Сидорова Галина Степановна туһунан: Үтүө, сырдык киһи этэ

Кини кимий? Онтон эдьиийим. Сып-сылааһынан көрбүт хара харахтаах, мичээр киэргэппит номоҕон сирэйдээх, хаһан да кыыһырбат, элэккэй киһи – кини эдьиэй Гааля.

Ону баҕас Өлөксөй уол кыратыттан билэр. Бастаан отой да саллыбыттаах ээ, ол эдьиийиттэн. Дьэ, ол маннык.

Сайын үгэнэ. Өлөксөй ханна эрэ улдьааран олорор корпуһугар кэлбитэ (детдом оҕолорун олорор дьиэтэ), оҕо бөҕө утары суугунаһан тоҕо анньан тахсан иһэллэр. “Туох эрэ буолбут, сылдьыбатахпар сэмэлэнэн эрдэҕим”, – дии саныыр. Туох буолбутун билээри бэйэтин саастыы оҕону көрө сатыыр, онто да аллар атаһа Уйбаан Боппуок эрэ буоллаҕа. Уола көстүбэт. Утары обургу саастаах Ымай Куола тахсан иһэрин тохтотон ыйыталаһааччы буолла.

– Тугу мунньахтаатыгыт?

– Шефтэһии туһунан, эйигин Сидорова Галяҕа анаатылар.

– Ол тугуй “сиэптэһии” диэн?

– Ээ, ол кыыс пионерскай хаалтыһын сүтэрдэҕинэ булан биэрэҕин, – диэт Куола ааһа бара турда.

Өлөксөй санааҕа түстэ, “оо, дьэ, хаалтыһын сүтэрбэтэ буолла-ар” диэн уоскутана сатыыр. Дьиҥинэн, ыһыах кэмигэр детдом остолобуойа күнүскү өттүгэр үлэлээбэтинэн улахан кыргыттарга кыра иитиллээччилэри хоччуопаҕа аһатарга диэн хаччы оҕото биэрэр эбиттэр, ону шефтэһии диэн эрдэхтэрэ. Чахчы да, өтөр ыһыахтар саҕаламмыттара.

Өлөксөй Уйбаанныын ыһыах көрүгэр аралдьыйан аһыыр туһунан да санаабаттар. Дьуохар түһүлгэлэрин кэрийэн, тэҥнээхтэрин бөһүөлэк оҕолорун булсан мэниктиир, оонньуур үлүскэнигэр сырыттахтарына Галя Сидорова ыксаан аҕай кэлэн:

– Хайыы, бу оҕолору да, нэһиилэ буллум дии. Баарыаҥҥыттан аһаабакка сылдьаахтыыгыт дуо?

Уолаттар саҥата суох улахан кыыс иннигэр сукуллан тураллар.

– Чэ эрэ, бардыбыт, – диэт Өлөксөйдөөх Уйбааны эр-биир сиэтэн ас сыта кэлэр, ыһыахтыыр арыы ойууру кыйа сиэрдийэ бүтэйи батыһа уһун субурҕа остуоллардаах хоччуоппалыыр сирдэригэр аҕалла. Хара бараан сирэйдээх аҕамсыйбыт дьахтар дьаһайар остуолугар хаптаһын олох маска олордуталаата, асчыт хотуҥҥа тугу эрэ эттэ. Онуоха биирдэрэ Өлүөскэлээх иннилэригэр тэриэлкэлээх миини уурталаата, килиэп быста, алаадьы уурда. Өлүөскэ уол маннык миини хаһан да испэтэх, онтулара үөрэ миинэ диэн эбит. Гааля уолаттары аһыммыттыы көрөр, кини диэки көрдөхтөрүнэ ийэлии эйэҕэстик мичээрдиир.

– Аһааҥ-аһааҥ, оҕолор, – Гааля оҕолору ыксаппат. Күнү быһа аһыылларын умнан мэниктээбит оҕолор ис миинин мотуйдулар, аны асчыт дьахтар икки куурусса сымыытын уолаттарга уунна.

– Ылыҥ, ылыҥ, – диир Гааля, мичээрдиир.

Сымыыттарын охсуһуннараат, хахтыы охсон сиэн кэбистилэр. Эчи үчүгэйин, Өлүөскэ ордук ап-араҕас иһинээҕи төгүрүгүн сөбүлээтэ. Тотон, сылаанньыйан олордохторуна эдьиий Гааля сиэтэн, ыһыахтыыр арыы ойуур иһирдьэтигэр илтэ. Дьон тоҕуоруһан турар сирдэригэр чугуһаатахтарын аайы лыҥкынас куоластаах кыыс ыллыыра иһиллэр. Эчи ыллыыра улаханын, ырааһын!

Маҕан солко былаатынан

Мааны кыыстыы далбаатанан

Көтөн тахсан кыталыктар …

Өлүөскэ кыталыктары кытта тэҥҥэ көтүөн баҕарда. Чугаһаан кэлэн көрбүттэрэ детдом кыыһа Валя Герасимова ыллыы турар, дьон чуумпуран, мэктиэтигэр тыыммакка да истэллэр. Кыыс ыллаан бүтэн түргэн үлүгэрдик дьон быыһыгар киирэн сүтэн хаалла, истиэхпитин иһиттибит диэбиттии дьон тарҕаһар аакка бардылар.

– Уолаттар, киэһэ буолла, корпускутугар сүүрүҥ, – диэт Гааля уолаттары төбөлөрүттэн имэрийдэ, ойууртан тахсар ыллыкка аҕалан атаарталаата. Өлүөскэлээх Уйбаан “Арыыттан” тахсан ыраах көстөр бөһүөлэк диэки сүүрүүнэн түһүнэн кэбистилэр.

Ыһыахтар бүттүлэр, сайын барахсан үгэнэ. Итии сатыылаабыта ыраатта, оҕо-аймах сөтүөттэн ордубат. Биир үтүө күн обургу уолаттары кытта Өлүөскэ, Уйбаан куруук сөтүөлүүр “Көпөөк” көлүччэлэригэр баран эрэллэр. Аккыырай аартыгар тиийэн ойуур иһинэн томточчу кутуллубут буордаах былыргы суол омоонугар тиийиэхтээхтэр, онтулара да мэһэйдээх, быһа барарга Бабыкаанап оҕонньор оттоох күрүөтүн ааһыахтаахтар, оҕонньор бэйэтэ баар буоллаҕына атырдьаҕын өрө туппутунан оҕолору сырсар буолааччы. Улахаттар соруйан да онон барааччылар, оҕонньору кыынньаан бэйэлэрэ мэниктэригэр кутталлаах быһылаантан өрө күүрэн ылаары буоллаҕа. Күрүөлэрэ да сонос талахтартан хатыйан оҥоһуллубут, быыһа суох, бэрт кичэллээх оҥоһуулаах. Бу да сырыыга улахаттар онон бардылар, Өлөксөйдөөх Уйбаан кэннилэриттэн сапсай уопсан иһэллэр.

Оттоох күрүөнү ортолоон эрдэхтэринэ оҕонньор хаһыыта иһилиннэ. Кэбиһиилээх кур от кэнниттэн кыраабылы күөрэччи туппут маҥан баккылаах, оннук ырбахылаах хатыҥыр оҕонньор сүүрэн иһэр эбит. Улахаттар тилэхтэрэ эрэ көстөн хааллылар, икки кыралар уолуйан турбут сирдэригэр хараҕаланнылар. Оҕонньор улахаттары сырсан омунугар кыралар аттыларынан сүүрэн ааста, сиппэт буоллаҕа. Онтон куттанан барар сирдэрэ баҕана үүтэ, кэлэр сирдэрэ кэлии үүтэ, халлаанаан көтүөхтэрин халлаан ыраах, сирдээн тимириэхтэрин сир кытаанах буолан турар кырачааннарга кэлэн, күлэн мичээрдии-мичээрдии төбөлөрүттэн имэрийтэлээтэ.

– Куттанымаҥ, оҕолор, тахсар сир бу баар, – диэн сиэрдийэ күрүөҕэ диэри сирдээн аҕалла. – Быраҕан барбыт чолоҕордоргутун ситиҥ, – диэт, эргиллэн дьиэтин диэки барда.

Өлөксөйдөөх Уйбаан сирэйдэрин көрсөөт, аккыырай суолунан бугуһуйбут кулунчук курдук атахтарын өрө тэбэ-тэбэ сүүрэ турдулар.

Көнөөккө кэлбиттэрэ куруук сыгынньахтанар сирдэригэр кыргыттар кэлэн сыгынньахтаммыттар, сорохторо ууга киирэ иликтэр. Улахан уолаттар көлүччэ уҥуор тиийэн тас таҥастарын устан, көлүччэ бадарааннаах кытылын тэпсэ сылдьаллар. Өлүөскэлээх Уйбаан ханыы тардыстах буолан уҥуор улахан уолаттарга бардылар. Тиийэн аҕыйах таҥастааҕын ньылбырыта биэрэн, Өлүөскэ ууга киирэн бадараан түгэхтээх от саба үүммүт күн уотун суоһугар сылыйбыт чаллыр ууну кэһэр. Биирдэ көрбүтэ аттыгар ким да суох, бары көлүччэ ортотугар кыыстыын-уоллуун сөтүөлээн аймалаһаллар, уунан ысыһа оонньууллар. Өлүөскэ оҕолорго тиийэ охсоору ыксыыр, түбэһиэх сиринэн көлүччэ үөһүгэр дьулуһар. Моонньугар диэри кэһэн киирбитэ баара, оҕолорго субу тиийиэхчэ буолбута да, уу анныгар аҥхайга үктээн оройугар диэри ууга тимис гынна. Чачайа-чачайа күөрэйэр, оҕолор киниэхэ эрэ кыһамматтар. Өлүөскэ эмиэ тимирэн эрэрэ баара да, ким эрэ хонноҕун анныттан чэпчэкитик көтөҕөн дьара сиргэ туруоран кэбистэ. Көрбүтэ эдьиэй Гааля кэм да күн-ый буолбут, быстахха былдьаныаҕын өрүһүйбүт. Махтанар диэни билбэт уолчаан оҕолору кытта оонньообутунан, уунан ыһыссыбытан барар.

Ол сайын эдьиэй Гааля оскуолатын бүтэрэн, оччотооҕу сиэринэн колхоһугар үлэлээтэҕэ. Күһүн оскуола аһылларын чугаһыгар Уйбаан Өлүөскэҕэ кистээн этэр:

– Эдьиэй Гааля “Күрүүкэпкэ” ааһыаҕа, манаан туран олорсуохпут.

Туохха олорсоллорун билбэтэр да, Уйбаан эппитин сэҥээрэ иһиттэ. Чахчы да күнүскү аһылык чугаһыгар бөһүөлэк илин баһыттан сыарҕалаах оҕуһу мииммит киһи кэлэн иһэрэ көһүннэ. Уолаттар утары сүүрэн тиийдилэр, эдьиэй Гааля үөрбүт сирэйэ сырдаан көһүннэ. Уйбаан урут хатаастан тахсан Гааля иннигэр оҕус арҕаһыгар олорунан кэбистэ. Өлүөскэ хойутаабыт киһи быһыытынан эдьиэйин кэннигэр мэҥэстэн, синньигэс биилиттэн кууһан олордо.

Өлүөскэ кыра уол дьылҕа, оҥоһуу диэннэрин билбэт, инникитин туох күүтэрин сэрэйбэт, ол туһунан куойатыгар-маҥкытыгар оҕустарбат. Эдьиэй Гаалялыын, доҕоро Уйбаанныын куруук бииргэ буолуохтарыгар бүк эрэнэр. Кинилэр үтүө майгылаах, эйэҕэс, истиҥ мичээрдээх эдьиэйдэринээн колхуос нэс оҕуһун миинэн өр да өр, ырыых-ыраах айанныахтара. Маҥан былаатынан мааны кыыстыы далбаатанан кинилэр үрдүлэринэн кыталыктар көтө дайыахтара. Эдьиэй Гааля нарын куолаһынан ыллыыран истэ-истэ, ат оҕуска буолбакка түөрт-түөрэм туйахтаах, сыыдам сырыылаах маҥан акка олорсон сырдык саҕахтар диэкки туос бөтөрөҥүнэн көтүөхтэрэ…

Суруйда Уйбаныап Аркадий Степанович. Үөһээ Бүлүү олобура, киин түөлбэ. 2023 сыл ахсынны ый 17 күнэ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *