Мурукучаев Павел Васильевич (14.04.1908-02.12.1968 сс.) Илимнииргэ – Сунтаар улууһун Хадан нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1930 сыллаахха Якутскай национальнай военнай оскуоланы (ЯНВШ) бүтэрбитэ. ОГПУ-га сержант званиелаах сулууспатын саҕалаабыта.

1931 сыл тохсунньу ыйга П.Т.Павлов баандатын суох оҥорорго кыттыспыта. Ол Бүлүүчээнтэн Мэйик диэн 100 килэмиэтирдээх сиргэ табалаах наартанан ситэн кэлбиттэр. Түөрт ОГПУ киһитэ иннилэриттэн, алта НКВД киһитэ кэннилэриттэн сүүрэн киирбиттэр. Бообой: “Миигин өлөрүмэҥ!” – диэн хаһыытаан баран утары сүүрэн истэҕинэ ОГПУ киһитэ Лэппиэрий ытан өлөрөн кэбиспит. Ол кэннэ П.Т.Павлов револьвер пистолетынан Лэппиэрийи өттүгүн быһа ытан кэбиспит. Лэппиэрий 1967 сыллаахха Тойбохойго олорон өлбүтэ. Өттүгүн уҥуоҕар рентген снимокка бэстилиэт буулдьата иҥнэн баран сылдьар үһү, ону быраастар кыайан ылбатахтар.
П.Т.Павлов үөһээ ойуурга куотан баран онно ытыллан өлбүт. Таба наартатын анныгар икки оҕо саһа сытарын булан Сунтаарга киллэрбиттэр. Павлов үс саастаах кыыһа ойоҕостотон өлбүт. Түөрт саастаах уола кэлин улаатан баран милиция полковнига буолбут.
П.В.Мурукучаев 1931 сылтан ВКП(б), ССКП чилиэнэ, партийнай билиэтин нүөмэрэ 194655.
Павел Мурукучаевы 1934 сыллаахха ВЧК-ГПУ Садын оройуонун Туой-Хайа бөһүөлэгэр кэргэнин, икки оҕотун кытта үлэлэтэ ыыппыттар.

Ньурба оройуонун военкоматын мобилизациятынан 1941 сыл балаҕан ыйын 5 күнүгэр ГПУ конвоира П.В.Мурукучаев 700 киһини Иркутскай куоракка аҕалан туттарбыт. 1941 сыллаахха 06040 нүөмэрдээх п/п байыаннай чааһын уонна 06100 нүөмэрдээх п/п байыаннай чааһыгар старшина, взвод командирын көмөлөһөөччүтэ. Чита куоракка, Каранол бөһүөлэккэ, Бурятияҕа саллааттары бойобуой бэлэмнээһиҥҥэ, Арҕаа ыытыыга сулууспалаабыт.
1941 сыл сэтинньититтэн 1944 сыл олунньутугар диэри Арҕаа фроҥҥа сулууспалаабыт. Автоматчик уонна пулеметчик этэ. “За победу над Германией” мэтээллээх. Байыаннай билиэтин нүөмэрэ ЛХ 354314.
Дьокуускайдааҕы НКВД штаба Сунтаар оройуонун Кэмпэндээйи бөһүөлэгэр ыытан, Павел Мурукучаев 8-с колонияҕа, маҕаһыыҥҥа, ыскылаакка хаайыылаахтары аһатарга сулууспалаабыта. Ити 1945 сыллаахха колония сабыллыар диэри.
Кэмпэндээйигэ түүнүн АХШ дизельнэй мотуора уот биэрэн, дэриэбинэ иһэ лаампа уотуттан сып-сырдык үһү. 8-с нүөмэрдээх колония грязелебница утары, үрэх уҥуор 3 килэмиэтирдээх сиргэ тайҕаҕа турбут. Түүнүн эмиэ дизель мотуор холбонон колония иһэ түүнүн уотунан сырдаан көстөр үһү.
Маҕаһыыҥҥа Америка бородууктата: кууллаах саахар, чэй, бурдук, рулоннаах таҥас атыыланара. Ыскылаакка эмиэ Америкаттан аҕалыллыбыт бурдук, тушенка элбэх эбит.
Павел Васильевич “сепсис крови” буолан, 1968 сыл ахсынньы 2 күнүгэр Дьокуускай куоракка эпэрээссийэ кэнниттэн өлбүтэ. Биһиги: кыыһа Ага Шарапова, күтүөтэ Николай Шарапов, үс сиэнэ – Коля, Петя, Яша буолан Бүлүү кылаабыһатыгар “Каландарашвили” пааматынньык аттыгар суол диэки көмпүппүт.
Яков ШАРАПОВ,
П.В.Мурукучаев сиэнэ.
Дьокуускай.
2021 с.
Хаартыскаҕа: 1. П.В.Мурукучаев, 1944 с.
2. ЯНВШ-га үөрэнэ сылдьан,
үөһэттэн үһүс эрээт,
уҥаттан үһүс турар. 1930 с.
