Никифорова Варвара Павловна туһунан

ДЬҮӨГЭМ БАРАХСАН!

Саха биллиилээх суруйааччыта, Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылааҕа, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Семён Осипович Никифоров биһиги Шестаковтар дьиэ кэргэн доҕоро этэ.

Кэргэним Эрчимэн Сэмэн суруйууларын үрдүктүк сыаналыыра. «Сэмэй, үтүө үлэһит киһи», – диэн киэн туттара. Олоҕун аргыһа Варвара Павловна мин чугас дьүөгэм этэ.

Билигин эһиэхэ кинини кытта хайдах билсибиппин ахтан ааһыам. 1971 сыллаахха Эрчимэҥҥэ кэргэн тахсан, куоракка көһөн күккүрээн киирбиппит. Белинскэй уулусса 10 нүөмэригэр 7 кыбартыыраҕа, иккис этээскэ олорбуппут. Үс хостоох киэҥ-куоҥ, оһоҕунан оттуллар дьиэ этэ.

Уоппускабытыгар олоробут. Дьиэ-уот өрөмүөнэ. Арай эбиэт саҕана ааммыт чуораана тырылыы түстэ. Эрчимэн ааны аһа биэрбитэ – көһүтүллүбэтэх ыалдьыт Марфа Петровна үөрэн мичийэн турар үһү. Эрчимэн дьиэҕэ киллэрдэ. Көрө түспүтүм мааны баҕайы чүөчэ бакыат тутуурдаах турар эбит.

– Аас, – диэтим.

Куукунаҕа ааста. Остуолга бакыатын уурда.

– Мин Марфа Петровнабын, – диэн илиитин биэрдэ.

– Мин Александрабын, – диэтим.

Сүрдээх эйэҕэс көрүҥнээх, номоҕон сэбэрэлээх Далбар Хотун. Миигин көрө кэлбит.

Остуол тартым. Алаадьы, миин буһан бэлэм турара. Марфа Петровна балыктаах бөрүөк оҥорон аҕалбыт. Остуол тула олорон күө-дьаа кэпсэттибит.

– Дьөгүөр Бөтүрүөбүс эдэркээн чүөчэни ойох ылбыккын, дьэ бэрт, – диэтэ. – Бары саастаах суруйааччылар кэргэттэрэ сомоҕолоһон бииргэ сылдьыахпыт- диэтэ. Мин үөрэ иһиттим.

Сотору махтанан, тахсан барда. Барбытын кэннэ Эрчимэн:

– «Тойоммут» Моисей Ефимов кэргэнэ, бэртээхэй чүөчэ, билис, – диэтэ.

Күн-дьыл элэгэлдьийэн ааһан иһэр. Арыт күн эр дьон суруйааччылар миигин көрө кэлэллэр – Леонид Попов,  Моисей Ефимов уо.д.а. Мин итини сөбүлээбэтим…

Сотору Саҥа дьыл бырааһынньыга чугаһаата. Марфа Петровна Эрчимэнинэн ыҥырыы ыыппыт. Саҥа таҥас-сап атыылаһан, бүрүчүөскэ оҥостон киэргэнэн тиийдибит.

Марфа Петровна суруйааччылары кытта билиһиннэрдэ. Мин тыаттан киирбит киһи билэттээбэт буоллаҕым. Суорун Омоллоону, Амма Аччыгыйын, Күннүк Уурастыырабы биллим. Тута остуолга олордубут.

Остуолбутун Күннүк Уурастыырап иилээн-саҕалаан ыытта. Маннык улуу дьону кытта бииргэлэспэтэх буолан наһаа үөрдүм. Бу боростуойдарын, эйэҕэстэрин-сайаҕастарын, ырыаһыттарын. Хоһоону, көрү-нары көҕүлүттэн туталларын сөхтүм. Үҥкүү бөҕө. Үҥкүүгэ Сэмэн Данилов ыҥырда. Эрчимэн Марфа Петровналыын үҥкүүлээтэ. Варвара Павловна:

– Балтым эбиккин, – диэн үөрэ-көтө кэпсэттэ.

Доосо кэргэнэ Степанида Николаевна, Аввакумов кэргэнэ уо.д.а. бары биир дьиэ кэргэн курдук астына-дуоһуйа бырааһынньыктаатыбыт. Сэмэн Даниловы кытта үҥкүүлээн дьоллоннум. Дьиэбитигэр таксыынан кэллибит.

Варвара Павловна бу кэннэ дьиэҕэ-уокка кэлэн кэпсэтэн, отой эдьиийдии- балыс курдук буоллубут. Кэлин чугас дьүөгэлии буолан хааллыбыт. Марфа Петровналыын, Степанида Николаевналыын  эмиэ. Дьүөгэм Варя хоно-сүтэ кэлэр оҕолорго тыс этэрбэс, бэргэһэ, маскараат тигэр. Миигин ас астыырга үөрэтэр. Барарыгар илии тутуурдаан, өттүк харалаан ыытабын. Иккиэн Мэҥэ буоламмыт билэр дьоммут элбэҕэ, ону кэпсэтэбит. Театрга сылдьабыт. Бырааһынньыктарга араас астары астаан биэрэр. Косметичка суумка баайан, иннэлик быысапкалаан биэрэр, чаппараак бэлэхтиир. Эрчимэҥҥэ бэргэһэ тигэр. Майгыта эйэҕэһэ. Үтүө санаалааҕа. Сайын аайы дойдуларыгар Хаатылымаҕа сайылыыллар. Хаатылыма эмис соботун соркуойдаан, барыанньа кэһиитин аҕалар. Мин ботуччу харчы биэрэбин. Кэлин ДСК-ҕа саҥа  дьиэҕэ көспүтэ. Ыарытыйар этэ. Кэһиибин, харчыбын тутан ыалдьыттыы тиийэрим. Олус үөрэрэ, сыллаан ылара. Ыарыйдар да таптыыр аспын астаабыт буолара.

Эппэрээсийэ кэнниттэн  сылдьарым. Мөҕөр.

– Бу кыыс ыалдьа-ыалдьа туох элбэх аһын тутан  аҕалаҕын, – диэхтиирэ.

– Варя, атас туһугар атах тостор, – диэтэхпинэ үөрэрэ. Сынньаннын диэн өр буолбат этим. Барахсан эрэллээх, үтүө санаалаах дьүөгэ этэ.

Кинигэ бөҕөтүн ааҕара, ону ырытыһарбыт. Киһи хайдаҕа киһи үөрэр-көтөр, санаарҕыыр-санньыйар кэмҥэр көстөрүн эппинэн-хааммынан билбитим…

Таптыыр дьүөгэм Варвара Павловна төһө да күн сириттэн суох буолбутун иһин, баараҕай махталбын этэбин. Эн сырдык мөссүөнүҥ биһиэхэ  сүрэхпитигэр өрүү тыыннаах.

Харыстаана КАРДАШЕВСКАЯ.

2026 с. атырдьах ыйа.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *