Киин Комитет 1930 сыллаахха булгуччу начаалынай үөрэхтээһин туһунан уураах ылыныаҕыттан Саха сирин үрдүнэн маассабай үөрэхтээһин саҕаламмыта.
Олус кыраһыабай айылҕалаах Алдан өрүс биэрэгин икки өттүнэн дэриэбинэлэрдээх Томпо улууһугар Степановтар учуутал аймах уһун сылларга үлэлээн кэллэ. Оҕо иитиитигэр өр сыллаах сыралаах үлэлэрин түмэн, 2016 сыллаахха Попечительскай сэбиэт устаабын уонна балаһыанньатын толкуйдаан оҥостуммуттара. Төрөөбүт дойдуларын оскуолата эдэр көлүөнэ ыччаты иитэр-үөрэтэр үлэтигэр күүс-көмө буолар сыал-сорук туруоруммуттара, үчүгэй үөрэнээччилэргэ стипендия олохтообуттара.

Кинилэр удьуордарыгар 30-с сыллартан учууталлар баалларын иһин «Удьуор учуутал Степановтар» диэн династия тэринэн, учуутал идэтигэр үөрэнэн оскуолаларга үлэлээбит уонна үлэлии сылдьар дьоннорун түмэн, үс көлүөнэни аттаран туруортаан оскуоланы кытта үлэлээн барбыттара.
Династияны төрүттээччи Степановтар аймах төрүт уустарын ситиминэн Степанов Гаврил Васильевич (1911-1985). Балта Мария Степанова сэрии иннинэ Дьокуускайга учуутал идэтигэр үөрэммит. Онон бастакы көлүөнэни эдьиийдэрэ Мария Васильевнаттан саҕалаабыттар. Кини 1947 сылтан учууталлаабыт. Династия баһылыга СӨ үөрэҕириитин туйгуна, «Саха Азия оҕолоро» фонда стипендиата, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Томпо улууһун Саһыл нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо – Степанова Александра Гаврильевна, оттон научнай салайааччынан Аллараа Бэстээх 2-с нүөмэрдээх орто оскуолатын дириэктэрэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Колмакова Ольга Васильевна анаммыттара. Иитии-үөрэтии хаачыстыбатын тупсарарга үгүс саҥа өрүттэри киллэрбиттэрэ, материальнай базаны бөҕөргөтөн, чиҥ билиини биэрэн, олоххо бэлэм дьону иитэн таһаарарга дьаныардаахтык үлэлииллэр. Хас биирдии үөрэнээччигэ оскуола оруола уһулуччу улаханын, суолталааҕын өйдөтөллөр. Дириҥ билиилээх-көрүүлээх, бэйэлэрин үлэлэрин олус сөбүлүүр, үөрэнээччилэртэн кытаанах ирдэбиллээх учуутал Степановтар үөрэппит оҕолоруттан өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр үлэлээх, дьоһун дьон тахсыталаабыттара.
Саҥа үөрэх дьылын көрсө Томпо улууһун Саһыл нэһилиэгиттэн төрүттээх учуутал удьуордаах Степановтар СӨ үөрэҕин Министерствотыттан «Династия педагогов Республики Саха Якутия» диэн анал бэлиэнэн наҕараадаланнылар. Учуутал күнүгэр түбэһиннэрэн «Киэргэ» ювелирнай фирма банкетнай саалатыгар мустаннар, үөрүүлээх быһыыга династияҕа киирбит 20 киһи анал бэлиэни туттулар. Ыраах Өймөкөөнтөн Мария Васильевна орто уола Василий Заболоцкай айаннаан кэлэн, ийэтигэр анаммыт түөскэ анньыллар бэлиэни долгуйа тутта. Ийэтэ олорбут олоҕун, үлэлээн ааспыт кэмнэрин ахтыбытын кэпсээтэ.
Степановтар уопсай ыстаастара 174 сыл, онон Томпо улууһугар биир учуутал династия эбилиннэ диэххэ наада. Кинилэр удьуордара салҕанан баран иһиэҕэ, тэнийиэ, олохторун муудараһа симэлийиэ суоҕа диэн эрэнэбин.
Анна КОЗЛОВА, Дьокуускайдааҕы педколледж Бочуоттаах бэтэрээнэ.
2021 сыл.
Хаартыскаҕа: династия аҕа баһылыга А.Г.Степанова.
