СОФИМ-68, 69, 70 тутар этэрээт туһунан

1967 с. ахсынньы 20 СГУ парткома студеннартан тутуу этэрээттэрин уонна биригээдэлэрин тэрийии туһунан уураах таһаарбытыгар олоҕуран СТЭ туһунан кэпсэтиилэр 1968 сыл саас ФМФ факультетыгар, биһиги бастакы кууруска үөрэнэ сырыттахпытына, тарҕаммыттара.

Бу туһунан истэн баран, Олесова Ирина, Егорова Любовь, Саввина Екатерина, Местников Василий, Тимофеев Павел буоламмыт биир бастакынан суруттарбыппыт. Доруобуйабытын бэрэбиэркэлэтэн, инструктаж ааһан, декаммыт Асекритов Устин Маркович илиититтэн комсомольскай путевканы тутан, СТЭ «СОФИМ» байыастара буолбуппут. Чөл олоҕу тутуһуу – биир сүрүн ирдэбилинэн буолбута.

1968 с. от ыйын саҥатыгар СТЭ «СОФИМ» Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Герой Попов аатынан совхоһун Суола биригээдэтигэр тахсыбыппыт. Этэрээт 30-тан тахса байыаһа Суолаҕа хотон тутар буолбута, командир – Федоров Денис, комиссар – Черепанов Петр. 15 студент Бэдьимэ бөһүөлэгэр саҥа көҥдҥйө тутуллубут икки этээстээх мас оскуоланы ситэриэхтээх этэ, командир  Мыреев Никифор. Кини Ленскэй оройуон Бэчинчэтиттэн сылдьара. Батюшкин Владимир Орто Халыматтан, Олесова Ирина, Местников Василий Уус Алдантан, атыттар Мэҥэ Хаҥаластар этибит. Биһигини оскуола интернатыгар олохтообуттара. Кыргыттарбыт повардыыллара, тутуу үлэтигэр көмөлөһөллөрө, олохтоохтор олус истиҥник сыһыаннаһаллара, үлэбитин кэлэ-бара көрө-истэ сылдьаллара. Совхоз директора Амбросьев, партком секретара Санников, рабочком председателэ Мопполов үлэ тэрээһинигэр быһаччы кыттыбыттара. Опыттаах тутуу үлэһиттэрин Иннокентий Иннокентьевич уонна Ким Романович Аргуновтары наставнигынан анаабыттара. Тутуу үлэтигэр сүбэлээн-амалаан сыһыарбыт дьоммутун махталынан ахтабыт, сибээспитин быспаппыт. Оскуола дьиэтин муостатын, үрдүн оҥоруутун, буорун кутуутун, оскуола олбуорун, спортивнай площадкатын ыйыллыбыт кэмигэр бүтэрбиппит.

1969 с. сайыныгар Чурапчы оройуонун Үрэх Күөрэ учаастагар 500 сүөһү киирэр типовой хотонун капитальнай ремонун оҥорого дуогабар түһэрсэн 40-н тахса студент үлэлии айаннаабыппыт. Командир Мыреев Никифор, комиссар – Бубякин Никифор, хозчаас – Платонов Ачанаш этилэр. 5-6 ыал  да буоллар, учаастакка улахан типовой кулууп, магазин бааллара. Биһиги сорукпут – хотон муостатын үрдэтэн оҥоруу, истиэнэтин маһын уларытыы, таһынан 12 см халыҥнаах цеменнээх бадараанынан сыбааһын, хотон иһигэр трактор батар траншеятын хаһан оҥоруу, үрдүн даҥын кутуу буолбута.  Тутааччылар күннэригэр кыргыттарбыт барыбытыгар биир тэҥ форма тикпиттэрин кэтэн, Дириҥҥэ бииргэ үөрэнэр оҕолорбут үлэлии сылдьар “Маарыкчаан” тутуу этэрээтигэр  айаннаабыппыт.

Аара баран иһэн баһаар умуруорсан хойутаан да тиийдэрбит, истиҥ көрсүһүү кэнниттэн спортка күрэхтэһэн, концерт көрдөрөн астынан төннүбүппүт. Атырдьах ыйын бүтүүтэ үлэбитин комиссияҕа туттаран, ботуччу хамнас аахсан дойдубутугар тарҕаспыппыт.

1970 сыл сайыныгар СТЭ «СОФИМ» Кэбээйи оройуонун Куокуй дэриэбинэтигэр барар буолбуппут. Командир – Мыреев Никифор, комиссар – Кычкин Роман, комсорг – Наумов Валерий. Дэриэбинэттэн 2 км. тэйиччи турар кыылы иитэр фермаҕа үс этээстээх дьиэни, саһыл, кырса турар клеткаларын оҥорорго дуогабар түһэрсэн үлэбитин саҕалаабыппыт. Урукку сыллартан уратыбыт диэн нэһилиэнньэҕэ үлэни кэҥэппиппит: ветераннарга уонна совхозка от үлэтигэр көмөлөһүү, детсад өрөмүөнэ, пионердары кытта үлэ, бэрээдэгинэн милицияҕа учуокка турар уонна мөлтөх үөрэхтээх оҕолору кытта дьарыктаныы. Кэрэ көстүүлээх Луҥха үрэх үрдүгэр балаакканан олорбуппут. Кумаара олус элбэҕэ, күнүһүн хата намыраан уоскутара. Сир аһа өлгөмө, үрэххэ балыга, уута ырааһа абылаабыта. Сезоммут бүтүүтэ уолаттар биригээдэлэрэ Арыктаах бөһүөлэккэ баран саҥа хотон тутуутугар үлэлээн кэлбиттэрэ. Кыргыттартан поварынан Олесова Ирина сылдьыбыта.

1971 сыллаахха сайын төрдүс курс кэнниттэн уолаттар ЯГУ байыаннай кафедратын бүтэрэн, мотострелковай взвод командирын, лейтенант званиетын ыламмыт полевой сборга Чита уобалаһыгар Сретенск куоракка барбыппыт.

Сааһыран олорон үс сыл устата СТЭ байыастарынан сылдьан республика тыатын хаһаайыстыбата сайдыытытыгар бэйэбит сэмэй кылааппытын киллэрбиппитинэн киэн туттабыт. Бастыҥ студеннар САССР Верховнай Советын, Комсомол уобаластааҕы комитетын бочуотунай грамоталарынан, бириэмийэнэн наҕараадаламмыттара. Студеннар тутар этэрээттэригэр олох, үлэ оскуолатын ааспыт оҕолор үөрэнээччилэр убаастыыр учууталлара, норуот хаһаайыстыбатын араас салаатын бастыҥ специалистара буолбуттара. Николай Лугинов – СӨ норуодунай суруйааччыта, Олег Слепцов – техническай наука доктора, Спиридон Шишигин, Михаил уонна Ачанаш Платоновтар, Борис Гоголев, Роман Кычкин уо.д.а. – оскуола директордарынан ситиһиилээхтик үлэлээбиттэрэ, үлэлии да сылдьаллар. Ол сыллар — коллективка үлэ үөрүйэхтэригэр үөрэнии, эдэр саас романтиката, доҕордоһуу, истиҥ сыһыан сыллара — өйтөн-сүрэхтэн ааспаттар. Студеннар тутуу этэрээттэрин 50 сылынан “СОФИМ-68, 69, 70” байыастара, эдэр сааспыт доҕотторо,  89676247438, 89142613208 төлөпүөннэргэ эрийиҥ, билсиҥ.

Роман КЫЧКИН,

педагогическай үлэ ветерана.

2017 сыл.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *