
Биир көлүөнэ спортсменнар
Биирдэ санаан көрдөххө, үс олимпиец биир көлүөнэ бөҕөстөр буоларбытынан, оҕо сааспытыттан бииргэ алтыспыппытынан даҕаны истиҥ сыһыан биһиэхэ баар. Аны улуу Коркин барахсан үөрэҕэ биир өлүүгэ өлө сылдьар, биир сыаллаах-соруктаах буоларбытынан бэйэ-бэйэбитигэр ханнык улууһуттан тутулуга суох убай-быраат курдук сыһыаннаах буолууну булгу ирдиирэ. Ытык киһи бу кыһыл көмүс быраабылата тустуу спордунан дьарыктанар уолаттары биир сомоҕо күүстээбитэ.
Оччотооҕу модун ССРС ханнык баҕарар куоратыгар саха уолаттара көрсө түстүбүт да, бэйэ-бэйэни бииргэ төрөөбүт убай-быраат курдук өйөһөн, итии-истиҥ сыһыаннаах буоларбыт. Аны кыра саастаах аҕа саастааҕы, кырдьаҕас дьону булгу ытыктыахтаах, убаастыахтаах диэн буолара. Билигин санаатахха биһиги көлүөнэ спортсменнар эһээ буолан үгүс ыччаттанан, киһи-сүөһү төрдө буолан олорон кэлэр көлүөнэҕэ хаалларыахтаах иитиллиибит биир сүрүн үтүө өттө буоларын өйдөөтүм.
Улуу Коркин ити үөрэҕэ Чурапчы интернат-оскуолатыгар эрэ буолбакка, атын улуус тустуук уолаттарыгар эмиэ дьайара. Ол иһин эбитэ дуу, олимпиецтары кытары биир бэйэм олус чугас, истиҥ сыһыаннаахпын. Табаарыһым Арамаан Михайлович Дмитриев туһунан баарыгар сааһым тухары бииргэ иилиҥкэйдэһэн баран, биир да үтүө тылы тиһэн хаалбатахпын. Билигин кэлэн ити улахан алҕаспын өйдөөн Александр Николаевич Иванову кытары анаан-минээн кэпсэтии ыытан, кини туһунан биир эмэ үтүө тылы суруйарга бэйэтиттэн уонна кэргэниттэн Варвара Афанасьеваттан көҥүл ыллым.
Атаспыттан көҥүл ылан үөрэн-көтөн, дьиэбэр кэлэн суруксуттаары көмпүүтэрбэр төҥкөйдүм. Арай, доҕоор, ханнык эрэ дьикти сүдү күүстэн сүр баттатан эмискэ мах бэрдэрдим! Сүрэҕим нүөлүйбэхтээн, сүһүөҕүм мөҕөн ылла! “Бай, бу тугуй?!” – диэн соһуйан, дөйүөрэн балачча олорбохтоотум…
…Быдан былыргы дьыллар мындааларыттан, урукку дьыллар улаҕаларыттан үтүмэннээх үйэлэри уҥуордаан өбүгэлэрбитинэн хоһуллан кэлбит олоҥхо дойдутун сүдү бухатыыр дьонун, айыы ньургун уоланнарын улуу олоҥхоһуттар олоҥхоҕо хоһуйар тыллара кулгаахпар иһиллэргэ дылы гынна. Аҕыс акыйаан анараа өттүгэр, тоҕус муора уҥуоругар айыы бухатыыра бар дьонун көмүскээн, аҕыс иилээх-саҕалаах аан ийэ дойдуну атыйахтаах уу курдук аймаабыт абааһы уолунаан ыйы-ыйынан охсуһар ыһыылаах-хаһыылаах, алдьатыылаах, хаан олбохтоох өлөр-тиллэр икки ардынан дуолан охсуһууга кыайан орто дойдуга айыы дьонун уруйун-айхалын ыларын санаталаатым.
Ойон туран төттөрү-таары хаамыталаатым, уоскуйаары ыстакааҥҥа уу куттан истим. Илэ бодобун тардынан, сибилигин туста киирэн иһэр киһилии оҥостон-тэринэн көмпүүтэрбэр хаттаан төҥкөйдүм. Сөп ээ, олимпиец диэн эттэххэ судургу. Дьиҥ иһигэр киирдэххэ, оччолорго сир шарыгар түөрт миллиартан тахса ахсааннаах киһи аймахха орто аан ийэ дойду өркөн өйдөөхтөрүн, дуулаҕа күүстээхтэрин, сүүс араас сүдү албастаах мэҥэ күүстээхтэрин охтортообут эргиччи өттүнэн модун күүстээх, чахчы да бөдөҥ улуу дьон буоллахтара. Буолан баран орто дойду улууттан улуулара, чулууттан чулуулара билиммит киһилэрэ – улуу пехлеван Александр Иванов.
Аҕыйах ахсааннаах да буолларбыт
Аны үс олимпиец-медалист – биир Олимпиадаттан. Аны саха ахсаана бу аҕыйаҕын. Оччолорго биирдии миллиардтаах улуу Кытай, Индия курдук уонна да атын бөдөҥ сайдыылаах судаарыстыбалар олимпийскай мэтээлгэ кыайан тиксибэт этилэр. Олимпийскай мэтээл суолтата оннук улахан сүдү, күндү. Оттон сахалар элбээн-элбээн, эбиллэн-эбиллэн билигин баара-суоҕа кыһыл оҕотуттан саҕалаан 450 000 эрэ буоллубут. США куораттарыгар биир өссө балтараа мөлүйүөн киһи батар небоскрёбтара бааллар. Ол аата США саатар биир дьиэтин аҥаарын да кыайан толорбот аҕыйах ахсааннаах омукпут.
Мантан Олимпиадаҕа бэлэмнэнэр саастаах эр дьону сүүмэрдээтэххэ, өссө кыра ахсаан тахсар. Аҥаарбыт быһа холуйан дьахтар. Ол аата 225 000 тыһыынча эр киһи хаалла. Маны 70 сылга түҥэтиэх. Ортотунан 3214 киһи буолла. Аны олимпийскай оонньууларга бэлэмнэнэр кыахтаах 16 сааһыттан 25 сааска диэри тоҕус сылга төгүллүөх. Баара-суоҕа 28 921 эр киһиттэн талыллан, сүүмэрдэнэн үс олимпийскай мэтээл. Бу аата хайдаҕый? Баара-суоҕа биир улуус олохтооҕүн ахсаана. Ити өссө билиҥҥи ахсаанынан быһа холуйан суоттаатым. 1976 сыллаахха саха ахсаана өссө биллэ аҕыйах буолуохтаах.
Саха омуга омуна суох чахчы даҕаны улуу өркөн өйдөөҕүн, күлүмэх күүстээҕин, талааннааҕын бу үс олимпиецтарбыт уонна ССРС үтүөлээх тренерэ Д.П.Коркин дакаастаабыттар. Кинилэри иитэн-үөрэтэн таһаарбыт улуу учууталбыт Д.П.Коркин чахчы да сүдүтэ, улуута манна көстөр. Бу түөрт улуу дьон сир үрдүгэр саха омук баарын тухары саха норуотун аатын үрдүктүк тутан, ааттара ааттана туруоҕа. Улуу тренер Д.П.Коркин итинэн саха киһитэ ыстаал курдук кытаанах доруобуйалааҕын эрэ буолбакка былыргыта улахан сайдыылаах, халыҥ, кырдьаҕас омук сорҕото буоларбытын дакаастаабыт.
Сахалар быйыл биһиэхэ Россия чемпионата ыытылларынан сибээстээн, Монреаллааҕы Олимпиадаҕа бу улуу кыайыы 40 сылын өтөрүнэн умнуллубат гына дьоһуннук бэлиэтээри олоробут.
Биһиги эрабыт быдан инниттэн Олимпийскай оонньуулар кыайыылаахтарын уруйдаан, номох оҥостон кэпсээннэригэр кэпсииллэрэ, хоһоонноругар холбууллара, ырыа гынан ыллыыллара, тойуктарыгар туойаллара. Орто дойду эт-хаан, өй-санаа өттүнэн итинник уһулуччу сайдыылаах дьонун үрдүктүк тутан, улуу кыайыы символа оҥостон уруйдууллара-айхаллыыллара үтүө үгэскэ кубулуйбута. Ити туһунан араас улахан дойдуларга олимпиецтарын национальнай герой быһыытынан хайдах уруйдуулларын туһунан араас дьикти улахан чиэстээһиннэрин истэн, ааҕан элбэҕи билэбит.
Саха Республикатыгар көҥүл тустуу тэриллибитэ 60 сылынан, Монреаллааҕы Олимпиадаҕа сахалар үс мэтээли ылбыппыт 40 сылын чиэһигэр быйыл ыытыллаары турар Россия чемпионатыгар тустууктар эрэ буолбакка ыалдьааччылар, саха норуота уонна СР салалтата интеллектуальнай, материальнай уонна социальнай өттүнэн сайдыыбытын историяҕа хаалларар биир дьоһун историческай түгэнинэн буолуоҕа.
Кэрэ кыыс Варя Макарова
Александр Николаевич туһунан бииргэ үөрэммит уолаттара кэргэнэ Варяҕа үтүө тыллары этэллэрин, махтаналларын биирдэ эрэ истибэтэҕим. Доҕотторо этэллэрин уонна сөҕөллөрүн курдук Варя саха дьахтарын өркөн өйүн, кэргэн быһыытынан кэрэтин, олоххо дьулуурун, тулуурун, кэргэҥҥэ бэриниилээҕин саамай сөпкө хайгыыллар. ”Кини эрэ баар буолан Александр Иванов улууттан улуулар ситиһэр сүдү ситиһиитин ситиспитэ”, – дииллэр. Сахаҕа өс хоһоонун курдук кынаттаах этии баар: ”Үчүгэй дьахтар ханнык да бэйэлээх мөкү киһини күлүмүрдээбит үтүө эр бэрдэ оҥорон таһаарыа уонна кини бэлэмигэр көҥүл күөлэһийиэ. Мөлтөх дьахтар ханнык да күлүмүрдээбит бэйэлээҕи үлтү тэпсэн киһи аатыттан аһарыа”, – диэн. Кытаанах, ол эрээри олоххо баар кырдьык.
Варя тулаайах буолан, Чурапчы томторугар детсаттан саҕалаан интернат-оскуолаҕа оҕо сааһа ааспыта. Онон интернат-оскуола тустуунан дьарыктанар уолаттарын кытары оскуолатааҕы сыллара бииргэ ааспыта. Тустуу спорда – кыра сааһыттан олоҕун эйгэтэ. Улуу Коркин үөрэҕэр кыыс оҕону кытары тустууну сайыннарыыга сатаан таба туһанара. Сытыы-хотуу культурнай-маассабай сектор салайааччытын таба көрөн, спордунан дьарыктанар оҕолор дьиэлэрин ахтыбатыннар, ыраах баран аралдьыйбатыннар диэн оскуола культурнай-маассабай тэрээһинигэр Бөтүрүөбүс Варянан субуоталарга биэчэрдэри тэрийтэрэр.
Дмитрий Петрович Ленинградака үөрэнэн бүтэрбит анал үөрэҕэ – нуучча тылын учуутала. Ити туһунан Чурапчы оҕолоруттан маннык ис хоһоонноох кэпсээни истэрбит. Д.П.Коркин Чурапчы библиотекатыттан интернакка салаасканан кинигэ бөҕөтүн соһон таһаарара. Оҕолорго бастаан ким хас страницаны ааҕыахтааҕын сорудах биэрэн аахтарара. Оҕолор нууччалыы ааҕар буолбуттарын кэннэ иккилии-үстүү этиини сөпкө суруйарга үөрэтэрэ. Үөрэххэ, дьарыкка хонтуруол кытаанах этэ. Онтон устунан нуучча классиктарын айымньыларын аахтаран ону ырыттарара.
Киниэхэ үөрэммит оҕолор: “Ол иһин биһиги атын сиргэ түргэнник нууччалары кытары биир тылы буларбыт”, – диэччилэр. Алма-Атаҕа үөрэнэ сылдьан нуучча классиктара Лермонтов, Пушкин уо.д.а. айымньыларын студеннары кытары ырытан кэпсэтиигэ Варя кытыннаҕына: “Эн детдом оҕото буолбатаххын, ханнык эрэ үрдүк сайдыылаах профессордар кыыстарын курдуккун”, – диэн дьүөгэлэрэ бэлиэтиллэрэ. Варя: “Алма-Атаҕа тиийэн нууччалары кытары кэпсэтиигэ эрэйи көрбөтөҕүм”, – диэн Д.П.Коркиҥҥа махталын бэрт иһирэхтик ахтар.
Онуһу бүтэрээри сырыттахтарына, арааһа, Варялаах Саша сыһыаннарын көрө сырыттаҕа, саас Бөтүрүөбүс Варяны бэйэтигэр ыҥыртарар. Кыыс: “Тыый, туох буоллаҕай?” – дии саныы-саныы спортзалга киирэн кэлэр. Дьарыктана сылдьар эбиттэр. Кыыс киирбитигэр Бөтүрүөбүс саҥата суох олоро түһэн баран, Варяҕа туһаайан: “Саша быйыл үөрэҕин бүтэриэхтээх”, – диэн соҕотох этиини этэр. Ону Варя: “Үөрэнэ сылдьар киһи бүтэриэ буоллаҕа”, – диир. Ону Д.П.Коркин: “Суох, Варя, эн кинини кытары үөрэҕэр күүскэ дьарыктан. Күрэхтэһиилэргэ сылдьар буолан көтүтэрэ элбэх”, – диэн сорудахтыыр. Хайыай, кыыс сорудахтаах киһи быһыытынан көмөлөһүөх буолан, сөбүлэһэн баран тахсар.
Ааҕааччы өйдөөн олордоҕо: араас улуустартан араас иитиилээх, киириилээх-тахсыылаах сытыы-хотуу уолаттары муоһалааһын манан аҕай буолбатаҕа биллэр. Коркин сорудаҕын толорор кыыс сатаан булан-талан, уолаттары көҥүл дьаһайталыыра. Кыайтарымаары гыммыт уолга: “Бээ, мин Бөтүрүөбүскэ…” – диэтэ да бүтэ турара.
Кыыс оҕо улаатарыгар үгэс быһыытынан үчүгэйдик ыллыыр, үҥкүүлүүр уолаттары ордук сыаналыыр. Онтон бу интернат кыргыттара бука бары тустуу диэн баран муннукка ытаабыт, тустуу спордунан ыалдьаллара. Оннооҕор Чурапчы дьахталлара: “Оҕо буоллар ытаатын, ынах буоллар маҥыраатын”, – диэн баран тустуу күрэхтэһиитигэр ыстаналлара. Оскуола да кыргыттара онтон отой хаалсыбаттар. Тустууну сыныйан интэриэһиргииллэрэ, күрэхтэһиилэри көтүппэккэ көрөллөрө. Арааһа, ол иһин Варя спортивнай врач идэтин баһылаабыта буолуо. Дьэ уонна үйэтин тухары бу таптыыр идэтинэн олоҕун устата спортзалга тустуук уолаттарбыт доруобуйаларын араҥаччылааһынынан дьарыктанна. Спортивнай врач идэтэ спортсмен киһи доруобуйатын туругун үөрэтиигэ, иитиигэ туһунан улахан суолталаах наука.
Оччолорго Чурапчы спортивнай саалатыгар сылдьыбыт дьон иккис этээскэ оҥоһуллубут балкону көрбүт буолуохтаахтар. Бу оскуола оҕолоро күрэхтэһиини көрөллөрүгэр анаан спортзал тутуллан бүппүтүн кэннэ оҥоһуллубут. Балкон тутуллуута эмиэ остуоруйалаах. Кыргыттар уолаттары кытары тэҥҥэ үлэлээн, тустуу саалатын тутуспуттара. Истиэнэ муоҕун ханапаакылааһын, саала үрдүн буорун кутуу олоччутугар кыргыттар уолаттары кытары тэҥҥэ Дмитрий Петрович салалтатынан үлэлэспиттэрэ. Онон саха тустуутун олимпийскай үрдэлгэ таһаарбыт спортзал тутуутугар кыттыылара улахан дьоһуннаах миэстэни ылар.
Спортзал үлэҕэ киирбитин кэннэ Н.Н.Тарскай бирииһин ыыталлар. Онно кыргыттары “миэстэ суох” диэн киллэрбэтэхтэр. Спортзалы тутуспут кыргыттар: “Спортзалы биһиги эмиэ тутуспуппут, онон күрэхтэһиигэ сылдьар бырааптаахпыт”, – диэн айманан, киэҥ айдааны тардаллар. Ол түмүгэр ити балкон эбии оҥоһуллубут. Кинилэр интэриэстэрин өйөөбүт оскуолаларын директорын, САССР үтүөлээх учууталын В.Ф.Ермолаевы оччотооҕу оҕолор билиҥээҥҥэ диэри күндүтүк ахталлар.
Варябытыгар төннүөҕүҥ. Интернат оскуолаҕа “А” уонна “Б” икки кылаас баара. “А” кылааска кырылас уолаттар. Варя үөрэнэр “Б” кылааһыгар үс кыыс интернаттан, тастан түөрт кыыс баара. Үөрэнэ сырыттахтарына Сылаҥ интернатыгар оҕо тиийбэт диэн, Сылаҥ оскуолатын директора Аркадий Егорович Филиппов интернат-оскуола директора Василий Федотович Ермолаевка кэлэн оҕо көрдөөбүт. Бу үс кыыска эппиттэр. Анараа икки кыыс үөрүүнэн сөбүлэспиттэр. Варя аккаастааччы буолбут уонна: “Оскуолаҕа линейка оҥорон баран Макарова Варя биһиги оскуолабытыгар үөрэнэр кыаҕа суох диэн, биричиинэтин этэн туран үүрдэххитинэ эрэ барыам”, – диэн саайбыт.
Ис биричиинэтэ – Варя Сылаҥ интернатын билэр эбит. Ол интернакка оҕолорго таҥнар таҥас биэрбэттэр. Манна таҥнар таҥаһынан олоччу хааччыйаллар. Варя, ийэтэ суох киһи, онтон улаханнык саллыбыт. Икки директор оскуола оҕотуттан олохтоох, төрүөттээх атыыр аккаас кытаанаҕын ылан соһуйуу бөҕөтүн соһуйан, сөҕүү бөҕөтүн сөҕөн эрэ кэбиспиттэр. Сотору Сылаҥтан кыргыттары ыла массыына кэлбит. Сөбүлэспит кыргыттар таҥастарын ыла кастеляншаҕа сырсан тиийбиттэр: ”Онно баран тугу таҥнан-симэнэн сылдьаары гынаҕыт? Ханна да барбаккыт”, – диэн кастелянша оруобуна Варя толкуйдаан, саллыбыт биричиинэтинэн киирэн тулаайах кыргыттары үүртэлээн ыыппыт. Түмүгэр интернат үс кыыһа үһүөн оскуолаларыгар салгыы үөрэнэ хаалбыттар.
Сунтаар уола Саша Иванов
Саша Сунтаар улууһун Туой Хайа бөһүөлэгин олохтооҕо. Тохсус кылааска Сунтаарга үөрэнэ киирэр. Кини манна Москва куоракка ГЦОЛИФК кыһыл дипломунан бүтэрбит ССРС спордун маастара Анатолий Габышевка тустуунан дьарыктанар.
Александр Николаевич Анатолий Габышевка тустуу бэртээхэй оскуолатыгар үөрэммитин: “Дьылҕам миигин икки улуу тренергэ түбэһиннэрбитэ”, – диэн олус күндүтүк саныыр. Тохсуска үөрэнэ сылдьан Чурапчыга интернакка сборга кэлэ сылдьыбыт. Онно Варя тэрийбит биэчэригэр баянынан үҥкүүлэри доҕуһуоллаабыт. Саша Варя көрүүтүгэр сүрдээх чараас таҥастаах. “Сунтаарга биһиэхэ холуйдахха быдан сылаас. Онно сылдьар таҥаһынан сырыттаҕа”, – диир. Уолаттар хаатыҥканан сылдьар буоллахтарына, кини бачыыҥканан уонна бүрүүкэнэн сылдьар. Кыыс ону бэлиэтии көрөр. Уол аны туох да үлэ буоллаҕына көрөн турбат, түсүһэн үлэлээн имитэн иһэр. Ити курдук сылдьан оҕолору кытары билсэн, бииргэ дьарыктанан, эн-мин дэһэн Сунтаарыгар төннүбүт.
Сунтаар спортивнай оскуолата сабыллар, оҕолор дьарыктанар сирдэрэ суох буола түһэр. Чурапчыга ону истибиттэр. Сашаҕа: “Туох баар докумеҥҥын илдьэ кэл”, – диэн Д.П.Коркинтан телеграммата кэлэр. Күһүөрү окко үлэлии сылдьан Саша телеграмманы туппутунан ийэтигэр сүүрэн тиийэр: “Тустубаккын-хайаабаккын, таах-сибиэ эккин-хааҥҥын быһыта тыыттаран”, – диир. Аҕатыгар тиийэн көрдөрөр, ону аҕата саҥата суох мүчүк гынан баран: “Барар буоллаҕыҥ”, – диэн кэбиһэр. Боппуруос ити икки тылынан быһаарыллан, Чурапчылыыр.
Чурапчыга үөрэнэ сылдьан наар ол-бу сбордары кэрийэн, үөрэҕэр көмөҕө наадыйара. Онно кылааһын оҕолоро, учууталлара, өссө отой да киин сиртэн кэлэн үлэлии сылдьар нуучча кыргыттара учууталлар бары кыһаллан өйөөбүттэрин Александр Николаевич күн бүгүнүгэр диэри олус күндүтүк ахтар. Варя анаан-минээн Сашаны кытары дьарыктанара. Кэлин чугастык билсиһиигэ ити эмиэ олук уктаҕа.
Чурапчыга Сунтаартан табаарыһа Макаров Васялыын тиийэллэр. Варя бу түгэни үчүгэй баҕайытык ахтар. “Дьэ, Сунтаар уолаттара кэллилэр ээ. Биирдэһэ клеш да клеш, үҥкүү да үҥкүү. Иккиспит баяҥҥа ооньуур”.
Бастакы киэһэ кэнниттэн, өссө арааһа аймахтыы буоллахпыт диэтэҕэ, Вася Макаров Варяҕа эҕэрдэ ыыта охсубут. Эмиэ Бөтүрүөбүс сорудаҕынан Варя үҥкүү киэһэтин тэрийбит. Сашаҕа кэлэн баяҥҥа оонньууругар көрдөһөр, ону биирдэһэ аккаастыыр. Сотору Варяны үҥкүүгэ ыҥыран, үҥкүүлүүллэр. Ол сылдьан саала муннугар соҕотох чүмэчи турарын Саша саба үрэн кэбиспит. Варя: “Оо, дьэ, биһиэхэ маннык сатаммат. Бэрт түргэнник умат”, – диэн буолбут. Чүмэчи иккистээн умайан үҥкүү, оонньуу, көр салҕанар.
Оскуола уонна производство
Оскуола кэнниттэн Варя оччотооҕу комсомол ыҥырыытынан икки сыл Сылаҥ хотонугар үлэлии барар. Саша биир сыл тренердиир, оотон Алма-Атаҕа үөрэнэ барар. Бу иннинэ Константин Сергеевич Постников Варяны көрсөн: “Евдокия Яковлевнаҕа бара сырыт”, – диэн кэргэнигэр ыытар.
Интернат иитээччитэ Евдокия Яковлевна Барашкова Варяны кытары кэпсэтэр уонна түмүгэр Варяны интернакка иитээччинэн, убайын Коляны интернакка суоппарынан ылар гына сүбэлэһэллэр. Варя ону үөрэ-көтө аҕатыгар тиийэн кэпсиир. Аҕата сөбүлэһэр. Ону маачахата Өрүүнэ – Ирина Фёдоровна Артемьева: ”Бу оҕолор үөрэх бүтэрэн да көмөлөһүмээри гыннылар”, – диэн аккаас биллэрэр. Сарсыныгар Варя арыы собуотугар үлэҕэ барар, устунан Сылаҥҥа дояркалыы хаалар. Коля эмиэ ханна да барбат. Ити курдук убайынаан иккиэн Сылаҥҥа үлэлии хаалаллар.
Ол кэмҥэ икки өртүттэн ханнык эбэһээтэлистибэтэ суох суруйсуулар саҕаланаллар. Икки өртүттэн тус-туһунан иитиилээх дьон санааларын атастаһыылара буолар. Иккис сылыгар Алма-Атаҕа үөрэнэ сылдьан Саша Варяны ыҥырар. Ардыгар: “Кэлбэтэххинэ мин үөрэхпин быраҕабын”, – эҥин диир буолан барар.
Ол сылдьан, кыһын арай биирдэ Сылаҥҥа Саҥа дьыл саҕана ГАЗик массыына тиийэн кэлэр. Кыргыттар: “Тыый, бу туох массыынатай? Аны тойотторбут бырааһынньыкка кытары кэлэр эбиттэр дуу?” – дии саныыллар. Ол икки ардыгар массыынаттан Варя бырааттара бытарыс гына түспүттэр. Ону кытары Саша Платонов Бүөккэлиин киирэн кэлэллэр. Бүөккэ хараҕа бэрэбээскилээх. Уолаттары кытары охсуспуттар. Ону туста сылдьан өлөрбүт аатырдылар.
Варя дьонун чэйдэтэр. Ол олорон кэпсэтэ түһэн баран: “Варя, биһигини кытары барыс”, – диэн буолла. Варя: “Тыый, ынахтарбын ким ыаҕай, барбаппын”, – диэн кыккыраччы аккаастыыр. Ол олорон көрдөҕүнэ, кыргыттар хосторун аанын сэгэтэн туран: “Барыс-барыс, ынахтаргын биһиги ыахпыт”, – диэн имнэнии, илиинэн-атаҕынан сапсыныы бөҕө. Ити олорон эмискэ барсар буолан хаалла. Инньэ гынан Чурапчыга дьонугар тиийэн, бииргэ үөрэммит оҕолорунаан Шестаков Бүөккэлээҕинэн эҥин икки күн Саҥа дьыллаан, үөрэн-көтөн Сылаҥҥа үлэтигэр кэлэр.
Ити көрсүһүү кэнниттэн кыыска дьэ боччумнаах санаалар киирэллэр. Дьиҥнээх, тус сыаллаах суруйсуулар ис хоһоонноро уларыйар.
Иккис үлэ сыла бүтэн, Варя абитуриеннаары сылдьар. Ону аҕата: “Алма Атаҕа бар”, – диир. Ону кыыс дьиҥ иһигэр онно санаалаах, эбиитин кэпсэтиилээх сылдьан аҕатыгар “суох да суох” диир.

Олимпиец Александр Ивановтуун сэһэргэстим. Ааспыты санаан ол үтүө-кэрэ кэмнэр сулустаах чаастарын, сахалар таптыыр көҥүл тустуубутун Олимпиада үрдүкү чыпчаалыгар таһаарбыт улууканнаах учууталбыт Д.П.Коркин үлэтин миэтэтин билсээри, киниэхэ үөрэммит элбэх улахан тустуу маастардарын кытары сыал-сорук туруорунан, анаан-минээн кэпсэппитим.
Кинилэр истэригэр: Көмүсчүт – Степан Попов, Александр Аргунов, Гаврил Каприн – таатталар, онтон да атыттар. Тастан көрүүгэ киниэхэ үөрэммит спорт уһулуччулаах маастардара тренердэрин күн бүгүнүгэр диэри ытыктыылларын, киниэхэ сүгүрүйэллэрин истэбин. Дмитрий Петрович тустуук уолаттар оскуоланы бүтэрэн ханна баҕарар тиийдэхтэринэ бэйэлэрин бэйэлэрэ көрүнэн, сатаан булан-талан дьону кытары наадаларын быһаарсан сылдьалларыгар үөрэппитин махтана ахталлар. Олимпиецтыын кэпсэтиим маннык буолла…
– Александр Николаевич, эн Д.П.Коркиҥҥа кэлбит бастакы кэмҥэр тугу эмэ сытыытык өйдөөн хаалбыт түгэннээххин дуо?
– Биллэн турар, баар бөҕө буоллахтара. Маҥнай кэлбиппэр миигин син-биир атын оҕолору курдук сыгынньахтаата уонна эппин-хааммын туппахтаан, эргичиҥнэтэн көрөн баран: “Тугу да илдьэ кэлбэтэххин дии”, – диэтэ. Мин ону тыа киһитин быһыытынан Сунтаартан тугу эрэ кэһиибин кус-хаас, куобах, улар эбэтэр эт дуу, кэһиибин аҕалыахтаах эбит буоллаҕым дии санаан: “Суох, тугу да аҕалбатым”, – диэтим. Кэлин өйдөөбүтүм отой да атыны, мин тустууга туох да анал бэлэмэ суох кэлбиппин эппит эбит.
– Оттон дьарыктарга бастакы соһуйа, дьиктиргии көрбүт түгэниҥ хайдах этэй?
– Бастакы дьарыктар кэннилэриттэн Дмитрий Петрович миигин гиирэнэн, штанганан дьарыктанарбар хамсаныылар комплекстарын оҥорон биэрдэ. Биир ый дьарыктаммытым кэннэ ыҥыран ылла уонна эппин-хааммын, былчыҥнарбын туппахтаан көрөн баран: “Сөп буолбут. Аны ити тимирдэргэ сааһыҥ тухары хаһан да чугаһаама”, – диэн аны төрдүттэн бобон кэбистэ.
– “Дмитрий Петрович биһигини хаһан да мөхпөт этэ” дииллэр. Ол гынан баран сүрдээҕин толлор этигит. Ону ханнык ньыманан кини ситиһэрэ буолуой?
– Кини оҕолорго ыһыытыы-хаһыытыы, кинилэри мөҕө сылдьыбат этэ. Албаһы үөрэтэригэр даҕаны: “Бу албаһы бэркэ оҥорор эбиккин, маладьыас”, – диэн баран: “Маннык оҥор, оччоҕо өссө ордук буолуо”, – диэн илииҥ-атаҕыҥ, корпуһуҥ балаһыанньатын уларытан биэрэр. Ону Бөтүрүөбүстэн хайҕаммыт киһи, кини эппитин курдук албаһы көннөрөн оҥороору хатылааһын, кыһаллыы бөҕөтө буолаҕын. Кэлэр дьарыкка хайаан да ону салгыы билэ-көрө сатыыгын. Бөтүрүөбүс эмиэ салгыы “итинник оҥор, маннык гын” диэн үөрэтиэ, онно сэмэлиир-мөҕөр тыллары туттубат. Кини ити ньымата эдэр бөҕөстөргө кыһамньылаах уонна эппиэтинэстээх буолууга ордук дөбөҥнүк үөрэтэрэ. “Бөтүрүөбүс хайҕаата, эбиитин көннөрөн оҥорон биэрдэ”, – диэн астынар, салгыы үлэлиир санаа күөдьүйэрэ.

– Мин биири сөҕөбүн. Тренердэр иитэр-үөрэтэр оҕолорун тустар истиилигэр, техникаларыгар, тактикаларыгар, айар фантазиялара олоччу биир буочар буолааччы. Оттон Дмитрий Петрович уолаттара кыра-улахан маастарыттан тутулуга суох, албастарыттан саҕалаан тустар истииллэрэ, тактикалара, тустар фантазиялара, толкуйдуур-айар комбинациялара бэйэ-бэйэлэригэр төрүт майгыннаспаттар. Дьэ уонна киһи эрэ сөҕүөх хас биирдии хамсаныылара наһаа үрдүк таһымнаахтар. Итиччэ үлүгэрдээх элбэх, сүүһүнэн уолу итинник араас албаска, комбинацияҕа хайдах ньыманан үөрэтиэххэ сөбүй?
– Кини дьарыктара сүрдээх демократичнайдар. Тустуугу хара бастакыттан самостоятельностка үөрэтэр. Тустуук айар, толкуйдуур дьоҕурун Дмитрий Петрович хаһан да күөмчүлээбэт. Хас биирдии оҕо толкуйа тус-туһунан. Сүүс киһи сүүс араас санаа, диэбит курдук. Хас биирдии бөҕөс бэйэтин-бэйэтэ сатаан көрүнэригэр улахан болҕомтону уурар. Албастары үөрэтиигэ эмиэ биир оннук. Хас биирдии оҕо этин-хаанын сайдыыта тус-туһунан. Онно сөп түбэһиннэрэн хамсаныылара эмиэ тус-туһунан.
Дмитрий Петрович улуута, дьэ, манна сытар. Кини хас биирдии тустуук оҥоруон баҕарар оҕотугар кини этигэр-хааныгар барсар албаһын, дьарыктар кэмнэригэр таба көрөн, талара. Дьарыкка бука бары араас албастарга син биир тэҥник дьарыктанарбыт. Оччотооҕуга аан дойду аатырбыт бөҕөстөрүн японец Осами Ватанэбэ о.д.а. итинник аатырбыт бөҕөстөр тустууларын киинэҕэ устан аҕалара уонна ону көрдөрөн үөрэтэрэ, албастарын ырытара. Биһиги ону ким-хайдах сатыырынан чочуйарбыт, эрчиллэрбит. Дмитрий Петрович, эппитим курдук, онно кимиэхэ ханнык албас ордук барсарын сатаан булан талара уонна ону сүбэлээн ыйан-кэрдэн, анаан-минээн үлэлэһэн, күүскэ чочуйан үрдүктэн үрдүк таһымҥа таһаарара. Оттон оҕоҕо барсыбат, сатаабат албаһын үөрэтэ сатаан бириэмэтин, күнүн-дьылын бараабат. Ол түмүгэр ити этэриҥ курдук, ханнык баҕарар бэйэ-бэйэтигэр майгыннаспат тустуулаах бөҕөстөр иитиллэн тахсаллар. Тустуу спордун дьиктитэ, кэрэтэ, умсулҕана, киһини бэйэтигэр тардар ураты күүһэ итинник арыллан тахсан иһэр.
– Александр Николаевич, Чурапчыга Дмитрий Петрович үөрэнээччилэрэ култууралара үрдүгүн, сиэрдээхтэрин, киэҥнэрин-холкуларын сааһырдаҕым аайы өссө ордук күүскэ бэлиэтии, ытыктыы көрөбүн. Чурапчы бөҕөстөрүгэр бааргыт ээ элбэх ССРС, Аан дойду, Европа, оннооҕор олимпийскай медалистар. Ол эрээри кинилэр бэйэ-бэйэлэрин икки ардыларыгар да, туора атын улуус бөҕөстөрүгэр да туох ситиһиилээҕиттэн тутулуга суох олус үрдүк таһымнаах ытыктабылынан сыһыаннаһаллар. Аҕа саастаах бөҕөстөрү “убаай” диэн дириҥ убаастабылынан ыҥыраллар. Биһиэхэ дьиҥэр атын улуустарга: “Ээ, ол киһи кими кыайбыт буолан…” – диэх курдук өйдөбүлүнэн бырахсар табаарыстар эмиэ баар буолааччылар. Д.П.Коркиҥҥа, эһиги оскуола иитиллээччилэригэр итинник өйдөбүл суох. Хайдах, ханнык ньыманы туһанан итинник аһара үрдүк култууралаах, улахан сайдыылаах иитиини үөрэтэр бөҕөстөрүгэр Дмитрий Петрович биэрбитэ буолуой?
– Дмитрий Петрович, кини кэргэнэ Александра Семёновна тугу эппиттэрэ биһиэхэ суруллубатах сокуон. Хайа, доҕоор, тустуук, тустуу маастара диэн улахан, улуу киһи буоллаҕа. Тустуук буолуу диэни мээнэ киһи ситиспэт. Тустуук улахан сайдыылаах, өйдөөх, үрдүк култууралаах, күүстээх эрэ киһи буолар. Онно иитэр, өйдөтөр ньымата Дмитрий Петровичка элбэх. Кини ханнык да балаһыанньаҕа биһигини кытары тэҥник сыһыаннаһара. Элбэхтэн биири бэлиэтиим. Ханнык да улахан турниры кыай – ССРС, Аан дойду, Европа чемпиона буолан кэл – эрчиллэр оҕолоргун кытары, биир өлүүгэ өлө сылдьар дьоҥҥунаан тэҥҥэ тутара. Бу уол тугу эрэ ситистэ диэн, ойуччу тараҥнаппат буолара. Аны ол кыайан-хотон кэллэххинэ дьарыкка биирдии мүнүүтэ уон уолу кытары туһуннарар. Күүстээхтэр бастакы, оттон эйиэхэ талбыт хотторор, бэлэми ситэ бара илик киһи саамай кэнники турар. Тэҥнээхтэргиттэн саҕалаан солбуһан, ол бүтэһик ситэ бэлэмэ суох уолга тиийиигэр отой быстан, эстэн тиийэҕин. Ол табаарыһыҥ эйигин оҕолор бары көрөн турдахтарына көҥүл тырыта тыытан, итиннэ-манна тамнаан кэбиһиэ. Бүттэҕиҥ дии. Ол кэнниттэн бииргэ үөрэнэр оҕолоргор улуутумсуйа, уруһуйдана сылдьыаҥ дуо. Барыбытын итинник тэҥнээн кэбиһэр ньымалардаах. Итинник ньымаларын улахан спортан баран, сааһыран иһэн биирдэ арааран өйдөөбүтүм.
– Буоллаҕа… Аны үрдүкү кылаас оҕолоро буоллун – син-биир оҕолор. Ордук, холобур, бу эн курдук куруук сбордарга сылдьар бөҕөстөр үөрэхтэрин хайдах ситиһэллэр? Ханнык баҕарар төрөппүккэ төбө ыарыыта буолбут таҥас-сап көрүнүүтүттэн саҕалаан, араас кыһалҕа элбэх буоллаҕа. Онно оччоттоҕу модун ССРС ханнык баҕарар куоратыгар эбэтэр кыраныысса таһыгар сылдьар оҕо хайдах дьаһанар?
– Эппитим дии, хас биирдии оҕо дьарыктарга эрэ буолбакка, бэйэтин-бэйэтэ дьон-сэргэ ортотугар сатаан көрүнэригэр улахан болҕомтону уурара. Суумкабытын толору үөрэнэр тэтэрээттэрбитин, кинигэлэрбитин олоччу хаалаан, кыра кылаастартан сүгэ сылдьарбыт. Баҕар Америкаҕа тиий, баҕар Ираҥҥа – үөрэнэр суумкаҕын сүгэ сылдьан дьарыктанаҕын. Сбордарга барыахпыт иннинэ учууталларбыт анал сорудахтары биэрэллэрэ. Кэллэхпитинэ бары учууталлар предметтэринэн сүрдээҕин кыһаллан, ис-истэриттэн баҕаран туран биһигини кытары дьарыктаналлара. Аны бииргэ үөрэнэр оҕолорбут эмиэ биһигини кытары дьарыктаналлар. Онон үөрэх программатын син-биир ситиһиннэрэллэр. Биллэн турар, ыйы-ыйынан сборга сылдьар оҕолор таҥаспытын, үөрэнэр тээбириннэрбитин олоччу бэйэбит көрүнэн, сааһыланан сылдьарбыт. Бэйэни бэйэ көрүнүүтүгэр Дмитрий Петрович улахан болҕомтотун уурара. Ол үтүө түмүгэр кэлин олоххо, норуот ортотугар тахсан да баран тустуук уолаттар сатаан бэйэтин көрүммэтэх, олоҕор дьонтон итэҕэс дьаһаммыт биһиги кэккэбитигэр этэҥҥэнэн суох. Аны биһиги ортобутугар ийэтэ эбэтэр аҕата суох, эбэтэр түгүрүк тулаайах оҕолор кытары бааллара. Бука бары, дэҥҥэ-оһолго түбэспиттэн уратылар, ыал буолан оҕо-уруу тэнитэн, эһээ-эбээ буолуу үрдүкү дуоһунаһын этэҥҥэнэн сүктүбүт. Александра Семёновна уонна Дмитрий Петрович Коркиннарга ити иһин улаханнык махтанабыт. Кинилэр олбуордара, дьиэлэрэ хаһан баҕарар биһиэхэ аһаҕас буолара. Арыт соруйан ыҥыран, анаан-минээн иҥэмтэлээх аһынан оҕолору аһатар, адьас улахан киһини кытары курдук тыл аҥаардаһан боччумнаан кэпсэтэр дэлэгэй, үтүөкэн майгылаахтара.
– Александр Николаевич, Дмитрий Петрович тустууну айан, толкуйдаан тустарга сатаан үөрэтэрэ. Ону ханнык ньыманан ситиһэрэй?
– Чурапчыга Д.П.Коркин музейыгар киниэхэ үөрэммит уолаттар суруйбут үлэлэрбит түмүллэн сытар паапкалара баар. Ону көрөөр. Күрэхтэһииттэн кэллэхпитинэ ким кими кытта хайдах тустубутун, ханнык албаһы туһаммытын, куттаммытын-куттамматаҕын, оҥорор албаһа төһө сатаммытын-сатамматаҕын онтон да атын тустуу хайдах сайдан хааман испитин суруйтарара. Биһиги ону Бөтүрүөбүс сорудаҕа диэн, дьэ кыһаллан-мүһэллэн суруйуу-бичийии бөҕө буолабыт. Арыт онно араастаан фантазиялааһын, эбэн биэрии да баар буолара. Ол тустууну толкуйдаан, айан-сайыннаран тустууга эмиэ туһалаах буолар эбит.
Онон бүппэт, аны бииргэ сылдьыбыт киһиҥ тустуутун хайдах өйдөөбүккүн эмиэ суруттарара. Итинэн, бадаҕа, бэйэ-бэйэбитин хонтуруоллатар ньымата. Түмүгэр бэйэ-бэйэбитигэр сэрэхтээхтик, дьиҥнээх убаастабылынан сыһыаннаһарбыт. Табаарыһыҥ хайдах тустубуккун, хайдах сылдьыбыккын Бөтүрүөбүскэ син-биир суруйан биэриэ дии. Кэлин өйдөөтөххө ити иһэ-истээх, сүрдээх муударай дьаһал эбит. Бэрээдэги да тутар, иккиһинэн саамай кылаабынайа бөҕөс толкуйдуур, тустуу хаамыытын толкуйдаан сатаан салайар, айар дьоҕурун сайыннарар.
– Александр Николаевич, эйигин “айан, толкуйдаан тустуу маастара” диэн аан дойдуга билинэллэр. Эн баяҥҥа, гитараҕа бэртээхэйдик оонньуугун. Ханнык баҕарар партияны толоруох иннинэ төбөҕөр толкуйдаан, айан көрөн баран оонньуугун. Ити тустууларгар көмөлөһөрө буолуо дуо? Итиннэ хайдах үлэлииргин быһаарыаҥ этэ дуо?
– Боппуруоскун өйдөөтүм. Тустуук аан бастаан улахан артист буолуохтаах. Кини публикаҕа оонньоон көрдөрүөхтээх. Өссө кыра киһиргэс буолуон наада. Дьэ, оччоҕо элбэх албаһы оҥоруон наада. Аны ол албастар элбэх араас варианнаах, комбинациялардаах буолуохтаах. Син-биир улахан гроссмейстерга оонньотор партиятыгар дуобат, саахымат албастарын вариана элбэҕин курдук, элбэх комбинациялары үрдүк таһымҥа толкуйдуохтаах. Итинник көһүтүллүбэтэх албастан көмүскэниигэ, онно утары албастары оҥорууга, бэйэ атаакалааһыныгар толкуйдаан, айан бэлэмнэниэхтээх. Аны ол олоччута кимиэхэ эрэ анаммыт, сибээскэлээх буолуон наада. Импровизация дьэ итинтэн тахсан кэллэҕэ ити дии. Итини оҥорорго Бөтүрүөбүс хайдах тустубутуҥ туһунан суруттаран бөҕөс толкуйдуур, айар дьоҕурун олус бэркэ сайыннарар. Ол иһин ол суруттарарыгар, эмиэ ити үөһээ эппитим курдук, араастаан толкуйдаан, фантазиялаан, эбэн биэрэн суруйарбыт. Ити аата кини самостоятельностка үөрэттэ. Дьэ онуоха ити этэр музыканы айар, толкуйдуур, оонньуур дьоҕуруҥ эмиэ көмөлөстөҕө ити дии.
Аны дистанционнай тустуу диэн баар. Ыраахтан сылдьан эрэ толкуйдаан тустаҕын. Холобур, бэйэҥ ыйааһыҥҥар тустар Алахвердиевы, Нарсуллаевы кинилэр хайдах тусталларын өйгөр оҥорон көрөҕүн уонна ону утары толкуйдаан тустаҕын. Ол мэйиигэр суруллан, хаалан хаалар. Онно былчыҥнарыҥ эмиэ бэлэмнэнэн, сөптөөх сигнал ылаллар. Аны бу тустубут киһигин кытары аныгыскы көрсүһүүгэр эмиэ отой атын тустууну толкуйдаан тиийиэххин наада. Тоҕо диэтэххэ кини эмиэ эйигин үөрэтэр, бэлэмнэнэр. Ону учуоттуур наада. Тустуу диэн итинник хаһан да бүппэт дириҥ, киэҥ далай олох. Итинниктэри билбэт тренер эйиэхэ хайдах да көмөлөһөр кыаҕа суох. Тренер эн олоххо проблемаларгын, дьарыктанар усулуобуйаҕын, күрэхтэһиилэргин бэрийэн, бэлэмнээн биэрдэҕинэ – ол да сөп курдук. Онтон Бөтүрүөбүс биһигини тус бэйэ толкуйдаан үлэлииргэ, айымньылаахтык дьарыктанарга үөрэппитэ. Билигин мин ол иһин тустар уолаттарга “дистанционнайдык туста үөрэниҥ” диэн сүбэлиибин. Биир-икки албаска дьарыктаммыт киһи албаһа сатаммата да, истиэнэҕэ баран түспүт курдук төттөрү тэйиэ, онон бүтүө дии. Билиҥҥи тустууга оннук бүтэллэр даҕаны. Дьиҥэр, албастары араастаан комбинациялаан, айан-толкуйдаан тустар киһиэхэ олус үчүгэй быраабылалар олохтонон тураллар.
2016 сыл, ыам ыйа.

Ды
ирахХШг