(18.02.1959 — 02.04.2021)
Харанутова Надежда Егоровна 1959 сыл олунньу 18 күнүгэр Уус-Алдан улууһун Бороҕон нэһилиэгэр биэс оҕолоох Евгения Петровна, Егор Егорович Бубякиннар дьиэ кэргэттэригэр иккис оҕонон күн сирин көрбүтэ. Дьиэ кэргэҥҥэ соҕотох мааны кыыс оҕо этэ.

Надя оҕо сааһа оччотоооҕу оҕолортон уратыта суохтук ааспыта. Эдьиий быһыытынан кыра бырааттарын көрөн, бүөбэйдэһэн, оҕо эрдэҕиттэн улахан киһи курдук эппиэтинэстээх, быһаарыылаах буола улааппыта. Аҕата Егор Егорович партийнай-номенклатурнай үлэһит, салайааччы буолан партия ханна ыытарынан үлэлээн, элбэх сиргэ көһөн олорбуттара. Онон Надя Уус-Алдан Томтор бөһүөлэгин оскуолатыгар маҥнайгы кылааска киирбитэ. Салгыы Баатаҕай оскуолатыгар, онтон букатын да хоту Чокуурдаахха үөрэммитэ.
Онон кини кыра эрдэҕиттэн коллективка түргэнник киирэргэ, дьону кытта түргэнник биир тылы буларга, кэпсэтиилээх буоларга үөрэммитэ. Чокуурдаахха олорон оҕолору сайынын бэйэлэрин эрэ чымыдааннарын туттаран баран, самолёкка олордон дьонноругар сайылата ыыталлара. Онно барытын Надялара быһаарсан, оҕолорун батыһыннаран, Дьокуускайынан эргийэн Орто-Халыма Эбээх бөһүөлэгэр аймахтарыгар бараллара. Сайылаан баран күһүн эмиэ оннук айаннаан кэлэллэрэ. Оччотооҕу кэмҥэ төрөппүттэр куруук үлэттэн ордубаттар, оҕолор бэйэ-бэйэлэрин көрсөн, иннилэрин көрүнэн, хата кимтэн олоххо бэлэмнээх дьон буола улааталлар.
Ийэтэ Евгения Петровна иистэнньэҥ буолан, Надятын кыра эрдэҕиттэн тигэн, наһаа маанытык таҥыннаран улаатыннарбыта. Бастакы саҕынньаҕа маҥан кырсаттан тигиллибитэ. Инньэ гынан Надя олоҕун устата куруук бэйэтин көрүнэрэ, өрүү маанытык таҥнара, куруук кырасыабай буолара.
Дьэ онтон үчүгэй салайааччыны Егор Егоровиһы куоракка үлэҕэ ыҥыраллар. Онон Бубякиннар дьиэ кэргэн 1975 сыллаахха Дьокуускай куоракка көһөн кэлэн, куорат ыала буолаллар. Надя Дьокуускай куорат 2-с №-дээх оскуолатыгар үөрэнэ киирэр уонна 1976 сыллаахха ситиһиилээхтик бүтэрэр.
Оскуоланы бүтэрэн баран, медик буолар баҕалаах Дьокуускайдааҕы медицинскэй училищеҕа үөрэнэ киирэр. 1979 сыллаахха бүтэрэн баран Мэҥэ-Хаҥалас оройуоннааҕы балыыһатын родильнай отделениетыгар дьуһуурунай медсестранан үлэтин саҕалыыр. Салгыы оҕо республиканскай балыыһатыгар педиатрическай отделениеҕа медсестранан үлэлиир. 1981 сыллаахха үөрэҕин үрдэтинээри СГУ бэлэмнэнии факультетыгар үөрэнэр уонна ити сыл күһүнүгэр мединститут студентката буолар.
Үөрэҕэр олус кыһаллар буолан ыарырҕаппакка, чэпчэкитик үөрэнэн 1988 сыллаахха бүтэрэн быраас идэтин ылар. Бүтэрээт республиканскай противотуберкулёзнай диспансерга интерн бырааһынан үлэҕэ киирбитэ. Интернатура кэнниттэн диспансернай отделениеҕа фтизиатр бырааһынан 1993 сыллаахха диэри үлэлээбитэ. Онтон оҕолонон баран Дьокуускай куорат 10-с №-дээх детсадыгар педиатр бырааһынан 1994 сылга диэри үлэлиир.
Надя үөрэнэр, студенныыр сылларыгар олус үчүгэй доҕоттордоммута, ол доҕотторун кытта олоҕун устата бииргэ алтыһан сылдьыбыта.
Доҕотторугар, дьүөгэлэригэр Надя саха кыраһыабай кыыһын эталона, хайа да балаһыанньаҕа ып-ыраас, мап-мааны, бэйэтигэр барсар муодунай таҥастаах уонна куруук үрдүк хобулуктаах буолааччы. Онуоха эбии иистэнньэҥ ийэлээх буолан, бэйэтигэр анаан тигиллибит мааны шубалары кэтэрэ. Олус үчүгэй майгылаах, киһи быһыытынан үтүөкэн Надяны доҕотторо олус сөбүлүүллэрэ.
Аны биир уратытынан Надя суоппар праватыгар туттаран, омук массыыналанан куорат устун бэйэтэ ыытан сылдьар буолбута. 90-с сылларга куоракка кыыс массыынанан сылдьара отой сэдэх буоллаҕа. Массыына ыытарын олус сөбүлүүрэ, кэлин “массыына ыыттахпына аралдьыйабын, сэргэхсийэбин” диирэ. Олоҕун устата син балачча араас мааркалаах массыыналары ыыппыта, улахан ыстаастаах эрэллээх суоппар этэ.
Надя студенныы сылдьан стройэтэрээттэри кытта медигинэн үлэлии барсара. 1987 сыллаахха тыа хаһаайыстыбатын институтун этэрээтин кытары Ньурбаҕа күрүө тутуутугар үлэлии сылдьан Харанутов Олегы кытта билсэн, 1990 сыллаахха ыал буолбуттара. Күтүөт уол дойдутугар Иркутскай уобаласка Еланцыга баран уруу тэрийбиттэрэ. Сыры-сыллата оҕолоро – Люда 1990 сыллаахха, Боря 1991 сыллаахха төрөөбүттэрэ.
Еланцыга баран олорон баран, төттөрү дойдутугар кэлбитэ.
90-с сылларга хамнас отой кэлбэт, ыарахан кэмнэрэ кэлбиттэрэ. Надя оҕолорун, дьонун иитээри атыы-эргиэн эйгэтигэр бизнескэ барбыта туһугар эмиэ хорсун быһыы диэххэ сөп. Кытайтан табаар аҕалан куоратынан, Халыманан атыылыыра. Нарын-намчы Надя ыбыс-ыарахан бауллары сүгэн-көтөҕөн, төттөрү-таары айаннаан, сыралаһан бу эйгэҕэ уһуннук үлэлээбитэ. Тирэнэр тирэҕэ, өйүүр-убуур дьоно – төрөппүттэрэ, бииргэ төрөөбүттэрэ куруук кини аттыгар бааллара.

Надя киһи быһыытынан ханна да сырыттын, бииргэ алтыспыт дьонугар куруук сөбүлэтэрэ – көнө майгытынан, үтүө сыһыанынан, наада буоллаҕына тута көмөҕө кэлэр эрэллээх сыһыанынан. Ийэ, хаһаайка быһыытынан холобурга сылдьыан сөптөөх киһи. Кини ыалдьытымсах, дьиэтигэр сандалыта куруук толору астаах. Дьиэтин бэйэтэ былааннаан, оностон, хайа да дизайнер оҥорбутунааҕар тупсаҕай тутуулаах-хабыылаах, киһи киирэн баран тахсыан баҕарбат сылаас эйгэлээх.
Надя оҕолорун Людалаах Боряны олус таптыыра, оҕолорун тустарыгар кыайбатаҕын кыайара. Оҕолоро олоҕун суолталара этэ, олоҕун бүтүннүү кинилэр тустарыгар анаабыта. Оҕолорун үөрэхтээн, ыал оҥортоон, урууларын тэрийэн, дьиэлээн-уоттаан, ийэ быһыытынан үрдүк аналын дьоһуннук уонна чиэстээхтик толордо. Оҕолоро даҕаны талбыт курдук үөрэхтэрин ситиһиилээхтик бүтэрэн, идэ ылан, олоххо бэйэлэрин миэстэлэрин булан, утуу-субуу күтүөт, кийиит киллэрэн ийэлэрин үөрдүбүттэрэ.
Талбыт курдук икки кыыс, икки уол сиэннэнэн эбээ буолар үрдүк дьолломмута. Сиэн сытын билэн, бүөбэйдэһэн, улахан сиэнин оскуолаҕа киллэрэн, бүтэһик күнүгэр диэри сиэннэрин көрсө олорон барда. Софията, бастакы мааны сиэнэ – дьүөгэтэ, киэн туттуута, улахан муҥура суох таптала. “Оҕом мин суох да буоллахпына миигин өйдүү-саныы сылдьарын курдук”, – диэн кини баҕатын барытын толорон, маанылыыра…
Кийиитигэр, күтүөтүгэр хара киириэхтэриттэн истиҥник ийэлии сыһыаннаспыта, бэйэтин кынатын анныгар ылбыта.
Надя бииргэ төрөөбүттэригэр ураты уйаҕас сыһыаннааҕа, кийииттэригэр, саҥастарыгар сылаастык сыһыаннаһара, кинилэр оҕолоругар барыларыгар кыһаллара.
Ыар ыарыыга ылларан, Надя өр сылларга эрэйдэннэ. Ол да буоллар санаатын түһэрбэккэ, үҥсэргээбэккэ, муҥатыйбакка уонтан тахса сыл устата бу ыар ыарыыны кытта эрдээхтик турууласта. Оҕолорун атахтарыгар туруорар туһуттан сымыһаҕын быһа ытыран, оҕолорун ыал-дьон оҥортоон, олоххо суолларын буллартаата. Дьиэлээн-уоттаан, уйалаан, туруоруммут сыалын толорон бу орто дойдуттан нус-хас араҕыста. Бу сыллар усталарын тухары куруук үчүгэйбин, этэҥҥэбин эрэ диирэ, отой ыһыктынан, сытынан кэбиспэт этэ. Уонна куруук мааркатын тутан, син биир мап-мааны, кыраһыабай Надя буолара. Дьүөгэлэрин кытта кэпсэттэҕинэ куруук оҕолорун кэпсээнэ, үчүгэй кийииккэ, күтүөккэ түбэстим диэн өрүү махталлаах буолара…

Бу орто дойдуга кыыс оҕо буолан төрөөн, кылгастык да буоллар бэриллибит олоҕор Надя дьоллоох оҕо сааһы, эрчимнээх, романтикалаах эдэр сааһы, таптал да дьолун амсайан, истиҥ доҕордуу сыһыаны билэн, үчүгэй дьиэҕэ-уокка олорон, ийэ-эбээ буолар дьолун толору билэн орто дойду олоҕор дьоһуннук олорон ааста. Хаарыаннаах үтүөкэн дьүөгэ, истиҥ ийэ, эйэҕэс да эйэҕэс эбээ, эдьиий, Надя, Надежда Егоровна бу орто дойдуга биир да киһини улаханнык саҥарбатах, биир да киһиэхэ куһаҕаны баҕарбатах сырдык, ыраас киһи – быдан дьылларга быраһаай!
Эн үтүө ааккын оҕолоруҥ, сиэннэриҥ ааттатыахтара, чугас дьонуҥ, дьүөгэлэриҥ куруук эйигин ахта-саныы сылдьыахтара.
Чугас аймахтарын аатыттан
Сардаана Николаевна
ЭЛЯКОВА.
2021 с.

ЕваШеЩд
скачать официальное приложение мелбет скачать официальное приложение мелбет .
pin up bonus olish https://pinup87630.help
mostbet roʻyxatdan oʻtish promo kod mostbet roʻyxatdan oʻtish promo kod