Өй-сүрэх ырата
Өрөгөйдүү турар…
Үтүө киһи аата
Үйэлэргэ хаалар…
Ааптар.

Аны сайын үгэс буолбут 21-с Манчаары оонньуулара биһиги улууспутугар Горнайга, ырыаҕа-тойукка ыпсарыллыбыт бэртээхэй Бэрдьигэстээххэ ыытыллыаҕа. Ити кэрэ-бэлиэ кэми көрсө спорт бары көрүҥүн сайдыытыгар сэмэй кылааттарын биэрбит убаастанар физкультура учууталларын, талааннаах тренердэрин тустарынан кинигэ тахсара хайҕаллаах, махталлаах тэрээһин, үтүө дьоммут ааттарын-суолларын үйэтитии, көлүөнэттэн көлүөнэ ситимин олохтооһун буолар…
Олортон биирдэстэринэн Стручков Исай Иванович буолар. Кини улууска волейбол, баскетбол, хайыһарынан сүүрүү, туризм сайдыытыгар аан бастакы анал үөрэхтээх физкультура учуутала, тренер быһыытынан тус олоҕун да тэриммэккэ сылдьан, үйэтин устата үүнэр ыччаты эт-хаан, өй-санаа өттүнэн сайыннарыыга ис сүрэҕиттэн бэриниилээхтик үлэлээбитэ.
Хомойуох иһин, физкультура уруоктарын олус үчүгэйдик, үрдүк таһымнаахтык, методическай өттүнэн бэлэмнээхтик биэрэрин үөрэнээччилэрэ эрэ өйдүүллэрэ. Оччотооҕу оскуола салалтата бу предметкэ улаханнык болҕомтотун уурбат буолан, үлэтэ-хамнаһа, ситиһиилэрэ ситэ сыаналамматаҕа.
Бу туһунан спорт бэтэрээнэ Иннокентий Егоров бу курдук ахтан-санаан суруйар: “Оройуон, республика таһымнаах күрэхтэһиилэргэ хамаанданы эрчийэн, салайан илдьэн Горнайы элбэхтэ ааттаппыта, бириистээх миэстэлэргэ тиксэн спорду үрдүк таһымҥа таһаарыспыта”.
Исай Иванович ийэбинэн бэрт чугас аймаҕым, ол курдук кини аҕата мин ийэбин кытта бииргэ төрөөбүттэрэ. Урут Солоҕон-Бэрдьигэстээх суола Чычааһынан ааһара. Онон аттаах-сатыы, бэлэсипиэттээх, мотоцикллаах хайаан да хонон, эбэтэр чэйдээн ааһара. Чычаас сир ортото буолан, айан дьоно кута-сүрэ тохтуур, биир бастыҥ үлэлээх ферма, учаастак буолара.
Исай Иванович иллэҥ кэмин олус туһалаахтык атаарара, айылҕаҕа сылдьан сынньанан, өйүн-санаатын чэбдигирдэн, күүс-уох, сэниэ ылынар үтүө үгэстээҕэ. Ол курдук үөлээннээҕэ Иннокентий Иннокентьевич Петровтуун (быраас Киэсэ), күтүөтэ Иннокентий Степанович Кириллинниин, эбэтэр Силээнтэн төрүттээх Антон Григорьевич Захаровтыын – I Антоннуун күһүҥҥү куска сааланаллара. Оччолорго куһунан-хааһынан аатырар Ньымаайыга бырыы-бадараан суолунан Чычааһынан кэлэн ааһаллара. Кэлэ-бара биһиэхэ сылдьан, ийэм буһарар минньигэс килиэбин, сүөгэйин, үүттээх чэйин иһэн, суоратынан сиэн сүрэхтэрин сөрүүкэтэн ааһаллара. Таарыччы эттэххэ мин ийэм Анна Григорьевна нэһилиэккэ, улууска биллэр иистэнньэҥ этэ. Аһа-үөлэ минньигэс буоларын туһунан, Маалтааны нэһилиэгин дьоно махтанан кэпсээччилэр.
Исай Ивановичтыын VII кылааһы бүтэрэн баран, биир сайын Сиинэҕэ оттоһо сылдьан алтыһан ааспытым. Оччолорго Сиинэҕэ Соҕотох Харыйа диэн сиргэ бурдук ыспыттарын күһүн Солоҕон нэһилиэгин биир бастыҥ үлэһитэ Семен Иванович Платонов салайааччылаах механизация аҥардаах звенота хомуйа, оттуу барбыта. Звеноҕа баҕа өттүнэн учуутал Исай Иванович Стручков сылдьыспыта.
Соҕотох Харыйа Украина бурдуктаах бааһыналарын курдук күөх, араҕас өҥүнэн сиккиэр тыалга долгулдьуйа турара көрүөххэ олус кэрэ этэ. Бурдуга төһө да ситэ астамматаҕын иһин, олус хойуутук үүммүтэ.

Исай Иванович олус ыарахан бурдук отун кэбиһиигэ күнү быһа сылайбакка-элэйбэккэ сылдьара. Көрө-истэ сылдьар дьон учууталбыт күүһүн-уоҕун, сүрэҕин-бэлэһин, сатабылын, кыайыытын-хотуутун сөҕөн-махтайан, өйбүтүгэр-сүрэхпитигэр илдьэ сырыттахпыт.
Киэһээ аайы Исай Иванович мотоциклынан оҕолору хатааһылатара. Соҕотох Харыйа оччолорго, оттоммутун кэннэ, остуол ньуурун курдук көнө этэ. Сороҕор биһигини, уолаттары куттаары мотоциклын икки илиитин ыһыктан баран ыытара.
Соҕотох Харыйаны билигин талах былдьаан, ханан да киһи оттуур-мастыыр сирэ хаалбата. Сири киһи оҥорор, киэргэтэр диэн өбүгэлэрбит мээнэҕэ эппэтэхтэр.
Исай Иванович оҕоҕо олус үчүгэй сыһыаннааҕа, хаһан да бэйэтин улахан учуутал курдук туттуна сатаабата. Өрүү тэҥнээхпит курдук, барыбытыгар үтүө, эйэҕэс сыһыаннааҕа. Кыыһырар, мөҥөр-этэр диэни билбэтэ. Ол да иһин кини тула оҕо-аймах, ыччат мустара. Оонньуу-көр оройуттан тутуллара, үөрүү-көтүү, көр-нар үксүүрэ.
Кэлин инсуллаан, аҥаар өттө отой үлэлээбэт, саҥата аанньа иһиллибэт буолан баран, “Урал” мотоциклын аҥар илиитинэн ыытар гына оҥотторон, Бэрдьигэстээх-Мытаах-Солоҕон суолунан үгүстүк айанныыра.
Эдэр сааһыгар элбэхтик кустуу-хаастыы сылдьыбыт Ньыымаайытыгар үүтээн туттаары тиэстибитэ. Уруулара-аймахтара сиргэ быстарыа диэн өйөөбөтөхтөрө.
Исай Иванович бэйэтин кэмигэр нэһилиэгин, улууһун историятын үйэтитиигэ ылсан үлэлэспит дьоннортон биирдэстэрэ буолар. Ол курдук олус үчүгэйдик хаартыскаҕа түһэрэрэ. Ордук айылҕа абылаҥын, булт-алт түгэннэрин, спорт араас көрүҥнэригэр ыытыллыбыт күрэхтэһиилэри түһэрэн, киинэҕэ устан хаалларбыта. Ону мунньан, хомуйан аныгы техниканан хаттаан оҥорторон улуус архыыбыгар туттарарга үлэлэһиэххэ, быыстапка тэрийиэххэ.
Түмүктээн эттэххэ, Исай Иванович улууска спорт араас көрүҥнэрэ сайдалларыгар сүҥкэн кылааты киллэрбит учуутал, тренер, нэһилиэк, улуус историятын үөрэтиигэ үлэлэспит үтүө киһи быһыытынан куруук аата-суола ахтылла сылдьыа.
Туох баар ыараханы
Туруулаһан кыайыы
Урааҥхай сахаҕа
Уол оҕо анала…
Умнума дуу мэлдьи
Укулаат тимирдии
Уустуктук эллэнэн
Уһаарылларгын эн!
Туругура турдун
Тулууру эрэйэр
Туруулаһыы модун
Тулхадыйбат күүһэ.
Александр ТАРАСОВ,
поэт, суруналыыс.
2021 с.
