Тумусова Зоя Егоровна туһунан

Зоя Егоровна Тумусова “Олох – таҥара бэлэҕэ” кинигэтэ сыралаах, сүҥкэн үлэни ааспыта, ааптар олоҕун кэлиҥҥи сылларын устата кыһаллан-мүһэллэн суруйбута тута көстөр.

Кинигэ таһыттан даҕаны ааптар бэрт интэриэһинэй толкуйун бэлиэтээн көрөбүт. Кини олоҕун хартыынатын уһуннук устар күн сырдатыллыбыт суолунан көрдөрбүт. Ол суолга кырачаан кыыс олох киэҥ аартыгар үктэнээри турар… Инникитин бу кыысчааны туох күүтэрий? Үөрүү дуу, биитэр хомолто дуу? Туох ситиһиилэр? Хайдах дьылҕаланыай? Ити ыйытыктар тула бу кинигэҕэ сиһилии кэпсэнэр.

Кинигэ оҥоһуута да кэрэхсэбиллээх: суруйсуу көрүҥүнэн суруллубут. Эҕэрдэ сурук уонна ол сурукка ааптар эппиэтэ. Дьэ, итинник ньыманан ааҕааччы, ааптары өрөгөйдөөх үбүлүөйүнэн эҕэрдэлээбит дьон туһунан билэр кыахтанар.

Истиҥ сыһыаннаах, амарах, кыһамньылаах, ураты майгылаах уонна талааннаах дьахтар Зоя Тумусова истиҥ эҕэрдэни, бэртээхэй сыанабылы ыларын олус сөптөөҕүнэн ааҕабын. Ол туһунан кинигэтэ да толору арыйар.

Зоя Егоровна чугас дьоно, дьүөгэлэрэ, оскуолаҕа, үрдүк үөрэх кыһатыгар бииргэ үөрэммит доҕотторо, урукку коллегалара элбэхтэрин, бары киниэхэ убаастабыллаахтык сыһыаннаһалларын көрөр үчүгэй даҕаны. Уонна кини чахчы даҕаны олорбут олоҕунан итини барытын сөптөөхтүк ситистэ диэн этэр тоҕоостоох.

Тус бэйэм эрдэ кинини билбэт этим, ол да буоллар кинигэтин бастакы сирэйиттэн кини хайдахтаах курдук бары өттүнэн кэрэ киһи буоларын, кыра эрдэҕиттэн дьонтон уратыта көстөрүн, онтон эдэр сааһыгар ити хаачыстыбата чаҕылхайдык сайдарын өйдөөтүм.

Зоя оҕо эрдэҕиттэн олоххо улахан киһилии муударай сыһыана, олоҕу ураты көрүүтэ, кырдьаҕас дьону кытта алтыһыыта, кинилэр олох араас өрүттэрин туһунан кэпсээннээрин истэрэ сөхтөрөр. Ону тэҥэ кини тулалыыр дьонун өйүүрэ, ыарахан түгэҥҥэ көмөҕө кэлэрэ, үөрүүнү тэҥҥэ үллэстэрэ – бу Зоя Егоровна характерын кубулуйбат уратыта.

Кинигэттэн кини элбэх ахсааннаах аймахтарын, ол дьон дьылҕатын, олус эдэркээн бииргэ төрөөбүт быраатын уонна племяннигын алдьархайдаах өлүүлэрин, олохтон эрдэлээн барбыт бииргэ төрөөбүт икки балтытын туһунан билэбит. Ити курдук олох охсууларын кытта, күн сардаҥатын кэриэтэ, үөрүүлээх уонна дьоллоох түгэннэр сэргэстэһэ сылдьаллар – уруулар, оҕо күн сиригэр кэлиитэ, кини оскуолаҕа ситиһиилэрэ, оскуоланы бүтэрэр баал, устудьуоннуур сыллара уо.д.а. Дьэ ити түгэҥҥэ барытыгар сүрүн көмөлөһөөччүнэн уонна сүбэһитинэн Зоя Егоровна буолар.

Зоя Тумусова үөрэхтээһиҥҥэ болҕомтону уурар. “Үөрэхтээх киһиэхэ элбэх кыах бэриллэр” диэн санаалаах уонна ыччаты омук тылын үөрэтиитигэр угуйар. Төрөөбүт дойдулара, норуоттара сайдарын туһугар үлэлиир-хамсыыр үлэһиттэргэ ааптар убаастабыллаахтык сыһыаннаһар. Ол гынан баран кини патриоттуу быһыыны барытыттан үрдүктүк тутар: дойдуга, төрөөбүт тылга, культураҕа, айылҕаҕа таптал.

Мин ордук, 16 сааһыгар ыраах куоракка үөрэнэ барбыт оҕотугар аналлаах суруктары ааҕаммын, олус уйадыйдым. Бэрт дьоҕус суруктарга кини ийэлии истиҥ таптала, муудараһа, эдэркээн уолун олох ыарахаттарыттан харыстыыр ыра санаата, төрөөбүт дойдутугар, төрөөбүт тылыгар тапталы иҥэрэр, ону сүтэрбэтигэр күүстээх баҕата көстөр. Кинигэ хайдахтаах курдук уус-уран сахалыы сиэдэрэй тылынан суруллубутуй… Ааптар уустук бөлөхтөрү, этиилэри, эмискэ көстөр тыллары туттар. Буолбут түбэлтэлэри аһаҕастык, хайдах баарынан ойуулуур.

Эҕэрдэ суруктартан биһиги Зоя Егоровна эдэр сааһыттан үчүгэйдик иистэнэрин уонна баайарын, кини эстетическэй вкустааҕын, куруук маанытык уонна муодунайдык таҥнарын билэбит. Бары Зоя Егоровна үчүгэй, олус ыалдьытымсах, өрүү минньигэс астаах, ыраас дьиэлээх хаһаайка буоларын бэлиэтииллэр. Талааннах да киһи: интэриэһинэй хоһоон суруйар, алгыс сиэрин-туомун тэрийэр, олус истиҥник ыллыыр, өлгөм оҕуруот олордор, сибэкки арааһын үүннэрэр, ону таһынан тииҥнэри, чыычаахтары ииппитэ, дьиэ кэргэнин кытта айылҕаҕа сынньанарын сөбүлүүр, сир астыыр. Биир тылынан эттэххэ, киһи сөҕөр эрэ. Норуот таптыыр мелодиһын, ырыаһытын, ыараханнык ыалдьыбыт Анастасия Варламованы бүөбэйдээбитэ, көрбүтэ-истибитэ. Кэлин тиһэх суолугар атаарыыга күүс-көмө буолбута, тиһэҕэр кинигэтэ уонна диискэтэ тахсарыгар сүүрбүтэ-көппүтэ миигин эрэ буолбакка, элбэх киһини сөхтөрбүтэ буолуо дии саныыбын.

Олоххо, дьоҥҥо күүстээх тапталынан туолбут, ааптарга тапталы уонна убаастабылы иҥэрэр дьикти бэйэлээх кинигэ иһин махтанабын!

Кинигэ таһыттан илэ харахпынан көрдөхпүнэ, били кып-кыраһыабай кыысчаан улаатан, дьоҥҥо үтүөнү баҕарар, дьиҥнээх саха Далбар Хотуна буолбут. Ити «Олох – таҥара бэлэҕэ» кинигэ ааптара – Зоя Егоровна Тумусова тапталлаах, бэриниилээх кэргэн, кыһамньылаах муударай ийэ, кыраҕа-кыаммакка көмөҕө кэлэр тапталлаах эбээ.

Зоя Егоровнаны кытта чугастык билсэн, кинигэтин ааҕан баран, кинини мин атын дьон туһугар дьаныардаахтык үлэлиир, үрдүк сыал туһугар олоҕун олорор киһиэхэ тэҥнээтим. Аан дойдуга үтүө дьыаланы оҥорон биллибит Мать Тереза “Биһиги улуу дьыаланы оҥорор кыахпыт суох, ол да буоллар кыра дьыаланы күүстээх тапталынан оҥорор кыахтаахпыт”, “Төһөнөн элбэх тапталы, муудараһы, кэрэни, эйэҕэс буолууну бэйэҕэр арыйаҕын да, соччонон ону барытын тулалыыр эйгэҕэ көрсөҕүн” диэн эппиттээҕэ. Мин санаабар, бу тыллар Зоя Егоровна Тумусоваҕа анаммыт курдуктар диэтэхпинэ сыытарбатым буолуо…

Дьокуускай.

2016 сыл, ыам ыйа.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *