Саахымат мындыр оонньуутугар кэккэ улахан ситиһиилэрдээх, Майатааҕы лицей 11-с кылааһын үөрэнээччитэ Денис Назаровтыын кэпсэтиибитин саҕалыыбыт. Кини саахымакка улахан дьоҥҥо өрөспүүбүлүкэ икки төгүллээх чөмпүйүөнэ, оҕолорго Уһук Илин түһүлгэлэрин кыайыылааҕа.
– Денис, саахымат – аан дойдуга саамай киэҥник тарҕаммыт интеллектуальнай оонньуу буолар. Хас сааскыттан оонньуу үөрэммиккиний? Ким үөрэппитэй?
– Биэс сааспыттан оонньуубун. Маҥнай Лоомтукаҕа эбэм үөрэппитэ. Убайбынаан оонньуур этибит. Төрөппүттэрим күүскэ өйөөбүттэрэ.
– Бастакы тириэньэрдэриҥ кимнээх этилэр?
– Бастакы тириэньэрим Анастасия Иннокентьевна Харитонова этэ. Кини 2-с кылаастан саҕалаан эрчийбитэ. Салгыы Гаврил Ильич Колосовка дьарыктаммытым. Кэлин успуорт маастара Владимир Мэндеевич Таппыров эрчийэр буолбута. Кинилэргэ махталым улахан.
– Бастакы улахан ситиһиилэриҥ?
– 2017 сыллаахха Владивостокка Уһук Илин түһүлгэтигэр оҕолорго бастаабытым. Уонна 14 сааспар өрөспүүбүлүкэҕэ улахан дьоҥҥо кыайыым буолар.
– Олоххор кими кумир оҥостоҕуҥ?
– Чугас дьоммун. Ийэбин, аҕабын, убайбын холобур оҥостобун.
– Сыл саҥатыгар ыытыллан түмүктэммит «Ил Дархан Кубогын» туһунан кылгастык кэпсии түс эрэ.
– Олус тэрээһиннээхтик барбыта. Аһыллыытын бары сөбүлээбиппит. Эрдэттэн тириэньэрбинээн бэлэмнэммиппит. Уопсайга 7-с миэстэ буолбутум. Ити Саха сирин саахыматчыттарыттан Дмитрий Егоров кэнниттэн иккис көрдөрүү.
– Лицейи быйыл бүтэрэн баран, үөрэххэ ханна туттарса барар баҕалааххыный? Салгыы успуорт маастарын нуорматын толорорго дьулуһаҕын дуу?
– ХИФУ-га туттарсыам этэ. Салгыы маастар нуорматын толорорго үлэлиэм.
– Үөрэҕи уонна успуорду дьүөрэлиир төһө уустугуй?
– Оҕолортон хаалан хаалабын. Уопсайынан ити чааһыгар ыарахан. Кэлин кыһаллан ситиһэ сатыыбын.

– Мантан саас туох былааннар баалларый?
– Биир кэлим экзамеҥҥа – ЕГЭ-ҕэ бэлэмнэниигэ сүрүн болҕомтобун ууруом. Аҕыйах хонуктааҕыта Уһук Илин чемпионатыгар Саха сирин саахыматчыттарын састаабыгар киирэн күрэхтэһэн кэллим. Барыта 10 регионтан кэлэн кыттан бардылар. Састаап олус күүстээх. Сэттэ спорт маастара уонна Бурятияттан норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах маастар оҕо оонньоотулар. Бэйэм санаабар бэркэ кытынным уонна алтыс буоллум. Блиц оонньууга үһүс миэстэни ыллым. Оонньуурбар үрүҥнэринэн үксүгэр «Ферзевый гамбит» саҕаланыытын сөбүлүүбүн.
– Бэрт сотору, муус устар ый саҥатыгар, аан дойду 17-с чөмпүйүөнүн аатын ылар иһин матчка Арассыыйаттан Ян Непомнящай уонна Кытайтан Дин Лижэнь утарыта олорон быһаарсыахтаахтар. Хайаларын фаворит дии саныыгын?
– Фаворит Ян Непомнящай дии саныыбын. Кини бу сылларга ыытыллыбыт турнирдарга үгүстүк уонна ситиһиилээхтик оонньоото. Дин Лижэнь Кытайга күүстээх хааччахтааһыннар баар буоланнар күрэхтэһиилэргэ кыттыбата.
– Кэпсээниҥ иһин махтанабын, Денис! Үөрэххэр уонна успуорка салгыы ситиһиилэри, кыайыыны-хотууну баҕарабын!
Интервьюну ылла
Милена АНДРЕЕВА,
Майатааҕы лицей 11-с
кылааһын үөрэнээччитэ.
