Павлов Владимир Гаврилович туһунан: Муударай салайааччыбыт, эрэллээх доҕорбут этэ

(В.Г.Павлов төрөөбүтэ 90 сылыгар)

Олорон ааспыт 90-тан тахса сыллаах олохпор, 70 сыллаах үлэбэр сыһыаннаах араас докумуоннары бэйэм дьиэтээҕи архыыппар бэрт кичэллээхтик уура-харайа олоробун, биири да энчирэппэккэ кыһанабын.

Олортон 64 сыл анараа өттүгэр илиинэн суруллубут, мин инники олохпор дьоһуннаах, быһаарыылаах хардыылары оҥорорбор сүҥкэнник көмөлөспүт биир докумуону ылан, оччотооҕу үтүө-мааны, элбэҕи, кэрэни эрэннэрбит кэмнэрбин эргитэ саныыбын. Оройуон оччотооҕу бартыыйынай тэрилтэтин иккис, идеологияҕа сэкэрэтээринэн үлэлии олорбут В.Г.Павлов миигин Ленинскэй баартыйа кэккэтигэр киирэрбэр мэктиэлиир (рекомендациялыыр) суругун туһунан этэбин.

Өссө 1950 сыллаахха баартыйа оройкуомун бастакы сэкэрээтэринэн үлэлии олорор М.Д.Афанасьев Бүлүүчээн сэттэ кылаастаах оскуолатыгар үһүс сылбын үлэлии олордохпуна, Сунтаартан дьаам суолунан 64 көс ыраах сытар урукку Садын оройуонун киинигэр Туой Хайа сэттэ кылаастаах оскуолатыгар завуһунан анаабытынан сибээстээн, таба көлөнөн уонча хонукка айаннаан тиийбитим. Сонтон ситэ сыл аҥаара буолбакка, оскуолам дириэктэрин атын оскуолаҕа көһөрөннөр, оскуола дириэктэринэн түөрт аҥаар сыл үлэлээбитим. Хайаан даҕаны салгыы үөрэннэххэ табыллар диэн, оройкуом сөбүлэҥин ыла Владимир Гаврилович кабинетыгар ити киирэн олоробун.

Ленинскэй комсомол кэккэтигэр Тойбохойдооҕу оҕо дьиэтигэр иитиллэ, үөрэнэ сылдьан киирбитим уонна үрдүк үөрэҕи бүтэриэхпэр диэри иитиллиини ааспыт дьоллоохпун. Университет комсомольскай тэрилтэтигэр, студпрофкомугар састаапка киирсэн үлэлэһэн, нэһилиэнньэ ортотугар лектор, бырапагандыыс быһыытынан бастакы хардыыларым оҥоһуллубуттара. Иитиллии, буһуу-хатыы бары оскуолаларын ааспытым инники олохпор сирдиир бэлиэнэн буолбуттара. Ол усталаах-туоратыгар идеал оҥостон, тутуһан кэлбит сиэр-майгы, дьоҥҥо ытыктабыллаах сыһыан, норуот уопсай интэриэһинэн олоруу курдук холобур буолар үтүө хаачыстыбалартан бэрт кыраны да бэриһиннэрбит буоллахпына – ити мин оччотооҕу салайааччыларым, аҕа табаарыстарым, олор ортолоругар уһулуччу дьайыыны Владимир Гаврилович Павлов оҥорон ааспыта чуолкай уонна махталлаах.

Туой Хайаҕа да үлэлии олороммун, Владимир уон кылааһы уһулуччу чаҕылхайдык бүтэрэн, төрөөбүт Бүлүүчээнигэр үлэлии тахсыбытын, ол үлэтин быспакка сайын аайы Дьокуускайга пединститутка кэтэхтэн үөрэнэн, сайыҥҥы семестргэ сүүрбэччэ эксээмэни наар туйгуннук туттартыыр сурахтарын 64 көс ыраахтан истэ-билэ олорорбут. Владимир дьэ ити курдук олох аанын аһан, үөрэниитин чаҕылхай холобурдарын көрдөрбүтүгэр маарынныыр сорох түгэннэри манна тoҕooc көстүбүтүнэн ахтан ааһыым. Бүлүү педагогическай училищетыгар Үөһээ Бүлүүттэн Миша Докторовтыын үс сыл бииргэ үөрэнэн, училищебытын бүтэрбиппит. Миша эмиэ Владимир курдук наар туйгуннук үөрэммитэ. Үөрэҕи уһулуччу дөбөҥнүк ылынарын бука бары сөҕөрбүт. Кэлин Михаил Михайлович Докторов Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна буолбутун үөрэ истибитим. Эмиэ итинник туйгуннук Чуона оҕото Дима Шамаев үөрэммитэ. Бу уһулуччу оҕо кэлин Салгын авиациятын идэтигэр үөрэнэн, кыһыл дипломунан бүтэрэн, Саха АССР Гражданскай авиациятын салайааччытынан ананан ситиһиилээхтик үлэлээн эрэрин истэн, биһиги, үөрэппит учууталлара киэн туттарбыт.

Үрдүк үөрэххэ дьүккүөрдээхтик толору үөрэнэн, төрөөбүт нэһилиэкпэр Бүлүүчээҥҥэ ананан тиийиэхпэр диэри, били баартыйаҕа киирэрбэр мэктиэлиир сурукпун сол да кичэллээхтик ууруна сылдьыбытым. Оскуола дириэктэрин үөрэтэр үлэҕэ солбуйааччынан үлэлии олорон, педколлектив иннигэр үөрэнээччи үөрэммит кылааһыгар иккис, оннооҕор үһүс сыл хаалыытын хайдах суох оҥоробут диэн олус ыарахан, хайдах да туоратыллар кыаҕа суох буолбут, кытаанахтык иҥэн, соччо кими да долгуппат буолбут боппуруоһу дириэктэрбиниин туруорбуппут. Итинник хамсааһыны тэрийиигэ биһиги бииргэ үлэлиир учууталларбыт сатабылларыгар, үөрэтии ньымаларын тупсарар кыахтаахтарыгар тирэҕирбиппит. Дьолго, биһиги бу ыҥырыыбытын оройуон оскуолалара көхтөөхтүк өйөөбүттэрэ. Маны таба көрөн, болҕомтоҕо ылан, оройкуом бюротугар информациябытын истибиттэрэ, саманна баартыйаҕа киирэр-киирбэт боппуруоспут холбуу көрүллүбүтэ…

Бүлүүчээн барахсан салгынныын ыраас, чэбдик, оттуун-мастыын ураты! Манна бааллар ураты кэрэ айылҕалаах «Бүлүү остуолбалардаах» Хаҥалас диэн ааттаах дойду үтүөтэ. Инньэ 90 сыл анараа өттүгэр саманна төрөөбүтэ мин киэн туттар киһим Владимир Гаврилович. Көр, онно этэххэ билигин да чөл турар ампаарга кып-кыра Болуодьа олоро сылдьыбыт кириэһилэтэ, оччолорго туттулла сылдьыбыт мал-сал Павловтар олобурдарыгар саҥарбат туоһу буолан хараллан тураллар. Хаҥалас халыҥ сис тыаларын булда, өрүһүн аатырар дириҥ чүөмпэлэрин балыга, ходуһаларыгар өрө анньан үүнэр сүмэһиннээх минньигэс ото былыр-былыргыттан үс саханы угуйан аҕалан дойду-сир оҥотторбут үтүөкэннээх дойду…

Үлэ-хамнас үмүрүйэн быстыбакка, үөрэх сайыҥҥы каникулларыгар бэрт дэҥҥэ мустан, көрсүһэн ааһарбыт. Сайыҥҥы, күһүҥҥү чуумпу, налыы киэһэлэргэ отуу уотун тула олорон, саҥа атастаһыытын, билии-нуомас үллэстиитин умнуллубат түгэннэрэ. Университет бүтэһик кууруһугар бараары сылдьан, биир маннык көрсүһүүбүтүгэр Владимир Гаврилович оройуоҥҥа орто оскуолалар аһыллыылара элбээбитин, олорго салайар каадырдар тиийбэттэрин, онон биһиги үөрэҕи бүтэрэн эргиллэ охсорбутугар баҕатын эппитин умнубаппын. Владимир Гаврилович кыһын Дьокуускайга командировкаларга тиийэригэр быыс булан Сэргэлээх уопсайдарыгар биһигини көрсө, үөрэхпитин, олохпутун билсэ кэлэрэ. Эһиилигэр хас да киһи, олор истэригэр Василий Ефремович Александров, Иван Герасимович Иванов-Нуолур, Николай Гаврилович Романов, Юрий Трофимович Подрясов, Василий Павлович Данилов о.д.а. оскуолалар директордарынан, үөрэх чааһын сэбиэдиссэйдэринэн бэрт уһуннук, таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрин оройуон общественноһа махталынан ахтар.

Үөрэх оройуоннааҕы салаатын сэбиэдиссэйинэн үлэлии олорон, РСФСР Үөрэҕин министерствотын тэрийиитинэн научнай-практическай конференцияҕа кыттан, онно Социалистическай үлэ Геройа, учууталым Г.Е.Бессонов үлэтин уопутун туһунан үс улахан альбому илдьэн көрдөрө-көрдөрө хос дакылаат аахпыппын улаханнык сэргээбиттэрэ. Ити бириэмэҕэ Владимир Гаврилович ССКП Киин Кэмитиэтигэр үлэлиир кэмэ этэ. Инньэ гынан, кини мин дакылааппын көрөн, көннөрөн, эбэн-сабан эрэдээксийэлээн, тупсаран биэрбитэ. Маннык таһымнаах мунньахха кыттарбар олус көтөҕүллэн, үөрэн-көтөн туран көмөлөспүтэ. Дойдубар төннөрбөр баартыйа Киин аппараатын аптамабыылынан Домодедоваҕа киллэрэн, бэрт сылаастык атаарбыта.

Бу В.Г.Павлов туһунан ахтыыбын суруйарбар Чуонаҕа үөрэппит чулуу оҕом Дима Шамаев туһунан түбэспиччэ ахтан ааспатым. Оччоттон баччаҕа диэри салалта каадыры бэлэмниирэ, иитэрэ, үлэҕэ аттаран туруоруута сөптөөхтүк уопсай дьыала интэриэһигэр бас бэриннэриллэн ыытыллар эрэ буоллаҕына үтүө түмүктээх буолара урут-уруккуттан билиниллэр, сөптөөҕө дакаастаммыт дьыала… Оттон каадырга харыстабыллаахтык сыһыаннаһыы, өйөөһүн тутайар түгэнигэр күүтүллүбэтэх бөрүкүтэ суох быһыылар тахсалларын олох практиката көрдөрөр. Дмитрий Данилович Шамаев анал үрдүк үөрэҕи туйгуннук, Кыһыл дипломнаах бүтэрэн, өрөспүүбүлүкэ авиагруппатын салайааччытынан бэркэ табыллан үлэлии олордоҕуна, кинини хатыйааччылар киксэн үлэтиттэн үүрдэрэн тураллар. Мин толкуйдуурбунан каадыры кини чахчылаах дьыалабыай хаачыстыбатынан ханна ордук табыллан үлэлиир миэстэтигэр туруоруллара хайа да өттүгэр барыстаах…

Оттон каадыры билсиинэн, ханнык эрэ сибээһинэн, кэтэх аанынан, дьиҥнээхтик үөрэтэн көрбөккө эрэ, кыайар-кыайбат үлэтигэр олордуу көдьүүһэ кыра. Унньуктаах уһун кэмнээх үлэм усталаах-туоратыгар үлэлэһэ олорон бэлиэтии көрдөхпүнэ, былаас урдуку да эшелоннарыгар, оройуон да таһымыгар каадыры кытары үлэ мэлдьитин сөпкө барбыта диэн бигэргэтэр кыаҕым суох. Онуоха эбии биир-икки түгэҥҥэ бэйэм эмиэ охсуулары ылаттаабыт чахчыларым үлэбэр да, тус олохпор да ыарыылаахтык дьайан ааспыттарын умнуох туһум суох.

Владимир Гаврилович ССКП КК-тан төрөөбүт Сахатын сиригэр салгыы үлэлии кэлиитин өрөспүүбүлүкэ бүүс-бүтүннүү уруйдуу көрсүбүтэ. Владимир Гавриловичка норуот таптала, салайааччы быһыытынан авторитета үрдээн иһэрин өрөспүүбүлүкэ оччотооҕу салалтата сөбүлээбэтэ биллэн барбыта. Ситинтэн саҕаламмыта В.Г.Павловы намтатыы, үлэттэн үлэҕэ көһөрүү. Маннык тымныы сыһыаны, харыыта суох намтатыыны кини хайаан тулуйбута, дууһата кыламмыта буолуой! Биһиги, кини иитиллиитин барбыттар, Владимир Гаврильевичка итинник ааҥнаабыт кытаанах күннэригэр сибээспитин быспакка, кини аттыгар кыалларынан чугас буола сатаабыппыт. Баччалаах хараҥа кэмнэргэ барахсаммыт, үүрүүгэ да сырыттар, ис туругун биһиэхэ биллэрбэт буола сатыыр модун характердааҕа.

Өй-санаа үллэстэн, источник сибээстэһэн олорбут, улаханнык убаастыыр учуонайым Е.Е.Алексеев Владимир Гаврилович туһунан икки кинигэни, сүүһүнэн ыстатыйалары суруйан хаалларбыт дьоһун үтүөлээх киһи. 2004 с. күһүн Егор Егорович дьиэбэр анаан-минээн сылдьан, «Өрөспүүбүлүкэ чулуу дьоно» серияҕа субу бэчээттэнэн тахсыбыт «Владимир Павлов» диэн ааттаах кинигэтин маннык диэн суруктаан туттарбыта: «Үтүө-мааны Николай Николаевич! Киһи эрэйдэнэр буоллаҕына эрэйдэммит Киһи. Ону тулуурунан, өйүнэн кыайбыта. Киһи холобур ылар Киһитэ. Күндү Николай, эн даҕаны Владимир Гавриловиһы, бука, дириҥник ытыктыырыҥ буолуо. Чэгиэн-чэбдик буол. Ааптар Е.Е.Алексеев».

Олох cалҕанаp. Владимир Гаврилович кыһанан-мүһэнэн олоххо бэлэмнээбит, иитэлээбит каадырдара Афанасьев П.П., Никифоров М.В., Омуков В.В., Осипов Н,Н.. Яковлев Г.П., Степанов Ю.П., бырааттыы И.И.Николаевтар о.д.а. настаабынньыктара өссө олохтон бара илигиттэн, норуот хаһаайыстыбатын бары салааларыгар көхтөөх, айар-тутар үлэ үөһүгэр күргүөмүнэн түспүттэрэ. Төрөөбүт өрөспүүбүлүкэлэрин, оройуоннарын туһугар чиэһинэй, хорсун үлэ холобурун көрдөрбүттэрэ. Аны мантан инньэ В.Г.Павлов иитэлээн таһаарбыт каадырдарын оҕолоро, сиэннэрэ кэлэн иһиэхтэрэ. Дьонун үтүө холобурдарын батыһан үлэҕэ, олоххо бөдөҥ ситиһиилэри көрдөрүөхтэрэ.

Олоххо эрэллээхтик үктэнэн, уһун суолум төрдүгэр киириибэр бартыыйынай салайааччым В.Г.Павлов миэхэ эрэнэн биэрбит мэктиэлээһинин халбаҥнаабат салалта оҥостон, Улуу Ленин килбиэннээх баартыйатын чилиэннэрин кэккэтигэр 59-с сылбын барсан иһэбин. Настаабынньыгым эрэлин толорон, кыһыл билиэппин сүрэхпэр сыһыары тутан, биир да түгэҥҥэ баартыйабын таҥнарбакка, этэҥҥэ олохпун түмүктээн эрэбин…

Николай СПИРИДОНОВ

— Дойду Ньукууһа,

сэрии тулаайаҕа, оҕо дьиэтин

Бочуоттаах иитиллээччитэ.

2021 с.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *