Лукин Ефрем Ионович туһунан: Үлэһит удьуор утума салҕанар

Биһиги аҕабыт өссө тыыннааҕар саха саарына, талааннаах салайааччы дэппит, Аҕа дойдуну көмүскүүр уоттаах сэрии актыыбынай кыттыылааҕа, гвардеец, холкуос-сопхуос тутуутун бэтэрээнэ, биэс уордьан кавалера: икки Аҕа дойду сэриитин иккис истиэпэннээх, «Кыһыл Сулус», «Үлэ Кыһыл Знамята», «Бочуот Знага» уордьаннардаах, «Хорсунун иһин» уо.д.а. мэтээллэрдээх, РСФСР уонна Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыт, Мэҥэ Хаҥалас оройуонун, Майа сэлиэнньэтин, Хара нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина, «Мэҥэ аат» бэлиэ хаһаайына, Норуот хаһаайыстыбатын Бүтүн Сойуустааҕы быыстапкатыттан боруонса мэтээллээх, СӨ норуот хаһаайыстыбатыгар үтүөлээх үлэһитэ, 64 сыл үлэ ыстаастаах Ефрем Ионович Лукин кулун тутар 16 күнүгэр төрөөбүтэ 105 сыла туолла.

Бүгүн Ефрем Ионович Лукин үлэһит дьон сыдьааннарын тэниппитин бэлиэтээн, тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээн-хамсаан ааспыт уолаттарын, сиэн уолун үлэлэрин-хамнастарын кылгастык сырдатыахпыт. Лукиннар дьиэ кэргэн тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээбит ыстаастара барыта холбоон 189 сыл буолла.

Аҕабыт Лукин Ефрем Ионович аҕата, эһэбит Ион Николаевич Лукин 1882 с. төрөөбүт. Көтөт аҕатын ууһуттан төрүттээх. Дьуоналаах бииргэ төрөөбүт тохсуолар: икки кыыс, сэттэ уол. Төрөөбүтүнэн араспаанньата Алексеев диэн эбит. Кинини Торуоска Ньукулайга (Лукин Николай, 1862 с.т.) иитиэххэ биэрбиттэр, онон Лукин диэн араспаанньаламмыт. Торуоскалар орто кыанар ыал эбиттэр. Сорох бииргэ төрөөбүттэрин атын ыалга иитиэххэ биэрэннэр, бырааттыылар бары тус-туспа араспаанньаламмыттар: Петровтар Бадаайы, Осиповтар, Григорьевтар, Лукиннар, Алексеевтар. Сааһын тухары бэйэтин ииттинэр кыахтаах, 5 ыанар ынахтаах, 5‒6 субан сүөһүлээх, 6‒7 сылгылаах үһү. Былыр-былыргыттан Көтөт аҕа ууһа кыараҕас сирдээх-уоттаах буолан сири бас билиигэ улахан мөккүөрдэр тахсаллар эбит. Көтөт ууһун быыбарынай чаччыыната Егор Григорьев — Мадьыгый уола Көтөт нэһилиэгин тэрийтэрбит, онуоха тыллаах-өстөөх, сытыы-хотуу Арҕас Дьуонаны нэһилиэк кинээһинэн талларбыт. Дьуона икки болдьоххо ыраахтааҕы былааһа сууллуор диэри кинээстээбит. Онон кини Хара нэһилиэгин биир бастакы баһылыга буола сылдьыбытынан биллэр. Дьэппириэм сэттэ саастааҕар аҕата Дьуона куоракка бурдук атыылаан сайыҥҥы аһылыктарын атыылаһа киирэр, иһинэн ыалдьан балыыһаҕа 1925 с. муус устар 24 күнүгэр өлбүт. Кини өлөрүгэр дьонугар 5 ыанар ынаҕы, 8 субан сүөһүнү, 3 көлүүр аты, уонча үөрдээх биир атыыр сылгыны хаалларбыт. Ийэлэрэ үс оҕотун сэргэ кэргэнэ бииргэ төрөөбүт быраатыныын, оҕо эрдэҕиттэн инбэлиит Өлөксөөндүрдүүн аҥаардас хаалбыттар. Арҕас Дьуона нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ сүөһү-сылгы ииттэн, улуу муҥхаларга кыттан аһаан-сиэн, оттоон-мастаан этэҥҥэ олороллорун туһугар түмэн, тэрийэн дьонун-сэргэтин ортотугар ытыктанар эбит.

Биһиги аҕабыт 1918 с. кулун тутар 16 күнүгэр Илин Хаҥалас улууһун Көтөт нэһилиэгэр төрөөбүт. Ефрем 1926 с. Майа оскуолатыгар маҥнайгы кылааска киирбит. Оччотооҕуга оскуолаҕа, төһө да бииргэ үөрэнэр оҕолоруттан уҥуоҕунан кыратын, сааһынан балыһын иһин, үөрэҕи ыларынан, сытыытынан, хоодуоттук туттарынан кылааһын оҕолоруттан хаалсыбата. 1934 с. оскуола сэттэ кылааһын бүтэрбит. Уон алта саастаах уолчаан оройуон сибээһин тэрилтэтигэр суотчутунан үлэтин саҕалыыр. Манна бухгалтерынан омугунан поляк Станислав Станиславович Прибыславскай үлэлиирэ. Киниэхэ быһаччы үөрэнэн, уһуйуллан, кини ыкса көмөтүнэн Ефрем Лукин бухгалтерскай учуокка үөрэммит. Ордук «икки хос система» отчуотун түргэнник ылыммыт. Кэлин Ефрем Ионович араас дуоһунастарга үлэлииригэр ааҕар-суоттуур, былаанныыр идэлээҕэ, үөрэхтээҕэ улаханнык туһалаабыт.

1938 с. Сталин аатынан холкуос бэрэссэдээтэлэ Григорьев Гаврил Николаевич (Харалыыр уола) ыҥырыытынан, дойдутугар суотчуттуу тахсыбыт. Ити курдук, холкуоһугар үтүө суобастаахтык үлэлии сырыттаҕына, 1941 с. бэс ыйын 22 күнүгэр фашистскай Германия Сэбиэскэй Сойууска кыыллыы саба түһэр. 1942 с. бэс ыйын 22 күнүгэр ини-бии Ефрем уонна Алексей Лукиннар сэриилэһэр аармыйаҕа, фроҥҥа барар бэбиэскэни туппуттар. Биир ыалтан икки туруу үлэһит сэриилэһэ бараллара хаалбыт дьиэ кэргэннэригэр улахан охсуулаах буолара биллэр. Ини-бии Лукиннар младшай хамандыырдар буолан, рота икки бойобуой расчетун быһаччы хамаандалыыр буолбуттар.

Элбэх бойобуой наҕараадалардаах зенитчик Лукин Е.И. сэрии бүппүтүн кэннэ 1946 с. тохсунньуга демобилизацияламмыт.

Ефрем дойдутуттан харыс да сири халбарыйбакка, сааһын тухары Хара нэһилиэгэр үлэлээбитэ. Бастаан Сталин аатынан холкуоска ревизиялыыр хамыыһыйа үлэтигэр көмөлөспүт. 1950 с. диэри кылаабынай бухгалтерынан, онтон холкуостар бөдөҥсүтүллүбүттэригэр Сталин аатынан холкуоска экэнэмиис-плановигынан, кэлин бухгалтерынан, кылаабынай бухгалтерынан үлэлээбитэ. 1955 с. Ефрем Ионович холкуоһугар Майа биригээдэтигэр биригэдьииринэн, онтон 1967 с. Ленин аатынан бөдөҥсүйбүт сопхуос М.Д.Петров аатынан отделениетыгар управляющайынан анаммыта. Саҥа тэриллибит сопхуос итиэннэ оройуон салайааччылара киниэхэ уопуттаах, мындыр практик-салайааччыга элбэх үлэһиттээх бөдөҥ производственнай кэлэктииби салайарыгар улахан итэҕэли уонна эппиэтинэһи сүктэрбиттэрэ. Отделение сүрүн хайысхаларынан сүөһүнү иитии, бурдугу ыһыы буолалларынан, сүөһүттэн ылыллар бородууксуйаны элбэтии, хаачыстыбатын тупсарыы, саҥа бааһыналар сирдэрин солооһун, агрономия көрдөбүллэрин халбаҥнаабакка тутуһуу, отделение экэнэмиичэскэй базатын саҥалыы тэрийии, социальнай-култуурунай тутуулары туттарыы уо.д.а. соруктар тураллара.

Харалар өссө килиэккэлээх кыылы (кырымахтаах хара саһылы, нуорканы), хас да cүүс табаны уонна сибиинньэни иитиинэн дьарыктаммыттара. Элбэх дохуот, барыс ылар туһугар турууласпыттара. 1956 с. хас биирдии ийэ саһылтан 3,51 оҕону ылбыттара. Итинник хаһаайыстыбаны Е.И.Лукин үлэлиир кэмигэр ситиһиилээхтик салайбыта. 60-с сылларга аан бастакынан Туустаахха толору мэхэньисээссийэлээх икки этээстээх хотон тутуллубута, сүөһүнү көрүү тупсарыллыбыта, ынаҕы ыыр аппараат туһаныллыбыта. Үлэ көрдөрүүтэ хас да төгүл тупсубута. Ферма ыанньыксыттара өлгөм үүтү ылар иһин дьаныардаах үлэлэрэ үтүө түмүктэрдээх буолбута.

Лукин Ефрем Ионович биригэдьииринэн уонна управляющайынан үлэлиир сылларыгар бурдук араас суортарын үүннэриигэ улахан болҕомтотун уурбута. Хара учаастага бурдуктан ордук үчүгэй көрдөрүүлэри Саха АССР үтүөлээх агронома Г.М.Павлов үлэлиир кэмигэр ситиспитэ. 378 гектар ыһыы сириттэн ортотунан 13,3 центнер бурдугу 1965 с.хомуйбута. Ити дьыл биригээдэ үрдүнэн биир ынахтан 1975 кг үүт ыаммыта. Е.И.Лукин тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга үтүөлэрин иһин 1966 с. Үлэ Кыһыл Знамята уордьанынан наҕараадаламмыта.

1965‒1975 сс. Хара учаастага сиэмэни оҥорор хаһаайыстыба буола сылдьыбыта. Онно ыһыы сиэмэтин 100 бырыһыан кондициялаах бурдугунан бэйэлэрин хааччыйаллара, ордугун атын хаһаайыстыбаларга атыылыыллара. Гектартан үрдүк үүнүүнү Наум Өтөҕө 28, Таҥхаада 35 центнери биэрбиттэрэ. Сылга ортотунан 16‒18 центнер буолара. Ефрем Ионович 1972 с. Ленин аатынан сопхуоһу сайыннарыыга уонна государствоҕа тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйаларын атыылааһыны элбэтиигэ үтүөлэрин иһин «Бочуот Знага» уордьанынан наҕараадаламмыта.

1978 с. биэнсийэҕэ тахсан да баран, сүрэҕэ, дьулуура батарбакка, бэйэтин баҕатынан үлэ үөһүгэр сылдьыбыта. 1984 с. туорахтаах култуураны үүннэрэр звенону салайан хас да cыл үлэлэппитэ. Агрономическай дьаһаллар күһүн уонна саас булгуччулаахтык туолаллара ситиһиллибитэ, ыһыы икки хонуулаах севоборота киллэриллибитэ. Звено 762 гектар сиртэн ортотунан 12-лии центнер бурдугу үүннэрэллэрэ. Е.И.Лукин хорсун буойун, үтүөкэн үлэһит эрэ буолбатах этэ. Кини оройуонугар, нэһилиэнньэҕэ актыыбынай общественник быһыытынан биллэрэ. Ыччаты патриоттуу иитиигэ улахан болҕомтотун уурара. Оройуоҥҥа ат cүүрдүүтун биир тэрийээччитэ, энтузиаһа этэ. Ат успуорда сайдарыгар утумнаахтык сыраласпыта, улахан кылаатын киллэрсибитэ. Cүүрүк аттары соҕурууттан аҕалтаран, кинилэр удьуордарын ууһатыыга, тэнийэригэр үлэлэспитэ.

2010 с. бэс ыйыгар Ефрем Ионович 92 сааһын туолан баран олохтон букатыннаахтык барбыта. Кини өссө тыыннааҕар үүнэр көлүөнэҕэ алгыһын маннык тылынан эппиттээх: «Ыччаттарым олоҕу харыстааҥ, үлэни таптааҥ, үлэттэн дьолу саҕыҥ, киһи-хара буолуҥ!»

Аҕабыт үлэттэн ордон уоппуска да ылаахтаабата. Саас кулун тутартан куоракка ат сүүрдүүлэрэ саҕаланаллара. Онно уоппуска ылан ол харчытынан көрө киирэрэ, уксар эбит этэ. «Кыайдыҥ дуу, кыайтардыҥ дуу», ‒ диэн дьон ыйыттаҕына өрүү: «Тэҥ-тэҥэбин», ‒ диир буолара. Кэлэн үлэтин-хамнаһын салҕыыра, өрөөн-сынньанан сыппата. Ат сүүрдүүтэ сүрүн дьарыга буолбута. Саас буолла да, ат баайааччылары кытта тэҥҥэ сылдьара. Сарсыарда олус эрдэһит этэ. Үлэҕэ барыан иннинэ Уодайга баран сүүрүк сылгылары көрөн-истэн кэлэрэ. Ат сүүрдүүтэ чугаһаатаҕына аанньа да утуйбата уонна түүллээх буолан, хайа ат кыайарын түһүүрүн кэпсиирэ. «Сороҕор сөп түбэһэр», ‒ диирэ, мээнэ кэпсээбэтэ. Аҕабыт ат успуордун энтузиаһа буолан, төрөөбүт нэһилиэгэр үлэтин кытта тэҥҥэ ат успуордун сайыннаран утумнаах үлэни ыыппыта. Харалар сүүрүк сылгылара элбэх рекордары олохтоон өрөспүүбүлүкэҕэ аатырбыттара. Үчүгэй үлэлээх ат успуордун тириэньэрдэрэ үүнэн тахсыбыттара: Н.Н.Платонов, А.А.Слепцов, В.А.Игнатьев. Ефрем Ионович ат успуордун таптыыра, көҕүлүүрэ оҕолоругар, сиэннэригэр бэриллэн салҕанар. Уола Климент Ефремович тренеринэн ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Сиэнэ Аркадий кыра эрдэҕиттэн үлүһүйэн дьарыктанан ат сүүрдээччи быһыытынан биллэр.

Биһиги аҕабыт дьиэтигэр-уотугар аҕыйахта көстөрө, олус эрдэ туран үлэтигэр барбыт буолара. Сарсыарда алтаттан туран фермаларга, гарааска сылдьан кэпсэтэн-ипсэтэн, сүбэлээн-амалаан ааһара. Аҕыс чааска хонтуораҕа кэлэрэ, киэһэтин үксүгэр уһун-киэҥ мунньахтар күүтэллэрэ.

1960-70-с сылларга дьон бары куобахтыыра. Аҕабыт салайааччы буолан сайыҥҥы, күһүҥҥү бурдук үлэтин түмүктээн, отделение үлэһиттэрэ бары атын нэһилиэккэ куобахтыы бараллара. Онно аҕам кэпсэтиини, тэрээһини бэйэтэ дьаһайара. Транспордара тэлиэгэлээх «Беларусь» тыраахтар буолара. Хас да тыраахтарынан толору симиллэн баралларын-кэлэллэрин өйдүүбүн. Биир саас летчик быраата Михаил Лукин Орто Халымаҕа илдьэн бултаппыта, сынньаппыта. Куулунан анды бөҕөнү аҕалбыта. Булууска ууран элбэх ыалга бэрсибитэ.

Ефрем Ионович оройуон, өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарын күннэтэ көтүппэккэ ааҕара. Кэлин кинигэни сөбүлээн ааҕар буолбута, библиотека көхтөөх ааҕааччыта этэ. Оҕолоро үөрэхтэнэллэригэр кыһаммыта. Улахан уол Ефрем Иркутскайга үөрэххэ туттарсарыгар барса сылдьыбыта.

Аҕабыт чаҕылхай олоҕо, ордук эдэр дьоҥҥо, ыччакка уонна кэнэҕэски көлүөнэҕэ үөрэҕи баһылаан үлэһит бэрдэ буолалларыгар үтүө холобур буолуоҕа. Күн сирин анныгар олорбут уһун олоҕо, үлэҕэ ситиһиилэрэ барыта Хара нэһилиэгин уонна улууһун чэчирии сайдарын туһугар анаммыта. 2018 с. Хара орто оскуолатыгар дириэктэр А.А.Стручков көҕүлээһининэн, Е.И.Лукин аатынан “Арҕас” байыаннай-спортивнай кулууп үлэтин саҕалаабыта. Онон аҕабыт аата үйэтитиллэр, ыччаттар эт-хаан өртүнэн сайдыыларыгар олук буолуоҕа.

Аҕабыт Ефрем Ионович патриоттуу өйдөөх-санаалаах буолан төрөөбүт нэһилиэгиттэн харыс да халбарыйбакка Хара нэһилиэгэ сайдарын туһугар үлэлээбитэ, уолаттарын эмиэ ол өйгө-санааҕа такайан үөрэппитэ.

*   *  *

Убайым Ефрем төрүүрүгэр аҕабыт Ефрем Ионович 30 саастаах, сиппит-хоппут киһи этэ. Эбэм Наталья Васильевна ордук үөрээхтээбитэ үһү, бастакы уол сиэннэннэҕэ. Убайым ыал улахан оҕото буолан, кыра эрдэҕиттэн эппиэтинэстээҕэ, бырааттарын Алексейы, Климени батыһыннара сылдьан уокка оттор маһы бэлэмнииллэрэ, муус, хаар киллэрэллэрэ, дьиэ таһын үлэтин бэйэлэрэ үлэлииллэрэ. Оччотооҕу ыаллар курдук кэтэх сүөһүлээх, сибиинньэлээх, өссө кууруссалаах буоларбыт.

Ефрем Майа оскуолатыгар ситиһиилээхтик үөрэммитэ. 1967 с. күһүн аармыйаҕа барбыта. Вологдаҕа радиотехническэй чааска сахалартан соҕотох сулууспалаабыта. Аармыйаттан кэлээт сопхуоска оробуочайдаабыта, отделение комсомольскай тэрилтэтин сэкирэтээринэн, ыччаттарга лидер буолара оччоттон биллибит эбит. Төрөппүттэрбит, эбэбит Наталья үөрэнэн үөрэхтээх буоларбытыгар такайаллара. Кини 1971 с. дьаныһан туран бэлэмнэнэн, үрдүк баалы ылары ситиһэн биолого-географическай факультекка үөрэнэ киирбитэ. Үөрэҕин бүтэрээри сылдьан бииргэ үөрэнэр кыыһын Ниданы кэргэн ылан олоҕун оҥостубута. Эдэр ыал куоракка олохсуйан үлэлээбиттэрэ. Дьокуускайга “Дальгипрозем” бырайыактыыр институкка түөрт сыл үлэлээбитэ. Үлэһит быһыытынан буспута-хаппыта. Онтон Ленин аатынан сопхуос дириэктэрэ В.В.Скрябин угуйан эдэр салайааччы Хараҕа М.Д.Петров аатынан отделениеҕа управляющайынан ананан кэлбитэ. Аныгылыы көрүүлээх үлэҕэ баай уопутун туһанан саҥа сүүрээннэри киллэрбитэ. Үлэһиттэр социалистическай куоталаһыы кыайыылаахтара буолан сүргэлэрэ көтөҕүллэн үлэлээбиттэрэ. Салгыы үрдээн Ленин аатынан сопхуоска кылаабынай зоотехнигынан үлэлии барбыта, онтон “Хаҥалас” сопхуоска дириэктэрдээбитэ. “Хара” бааһынай хаһаайысты-баны тэринэн сиэмэ бурдугу ыһыынан дьарыктаммыта. Хара нэһилиэгин баһылыгынан үлэлээбитэ.

Убайым аҕатын курдук эмиэ сүүрүк аттары баайыы, ууһатыы уустук үлэтин салҕаабыта, уолун Аркашаны батыһыннара сылдьара. Убайым тэрийиитинэн Куоҥ Харахха сыл аайы ат сүүрдүүтэ тэриллэрэ, саха дьоно сөбүлээн көрөр оонньуута буолбута. 1998 с. оройуон Бочуоттаах гражданинын аатын сүкпүтэ. Ол туһунан өрөспүүбүлүкэтээҕи “Трудовая Слава Якутии” (2003) кинигэҕэ аҕабытын кытта кэккэлэһэ олороллорун көрөн наһаа үөрбүтүм, сөхпүтүм. Убайым барахсан, кырдьык даҕаны, аҕатын туйаҕын хатаран уустук кэмнэргэ үлэлээн-хамсаан ааспыт.

*  *  *

Бырааппыт Климент Ефремович 1955 с. төрдүс оҕонон Күн сирин көрбүтэ. Оҕо сааһа холкуос хаһан да бүппэт түбүктээх үлэтигэр ааспыта. Бастакы кылаастан ходуһа, бааһына сирдэрин ыраастааһыннарыттан саҕалаан, кэлин от үлэтигэр буһан-хатан улааппыта. Оскуоланы 1973 с. бүтэрэн, М.Д.Петров аатынан отделениеҕа оробуочайдаабыта.1974 с. Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр сулууспалаабыта. 1976‒1979 сс. Ленин аатынан сопхуоска сүөһү көрүүтүгэр, ат баайыытыгар сылдьыбыта. 1979 с. СГУ тыа хаһаайыстыбатын факультетыгар үөрэнэн, зооинженер идэлэммитэ. 1984‒1993 сс. идэтинэн үлэлээбитэ. 1993‒2011 сс. «Сыҥаһа» бааһынай хаһаайыстыбаны тэриммитэ, ынах сүөһү ахсаанын 16, сылгыны 44 тиэрдэ сыл- дьыбыта. 2011‒2021 сс. 43 сылгынан хаһаайыстыбатыгар үлэлээбитэ. Билигин быраата Аркадий Ефремовичтыын холбоһон үлэлиир. Үлэ бэтэрээнэ.

*  *  *

Арҕастар төрүт дьарыктарын өрө тутан илдьэ сылдьар, сайыннарар, удьуор ууһун салҕааччы Аркадий Лукин буолар.

Сиэммит, Ефрем Ефремович уола Аркадий Ефремович 1986 с. төрөөбүтэ. ДьГТХА юридическай салаатын бүтэрбитэ. Үлэһит Лукиннары удьуордаан сүөһү-ас иитиитинэн, ат сүүрдүүтүнэн дьарыктанар, Уодайга бааһынай хаһаайыстыба тэриммитэ, ынах-сылгы иитиитинэн дьарыктанар. Билигин муниципальнай баайы-дуолу бас билиигэ ааҕыныстыбатын дириэктэрэ итиэннэ улуустааҕы ат успуордун федерациятын дириэктэринэн талыллан ситиһиилээхтик үлэлиир.

Хараҕа патриоттуу сыһыан Ефрем Ионович М.Д.Петров аатынан отделениеҕа управляющайдыы сырыттаҕына Хаптаҕайга управляющайдыы бар диэн баартыйа оройкуомунан модьуйа сылдьыбыттар. Аҕам кыккыраччы аккаастаан быыгабар ылбытым диэн кэпсиирэ. Аҕабыт олох Хараттан атын сиргэ ханна да үлэлээбэппин диэн өйдөбүллээҕэ. Кэлин убайым Ефрем Ефремович эдэр, үөрэхтээх, уопуттаах салайааччыны атын үлэҕэ ыҥыра сылдьыбыттарын ханна да барбакка, уларыйыы, ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр үлэлээн ааспыта. Үлэтин, олоҕун Хараҕа түмүктээбитэ.

Е.И.Лукин аатын үйэтитиигэ Хара нэһилиэгэр ыытыллар үлэлэр: “Өрүүтүн үлэ үөһүгэр” кинигэ электроннай матырыйаал буолан Харатааҕы бибилэтиэкэ медиасаайтыгар киирдэ. Нэһилиэк түөрт туомнаах кинигэтигэр Е.И.Лукин олоҕун, үлэтин, Аҕа дойдуну көмүскээбит хорсун саллаат буоларын туоһулуур ахтыылар, хаартыскалар киирдилэр. И.Г.Игнатьев аатынан Хара орто оскуола иһинэн оҕолорго “Арҕас” патриотическай кулууп, кылааһынан шефтэһии тэриллибитэ. “Үрдьүҥэхтээх” кыбаарталга кини аатынан уулусса баар. Хара оскуолатын үөрэххэ, успуорка ситиһиилээх бастыҥ үөрэнээччитигэр анал истипиэндьийэ туттарыллыаҕа.

Лариса Ефремовна ДМИТРИЕВА,

Арассыыйа, СӨ доруобуйа

харыстабылын туйгуна,

СӨ Бочуоттаах бэтэрээнэ,

Хара нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *