Кириллин Егор Егорович туһунан

Бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин ветераннара тарбахха баттанар аҕыйах ахсааннаах хааллылар. Үлэлии олордохпуна миэхэ Хаҥалас улууһун Нөмүгү нэһилиэгэр соҕотох сэрии бэтэрээнэ хаалан, этэҥҥэ олорорун эппиттэрэ. Мин тута кинини көрсөн кэпсэтиэхпин баҕарбытым.

Ол баҕарбытым диэн эмиэ быһаарыылаах. Урут оҕо эрдэхпиттэн сэрии бэтэрээннэрин син көрөн улааттаҕым. Ол эрээри үлэһит буолан да баран кинилэрдиин кэпсэппитим аҕыйах. Билигин онтон кэмсинэбин эрэ. Оччолорго дьон бары уһун үйэлээх буолуохтарын курдук саныыгын. Бу сырыыга Кириллин Егор Егорович диэн бэтэрээни баран көрсөн, кэпсэтэргэ быһаарынным.

Нөмүгү нэһилиэгэ – Ой сэлиэнньэтэ. Дьокуускайтан Нөмүгүгэ диэри 62 километр, онон асфальт суолунан өр гыммакка тиийэн кэллибит. Редакцияттан иккиэ, мин уонна фотограф буолан тиийдибит. Таһынааҕы истиэнэтигэр биэс салаалаах ветеранскай сулус саайыллыбыт дьиэ тиэргэнигэр киирэбит. Олбуордаах дэриэбинэ дьиэтэ, атыттартан туох да уратыта суох.

Дьиэҕэ киирбиппитигэр биһигини бэтэрээн кыыһа Ирина Егоровна үөрэ-көтө көрүстэ. Саалаҕа Егор Егорович дьыбааҥҥа биһигини кэтэһэн олорор. Билсистибит.

Тута этиэххэ наада, Егор Егоровичка киһи хайдах да 90 сааһы биэрбэт. Чэ, муҥутаан 80 саастаах киһи диэххэ сөбө буолуо. Көрөрө-истэрэ үчүгэй, оҥоһуу да буоллар биир тэҥ тиистэринэн мичээрдиир. Кырдьык, уһун үйэлэнии кистэлэҥэ итиннэ сытар быһыылаах – үөрэ-көтө сылдьарга, дьону кытары истиҥник сыһыаннаһарга. Биир бэйэм кыыһыран татыаккалана сылдьар уһун үйэлээх кырдьаҕаһы бу үйэбэр көрсө иликпин. Саатар итини өйдөөн бэйэ-бэйэҕэ наар үчүгэйдик сыһыаннаһыахха баар эбит…

– Биһиги аҕабыт маладьыас киһи, – Ирина Егоровна аҕатыгар бэрт элбэх мэтээллэрдээх пиджагы кэтэрдэ-кэтэрдэ кэпсиир. – Кини саахыматчыт, бэйэтэ турнир тэрийэн ыытар. Быйыл онус сылын ыытта, биллэн турар, онуоха биһиги оҕолоро көмөлөһөбүт.

Мин Егор Егоровичтыын сэргэстэһэ олорон, кэпсэппитинэн барабын.

– Ханна уонна хаһан төрөөбүккүнүй?

– 1927 сыллаахха муус устар 24 күнүгэр I Маалтааны нэһилиэгэр төрөөбүтүм. 1943 сыллаахха Холболоохтооҕу сэттэ кылаастаах оскуоланы бүтэрбитим. Ийэм Ирина Николаевна, аҕам Егор Григорьевич диэн этилэр.

– Кыайыыны ханна көрсүбүккүнүй? – Мин Егор Егорович Япония сэриитин кыттыылааҕа буоларын иһин, ыйытабын.

– 1945 сыл ыам ыйыгар манна Нөмүгүгэ ыһыыга үлэлии сырыттахпына кыайыы буолбута.

– Ыһыыга тугунан үлэлиир этигитий? Тыраахтар баара дуо?

– Суох буоллаҕа. Аыт кырдьаҕастар илдьэ сылдьаллара. Онон биһиги оҕуһунан сири тиэрэрбит, бараналыырбыт.

Егор Егорович бэрт сэргэхтик көрөр-истэр, ыйытыыларга чуолкайдык хоруйдуур. Мин араас дааталары, сыыппаралары өйдүүрүн сөхтүм. Доруобуйатын хайдах көрүнэрин туһунан, биллэн турар, ыйыталастым. Ол туһунан бүтэһигэр кэпсиэм, билигин бэтэрээн кэпсээнин истиэҕиҥ.

– Уон сааспыттан оҕуһу муннуттан сиэппитим. Урут “Үүнүү” холкуос этибит, оттон манна олохсуйуохпутуттан “Оруос” холкуос буолбуппут. Миэхэ армияҕа барар бэбиэскэни Кыайыы кэнниттэн үс хонон баран туттарбыттара. Бэрэбиэркэни Покровскайга киирэн барбыппыт. Дьэ онно кыргыттар иннилэригэр сыгынньах турбуппун бу баардыы өйдүүбүн. Кыбыстаҕын даҕаны, хайыаҥ баарай? Били туоххун кытта салыбыратан көрөллөр, – Егор Егорович күлэр. Онтон боччумуран, ол ыраах кэмнэри кэпсээбитинэн барда… – Дьокуускайтан кэлэн иһэр борохуокка Покровскайга олорсон барбыппыт, барыта 174 буолан айаннаабыппыт. Ити бэс ыйыгар…

…Эдэр дьону маҥнай Иркутскай уобалас Мальта тимир суолун станциятыгар аҕалбыттара. Манна сэттэ кылаас үөрэхтээхтэри хааллартаан, арыый аҕа 25-26 саастаахтары илин диэки илдьэттээбиттэрэ. Дьөгүөр бэйэтин саастыылаахтарын кытары Мальтаҕа хаалбыттара, кинилэри сэриигэ бэлэмнэнэн барбыттара. Ол курдук 386-с учебнай стрелковай полкаҕа бинтиэпкэнэн, автоматынан, ручной уонна станковай пулемётунан ытыалыырга үөрэппиттэрэ. Японияны кытары сэрии буолуохтааҕа эрдэттэн биллэрэ. Оннук да буолбута, атырдьах ыйын 9 күнүгэр сэрии саҕаламмыта.

Сэбиэскэй сэриилэр Советскай Союз маршала А.М.Василевскай хамаандатынан өстөөххө кимэн киирбиттэрэ.

Дьөгүөрдээҕи биир түүн тревоганан ойутан туруоран, байыаннай эшелон вагоннарыгар олордуталаабыттара. Үс күҥҥэ аһыыр сухой паёк биэрбиттэрэ уонна илин диэки айанныы турбуттара.

Читинскай уобалас Жипхеген диэн станциятыгар кэлбиттэрин кэннэ араас байыаннай формированиелары тэрийбиттэринэн барбыттара.

Дьөгүөрдээх стрелковай батальоннарыттан 7-с отдельнай анал рабочай батальону тэрийбиттэрэ. Жипхеген станцияттан кинилэр 15 километрдаах марш-бросок оҥорбуттара. Олус куйаас буолан үгүстэр тулуйбакка уҥан түһэллэрэ. Хада Дьөгүөр оҕо эрдэҕиттэн үлэҕэ эриллибит-мускуллубут буолан барытын тулуйбута. Ханна эрэ иннилэригэр сэрии буола турар тыына илэ биллэрэ…

Тиийиэхтээх сирдэригэр киэһэ биирдэ кэлбиттэрэ. Бу түүн кинилэр ойуурга хоммуттара. Түүн ардах бөҕөтө түспүтэ, саллааттар бары курдары инчэйбиттэрэ. Дьөгүөр бу дойду ардаҕа кытта сып-сылаас буоларын сөхпүтэ.

Сэрии! Субу сэриигэ киирэр диэн саныахха ыарахан… Ордук олоҕу саҥа олорон эрэр эдэр киһи дууһатыгар хайдаҕын сэрэйэҕин эрэ.

Тута этэн кэбиһиэххэ наада – Дьөгүөрү дьылҕа хаан саа-саадах тутан өстөөхтүүн сирэй-сирэйгэ сэриилэһиннэрбэтэҕэ. Ити киинэҕэ эрэ көрдөххө бары геройдар, оттон дьиҥнээх сэриигэ отой атын буоллаҕа эбээт! Аҥаардас өлөр-өлүүгэ субу киирээри турарыҥ, эбэтэр хаһан киирэриҥ-киирбэтиҥ биллибэт буоллаҕына туох үчүгэйдээх буолуой? Төрөөбүт дойдуну хорсуннук көмүскүүргэ мэлдьи бэлэм буоллахтарына, ким тыыннаах хаалыан баҕарбат буолуой…

…Сарсыарда кинилэргэ бирикээс ааҕан иһитиннэрбиттэрэ: Забайкальскай фронт бойобуой чааһыгар бааргыт, эһиги эбээһинэскит – дзот, дот уонна да атын байыаннай тутууларга анаан мастан тутуу матырыйаалын бэлэмнээһин буолар. Оччолорго Забайкальскай фрону Аҕа дойду уһулуччулаах геройа, Советскай Союз маршала Родион Яковлевич Малиновскай хамаандалыыра.

Тымныы уонна сииктээх землянкаларга олорон Дьөгүөрдээх үлэ бөҕөтүн үлэлээбиттэрэ. Кинилэр бэлэмнээбит тутууларын матырыйаала тута фронт кирбиитигэр барара. Ыар үлэни тулуйбакка үгүс саллааттар ыалдьаллара, өлөллөрө даҕаны. Үгүстэр: “Бу кэриэтин передовойга сэриилэһэ сылдьыбыппыт буоллар”, – дииллэрэ. Сайабылыанньа суруйаллара даҕаны, ону баара бирикээс кытаанах буоллаҕа. Командование кинилэр баҕаларын истэ барбат. Хата Саха сириттэн сылдьар уолаттар, Дьөгүөрдээх, айылҕаттан кытаанах доруобуйалаах буолан барытын тулуйбуттара.

Ити курдук дьаныардаах үлэ, уоттаах сэрии түмүгэр Квантунскай армия үлтүрүтүллүбүтэ, Япония капитуляциялаабыта. Саллааттар дьиэлэригэр төннүбүттэрэ.

Кыайыы буолла эрэ диэн барыларын дьиэлэригэр ыыппат буоллахтара. Армияҕа сулууспа салҕанар. Ол курдук эдэр уол Дьөгүөр Кириллин салгыы сулууспалаабыта. Кини сэрии кэнниттэн 1951 сыл бүтүөр диэри Петровск-Забайкальский куоракка авиационнай-байыаннай ыскылаат харабылынан сулууспалыыр.

Бу быыһыгар, 1949 сыллаахха, аны туран Америка Холбоһуктаах штаттара Хотугу Кореяны кытары сэриилэһэн, эмиэ байыаннай балаһыанньа үөскүү сылдьыбыта. ССРС уонна АХШ икки ардыгар сэрии хаһан баҕарар буолуон сөбө. Манна Дьөгүөр байыаннай-авиационнай ыскылаат ротатын харабынайынан, байыаннай-пожарнай охрана телефониһынан сулууспалаабыта. Бу эттэххэ дөбөҥ, манна сулууспалыыр син-биир сэриигэ сылдьар курдук эппиэтинэстээҕэ, синҥ-биир ол курдук кутталлааҕа. Маннык стратегическай суолталаах байыаннай объегы өстөөх хаһан кэлэн үлтү буомбалыа биллибэт буоллаҕа.

Саллаат Егор Кириллин сулууспата чахчы да уһун буолбута. Армияҕа ыҥырыллыаҕыттан барыта 6 сыл 4 ый сулууспалаан, дойдутугар 1951 сыл алтынньы ыйга биирдэ төннөн кэлбитэ.

– Армияҕа олус өр сылдьан кырыйдым дии санаабытым, – диир Егор Егорович уонна мичээрдиир. – Кэргэннэммэт киһи буоллум дии санаабытым.

Оччотооҕу сааһын үгэнигэр сылдьар эдэр киһи буолумуна. Кини да киһилии олоҕу олоруон, кэргэннэниэн, оҕолонуон-урууланыан баҕарар буоллаҕа.

*  *  *

Армияттан кэлээт Дьөгүөр дойдутугар атыыһыттынан үлэлиир. Онтон Покровскайга киэһээҥи оскуолаҕа үөрэнээри аны онно атыыһыттыыр. Атыыһыттыыр диэн ити билигин олус улаханнык иһиллэр курдук, оттон урун кини “Холбос” систематыгар көннөрү продавец буоллаҕа. Онно үлэлии сылдьан биир кыыстыын билсэн, холбоһоллор. Егор Егорович этэринэн, Танятынаан былыргылыы холбоспуттар. Ол эбэтэр кини дьиэлэнэн олорор киһитэ, эмиэ атыы-эригэн үлэһитэ, Дьөгүөр уолу ол кыыстыын билиһиннэрбит. Этэргэ дылы, дуруускалаабыт. Кыыс киниэхэ оҕо көрөрө үһү. Холбостохторо ол. Ити 1953 сыллаахха, онтон 1954 сыллаахха загсаламмыттар

– Сыбаайбалаабыккыт дуо? – мин оччотооҕу кэм сиэрин-туомун билэр баҕам баһаам.

– Дьиэбэр дьоммор аҕалан кыра да буоллар сыбаайбалаабыппыт.

– Сыбаайба хайдах барарай?

– Хайдах буолуой – кэлэн аһыыллар, итирэллэр, – Егор Егорович дьээбэлээхтик мүчүҥнүүр. – Арыгы буолунай, чыыстай испиир буоллаҕа. Кэлин кыһыл арыгынан толорбуттара.

– Кыһыл арыгыны маҕаһыыҥҥа утах курдук кутан атыылыыллара оччолортон саҕаламмыта дуо?

– Оччолорго.

Дьөгүөр барыта 12 сыл атыыһыттаабыта. Бар дьонугар ас-таҥас, туттар мал-сал арааһын атыылаан бар дьон махталын ылбыта. Ол кэнниттэн икки сыл фермаҕа биригэдьиирдээбитэ, субан сүөһү көрүүтүгэр үлэлээбитэ.

Салгыы Дьокуускай куоракка киирэн 4 ый үөрэнэн суоппар идэтин ылбыта. ГАЗ, Урал, ЗИС массыыналарга суоппардаабыта. Сайын молоковоз буолар, онтон кыһын цистернатын уларытан водовоз буолар. Барыта 17 сыл үтүө суобастаахтык суоппардаан, “Покровскай” ОПХ биир бастыҥ үлэһитэ буолбута.

Үтүө үлэтэ сыаналанан кини “За доблестный труд” мэтээлинэн, “Ветеран сельского хозяйства Якутии” Бочуоттаах знагынан, “Победитель социалистического соревнования”, “Ветеран труда” о.д.а. үгүс дипломнарынан, грамоталарынан бэлиэтэммитэ. ВДНХ үрүҥ көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыта.

Ол да буоллар Егор Егорович саамай улахан ситиһиитинэн кини дьиэ кэргэнэ буолар. Уус-Алдан оройуонун II Өспөҕүттэн төрүттээх Татьяна Петровналыын холбоһон, дьоллоохтук олорон алта оҕону төрөтөн, иитэн-үөрэтэн улаатыннарбыттара. Оҕолоро дьоҥҥо-сэргэҕэ ытыктатар үтүө дьон. Билигин Егор Егорович сиэннэрин уонна хос сиэннэрин ахсаанын ааҕан сиппэккин.

Дьэ уонна доруобуйа туһунан кэпсэтиигэ киирэбит.

– Егор Егорович, бачча сааскар диэри бэркэ сылдьар эбиккин. Соторутааҕыта 90 сааскын юбилейдаатыҥ. Туох кистэлэҥнээххиний дуу, албастааххыный дуу?

– Кыргыттарым көрөллөр-истэллэр. Ирина Покровскайга улуус дьаһалтатыгар административнай комиссия председателэ. Биир кыыһым быраас, манна үлэлиир. Ол көрөр-истэр, – диэн Егор Егорович олус судургутук эттэ уонна идэтинэн истиҥник мичээрдээн кэбистэ.

Уопсайынан, кырдьаҕас фронтовик онон-манан эгилитэ-бугулута, туустаан-тумалаан тупсара сатаабат киһи буолан биэрдэ. Оннук да буолуохтаах ини, ити биһиги аныгы дьон туохха барытыгар дьиэги дуу, тугу дуу көрдүү сатыыр буоллахпыт. Бэйэбин оннук киһиэхэ киллэрбэтэрбин да, дьонтон бэриһиннэрбитим ханна барыай? Ол да буоллар Егор Егорович чөл олоҕу тутуһара, дьоҥҥо үтүөнү эрэ баҕарара кинини уһун үйэлиирин эттэ. Кыыһа Ирина эппитинэн, аҕалара билигин даҕаны хас сарсыарда ахсын тымныы уунан душтанар эбит. Ыччака! Оннооҕор сорох итинник гыммат. Хата, бу кырдьаҕас фронтовиктан холобур ылыахха баар эбит. Урут душтана сылдьыбым ээ…

– Егор Егорович, биир өртүнэн уоттаах сэриигэ умса анньыллыбатаҕыҥ эмиэ да үчүгэй эбит, өлөрөн да кэбиһиэхтэрин сөп этэ, – мин төбөбөр биир ыйытыы уруккуттан баар, ону билээри сураһабын, – мин санаабар, эһиги отой эдэр дьону аһыммыт буолуохтарын сөп эбит. Ханна эрэ аахпытым, Япониялыын сэриини түргэнник бүтэрээри уонна эдэр оҕолору харыстаан, арҕааҥы фроҥҥа сэриилэспит уопуттаах буойуннары киллэрбиттэрэ дииллэр. Ол кырдьык дуо?

– Оннук буолуон сөп, – Егор Егорович сөмүйэтин үөһэ тутан, сөбүлэһэрдии чочоҥнотто. – Хамандыырдар билэн дьаһайдахтара.

Егор Егорович тапталлаах кэргэнинээн Татьяна Петровналыын 59 сыл бииргэ олорбуттара. Көмүс сыбаайбалаан “Золотые Семьи Якутии” бастакы Бочуоттаах кинигэҕэ киирбиттэрэ, “За любовь и верность” диэн Россия Бочуоттаах мэтээлинэн наҕараадалммыттара.

Улахан кыыстара Надежда Егоровна СР Культуратын туйгуна, өр кэмҥэ “Түһүлгэ” СКЦ директорынан үлэлээбитэ, билигин пенсияҕа олорор. Григорий Егорович газооператор, Сунтаарга олорор, Сунтаардааҕы орто интернат-оскуолаҕа үлэлиир. Наталья Егоровна үөһээ ахтыллыбытын курдук Нөмүгүтээҕи врачебнай амбулатория терапевт-враһа.

Ирина Егоровна СР Үөрэҕин туйгуна, эмиэ ахтан аһарыллыбытын курдук “Хаҥалас улууһа” мунициальнай оройуон административнай комиссиятын председатлэ. Пётр Егорович – подполковник, Юстиция советнига, Хаҥалас оройуонун суутугар үлэлиир.

Оттон Варвара Егоровна соторутааҕыта бу орто дойдуттан барбыта, кини үрдүк үөрэхтээх педагог этэ, Хаҥалас оройуонун үөрэҕин улуустааҕы салаатын методиһа этэ. Билигин кини оҕолоро эһээлэрин Егор Егоровиһы үчүгэй үөрэхтэринэн үөрдэллэр.

Чөл олоҕу таһынан, киһини мэйии үлэтэ эмиэ уһун үйэлиирэ саарбахтаммат. Ол Егор Егорович холобуругар ырылхайдык көстөр. Кыыһа Ирина Егоровна кэпсииринэн, аҕата саахымакка эдэр эрдэҕиттэн сөбүлээн оонньуур. Бу оонньууга кинини убайа Николай уһуйбут. Егор Егорович нэһилиэгин, улууһун чиэһин көмүскүүрэ, разрядтаах шахматист. Үлэлээбит тэрилтэлэрин, түөлбэтин чиэһин куруутун ситиһиилээхтик көмүскүүр. Намҥа, Дьокуускайга потребкооперация ветераннарын састаабыгар киирсэн күрэхтэһиилэргэ кыттара.

Ити курдук сэрии бэтэрээнэ Егор Егорович Кириллин биир дойдулаахтарыгар, бар дьоҥҥо билигин да холобур буола сылдьар.

Александр ЯКОВЛЕВ-Айсан.

Редакцияттан: Матырыйаал бэлэмнээһинигэр көмөлөспүт бэтэрээн күтүөтүгэр Фёдор Черноградскайга махталбытын биллэрэбит.

2017 сыл, ыам ыйа.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *