүтэрэн-оһорон иһэр этэ. Дьукаах дьахталлара: «Хаһан бүтэрэ охсубуккунуй», – диэн соһуйааччылар.
Ийэбит киэҥ эйгэлээх буолан биһиги оҕо сааспытыгар үтүө-мааны майгылаах, дьон кыһалҕатын өйдүүр, үлэҕэ-үөрэххэ бэриниилээх, аймаҕымсах, саха үгэстэрин тутуһар гына үөрэппитэ. Иллээх-эйэлээх олоҕу олорорго иитэрэ, дьиэ кэргэнин ситиһиититтэн үөрэрэ. Оннооҕор туһахха куобах иҥнэн, киэһэ аҕабыт бултуйан кэллэҕинэ үөрэ көрсөрө, тута астаары ириэрэ уурара. Бултуйан кэлбит кэргэммитин эбэтэр уолаттарбытын биһиги эмиэ үөрэ көрсөбүт, бу ийэбититтэн көрөн үөрэммит үтүө үгэспит. Ийэбит оҕолоро улаатан, идэ ылан, ыал-дьон буолан, олох сиэринэн бас билэн дьиэлэнэн-уоттанан олорорбутугар тиийбэтэҕэр, сиэн оҕо үөрүүтүн, чуопчаарар саҥатын истибэтэҕиттэн хомойобут. Кини олорбут олоҕор оннооҕор бас билэн олорор дьиэтэ-уота суоҕа. Наар ферманы кэрийэн олоруу, тиийиммэт-түгэммэт олох, уопуската суох үлэ ийэм ис эйгэтин кэбирэппит буолуон сөп. Ол иһин эрдэ бу олохтон күрэннэҕэ… Кини оҕо сааһыгар, ыал кыра оҕото буолан, мааныланан иитиллибитэ. Кыанар олохтоох ыаллар кыыстара буолан дэлэйдик аһаан-сиэн, үчүгэйдик таҥнан-симэнэн улааппыта. Ол ийэм киэҥ-холку майгылаах, кыраттан кыынньыбат, сэмэй сэбэрэлээх, анааран көрөр толкуйдаах буоларыгар төһүү буолбута буолуо дии саныыбын. Улахан кыыһа 20-лээҕэр, кыра кыыһа аҕыстааҕар орто дойдуттан барбыта. Кини ситэ олорботох олоҕун төрөппүт кыргыттара салгыыбыт, үтүө сэбэрэтин сырдык өйдөбүлэ билигин даҕаны биһиги сүрэхпитигэр тыыннаах.

Тамара Семёновна ЕВГРАФОВА,
Саха АССР үтүөлээх учуутала.
2013 сыл.
* * *
ИЙЭМ ТУҺУНАН ИҺИРЭХ ТЫЛ
Ийэбит төрдө-ууһа
Мин ийэм Тарабукина (Хоютанова) Акулина Николаевна 1920 сыллаахха Чурапчы оройуонун Төлөй Дириҥэр төрөөбүт. Оҕо сааһа «Атах» диэн алааска ааспыта.
Аҕата Хоютанов Ньукулай элбэх сылгы үөрдээх, сүөһүлээх, орто сэниэ баай киһи эбит. Бэйэтин нэһилиэгэр өр сылларга кинээстээбит. Куортуктаах кинээс эбитэ үһү. Куортуга билигин Чурапчы музейыгар баар. Аҕатын кытта бииргэ төрөөбүт уолаттар тохсуолар: Ньукулай, Үстүүн, Софрон, Испирдиэн уонна Роман. Кыргыттар: Александра Григорьевна Скрябина, Анна Григорьевна Романова, Варвара Григорьевна Куличкина, Матрёна Григорьевна Попова. Кыргыттар кэргэн тахсан эрдэрин араспаанньаларын ылбыттар. Уолаттар оҕолоро, сиэннэрэ, ыччаттара Чурапчыга убаастанар ытык-мааны дьон. Эһэбит Хоютанов Ньукулай, элбэх сылгы үөрдээх буолан, сайын аайы ыһыах ыһар эбит. Сир-сир аайыттан кэлэн ыһыахтаан, көрүлээн-нарылаан, күрэх былдьаһан бараллара. Кинээстиир кэмигэр дьонун-сэргэтин үчүгэйдик тутан олорбут. Советскай былаас буолбутугар сүөһүтүн-сылгытын барытын олохтоох былааска биэрбит. Ийэм ийэтин аата Марыына диэн. Бииргэ төрөөбүттэр төрдүөлэр: эдьиийдэрэ икки Аана, мин ийэм, быраата Бүөккэ. Бүөккэ эрдэ сэллигинэн ыалдьан өлбүт. Улахан эдьиийэ Аана Захаров диэн киһиэхэ кэргэн тахсыбыт. Кыра эдьиийэ Аана Гуляев Михаил Михайловичка — Бөөкөҕө кэргэн тахсыбыт. Кинилэр Сэмэн уонна Охонооһой диэн оҕолордоох эбиттэр. Кинилэр төрөөбүт дойдуларыттан ханна да барбакка Төлөй Дириҥэр олохсуйбуттар. Ийэтэ, аҕата, быраата, эдьиийэ – бары Налбар диэн алааска көмүллэн сыталлар. Хоютановтар Ханха аҕа ууһун сыдьааннара. Ахсыс көлүөнэ дьоно.
Аҕа дойду сэриитин кэмигэр
Ийэм Аҕа дойду сэриитин кэмигэр бастакы кэргэнин кытта Якутскай куоракка киирэн олорбуттар. Биир кыыс оҕоломмуттар. Ийэм кэпсииринэн кэргэнэ милицияҕа үлэлээбит. Бэйэтэ араас үлэни барытын үлэлээбит. Биирин эрэ ааспыт кыыһа ыалдьан өлөн хаалбыт. Ийэм кыайыгас-хотугас буолан, борокуокка куруусчутунан үлэлээбит. Салайааччылара нуучча дьахтара эбит. Сэрии кэмигэр сут-кураан, аччыктааһын туһунан уйадыйан олорон кэпсиирэ. Тыаттан сирэйдэрэ-харахтара испит дьон куоракка киирээхтииллэрин, помуойаны хасыһа туралларын үгүстүк көрөрүн, ити уулуссаҕа бу уулуссаҕа умналыы туралларын, хоргуйан өлбүт дьон өлүктэрэ онно-манна сыталларын туһунан хараастан кэпсиирэ.
Ийэм хоргуйан ыксаабыт икки кыыһы булан, дьиэтигэр илдьэн, аһатан атахтарыгар туруорбут этэ. «Үһүөн мин үлэлээн ылбыт нуормабын сиир этибит. Бэйэм үксүн аччык сылдьарым, кинилэри аһата сатыырым. Биирдэ кэмпиэттээх дьааһыкпын кыайбаккабын мүлчү тутан кэбиспитим. Үлэбиттэн үүрэллэрэ буолуо диэн олус куттаммытым. Салайааччым саҥата-иҥэтэ суох кэлэн кэмпиэти хомуйсубутунан барбыта. Кыргыттарым атахтарыгар туран баран олус махтаммыттара, “хайаан да киһи гыммыт иэскин төлүөхпүт” диэбиттэрэ», – диэн ахтара. Ийэм бу кыргыттар туох үлэһит, хайдах дьон буолбуттарын билиэн-көрүөн олус баҕарара да, ол баҕата кыайан туолбатаҕа. Ол оннугар мин кинилэртэн биирдэстэрин кэргэмминээн Бүлүүгэ олохсуйа бараары, Дьокуускай куорат борохуолка баһаарыгар ону-маны атыылаһа сылдьан көрсүбүтүм. Кини Захарова Настаалыын сылдьара. Настаа биһигини билиһиннэртээбитэ: «Били кэпсиир Өкүлүүнүҥ биир кыыһа бу сылдьар», – диэбитэ. Онуоха мин ийэм кинини өлөр өлүүттэн быыһаабытын, Якутскайга олохсуйбутун, Аппа уҥуор олорорун туһунан эппитэ. Ийэбит туһунан истиҥ-иһирэх тылларынан ахтыбыта уонна: «Хайаан да киэһэ кэлээриҥ», – диэн ыҥырбыта, аадырыһын хаста да хатылаан эппитэ. Биһиги кыра оҕолорбутун хаалларар сирбит суох буолан, кыайан барбатахпытыттан билигин олус кэмсинэбин. Ийэм туһунан элбэҕи истиэҕим, билиэҕим хааллаҕа.
Аҕабытын көрсөр, ыал буолар
Ийэм сэрии кэнниттэн дойдутугар Чурапчыга тахсар да, төрөөбүт сиригэр барбакка Мэлдьэхсигэ тиийэр. Бастаан ийэм үлэтин фермаҕа үүт астааччынан саҕалаабыт. Бу дойду сирин-уотун сөбүлээн, букатын олохсуйа хаалбыт. Биһиги аҕабытын таптаан, холбоһон ыал буолбут.
Дьонум аах колхуос тутаах үлэһиттэрэ буолан, ферматтан фермаҕа көһө сылдьан үлэлииллэрэ. Ол курдук «Хаастааҕынан», «Ыылааҕынан», «Таппалааҕынан», «Хоҥкуйанан», «Нэлэгэринэн», «Тыыраахылааҕынан», «Сабыйанан», «Курдьаҕаайынан», «Даркылааҕынан» кыстаабыттара, сайылаабыттара. Ийэм ыанньыксыттыыра, аҕам икки-үс көлөнөн кыһынын от тиэйэрэ, сүөһү уулуур ойбонун алларара, уокка оттор маһы булара. Ону таһынан дьукаах дьахталларын чааһынай сүөһүлэригэр эмиэ отторун тиэйэн көмөлөһөрө. Аҕабыт түүн хойуккааҥҥа диэри отун тиэйэрэ. Ийэбит аҕабыт от тиэйэн кэлэрин кэтэһэ сылдьааччы. Субу-субу таһырдьа тахсан сыарҕа тыаһын иһиллиирэ. Сороҕор ийэбин кытта аҕабын күүтүһэрим, оччоҕо тэҥҥэ сыарҕа тыаһын иһиллэһэр этим. Ийэбит аҕабыт кэлбитин биллэҕинэ саҥата суох сонун кэтэн тахсан от сүөкэһэрэ, онтон дьиэҕэ киирэн аһын сылыппытынан барара.
Ийэм үлэтиттэн быыс булла да иистэммитинэн барара. Харахпар билиҥҥээҥҥэ диэри этэрбэс тигэн баран сиигин ыстыы олороро бу баарга дылы. Ийэбит тугу барытын тигэрэ. Араас быһыылаах ырбаахылары, үтүлүктэри, кээнчэлэри, соннору, ыстааннары, истээх баата ыстааннары тигэрэ. Фермаҕа олорор ыанньыксыт дьахталлар мааныга кэтэр былааччыйаларын ийэбэр тиктэрэллэрэ. Дьахталлар сороҕор бу таҥастан хайдах быһыылаах ырбаахы тигэллэрин ыйыттахтарына сүбэлээн-амалаан биэрэрэ эбэтэр тигэрдии быһан биэрэрэ.
Күүстээх холорук
Ыылаахха олорор эрдэхпитинэ, от-мас көҕөрө илигинэ биирдэ туох да аһара күүстээх холорук кэлэн ааспыта. Мин балтыбын Таняны кытта аҕам тыаттан киллэрбит маһын үрдүгэр тахсаммыт оонньуу сырыттахпытына, арай, ферма хотонуттан ийэбит сүүрэн иһэн: «Дьиэҕитигэр киирэ охсуҥ!» – диэн ыксаабыт хаһыытын истибиппит. Мас үрдүттэн түһэн истэхпитинэ ийэбит сүүрэн кэлэн Таняны көтөҕө охсубута, миигин сиэтэн дэллэрэппитинэн дьиэбит диэки сүүрбүтэ. Дьиэҕэ киирээт да, олуур маһынан ааны олуйарын кытта дьиэ таһыгар сирилиир тыас-уус бөҕө буолбута. Ийэм биһигини бэйэтиттэн харыс да халбарыппакка кууһан турбута. Тыас-уус сүппүтүн кэннэ таһырдьа тахсан көрбүппүт аҕабыт хайыппыт мастара, эрбээбит чууркалара, долгучуох мастара онно-манна, дьиэ айаҕар тиийэ ыһылла сыталлара. Арай ийэбит холоруктан быыһаабатаҕа буоллар биһиги оһолго түбэһиэхпитин сөп этэ. Аны санаатахха, ийэбит барахсан оҕолорун туһугар ураты күүстээх холоругу кытта турууласпыт эбит.
Ол киэһэ биир ыга куттаммыт оҕонньор тиийэн кэлбитэ. «Сүрдээх улахан холорук эккирэтэн кэлэн, сарайдаах киһи уҥуоҕар хаайан сордоото, арааһа, өлөр киһи буоллум быһыылаах», – диэн кэпсээбитэ. Ол киэһэ дьон наар холорук туһунан кэпсэтэн тахсыбыттара.
Эмиэ Ыылаахха саас күн уһаабытын кэннэ, ийэбин кытта тэҥҥэ ынах уулатыһар этим. Сороҕор бэйэм соҕотоҕун уулатарым. Биирдэ сүөһүлэри уулата кэлэн истэхпинэ биир ынах кэйээри эккирэтэн кэлбитин, ийэм хаһыытаан нэһиилэ күрүө иһигэр сылыпыс гынан хаалбытым. Ынах муоһунан күрүөнү саайбыта. Ийэбин көрбүтүм – ийэм саах күрдьэр күрдьэҕин туппутунан хотон таһыгар турара. Ити курдук ийэм барахсан икки төгүл алдьархай тахсарыттан быыһаан турардаах.
Ийэбит убайбытыгар, Тарабукин Илларион Николаевичка (аҕам бииргэ төрөөбүт убайын уолугар) олус истиҥник сыһыаннаһара. Убайым ийэтэ эрдэ өлөн, аҕата «Тахсыбыт Сардаҥа» колхоз председателэ, сэриигэ барбытыгар эдьиийдэригэр (аҕатын бииргэ төрөөбүт балтыларыгар) иитиллэ хаалбыт этэ. Ийэм аах ыал буолбуттарын кэннэ аҕам убайбытын иитэ ылбыт этэ. Ийэм убайбытын бэйэтин оҕотун курдук таптыыра. Убайбыт туһунан ийэм маннык кэпсиирэ: «Убайгыт биһиэхэ иитиллэ кэлэригэр аҕата ууска оҥотторбут икки хамыйахтарын (биирэ сиидэ хамыйах) туппутунан кэлбитэ. Аҕам киэнэ», – диэбитэ уонна саҥата суох миэхэ туттаран кэбиспитэ. Мин кууһан ылбыппар харахтарыттан уу-хаар баспыта. Оччотооҕу, сэрии кэминээҕи оҕолор, улахан киһилии саҥата суох ытыыллара. Аҕатын олус кэтэһэрэ, куруук айан суолун кэтэһэн-манаһан тахсара. Убайгыт оҕо сааһа эрэйдээхтик ааспыта».
Ийэбит убайбыт кэлэрин куруук түһээн билэрэ. «Сотору кэлэрэ буолуо, түһээн көрдүм, миэхэ саахымат ойуулаах ырбаахы таҥаһын аҕалбыт», – диирэ. Оруобуна кини түһээбитин курдук буолара. Ийэбит сарсыарда аайы убайбытыгар чөчөгөйү чааскыга кутан биэрэрэ, күөрчэх оҥороро, киэһэ аайы суорат сиэтэрэ. Убайбыт ийэбитигэр олус истиҥник сыһыаннаһа улааппыта. Биирдэ биригэдьиири дуу, сэбиэти кытта дуу улаханнык кыыһырсыбытын өйдүүбүн. Оччолорго убайбыт саҥа оскуоланы бүтэрэн үлэлии кэлбит быһыылааҕа. Убайбыт ыанньыксыттар үлэлэрэ олус ыараханын, ханнык да чэпчэтии көрүллүбэтин, мантан сылтаан доруобуйаларыгар улаханнык оҕустаралларын, саҥаһа Өкүлүүн ыалдьар буолан эрэрин, оҕолорун көрөр бириэмэлэрэ суоҕун, саатар ыйга биирдэ сынньаныахтаахтарын туһунан туруорсара. Бу барыта кыаллар суол буоларын, салайааччылартан тутулуктааҕын этэрэ. Ити кыыһырсыы түмүгэр убайбыт атын сиргэ, хотунан, куоратынан үлэлии барбытыгар ийэбит олус аймаммыта. Куруук кэлээччинэн-барааччынан сураһан тахсара. Убайбыт үлэһит буолан Хайахсыт оскуолатыгар учууталлыы кэлбитигэр олус үөрбүтэ. Мин бэһис, алтыс, сэттис кылаастарга убайбын кытта олорон Хайахсыт оскуолатыгар үөрэммитим, убайбар иитиллибитим. Убайым ол кэмҥэ миигин дуобат оонньуутугар үөрэппитэ. Кэлин мин дуобакка оройуон, республика чемпиона буоларбар убайым улахан оруоллаах. Өссө икки төгүл Россия финальнай күрэхтэһиилэригэр тиийэ кыттыбытым. Бу барыта убайым өҥөтө буолар. Уонна биһигини иитиспитигэр убайбар улаханнык махтанабын.

Убайым эппитин курдук, оччотооҕу ыанньыксыттар үлэлэрэ олус ыарахана: күҥҥэ түөртэ ыыллара, ньирэйдэрин бэйэлэрэ көрөллөрө. Биһиги отой кырабытыттан ийэбитин кытта хотоҥҥо үлэлэһэрбит. Мин оскуолаҕа киириэм инниттэн ынах ыыр, быа хатар, сэлбийэр буолбутум. Ньирэйдэрбитин суосканан ийэбит бэлэмнээбит эбии аһылыгынан аһатарбыт, хаарчахха үүрэрбит, хаарчахтан аҕаларбыт, хотоҥҥо киллэрэн баайталыырбыт. Ыанньыксыттар тустаах үлэлэрин таһынан дьиэлэрин-уоттарын, оҕолорун көрөр буолан, дьоммут күнү-быһа үлэлээн хачыгыраан тахсаллара. Ол курдук бурдук тардыыта, лэппиэскэ оҥоруута, оҕолорун көрүү, окко сылдьар кэргэттэригэр өйүө бэлэмнээһинэ, таҥас-сап тигиитэ – бу барыта дьахтар, ол эбэтэр ыанньыксыт-ийэ үлэтинэн буолара. Кэлин ыанньыксыт үлэтэ чэпчээбитэ. Сайын күҥҥэ үстэ ыыллара, ньирэйдэрин ньирэй көрөөччүгэ биэрэллэрэ. Ол оннугар оттууллара, сиилэс угаллара. Мин ийэм оннугар от мунньуһарым, оҕус сиэтэрим. Онтон ийэм олус үөрэрэ. Хас биирдии доярка сиилэс угар дьаамалаах этэ. Ол дьаамалар билигин да Нэлэгэргэ баар буолуохтаахтар.
Ийэбит барахсан биир да мүнүүтэҕэ таах олорбокко, куруук үлэ үөһүгэр түбүгүрэ сылдьар буолара. Аҕыйах саҥалааҕа, киэҥ-холку майгылааҕа. Ханнык баҕарар киһини кытта тапсар уратылааҕа. Аһыныгас сүрэхтээҕэ. Оннооҕор хаайыыга киирбит Неверов Захар (Неверов Володя, детдомҥа иитиллибит уол аҕата) ийэбэр үтүлүктэ, кээнчэтэ тигэн ыыт диэн көрдөһөн сурук суруйан турардаах. Мин ийэбиттэн көҥүллэтэн кинилиин суруйсубутум, «п/я…» диэн аадырыска ыыттарар этэ. Сүрдээх каллиграфическай буочарынан суруйар, үрдүк үөрэхтээх, учуутал идэлээх, арыгыттан сылтаан олоҕо алдьаммыт, хаста да хаайыыга түбэспит киһи оннооҕор «ийэҥ, аҕаҥ курдук көмүс сүрэхтээх киһи буола улаат» диэн суруйан турардаах. Суругун бүтэһигэр куруук «эйигин кытта дуобаттаары дуобатынан дьарыктанабын» диэн суруйара. Ийэм Неверов Захар көрдөһүүтүн толорон кээнчэ, үтүлүк тигэн ыыппыта.
Ийэбит барахсан оскуолаҕа үөрэммит буолан биһиги ааҕарбытыгар, суруйарбытыгар улаханнык көмөлөспүтэ. Аҕабытын оннооҕор ааҕарга, суруйарга үөрэтэн хамнас ылбытын олус үчүгэйдик өйдүүбүн. Куруук сүбэлии-амалыы сылдьара, үтүө дьон буоларбытыгар ураты кыһамньытын уурбута. Сүрдээх ыраас туттунуулааҕа, минньигэс астааҕа, хаһаасчыт бэрдэ буолара. Биһиги ыал биир эрэ ыанар ынахтаах этибит. Ынахпыт Кубачык диэн ааттааҕа. Кини үүтүттэн ийэбит сарсыарда аайы күөрчэх оҥороро, киэһэ аайы суорат сиэтэрэ, сүөгэйдиирэ, арыы оҥороро. Арыы уутуттан үөрэ оттоох бутугас буһарара. Биир ынах үүтүттэн хайдах эрэ ордорон, кыһын сиир арыыбытын тааска таптайара. Сороҕор сымыыт арыы оҥороро, онтукатын ыалга кэһии гынан илдьэрэ. Сайын аайы сир аһын хомуйтаран хаһаанара, дьэдьэни арыыны уулларан, кыһын сииргэ хаһаанан, булууска угара. Ийэбит колхоз тутаах үлэһитэ буолан сүүрбэттэн тахса сыл хотон ыарахан үлэтигэр сынньалаҥ диэни билбэккэ үлэлээбитэ.
Ийэбит мин онус кылааска үөрэнэ сырыттахпына, баара-суоҕа 48-с сааһыгар, 1968 сыллаахха саас олохтон туораабыта. Нэһилиэк дьоно барыта тиһэх суолугар атаарбыта. Ийэбит суох буолбутун бастакы сылыгар олус эрэйдэммиппит. Эдьиийим Тамара ол сыл үрдүк үөрэххэ үөрэнэ киирбитэ. Инньэ гынан балтыларбын, аҕабын көрүү, таҥас-сап тигиитэ, абырахтааһына, ас астааһына барыта мин үлэбинэн буолбута. Балтыларым ийэлэрин суохтаабаттарын туһугар кыһалларым. Аҕабыт куруук сүбэлии-амалыы сылдьар, туохха барытыгар көмөлөһөр, миигин кытта сүбэлэһэр буолбута. Ол үрдүнэн ийэбитин олус суохтуурбут, ахтарбыт.
Ол сыл күһүн оскуоланы бүтэрбитим уонна Нэлэгэр ферматыгар дояркалаабытым. Эдьиийбит Өкүлүүнү кытта (аҕам бииргэ төрөөбүт балтын кытта) Даркылаахха олорбуппут. Ол иһин Даркылаахтан Нэлэгэр фермата чугас буолан, дьиэбиттэн сылдьан үлэлээбитим. Биирдэ Нэлэгэргэ барарбар кыра балтыбын Марианканы сүкпэтэҕим иһин (ол иннинэ сороҕор сүгэн барарым) суолу быһа “маама, кэл” дии-дии ытаан тахсыбыта. Ааттыы сатаан кэбиспитим да истибэтэҕэ, онтон мин ытаан киирэн барбыппар биирдэ тохтообута. Нөҥүө күнүгэр бөһүөлэккэ киирэн ийэбит уҥуоҕун көрдөрбүтүм. Ийэбит уҥуоҕар иккиэн саҥата суох куустуһан турбуппут. Онтон ыла “маама, кэл” дии-дии ытаабат буолбута. Үрдүкү кылааска үөрэнэ сылдьан биирдэ: “Ийэбит суоҕа куһаҕан даҕаны” диэн эппитэ. Манан балтым Марианна ийэтин суохтуурун, тулаайахсыйарын, ахтарын, ийэлээх оҕолорго ымсыырарын таайтаран эппитин сэрэйбитим да саҥата суох истэн эрэ кэбиспитим.
Үлэлээбит хамнаспын барытын аҕабар биэрэр этим. Мин дояркалыыр буоламмын хамнаһым аҕам хамнаһынааҕар икки төгүл бүк үрдүк этэ. Аҕам олус үөрэрэ, астынара. Дэлэҕэ этиэ дуо: «Эдьиийгин үөрэттэрдиҥ. Аны бу дьиэ барыта эн харчыгынан тутулунна», – диэн. Саҥа дьиэни Дириҥҥэ ийэм суох буолбутум кэннэ, мин Бүлүүгэ педучилищеҕа үөрэнэ сырыттахпына туттубута. Мин үс сылы быһа дояркалаабытым. Эдьиийим үрдүк үөрэҕи бүтэрэн ыал буолан кэлэригэр дьиэбит оһоҕо эрэ тутуллара хаалбыта.
Ийэм сүрэҕин сылааһын иҥэрбит оҕолоро билигин мааны ыал ийэлэрэ, эбэлэрэ буолан олороллор. Мин иһэрбин көрдө да утары сүүрэн кэлэн, кууһа түһэр саамай кыра балтым Марианна Болтоҥоҕо кийиит буолан олорор. Улахан кыыһа Таня үрдүкү үөрэххэ мединститукка үөрэнэр. Кыра кыыһа Мотя ырыаҕа улуус хас да төгүллээх лауреата, оскуолаҕа үөрэнэр. Уола Коля эмиэ оскуола үөрэнээччитэ.
Ийэтэ өлбүтүн кэннэ кистээн ытыы-ытыы таҥас сууйар ортоку балтым Маша билигин эмиэ дьоһун ыал буолан Дириҥҥэ олохсуйан олорор. Кыыһа Таня үрдүк үөрэхтээх география учуутала, кэргэннээх, биир кыыс оҕолоох. Уола Саша үрдүк үөрэхтээх экономист-бухгалтер. Балтым Маша, ийэтин курдук, мин Бүлүүттэн күүлэйдии кэллэхпинэ: «Дойдуҥ аһын ахтыбытыҥ буолуо», – дии-дии хатаҕалаан аһаппытынан барар. Эмиэ ийэтин курдук сир аһыттан хайаан да бэрсэн ыытар. Куруутун кэлэрбэр-барарбар массыына булааччы-талааччы күтүөтүм Ваня буолар.
Мин Бүлүү педучилищетыгар үөрэнэ барарбар улахан балтым Таня балтыларын, аҕатын көрө-харайа хаалбыта. «Эн биһиэхэ ону-маны, таҥас-сап ыла сатаама, бэйэҥ таҥын, сурук аайы кэмпиэр иһигэр үстүү солкуобайы уган ыытыахпыт», – диэн суруйар балтым Таня билигин ытык-мааны ыал ийэтэ, эбэтэ буолан Амма улууһугар Соморсун нэһилиэгэр олорор. Түөрт оҕотуттан үс оҕото үлэһиттэр, ыаллар, онтон кыра кыыһа үөрэх киһитэ.
Сессията бүтэн каникулга кэлэрин түүннэри-күннэри кэтэһэр киһим, кэллэҕинэ ийэтин курдук кууһан ылан сүүспүттэн сып-сымнаҕастык сыллаан ылар эдьиийим Тамара билигин ытык ыал ийэтэ, эбэтэ. Улахан уола Сеня медицинскэй наука кандидата, кыыһа Саргы аспирантураҕа үөрэнэр. Кыра уола Коля үрдүк үөрэхтээх, тыа хаһаайыстыбатын специалиһа.
Ийэм: «Аҕатын курдук кыыс дьоллоох буолар», – диэн алҕаабытын курдук сытыары-сымнаҕас майгылаах Николаев Николай Семёновичка кэргэн тахсан, түөрт оҕону төрөтөн Бүлүүгэ олохсуйан олоробун. Ийэм учууталлары олус ытыктыырын быһыытынан оҕолорум төрдүөн учууталлар. Ийэм аатынан ааттаммыт кыыс – Акулина Николаевна үрдүк үөрэхтээх саха тылын учуутала, ону таһынан психолог идэлээх, кыра кыыһым Октя математика учуутала, улахан уолум Саша – физик, информатик, онтон кыра уолум Коля – үрдүк үөрэхтээх начальнай кылаас учуутала.
Орто туруу дойдуга ийэбит олорон ааспыт чиэһинэй олоҕо биһиэхэ мэлдьи холобур буолан, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһиэҕэ. Ийэбит сырдык аата тыыннаахпыт тухары биһиги өйбүтүгэр-санаабытыгар баар буолуоҕа.

Иккис кыыһа
Тамара Семёновна НИКОЛАЕВА (кыра Тамара),
РФ үөрэҕириитин туйгуна.
2007 с.
* * *
ИЙЭБИТ БИҺИГИНИ ХАЙДАХ ИИППИТЭЙ
Биһигини үлэҕэ үөрэппитэ
Ийэбит барахсан ыраас дууһалаах, аһыныгас санаалаах, кыраттан да үөрэр, үөрүнньэҥ, мындыр өйдөөх, сайаҕас майгылаах этэ. Сүрдээх үлэһит, үлэни өрө тута сылдьара, оччотооҕу дьон бары да оннук буолуохтара. Ийэбит күнү быһа, олорон көрбөккө үлэлээн тахсара. Биһигини отой кырабытыттан, батыһыннара сылдьан кыайар үлэбитигэр көмөлөһүннэрэрэ, үлэлэтэрэ. Туох да үлэ буоллун, бүттүн-хааллын диэн оҥорбот этэ. Биһигиттэн үлэбитин хаачыстыбалаахтык, барытын толорорбутун ирдиирэ. Кини бэйэтинэн биһиэхэ холобур буолара. Хайдах үлэлиирин, үлэҕэ сыһыаннаһарын көрөн үөрэммиппит.
Биһиги, оҕолор, кыһыннары-сайыннары сүөһү үлэтигэр миккиллэрбит. Ол курдук ынах ыаһарбыт, ньирэйдэри аһатарбыт, эмтэрэрбит, хаарчахха үүрэн илдьэрбит. Ынахтар ыамҥа кэлиэхтэрин иннинэ ньирэйдэрбитин хаарчахтан хомуйан аҕалан миэстэлэригэр баайталыырбыт. Ыам кэмигэр хас биирдии ынаҕы этэттэрэр этибит. Ыан бүттэхпитинэ эбии аһылык оҥорорго көмөлөһөрбүт.
Ити курдук ийэбитигэр көмөлөһөн кини үлэтин чэпчэтэ сатыырбыт, үлэ ымпыгар-чымпыгар үөрэнэрбит. Ийэбитин кытта тэҥҥэ үлэлэһэ сылдьан “маладьыастар” диэн хайгыыр тылын иһиттэхпитинэ олус үөрэрбит.
Кырабытыгар Нэлэгэр диэн фермаҕа олоро сылдьыбыппыт. Оччолорго мин начальнай кылааска үөрэнэрим, арааһа 7-8 саастаах буолуом. Ити кэмҥэ ийэм миигин бурдугунан миин лапсата оҥорорго үөрэппитэ. Ону үчүгэйдик өйдөөн хаалбыппын. Бурдугу остуол ортотугар чөмөхтүү кутара (1-2 ыстакаан буолара дуу), ортотугар дьөлөҕөс оҥорон баран кыра-кыратык туустаах уу кута-кута хорчоххой тиэстэни мэһийэрэ. Тиэстэни чараас гына хаптатара. Туруупка курдук гына эрийэрэ. Эрийиэн иннинэ бэйэ-бэйэлэригэр сыстыбатын диэн бурдугу таммалатан тарҕата соторо. Эрийэн баран синньигэс гына бысталыыра. Ийэбит лапса оҥорорун эдьиийим биһикки умсугуйан көрөр этибит. Эдьиийим Тамара лапсаны куруһуба курдук сип-синньигэс гына бысталыырыгар олус ымсыырарым. Ону бэлиэтии көрөн ийэм биирдэ бэйэбэр лапса оҥотторбута. Бурдук уутун бэлэмнээн биэрбитэ уонна таһырдьа үлэлии тахсыбыта. Мин лапса оҥорон букунайбытым. Төһө кыалларынан чараастык хаптатан баран, эрийэн бысталаабытым. Санаабар наһаа үчүгэйдик быспыт курдугум. Биирдэ өйдөөбүтүм – остуолум анна бурдук, таҥаһым бурдук, сирэйим онон-манан эмиэ бурдук буолбут этэ. Ийэм таһырдьаттан киирбитигэр дьукаахпыт ыал ийэтэ: «Кыыһыҥ лапса оҥорон дьаабылаата. Бурдук бөҕөнү муостаҕа тохто», – диэн сөбүлээбэтэх куолаһынан үҥсэ тоһуйбута. Мин ийэм мөҥөрө буолуо диэн олус куттаммытым. Ийэм мин куһаҕан сирэйдээх- харахтаах турарбын көрөн баран, мөхпөтөҕө. «Үчүгэйдик быспыккын. Лапсаны остуол ортотугар оҥорор буолаар, оччоҕо бурдук тохтуо суоҕа», – диэн сүбэлээбитэ. Ийэм хайҕаабытыттан уонна мөхпөтөҕүттэн эрэл ылан лапса оҥорорго түргэнник үөрэммитим.
Ийэбит биһигини курдук хайгыы сылдьааччыта суох, хаһан эмэ дэҥ кэриэтэ хайҕааччы. Хайҕал тылын иһиттэхпитинэ олус үөрэрбит, наҕараадаҕа тиксибит курдук сананарбыт. Кыра сылдьан таҥас сууйан баран кыайан ыкпаккабыт уутун саккыраппытынан күрүөҕэ ыйаан кэбиһэр этибит. Ийэбит хайдах сууйбуппутун кэлэн көрөрө. Кирдээхтик сууйбут буоллахпытына ийэбит көмөтүнэн иккистээн сууйарбыт. Ийэбит сууйбут таҥастарбытын ыга-ыга төттөрү ыйаталыыра. Каникулга кэллэхпитинэ бэрэски оҥорооччу. Онно оскуолаҕа үөрэммэт балтыларым Машалаах Марианна бэрэски оҥорсоннор, таҥастара-саптара бурдук буолан тураллара бу баарга дылылар. Киэһэ аһыы олорон: “Оҕолорум оҥорбут бэрэскилэрэ минньигэс да эбит”, – диэн хайҕаатаҕына Машалаах Марианна үөрэн харахтара чаҕылыһа түһэллэрин субу баар курдук өйдүүбүн.
Ийэбит биһигини батыһыннара сылдьан үлэҕэ үөрэппитэ. Ханнык баҕарар үлэттэн толлон турбат буолбуппутугар, үлэҕэ эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһарбытыгар, хаачыстыбалаахтык үлэлиирбитигэр олук уурбут эбит. Ону биһиги бииргэ төрөөбүттэр улаатан, үлэһит буолан баран үчүгэйдик өйдөөбүппүт. Ийэбит барахсан үлэҕэ үөрэппитэ биһиги олохпутун оҥосторбутугар олус көмөлөөх буолбута.
ИЙЭБИТ БИҺИГИНИ ИТЭҔЭЙЭРЭ
Лаампа тааһын ыраастааһын
Биһиги кыра эрдэхпитинэ дойдубутугар, Мэлдьэхсигэ, электричество уота диэн суох этэ. Киэһэ халлаан хараҥардаҕына ыаллар бары кыраһыын лаампанан эбэтэр чүмэчи уотунан сырдатынан олороллоро. Лаампа уотун сырдыга чүмэчитээҕэр ордук сырдык буолара. Лаампа тааһа олус күндү буолара, атыыга да наһаа элбэхтик кэлбэт этэ. Ол иһин лаампа тааһын олус харыстыыллара. Уһуннук умайдаҕына лаампа тааһа тордоҕуран, харааран хаалара, сырдатара мөлтүүрэ. Ол иһин лаампа тааһын сотору-сотору ыраастыыллара. Улахан дьон бэйэлэрэ ыраастыыллара, алдьатан кэбиһиэхтэрэ диэн оҕолорго итэҕэйбэт этилэр. Оттон биһиги ийэбит итэҕэйэн, эдьиийбэр Тамараҕа эбэтэр миэхэ ыраастатара. Биһиги улахан мас орон ортотугар олорон, кыһанан-мүһэнэн ыраастаан баран ийэбитин ыҥырарбыт уонна лаампабытын биэрэрбит. Ону ийэбит ылан бэйэтэ лаампаҕа олордооччу.
Оччолорго эдьиийим Тамара 2-с кылааска, мин нулевой кылааска үөрэнэр этибит.
«Хайах үрүйэттэн» уу баһыыта
Биһиги олорор сирбититтэн тэйиччи соҕус ойуур иһигэр «Хайах үрүйэтэ» диэн ааттаах, муус уутун курдук ыраас дириҥ тымныы уулаах дүөдэ баара. Нэлэгэр диэн сиргэ сайылаан олордохпутуна сыарҕалаах оҕуһунан иһэр уубутун ол дүөдэттэн баһарбыт. Начаалынай кылааска үөрэнэ сылдьан, уу баһааччы биһиги буоларбыт. Улахан дьон бары окко, атын үлэҕэ сылдьаллара. Бастаан утаа ууну эдьиийбин Тамараны кытта баһарым. Кэлин эдьиийим Тамара окко барбытын кэннэ улахан балтыбын Таняны кытта уу баһарым. Бастаан уу баһарбыт саҕана аҕабыт ойуур иһинэн сыарҕалаах оҕус ааһарын курдук суол солообута. Дүөдэҕэ уу баһарга анаан кэтит далаһа туппута, сыарҕалаах оҕус эргийэрин курдук солооһун оҥорбута. Аҕабыт хайдах ууну баһарга, сыарҕаны эргитэргэ үөрэтэн, сүбэлээн биэрбитэ. Улахан буолан бастаан эдьиийим далаһаҕа туран уу баһара уонна баспыт уутун далаһа төрдүгэр аҕалан биэрэрэ. Онтон салгыы мин биэдэрэлээх уубун тимир буочукаҕа кутарым. Эдьиийим барбытын кэннэ аны мин баһар буолбутум. Дүөдэ дириҥ уута чөҥөрүйэн киһи эрэ куттаныах курдук буолара. Алҕас далаһаттан сыыһа туттан түстэххэ киһи ууга былдьаныах курдуга. Ол иһин сэрэнэн сылдьарбыт. Наһаа күлүмэннээх буолан оҕуспутун харыстаан көхсүтүттэн күлүмэннэри өлөрө сатыырбыт. Дьиэбитигэр чугаһыырбыт саҕана ийэбит таһырдьа кэтэһэн турарын көрө охсооччубут. Ийэбит күрүө аанын аһа охсон биэрэрэ.
Оҕолор бэйэбит уу баһан кэлэрбит иһин улахан дьон биһигини “улахан оҕолор курдуккут” дииллэрэ.
Кыра оҕолоох сир аһын хомуйуу
Сайын аайы биһиги сайылыкпыт сиэрдийэлэригэр (дьэдьэн үүнэр сирдэрин сиэрдийэлэр диэн ааттааччылар) дьэдьэн бөҕө үүнээччи. Дьэдьэҥҥэ сайылык оҕолоро хороччу улааппыт балтыларын, бырааттарын илдьэ барааччылар. Онтон Таня биһикки 2 саастаах балтыбытын Машаны (Марианна төрүү илигэ) арыт көтөҕөн, арыт сүгэн илдьэ барааччыбыт. Таня оччолого 5-6 саастаах, онтон мин 9-10 саастаах этибит. Ийэбит кыра оҕону илдьэ бараҕыт диэн биһигини мөхпөт этэ. Балтыбытын былаакка олордон баран дьэдьэннээччибит. Киниэхэ дьэдьэни ытыспытыгар хомуйан аҕалан биэрээччибит. Оҕобут мээнэ баран хаалыа диэн куруук кэтии-маныы сылдьааччыбыт. Элбэх дьэдьэннээх сири буллахпытына хайаан да иһиппитин толорон баран биирдэ дьиэбитигэр киирээччибит. Оччоҕо ийэбит олус үөрэрэ. Биирдэ балтыбытын Машаны илдьэ отоннуу бара сылдьыбыппыт. Балтыбыт тыа устун мэнээк барарын иһин кыайан отоннообокко төннөн киирбиппитигэр ийэбит: «Отоҥҥо кыра оҕону илдьимэҥ диэн тоҕо эппиппин өйдөөтүгүт дуо?» – диэн ыйыппыта. Кыра оҕону тыаҕа илдьэ сылдьар олус кутталлааҕын эппитинэн-хааммытынан билбит буолан, кэлин илдьэ барбат буолбуппут. Ол оннугар дьэдьэҥҥэ үөрэ-көтө илдьэр этибит.
Аны санаатахха ийэбит олус итэҕэйэр буолан кыра оҕону илдьэ барарбытын көҥүллүүр эбит. Кыра эрдэхпититтэн үлэҕэ эппиэттээхтик сыһыаннаһарбытыгар үөрэппит буолан итэҕэйэрэ. Бэйэ-бэйэбитин көрсөр-харайсар буолууга үөрэппит ньымаларыттан биирдэстэрэ эбит. Оҕону итэҕэйии – бу үрдүккэ көтүтүү буолар. Олорор олохпутугар бэлэмнээбит биир ньымата буолар эбит диэн кэлин толкуйдуубут.
Дьону кытта сыһыаҥҥа иитии
Сайынын биһиги дойдубутугар дьэдьэн бөҕө үүнээччи. Куруук дьэдьэнниир буоламмыт үүнэр сирдэрин үчүгэйдик билэрбит. Баран иһэн иһиппитин толорорбутун-толорбоппутун билгэлиир этибит. Дьэдьэнниир иһиппит нэлэгэр миискэ буолааччы. Миискэбитин үөһэ быраҕааччыбыт. Миискэбит олоро түстэҕинэ иһиппитин толорууһубут, иһиппит ойоҕунан түстэҕинэ ортотунан булууһукпут, иһиппит умса түстэҕинэ тугу да булбат эбиппит дии санааччыбыт. Онтукабат хайдах эрэ сөп соҕустук түбэһээччи. Ити биһиги төһөнү буларбытын билгэлиир ньымабыт буолара. Дьэдьэн барахсан минньигэһинэн, ураты үчүгэй сыттааҕынан ама хайа дьэдьэнньит сүрэҕин хамсаппат буолуой. Ол иһин сайылык оҕолоро бары күнүскү ыам кэнниттэн дьэдьэннии барар этибит.
Ийэбит сороҕор самаан сайын быйаҥыттан – дьэдьэнтэн тугу да амсайбакка олорор кырдьаҕас эмээхситтэргэ биһигинэн дьэдьэн өлүүлээн ыытара. Олор дьэдьэн биэрдэхпитинэ олус үөрэллэрэ, махтанан бөҕө буолаллара. «Дьэдьэн амсайар буоллубут, баччыы-бачча буолаарыҥ», – дииллэрэ уонна илиилэрин үөһэ ууналлара. Сорохтор кэмпиэт биэрэллэрэ. Оччоҕо биһиги үөрүү кынаттанан дьиэбитигэр төннөрбүт.
Биир сайын Хоҥкуйа диэн сайылыкка олордохпутуна, Дьокуускайтан Поповтар диэн ыаллар ийэлэрэ Мэлдьэхсигэ дьэдьэннии кэлбит этэ. Ийэбит кинини чэйдэппитэ. Ийэбит сэрии кэмигэр Дьокуускай куоракка үлэлээбит буолан, наар билэр дьоннорун ыйыталаһан тахсыбыта. Чэйдэтэн баран ийэбит биһигини дьэдьэннэтиҥ диэн соруйбута. Хоҥкуйа сайылыкка ханнык да дьылга хайаан да дьэдьэн үүнэр сиэрдийэлэрдээҕин сайылык оҕолоро эрэ билэллэрэ. Сороҕор бөһүөлэктэн дьэдьэннии кэллэхтэринэ кураанах сиэрдийэлэри кэритэн тахсааччыбыт, оччоҕо дьэдьэн үүммэтэх диэн кэлээччилэрэ суох. Биһиги ыалдьыппытын батыһыннара сылдьан дьэдьэннэппиппит. Кини бөтүөнчүгүн кыра ортотунан эрэ булбута. Дьэдьэннээн кэлбиппитин кэннэ ийэбит: «Бачча ыраах сиртэн кэлэн баран хайдах дьэдьэнэ суох барыаххыный», – диэбитэ уонна биһиги биир күннээҕи дьэдьэммитин, эбии күнүскү ыам иннинээҕи хомуйбут дьэдьэммитин кини бөтүөнэ туолуор диэри кутан биэрбитэ. Онно сүрдээҕин махтаммыта. «Оҕолоруҥ дьоллоох дьон буоллуннар», – диэбитэ. Кэлин биһиэхэ ийэбит: «Хаһан баҕарар ыраах сиртэн кэлбит ыалдьыты илии тутуурдаах, өттүк харалаах ыытар буолуҥ», – диэн үөрэтэрдии эппитин үчүгэйдик өйдөөн хаалбытым. Кырдьык даҕаны, ыраах сиртэн төрөөбүт дойдутун ахтан аҕай кэлбит киһи төннөрүгэр илии тутуурдаах барара төһөлөөх үөрүүлээх буолуой.
Сайын хас сарсыарда аайы дьэдьэннээх күөрчэх сиэччибит. Кыһын сиир дьэдьэммитин ийэбит маннык хаһаанар этэ. Бастаан ынах арыытын уулларара, онтон кыракый бурдук кутан оргутара. Ол кэнниттэн чыыстай арыытын тааска кутара. Арыы сойбутун кэннэ дьэдьэммитин кутара. Арыыбыт сойон бөһүйүөр диэри, дьэдьэммит биир тэҥник тарҕаннын диэн, сэрэнэн-сэрэнэн булкуйара. Арыы бөһүйбүтүн кэннэ булууска угара. Ону кыһын таһааран сиирбит. Дьэдьэннээх арыыны ириэрдэхтэринэ дьиэ иһэ дьэдьэн сытынан дыргыйа түһэрэ. Сороҕор биһиги, оҕолор, дьэдьэни эрэ оҥон ылан сиэн мөҕүллэрбит. Дьэдьэннээх арыыбытыттан дьукаахтарбытыттан ураты атын ыалларга эмиэ бэрсэрэ. Ону биһигинэн оҕолорунан ыытара. Ыаллар биһиэхэ махтанан бөҕө буолалларыттан сүрдээҕин үөрэр этибит.
Ийэбит ыалларга тугу эмэ бэрсэр буоллаҕына хайаан да үчүгэйин, бөдөҥүн, улаханын-эмиһин талан ыытааччы. Дьон биһиэхэ «баччыы-бачча улахан дьон буолуҥ. Туһа дьон буолуҥ, биһигини куруук үөрдэ-көтүтэ сылдьыҥ. Дьоллоох буолуҥ» диэн этэллэрэ ураты күндүтүк-кэрэтик иһиллэрэ, сүргэбит сүрдээҕин көтөҕүллэрэ. Ийэбит биһиэхэ дьон хайдах курдук үөрэллэрин кыра эрдэхпититтэн көрдөрбүтэ, биллэрбитэ. Ол иһин буолуо, балтыларым куруук дьоҥҥо көмөлөһөллөрүттэн олус үөрэллэрэ. Биһиги кыра зрдэхпититтэн дьон кыһалҕатын, үлэтин-хамнаһын билэн-көрөн улааппыппыт.
Сайын ийэбитигэр ынах ыаһан баран, бүтэһик хаалбыт ыанньыксыттарга ынахтарын ыан бүтүөхтэригэр диэри үс-түөрт ынаҕы ыан биэрэр этибит. Ыанньыксыттар үөрбүт, махтаммыт сирэйдэрин көрдөхпүтүнэ өссө көмөлөһүөх курдук турукка киирээччибит. Ийэбит ити курдук дьон махталын, алгыһын ыллаттарар этэ. Ийэбит өлбүтүн кэннэ ол дьон биһиэхэ улаханнык көмөлөспүттэрэ, тирэх буолбуттара. Олус үчүгэйдик, аламаҕайдык сыһыаннаһаллара. Куруук көмөлөһө, сүбэлии-амалыы сылдьаллара. Бу ийэ оҕоҕо ураты таптала, инники олоҕун түстээһинэ буолар. Дьон анаабыт алгыстара санаабар куруук биһигини араҥаччылыы сылдьар курдуктар.
ИЙЭБИТ БИҺИГИНИ КЫТТА ДЬЭДЬЭННЭҺЭРЭ
Кыыһа Татьяна Семёновна:
– Биһиги ийэбит көнө уһун уҥуохтаах, маҥан дьүһүннээх, холку майгылаах этэ. Уһун хойуу баттаҕын тараанан баран, эрийэн аҕалан иннигэр тарааҕынан туттаран кэбиһэрэ. Иистэнньэҥ этэ, үөрэнэ сылдьан каникулга бардахпытына хайаатар да ийэбит тикпит саҥа ырбаахытын кэтэн кэлэрбит. Үөрэрбит аҕай. Биһиги кыра эрдэхпититтэн сүөһүгэ сыстаҕас этибит, ньирэй көрөрбүт. Сайын Даркылаах диэн сиргэ ньирэйдэрбитин илдьэ көһөрбүт. Сайылыкпытыгар сибэкки бөҕө үүнэрэ – күөх, маҥан сибэккилэринэн долгуннура олорор буолааччы. Көрөргө астык да этэ.

Биһиги ийэбитин кытта сир астыырбыт. Сарсыарда аһыы олорон аҕабыт дьэдьэннээх сир ханна баарын ыйан биэрээччи. Эппит сиригэр тиийдэхпитинэ дьэдьэн бөҕө үүнэн турар буолара. Аҕалбыт иһиттэрбитин толорон киэһэ төннөөччүбүт. Аҕабыт отуттан кэллэҕинэ ийэбит киниэхэ биир ыстакаан дьэдьэни кутан биэрээччи. Билигин оннук өлгөмнүк үүммүт дьэдьэни көрө иликпит.
Биирдэ ийэбитинээн оҕолор дьэдьэннии бардыбыт. Наһаа үчүгэй күн үүммүт, биир да былыт суох, тыа быыһыгар чыычаах саҥата бөҕө. Хомуйуохтаах сирбитигэр тиийдибит. Сирбит таһыгар кыра уулаах көлүччэ баара. Дьэ былдьасыһа-былдьасыһа, дьээбэлэһэ-дьээбэлэһэ үргүү сырыттахпытына арай эмискэ чугас уу таһыгар улахан баҕайы тыас лаһыгырыы түстэ. Биһиги хаһыытаабытынан ийэбит диэки сүүрдүбүт. Ийэбит күлэр: ити кус оҕолоро көттүлэр, диир. Баран көрбүппүт кус оҕолоро үрүт-үөһэ сытар эбиттэр, онтон утуу-субуу көтө-көтө түстүлэр. Биһиги эккирэтэн көрдүбүт да сиппэтибит. Ийэбит биһигини көрө-көрө үөрэр.
Кыыһа Мария Семёновна:
– Биһиги төрөппүттэрбит колхоз сүөһүтүн көрөллөрө. Таппалаахха кыстыыллара, Даркылаахха сайылыырбыт. Ньирэй бөҕөнү көрөрбүт, биһиги оҕолор эмиэ улахан көмө этибит. Маамабытын кытта дьэдьэнниирбитин өйдүүбүн. Иһиппит нэлэгэр миискэ буолааччы, ону тобус-толору үргүүрбүт. Чибили диэн сиргэ, сайын фермалар сайылыктара этэ, ол үрдүнэн тыа иһигэр ырааһыйаҕа дьэдьэннээбиппит. Киһи ханан да хаамар сирэ суох гына үүммүт этэ. Онно маамабыт эппитэ: «Сотору убайгыт Илларион кэлиэҕэ. Аны эһиги убайгытын кытта дьэдьэнниэххит». Биһиги оҕолор дьэдьэн угун айахпытыгар уган баран быраҕар этибит. «Убайгыт көрөрүгэр итинник гынымаарыҥ, мөҕүөҕэ», – диирэ.

Мин начальнай кылааска үөрэнэрбэр маамабыт суох буолбута. Маамабын уҥуоҕунан улахан курдук өйдүүбүн, иистэнэр этэ. Кэнники улааппыппыт кэннэ эмээхситтэр этэллэрэ: «Маамаҕыт наһаа сымнаҕас этэ. Маамаҕытын эдьиийгит Таня баппыт».
* * *
ИЙЭМ, ИЙЭМ БАРАХСАН…
Кыра кыыһа Марианна Семёновна:
– Биһиги ийэбит мин Мэлдьэхси начаалынай оскуолатын маҥнайгы кылааһыгар үөрэнэ сырыттахпына, саас, орто дойдуттан букатыннаахтык барбыта. Ийэ тапталын билбэккэ улааппытым. Эдьиийдэрдээх этим да, оннук улахан ийэ тапталын биэрбэтэхтэрэ. Ийэ истиҥ тапталын туох да солбуйбат эбит. Ийэм кууһан, сымнаҕастык сыллаан, төбөбүттэн имэрийэн ыларын олус суохтуурум, минньигэс аһын наһаа ахтарым. Ийэлээх оҕолорго олус ымсыырарым. Кинилэр ийэлэрэ тикпит саҥа ырбаахыларын кэппиттэрин көрдөхпүнэ, кистээн ытыырым. Мин да ийэм баара буоллар саҥа ырбаахыны кэтиэм этэ дии саныырым. Ийэм барахсан куруук сүгэ сылдьарын, куруук бииргэ хоонньоһон утуйарбын үгүстүк саныырым. Ийэбиттэн харыс да сири халбарыйбат этим. Хотоҥҥо ынахтарын ыы таҕыста да, тэбис-тэҥҥэ тахсыһарым. Ийэбэр ону-маны гыммыта буолан, санаабар, улаханнык көмөлөһөр курдук сананарым.

Таҥаһын киртитиэ диэн уһун халааты сонум таһынан кэтэрдэрэ. Билигин ыал ийэтэ, эбэтэ буолан олорон ийэбин наһаа суохтаан ылабын. Ийэбит эрдэ өлбөтөҕө буоллар, кини сүбэлээн-амалаан олохпут атын хайысханан барбыт буолуо этэ дии саныыбын. Олоххо саамай күндү киһи ийэ буолар эбит. Төрөппүт оҕолоругар туох баар кыһамньытын, сүбэтин-аматын, тапталын оҕолоругар биэрэр эбит – ийэ барахсан.
* * *
ИЙЭ БАРАХСАН (кэпсээн)
Т.С. Николаева ийэтин туһунан кэпсээнигэр олоҕуран
Саас барахсан Саха сиригэр бэйэтин эйгэтин ылан, кыыдааннаах тымныы кыһын ааһан, сылаас аламай сырдык сыдьаайдаах алаадьы курдук төгүрүк алааска кэрэ эйгэлээх кэм кэлэн турара.
Урукку оҕолор төрөппүттэригэр хайа кыра саастарыттан, ааспыт сэрии содулуттан сүрэх бааһа буолбут күн-күбэй ийэлэриттэн олох дьиҥнээх оскуолатын ааспыттара.
Ийэ! Ийэлэр барахсаттар оҕолоргут тустарыгар тугу кэрэйбэтэххит баарай?
Оҕолор аҕалара сыарҕанан тиэйэн аҕалбыт маһын, 2-3 миэтирэлээх аргынньахтыы оҥоһуллубут анал оҥоһук маска эрбии олорбуттара. Арай ол кэмҥэ аттынааҕы ферма хотонун диэкиттэн оҕолор ийэлэрэ сүүрэн иһэн: «Оҕолорум барахсаттаар, дьиэҕитигэр киирэ охсуҥ!» – диэн тыын быһаҕаһынан тыынан, оҕолорун алаһа дьиэтигэр киллэрэн аанын олуур маһынан туора олуйбута. Бу кэмҥэ дьиэ таһыгар ала холорук тыына-тыала ыгыллан кэлбитэ. Ол курдук салгыны сатарытан, оту-маһы суугунатан, бөҕү-сыыһы өрүкүтэн оҕолор эрбээбит долгучуок мастарын, чууркаларын онно-манна үрүө-тараа ыһаттаабыта. Бу айылҕа көстүүтэ буолбатах, ис-иһиттэн иччилээх холорук быһыылаах этэ
Бу түбэлтэ кэнниттэн олохтоох оҕонньор, кини суолугар ол холорук көрсөн, онтон күрэнэн: «Сарайдаах киһи уҥуоҕар киирэн быыһанным. Онтон атын илдьэ барыа этэ», – диэн кэпсээбитэ. Хомойуох иһин, оҕонньор сотору кэминэн олохтон туораабыта. Бу түбэлтэни кэпсиир сүрүн төрүөтүнэн Ийэ барахсан көмүс оҕолорун көмүскээн, нохтолоох сүрэҕэ сэрэйэн, бу добун айаннаах холорук аартыгын туоратан, көмүс чыычаахтарын иэйиэхсит илгэ тапталынан, олох сүппэт аналын толорон толору дьоллоотоҕо!
М.Николаев «Дьаҥха хатыҥнара» диэн кинигэттэн быһа тардыы.
* * *
ЫКСА ЫАЛЛАРЫН АХТЫЫЛАРА
Уол оҕоҕо олус ымсыырара
Николай Петрович Елисеев (Мэлдьэхси):
– Кыра, оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан наар Сэмэннээххэ тахсан хонор этим. Кинилиин оттор маһы эрбэһэрим. Үлэлээн киирдэхпитинэ Өкүлүүҥ аһа остуолга куруук бэлэм буолааччы. Наар хатаҕалаан тахсааччы. “Сэмэн, маннык уол оҕолоохпут эбитэ буоллар”, – диэччи. Хонорбор атаҕым таҥаһын куурдан кэбиспит буолааччы. Ийэм эрдэ өлбүт буолан таайбыт биһигини иитэлээбитэ. Өкүлүүн таҥаспын көрөн, абырахтаан, сороҕор сууйан кэбиспит буолара. “Куруук кэлэн аһаан бар”, – диэччи уонна төбөбүттэн имэрийэн ылара. Ол аайы мин олус үөрэрим. Сэмэн куруук “күтүөт гыныам” диэн дьээбэлээччи. Ону абааһы көрөммүн сылдьыбат буолбутум. Өкүлүүн: «Хайа, тоҕо сылдьыбат буоллуҥ?» – диэн ыйыппытыгар “Сэмэн наһаа дьээбэлиир” диэн кырдьыгынан кэпсээн биэрбитим. Арааһа мөхпүт быһыылааҕа, онтон ыла Сэмэн дьээбэлээбэт буолбута. Өкүлүүн уол оҕоҕо олус ымсыырара. Посельскай Бүөтүрдээх эмдэй-сэмдэй уол оҕолоро оскуолаҕа баралларын куруук батыһа көрө турар буолааччы. Ыалтан уол оҕону ылан иитиэн олус баҕарара. «Сэмэммэр көмө, илии-атах буолуохтара», – диирэ. Посельскай Охонооһойдоохтон (Хара Бытык) Петя диэн уолларын ылан иитиэн олус баҕарбыта. Ону Сэмэн сөбүлээбэккэ иитэ ылбатахтара. Сэмэн бииргэ төрөөбүт балта Өлөксөөс игирэлэммитигэр биир уолбун ылан иитин диэбитин Сэмэн аккаастаабытыгар, Өкүлүүн олус хомуйбутун өйдүүбүн. Итинтэн ыла кэргэнин уол оҕото ылан иитиэх диэн хаайбат буолбута.
Өкүлүүн оҕолору куруук таптыы сылдьааччы. Ордук тулаайах, ийэтэ суох оҕолорго ийэлии эйэҕэс сыһыаннаах буолара. Хаһан да кыыһыра сылдьарын көрөөччүм суоҕа. Кыыһырар диэни билбэт этэ. Куруук төбөбүттэн элбэхтик имэриттэрбит буолан, билиҥҥээҥҥэ диэри илиитин сылааһа санаабар баар курдук.
Аармыйаҕа сулууспалыы сылдьан Өкүлүүн хомолтолоохтук өлбүтүн туһунан дьонум суруктарыттан билбитим. Сулууспалаан бүтэн, дойдубар кэлэн баран кини уҥуоҕар тахса сылдьыбытым. Ийэтэ суох оҕо, сээн дэппит киһитин олох умнубат эбит. Мин Өкүлүүнү олох умнубаппын. Өкүлүүн кыргыттарыгар төһө кыайарбынан үлэҕэ-хамнаска көмөлөһөр этим, онтон-мантан барытыттан харыстыы сатыыр этим. Кыргыттар туһунан ыал буолан дьоллоохтук олороллоруттан олус үөрэбин.

* * *
ӨКҮЛҮҮН ТУҺУНАН КЫЛГАСТЫК
Мария Петровна Божедонова, СР үөрэҕин туйгуна, үлэ ветерана (Дириҥ бөһүөлэгэ):
– Өкүлүүн… Мин оҕо эрдэхпинэ биһиги ыалга үрдүк уҥуохтаах, хараҥа хомуһуоллаах, чэбэр баҕайытык таҥныбыт эдэрчи дьахтар туох да тыаһа суох киирэн кэлэрэ. Ийэм эгди буола түһэн, тута сылабаарын үрдүгэр түһэрэ. Өр, кыратык саҥаран кэпсэтэ-кэпсэтэ, чэйдииллэрэ. Тоҕо эрэ биһиги, оҕолор, кини кэллэҕинэ кэпсэтэллэрин мэһэйдээбэт этибит. Ийэбитинэн аймахтарбыт Тарбыыкыттар элбэхтэрэ да, ийэбит саҥаһын ойуччу тутара, ытыктыыра.
Харахпар кини маҥан сирэйэ, хайдах эрэ мунчаарбыттыы көрбүт дириҥ, кыараҕас соҕус харахтара көстөн кэлэр. Ийэбит Өкүлүүннээххэ туох эрэ сорукка ыыттаҕына үөрүүнэн барарым. Кинилэр чугас Уйбаан Кууһумуун дьиэтигэр олороллоро. Өкүлүүн эйэҕэстик көрсөрө, кыра кэмпиэт, бирээнньик эбэтэр туох эмэ астаммыт бурдук ас биэрэрэ. Олус элбэх саҥата суох курдук өйдүүбүн. Ийэбинээн оскуолаҕа бииргэ остуорастыыллара. Киэҥ сиринэн сылдьыбыт буолан, ийэбэр элбэхтик сүбэ-ама буолар быһыылааҕа, туга эмэ табылыннаҕына “Өкүлүүн инньэ диэбитэ” диирэ.
Өкүлүүн суох буолбутугар ийэбит наһаа аһыйбыта, аймаммыта. Кыра эмиийдээх оҕотун хаалларан түүннэри Таппалаахтаабыта. Аҕабыт тугу да саҥарбатаҕа, кэри-куру буолан хаалбыта.
Кэлин да кини аата биһиги ыалга ахтыллара. Улахан кыыһа Тамара ыал буолбутугар ийэм олус үөрбүтэ. “Саҥаһым баара буоллар”, – диэн өрө тыыммыта, эрдэттэн оҥостон көмөлөһө барбыта.
Кылгастык да буоллар Өкүлүүн биһиги ыал олоҕор сулус курдук көстөн ааспыта. Кэлин үтүөнэн эрэ ахтыллара, ситтэрбэтэх ыра буолан мин өйбөр хатанан хааллаҕа.

* * *
ДЬУКААХТАҺАН ОЛОРБУППУТ
Татьяна Гаврильевна Посельская (Мэлдьэхси):
– Өкүлүүннээҕи кытта сайын аайы Хоҥкуйанан, Таппалааҕынан, Нэлэгэринэн, Чыыманан олус да үчүгэйдик дьукаахтаһан олорор этибит. Ханнык сайылыкка көһөн бараллар да, биһиги кэннилэриттэн батыһан тиийэн кэлээччибит. Атын фермаҕа ыытаары гыннахтарына атыыр аккаас буолааччы. Сайылыкка тахсааһын олус да кэрэ буолара! Эрдэттэн хомунуу, сүүрүү-көтүү, оҕолор үөрүүлэрэ-көтүүлэрэ, ынахтарбыт барахсаттар маҥыраһаллара. Тэлиэгэлэрбитигэр малбытын-салбытын тиэнии, көһүү сүпсүлгэнэ. Арыый да обургу оҕолорбутун сиэтэн, ынахтарбытын үүрэн барарбыт. Билигин санаатахха олус да үчүгэй эбит. Ынахтарбытын сайылыкка барар суол төрдүгэр киллэрэн кэбистэхпитинэ бэйэлэрэ барааччылар. Сайылыкка тиийэрбитигэр Сэмэннээх урут тиийэн түптэлээн ырааппыт буолааччылар. Ньирэйдэрбитин титииккэ киллэрэн баайан кэбиһэбит. Ынахтарбыт бастаан харсыһыах курдук буолан баран, тохтоон хаалаллара. Бэйэ-бэйэлэрин сытырҕалаһаллара. Сорохтор харсыбыта буолаллара, сорохтор түптэ таһыгар сытынан кэбиһэллэрэ. Ынахтарбыт маҥыраһыылара, оҕустарбыт айаатаһыылара, оҕолорбут атах сыгынньах күп-күөх хонуу устун сүүрэллэрэ, эр дьоммут кэпсээннэрэ-ипсээннэрэ, сайылыкка тахсыы малааһына – санаатахха олус да үчүгэй эбит! Сайылыкка тиийдэххэ дьиэҥ таһыттан саҕалаан саһархай, халлаан күөҕэ сибэккилэр үүнэллэрэ. Айылҕа муҥутуур тупсубутун, киэргэйбитин сайылыкка тахсан билэҕин.
Өкүлүүннээҕи кытта олус үчүгэйдик дьукаахтаһан олорбуппут. Кыыһырсар, этиһэр диэни букатын билбэт этибит. Өкүлүүн наһаа да киэҥ-холку этэ, хаһан да кыыһыран көрдөрбөтөҕо. Биирдэ эмэ тыҥааһыннаах балаһыанньа үөскээтэҕинэ Өкүлүүн сатабыллаахтык мүлүрүтэн кэбиһээччи. Холку саҥатын иһиттэрбит эрэ уоскуйан хаалааччыбыт. Күһүн эр дьоммут бултаан кэллэхтэринэ үс остуолу холбуу тардан аһааччыбыт. Остуол тула кэпсэтии-ипсэтии, күлүү-салыы барыта баар буолааччы. Өкүлүүн кэпсэтии быыһыгар киһини күллэрэр тыллары кыбытан барыбытын күллэрэрэ. Оччоҕо күлүү-салыы бөҕө буоларбыт. Үөрбүт-көппүт дьон начаас икки ардыгар иһиттэрбитин хомуйан кэбиһээччибит.
Биригэдьиирбит ыйга биирдэ эмэ кэлэн барара. Кэллэҕинэ да наар үүтү кытаатан ыаҥ диэччи. Ким төһө үүтү ыабытын, былаан хайдах туолан иһэрин туһунан этээччи. Оройуоҥҥа туох солун баарын кэпсиир. Окко ханнык звено, ханнык холхуос бастаан иһэрин кэпсээччи. Оройуоммут хаһыатын ааҕыҥ диэн хаалларан барааччы. Сороҕор Өкүлүүн хаһыаты ааҕан биэрээччи. Оччоҕо остуолу тула олорон истээччибит. Дьэ ол кэнниттэн ыйыталаһыы, кэпсээн-ипсээн бөҕө тардыллара.
Ыанньыксыт үлэтэ олус ыарахан этэ. Уон биэстии ынаҕы ыыбыт, уон биэс ньирэйи көрөбүт. Аны ньирэйдэрбитин эмнэрэн баран ыыбыт. Өкүлүүн оҕолоро этэттээн биэрэллэрэ уонна улахан кыыһа Тамара ыаһара. Онтон кыраТамара (оччолорго биэстээх быһыылааҕа) курууска тута сылдьан ыабыт ынахтарын сыппайара. Сотору кэминэн үчүгэйдик ыыр буолбута. Кыргыттарын көмөлөһүннэрэр буолан эрдэ бүтээччи. Өкүлүүн оҕолорун саамай бүтэһик хаалар ыанньыксыттарга сороҕор көмөлөһүннэрэ ыытааччы. Үксүн кыра Тамара көмөлөһөрө. Биирдэ колхозпут председателэ сэбиэти, биригэдьиири кытта ынах ыы сырыттахпытына тиийэн кэлбиттэрин билбэтэхпит. Онно кыра Тамараны ынаҕы сыппайа сырыттаҕына, ыҥыран ылан тугу гынарын көрбүт этэ. “Ким оҕотой” диэн күүстээх саҥа иһиллибитигэр эргиллэ түһэммин, Өкүлүүн оҕотугар баран эрэрин көрбүтүм. Ынахпытын ыан бүппүппүтүн кэннэ ыанньыксыттары мунньан мунньахтаабыта. Наар мөҕүллэн тахсыбыппыт. Арай Өкүлүүнү “оҕоҕун ынах ыырга үөрэтэр эбиккин” диэн хайҕаабыта. Колхозпут оччотооҕу председателэ Яковлев Март Романович диэн этэ. Сүрдээх ирдэбиллээх гынан баран суостаах салайааччы этэ, үлэһиттэрин мөҕөрүн, түүрэйдиирин сөбүлүүрэ. Кэлин Өкүлүүн: «Кыыһым председатель иннигэр умса туттан турарын көрөммүн, сүрэҕим айахпар тахса сыспыта», – диэччи.
Кыргыттарын дьон үлэтин ытыктыырга, убаастыырга үөрэппитэ. Мин оҕолорбун оҕолоро төһөлөөх көрбүттэрэ буолуой. Дьон оҕолорун көрөҕүт диэн биирдэ да оҕолорун хомуруйбат этэ. Төттөрүтүн көмөлөһүннэрэ сатыыра. Аны кэргэним икки хараҕа суох ийэтэ (кэргэним Василий саха бастакы балеринатын Аксинья Васильевнаны кытта бииргэ төрөөбүтэ) эмиэ баара. Кэтириис тылын сайылык оҕолоро бары истэллэрэ. Үксүн кыра Тамараны соруйара. Иһирдьэнэн-таһырдьанан биһиги эбээбитин илдьэ сылдьара. Дьэ ол иһин Өкүлүүн оҕолоро амарах cүрэхтээх, улахан дьон тылын истимтиэ, дьону убаастыыр буола улааппыттара. Өкүлүүн бэйэтэ дьон туһугар олус кыһаллара. Ону оҕолоро көрө сылдьан үөрэнэллэрэ. Кыргыттара кыра сылдьан улахан дьоҥҥо көмөлөстөхтөрүнэ олус үөрэр этилэр. Ийэ оҕону хайдах ииппитэ оҕолоруттан көстөр. «Дьолбут – оҕолорбутугар», – диэччи.
Өкүлүүн кыыһырар диэни билбэт этэ. Арай биирдэ кыыһырбытын көрбүтүм. Ону даҕаны биригэдьиирбит оҕолорун “кэнэҕэски дайааркалар” диэбитигэр кыыһырбыта. “Дайаарка оҕото дайаарка, тойон оҕото тойон буолар дуо?” – диэн биригэдьиири отой саҥардыбатаҕа. Өкүлүүн куруук үлэлии-хамсыы сылдьара. Этиһэри олус абааһы көрөөччү. Дьону түмэр дьоҕурдаах быһыылааҕа. Хаһыаты ааҕар буолан билэрэ-көрөрө элбэх буолара. Дьон куруук туох солун баарын киниттэн ыйыталаһара. Өкүлүүн барахсан биирдэ да олорон көрбөккө, биир да күн сынньаммакка үлэлээбитэ. Оҕолоро улааталларын саҕана олус хомолтолоохтук өлбүтэ. Кыһалҕалаахтык олорбут, эрэйи-кыһалҕаны этинэн-хаанынан билбит буолан дьон кыһалҕатын өйдүүрэ уонна көмөлөһөрө. Кырдьан олорон олорбут олохпун эргитэн санаатахпына, үчүгэй да дьону кытта алтыһан бииргэ үлэлээбит, бииргэ дьукаахтаһан олорбут эбиппин.

2013 сыл.
* * *
Кубачык – ийэм ынаҕа
Биһиги ийэбит хара өлүөр диэри ыанньыксыттаабыта. Кини илиитин иһинэн төһөлөөх элбэх ынах көрүллэн ааспыта буолуой? Ынах барахсан үйэтэ кылгаһынан, ол үөһэ дэҥ-оһол түбэһэн даҕаны киһи биир үйэтигэр хас да ынаҕы иитэн-харайан кырытыннарар. Ийэм ынахтарыгар сүрдээх үүттээх ынахтар бааллара. Дьонум кэтэх сүөһүлэригэр биир ынахтаах этилэр. Ол ынахпыт аата Кубачык диэн этэ. Кубачык барахсан биһиги дьиэ кэргэни айахтыыра. Кини үүтүнэн аһылыктанан олорбуппут. Кубачыкпыт киэһэ сиринэн соһуллар толору үүттээх синньин нэһиилэ соһон, хотун-хаан бэйэтэ аа-дьуо хааман ыадастан кэлэрэ. Бастаан дьиэбит аттыгар тохтоон, онтон хотонун таһыгар тиийэн: «Мин кэллим, хайа тахсыый!» – диирдии иччитин ыҥыран хойуу куолаһынан маҥыраан лаҥкынатара. Ону дьиэ иһинээҕи дьонтон ким эрэ урут истэн: «Кубачык кэлбит», – диэн үөрүү буолара. Хаһан да ыанар кэмин көтүппэт этэ. Биир хотоҥҥо турар ынахтарын барыларын сиэтэ сылдьар курдук куруук батыһыннаран аҕалтыыра, батыһыннаран илдьэттиирэ. Сороҕор ынахтарбытын биһиги, оҕолор, хомуйа барааччыбыт. Ынахтар мэччийэ сылдьар алаастарыгар тиийэммит «Кубачык, кэл, кэл!» – диэн ыҥыран хаһыытааччыбыт. Онуоха «бу баарбын» диэбиттии маҥыраан лаҥкынатааччы. Ынахпыт барахсан маҥырыы-маҥырыы суолга киирдэҕинэ туох баар ынах кэннититтэн батыспытынан барааччы. Баран иһэн «бары батыһан иһэллэр дуу, суох дуу» диэбиттии кэннин хайыһан көрөөччү.
Ийэм өрүү: «Киһи курдук өйдөөх ынах. Саҥарбат эрэ буруйдаах», – диэччи. Куруук Кубачыгын кытта киһилии кэпсэтэрэ. «Ынахтаргын барытын аҕалаар. Киэһэ ыанньыйан кэлээр», – дии-дии имэрийэн ылааччы. Ийэбит бэйэтэ ыыр ынахтарын эмиэ куруук имэрийэ-томоруйа сылдьааччы. Барыларын кытта киһилии кэпсэтэрэ, сороҕор мөҕөр, сороҕор хайгыыр. Төрүү сытар ынах ийэбит саҥатын иһиттэ да, уоскуйан хааларын бэлиэтии көрөр этибит. Ийэбит ынахтарын ис дууһатыттан таптыыра. Ону ынахтар барахсаттар билэр буоланнар, сайын баастаах эмиийдээх ынахтар ийэбитигэр мөхсүбэккэ, тэппэккэ туран ыаталларыттан дьахталлар олус сөҕөллөрө. «Өкүлүүн ынахтара бэйэтин курдук сытыары-сымнаҕастар», – дэһэллэрэ. Сорох дайааркалар ынахтара бааллан да туран сүгүн аттыларынан аһардааччылара суох – тэбэн куһурҕатааччылар, сорохтор.төбөлөрүнэн аастахха кэйээри гынааччылар. Фермаҕа ынахтар атын сиртэн кэлбит ынаҕы эккирэтэ сылдьан кэйээччилэр. Оччоҕо ийэм: «Үүт-үкчү иччилэрин курдуктар», – диирэ. Кэлин оскуола кэнниттэн дайааркалыы сылдьан ынахтар иччилэрин майгыларынан баралларын билбитим. Туоратыллыбыт ынах наар соҕотоҕун сылдьарын бэлиэтии көрөөччүбүт, ол ынаҕы наһаа аһынар этибит. Кэйбит сүөһүнү эккирэтэн тиийэн маһынан охсооччубут да, кыһаллааччылара суох. Биһиги ынахпыт Кубачык тоҕо эрэ атаҕастанар ынаҕы көмүскэһэр этэ. Кубачык кэйээри сүүрэн иһэр ынаҕы утары сүүрэн тиийэн бэйэтин кэйэрэ. Кэйдэрбит ынах орулаабытынан туора ойоро. Онтон ыла эккирэтэ сылдьан кэйбэт буолара. Кубачык майгытынан наһаа сымнаҕас этэ. Биһиги хаһыа да буолан кэбинэ сытар ынахпытын миинэн кэбиһэр этибит да, кыһанааччыта суох этэ. «Хайа, бу, хайдах буолар быһыыгытый?» диэбиттии киэҥ хара харахтарынан эргийэн көрөөт, кэлэйбиттии төттөрү хайыһан кэбинэ сытааччы.
Дьэ бу уонтан тахса сылы быһа ииппит-аһаппыт Кубачыкпытын дьонум биир күн, сааһырбытын иһин быйыл идэһэлэнэргэ диэн, онтон Кубачык оҕотун, саҥа төрүөхтээх тиҥэһэни ынах гынарга быһаарыммыттара. Бу тиҥэһэни ийэм үүттээх, үчүгэй майгыннаах ынах буолсу диэн билгэлиирэ. Биһигини үүтүнэн байытыа диэн «Байытар» диэн ааты иҥэрбитэ. Ийэм бу Кубачык барахсан өлөрүллэр күнүн ыраах инниттэн арбы-сарбы буолан, санаарҕаабыт курдук көрүҥнэнэн киирэн барбыта. Бу аас-сут сылларын этэҥҥэ туораппыт, ыал буолан олох олорон биир үтүө астаах-үөллээх бэлиэ сүөһүлэммит олоҕун, ииппит-харайбыт оҕотун тэҥэ саныыр Кубачык барахсаны кытта арахсар кэмин, ама, амарах сүрэхтээх ийэ барахсан аһыйбат, санаабат бэйэлээх буолуо дуо? Санаан бөҕө буоллаҕа… Идэһэлэнэр сүөһүбүтүн өлөрүллэр күнүгэр эрдэттэн уулатар этилэр. Иһити-хомуоһу, ууну бэлэмнииллэрэ. Өлөрүллүөхтээх сүөһү муоһун ийэм тутан биэрэрэ.
Кубачыгы идэһэ гынар күннэрэ тиийэн кэлбитэ. Ол күн ийэм саҥатыттан матан хаалбыта. Кубачык муоһун тутан биэрбэтэҕэ. Ийэбит Кубачыгы өлөрөллөрүн түннүгүнэн көрөн турбута, харахтара ууламмытын көрөммүт биһиги эмиэ куһаҕан ахан буолан ылбыппыт. Аҕабыттан ийэм өлбүтүн кэннэ кэлин: «Тоҕо идэһэлэнэр сүөһү муоһун ийэбэр туттарар этигиний?», – диэн ыйыппыппар: «Сүөһүнү хамсаппат, кытаанахтык тутар этэ», – диэбитэ.
Ийэм аах кэтэх сүөһүлэрин наар уопсай хотоҥҥо туталлара. Онтон, алдьархай тахсыах быатыгар, кэтэх сүөһүбүтүн дьукаахпыт Платонова Өлөөнө сүөһүлэрин кытта бииргэ, дьиэттэн чугас турар хотоҥҥо кыстаппыттара. Саас тиҥэһэбит төрөөбүтүн кэннэ дьукаахпыт ынаҕа кэйэн өлөрбүтэ. Ийэм таһырдьа үлэлии сылдьан ынах орулуурун истэн хотоҥҥо киирбитэ – Өлөөнө сытыы муостаах ынаҕа тиҥэһэбитин иһиттэн муоһунан үөлэн үөһэ анньан ыйаан турарыгар түбэспит этэ. Ол саҕанааҕы ветеринар Корякин Егор Егорович кэлэн көрөн баран: “Сүөһү буолуо суох, өлөрүүһүккүт”, – диэн түмүктээбитэ. Дьонум аах өлөрбүттэрэ. Сүлбүттэригэр этэ барыта күп-күөҕүн көрөн ийэм ытамньыйан ылбыта. Өлөөнө ынаҕа ханнын тоҕо аспыт этэ. Ийэм олус аймаммыта. Кубачык баарына хас сарсыарда аайы лэппиэскэлээх күөрчэҕи тото-хана сиир этибит, үүттээх чэйи иһэрбит. Биһиги, оҕолор, лэппиэскэбитин мас арыытыгар умньаан сиирбитин көрө-көрө ытамньыйан ылара. Сороҕор ытаабытын көрдөрүмээри түҥнэри хайыһан олорон чэй кутара. Ийэм олус аймаммытын онно эрэ көрбүтүм. Тугу санаан айманарын, ытыырын-соҥуурун биһиги, оҕолор, хантан билиэхпитий.
Оччотооҕу колхоз правлениета өйөөн, ийэм ыы сылдьар тиҥэһэлэриттэн биир төрөөбүт тиҥэһэни бэрдэрбитэ. Үүттээх буолсу диэн билгэлээн биир маҥан дьүһүннээх, үрдүк уҥуохтаах тиҥэһэни талан ылбыта. Киниэхэ «Бастаабыт» ааты биэрбитэ. Саҥа ынахпыт тулаайах хаалбыт ньирэйи оҕорҕообута, эмтэрбитэ. Ол барыта ийэм сыралаах үлэтин түмүгүнэн ситиһиллибитэ.
Дьэ ити курдук ынах барахсан тыа үгүс оҕотун сүрэҕэр үтүө өйдөбүл буолан иҥэн сырыттаҕа.
* * *
Ийэм кэпсиирэ…
Айар кута алгыс тыыннанан,
Иэйэр кута итиитик имэҥирэн
Күн сирин көрдөрбүт айыыһыттаах ийэкэм
Олорон ааспыт оллурдаах- боллурдаах
Оҥоһуулаах олоҕун,
Этинэн-хаанынан төрөппүт оҕолоругар
Үлэтин-хамнаһын үмүрүппүт үөрүүтүгэр
Налыйан олорон намыын куолаһынан
Ахтан-санаан кэпсиирин,
Саҥа үйэҕэ үөрэнэр-үлэлиир
Сиэн ыччаттарыгар
Тылым тиийэринэн, саҥам сатанарынан
Кэпсээн көрүүм эрэ…
Ахтара –
Сир симэҕинэн киэргэммит
Мутукчалаах тыанан тулааһыннаммыт
Киэҥ киэлимэ иэннээх оттуур ходуһалаах.
Долгулдьуйа устар уулаах,
Эмис соболоох күөллээх,
Налыы сыһыылаах,
Хойуу оттонор ходуһалаах
«Налбар» алаас быйаҥыгар угуттанан
Олорбут төрөппүттэригэр
Мүһүлгэ оҕонон төрөөн
Муннуларын бүөтэ, сүрэхтэрин кута буолан
Талбытынан таалалаан, оонньоон-көрүлээн
Оҕо саас дьолун билэн улааппытын.
Саныыра –
Сэбиэскэй былаас силигэ ситэн
Норуот былааһын олохтоон,
Алаас аайытын тарҕанан олорбут
Саха дьону түмэн
Сардаҥалаах саҥа олоҕу төрүттээн
Сырдыкка тардыһыннаран
Оскуола арыйан, колхуос тэрийэн
Сайдыы суолугар киллэрэр кэрэ кэмигэр
Кыыс оҕо үөрэххэ дьулуһан,
Билиигэ тардыһан
Алын оскуола кылааһын арыйан
Боруогар үктэнэн
Сайдыы суолугар эрдээхтик киирбитин.
Кэпсиирэ –
Тыллыбыт сибэкки кэрэтинии
Ситэн-тупсан, киэркэйэ улаатан
Көрбүт эрэ барыта хайгыыр,
Хараҕа хатанар
Алаас номоҕон кыыһа
Идэ ылаары
Киин сиргэ дьоллоох Дьокуускайга олохсуйбутун.
Өйдүүрэ –
Эйэлээх олох аартыгар
Эрчимнээхтик хардыылаан
Социалиэм суолугар
Эрэллээхтик үктэнэн,
Иистэнэр идэни баһылаан
Артыалга үлэлээн,
Хайҕалга сылдьар
Үлэһит буолан
Үлэттэн дьоллонуу үөрүүтүн билбитин.
Хараастан ахтара –
Сэрии алдьархайдаах сылларыгар
Уот будулҕаҥҥа сэриилэһэр
Саха буойун саллааттарыгар
Түүнү-күнү аахсыбакка иистэнэн
Фроҥҥа көмө оҥорбутун.
Уйадыйан ахтара –
Дойдутугар Төлөйгө
Сут-кураан,
Аймах-билэ дьоно
Кэбээйигэ көһөрүллүбүттэрин
Кэлэр сирэ кэлии үүтэ,
Барар сирэ баҕана үүтэ буолан
Аас-туор олоххо
Соҕотоҕун мунан хаалбытын,
Ас-таҥас тиийбэт кыһалҕата
Күннэтэ муҥнуурун,
Дөксө эбиитин толуонун уордаран
Хоргуйан охтон сыппытын,
Өлбөт оҥоһуулаах быатыгар
Аймах киһитэ таарыйан
Өлөр өлүүттэн быыһаабытын.
Килбик мичээрдээх кэпсиирэ –
Сэрии бүтэн, эйэлээх олох саҕаланан
Дойдуну чөлүгэр түһэрии
Хамсааһыныгар кыттыбытын,
Дьылҕа хаан ыйааҕынан,
Үрдүк айыылар түстэринэн
Хоонньоһо сытар холооннооҕун
Сүбэнэн олорор доҕорун булан,
Ыал буолан, оҕо төрөтөн
Дьоллоох ыал ийэтэ буолбутун.
Сэмээр ахтара –
Колхозтаах дьахтар дьылҕатын,
Сүүрбэччэ ынахтан
Үрүҥ илгэни дэлэтэрин,
Сүүрбэччэ ньирэйи
Көрөн-харайан төлөһүтэрин,
Үөһэттэн кэлэр былааны
Толороору кыһалларын,
Кыстыктан сайылыкка, сайылыктан оторго,
Отортон кыстыкка
Мэлдьи көһөн үлэлиирин,
Биригэдьииргэ утары эппэккэ
Чиэһинэй үлэнэн
Социализм олоҕор кыттыбытын.
Мэлдьи такайара –
Ийэм ыллыктаах тылынан
Олоххо кыыс оҕо
Ийэ буолар үрдүк аналлааҕын,
Тапталлаах кэргэни
Сылаас сыһыанынан угуттаан
Көрө-харайа
Арчылыы сылдьыахтааҕын,
Төрөппүт көмүс оҕолорун
Киһи киһитэ буоларга иитиэхтээҕин,
Дьон-сэргэ, аймах-уруу
Сүбэ-соргу тылларын
Өйгө-санааҕа, дууһаҕа иҥэрэн
Алгыс тыынын курдук
Ылыныахтааҕын.
Өбүгэ үгэһин кытаанахтык тутуһан
Айылҕаттан арчыланан, иэйэхситтэн сиэтиллэн
Дьоһуннук олоруохтааҕын,
Таһаарыылаах үлэнэн
Олох суолун тутуһуохтааҕын.
Тамара Семёновна ЕВГРАФОВА,
Саха АССР үтүөлээх учуутала.
