Тарасов Савва Иванович туһунан

ДОЙДУТУН, ДЬОНУН ДЬОҺУННААХ САБЫДЫАЛА

“…Биһиги духуобунаспыт силис тардар төрдүн-төбөтүн дириҥник  билиэхпитин, урут олорон ааспыт чулуу дьоммутун үчүгэйдик ырытыахпытын наада”. В.А.Кондаков.

Бүгүн  бэрт кылгастык улууспут, республикабыт, Россиябыт аатын-суолун Аан дойдуга ааттаппыт Семён, Софрон Даниловтар кырдьыктаах уонна үтүө санаа суолунан олорон, үлэлээн ааспыт эриирдээх-эндирдээх, түһүүлээх-тахсыылаах умнуллубат суолларын утумнааччы, салҕааччы буолбут саха народнай поэта, журналиһа, публициһа, тылбаасчыта, общественнай деятелэ Савва Иванович Тарасов хантан, туохтан силис тардан үүнэн-сайдан тахсыбытын уонна төрөөбүт төрүт дойдутугар, дьонугар-сэргэтигэр анаабыт сорох хоһоонноругар санаа атастаһарга холонуохпут.

Духуобунай баай нэһилиэстибэ саха норуотугар баар эбит буоллаҕына, ол дириҥ силистээх-мутуктаах нэһилиэстибэни сириэдиппит сиигэ-сүмэтэ – тылынан уус-уран айымньыга, төрөөбүт тылга-өскө сүгүрүйэн туран улуу олоҥхону айан, чочуйан бүгүҥҥү күҥҥэ тириэрдэн аҕалбыт өбүгэлэрбит барахсаттар үтүө үгэстэрэ, сиэрдэрэ-туомнара, итэҕэллэрэ буолар.

Кыракый Савва өбүгэ үөрэҕин, иитиитин өйүнэн- санаатынан, этинэн-хаанынан ийэтин-аҕатын, эбэтин, эһэтин тус холобурдарын көрөн-истэн улааппыт дьоллоох оҕо сааһа Горнай улууһун Солоҕон нэһилиэгин Чычаас диэн учаастагар Оллоонуга ааспыта.

Солоҕон нэһилиэгэ биһиги улууспутугар саамай элбэх олоҥхоһут олорон ааспыт дойдутунан биллэр. Таарычча аҕыннахха 2010 сылга биһиги нэһилиэкпит 100 сааһын туолуутун  бэлиэтээбиппит. Бу үөрүүлээх үбүлүөйү көрсө “Солоҕон олоҥхоһуттара” диэн 13 олоҥхоһут олоҕун кэпсиир кинигэ бэлэмнэнэн “Ытык эйгэ” кинигэҕэ киирбитэ. 13 олоҥхоһуттартан сэттэтэ Тарааһаптар буолаллар. Савва Иванович абаҕата, убайдара, эдьийэ олоҥхоһуттарын таһынан, талбыт курдук үлэһит, үтүө санаалаах, аламаҕай майгылаах, сытыы-хотуу, салайар үлэҕэ дьоҕурдаах дьон этилэр. Аҕата Иван Яковлевич норуот таптаан, убаастаан “Кырдьаҕас бассабыык” диэн сүрэхтээбит киһилэрэ советскай былаас бастакы сылларыттан ыла олохпут туругурарын иһин олорон, үлэлээн ааспыта.

Ол туһунан “Кэскил” хаһыат кырдьаҕас литературнай үлэһитэ Николай Прокопьевич Васильев “Ыллык, суол аһыллан испитэ” диэн Савва Тарасовтан ылбыт интервьютугар маннык суруйар: “… Кэлин аҕам бэйэтин улууһугар биллэр үлэһит буолбута: колхуоска бэрэсэдээтэллээбитэ, нэһилиэк сэбиэтин кытта салайбыта. Биир буукубаны билбэт этэ да, ликбезкэ үөрэнэн араспаанньатын нэһиилэ адаарыччы баттыыр буолбута…” “Солоҕоон” диэн биир дойдулаахтарым таһаарбыт кинигэлэригэр Иван Яковлевич Тарасов аатын- аҕам аатын- үчүгэйдик ахтыбыттарыттан мин үөрэбин, киэн туттабын. Сэрии ыарахан сылларыгар колхуоһун дьонуттан биир да киһини аччыктаппатаҕа, сутаппатаҕа диэн чорботон бэлиэтээбиттэр этэ. “Аҕаҥ сахалыы өйдөөх киһи этэ” диэн оҕонньоттор миэхэ үгүстүк этэр буолаллара…”

Савва Иванович оҕо сааһа тылынан уус-уран айымньыны өбүгэ үгэһинэн оҕону иитиигэ (бэйэлэрэ да билбэтэллэр) тус олохторунан, сиэрдэринэн-майгыларынан туһанар эйгэҕэ, түөлбэҕэ ааспыта кини поэт, суруйааччы уонна киһи буолуутугар бэрт улахан сабыдыаллаах буолбута.

Ол да иһин поэт бастакы кинигэтин “Таптыыр сахам тылынан” (Якутск, 1961 с.) диэн ааттаабыта түбэһиэхчэ буолбатах. Бу кинигэтигэр бэрт судургу курдук эрээри Оллоонуга ааспыт оҕо сааһыттан ыла иҥэ сылдьар иитиитин туһунан маннык дириҥ ис хоһоонноох строкалары суруйбут:

Таптаабытым мин

сахам ырыатын

Талах биһиктээх эрдэхпиттэн

Ытыы да сытан ах барарым

Ырыа алыптаах

тылларын истэн…

 

Умсугуйбутум, устар

долгуннуу,

Уһуннук кутуллар

олоҥхо тойугар

Бигэнэрим төлөннөрү

одуулуу

Бухатыырдар чаҕылҕан

сырыыларыгар.

 

Билиҥҥи кэмҥэ литература эйгэтигэр киэҥ хоннохтоохтук үлэлэһэ сылдьар П.А.Ойуунускай аатынан бириэмийэ лауреата, суруйааччы, критик Семен Андреевич Попов- Тумат, “Орто дойду” хаһыакка (22.04.2004с.) тахсыбыт “Сиинэ түбэтиттэн тахсыбыта” ыстатыйатыгар бу курдук ылыннарыылаахтык суруйар: “Хайа баҕарар поэкка бастакы саҕалааһыннарыгар сэмэйдик да буоллар сүбэ-саргы тыллары этиллэрэ, сыыһатын-алҕаһын ыйыы баар буолааччы. Оннук этиилэр бу киһибит хоһоонноругар этиллибэтилэр. Тоҕо оннугуй? Маныаха хоруйу саха народнай суруйааччыта Софрон Петрович Данилов биэрэн турар. Ону аахпыт киһи “кырдьык оннук эбит дии түһэр”, “Кини поэзията ааҕааччыга кэрэхсэнэр биир кистэлэҥинэн поэт киһи төрөөбүт тылын бары ымпыгар-чымпыгар, дэгэтигэр тиийэ муҥутуурдук билэрэ, ийэ тылын кэрэ сүмэтин, абын-хомуһунун адьас кыра эрдэҕиттэн этигэр-хааныгар дириҥник иҥэриммитэ буолар. Кини курдук дьиҥ сахалыы саҥарар, дьиҥ сахалыы саныыр киһи биһиги ортобутугар, кырдьыгынан эттэххэ, бука, аҕыйах буолуо” диэн.

Савва Иванович 60 сааһа туолуутугар муус устар 23 күнүгэр, 1994 сыллаахха “Саха сирэ” хаһыакка сэрии, үлэ ветеранын биһиги нэһилиэкпит олохтооҕун Николай Степанович Стручков “Оҕо сааһым үтүө доҕоро” диэн ахтыыта тахсыбыта. Ол ахтыытыгар Николай Стручков бу курдук суруйар: “Сэрии саҕанааҕы оҕолор оҕо сааспыт үлэни кытта иэмэх мастыы эриллэн, эрэй-буруй эҥэрдэнэн ааспыта… Күһүҥҥү ”хаһыҥҥа тирии түүппүлэни кэтэн бугул көтөҕөрбүт, түгэх харбыырбыт. Савва кыра буолан үксүн бугул түгэҕин харбааһыныгар сылдьара… Оҕолору дьоммут батыһыннара сылдьан үлэҕэ-хамнаска, булт-алт үөрүйэхтэригэр, сиэргэ-туомҥа үөрэтэллэрэ. Ол да иһин биһиги өбүгэлэрбит үтүө үгэстэригэр иитиллэн улааппыппыт…” диэн.

Савва оҕо сааһыгар үгүстүк оҕонньоттору, эмээхситтэри кытта алтыһан, кырдьаҕастарга, кыһалҕалаахтарга амарахтык, сылаастык сыһыаннаһарга иитиллэн улааппыта. Ол курдук олоҥхоһут абаҕатын, убайдарын, эдьиийин сэргэ хараҕа суох таайын Дьарааһыны элбэхтик сиэппит, кини уус тылыгар үгүстүк уһуйуллубут, алыптаах остуоруйаларын, сээркээн сэһэннэрин өйүгэр-сүрэҕэр, этигэр-хааныгар иҥэриммит буолан үгүс хомоҕой хоһооннорун сүрүн темата, идеята киһиэхэ киһилии сыһыаны, күн айыы амарах санааны ааҕааччыга тиэрдэр ис хоһоонноохтор, дириҥ философскай түмүктээһиннээхтэр.

Отучча монографияны, этикаҕа, социологияҕа, философияҕа аналлаах кинигэлэри, 300 тахса араас научнай, литературнай-критическэй ыстатыйалары суруйбут Үрдүкү оскуола академиятын чилиэн-корреспондена, профессор Борис Николаевич Попов-Барылҕан “Уус-уран литератураҕа саҥалыы сыһыан” (Якутск.2002) кинигэтигэр Савва Тарасов поэзиятын “Олоҕу оргул сиэлиттэн тутуһан”, “Савва Тарасовы кытта кэпсэтииттэн” диэн хос быһаарыылаах ыстатыйатыгар бу курдук суруйар: “Мин аҕа табаарыһым, аныгылыы эттэххэ, наставнигым профессор Авксентий Егорович Мординов киһи личноһын туһунан мөккүһэрбитигэр нүһэрдик, аргыыйдык эппитэ: “Савва Тарасов олус сэмэй майгылаах, көрүҥүнэн харахха соччо быраҕыллыбат эрээри, дьэ, доҕор, чаҕылхай киһи эбит. Эдэр ыччат үтүктүөн, холобур оҥостуон сөптөөх киһитэ эбит”

Борис Николаевич Савва Иванович ыраас, сылаас харахтарынан биһигини көрө-көрө, намыыннык, аргыыйдык сыыйан, уустук матыыптаах норуот тойугун туойбутун истэммин сөҕөн турардаахпын диэн салгыы суруйар.

Биһиги биир дойдулаахпыт өрүү дойдутун дьонун күндүтүк саныыр-ахтар, сылаас истиҥ тылынан-өһүнэн сахалыы тыыннаан, куттаан-сүрдээн сатабыллаахтык хоһуйар:

Дорооболоруҥ, дойдум

тииттэрэ –

Дьоһун-мааны

тыам оҕонньотторо!

Эһигини, сээркээн

сэһэнньиттэрбин,

Эмиэ аҕыйах күн

истэ түһээрибин

Эргиллэн кэллим.

 

Чэ эрэ, көхсүгүтүн этитэн,

Чэлгиэннээх күөмэйгитин

чөллөрүтэн

Тойуккутун туойан

доллоһутуҥ.

Эдэр кэмнэргитин эргитэн

Этэн-тыынан кылбаһытыҥ…

(Олоххо тардыһыы. Якутск.,

1965 с., стр.21)

 

Солоҕон нэһилиэгин Өрт бөһүөлэгин бастакы дьиэлэрэ хампа күөҕүнэн суугунуур хатыҥ чараҥ ортотугар солонон тутуллубуттара, Санньыгыр бааһынатыгар сэлиэһинэй үүннэрэллэрэ. Ол да иһин оччолорго Чараҥ бөһүөлэгэ дэнэрэ. Ити кэмҥэ эдэркээн Савва “Чараҥнааҕы сэлиэһинэй” диэн хоһоону суруйбута, бу билигин ырыаһыт поэт аатырбыт Савва Тарасов бастакы ырыа буолбут хоһооно. Ырыа көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн, норуот уоһуттан түспэккэ кэллэ.

Чуумпу киэһэ чараҥ иһэ

Намылыйа, наскыйда.

Тапталлааҕым,

далбарчааныам,

Тахсыах эрэ дьаарбайа.

 

Күөххэ хаама, онно Маайа

Көрүөҥ үлэ бэлиэтин,

Быйыл бурдук быдан ордук

Өлгөмнүүрэ үүммүтүн…

 

Поэт бу төрөөбүт-үөскээбит Солоҕонугар анаабыт биир бастакы айымньыта буолар. Кини устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах олоҥхоһут удьуордарын утумнаан народнай поэт буолбута. Үгүс хоһоонноругар үтүөкэн ырыалар айылыннылар. Олортон сорохторун бу үөрүүлээх түгэҥҥэ ахтан-санаан ааһыаҕыҥ, ыллаабыт-туойбут курдук сананыаҕыҥ “Баҕарабын эйиэхэ”, “Бастакы хаар сылаас нуолура”, “Сибэккилэр түһүүллэр”, “Алааһым сибэккитэ”, “Үчүгэйиэн сааскы киэһэ”, “Тыыннаах диэн үчүгэй даҕаны” о.д.а.  Поэт бэртээхэй хоһоонноругар норуот уоһуттан түһэрбэт үгүс ылланар ырыалары айбыт мелодист Виталий Тимофеевич Андросов буолар.

Горнай улууһун дьонугар-сэргэтигэр муус устар ыйга кыыдааннаах-чысхааннаах кырыа кыһын баранан сандал саас барахсан үөрүү-көтүү, дьол-соргу аргыстанан күөх маайы көрсөргө бэлэмнэнэр кэмигэр Семен Петрович, Софрон Петрович Даниловтар, Петр Денисович Аввакумов, Савва Иванович Тарасов төрөөбүт буоланнар бу ыйга оскуолаларга, нэһилиэктэргэ литературнай ааҕыылар, научнай дакылааттар буолаллар. Араас конкурустар диспуттар былаан быһыытынан ыытыллаллар.

Савва Иванович төрөөбүт Солоҕонун нэһилиэгин оскуолатыгар дьиэ кэргэнин, аймахтарын ааттарыттан оскуоланы бүтэрэр тылга, литератураҕа ситиһиилээх үөрэнээччигэ стипендия аныыр буолбута үтүө үгэскэ кубулуйда.

Савва Иванович кэргэнэ сахаттан бастакы гидроэнергетик үөрэхтээх Акулина Христофоровналыын сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харахтарынан хайҕаһан 1961 сыллаахтан ыал буолан икки кыыс оҕону төрөтөн, үрдүк үөрэхтээн, икки сиэннэнэн олох минньигэс истиҥ иэйиитин билбитэ.

Савва Иванович эдэр сааһыттан ыарыһах буолан үгүстүк Акулина Христофоровна болҕомтотун, өйөбүлүн ылан талаана аһыллан, үлэтэ-хамнаһа тахсыыланан үгүс аакка-суолга, чиэскэ-бочуокка тиксибитэ. Саввалаах Акулина сайдам-сайаҕас саха ыалын быһыытынан Чурапчыттан, Горнайтан аймахтарын оҕолорун үрдүк үөрэххэ киириилэригэр дьиэлэригэр олордон өйөбүл-тирэх, күүс-көмө буолбуттарын ааҕан сиппэккин. Бу буолар дьиҥнээх сахалыы сиэр-майгы, кэлэр кэнчээри ыччакка итэҕэйии, эрэнии.

Савва Тарасов поэзиятын биир суол сүрүн уратыта норуот айымньытын уус-уран тыла-өһө, олох дириҥ муудараһын иҥэриммит ис хоһооно, философията буолуон сөп дии саныыбын.

Поэт таптыыр ааҕааччыларыгар анаан маннык бэлиэ строкалары айан кэбиспит:

Баҕарабын мин

эһиэхэ түмүөхпүн

Күн аннын симиир

бары кэрэлэри

Дьулуһарым онтон

бэрсэ түһүөхпүн

Дьон-сэргэ уйан

дууһатын үөрдээри.

Поэт айар үлэтин саҕаланыыта чэпчэкитэ суох этэ. Уодаһыннаах ыар ыарыы оҕо бэйэтин уһуннук алларытан, орто оскуоланы бүтэрэн баран, үөрэнэр баҕатын тохтоторго күһэйбитэ. Олох олорор, тыыннаах буолар туһугар охсуһуута саҕаламмыта. Дьэ, бу кэмҥэ кини анала поэзия буоларын өйдөөбүтэ. Олох кэмчи үөрүүлэрин, кытаанах кыһалҕаны, сүрэх, дууһа кыланыытын хоһоон тылынан дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир наадатын бу кэмҥэ ордук дириҥник билбитэ. Образтаан эттэххэ – Савва Тарасов тыыннаах эрэ буоларга таласпатаҕа – поэзияҕа анаан олох олорорго охсуспута:

Эдэр сааска эмэҕирэр

Эймэнитэр мин сүрэхпин…

Ама, бэлиэр ииҥҥэ киирэр

Аналлаахпыан – дэнэбин.

Олох ыҥырда, олох угуйда

Охсус диэн

дьиппиэнник эттэ.

Өр сылларга Саха суруйааччыларын салайыыга бииргэ үлэлээбит поэт, критик, краевед П.А.Ойуунускай аатынан бириэмийэ лауреата Николай Егорович Винокуров –Урсун поэт өссө 50 сааһын туолуутугар “Сүрэх ырыата” диэн ыстатыйатын суруйбута. Кини суруйбута:”Тарасовтар дьиэлэригэр олоҥхо истэр дьоро киэһэлэр элбэхтик буолаллара. Поэт өйдүүрүнэн кини төрөппүттэрэ, аймахтара ардыгар тус-туһунан үллэстэн олоҥхолууллара үһү” диэн.

Биһиги Савва Иванович биир дойдулаахтара быһыытынан кини олорон, үлэлээн кэлбит олоҕунан, киһи быһыытынан кэрэтин, сайаҕас салайааччы быһыытынан биллибитин үрдүктүк сыаналаан туран өрүү киэн туттабыт. Кини айар үлэтин, олоҕун, общественнай деятель буоларын үгүс ахсааннаах аата-суола, чиэһэ-бочуота дьиҥ-чахчы кэпсиир, дакаастыыр.

Түмүкпүтүгэр РСФСР уонна Саха Республикатын култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха комсомолун, Емельян Ярославскай аатынан журналистар республикатааҕы бириэмийэлэрин лауреата, ССРС бэчээтин туйгуна, Саха народнай поэта, П.А.Ойуунускай аатынан государственнай бириэмийэ лауреата, Россия суруйааччыларын Сэбиэтин чилиэнэ, Россия суруйааччыларын союһун уонна “АЛРОСА” улахан литературнай бириэмийэтин лауреата, Саха Республикатын Духовнаска академиятын академига, Саха Республикатын бочуоттаах гражданина, Улуу Пушкин мэтээлин хаһаайына Савва Тарасов улуус ыччатыгар анаан маннык кэс тылы эппитэ: “Мин эдэр көлүөнэ киһитэ эбитим буоллар, кырдьаҕас көлүөнэ үтүө, үчүгэй өттүн чорбото сатыам, кини кыайыытын-хотуутун ойуччу тутан бэлиэтиэм – онтон үөрэниэм, онно тирэҕириэм, онтон күүс-сэниэ эбиниэм эбитэ буолуо… Дьэ, ол кэннэ кини сатаабатаҕын сатаан, кыайбатаҕын кыайан, туораабатах байҕалларын туораан, дабайбатах дабааннарын дабайан, үөһэ диэки, күн диэки өрө тардыһа сатаан көрүөм этэ…”.

Убаастабыллаах Савва Иванович дьиэ кэргэттэригэр, урууларыгар, аймахтарыгар бука барыларыгар Горнай улууһун, Соло5он нэһилиэгин олохтоохторун ааттарыттан дьолу-соргуну, уһун олоҕу баҕаран туран тапталлаах поэтпыт “Тыыннаах диэн үчүгэй даҕаны” диэн хоһоонуттан быһа тардан бу дьоҕус суруйуубун түмүктүүбүн:

Күн көрдө, күн үөрдэ!

Күлүмнүү-көрүлүү

Күөх торҕо халлааҥҥа күөрэйдэ.

Быһыыта, ол онтон,

Ол онтон санаатым

Тыыннаах диэн үчүгэй даҕаны!

Александр Адамович ТАРАСОВ.

Горнай, Бэрдьигэстээх, 2019 с.

(“Ахтыылар”, 2026 с. атырдьах ыйа)

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *