Сивцев Дмитрий Львович туһунан

2010 сыл олунньу 22 күнүгэр саха үлэһит киһитин туһунан, «Дмитрий Сивцев дьулуурдаах олоҕо» диэн кинигэ бэчээттэнэн тахсыбыта. Онно культура биллиилээх деятелэ Афанасий ФЕДОРОВ ахтыыта бэчээттэммититтэн кылгатан биэрэбит.

Туола сайылыкка

Биһиги Тэтиҥ айах диэн сөтүөлүүр күөллээх этибит Онно сайылык оҕолоро бука бары хомуллан 15 буолан ферма титиигиттэн ньылбы сыгынньахтанан баран 200 миэтэрэлээх сиргэ Тэтиҥ атахпытыгар сырсан тиийэн, ууга ким урут түспүт дьоруой буолуохтаах, ким бүтэһик хаалбыт «ааттаах атыыр киһи буолар» диэн сааттаах дьарылык түһүөхтээх. Оннук куһаҕан киһи буолумаары сүүрүү кытаанаҕа диэтэҕиҥ. Харахпыт үүтэ көстүбэт буолуор диэри иннибит диэки түһэн истэхпитинэ, эмискэ иннибитигэр тэлиэгэлээх аттаах дьон бу баар буолуо түстүлэр…

«Пахай, хайа бу туох сыгынньах дьоной!» – диэн хаһыытаатылар, биһиги соһуйан хорос гына тура түстүбүт. Көрбүппүт мин убайым Миитэрэй уонна икки билбэт дьахталлар тэлиэгэҕэ олороллор эбит. Киһи эрэ буоллар бары саатаммыт матырыйаалбыт сыыһын саба тутуннубут. Ким эрэ сиргэ чохчойдо, ким эрэ түҥнэри хайыста.

Ийэм эрэйдээх эрдэ сэрэппитин сөтүөттэн ордон олох тамты умнан кэбиспиппин… Дьэ саат диэтэҕиҥ, маны этэр буоллахтара барар сир баҕана үүтэ, кэлэр сир кэлии үүтэ диэн. Убайым Миитэрэй: «Хайа мин баар суох быраатым турар дии, кэл, доҕоор, кыбыстыма, олор тэлиэгэҕэ, мин сотору төннөбүн, дьиэбитигэр бардыбыт!» – диэтэ да кус сыгынньах киһини тэлиэгэҕэ дьахталлар икки ардыларыгар көтөҕөн ылан олордон кэбистэ.

Мин саатаммын сири эрэ көрө сылдьабын, илиибин ол сирбиттэн араарбакка айаннастаҕым дии… Дьонум ферма титиитигин биир өттүнэн айаннаттылар, ыстааным хааллаҕа ол…

Дьиэбитигэр тиийиибитигэр ийэм, аҕам иккиэн бааллара мин сыгынньахпын көрбөккөлөр ыраахтан кэлбит оҕолорун Миитэрэйи сыллыы-уруу сырыттылар. Дьонум көрбөттөрүнэн туһанан тэлиэгэттэн ыстанан түһэн «абыраллаах» ампаарым диэки үөмэн истэхпинэ, аҕам көрө охсон: «Хайа, нохоо, туох буолан ыалдьыттар ортолоругар кус сыгынньах сылдьаҕын!» – диэн хаһыытаан хаалла. Мин хаһан да хомуллубатах ороммор, суорҕаным иһигэр дьылыс гынан хааллым.

«Оо, бу сааты, ити барыта Кыһыччаан, кини дьоруой буолаары ыстаанын устаат да сүүрбүтүнэн баарта…». Билигин дьэ хайдах буолабын, соҕотох ыстааннааҕым… Ийэм быйыл оскуолаҕа бараҕын, онон ыстааҥҥын харыстыы сырыт диэбитэ… Убайым кэлбитигэр… саатар туох дьахталларын илдьэ кэлбитэй?» – диэн испэр саныы сыттахпына ийэм саҥата: «Тоойуом, Дуонай, кэл убайгын кытта чэйдэс», – диэн кыһытта. Мин ийэбэр өһүргэнэн: «Киһи ыстаана суох сытарын билэ-билэ соруйан ыҥырдаҕа, киһи саатыах» – диэн ытаан бардым. Кыратык ытыырым быыһыгар тохтоон иһиллээтэхпинэ дьонум улахан баҕайытык күлсэн ылаллар, ордук ыалдьыт дьахталлар күлүүлэрэ кыһыылаах баҕайытык иһиллэр. «Арааһа биһиги кус сыгынньахпыт туһунан кэпсэтэллэр быһыылаах», – диэн абатыйа, Кыһыччааны сарсын ыстааннаах буоллахпына кэһэтиэх буолан саныы сыттахпына, ийэм ампаарга үөрэн-көтөн киирэн кэллэ, илиитигэр таҥас тутуурдаах: «Сыллыый бу убайыҥ Миитэрэй кэһиитин ыстаан аҕалбыт, кэтэн көр эрэ диэтэ», – диэтэ. Мин үөрүүбүттэн ороммуттан ойон тураат ыстаан хайдах кэппиппин өйдөөбөппүн, кэтэ охсубут этим. Хайа, доҕоор, эйиэхэ сөрү-сөп, тахсан убайгар көрдөр», – диэбитигэр кыккыраччы аккаастаан кэбистим: «Ийээ, кыбыстабын, хайа дьүһүммүнэн көстүөхпүнүй, саатар туох дьахталларын батыһыннарбытый?».

Ийэм төбөбүттэн имэрийэ-имэрийэ: «Сыллыый, кыбыстыма, кинилэр улахан дьон, эйигин өйдүүллэр. Билигин убайыҥ баран хаалыа, быраатым ампаарыгар саһан сытта, көҥөнөн кэпсэппэтэ диэҕэ. Чэ, тахсан көрүс», – диэн баран төбөбүттэн үчүгэй баҕайытык сыллаата. Ол да буоллар, өсөһөр аҥаардаах ампаарбыттан тахсан дьиэҕэ нэһиилэ киирдим. Дьиэбит иһэ хайдах эрэ сырдаан хаалбыт, киһи муннугар үчүгэй баҕайы одьукулуон сыта дыр гына түстэ. Убайым Миитэрэй миигин көрөөт: «Ок-сиэ, быраат, аҕалбыт бүрүүкэм сөрү-сөп эбит дии, дьэ маладьыас, оскуолаҕа бараргар бэртээхэй бүрүүкэ буолсу». «Хайдах-хайдаҕый, – диэн испэр соһуйдум, – ыстаан бүрүүкэттэн туох уратылааҕа буолла?». «Дуонай, баҕар бу эн учууталыҥ буолуоҕа, онтон бу биирэ биэлсэр, эйигин эмтиэ-томтуо», – диэн икки аргыстарын билиһиннэрдэ.

«Мин быраатым ырыаһыт бэрдэ, кэлбит дьоҥҥо ыллаан иһитиннэр эрэ», – диэн убайым көрдөстө. Туохтан саҕалыахпын билбэккэ мулук-халык буола турдахпына аҕам: «Нохоо, тугу гына тураҕын, киһини утуппакка түүнү быһа атыыр оҕус курдук айаатыырыҥ сүрэ бэрт этэ дии», – диэт Миитэрэйдээх диэки «иэстэстим ээ» диэбиттии көрөн кэбистэ. Аччыгый убайым Куприян «Ол түүн» диэн ырыаны үөрэппитин ыллаатым. Дьиэбит иһэ чуумпуран хаалла, харахпын быһа симэн ырыам ис-испиттэн тахсан истэ. Ыллаан бүппүппэр ыалдьыт дьахталлар биир-биир сыллаан ыллылар. Миитэрэй омуннура-омуннура тугу эрэ кэпсиир. «Улааттаххына, үчүгэйдик үөрэннэххинэ соҕуруу Москуобаҕа консерваторияҕа үөрэтэ ыытыахпыт. Кытаат, быраат!» – дии-дии өрүтэ көтөҕөн ылаттаабыта.

Дүпсүҥҥэ

1954 сыллаахха Күөх Эбэттэн Дүпсээҕэ дьиэ туттан көһөн киирдибит. Улахан убайым Куприян маҕаһыыҥҥа атыылааччы буолан Күөх Эбэттэн күн аайы сылдьарыгар эрэйдээх этэ. Ону таһынан оскуолаҕа үөрэнэр аймах оҕолорбут убайым Миитэрэй балтылара Маайыс, Балбаарыс, Эрбэһинтэн аҕам аймахтара Самсонова Балбаарыс уонна быраата Баска £лөксөй Хонооһой кыыһа Ааныс, биһиги аччыгый Куприян, мин, убайым Миитэрэй буолан биир кыһын бэйэбит кыстаабыппыт. Ийэлээх аҕам Күөх Эбэҕэ балаҕаннарыгар кыстаабыттара. Убайым Миитэрэй Наспо-ҕа үлэлиир этэ. Ороммут тиийбэт буолан эрэйи көрөр этибит. Арай Миитэрэй оройуонтан «раскладушка» диэн хомуллар орону аҕалбыт. «Бу бырааппар раскладушка аҕаллым, эн тимир ороҥҥор атастаһабын», – диэтэ. Сытан көрбүтүм үчүгэйэ сүрдээх, инньэ гынан убайым мин ороммор сытар буолла. Бастаан күһүн раскладушкабын утуйар таҥаспын кытта таһырдьа сууххай баҕайытык таһаарар этим. Дьэ, эрэйдэнним. Тымныы утуйар таҥаспын оһоххо ириэрэ-ириэрэ, киһи кэнниттэн утуйар буоллум… Убайбын ороммун аҕал диэхпин тылын тахсыбат. Ону билэр быһыылаах, сарсыарда аайы раскладушкабын сосуһан таһырдьа таҕыстаҕым аайы, «бу бырааппар саҥа раскладушка аҕалан абыраатаҕым», – диэн өссө өҥ туттар. Ол саҕана уутугар аҥаарыйа сылдьар киһиэхэ кыһыылаах баҕайытык иһиллэрэ.

Дьиэ киһитэ бары киинэ көрө «таҥара дьиэтигэр» кулуупка күргүөмүнэн барар этибит. Сорох-сорохтор нууччалыы соччо билбэтэрбит да өйдүүр дьон курдук туттан, «үчүгэй баҕайы киинэ» диэн киһи истэригэр улахан баҕайытык хайгыыр буоларбыт. Киэһэ дьиэбитигэр кэлэн киинэбит ис хоһоонун убайым Миитэрэй уонна аччыгый убайым Куприян бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн киһи өйүгэр киирэр гына кэпсииллэрэ. ¥өрэхпэр оччолортон ыарырҕатар буолан убайдарым хардары-таары «көмөлөһөр» этилэр. Бастаан киһи быһыылаахтык өйдөтөн көрөллөрө да, ол кинилэр өйдөппүттэрэ олох киирбэт буолара. Кэлин олох таас дьүлэй киһиэхэ хаһыытыыр курдук ыга кыыһыран, тугу гыныахтарын билбэккэ дугдуруҥҥуу тураллара билигин да харахпар көстөр.

Онуоха убайым Миитэрэй: «Бэйи, тохтооҥ эрэ, киһигитин тугу да өйдөөбөт буолуор диэри мух-мах ыыттыгыт. Бэйи, мин үөрэтэн көрүүм», – диэн быыһаан ылара. Саас ынах төрөөн, үүт сүөгэй дэлэйэн ийэм суорат бөҕөтүн оҥорор буолара. Оҕолор бары суоратымсах этилэр, ордук убайым Миитэрэй сөбүлүүрэ. ¥өрэхпиттэн эрдэ бүтэр киһи буоламмын наар миигин үстүү лиитирэлээх икки бөтүөнүнэн Күөх Эбэттэн суорат аҕалтараллара. Суорат сиир баҕалаах буолан, үлэһит убайдарым кыттыһаннар бэлисипиэт атыылаһан «саха тэҥэ суох» буолан Күөх Эбэттэн иккитэ кырынар буоларым. Ийэм суората олус да минньигэс этэ. Билигин ийэм суоратын курдук дьикти минньигэс суораты сии иликпин…

Олоххо тардыһыы

«Сэмэнчик аччыгый уола «саах күрдьээччи» буолар ини. Уолаттара бары үөрэхтэнэн колхозка хаалбатылар», – диэн мин туспунан кэпсэтэллэрин истэрим. Истэ-истэ абатыйарым. «Киһилии сатаан үөрэппэтэх» учууталларбар акаары санаабар абатыйар буоларым. Хайаан да үөрэнэ барыам диэн бигэ тыл бэриммитим. Кырдьык, колхозка үлэһит илии тиийбэтэ, ыччат үөрэххэ тардыһара күүстэх этэ. Оскуолаттан уураппыттарын кытта биригэдьиир үөрбүт киһи быһыытынан сарсыныгар оскуола маһын саһаанын кэртэрэ таһаарбыттара. Синньигэс биилгэр тиийэ халыҥ хаарга мас мастыыр ыараханын онно көрсүбүтүм.

¥лтү сылайан дьиэбин нэһиилэ булан ороммор сыттахпына, убайым Миитэрэй аттыбар олорон эрэн, дьонум истибэттэригэр сибигинэйэн: «Доҕоор, колхоз үлэтин үйэҥ тухары харыгынан үлэлээн кыайыаҥ суоҕа. Суоппар дуу, тракторист дуу идэтигэр үөрэн, эбэтэр культурнай-сырдатар оскуола баар, онно кулууп үлэһиттэрин үөрэтэллэр. Сэттис кылаастан ылаллар. Бачча киһи ийэҕэр, аҕаҕар иитиллээри гынаҕын дуо?» – диэтэ. Ол иннинэ биһиэхэ дьукаах аҥардас оҕонньор олорбута, Көһөкө Бүөтүкэтэ диэн. Биирдэ дьиэбитигэр иккиэйэх хаалбыппытыгар оҕонньорум дьааһыгыттан бытыылка быһаҕаһа кыһылы таһаарда, икки ыстакааҥҥа тэҥ гына Кутта: «Ноо, Оппуонньа, аны улахан киһи буоллаҕыҥ, бу кыһылы иһэн кэбис», – дии-дии остуолга турар ыстакааны ыйда. «Хайа, Бүөтүкэ, арыгы испэт этиҥ дии, туох буолан кыһыллаатыҥ», – мин соһуйан ыйыттым. «Чэ-чэ, үгүһү-элбэҕи ыйытыма, дьон кэһиитэ», – диэт, ыстакааннаах кыһылын иһэн кэбистэ. Мин кини кэнниттэн хаалсыбатым, иһэн кэбистим. Оҕонньорум иһэрбин күүппүт киһилии наадатын эппитинэн барда: «Ноо, адьас үөрэнэн бүттэҕиҥ… Ийэлээх аҕаҥ кырдьан үлэни-хамнаһы кыайбат буолан иһэллэр, эн 18 сааһыҥ буолла. Кэргэн да ыллаххына ким да эйиигиттэн соһуйуо суоҕа. Баатаҕай Эрбэһинигэр маҕаһыыҥҥа атыылааччы, төгүрүк тулаайах кыыс баар, ону үнүр кэпсэппиппэр сөбүлэһиэх курдук. Эйиигиттэн үс сыл аҕа, ол туох буолуой? Ийэҕэр көмө киһи наада», – диэт, сөтөлө кэлэн тыынын былдьаһа олордо. Мин оҕонньортон итинник тылы истиэм эрэ диэбэтэҕим, оскуолаттан уурайбыт, үөрэхтэн маппыт киһини көҥүл дьаһайыыһыктар диэн өһүргэнэ санаатым да: «Бүөтүкэ оҕонньор, дьахтарга наадыйар киһи бэйэҥ ойох ылаар!» – диэт, таһырдьа ыстанным. Убайбар Миитэрэйгэ үлэтигэр тиийдим, Көһөкө Бүөтүкэтэ ойох ыл диэн айахтаппытын барытын кэпсээтим. Убайым тулуйан истэ сатаан баран олус улаханнык күллэ, айаҕын саба тутта-тутта, онтон уоскуйа быһыытыйда: «Дьэ эппэтэҕим дуо, билигин үөрэҕэ суох киһиэхэ тугу баҕарар тыллаһыахтара. Онон үөрэх, идэ хайаан да наада!» – диэт, тоҕо эрэ төбөбүттэн кыра оҕону имэрийэр курдук, хаҥас ытыһынан имэрийэн ылла. Онтон хайдах эрэ эр киһи курдук эгди сананан, туох эрэ идэни баһылыахтаахпын бигэ санаа кэлбитэ. Убайым Иркутскайга Торговай оскуолаҕа үөрэҕэр үөрэнэ барбыта. Мин Бороҕоҥҥо киирэн РТС-ка үс ыйдаах тракторист курсугар үөрэнэ киирбитим. Суоппар куурсугар көрдөһүү сурукпар «киһибит халыана бэрт, түргэн сэп киниэхэ сөбө суох, бытаан сырыылаах трактор да сөп, ону да үөрэнэн бүтэрдэҕинэ» диэн быһааран кэбиспиттэрэ. Онон тракторист идэтин ыламмын «Октябрь» колхозка үлэлии сырыттым.

Убайым үөрэҕин бүтэрэн дойдутугар Наспотугар үлэҕэ киирбитэ. Биир күн «Кыым» хаһыаты аҕалбыт, онно «Ханна үөрэнэ киириэххэ?» диэн хас да үөрэх тэрилтэлэрин биллэриилэрэ баара. Онно «Культурнай-сырдатар училище» хоровой-дирижерскай отделениета баарын: «Бу баар эн үөрэнэр сириҥ. Манна идэ ыллаххына кулууп сэбиэдиссэйэ буолаҕын. Онно эйиигин үрдүк культуралаах киһи гына иитэн таһаарыахтара», – диэн икки күнү быһа аҕытаассыйалаата. Эбиитин убайдарым эмиэ көмөлөстүлэр. Инньэ гынан бары көмөлөөн колхоз управлениетыгар үөрэххэ ыытыҥ диэн сайабылыанньа суруйан киллэрдибит. Колхоз председателэ Федор Игнатьевич Васильев ыытымаары чинэстэһэр, «баар-суох үлэһитэ» буолбут үһүбүн. Оччолорго Баатаҕай нэһилиэгиттэн кулууп анал үлэһитэ Аманатов Николай диэн киһи биһиги кулууппутугар сэбиэдиссэйдиир этэ. Кини: «Бу Оппуонньа ырыаны-үҥкүүнү сөбүлүүр, хойут үөрэҕин бүтэрдэҕинэ дойдутугар тахсан үлэлиэ, онон үөрэххэ ыытыҥ», – диэн көрдөспүтүгэр, биир киһи куолаһынан кыайан үөрэххэ барар буолтум. ¥орэххэ барар киһи колхоз мас эрбэтэр сиригэр түүҥҥү сменаҕа тракторбынан мас хайыттаран, сарсыарда кэлэн саҥа утуйа сыттахпына убайым Миитэрэй уһугуннарда: «Доҕоор, Оппуонньа, уһугун түргэнник, биир да массыына Суоттуга барбат буолла, мин хайаатар да бүгүн куораты буллахпына сатанар, абыраа, мотоциклгынан Суоттуга трамвайы баттаһа бара охсуох!» – диэн ыксаабыт куолаһа иһилиннэ. Төбөм ыаҕастаах уу курдук, уум умса баттаан утуйан бара турабын. Ол аайы убайым ыксыыр: «Оо, бу киһи доҕоор, уһугун эрэ, уһугун, трамвай күнүс 2.30 чааска хоҥнор, чэ, кытаат, тур!». Мин нэһиилэ саҥа таһааран: «Ол тоҕо ыксаатыҥ, сарсын да бар ээ», – диэтим.

«Кэргэн ыла барабын. Бүгүн куоракка тиийбэтэхпинэ кини Сунтаардыыбын диир, оччоҕо эн миигин кэргэннэнимэ диигин дуо?» – диэн киһим бэйэбэр баайыста. Хайыахпыный, убайбын ойоҕо суох хаалларыам дуо, барарга тиийдэҕим дии. Испэр: «Туох ааттаах атаах дьахтарый, саатар биир күнү кэтэспэт!» – диэн абатыйа санаатым.

Айаммыт бытаан буолуо дуо, көтүтүү кытаанаҕа диэтэҕиҥ. Биэрэккэ тиийиибитигэр трамвай трабын ылан, хоҥнон эрэр эбит. Хата, убайым далбаатаабытыгар капитан трамвайын иккиһин биэрэккэ астаран, трап түһэрэннэр ылбыттара.

Убайдаах саҥаһым

Убайым Миитэрэй кыыс сүгүннэрэн аҕалбытын истээт ийэм туох баар үлэтин быраҕан, Туола сайылыктан Дүпсээҕэ кийиитин көрө охсоору сатыы бараахтаабыта. Баран иһэн төһөлөөх эрэ элбэҕи санаабыта буолуой? Саамай таптыыр, ииппит уола киһи буолан кэргэннэнэн эрдэҕэ. «Оо, балтым Маайа сыдьаана, удьуора, кэскилэ кэҥээн-тэнийэн иһэрэ буоллар! Оҕом эрэйдээх сымнаҕас, көнө киһи туох дьахтарга түбэһэн олох олороро буолла?!» – дии санаан, кийиитин көрө охсоору хаамыытын өссө эбэн биэрдэҕэ…

Убайым Миитэрэй орто дойдуга олох олороору, оҕо төрөтөн киһи буолар кэскилин кэҥэтээри, ыал буолар ыра санаатын кэмэ-кэрдиитэ кэлэн, дьолун, доҕорун, тапталын Таня диэн кыыһы кэргэн ылбыта…

Афанасий Семенович ФЕДОРОВ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *