Голиков Гаврил Иванович туһунан

Мин кулун тутар уонна муус устар ыпсыыларыгар икки нэдиэлэ устата “Чэбдик” диэн санаторийга эмтэнэ, сынньана сылдьан эбээн киһитин, 96 саастаах Голиков Гаврил Ивановиһы кытта түбэсиһэн сырыттым.

Уопсайа 90-ча этибит. Бастакы нэдиэлэбит бүтүүтэ отучча киһи болдьохторо бүтэн куоракка уонна оройуоннарга барыталаан хаалбыттара. Бэнидиэнньик буолбутугар эмиэ оччо дьон сынньана, эмтэнэ кэлбиттэрэ. Сэрии кыттыылаахтара иккиэ этилэр (92-94 саастаахтар). Атыттар бары тыыл, ол аата сэрии бэтэрээннэрэ диэн дастабырыанньалаах этибит.

Оҕонньоттор сүүрбэччэни кыайбат дьон баарбыт. Атыттарбыт бары эмээхситтэр этэ. Үлэ бэтэрээннэрэ дэнээччилэри “Абыралга” сынньатар үһүлэр. Күҥҥэ түөртэ аһара үчүгэйдик аһаталлар. Үгүстэр аһылыкпытын барытын кыайа-хото аһаабат этибит. Астара минньигэс, тотоойу буолар. “Абыралга” аһылыктара манна тиийбэт диэн кэпсээбиттэрэ. Үлэһиттэрэ аһара амарахтар, тугу үҥсэргииргин барытын эмтииллэр.

Дьиэ 120 киһиэхэ аналлаах эбит да, ситэ үбүлүммэттэн толору ноҕоруусканан үлэлээбэт. Кириисис уонна омуктар сабатаастарын сабыдыала буолуо. Ол да иһин буолуо, наадыйааччы уочарата олус элбэх, балыыһаларга син-биир оннук. Оннооҕор Бүлүүттэн сылдьар 94 саастаах, сааһынан астаапкаҕа тахсыбыт полковник сыбаанньалаах, элбэх наҕараадалаах Афанасий Иннокентьевич Николаевы ыалдьан хаалбытыгар “миэстэ суох!” диэн балыыһаҕа ылбатахтара, уочаратынан эрэ киириэ үһү. Онон дьиэтигэр тахсыбыта. Уочарат диэннэрэ икки, арыт үс ыйынан кэлээччи. Ону баҕас билэбин.

Суруйуох буолбут кырдьаҕаһым омугунан эбээн. Үрдүгэ 160 см эбитэ үһү, ыйааһына 60-ча киилэ. Балачча хатыҥыр, эт-сула, кыанар-хотунар. Эдэригэр ыраас хааннаах, аһара доруобай киһи балачча кырдьыбыт.

– Бачча сылдьар киһи 100 сааспар үтүрүһэн көрүөм этэ. Эмээхсиним олохтон барбыта уонча сыл буолла. Нэһилиэкпит Томпо эмиэ оннук ааттаах үрэх батыыта. Кэлэ-бара көһө сылдьар олохтоох дьон этибит. Таба аһылыгын лабыктаны батыһан көһөөччүбүт. Отутус сыллар бүтүүлэрэ “Көрдөрүүлээх” диэн артыалга холбоспуппут. Үс кылаас эрэ үөрэх дуомнаах, оччолорго отуччалаах киһини миигин артыал бэрэссэдээтэлэ гыммыттара. Сотору холкуос дэнэр буолта. Үлэни кыайабыт, син дохуоттаахпыт. Булт, балык элбэх. Табаны таһынан олус элбэх да буолбатар ынах сүөһүлээхпит, сылгылаахпыт. Туох кистэлэй, миигин хайгыыр этилэр. Сытыыбын-хотуубун, ирдэбили толоробун, кыра үөрэх биэтэстээх буолан сурунабын. Добуочча араатардыыбын, чиэһинэйбин, тэҥҥэ үлэлэһэбин эҥин.

Ол сырыттахпына ааҕар балаҕаҥҥа үлэлии Тааттаттан төрүттээх саха кыыһа кэллэ. Мин аһара сөбүлүү, таптыы көрөн, тута эриспитинэн бардым. Биллэн турар, миигиттэн балачча балыс, оҕо баҕайы көрүҥнээх, санаабар наһаа мааны, ыраас хааннаах. Маннык буол диэбит курдук мыс курдук кыыс.

Сотору суруйдум. Кэпсэтэр буоллахпыт дии. Онно уун-утары көрөн туран “миэхэ ойох кэл” диэм дуо? Онон суруйар буоллаҕым дии. Тута эппиэт суох. Дойдутугар, үөрэммит сиригэр сөбүлүүр, суруһар уоллаах буолуон сөп. Онон саарыыра да буолуо, аҕамсыта да көрүөн сөп, эбээн эҥин диэн эмиэ сөп. Тоҕо уһатарын таайа сатыыр буоллаҕым дии.

Ол да буоллар мэлдьи эккирэтэр, суруйар, арахпат буоламмын кэлбитэ 6 ый ааһыыта холбоспуппут. Уопсайа алта оҕоломмуппут. Сүүрбэччэ сиэн, отучча хос сиэннэр бааллар. Учууталлар, эмп үлэһиттэрэ, суот-учуот дьоно, аспирантураны биир оҕо бүтэрбитэ. Кырдьан хаалан өссө бу диэн тугу үлэлииллэрин билбэппин. Наар салалтаҕа сылдьыбытым. Үлэ арааһа элбэх. Хойутуу 28 сыл устата Мээсэ диэн тэрилтэҕэ үлэлээбитим.

Салалтаҕа эрдэхпинэ араас улахан мунньахтарга ыҥырааччылар. Онно сылдьан Н.И.Тавраты, В.М.Кладкины кытта табаарыстаспытым. Улахан үөрэхтэрэ да суох буоллар эт мэйиилэринэн үлэ бөҕөтүн үлэлээбит, сырыы бөҕөнү сылдьыбыт, дьахтар бөҕөнү сыымайдаабыт дьон этилэр. Ол суох дьону ымпыктыыр сатаммат.

– Элбэх ыччаттаах эбиккин. Эт эрэ, хаҥас хаампытыҥ хастарый?

– Бу киһи даҕаны, ону аһаҕастык этиэ диэн гынаҕын дуо? Сэкириэт диэн баар. Ол, ама да ааспытын иһин, кэпсэммэт дьыала, киһиргэстэр эрэ кэпсэнээччилэр. Киһиргэһи миигин булбуккун дии, тохтуоҥ эбээт! Тоҥустары содурдар диэччилэр, ол иһин ыйытар быһыылааххын. Ол баар дьыала. Аҕыйахпыт, эр дьон эмиэ. Дьахтар элбэх, эр дьон онно-манна дэҥҥэ-оһолго түбэһэрэ элбэх. Үгүс табахтыыр, арыгылыыр, итирдилэр да охсуһаллар. Эчэтиһэллэр, ууга былдьаналлар, мууска бараллар, буурҕа буолар. Муналлар, ыалдьаллар, сыыстараллар – онон эдэрдэригэр өлүтэлээн хаалаахтыыллар. Огдооболор ахсааннара улам элбээн иһэр. Олору ордубуттар ойох гыналлар, оҕо оҥороллор. Кэлии нууччалар эмиэ элбэхтэр. Боломуочунай хонуо эрэ кэрэх, хоонньоһон кэбиһэр эҥин. Салалта дьоно, аһара сололоохтор сүгүн сылдьыбаттар. Дьахталлар олору үөрүүнэн көрсөллөр, үрүүмпэ көтөҕүллэр, үөрүү-көтүү үксүүр…

Бээ-бээ, Таврат омугунан чукча этэ да сахалыы, эбээннии, нууччалыы бэркэ кэпсэтэрэ. Холкуоһа “Турбаургин” (“Саҥа олох”) диэн мөлүйүөннээх холкуос буолта. Аны ити аатынан сопхуос буолта. Син-биир бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьыбыта. Кини Ленин уордьаннааҕа. Оттон Кладкин Соц. Үлэ геройа буолта. Омуга саха. Эмиэ аатырбыт үлэһит этэ буоллаҕа. Мин кинилэргэ холоотоххо кыра киһи этим. Ол эрээри, биирдэ мунньахха сылдьан көмөлөһөбүн, наадаларыгар сүүрэбин. Холобур астарын, арыгыларын атыылаһа. Кыанабын, эдэрбин, элбэх саҥалаахпын, сүүрүү-көтүү баһаам буоллаҕа дии. Онон хайгыыллар, эмиэ үчүгэй үлэһит ахсааныгар баарбын.

Сэрии кэмигэр килбиэннээх үлэ иһин, бэтэрээн уонна үбүлүөй мэтээллэрэ элбэхтэр. Грамота, диплом, махтал сурук олус элбэх. Дьиэбэр туох барыта баар. Соҕотохпун диэтим этэ дии.

Атын доҕотторум, табаарыстарым элбэх этилэр да бүттүлэр, ааһан хааллылар. Киһи үйэтэ олус кылгас. Мин уһуннук олордум диибин да, син-биир кылгас курдук. Арыгыны дэҥ курдук, бэрт кыраны иһээччибин, ону даҕаны бырааһынньыктарга. Табаҕы отой тарда да сорумматаҕым. Үлэм салалта буолан, хара үлэҕэ олус көлүллүбэтэҕим. Мэлдьи барыы-кэлии, ыраас салгыҥҥа сылдьабын. Кэргэним миэхэ да, оҕолоругар да олус кыһамньылааҕа. Аспытын-таҥаспытын хааччыйара. Аһара сайаҕас, үтүө майгылаах барахсан этэ.

Эбээн сүрүн дьарыга булт-балык, сүөһү-сылгы, таба көрүүтэ уонна күннээҕи аһылыгын мөхсүүтэ. Ситинэн олохпут бүтэн хаалара. Саҥа көлүөнэ солбуһар, эмиэ итинник олох. Арба даҕаны, биһиги диэки хоргуйан өлүү суох этэ. Үлэлиир буоллаххына хоргуйбаккын. Мэлдьи айаххар баҕас астаах буолаҕын. Табалаах эбээн хоргуйбат. Таба ырааххын чугаһатар, ыарахаҥҥын чэпчэтэр. Көлүнэҕин, ас гынаҕын, эмтэнэҕин, тириитин таҥас гынаҕын, ураһаҕа тэлгиигин эҥин.

Эһиги диэки сэриигэ барыы, хоргуйуу, хоргуйан өлүү элбэҕин истэр этим. Уонна тутуур-хабыыр кытаанаҕын истэр этибит. Биһигиттэн сэриигэ ылбат этилэр, эстэн эрэр омук, ахсааннара аҕыйах диэн. Онон абыраабыттара. Хомуур баара буоллар эмиэ өлүү-сүтүү элбиэх этэ. Эстэрдээх этибит. Сэрии саҕана дэҥҥэ тылланан барааччылар биир эмэ киһи баара. Олор эргийэн кэлбиттэрин тоҕо эрэ өйдөөбөппүн. Куоракка хаалан милииссийэ эҥин буолаллар дииллэрэ.

Эбээннэр ааспыт үйэни аҕыйах тыһыынча хаалан син туораабыппыт. Бу үүммүт үйэҕэ эстэрбит буолуо. Ол, сүнньүнэн, хаан булкуһуутуттан. Сахалыын, нууччалыын булкуһуу барар. Оҕолор “сахабыт”, “нууччабыт” диэн суруйтараллар. Онон бу биһиэхэ баҕас бүтэһик үйэ кэлэн турар…

– Чэ, Гаврил Иванович, манан тохтуох. Олорбутуҥ курдук олор, сылдьыбытыҥ курдук сырыт. Сүүскэр тиийэн сүүс тыһыынчата уонна “Үйэ саас” бэлиэни ыл. Икки сылынан эмиэ кэлээр, баҕар, онно эмиэ көрсүөхпүт. Этэҥҥэ сырыт, бакаа, диэххэ дуу!..

Мэхээлэ оҕонньор.

Дьокуускай к., 2019 с.

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *