СӨҔҮРҮЙБЭТ ТӨЛӨН
Уоттаах сэрии… Сэрии… Сэрии тулаайаҕа… Киһи эрэ өйүн-санаатын аймыыр, дууһаны ытатар ыар тыыннаах тыллар. Тыллар… 1941-1945 сыллардааҕы Аҕа дойду иккис Улуу сэриититтэн олоххо дьиҥ киирбит, мөлүйүөнүнэн сэбиэскэй дьон сүрэҕэр-быарыгар өспөт-сүппэт баас буолан иҥпит тыыннаах тыллар, оччотооҕу дьон ыар дьылҕата.
Оҕо уонна оонньооботох оҕо саас – билигин, күн-бүгүҥҥү санааҕа бэйэ-бэйэлэригэр сөп түбэспэт өйдөбүллэр. Ол эрээри баара кырдьык оонньооботох оҕо саас.
Уоттаах сэрии оҕолоро.
Оонньуур диэни билбэккэ
Оҕо саастара ааспыт.
Ааспыт аччыктыыр кэмнэрдээх
Күүстээх үлэ күөнүгэр
Күнүһү-түүнү аахсыбат
Түбүктээх ыар сылларга.
Сэрии…
Уоттаах сэрии оҕолоро.
Умнубуттар оонньуур талах ынахтарын,
Чаҕаара күлэр көмүс күннэрин.
Оччолорго борбуйун саҥа көтөхпүт иккитигэр сылдьар кырачаан Ньукулай хантан билээхтиэй аҕата үс сылы-сыллата уолаттарын, тапталлаах кэргэнин хаалларан харахтаан көрбөтөх, санаата да тиийбэтэх ыраах дойдутугар өстөөхтөрү кытта кыргыһа аттаныан уонна төрөөбүт өтөҕөр төннүбэккэ үйэлэргэ хаалыан. Ийэлэрэ ыанньыксыт буолан уолаттар оҕо саастара өрүү фермаҕа ааспыт – тымтык тутуута, ынах этэриитэ, хотоҥҥо түүҥҥү харабынай үлэтэ кинилэр оҕо санныларыгар сүктэриллибит.
Ньукулай 16 сааһын туолаат саҥа тутуллан эрэр Мииринэй куоракка сатыы барбыт. Туох да докумуона суох уолчааны мас кэрдиитигэр үлэҕэ, онтон Айхалга АН-2 сөмөлүөт түһэр аэропордун оннун ыраастааһыҥҥа ыланнар «айаҕын ииттэр» кыахтаммыт. Манна кини араас омук дьонун кытта алтыһан, тэҥҥэ үлэлээн буһан-хатан, үүнэн-сайдан барбыт. Сэбиэскэй армия кэккэтигэр сулууспалаан дойдутун иннигэр уол оҕо сиэринэн иэһин толорон төрөөбүт Арыылааҕар төннөн, «Тойбохой» сопхуоска субай сүөһүнү төлөрүтүүгэ ылсан үлэлээбитэ. Оройуоҥҥа 14, өрөспүүбүлүкэҕэ 2 төгүл чөмпүйүөн үлэһит үрдүк аатын ылбыта. Ыҥырыы таһааран элбэх батыһааччыламмыта. Онон сэрии тулаайаҕа Ньукулай – Николай Иванович Игнатьев аата оройуоҥҥа да, өрөспүүбүлүкэҕэ да элбэхтик ааттаммыта, хаһыат сирэйин «бараабыта».
Ханна да олордоллор төрөөбүт төрүт сирдэрин-уоттарын, биһиктэрэ ыйаммыт дойдуларын туһугар ис сүрэхтэриттэн ыалдьар, кыһаллар дьон хайа да сиргэ баар буолаллар. Мин биир оннук, бэйэтин үбүнэн-харчытынан элбэх туһалааҕы оҥорбут ытык киһинэн Николай Иванович Игнатьевы ааҕабын.
Ол курдук кини Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыайыы 50 сыллаах үбүлүөйүгэр 1941 сыллаахха бастакы хомуурга төрөөбүт өтөҕүттэн Сымалаахтан уоттаах сэриигэ барбыт уонна эйэлээх олох иһин тыынын толук уурбут аҕатыгар анаан бастакы өйдөбүнньүк бэлиэтин туруорбута. Онтон ыла бу үлэҕэ ылларан нэһилиэкпит дьоно-сэргэтэ олорон кэлбит остуоруйатын кэпсиир, үйэтитэр пааматынньыктарын эт мэйиитинэн толкуйдаан, илиитинэн тутан-хабан оҥортоон барбыта. Аан дойдуну атыйахтаах уу курдук аймаабыт суостаах-суодаллаах сэрии сылларыгар анаабыт тимиртэн пааматынньыктарынан өссө Хаһарбалаахха сут сылларга аччыктааһынтан дьэҥкэрэн суорума суолламмыт дьон биир уопсай буорга көмүллүбүттэрин кэриэстээн туруоруллубут «Кутурҕан Томторо», сиэнигэр, оччолорго 5 кылаас үөрэнээччитэ Сахаайаҕа уруһуйдатан сэрии тулаайахтарыгар анал бэлиэ уонна буойун бэтэрээн Афанасий Михайлович Захаров көмүс уҥуоҕун күрүөлээн өйдөбүнньүк суруктаах баҕана буолбуттара.
Хайа саха киһитэ барахсан төрөөбүт өтөҕөр дьыл-хонук ааҕа курдаттыы тартарбатаҕа баарай… Ол сиэринэн Николай Иванович уол оҕо буолан күөх окко оройунан түспүт Сымалааҕар ахтылҕанын эмиэ анал бэлиэ туруортаан үйэтиппит – бу эһэтин өттүнэн өбүгэлэрин алааһыгар, элбэх үөрэхтээх дьон тахсыбыт сиригэр Чааккы өтөҕөр «ϴбүгэ кэриэһэ» уонна Сымалаахтан төрүттээх Дьоонтоор ууска анаммыт «Кыстыктаах күөрт» бэлиэлэр буолаллар.
Арыылаахпыт, Уһун-Күөлбүт дойду сайдыытын кытта тэҥҥэ хардыылаһан испит бэлиэлэринэн нэһилиэккэ бастакы барабыыгы аҕалан үлэлэтэн, илии хара үлэтин биллэрдик чэпчэппит колхуос бэрэссэдээтэлигэр Кирилл Алексеевич Кокориҥҥа мемориальнай дуоска уонна киирэр аартыкка ол бастакы локомобилын пааматынньыга, Сахабыт сирин аар-саарга аатырдар алмаас тааһы көрдөөһүҥҥэ үлэлэспит биир дойдулаахтарбыт ааттара-суоллара суруллубут бэлиэ комплекса эмиэ мындыр киһи оҥоһуктара. Аны төрөөбүт дойдубут киэн туттуута – норуодунай бэйээт Леонид Андреевич Попов өтөҕөр Харбаҕа эмиэ кини толкуйдаан оҥорбут бэлиэтэ турар.




Николай Иванович тимиртэн анал бэлиэлэри оҥорон туруортаабытын таһынан бэйэтин сэттэ уон сааһын бэлиэтиир өрөгөйдөөх сылыгар нэһилиэгин дьонугар бэртээхэй балаҕаны тутан бэлэх ууммуттаах. Дьэ ити курдук үлэтэ суох биир омурҕан тулуйан-тэһийэн олорбот киһи, төһө да билигин Айхалга олордор, дойдутугар кэллэр эрэ тугу эмэ өссө оҥорон хаалларбыт киһи диэн толкуйдаах. Ол курдук былырыын сайын локомобила турар буора сиҥнэн эрэрин көрөн эбии буор куттарбыт, аны Кулукуой өтөҕөр эдэр ыччат сынньанар сирин күрүөтүн өрөмүөннээбит, эбиитин дьиэ хаһаайкаларыгар ытык оҥорон соһуччу бэлэхтэтэлээн үөрдүбүт.
Аны иккиэн бэрт сэргэх кинигэлэр автордара. Ол курдук Николай Иванович «Сунтаар Сымалааҕа», «Yлэ киһитигэр сүгүрүйэн», оттон кэргэнэ Күннээх диэн псевдоним аатынан «Дьылҕам төрдө – Бакамда — Айах», «Сырдык мөссүөннэр», «Сүрэхпэр тыллыбыт ньургуһун» диэн кинигэлэри суруйан күн сирин көрдөрбүттэр. Кинилэр иккиэн Сунтаар улууһун, Арыылаах нэһилиэгин Бочуоттаах олохтоохторо. Николай Иванович «Гражданскай килбиэн», «Yтүө дьыала», «Тыа хаһаайыстыбатын бочуоттаах бэтэрээнэ», «Сунтаар улууһун тыатын хаһаайыстыбатыгар кылаатын иһин» анал бочуоттаах бэлиэлэринэн, «Социальнай көмүскэллээх буолууга өҥөтүн иһин» уонна да атын үбүлүөйүнэн мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Татьяна Алексеевна тарбаҕар талба талааннаах норуот маастара.

ϴбүгэлэрбит маны этэн эрдэхтэрэ – «өтөх төҥүргэстээх, сурт кэриэстээх», «дойду – дьонунан» диэн. Быйыл аҕыс уонун бэлиэтиир дьоро күнүгэр Айхал бөһүөлэгин дьаһалтатыттан махтал, эҕэрдэ дьоһуннаах суругун, сэмэй бэлэҕин туппут үтүө киһибитигэр Николай Ивановичка – норуокка биллэринэн Левитаҥҥа уонна олоҕун аргыһыгар Татьяна Алексеевнаҕа өссө да уһун айар-тутар артыктаах дьоллоох олоҕу, доруобуйаны баҕарабын!
Ханна да буолларгыт Арыылаахпытын, Уһун-Күөлбүтүн үтүөҕэ, кэрэҕэ эрэ ааттата сылдьаргытыттан үөрэбин, киэн туттабын уонна бу кэпсээбит анал бэлиэлэрбит нэһилиэкпит историческай пааматынньыктара буолан олохтоох дьаһалта, олохтоохтор көрөн-истэн өр сылларга кэнчээри ыччакка буолан ааспыт кэм-кэрдии кэрэһиттэрэ буолан кэпсии-ипсии тураллара буоллар дуу. Оччоҕо оонньооботох оҕо саастаах сэрии тулаайаҕа айбыт-туппут үлэлэрэ баҕар үтүө дьыаланы салҕааччылардаах буола тэнийэн, төрөөбүт дойдубут чэчирии сайдарыгар ис сүрэхтэриттэн ылсар өйдөөх-санаалаах ыччаттар үүнэн тахсалларыгар олук охсуллуо, кэскилбит кэҥиэ.
Венера СТЕПАНОВА,
Сунтаар Арыылааҕыттан төрүттээх Күндээдэ олохтооҕо.
Ньурба. 2022 сыл, сэтинньи ый.
