Үлэлээбэт пенсионердары социальнай, культурнай өттүнэн чөлүгэр түһэрэр «Эрчим» киин 20 сылыгар эҕэрдэ тылларын этэбин.
Олох күһүнүгэр үктэммит, үлэттэн уурайан, дьиэҕэ олорор пиэнсийэлээх дьон чуҥкуйаллара, муунтуйаллара даҕаны баар көстүү. Ол иһигэр огдообо буолбут эбэтэр соҕотох олорор дьон эмиэ соотохсуйууттан мунчаарар санааҕа ылларыахтарын сөп. Дьокуускай куоракка бу маннык дьону сэргэхситэр, олоххо умсулҕаны күөдьүтэр соруктаах тэриллибит «Эрчим» диэн ааттаах киин 20 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээри бэлэмнэнэн түбүгүрэ сылдьар. (Сорох улуустарга бу киин филиаллара аһыллан үлэлииллэр). Муус устар 23 күнүгэр, баскыһыанньаҕа күнүс 12 ч. 30 мүн. Саха Көрдөрөр-иһитиннэрэр компания телеканалын «Кэл, олор, сэһэргэһиэх» биэриитигэр бу киин тэрийээччилэрин, үлэһиттэрин сэргэ билигин сынньана сылдьар бөлөх кыттыахпыт. Онтон 25-кэ, оптуорунньукка, Оҕо саас дыбарыаһыгар күнүс 15 ч. үбүлүөй концера буолуоҕа.

25 миэстэлээх кииҥҥэ икки аҥар нэдиэлэ устата сарсыарда 9 ч. күнүс 15-16 ч. диэри бииртэн биир эмтэнии, эмтиир физкультура, араас дьарыктар, сэргэх көрсүһүү, лекция, концерт, театрга 100 эрэ солк. эбэтэр буор босхо уонна туризм комплекстарыгар сылдьыы курдук барыта олус көдьүүстээх, туһалаах өттө ыытыллар. Ол курдук бэҕэһээ «Ньургун Боотур» операны босхо көрдүбүт, үрдүк искусство эйгэтигэр сыстан улахан дуоһуйууну биллибит. Быһата, манна олох күөстүү оргуйар. Иккис дьиэбит курдук буолар кииммитигэр сарсыарда аайы үөрэ-көтө кэлэбит, сэргэх олох долгунугар уйдара-дайдара сылдьабыт. Атыны, кыһалҕабытын умнан кэбиһэбит.
Манна үгүөрүтэ суох хамнаска бу үлэни чахчы сөбүлүүр, дьоҥҥо ис сүрэхтэн кыһаллар амарах санаалаах, тулуурдаах дьон үлэлиир. Ол курдук сэбиэдиссэй Лена Денисова, СР Культуратын туйгуннара: уус-уран салайааччы Татьяна Сергучева, музыка өттүгэр салайааччы, мелодист Роман Степанов, быраас Евдокия Дягилева, сиэстэрэ, СР Доруобуйатын харыстабылын туйгуна Наталья Филиппова, массаж оҥорооччу Виктория Иванова, остолобуой үлэһитэ Ирина Уварова, психолог Валентина Оконешникова, үлэннэн терапияны ыытааччы, СР Социальнай сулууспатын туйгуна Елена Софронеева, физрук Афанасий Сидоров, гардероб үлэһитэ Анна Охлопкова, администратор Людмила Прокопьева, сиэстэрэ-хаһаайка Галина Петрова, санитарка Лариса Говорова биһигини мэлдьи үөрэ-көтө, күлүм аллайа көрсөллөр. Хас биирдиибитигэр олус болҕомтолоох, кыһамньылаах сыһыаннара үөрдэр. Бары талбыт курдук олус холку майгылаахтар. Cорохторо бу киин тэриллиэҕиттэн 20 cыл устата үлэлээн кэлбиттэр. Бу кэм тухары төһөлөөх элбэх киһини абыраабыттара буолуой!
Манна 80-рын ааспыт да саастаахтар эмиэ кэлэллэр. Сааһырбыт дьон уонна кыаммат кырдьаҕастар сыыһа-халты саҥараллара, тутталлара ханна барыай. Аны сорох киһи кырдьар сааһыгар майгыта алдьанар, куһаҕан өттүгэр уларыйар. Онон ис-иһигэр киирдэххэ, манна үлэлиир чэпчэкитэ суоҕун, тулуурдаах буолуу эрэйиллэрин өйдүүбүт.
«Эрчимҥэ» көрсөн, сөбүлэһэн ыал буолар түбэлтэлэрэ эмиэ баар эбит. Биһиги бөлөхпүтүгэр икки оннук ыал паара сынньана сылдьар. Киһи көрөн манньыйыах, мэлдьи сиэттиһэ, бэйэ-бэйэлэригэр сылаастык мичээрдэһэ сылдьаллар. Кинилэри «Эрчим» булсуһуннарбытыгар олус махтана саныылларын кэпсииллэр. Этэҥҥэ сылдьыҥ, өйөһөн уһуннук, дьоллоохтук олоруҥ!
Биһиги сынньанар кэммитигэр аҕыйах хонукка билсээт, доҕордоһон, истиҥник санаһар биир дьиэ-кэргэн курдук буоллубут. Ол «Эрчим» дьону түмэр, сомоҕолуур күүстээҕин туоһулуур. Сотору саҥа кэлэр сынньанааччыларга концерпытын көрдөрүөхпүт уонна «Орто Дойду» комплекска баран айылҕаҕа, сааскы чэбдик салгыҥҥа шашлыктаан, сынньанан баран тарҕаһыахпыт. «Эрчимтэн» ылбыт эрчиммитинэн уонна сэргэхсийбит турукпутунан салгыы олоруохпут. Инникитин даҕаны сыл аҥара буола-буола кэлэ туруохпут турдаҕа.
Олус сөбүлүүр, күндүтүк саныыр үлэһиттэрбитигэр барыгытыгар үбүлүөйүнэн итии эҕэрдэбитин этэбит, барҕатык махтанабыт!
Чэп-чэгиэн буолуҥ, этэҥҥэ сылдьыҥ, үтүөҕүт бэйэҕитигэр үс бүгүнэн төннөн кэллин, дьиэ-кэргэҥҥит өйөбүлүгэр, сылаас тапталыгар мэлдьи куустарыҥ!
Юбилейнай бөлөх аатыттан суруйдум
Зоя ИМ.
Дьокуускай к.
2017 сыл, ыам ыйа.
