Шестаков Егор Петрович-Эрчимэн туһунан

СЫТЫЫ, УОТТААХ ТЫЛЛААХ КИРИИТИК

Быйыл 2026 сыл атырдьах ыйын 13 күнүгэр Эрчимэн биһикки холбоспуппут лоп курдук 55 сыла туолла.

Бу күн аҕабытын Шестаков Егор Петровиһы санаан-ахтан ааспыппыт. Аҕабыт көнө майгылаах, тулаайах буолан оҕо сааһа кыһалҕалаахтык ааспыта. Амарах дууһалааҕа, аһыныгас сүрэхтээҕэ. Ийэтэ, үөрэҕэ суох да буоллар, мындыр өйүнэн такайан ииппитэ. Эрчимэн ийэтин Парасковья Осиповнаны олуһун таптыыра. Сааһыран да баран ийэтин туһунан кэпсээтэҕинэ уйадыйан хараҕа ууланан ылара. Эһэтэ Бүөтүккэ оҕонньор уус тыллаах, кэпсээннээх-ипсээннээх киһи эбит. Бүөтүккэ оҕонньорго кэлэ-бара Өксөкүлээх Өлөксөй хонон-өрөөн ааһара.

“Өксөкүлээх кэллэҕинэ оҕонньор хараҕа уоттана, айаҕа аһыллан кэпсээнэ-ипсээнэ элбиирэ”, – диэн Эрчимэн ахтара.

Дьиэҕэ-уокка ырааһы, дэлэй минньигэс аһы сөбүлүүрэ. Айар-суруйар үлэтигэр эрэсиимҥэ хааччахтаммат этэ.

Сарсыарда ахсын күөх хонууга хааман, сэрээккэлээн этин-хаанын уһугуннаран кэлэрэ. Кэлээт суунан-тараанан сэттэ чааска сарсыардааҥы аһылыкпытын аһыырбыт. Ол кэннэ үлэлиир хоһугар киирэн ааҕара, суруйара. Лиэксийэлээх буоллаҕына үлэтигэр барара. Суох буоллаҕына тигинэччи үлэлиирэ. Эбиэттээн баран кыратык «нуктаан» ылара. Онтон лааппыга бородуукталаан кэлэрэ. Кэлэн баран эмиэ тренажёрунан дьарыктанара, гиирэ көтөҕөрө. Быыс-арыт булан оҕолорун кытта саахыматтыыра. Үлэлиир хоһугар киирэн суруйара. Киэһээ аһылыкка күө-дьаа кэпсэтэн, астына аһыырбыт. Сахалыы-махалыы бүлүүдэни астыыры сөбүлүүрэ. Хаппыысталаах бэрэскини олуһун таптыыра, сарсыарда отонноох күөрчэҕи.

Аһылык кэннэ хаһыат ааҕарбыт, араадьыйа истэрбит, аахпыт кинигэлэрбитин ырытыһарбыт. Мин ааҕааччы, кини кириитик хараҕынан. Миэхэ суруйарга сүбэ-ама биэрэрэ. Өрөбүллэргэ култуурунай сынньалаҥ буолара. Киинэҕэ сылдьарбыт, тыйаатырга эмиэ.

Эрчимэн дьон мөлтөх өттүн хаһан да кэпсээбэт этэ. Суруйааччылар үчүгэй өрүттэрин кэпсиирэ. Атастара-доҕотторо ааммытын саппат этилэрэ: Суорун Омоллоон, Болот Боотур, Моисей Ефимов, Идэлги уо. д.а. Кинигэ уларсаллара, күө-дьаа кэпсэтэн күйгүөрэллэрэ. Истиэххэ наһаа астык буолара. Киһи өй-санаа өттүнэн сайдара.

Агафья Захарова, Сардаана Ойунская, Дора Васильева сылдьаллара. Кинигэ уларсаллара. Дьиэбитигэр баай, улахан библиотекалаах этибит. Кинигэ илииһин бүк-тах тутары сөбүлээбэт этэ. Саамай таптыыр сирэ кинигэ маҕаһыына.

Библиотекаҕа сылдьыбат этэ. Наадалааҕа барыта дьиэбитигэр баара. Олохтон барбытын кэннэ муспут кинигэлэрбитин өрөспүүбүлүкэ библиотекаларыгар бэлэхтээбитим. Манна дьиэҕэ эргэрэ, сытан хаалыаҕынааҕар дьон-норуот туһаннын диэн. Элбэх библиотекаҕа, ол иһигэр Бүлүү Сыдыбылыгар, Таатта Уолбатыгар, Майаҕа, Белинскэй библиотекаҕа, хоту эмиэ ыыттарбытым. Биирдиилээн дьоҥҥо элбэҕи бэлэхтээбитим.

Аҕабыт төһө да биһигини кытта суоҕун иһин сүрэхпитигэр өрүү тыыннаах. Олоххо тугу ситиспиппит барыта киниэхэ ананар. Мин Эрчимэнниин 25 сыл өйдөһөн-өйөһөн олорбуппут. Урут кинини айымньытынан эрэ билэрим. Аан бастаан 1960 cыллаахха “Аргыс тыал” диэн кэпсээнин ийэбэр дорҕоонноохтук ааҕыы оҥорбуттаахпыт. Бары дьиэнэн олус сэҥээрбиппит. Ол кэннэ оҕолорго “Oттойо Ойууһут” диэн хоһоонноро 1969 cыллаахха тахсыбыта. Олус үчүгэй иллюстрациялаах кинигэни, иитээччи идэлээх буолан, оҕо саадыгар ааҕан биэрбиппин оҕолорум астына истибиттэрэ. Доҕоро Ефим Шапошников ойуулаабыт этэ. Иккиэн художественнай училищены бастакы выпуһунан бүтэрбиттэр.

Дьэ 1971 сыл атырдьах ыйын 13 күнүгэр холбостубут. Билэрэ-көрөрө сүрдээх. Олох хааһахтан хостуур курдук кэпсиир. Киһи төһө баҕарар истэн олоруох курдук. Олоххо да уопут бөҕө. Үөрэтэр.

Уоллаах кыыс оҕолонон дьоллонон сылдьабыт. Оҕомсох бөҕө. Түүн оҕотун бэйэтэ көрөр. Мин сүрэҕим ыалдьар этэ. Кэлин үчүгэйдик эмтэнэн, үчүгэй буолбутум. Земфира Петровна Попова эмтээн үтүөрдүбүтэ. Киниэхэ махталым муҥура суох.

Бастакы поликлиника кэннигэр икки этээстээх мас дьиэ баара. Онно биэс сыл олорбуппут. Киэҥ-куоҥ дьиэ этэ. Ол кэннэ толору хааччыллыылаах түөрт хостоох дьиэҕэ көһөн кэлбиппит. Үлэлииргэ бары усулуобуйа барыта баар.

Эрчимэн бытааннык хорутан үлэлиирин сөбүлүүрэ. Биир ыстатыйаны суруйарыгар бастаан матырыйаал бөҕө мунньар, онтон ааҕар. Ол кэннэ дьэ суруйар. Кини ыстатыйалара уус-уран айымньыттан итэҕэһэ суох үрдүк таһымнаах, ханнык баҕарар ааҕааччыны долгутар, итэҕэтэр күүстээхтэр. Эрчимэн саха ыччатыгар үрдүк үөрэҕи биэриигэ, айар үлэҕэ кынаттыырга улахан үтүөлээх.

Кини СГУ-га үөрэппит “Сэргэлээх уоттарыгар” такайбыт оҕолоруттан элбэх киһи суруйааччы буолла. Сэмэн Тумат, Ойуку, Саргы Куо норуот суруйааччылара буоллулар. Биллиилээх суруйааччылар: Урсун, Идэлги, Уйбаан Ойуур, Александра Григорьева уо.д.а.

Эрчимэн курдук киһи саха литературатыгар үйэҕэ биирдэ бэриллэр.

Харыстаана КАРДАШЕВСКАЯ.

(“Ахтыылар”, 2026 с. атырдьах ыйа)

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *