Уаров Прокопий Иванович туһунан

Аан дойду барытын бүрүүкээбит хара дьай ыарыыта бииргэ үөрэммит, студент, комсомол доҕорбутун Прокопий Иванович Уаровы бу олохтон илдьэ барда. Проня кэлин сылларга төһө да ыараханнык ыарыйдар, олох үөһүгэр сылдьыбыта. Бу сайын төрөөбүт Сунтаарын Хочо нэһилиэгиттэн уоттаах сэриигэ кыттыбыт биир дойдулаахтарын туһунан кинигэ оҥорбута. Презентация буолуохтааҕын бу ыарыы мэһэйдээбитэ. Салгыыр былааннааҕа, тэһийэн олорбот, тугу эмэ үлэлээтэҕинэ табыллара.

Пенсияҕа да олордор “Победа” тэрилтэни бэрт ситиһиилээхтик салайбыта, кинигэ бөҕө таһаарбыттара. Улуу Кыайыы 65, 70 сылларыгар альбом-кинигэлэри таһаарыыга бииргэ үлэлээбиппит. Улахан тэрийэр дьоҕурдаах салайааччы этэ.

Доҕорум, студент, комсомол атаһым, быдан дьылларга бырастыы, биһиги Эйигин умнубаппыт!

Студент доҕорум

1966 сыллаахха Бүтэйдээх орто оскуолатын бүтэрэн, ыра санаа оҥостубут үөрэхпэр – СГУ историческай салаатыгар үөрэнэ киирбитим. Биир бастакынан билсибит киһим чаҕылыччы көрбүт, бэрт сытыы Сунтаар Элгээйититтэн сылдьар Прокопий Уаров этэ. Үөрэхпит саҕаланан биһиги ИО-66 группаны практикаҕа Мэҥэ-Хаҥалас оройуонугар Горькай аатынан совхозка ыыппыттара. Группабыт аҥара Томтор учаастагар практиканы барбыппыт, оттон Пронялаах Төҥүлүгэ үлэлээбиттэрэ быһылаах, билигин үчүгэйдик өйдөөбөппүн. I курска, хайыы-үйэ Проня группабыт биир лидера буолбута, бастакы семестры барытын “туйгуннук” туттарбыта, онон Проня үөрэнэ киириэҕиттэн, экзаменнарын барытын “биэскэ” туттаран университеты “кыһыл” дипломунан бүтэрбитэ, бастакы курсу бүтэрэригэр факультеппыт комсомольскай тэрилтэтин секретарынан талыллыбыта. Университет, куорат комсомольскай олоҕор быһаччы кыттыыны ылара, сыыйа студеннар биир сөбүлүүр лидердара буолбута, партиялаах этэ. Кини кэнниттэн Попов Коля секретарынан талыллыбыта (факультекка үгэс баара –үөрэҕин бүтэрэр секретарь оннугар алын курс студенын талар этибит).

Проня бастакы курска Охотская, 10 аадырыска – рабочай городокка – турар уопсайга 14-с №-дээх хоско олорбута, иккис курстан ыла Сэргэлээххэ олорбута, 12-с таас уопсайга.

Биһиги группабытыгар олус доҕордуу, иллээх этибит. Үөрэнэрбит былаһын тухары Прокопий Иванович лидербыт этэ.

Проня миигин кытта дойдубар Табаҕаҕа ыһыахха тахсыһа сылдьыбыта. Табаарыһым чуҥкуйуо диэн куттана санаабытым, хата, киһим оһуохай тэрийсэн, бэйэтэ оһуохай этэн дьоҥҥо-сэргэҕэ биһирэппитэ. Аҕам, Спиридон Васильевич Проняны сүрдээҕин сөбүлээбитэ. Бэл, кимиэхэ да туттарбат “Зауэр 3 кольца” диэн хараҕын харатын курдук харыстыыр саатын Проня биирдэ куобахтыы барарыгар уларсыбыта. Проня бэркэ ытар эбит этэ, рюкзагар нэһиилэ батар 10-ча куобаҕы өлөрбүтэ, үөрбүтэ-көппүтэ.

Иккис курс кэнниттэн Пронялыын мин дойдубар Табаҕаҕа детсад туалетын ииннэри баҕастары оҥорбуппут, совхоз 234 солк. төлөөбүтэ, биирдии бэйэбитигэр 172 солк. тиксибитэ. Оччолорго, син балайда элбэх харчы этэ. Ити кэмҥэ убайым Алексей армияттан ытык иэһин төлөөн, 3 сыл толору сулууспалаан кэлбитэ (СГУ I курсун бүтэрэн баран, армиялаабыта). Убайым таҥаһын мин кэппитим, онон 172 солк. киниэхэ олорчу биэрбитим. Ол туалеппыт билигин даҕаны бүтүн турар, дьоҥҥо, оҕолорго туһалыыр. Онон Проня биһикки биир үйэлээх тутууну тутан турабыт. Убайым Алексей күһүнүгэр үөрэҕин салгыы университекка киирбитэ, Пронялыын табаарыстаспыттара. Прокопий Иванович кэнниттэн кинини Чурапчы райкомун бастакы секретарынан талбыттара. Ол онно, бука, Алексейдаах Проня атастыы-доҕордуу сыһыаннара сабыдыаллаабыт да буолуон сөп. Алексей да ол кэмҥэ “Аргыс” тутуу этэрээтин командирынан үлэлээбит, “За трудовые отличия” мэтээли студеннартан бастакынан ылбыт, оскуолаҕа директорынан үлэлии сылдьар республика биир бастыҥ ыччата этэ.

Проня ыччаты бастыҥ тэрийээччи, араатар бэрдэ этэ. Дэлэҕэ даҕаны, үһүс курска үөрэнэ сылдьан, бииргэ үөрэнэр оҕолорун кытта каникул кэмигэр Москваҕа бара сылдьан, Домодедово аэропорт вокзалын киэҥ-куоҥ саалатын көрөн баран саҥа аллайбыт: “Оо, бу манна толору дьону мунньан баран, тыл эппит киһи баар ини”. Бу этиитэ билиҥҥэ дылы уос номоҕо буола сылдьар.

Проня сүрдээх үчүгэй дипломнай үлэни – Саха сирин административнай – воеводскай салайыы историятыгар суруйбута. Академик, биллиилээх историк В.Н. Иванов салайбыта. Ол эрээри Проня хара маҥнайгыттан историк, ученай буолар баҕата суоҕа, кини партийнай-советскай салайар үлэһит буолар баҕалааҕа. Онон университеты бүтэрээт даҕаны, Чурапчыга комсомол райкомун бастакы секретарынан талыллан үлэлии барбыта. Обкомол эрдэттэн онно бэлэмнээбитэ. Улахан, киин оройуоҥҥа комсомол райкомун бастакы секретарынан талыллан үлэлии барыы – улахан чиэс, эппиэтинэс этэ.

Прокопий Иванович Чурапчыга сүрдээх үчүгэйдик үлэлээбитэ, ыччат дьиҥнээх лидера этэ, салайар үлэҕэ буспута-хаппыта, олоҕун аргыһын Надежда Георгиевнаны булбута, ыал буолбута.

Комсомолга үлэлээн баран, партийнай үлэҕэ өрө таһаарыллыбыта, Чурапчыга, төрөөбүт дойдутугар Сунтаарга сүрдээх үчүгэйдик үлэлээбитэ. Прокопий Иванович дьиҥнээх коммунист. Кини билигин да партия эрэллээх чилиэнэ буолар, олоххо активнай позициятын ыһыкта илик кытаанах санаалаах Киһи буолар.

Кэнники сылларга Дьокуускайга көһөн кэлэн араас салайар үлэлэргэ үлэлээбитэ. “Победа” общественнай тэрилтэҕэ олус таһаарыылаахтык, буоларын курдук, активнайдык үлэлээтэ, музейдары, ветераннар Советтарын кытта ыкса сибээстээхтик үлэлээбитэ, ветераннар ахтыыларын бэчээттииргэ бэркэ көмөлөспүтэ, бэйэтэ да балайда кинигэни таһаарда.

Егор ШИШИГИН,

музей сүрүн үлэһитэ,

Россия музейдарын Союһун президиумун чилиэнэ,

Мэҥэ-Хаҥалас, Таатта улуустарын бочуоттаах гражданина,

СР духуобунай академиятын бочуоттаах академига,

Хотугу Форум академиятын чилиэнэ,

СР общественнай палататын чилиэнэ,

историческай наука кандидата,

РФ уонна СР культураларын үтүөлээх үлэһитэ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *