Бииргэ төрөөбүт убайым Данилов Александр Петрович төрөөбүтэ 80 сылыгар анаан ахтыы.
Убайым Александр Петрович Данилов 1942 с. тохсунньу ый 18 күнүгэр Муома оройуонун Төбүлэх нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Аҕабыт Данилов Пётр Гаврильевич, ийэбит Александра Егоровна бастакы уолларынан төрөөбүтэ.
Аҕабыт Уус-Алдан оройуонун Томторугар төрөөбүт, олорбут, онно Вознесенскай таҥара дьиэтигэр сүрэхтэммит. Онтон тулаайах хаалан Лөгөйгө сэттэ кылаастаах оскуоланы бүтэрэн, Кэптэнигэ колхозка счетоводунан үлэлии сылдьыбыт. 17 саастааҕар Чурапчыга үс ыйдаах курска үөрэнэн баран, Муома оройуона тэриллибитигэр бастакы учууталлар ахсааннарыгар киллэрэн, 9 ый сиринэн айаннаан Төбүлэххэ кэлэн начальнай оскуола тэрийбит.
1950-с сылларга Хонууга көһөн киирбиттэр. Муома совхоһа тэриллибитигэр совхоз кылаабынай экономиһынан анаммыта. 20 сыллаах үлэтэ элбэх мэтээллэринэн, орденынан бэлиэтэммитэ.
Ийэбит Александра Егоровна элбэх оҕолоох ыалга төрөөбүтэ. 17 сааһыгар диэри Өймөкөөҥҥө олорон улааппыта.
Убайдарым Александр уонна Спартак миигиттэн 9, 11 сыл аҕа этилэр. Убайым Александр оскуолаҕа бастакы кылаастан ыла математикаҕа олус үчүгэйдик үөрэммитэ. Оскуолаҕа элбэх доҕордоох этэ. Спорт бары көрүҥнэринэн дьарыктанара. Саахымакка, хайыһарга, волейболга, настольнай теннискэ зональнай күрэхтэһиилэргэ куруутун миэстэлэһэрэ. Төрөппүттэрин кытта куоракка кэлэн, саахымакка кыттан республика хаһыаттарыгар бэлиэтэммиттэрэ. Үлэлиир да кэмнэригэр саахымакка, остуол тенниһигэр үчүгэй спортсмен быһыытынан биллибитэ.
Убайым оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан биир “4” сыананы 7-с кылааска ылан, 1960 сыллаахха Муома орто оскуолатын бастакынан үрүҥ көмүс мэтээлинэн бүтэрбитэ. Математика учууталлара: Н.А.Коростелев, В.С.Долгунов финансовай-экономическай үөрэххэ киирэргэ сүбэлээбиттэрэ. Оскуола директора Василий Софронович Долгунов төрөппүттэрбитин кытта сүбэлэһэн баран, Ленинградтааҕы Вознесенскай аатынан финансовай-экономическай институтка үөрэххэ киирэргэ көмөлөспүтэ. Үөрэҕин “с отличием” бүтэрбитэ. Үп-харчы ыараханыттан убайым үөрэнэр сылларыгар каникулун бириэмэтигэр дьиэтигэр сынньана кэлбэккэ, “Скороход” фабрикаҕа үлэлээбитэ.

Үөрэҕин бүтэрэн кэлээтин кытта Үп министерствотыгар отдел саамай эдэр салайааччытынан анаммыта. Ити сыл культпросвет училищеҕа үөрэнэ сылдьар Зверева Матрёна Сергеевнаны кытта билсэн холбоспуттара. 45 сыл бииргэ олорбуттара, 3 кыыстаммыттара.
Александр Петрович Үп министрин бастакы солбуйааччынан уонтан тахса сыл үлэлээбитэ. Ол сылларга ЫБСЛК – Саха сиринээҕи бастакы секретара Н.И.Соломов этии киллэрэн ревизионнай комиссия председателинэн үлэлээбитэ. Онтон партия Обкомун ревизионнай комиссиятын 5 сыл салайбыта. Александр Петрович Саха Республикатын правительствотын дьаһалынан тыа хаһаайыстыбатын министрэ М.Е.Николаев үп уонна экономика боппуруостарыгар бастакы солбуйааччытынан 9 сыл таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Үлэлиир сылларыгар республикаҕа саҥа тэриллэр 25 совхозтары тэрийиинэн дьарыктаммыта. Үлэтигэр наһаа бэриниилээхтик уонна эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһара.
Республика бастакы президенэ талылларыгар Александр Петрович республика үбүн уонна экономикатын холбоммут министерстволарын министринэн анаммыта. Ити улахан эппиэтинэстээх үлэҕэ 9 сыл үлэлээбитэ.
Республика уонна Россия правительствотын икки ардыларыгар боломуочуйалары тыырсыы бэрээдэгинэн Россия Конституциятыгар олоҕуран үлэ саҕаламмытыгар, Александр Петровиһы Россия президенин иһинэн представительство салайааччыта К.Е.Иванов бастакы солбуйааччытынан анаммыта. 6 сыл үлэлээн республика социальнай-экономическай сайдыытыгар сыһыаннаах улахан суолталаах докумуоннары бэлэмнэспитэ.
Пенсияҕа тахсарынан сибээстээн 60 сааһыгар дойдутугар кэлэн Үп министрин солбуйааччытынан үлэлээбитэ. Итиннэ үлэлии олорон бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта. Александр Петрович сэмэй үлэтэ үс ССРС мэтээллэринэн бэлиэтэммитэ. ЦК ВЛКСМ “За активную работу в комсомоле” диэн знагынан кини ордук киэн туттара.
Александр Петрович үп салаатыгар өр сылларга бэриниилээхтик үлэлээбитин кини кыргыттара, сиэннэрэ бу эйгэҕэ үлэлээн салгыыллар. Аҕаларын, эһэлэрин ааттарын үрдүктүк туталлар.
А.П. ДАНИЛОВ бииргэ төрөөбүт быраата
Владимир Петрович ДАНИЛОВ,
“За заслуги перед Отечеством”
2 степенин орден кавалера,
СР норуотун хаһаайыстыбатын
үтүөлээх үлэһитэ, СР Үрдүкү Сэбиэтин
уонна Ил Түмэн народнай депутата,
Муома оройуонун Бочуоттаах олохтооҕо,
юридическай наука доктора, РФ уонна СР
үлэтин ветерана, пенсионер.
