ТААЙЫМ – ХОРСУН БУОЙУН, УЛАХАН УЧУОНАЙ
Төрөөбүт дойдубут көмүскэлигэр Улуу Кыайыы туһугар биһиги дьиэ-кэргэнтэн хаан-уруу аймахтарбыт уон биэс киһи уоттаах сэрии ортотунан сылдьан охсуспуттара.
Кырдьаҕас таайым Гоголев Василий Петрович-Баһылайкаан үөрэхтээх уола – Захар Васильевич Гоголев диэн. Кини 1911 с. атырдьах ыйын 1 күнүгэр Дүпсүҥҥэ, Наара алааска бааһынай кэргэнигэр күн сирин көрбүтэ. Оҕо сааһа ас-таҥас тиийбэт, аччыктааһын сыллара этэ. Ол да буоллар Дүпсүн оскуолатыгар 4-c кылааһы бүтэрбитэ уонна Дьокуускай куоракка бииргэ төрөөбүт эдьиийигэр Анна Васильевна, күтүөтэ Иван Иннокентьевич Никифоровтарга олорон үөрэммитэ. И.И.Никифоров – В.В.Никифоров-Күлүмнүүр улахан убайын уолун уола этэ.
Захар Васильевич уон биэс сааһыттан салайар үлэҕэ сылдьар: бастаан «Пионер» хаһыат редактора, онтон оскуолатыгар комсомольскай тэрилтэ сэкиритээрэ. Бу кэмҥэ, 1925-1927 сылларга Саха сиригэр баайдар, кулаахтар сэбиэскэй былааһы утары араастаан охсуһаллара. Онуоха былааһы көмүскээн Захар Васильевич комсомолецтара күнүс үөрэнэллэрэ, түүнүн куораты өстөөхтөртөн көмүскүүллэрэ.
Онтон З.В.Гоголевы 1929 c. Дүпсүн улууһугар комсомольскай тэрилтэ сэкиритээринэн анаан ыыталлар. Онно сэттэ нэһилиэги кэрийэн үлэлээбитэ, тэрилтэтин 40 хомсомуол чилиэннээн салайбыта. Бу кэмтэн хомсомуоллар холкуостары тэрийэр үлэни саҕалаабыттара. З.В.Гоголев убайдарын П.В.Гоголев, П.А.Жирков көмөлөрүнэн «Сонун Союз» диэн холкуоһу 1931 с. тэрийбитэ, бэрэссэдээтэлинэн мин аҕам Ушницкай Николай Григорьевич буолбута. 1929-1931 сылларга «Көрдүгэн», «Сонун олох», «Бээди», «Остуойка», «Кыһыл муннук», «Дабаадыма» холкуостар тэриллибиттэрэ. Бу үлэлэри таһынан хомсомуолларга от, бурдук үлэтигэр, дьону үөрэхтээһиҥҥэ, араас культурнай тэрээһиннэргэ көмөлөһөллөрө.
1930 сыллаахха З.В.Гоголев Дьокуускайга төннөн II-c ступеннаах оскуоланы, онтон салгыы педтехникуму бүтэрбитэ. Үөрэҕин бүтэрээтин кытта 1931 c. Саха АССР Киин Ситэриилээх кэмитиэтигэр үлэҕэ ылаллар. 1932-1934 сылларга тэрийэр отдел сэбиэдиссэйин солбуйар. 1934 c. комсомольскай үлэҕэ быыбарданар. Комсомол обкомун солбуйар сэкиритээринэн, бюро чилиэнинэн үлэлиир.
Мантан үөрэҕин салгыы Москва куоракка ыыталлар. 1935-1940 cc. Ломоносов аатынан университет история, философия уонна литература факультетыгар үөрэнэн, барыта 250 студеннартан, сахалартан соҕотоҕун Кыһыл дипломунан бүтэрэр, ол иһин аспирантураҕа хааллараллар. Онно биир сыл үөрэммитин кэннэ Аҕа дойду сэриитэ саҕаланар.
Захар Васильевич көрдөһөн 1941 с. от ыйын 4 күнүгэр биир саамай хаан тохтуулаах Ельня куорат туһаайыытынан, сапёрдар батальоннарыгар политругунан сэриигэ киирбитэ. Ельня куорат хас да төгүл немецтэргэ түбэһэ сылдьыбыта. Мантан немецтэр күүстэрин хомуна-хомуна Москваҕа суоһууллара да хотторон, кыахтарын сүтэрэн төннөллөрө.
Захар Васильевич сэтинньи ыйга атахха бааһыран ый курдук госпитальга сытан эмтэммитэ. Үтүөрэн баран иккиһин сапёрнай батальоҥҥа ананан, Ельня куораты ылар уонна Москва анныгар немецтэри үлтү сынньар, үүрэр кыргыһыыга кыттыбыта. Онтон салгыы кини сапёрнай батальона Арҕаа фронт састаабыгар киирэн Сэбиэскэй армия кыһыҥҥы кыргыһыытыгар кыттыбыта. Онно улаханнык бааһыран Москва госпиталларыгар эмтэммитэ.
Кэлин командование кинини Кыһыл Знамялаах Киевтээҕи байыаннай-пехотнай училищетыгар анаабыта. Манна преподавателынан олорон “Выстрел” диэн байыаннай академияны бүтэрбитэ уонна «1919-1924 сс. нууччалар уонна туроктар сыһыаннаһыылара» диэн научнай диссертацияны көмүскээн наука кандидата буолбута.
1948 с. партия ОК ыҥырыытынан дойдутугар ахсынньы тымныыта өрөгөйдөөн турдаҕына кэргэннээх, оҕолоох кэлбиттэрэ. Убайа Пётр Васильевич авиапортка көрсөн, саҥаһа М.В.Местникова уонна краеведческай музей директора буолан көрсүбүттэрэ. Ол көрсүһүүгэ саҥаспыт Анна Жиркова миигин илдьэ барбыта. Таайым Захар Васильевич уонна кини кэргэнэ Белла мин институтка үөрэнэрбин истэн олус үөрбуттэрэ, хайҕаабыттара.
Ити курдук Захар Васильевич үөрэх бөҕөнү үөрэнэн, үлэлээн учуонай буолан, уоттаах сэриигэ инники кэккэҕэ сапёрдар батальоннарын салайан сылдьыбыта. Сэрииттэн аҕыйах киһи ордон тахсара үһү. Онтон тыыннаах эргийэн дьонугар көстүбүтэ туохха тэҥнээх буолуой? Үөрүү-көтүү, нууччалыы-сахалыы кэпсэтии элбээбитэ. Дүпсүҥҥэ хайа ыал хайдах олороро барыта иһиллибитэ.
1949 c. ССРС НА научнай сотруднигынан, онтон тыл, литература, история институтун Саха сиринээҕи филиалыгар директорынан үлэлээбитэ. Бу үлэтигэр элбэҕи суруйбут, оҥорбут буолуохтаах.

1963 c. ССРС НА СО иһинэн тэриллибит институт солбуйааччы директорынан уонна «Сибирь историята» диэн биэс томнаах монография кылаабынай редакторынан ананан Новосибирскайга Академгородокка үлэлии барбыта.
Захар Васильевич улахан научнай үлэлэр автордара: «Саха сирэ XIX-XX үйэлэргэ», «Саха сирэ 1917-1941 сылларга социальнай-экономическай сайдыыта» диэн үлэлэригэр историческай наука доктора уонна Государственнай бириэмийэ лауреатын үрдүк аатын иҥэрбиттэрэ.
Аҕа дойду сэриитигэр хорсунун иһин «Кыһыл Сулус» уордьананынан, «Москва көмүскэлин иһин», «Эҥкилэ суох сулууспатын иһин», «Сэбиэскэй армия 30 сылынан» уо.д.а. мэтээллэринэн, грамоталарынан наҕараадаламмыта.
1974 с. ахсынньы 24 күнүгэр партия ОК мунньаҕар ыҥырыллан, Захар Васильевич балыыһаттан тахсан кэлбитэ. Көрүллэр боппуруоска санаатын этэн баран миэстэтигэр олорон, эмискэ сүрэҕэ тохтоон олохтон барбыта.
Институт директора, наука доктора, Социалистическай Үлэ Геройа А.П.Окладников Захар Васильевич бүтэһик остуолугар кинини киһи быһыытынан чиэһинэйин, үлэҕэ бэриниилээҕин, сахалартан киэҥ, дириҥ билиилээҕин, бөдөҥ учуонай буоларын туһунан ахтыбыта. Маны таһынан учуонайдар В.С.Познянскай уонна В.А.Демидов тыл эппиттэрэ.
Захар Васильевич олоҥхону, фольклору көмүскээбитэ билигин олоххо дьиҥнээхтик киирэн олоҥхо ыһыахтара сыллата ыытыллаллар, аны сотору олоҥхо театра тутуллуо диэн кэпсииллэр (Lectorium caxa).
Александра Николаевна УШНИЦКАЯ,
Дүпсүн нэһилиэгин, Уус-Алдан улууһун,
СР ветераннарын бочуоттааҕа, КПРФ ветерана.
Дьокуускай куорат, 2020 с.
