Алексеев Аркадий Михайлович туһунан

Кэм-кэрдии ааһара тоҕо түргэнэй! Аркадий Михайлович Алексеевы бастаан көрбүтүм, кинилиин билсибитим номнуо үйэ аҥаарыттан ордубут эбит.

Бу ааспыт элбэх сылларга култуура уонна спорт эйгэлэригэр, күннээҕи олох араас түгэннэригэр истиҥник саныыр, сыаналыыр аҕа табаарыспынаан балай эмэ элбэхтэ алтыстаҕым.

Саха Республикатын народнай артыыһа, республика культуратын үтүөлээх үлэһитэ, биллиилээх мелодист уонна ырыаһыт, ССРС физическэй культураҕа туйгуна, физкультура уонна спорт биллэр салайааччыта, уһулуччулаах спортсмен А.М.Алексеев аата саха норуотугар киэҥник биллэр, үрдүктүк сыаналанар, норуот кининэн киэн туттар.

Уруттаан эттэхпинэ, концерыгар ыҥырар биллэриилэргэ “саха талаана Аркадий Алексеев” диэн олус да бэргэнник эппиттэр, суруйбуттар. Кини айар үлэтин туһунан хаһыаттарга, сурунаалларга элбэхтэ суруйдулар, араадьыйанан кэпсээтилэр, телевизорынан көрдөрдүлэр. Театрдарга, культура дьиэлэригэр, кулууптарга кини айбыт абылаҥнаах, дьикти-кэрэ куолаһынан үгүс ырыаларын астына-дуоһуйа, сөҕө-махтайа истэн кэллибит.

Соторутааҕыта, кулун тутар 8 күнүгэр Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет государственнай театрыгар Аркадий Алексеев улахан айар түһүлгэтигэр ыҥырыллан сырыттыбыт, аҕа табаарыһым Дьахтар күнүнэн кэргэммэр бэртээхэй бэлэх оҥорон үөртэ.

Төһө да бырааһынньык күн Дьокуускайга араас сирдэргэ элбэх концертар буолбуттарын үрдүнэн, дьон-сэргэ Аркадий Михайлович икки концерыгар күргүөмүнэн сырыттылар. Бу буолар – кини сүдү талааныгар сүгүрүйүү туоһута.

Кистээбэппин, ураты баай, киэҥ ис хоһоонноох программалаах концерт туһунан сиһилии ырытан суруйуу мин кыаҕым таһынан дьыала буолар. Ол эрээри көрөөччү хараҕынан бэйэм санаабын этэргэ, сыанабылбын биэрэргэ холонуум.

Аркадий Алексеев – эдэр саас ырыаһыта, киниэхэ бастакынан Саха комсомолун лауреатын үрдүк аата иҥэриллибитэ. Ону бигэргэтэрдии концерт Музыка үрдүкү оскуолатын иитиллээччилэрин духовой оркестрын Аркадий Алексеев айбыт ырыаларын мелодияларын толоруутунан, салгыы Аркадий Михайлович үөрэнээччилэрин Саха Республикатын народнай артыыстарын Екатерина уонна Алексей Егоровтар салайар “Сэргэлээх сулустара” ансамбль сценаҕа таҕыста.

Кырдьык даҕаны, 60-с сыллар бүтэһиктэриттэн эдэр мелодист Аркадий Алексеев бастакы тэтимнээх ырыаларын Саха государственнай университетын студеннара тута сөбүлээн, биһирээн иилэ хабан ылбыттара уонна көхтөөх көҕүлээччилэр буолбуттара. Ол үтүө үгэс билигин да салҕанан бара турара үөрүүлээх.

Аркадий Михайлович сценаҕа тахсыбытын көрөөччүлэр дохсун ытыс тыаһынан көрүстүлэр. Кини бэртээхэй ырыаһытын сэргэ сэргэх сэһэнньит, кэрэхсэбиллээх кэпсээнньит буоларын, олорго дьээбэни да сатаан дьүөрэлиирин дьон-сэргэ үчүгэйдик билэллэр. Бу да сырыыга оннук буолла.

Бэйэтин айар түһүлгэтигэр Аркадий Михайлович 8 ырыатын тыыннаах куолаһынан оркестр уонна баян доҕуһуолларынан толордо. Биһиги иккис, 8 чаастааҕы концерка сылдьыбыппыт, ол аата кини ити киэһэ уопсаййа 16 ырыаны көрөөччүлэргэ бэлэхтээтэ.

Сотору 80 сааһын туолаары сылдьар ырыаһыт эдэрдии эрчимнээҕэ киһини сөхтөрөр. Кырдьыбат, кэхтибэт, кэһиэҕирбэт, күүстээх киэҥ кэрэ куолас диэн манныгы киэн тутта ааттыахха, сыаналыахха сөп. Тус бэйэм санаабар, уһулуччулаах спортсмен эт-хаан өттүнэн эргиччи сайдыылааҕа уһун үйэлээх ырыаһыт буоларыгар төһүү буоллаҕа.

Аркадий Михайлович бастакы ырыатын “Тойбохойу” Майа орто оскуолатын онус кылааһыгар үөрэнэ сылдьан суруйбута. Онтон ыла кини 60-тан тахса ырыаны айда, бар дьонугар бэлэхтээтэ. Бу сырыыга концерка биһиги кини 28 ырыатын иһиттибит, ол аата аҥаарыттан ордуга “хаһааска” хааллаҕа.

Айар киэһэни Саха Республикатын народнай артыыһа Юрий Баишев, Аркадий Михайлович үөрэнээччилэрэ, народнай артыыстар Екатерина уонна Алексей Егоровтар, биллэр ырыаһыт Лэгэнтэй уһуйааччыларын ырыаларын толортоон киэргэттилэр.

“Туймаада” государственнай ансамбль репертуарыгар А.Алексеев 20-чэ ырыата киирэрин кэпсээтилэр. Ол да иһин буолуо, биллиилээх, ааттаах-суоллаах ансамбль бу дьоро киэһэҕэ кыттыыны ылла. Аркадий Михайлович “Туймаадаларга” анаан-минээн махтанна.

Норуот сүдү талааныгар сүгүрүйэр ырыаһыта, мелодиһа педагог, уһуйааччы быһыытынан эмиэ киэҥник биллэр, үтүө түмүктээх, айымньылаах үлэни күн бүгүҥҥэ диэри ыытар. Кини үөрэнээччилэрэ билигин бэйэлэрэ туспа айар суоллаах-иистээх, биллэр, чиэскэ-бочуокка тиксибит артыыстар буоллулар.

Ырыаһыт, мелодист, педагог айар киэһэтигэр улахан миэстэни кини үөрэнээччилэрин бэһис хомуурун дьоҕурдаах эдэр ырыаһыттар ыллылар. Эдэр ырыаһыттар айар түмсүүлэрин “Дайар сахалар” диэн ааттаабыттар. Айар үлэ киэҥ аартыгынан саҥа дайан эрэр ырыаһыттар сотору өрө көтөн тахсыахтара, саха омугу аатырдыахтара диэн санааҕа кэлэҕин.

Мин бу суруйуубар “Дайар сахалартан” кими да ураты тутан ааттаабаппын, этэргэ дылы, норуоппут үтүө үгэһинэн эдэр дьону быһа этэн кэбиһэртэн туттуннум. Кинилэр бары республикабыт араас улуустарыттан сылдьаллар, үгүстэрэ үөрэх кыһаларын студеннара. Бары дьоҕурдаахтар, бары кэскиллээхтэр. Көрөөччүлэр бары да бигэ оннук санааҕа кэлбиттэригэр, Аркадий Михайлович иитэр-үөрэтэр өр сыллаах үлэтин үрдүктүк сыаналаабыттарыгар саарбахтаабаппын.

Биир кэпсэтиигэ Аркадий Алексеев маннык эппитэ: “Кэрэни, үтүөнү кырдьыктаахтык суруйар саха биллиилээх поэттарын хоһоонноругар ырыа айбытым мин ырыаларым уһун үйэлэниилэрин төрүөтүнэн буолар”. Ону бигэргэтэрдии улахан айар концерт түмүгэр саха народнай поэта Иван Гоголев-Кындыл тылларыгар “Аан дойду ыччатын сүрэҕэ” ырыаны Аркадий Алексеевы кытта көрөөччүлэр бары сүһүөхтэригэр туран өрө күүрүүлээхтик, долгутуулаахтык ыллаатылар.

Ситиһиилээхтик барбыт концеры оркестр, баянист, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ Николай Стручков уонна үҥкүүһүттэр бөлөхтөрө доҕуһуоллаатылар, киэргэттилэр.

Саха эстрадатын ырыатын төрүттээбит, саҕалаабыт, сайыннарбыт уонна байыппыт норуот тапталлаах ырыаһыта, мелодиһа Аркадий Михайлович Алексеев сыл бүтэһигэр 80 ытык сааһын туолуоҕа.

Саха талаана бу үбүлүөйүгэр өссө киэҥ билиниини, үрдүк сыанабылы ылыа диэн эрэнэ күүтэбит.

Николай РЕБРОВ,

суруналыыс,

СР культуратын

үтүөлээх үлэһитэ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *