ЫТЫКТЫЫР, КИЭН ТУТТАР КИҺИБИТ
Аҕам Чуукаарын биллэр-көстөр дьоннорун сурукка тиһэн хаалларбыт кыраайы үөрэтээччи этэ. “Ат бөҕөлөр, дуулаҕа бухатыырдар” диэн биир суруйуутугар икки атахтаахтан бүдүрүйэн охтубатах Чуукаар былыргы тустууктарын ааттаталаабытын таһынан “…Кэлин Семёнов Климент Осипович улахан биллэр тустуук буолбута. Билигин Чуукаар уолаттара хапсаҕайга, көҥүл тустууга ССРС спордун кандидаттарыгар, маастардарыгар, үтүөлээх тренердэригэр тиийэ үүннүлэр. Үтүөлээх тренердэр Мостахов Алексей Егорович, Алексеев Семён Фёдорович, Россия үс төгүллээх чемпиона Алексеев Пётр Еремеевич, маастар уонна маастарга кандидаттар Фёдоров Алексей Иванович, Осипов Семён Герасимович, Иванов Пётр уонна Куприян Куприяновичтар, Иван Николаев, өссө мин билбэтэҕим хастара биллибэт…” диэн киэн тутта суруйан хаалларбыта.
Ити ааттаталаабыт дьоннорун мин барыларын оҕо эрдэхпиттэн билэттиир этим. Этэргэ дылы, ийэлэрин-аҕаларын кытта диэбит курдук! Пётр Алексеев аҕата Дьэриэм оҕонньордоох Чуукаарга Эбэ үрдүгэр биһигиттэн биир дьиэ нөҥүө олорбуттара. Иккис кэргэнэ Анньыыска. Бастакы кэргэнин Андайбыкка олорон Чуукаартан аатырбыт күүстээх Дуойаҕас уолун Бардам баай кыыһын күрэтэн ылбыта эбитэ үһү. Ол кэргэниттэн биэс уол, биир кыыс оҕолооҕо. Биэччэтэ – Пётр Алексеев оҕо эрдэҕинэ маска тииҥ курдук хатаастарын өрүскэ киирэр суол оҥоһуутугар колхуостаахтар субуотунньуктуулларыгар көрөн сөхпүппүн өйдүүбүн! Хойут Антоновкаҕа олордохпутуна Чуукаартан өрүс трамвайынан киирэн табаарыһыныын хонон ааспыттаах. Эмиэ Андайбыттан төрүттээх суһал-дьухха сырыылаах суоппар Алексей Фёдоров – Алҕай Уйбаан уола. Алҕай оҕонньор олоҥхоһут, сэһэнньит бэрдэ этэ. Боотулууттан төрүттээх Чуукаар аҕатын уустарын сэһэргээбитэ Н.Т.Степанов “Ньырбакаан удьуордара” кинигэтигэр киирэ сылдьар. Бүөтүр, Куприян Ивановтар улахан тустуук удьуордаах, ааттаах мас ууһа Дөрөөкөөн Куприян уолаттара, Иван Николаев, Хаппайа уола, Суон быыпсайтан төрүттээх.
Бэртэртэн бэртэр төрүүр буоллахтара ээ!
Ийэтэ Мария Федотовна уонна аҕата Егор Егорович Мостаховтар. Ийэтэ 43, аҕата 46 саастаахтар. Хатыҥ Сыһыы, 1966 сыл. К.Д.Уткин түһэриитэ.
Алексей Егоровиһы мин хойут билбитим. Ийэлэрэ Маайа икки кыра кылааска үөрэнэр оҕолорун кытта Таркаайыттан көһөн кэлэн Бөтүрүөхэ Соппуруоннааҕар олорбуттара, почтальон буолбута. Алёша кыра уҥуохтаах, сүрдээх сытыы-хотуу, сылбырҕа, оттон Дуня оттомноох, сүрдээх көрсүө, дуоспуруннаах оҕо этэ. Бөтүрүөхэ Соппуруона таайдара эбит.
Таайа Софрон Иванович Петров.
Оскуолаҕа мин оччолорго алтыс кылааска, Алёша иккис кылааска үөрэнэрбит. Сэттис кылааска Чуукаарга алта эрэ оҕо буоламмыт, Өҥөлдьө сэттэ кылаастаах оскуолатыгар интэринээккэ олорон көһөн үөрэммиппит. Сэттэ кылааһы бүтэрэн баран мин Дьокуускайга тыа хаһаайыстыбатын техникумугар үөрэнэ киирбитим. Сайын каникулларбар эрэ кэлэрим. Онон Алёшалыын тыл бырахсан кэпсэппиппит да суоҕа буолуо.
Дьиэ кэргэнэ.
Хата балта Дунялыын күн бүгүнүгэр диэри билсэбит, сибээспитин быспаппыт. Ол да гыннар хаһыаттан ааҕан, телевизортан көрөн, сурах хоту истэн да буоллун Алексей Мостаховы Чуукаарбыт киһитэ диэн өрүү киэн тутта чугас билэр курдук саныы сылдьарым. Чуукаартан “Саха сирин ХХ үйэҕэ спортка лауреата” түөрт киһи киирбититтэн биирдэрэ бастакы кылаастаах норуоттар икки ардыларынааҕы судьуйа, ССРС спордун маастара кини буоларынан хайа Чуукаар киһитэ бэйэтин тутум үрдүктүк сананыа, үөрүө-көтүө суоҕай? Дуобакка С.С.Николаев, тустууктар П.Е.Алексеев, В.Н.Ефремов ааттарын кытта сэргэ! Хайдахтаах үрдүк чиэһий!
Чуукаартан төрүттээх «Саха сирин ХХ үйэҕэ спортка лауреата» түөрт киһи.
Аны Евдокия Егоровна “убайым үҥкүү тыла этээччи” диэн соһуттаҕа үһү! Өссө дархан этээччи. Итинэн сиэттэрэн аҕам “Аатырбыт тойуксуттар, олоҥхоһуттар” диэн суруйуутун көрүөҕүҥ: “…Испирдиэн Бөтүрүөп, Доҕуйук Соппуруона дэгиттэр ырыаһыттарынан-хоһоонньуттарынан, олоҥхоһуттарынан, үҥкүү тылын этээччилэринэн улууска киэҥник биллибиттэрэ. Мин олох кыра эрдэхпинэ Доҕуйук Соппуруона, хаар маҕан баттахтаах, тайахха киирбит оҕонньор үҥкүү тылын этэ сылдьар буолара. Испирдиэн Бөтүрүөбү кырдьан суорҕаҥҥа-тэллэххэ сыттаҕына, сиэнэ Петров Софрон уруутугар сылдьан көрбүтүм…”.
Саха сиригэр киэҥник биллибит ийэ олоҥхоһут, тойуксут Никифор Иванов – Сыҕаан Бөтүрүөхэ кыыһын уола.
Таайдара, тойуксут, оһуохайдьыт, ийэ олоҥхоһут Никифор Григорьевич Иванов-Сыҕаан.
Дьэ ити Өлөксөй ийэтинэн таайдарын батан үҥкүү тылын этээччи буолбута көстөн кэллэ. Аны Бөтүрүөхэлэр Петруха диэн нууччаттан сыдьааннаах эбиттэр. Ол туһунан “Чуукаар нэһилиэгэ” диэн 2019 сыллаахха тахсыбыт кинигэ 363 страницатыгар сурулла сылдьар. Бука күүстээх-уохтаах киһи буолан Саха сирин соҕурууттан буллаҕа буолуо диэн таайыахха сөп. Саҥа күтүөт, мин Уйбааным Эбэ уҥуор биир маҕан баккылаах, ырбаахылаах киһи күнү быһа, олоро-сынньана да түспэккэ от охсорун көрөн, сөрү диэн сөҕөн дьонтон туоһуласпытын ити ааттаах от охсооччу Бөтүрүөхэ Соппуруона диэбит этилэр. Уола Дмитрий Софронович Чуукаар орто оскуолатыгар дириэктэрдээбитэ. Саҥа оскуола тутуутугар элбэх сыратын уурбута.
Кыыһа Настаа сахаҕа бөдөҥ уҥуохтаах, колхуос туруу үлэһитэ. Бурдук уһун кураан сыллар кэннилэриттэн өлгөмнүк үүммүт 1943 сылыгар, ийэм кэпсииринэн, оҕочоос сааһыгар үүнүүлээх бурдугу баайыыга тэҥнээҕин булбата эбитэ үһү. Аҕам оҕуруокка сайын биригэдьиирдиир буолан, мин каникулбар хаппыыста көрүүтүгэр үлэлээччибин. Салайааччыбыт Настаа буолара. Саас араһаанньыкка хаппыыста сиэмэтин ибиирэн ыһан эргэ түннүктэринэн, кулуһунунан өрүллүбүт мааттарынан аһан-сабан арассааданы кини биэбэйдиирэ. Көрүүтүгэр-харайыытыгар оскуола оҕолоро сылдьарбыт. Элбэх оҕону мөхпөккө-эппэккэ мааспытын табан үлэлэтэрэ. Оттон Маайалара медсестра үөрэҕин бүтэрэн үтүө суобастаахтык Чуукаарын балыыһатыгар үйэтин тухары үлэлээбитэ. Төрөппүт дьонун, ийэтиттэн ураты билбэтэрбин да, Алёша таайдарын утумнаабыт диэн санаабын суруйдум.
Чуукаар ыһыаҕа, алта уонус сыллар саҕаланыылара.
Алексей уонна Элеонора



Хаартыскаларга: Алексей Егорович уонна Элеонора Дмитриевна оҕолорунаан.
Алексей Егорович 80 сааһын бэлиэтээтэ. Ытыктыыр киһибитигэр доруобуйата көнөрүгэр, дьиэ кэргэттэригэр дьолу-соргуну баҕарыаҕыҥ.
Светлана Гаврильевна ПЕТРОВА,
үлэ, тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ, Ньурба улууһун уонна Сүлэ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Сэрии кэмин оҕото.
2026 с. ыам ыйа.
Хаартыскалар «Удьуор утума», «Чуукаар нэһилиэгэ» кинигэлэртэн ылылыннылар.







