ЧУУКААР ЧУЛУУТА БОРОКУОППАЙ ЧУУКААР
Прокопий Яковлевич Прокопьевы – Бооккойу кыра эрдэхпиттэн билэбин. Убайа Михаил Яковлевич уолаттарын кытта бииргэ оонньуурбут. Саас эрдэ харалдьык таҕыста да, дьиэбит ойоҕоһунааҕы кырдалга оҕо бөҕө түмcэн бэйэлэрин бараллааларын кытта оонньууллара. Кыра кыргыттар кырыбыайкалыыллар. Уолаттар хараххылыыллар (мохсуо. –Ред.). Улахан оҕолор мээчиктииллэр, мааркалыыллар. Киэһэ уолаттар балыыһа диэки, урукку ыһыахтыыр сир кэриитигэр туорааҕынан тамнаһаллар.
Маҥнайгы кылаастан мин Меркурийдыын, быраатым Болуодьа Мишалыын биир кылааска үөрэммиппит. Сарсыарда аайы оскуолаҕа барарбар Меркурий көрдөһөн дьиэтигэр таарыйан аргыстаһан барарбыт. Биир кыһын убайдара Бооккой матрос формалаах кэллэ. Биһиги отой моряк курдук көрөбүт. Онтон аны учуутал үөрэҕэр үөрэнэр диэтилэр. Сотору Меркурий: “Бооккой аны саллаат”, – диэтэ. Биһиги убайа суох дьон ымсыыра истэбит.
Прокопий Яковлевич, биһиги онуска үөрэнэрбитигэр, саха литературатын үөрэппитэ. Суруйааччылар тустарынан, кинилэр айымньыларын киһи сэҥээрэр гына кэпсиирэ. Аны туран кыһыҥҥы киэһэ уот барбытын кэннэ суруйааччылар айымньыларын оруолларынан уустаан-ураннаан ааҕара. Дьон аһара сэҥээрэн истэллэрэ. Сарсыарда дьоммут ол кэпсээни ырыталлара.
Прокопьевтар бары удьуор учууталлар. Убайа Василий Яковлевич машиноведениеҕа үөрэтэрэ. Лоп-бааччы, өйгө түһүмтүө гына быһаарара. Улахан убайа Михаил Яковлевич историк, оскуола директора. История түгэннэрин чахчы көрөн турар курдук кэпсиирэ. «Римляннар ол иһэллэр» диэн указкатынан кылаас уҥа өттүн ыйар, «Спартак бу иһэр» диэн хаҥас муннугу ыйар. Онон чахчы ол түгэҥҥэ баар курдук сананаҕын. Ону бигэргэтэн илдьэ киирбит хартыынатын көрдөрөр. Оҕо үксэ үчүгэйдик үөрэнэрэ.
1969 сыл сайын Прокопий Яковлевич М.Горькай аатынан литературнай институтка киирбит. Онон сайын эрэ кэлэн барар буолла. 1971 сыл күһүн Амма Өнньүөһүттэн төрүттээх Вера Васильевна Павлованы батыһыннаран кэллэ. Бооккой ааттаах доҕоро Ньимийээнтэбис – Николай Дмитриевич Афанасьев: «Пригласительнайда оҥор», – диэн тутан ылла. Мин сорудаҕы уһаппакка толорор идэлээхпин. «Хайа?» – диэн көтөн түстэ. Мин атыттары майгыннатан эскиз оҥорбутум, киһим туора илгэн кэбистэ: «Отой ураты буолуохтаах», – диэтэ. «Чэ, бэйэҥ ыйан кул», – диэтим. Онон кэккэлэһэ олорон эскиһин оҥорон бардым. «Аллараа күн тахсан эрэр, икки өттүгэр сэргэлээх, бэйэлэрэ сибэккиттэн көрөн олороллор, үрдүлэринэн икки куба, тула сахалыы мандарынан-ойуунан киэргэтэн үөһэ хомустаан оҥор. Сити курдук», – диэт «элэс» гынан хаалла. Күн бокуойа суох буолара. Эмиэ кими, тугу эрэ дьаһайа ыстаннаҕа.
Ол сайын аҕабынаан Тоҥус Күөлүгэр, ыһыахтыыр сир аннынан оттуубут. Сыбаайба күн эрдэ кэллибит. Сыбаайба кыра оскуола көрүдүөрүгэр толору киһилээх. Церемонията, оһуохайа саҥа тутуллубут спортплощадкаҕа буолбута. Аҕам – сельсовет председателин солбуйааччыта кэргэннии буолар туоһу суругу туттарбыта. Иванов Никифор–Сыҕаан оһуохай тылын эппитэ. Оһуохайы арааһа Виталий киинэҕэ устубутун ватсапка көрдөрбүттэрэ. Оһуохайга киирбит дьон толору көстөр. Ол быыһыгар аҕам биһикки көстөн ааһабыт. Ити сыбаайбаҕа аҕабынаан бииргэ бастакы уонна бүтэһик сырыыбыт этэ.

Бооккой биһиги дьиэ кэргэн чугас доҕоро. Урут сыа балыктыы, сынньана элбэхтик сылдьыбыппыт. Кэллэҕинэ-бардаҕына быһа ааспат, кур сылдьа турар, хонон-өрөөн ааһар. Ийэбитинээн Изабелла Самуиловналыын уруккуну-хойуккуну сэһэргэһэн хойукка диэри олорооччулар. Ийэбит студенныы сылдьан Вера Васильевна чэйин элбэхтик испит, Өнньүөс дьэдьэнин элбэхтик амсайбыт. «Кур үөрэ-көтө көрсөрө. Көнө, сытыары-сымнаҕас майгылааҕа, үтүө санаалааҕа. Нюрбина кып-кыра сылдьан илиитэ иһэн балыыһаҕа сыппыта. Ийэтэ ас ыытара. Мааскалаахпын көрөн бастаан ытыыра. Мааскабын уһуллахпына көтөхтөрөн аһыыра. Тахсарбар сайыһан ытаары гынара. Мааскабын кэттэхпинэ уурайан хаалара. Түргэнник үтүөрбүтэ. Прокопий Яковлевич Москваҕа студенныы сылдьан мин тугу үлэһэрбин аҕалан биэрэрэ», – диэн ахтар.
1996 сайын ийэбит уолунаан абитуралыы барбыттара. Бооккой 55 сааһын бэлиэтиир киэһэтигэр мин дьонум куоракка тиийбиттэрин билэн балта Любаны: «Изалааҕы хантан да бул, кинилэрэ суох кэлбэккин», – диэбитин балтым аахтан булбут. Биэчэргэ Виталий уола массыынатынан аҕалбытыгар үөрүү бөҕө буолбуттар. Ордук Вера Васильевна аһара үөрбүт. Көрсүбэтэхтэрэ да ырааппыт уонна ол бүтэһик көрсүһүүлэрэ эбит. Инники Прокопий Яковлевич биһиэхэ Чуукаарга сылдьарын видеоҕа устан биэрбиппит. Биэчэргэ ону көрдөрбүттэр. Быыһыгар бэйэтэ комментарийдыы олорбут.
Прокопий Яковлевиһы дойдутун дьоно улаханнык ытыктыыллар, убаастыыллар. Чуукаар нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо. Ханна да сырыттар дойдутугар кур кэлэ-бара турар. Урукку кэмҥэ да оскуолаҕа эбэһээт сылдьара. Улахан кылаас оҕолорун кытта көрсүһэрэ, элбэх сонуннаах буолара. Бүтэһигин мин директордыырым саҕана көрсүбүтэ. Оҕолору билэттээбэтэҕэ, үөрэппит оҕолорун оҕолоро, сиэннэрэ олороллоро. Мин оҕолору билиһиннэрэ сатаатым, Прокопий Яковлевич тохтотто: «Миэхэ дьоннорун сахалыы ааттарынан эт», – диэтэ. Мин: «Кини сиэнэ, хос сиэнэ», – диэн быһааран биэрдим. Киһим сирэйдиин сырдаата: «Тоойуом, эн эһэҕинээн, эбэҕинээн бииргэ үөрэммиппит. Онтон эн хос эһэҕинээн былыр окко үлэлээбиппит», – диэн кэпсээн барда. Онон икки өттүттэн астынан тарҕастылар.
Урут оскуола элбэх үлэһиттээх улахан коллектив этэ. Учууталлары таһынан кочегардар, интернат үлэһиттэрэ. Куобах үүрүүтүгэр элбэх буоларбыт. Прокопий Яковлевич онно сылдьыһара. Доҕоро Ньимийээнтэбистиин бүппэт кэпсээннээхтэрэ. Профком председателэ буолан куобах үүрүүтүн элбэхтик тэрийсибитим.

Иллэрээ сыллаахха ыһыах иннинэ Прокопий Яковлевич кыыһа Нюрбиналыын кулуупка оскуола оҕолорунаан, олохтоохтору кытта көрсүһүү буолбута. Дьон сэргэхсийэн, үөрэн-көтөн тарҕаспыттара. Ол кэнниттэн аҕыйах үөлээннээхтэрэ, бииргэ үлэлээбит учууталлара көрсөн үөрүү бөҕө буолбуттара.

Прокопий Яковлевич урут үөрэммит, үлээбит оскуолалара хайата да суохтар. Билигин ол оннугар саҥа оскуола тутулла турар. Мин ол оскуолалар макеттарын оҥорон саҥа оскуола үлэҕэ киириэр диэри дьиэбэр ууран турабын. Үөрэммит оскуолатын макетын көрдөрдүм, сэҥээрдэ.

Ол типовой оскуола сваяҕа 1948 сыллаахха тутуллубут. Киирии кирилиэс иннигэр сваялары салгылатар дьөлөҕөстөөх этэ. Кыра оҕолор онно киирэ-тахса сылдьаллара. Прокопий Яковлевич ол дьөлөҕөһү бэркэ билэр.
Прокопий Яковлевич Прокопьев – Борокуоппай Чуукаар нэһилиэк киэн туттар соҕотох суруйааччыта. Айымньыларын киһи таттаран ааҕар. Суруллубут суоруллубат. Онон кини суруйууларын үйэлэргэ ааҕыахтара.

Валерий Николаевич КЫППЫГЫРОВ,
СӨ үөрэҕэриитин туйгуна, СӨ учууталларын учуутала, Ньурба оройуонун үөрэҕэриитин сайдыытыгар кылаатын иһин, Чуукаар орто оскуолатын педагогическай үлэтин ветерана бэлиэлээх, Чуукаар нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.
Чуукаар нэһилиэгэ, 09.05.2026 с.
