Сивцев Владимир Николаевич туһунан

Убайым Владимир Николаевич Сивцев, «Максим Горькай» аатынан совхоз суоппара, кэпсээниттэн.

– Мин оччоттооҕуга эдэр уол Дьокуускайдааҕы, Шавкунова уулуссаҕа турар автошколаны бүтэрэн, Максим Горькай  аатынан совхозка үһүс кылаастаах суоппар таҕыстым. Биэс миэстэлээх газик массыынаҕа партком Иван Иванович Олесовы тиэйэбин. Тентовай газик төһө да эргэтин иһин, тыа суолугар эрэллээх көлөтүн онно билэн турабын. Бадарааҥҥа түстэххэ, төһүүлүү-төһүүлүү айаннаан иһэҕин. Биирдэ саас ыам ыйыгар өрүс адьас субу бараары турдаҕына, ССРС Верховнай советыи депутата доярка Черкашинаны, партком Олесовы куоракка киллэрэн турардаахпын. Тугун ыксалай диэтэххэ, субу буолуохтаах ССРС Верховнай съеһигэр Москваҕа көтүөхтээхтэр. Өрүспүт мууһа санаабар, онон-манан быһытталаммыт курдук, ыам ыйа буоллаҕа, ону ол диэбэккэ харса суох Бэстээхтэн Дьокуускайга түһүнэн кэбистибит. Ааҥҥатын аһан, ууга түһэр күммүтүгэр ыстанарга бэлэм олоруҥ, диэннээхпин. Билиҥҥи тимир бүрүөһүннээх уазиктар умсубуттара ыраатыа эбитэ буолуо, оттон тент  бүрүөһүннээх газик, санаабар, куобахтааҕар чэпчэкитик ойуолуур. Уу икки өттүбүтүнэн фонтан курдук ыһыллан олорор. Кытарбыт глушительтан уу паара массыына умайан эрэринии, капотунан өрө бургучуйар. Иннигэр суол омооно да көстүбэт, килэгир уу, ону барылаччы кэстэрэн туораатахпыт үһү.

Обком дьиэтин иннигэр турдахпына, милиционер кэлэн, ыстарааптаары гыннаҕа буолуо, эбэтэр толуоммар прокол оҥороору дуу, хайа оройуонтан кэлбиппин туоһуласта. Мэҥэ-Хаҥаластан Төҥүлүбүн истээт, уҥуоргуттан сылдьар киһини ыстарааптаары эрэ буолбакка, правабын көрдөөн, ыган-түүрэн эрдэҕинэ, өй булла охсон, манна тоҕо турарбын быһаардым. Верховнай советын депутата Черкашинаны аҕалбыппын, күүтэрбин истээт, милиционер чиэс биэрээт халбарыс гынна. Дьэ үөһэ тынным. Массыынам, куорат массыыналарыгар тэҥнээтэхэ, баһыттан атаҕар диэри бадараан. Киэһэ хараҥаҕа саҕотоҕун төннөрбүттэн санаарҕаатым, таҥараһыта суох бэйэм, үөһэ Айыылартан тугу эрэ көрдөһөн булугунайдым уонна Аллараа Бэстээх диэки уруулбун туһаайан кэбистим. Баччаҕа кэлиэхчэ, түүн үөһэ этэҥҥэ дойдубун булбутум.

Аны туран «молоковоз» саҥа массыынаны биэрдилэр, куруусчутунан Титов Сэмэн, сэрииттэн орденнардаах кэлбит, мэтээлин ахсаанынан «Сэттэ мэтээлинэн» дьон билинэр бэтэрээн, убайым кэриэтэ киһи сылдьыһар буолла. Оччотооҕуга, 60-с сыллар саҥаларыгар сэрии бэтэрээнэ аата ааттаммата, кыайыы да күнэ соччо бэлиэтэммэттэрэ. Сэрии туһунан киинэттэн, кинигэттэн атын кэпсэл суоҕа. Бэтэрээннэри көрсүһүү тэриллибэт этэ. Сарсыарда биэс часка туран, уонтан тахса сайылыгы 40-нуу литэрэлээх бөтүөннэргэ сүөгэй тиэйэбит, цистернаҕа үүт ылабыт. Түүн 12 чааска бүтэбит. Сылдьар ыырбыт ырааҕа, суолбут куһаҕана – массыынабыт сорох сиргэ нэһиилэ кырыытынан айанныыр, бу түҥнэстиэх курдук. Сэмэним ол кэмҥэ аанын аһаат таһырдьа элэс гынар, ону, сааһырбыт киһи диэбэккэ, сэмэлии былаастаан этэбин: «Массыына охтон күнүгэр цистерна анныгар киирэҕин, таах үнтү баттаан өлөрүө, ол кэриэтин кабинаҕа тыыннаах хаалыаҥ, цистерна абырыаҕа, кабина оннук хампарыйыа суоҕа», – диирбин отой истибэт, сырыы аайы элэс гыммыта эрэ баар. Сэриигэ разведкаҕа сылдьыбыт хоһуун сырыылардаах, фашист бөҕөтүн билиэн ылбыт Сэмэн буойун, массыына иҥнэйдэҕинэ өлөрдүү куттанара.

Тоҕо куруусчуттаах сылдьаҕын диэтэргит, киэһээҥи ыамы сэппэрээтэргэ сүүрдэн сүөгэй бэлэмнииллэр, ону сарсыарда ылаҕын, сүөгэйдээх бөтүөннэри умуһахтан таһааран массынаҕа тиэйэҕин, маслозавод подвалыгар түһэрэҕин – өрө-таҥнары сыымайданыы. Маслозавод дьахталлара барахсаттар 40 киилэлээх бөтүөннэри кытта сосуһаллара ыарахан буоллаҕа. Күҥҥэ сүүһүнэн бөтүөнү өрө-таҥнары бэрийэҕин. Ол иһин куруусчуту анаан эрдэхтэрэ.

Арай биирдэ П.П.Антонов совхоз директорын кабинетыгар биир кыра уҥуохтаах плащтаах киһи төттөрү-таары хаамыталыыр, кыыһырбыт көрүҥнээх. Петр Петрович остуолга бүк түһэн олорор, биһиги Сэмэнниин киирэр аан аттыгар ыскамыайкаҕа ылы-чып олоробут. Кыра уҥуохтаах киһи миэхэ туһаайан: «Тоҕо обрат үүтү тиэйбэккин», – диэтэ. Ону мин: «Бэйэҥ тиэй ээ, сарсыарда 5 чаастан түүн үөһэ 12 чааска бүтэбит, хаһан утуйабыт», – диэн чап гыннардым. Киһим сүр тыйыстык: «Үлэһит булбут киһи, маннык үлэһиттэртэн аккаастаныа этэ», – диэтэ. Ол кэмҥэ Сэмэн сиэхпиттэн тардыалаан, көрүдүөргэ таҕыстыбыт. «Ити Обком сэкиритээрэ Сэмэн Сахаарабыс Бэрииһэп», – сэмэлиирдии саҥарда. Бэрииһэп эрэ ким эрэ, билбэт буолаахтаатаҕым оччотооҕуга сүүрбэлээх эдэр уол ыарахан үлэҕэ сылдьан. Чуурбун биэрэн, тыл ыһыгыннаҕым. Ол кэннэ аҕыйах хонугунан саҥа водовоз массыына кэлэн, обрат үүтү таһар аатырда. Онно санаатым: «Сэмэн Сахаарабыс түргэн дьаһаллаах киһи эбит», – диэн.

Сэмэмминээн килиэп өйүөлээх сылдьабыт, куруускалаахпыт. Дьиэҕэ эбиэттиир бириэмэ да суох. Сайылыктан сайылыкка күнү былдьаһа айан. Эбиэппитигэр, түөртүүр аһылыкка, цистернабыт үрдүгэр олорон куруускабытыгар үүт баһан килиэби кытта мотуйабыт. Ыаммыт үүт нэксиэлээх бадарааннаах суолга сахсыллан, бэйэтэ сүөгэй-арыы аҥаардаах, хойуу да хойуу. Оччолорго куобах дэлэй, дьиэбитигэр киэһэ күөстэнэри булан киирээччибит. Совхозка өрөбүлэ, уоппуската суох үлэлиигин, эдэр саас романтикатыгар тэҥнээбэтэрбин да, кэрэ кэмнэр ааспыттар.

…Убайым Владимир Николаевич Сивцев, аҕыйах саҥалаах киһи кэпсээнэ кэмчи. Оҕо сылдьан күүстээх тустуук аатыран, Д.П.Коркин салайааччылаах Нальчик куоракка ДСО «Урожай» күөн көрсүһүүтүгэр Россияҕа иккис миэстэни уон алталааҕар ылан турар. Кини ыйааһыныгар бастаабыт Кавказ уола сааһын намтатан күрэхтэһииттэн уһуллубут, онон убайбын Москваҕа Союз чемпионатыгар хааллара сатаабыттарын, тыа оҕото оҕонньордуу быһаарбыт: аҕабыт өлбүтэ, сайыммыт кылгас, ийэм ынахтарыгар от оттуу бардым. Сааһырыар диэри оройуонугар совхоһун интэриэһин тустуунан, гиирэни анньыыга көмүскээн, иҥиир ситии күүрбүт, көлөһүнэ тохтубут киһи.

– Күһүн бурдук хомууругар түүннэри сүүрэллэрэ, дьиэтигэр хонор-хоммот сылдьара. Аҕыйах чаас нуктуу түһэрэ. Ийэбит мөхтөҕүнэ «ол комбайннар мин утуйарбын күүтэн тураллар үһү дуо» диирэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ үлэ суох, хамнас суох, баар да буоллаҕына – кып-кыра. Совхозтар кэмнэригэр суоппардар хамнастара совхоз директорын хамнаһыттан элбээбит түбэлтэлэрэ баара. Ону сарбыйа сылдьыбыттара. Аахсыбатахпыт, киитэрэйдээн, путевканы барытын туттарбакка, ремоҥҥа турар кэммитигэр хамнас кыччыыр – дьэ онно туттарарбыт. Онон үлэбит барыта төлөнөн тахсара. Совхоз бухгалтердара билэн бөҕө буоллаҕа – ол гынан баран үлэбит тахсыылааҕын көрөр буоланнар, аһараллара.

Старостин оҕонньор кытаанах, ирдэбиллээх директор буолан, совхоз олус кыаҕырбыт кэмэ баара. Норуоту кытта норуот тылынан кэпсэтэр, үөҕэрин-мөҕөрүн оннугар дьүһүн хоһуйталаан, бэргэн тылларынан үлэһиттэрин маат ыыталаан, үлэлэригэр сулбурҕатык тахсалларын, эппиэтинэстээхтик сылдьалларын ситиһэрэ. Мастарыскыайга, гарааска суоппардар мустан олороммут «оҕонньорбут инньэ-манньа диэбит үһү» диэн, күлсүү бөҕө буоларбыт.

«Махчарыйа-махчарыйа сүүрэҕин да, саппаас чаас суоҕун курдук суох», – Мохначевскай мэхээнньиги араспаанньатынан киирэн ыксатара. Биригэдьиир Мэхээйи: «Ахтыбыт ынах курдук аан таһыгар тэпсэҥэлии турума, кэл чугаһаа, үчүгэйдик быһаар», – киһитэ, кырдьык, биир сиргэ тэпсэҥэлии турар буолара. «Күлүмэн курдук култэччи көрө-көрө арыгылаа да арыгылаа, уматыгыҥ сиргэ тохто турар үһү, бараҥҥын дьаһай», – күлтэйбит харахтаах заправщик Уйбааны ууга-уокка түһэрэрэ. «Эргин сарсыарда хойукка дылы өрө кыпчыйан сытаҕын, Бэстээх Төнүлү икки ардыгар иккитэ кырыммат. Уматыга суох тыраахтардар от охсуохтара дуу, кэбиһиэхтэрэ дуу, кыраабыллыахтара дуу, мас тиэйиэхтэрэ баара дуу – сырыып бөҕөнү Мэхээлэҥ таһаарар», – Тымаа ойоҕун маҕаһыыҥҥа көрсөн тыл ыһыктар. Ол кэннэ Мэхээлэ иккитэ кырыныахтааҕар Бэстээххэ үстэ кырынар буолбут, от-хомуур да үлэтэ атахтамматах. Совхоз үлэтигэр эдэр сааһым ааста, аны ити курдук түмсүүлээх, кыайыылаах-хотуулаах үлэ да, үйэ эргийэрэ биллибэт.

…Убайым барахсан былыргытын санаан, маҥхайбыт куудара баттаҕын ыарахан үлэттэн баҕыстыбыт тарбахтарынан өрүтэ анньыммахтыыр. Саас бардаҕа, олох уһуннаҕа. Убайдарбыт, эдьиийдэрби, ийэлэрбит, аҕаларбыт түптэ түрүлүөн олоххо тохтубут көмүс көлөһүннэрэ, хамсаан муспут байдара-дуоллара быыл буолан көппүт курдук. Туох да суол-иис хаалбатах.

Арай бүгүн өҥнөнөр, олигарх аатырар дьоҥҥо иккилии-үстүү этээстээх коттедж дьиэлэр дьэндэйдэхтэрэ, үөһэ-аллараа хатааһылатар эскалатор кирилиэстээх килэйбит-халайбыт маҕаһыыннар, бырастыы гыныҥ, супер-маркеттар, көмүс кылааттаах бааннар буоланнар үгүөрү үбү киллэрэ, эргитэ-урбата турдахтара. Хамначчыттаах хаһаайыннар киэҥ уораҕайдарыгар солконон сууланан кыһыл оҕолуу араҥаччыланан, аһаан-сиэн чалбарыйа олордохторо.

«Хара быраат хара убайыгар суруга» Дыдаев хоһоонунуу хамначчыт норуот күҥэһэтэ быстара кэллэ. Быа синньигэһинэн быстар.

Степан СИВЦЕВ-Доллу.

Хаартыскаҕа: уҥа диэки турар В.Н.Сивцев, хаҥас – Доллу.

2017 сыл.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *