Ааспыт сырыыга “…С.Т. Руфов барахсан өлүөн аҕай иннинэ үйэ тухары умнуллубат биир үтүө дьыаланы тыыннаах хаалбыт табаарыһыгар оҥорон, кинини харыс үрдэтэн, кэриэс кэбиһэн барда”, – диэн тылларынан ыстатыйабын түмүктээбитим. Бука сэрэйдэххэ, үгүс киһи бу этии ис дьиҥин билэ охсоору иһигэр кэтэстэҕэ, бүтэйдии күүттэҕэ. Оччотооҕуга иннэ-кэннэ биллибэт бу дьыала аан бастаан туохтан сылтаан саҕаламмытын, төлө барбытын, манна мин сүүтүк саҕа сыһыаннааҕым быһыытынан, этэргэ дылы, араас тыл-өс тэнийэ илигинэ быһа түһэн, хайдах баарынан аһаҕастык ахтан ааһарга сананным.
Үйэбитигэр биирдэ, аны ол хатыламмат, кэргэммин кытта 2014 сыллааҕы саҥа дьылы биир дойдулаахпыт И.Д. Винокуров тус ыҥырыытынан аатырбыт Волга өрүс үрдүк биэрэгэр турар Ярославль куоракка тиийэн ылан турабыт. Онно, сурах хоту буолбакка, Иннокентий Давыдовыһы илэ бэйэтин уу харахпынан көрөн, тылын-өһүн эт кулгаахпынан истэн, үлэтин-хамнаһын чугастык билсэн, быһата, олус сөҕөн-махтайан кэлбитим. Испэр “ыраах да олордор айар куттаах, суруйар идэлээх бу соҕотох сахаҕа Сахалар аатттарыттан туох эрэ өйдөбүлү оҥорбут киһии”, – дии санаабытым.
Кэпсэтиибит быыһыгар саха суруйааччыларыттан С.Т.Руфовы уонна В.А.Тарабукины тоһоҕолоһон ыйыппыта. Онно мин Василий Архипович соторутааҕыта өлбүтүн, оттон Семен Титович этэҥҥэ сылдьарын эппитим. Ону истээт тута: “Оо, мин көлүөнэбиттэн Саха сиригэр соҕотох Сэмэн эрэ ордон хаалбыт дии. Дьэ буолан истэхпит…” – диэт Иннокентий Давыдович сүрдээх дириҥник үөһээ тыынан ылбыта, балачча саҥата суох сөҥөн олорбута.
– Дьэ, Уйбаан, тиийдэххинэ Сэмэни хайаан да бул, көрүс. Миигин өйдүүрэ буолуо, эҕэрдэтэ тиэрт, – диэн хайдах эрэ көрдөһөр, эмиэ да соруйар икки ардынан эппитэ.
Дойдубар кэлээт, бастаан төлөпүөнүнэн С.Т.Руфовы кытта кэпсэтэн баран, кини ыҥырыытынан дьиэтигэр тиийэн сирэй көрсүбүтүм. Соҕотох этэ. Бэйэтэ ытыйан күөрчэх оҥорон чэйдэппитэ. Киһи быһыытынан боростуойа, үрдүк культуралааҕа, ордук былыргыны сүһэн сылдьара, быдан ааспыты ымпыгар-чымпыгар дылы умнубакка өйдүүрэ миигин сөхтөрбүтэ. Семён Титович И.Д.Винокуровы өссө Үөһээ Бүлүүттэн, 1957 сылтан чугастык билэрин, кэнники өлбүтүнэн ааҕан ахтыытыгар киллэрбитин кэпсээбитэ. Онтуката, табаарыһа тыыннааҕын миигиттэн истэн соһуйуу бөҕөтүн соһуйан, сонно тута ол “айдааннаах” кинигэни булан, бэйэтэ эт илиитинэн киһи күлүөх курдук сүрдээх көрүдьүөс тылларынан Лэгэнтэйи уоскутан, намырытан, бырастыы гынарыгар көрдьөһөн суруйбута.
Ону мин И.Д. Винокуровка почтанан ыыппытым. Ис хоһоонун билигин да быһа барыйан син өйдүүбүн. Сэһэргэһии кэмигэр Ярославль куоракка сылдьан били ымыы гыммыт бүччүм баҕа санаабын Семён Титовичка, кырдьыгынан эттэххэ, испэр дьулайа-дьулайа сэрэнэн быктарбытым. Хата үөрүөх быатыгар, Семён Титович тута өйөөбүтэ уонна биир-биэс тыла суох бэйэтигэр ылыммыта. Манан мин кыра сыһыаным бүтэр. Мантан ыла С.Т.Руфов хайдах кэпсэтэн, туруорсан, тылын ылыннаран бу сүдү дьыаланы ситиспитин, тиһэҕэр тиэрдибитин, хомойуох иһин, толору кэпсиир кыаҕым суох. Арай Саха сирин суруйааччыларын иккис союһун председателэ, народнай поэт И.В.Мигалкин бу хамсааһын киириитин-тахсыытын балачча билэн эрдэҕэ…
Дьэ ити курдук, С.Т.Руфов 58 сыл сүтэрсэн баран соторутааҕыта булсуспут, билигин Россия киин сиригэр Ярославльга олорор, уу саха эрээри нууччалыы суруйар биир идэлээҕин И.Д.Винокуровы өйөөн, бэрт өр туруулаһан, мин санаабар, чахчы киһитэ КИНИ буолан СР суруйааччыларын союһун чилиэнинэн ыллаттарда. Семён Титович Руфов барахсан өлүөн эрэ иннинэ оҥорбут бу бүтэһик үтүө дьыалата, кини киһи быһыытынан хайдаҕын биһиэхэ толору туоһулуур.
Манна даҕатан эттэххэ, аҕыйах хонуктааҕыта Семён Титович төрөппүт уолун Максим кэргэнэ Светлана Николаевна Руфова аҕаларын кэриэһин толоро, анаан-минээн И.Д.Винокуровы сирэй көрсө, таарыччы суруйааччы аатын сүкпүтүн туоһулуур докумуону үөрүүлээх быһыыга-майгыга тус илиитигэр туттара кырдьаҕас Ярославль куоракка көттө.
Иван НЕЛУНОВ.
2016 сыл, ыам ыйа.
