УОЛЧААН – ӨЛӨӨН ДЬИҤНЭЭХ ХОҺУУНА
Кини сурукка, дьыалаҕа-куолуга киирэр толору аата-суола Топоров (Топпоороп) Дмитрий Иванович диэн.
Онон оройуонун (улууһун) туһунан аҕыйах кыбытыы тыл. Үгүстэр Өлөөнү саамай хоту сытар дииллэр. Оннук буолбатах. Саамай хотуларга мин Анаабыры, Булуҥу (Тикси), Усуйаананы, Аллайыаханы уонна Аллараа Халыманы киллэрэбин. Тоҕо? Бу оройуоннар (улуустар) Хотугу муустаах муора кытыытыгар тураллар, биэрэгин кыйа туундара, хаар-муус дойду. Балыга кыймаҥныы сытар: чыыр, уомул, быраҥаатта (ряпушка) о.д.а.
Өлөөн хотулуу-арҕаа сытар, Красноярскай кыраайы кытта быысаһар, оттон соҕуруу өртө урут Сунтаары, Ньурбаны, Үөһээ Бүлүүнү, Бүлүүнү кытта. Ол курдук киэҥ сири сабардыыр этэ, баара-суоҕа 4 нэһилиэктээх.
1974 с. күһүнүгэр суруктаах хайаларын (петроглифы) үөрэтэ экспедиция тэринэн-таймаланан тиийдим. Авиапортка үөһээ бүлүүлэр күтүөппүт, Бөрө Бүөтүр – Романов Пётр Николаевич муосчут, ускуултар, худуоһунньук көрүстэ. Уонтан тахса хонук кэтэһэн-манаһан, таарыйа бөртөлүөтүнэн бырахтылар. Сирдьитинэн ытык кырдьаҕас Микии оҕонньор – Николаев Никифор Саввич барыста. Биир сирдьиппит Николаев Алексей Дмитриевич – ол дойдуга төрөөбүт-үөскээбит киһи 10 км үөһээ сыыһа бырахтарбыт эбит, ону бөртөлүөт көппүтүн кэннэ сирдьиппит Микии оҕонньор (ньохчо, сиһин сиэппит, остеохондроз) сирин-дойдутун көрөн баран, саҥа аллайда: “Оо, атын сиргэ түһэрбиттэр”, – диэн.
Эспэдииссийэ састаабыгар өссө биир уол баара, учуутал, тустуу тириэньэрэ Илларионов Иннокентий Петрович.
3-4 хонук устата суруктаах хайабытыгар тиийэн, 5-6 метрэлээх кирилиэс оҥостон, мин үөһэ тахсан, салыбырыы-салыбырыы да буоллар калькаҕа түһэрдим, хаартыскаҕа уһуллум. Суруктаах хайабыт аата “Таҥаралаах”, онно киһи (“Таҥара”) уруһуйа охра кыраасканан уруһуйдаммыт. Ойуун дуу, туох киһи дуу үөһээ дойдуга көтөн эрэрин курдук уонна Мааскалаах киһи төбөтүн уруһуйа баар. Өссө уҥа өттүгэр 5-6 руническай буукубалар бааллара. Саха сиригэр мантан хоту суруктаах хайа суох. Онон – уникальнай.
Үлэбитин бүтэрэн, “кулун дайбаҥ” дьон буола түстүбүт. Кыстык хаар түстэ, Өлөөн мууһа турда. Микии оҕонньор сэрэххэ диэн 3-4 илими ылбыт эбит, онон чугастааҕы чүөмпэлэргэ илим үтэн, хата балыгынан аһааһын буолла. “Аҕыйах хонобут” диэн аһылыкпытын, килиэппитин барытын харса суох “охсон” кээспиппит, кээһии чэй эрэ баар. Ол курдук 5-6 хонук мучумааннаспыппыт кэннэ бөртөлүөт көтөн кэллэ, милииссийэлээхтэр, быраастаахтар эҥин. Быһата “ЧП буолбут” дии санаабыттар.
Бу сытан, Микии оҕонньор ыйыытынан, чугас 3-4 км сиргэ “Тооппоор сырыгар” бара сырыттыбыт. Бу Уолчаан аҕатын, эһэтин дойдулара эбит, ол иһин “Тооппоороптор” буолбуттар, ону ханарытан “Топоров” (“Сүгэлиирэп”) буолбуттар. Дьиҥинэн, нууччалыы сурукка “Топпоров” диэн буолуохтааҕа.
1976 сыл ахсынньы 31 күнүгэр 484 №-дээх “Саха АССР устуоруйатын уонна култууратын пааматынньыктарын харыстааһын туһунан” САССР Миниистирдэрин Сэбиэтин уурааҕа таҕыста. Онно “Таҥаралаах” суруктаах хайата судаарыстыба харалтатыгар киирбитэ, салгыы Өлөөн кыраайы үөрэтэр мусуойун тэрийии, оҥоруу саҕаланна. Ол идиэйэтэ – миэнэ, толорооччута – Биилийэм Яковлев, “Үс Хатыҥ” муҥур тойоно, тэрийээччитэ.
Сахаҕа “абааһы аһаабыт сириттэн арахпат” диэн бэргэн этии баар. Сотору соҕус, 1-2 сыл буолан баран, эмиэ экспедиция тэринэн онно Уолчааны булбутум уонна “Сэбэкии” суруктаах хайаларын арыйбыппыт, араҥастары көрбүппүт. “Сэбэкии” тоҥустууга улуу, ытык сир (сахалыыга “ала-бэлиэ” сир).
Өлөөн өрүс элбэх салаалаах, онтон саамай улаханнара, “улуулара” да диэххэ сөп – Арҕаа Салаа. Бу Арҕаа салааҕа Кирбэйтэн чугас, уҥа өттүгэр Кукуһунда диэн үрэх (өрүс) түһэр. Сэбэкии хайата утары онно турар.
Өлөөн туһунан эбэн эттэххэ булуу сир. Өлөөн оройуона сирэ-уота киэҥинэн Саха сиригэр тэҥнээҕэ суох, I миэстэ. Алмаас диэн “айыы” дуу, “абааһы” дуу тааһа көстөн, Дьалдыны, Марханы, билиҥҥи Удаачынай, Айхал, Мииринэй сирдэрин, күүстэринэн быһа анньан, былдьаан ылан, Мииринэй куораты (оройуону) төрүттээбиттэрэ. Оччолорго баҕар ол сөп буолуо, сайдыы барыахтаах буо.
“Ол эрээри, ол эрээри”, – диэххэ… Аны туран эккирээн, Саха сиригэр алмааһы көрдөөһүҥҥэ, булууга өлөөннөр уһулуччу үтүөлээхтэр. Тоҕо? Туох баар экспедициялары уонунан сылларга эргиччи Өлөөн тоҥустара табанан, каюрдаан, сирдээн, тиэйэн, аһатан-сиэтэн илдьэ сылдьыбыттара. Оо, күһүнэ, сааһа, кыһына – хаара-самыыра… Аны сайына – кумаара, бырдаҕа, күлүмэнэ, бадараана-бырыыта. Аны санаатахха дьоруойдуу да сырыы эбит! Ону өлөөннөр эрэйдээхтэр “буолуохтаах буолуоҕун” курдук саныыллара, биир да киһи льготанан туһамматаҕа, ол курдук анараа дойдуга бараахтаабыттара. Сүүһүнэн, тыһыынчанан киһи… Ону санаатахпына, мин тоҥус хааннаах киһи, ардыгар уйадыйан ылабын. “Тоҕо” диэтэххэ “билэрим бэрт” буоллаҕа…
Хата, Мииринэйгэ “Табалаах киһи” пааматынньыгын туруордулар – онно да махтал. Өлөөн инникитэ – өссө иннигэр. Айыы Тойон таҥарабыт көтөн иһэн сүгэһэриттэн Анаабырга, Өлөөҥҥө, Бүлүү хочотугар баайыттан саккыраппыт, сороҕо Чыамакыйга кытта таммалаабыт…
Маны барытын Уолчаан Уйбаанабыс (инньэ дииллэрэ) биэс тарбаҕын курдук билэрэ. Дьоҥҥо “бэрт киһи бэтиэхэлээх” диэн этии баар. Бу этии Уолчааны да тумнубатаҕа, киһи олоҕо эриэ-дэхси буолбат, түһүүлээх-тахсыылаах.
Ааспыт араллааннаах, айдааннаах-куйдааннаах 20-с үйэ 40-50-с сылларыгар буоллаҕа буолуо, Кирбэйгэ туох эрэ мунньах буолбут. Онно биир оҕонньор түрүбүүнэҕэ тахсан туран, кыра Уолчаан Миитэрэйи кириитикэлээн саайбыт. Ону Уолчаан, уолҕамдьы уол оҕото, аараттан биир оҕонньор тайаҕын харбаан ылан ол тыл этээччини үлтү сабаабыт. Айдаан буолар, 13-14 саастаах уолу 5-6 сылы сааһын эбэннэр, сууттаан аҕыйах сыл (3-4 сыл буоллаҕа буолуо) хаайыыга симэллэр. Хата, ону Уолчаан дьолугар Маҥан таһыгар Ыстаалын оҕонньор лааҕыра (хаайыы) баар эбит, мас кэрдээччилэр киэннэрэ. Онно сыппыт, куобахха туһахтаан дьону аһаппыт, онтон төннүбүт.
Арай биирдэ убайбар Никита Деевичкэ быктарбыт этэ: “Ээ, ол хаайыылара диэн абааһы соҕус дойду этэ. Онон кэлин ол-бу иирсээҥҥэ киирсибэт этим. Дьалты хаамарым”, – диэн.

Хаартыскаҕа: Бастакы – автор Уйбаан Архипов, үһүс – Уолчаан.
Бу дьыаланы түмүктүүр кэриэтэ биир түгэни ахтыым. Бу соччото суох быһыы 1980-с сыллар ортолоругар буолбута. Арҕаа Салаа – Уолчаан биһигин ыйаабыт сирэ буоллаҕа. Бэйэтэ этэригэр дылы “хас өрүһүн тааһын, маһын” ахсыы билэрэ.
Арай биирдэ кэлбитэ эрэйсэбиэт суоппара, Чурапчыттан төрүттээх Кладкин Өлөксөй сүүһүнэн миэтэрэлээх муҥханан балыктыы сылдьар үһү. Ону Уолчаан эппит: “Хайа, Өлүөскэ, биһиги эн кэннигиттэн тугунан аһаан-сиэн олоробут?” – диэн. Онно Чурапчы Өлүөскэтэ бар гыннарбыт: “Хас дьиикэй тоҥустан ыйыппаппыт буолуо!” – диэн. Уолчаан: “Туох диигин?” – диэбит. Ону: “Дьиикэй тоҥустан диибин”, – диэбит. Уолчаан бабыгырыы түспүт, өрүс тааһын ылан Өлүөскэни төбөҕө саайар. Өлүөскэ Уолчааннааҕар өндөс соҕус, мас сытарын ылан төбөҕө саайар. Атыыр айдаан буолар, хаан-сиин тахсар. Уолчаан чуорун – саатын көрдүү-ыла арааныгар ыстанар. Өлүөскэ оҥочотун үөскэ анньаат, мотуорун эһээт куйаарда турар. Уолчаан чуордаах саалаах киирэн, эһэлии-бөрөлүү часкыйбыта үһү…
Онтон иккиэн балыыһаҕа көрдөрөллөр, ону: “Улахан туох да суох эбит”, – диэн сабан кэбиһэллэр. Кэлин Өлүөскэ инсуллаан, ыалдьан өлбүтэ. Дьэ ситигирдик, киһини сэнээһин, атаҕастааһын диэн. Холобур “дьиикэй тоҥус” эҥин диэн.
Чэ, эйэлээх олохпутугар төннүөххэ…
1978 сыл. Дьэһиэйтэн (Ессей) сүүһүнэн тыһыынча үөрдээх кыыл таба, 40 сыл буолан баран, Өлөөҥҥө кэлбитэ. Онно мин, Уолчаан, Долгунуоп Баһылай (Хаҥкыырай) буолан кыылы тоһуйа бардыбыт. Онтубут Харыйалаахтан баара-суоҕа 2-3 көстөөх сиринэн ааһаллар. Уолчаан 2-3 хонукка 50-ча кыыл табаны өлөрдө, Баһылай биһикки кыылы сүлэртэн, астыыртан ордубатыбыт.
Онтон Уолчааммыт: “Өссө хойуутугар барыахха”, – диэн Арҕаа Салааҕа көстүбүт. Улахан бултуйуу суох. Уонча хонугунан урут бултуйбут сирбитигэр эргиллэн кэлэн көрбүппүт доҕоор, тыһыынчанан кыыл үлтү тэпсэн ааспыт. Онно Уолчаан төбөтүн кырбанна: “Манна сыппыппыт буоллар өссө бултуйуох эбиппит, оо, киһи акаары да буолар эбит”, – диэн.
Уолчаан сорсуннаах булчут этэ: “Булка, сиргэ-уокка сырыыга мин профессор буоллаҕым”, – диирэ. Элбэхтик бултуйдаҕына аймахтарыгар түҥэтэрэ, холобур, биирдии таба этинэн (“тушанан”).
Итини таһынан бэйэтин лаппа кыанар киһи этэ, 200 лиитирдээх буочукалаах бензини таба сыарҕатыгар бэйэтэ соҕотоҕун тиэйэрэ. Бэйэтин ыйааһына 60-65 киилэ буолуо.
1960-с сылларга, 30-ча саастааҕар хайыһарынан (хааһарынан) соҕотоҕун 100 көстөөх Дьэһиэйгэ (Ессей) бараары гыммытын оҕонньоттор боппут этилэр. “Ый аҥаарынан, арааһа, тиийиэм этэ буо”, – диирэ. Саас, муус устар ыйга, ол курдук харса суох, модун, күүстээх санаалааҕа.
Сааһыран иһэн Маамыктаһыт диэн киһи арахсыбыт ойоҕун, Сергеева Татьяна диэн Куудара Баһылай балтын, биһиги аймахпытын кэргэн ылбыта. Икки кыыс оҕоломмута. Тоҥус олоҕо былыр да, быйыл да чэпчэкитэ суоҕа. Татыйаана ыалдьан, ис уоргана иһэн, иигэ кэлбэт буолбутугар Уолчаан быраата Ньыалдаа Сэмэн 20-тэн тахса көһү биир суукка тохтоло суох табанан айаннаан кэлэн, Өлөөнтөн бөртөлүөтү көтүтэн, сирдээн, быыһаан-абыраан турар.
Салгыы Эдьигээн балыыһатыгар улуу хирург Борис Афанасьевич Егоров (кэлин миниистир буолбута) үс чаас устата операциялаан, үс киилэ ириҥэни орообут, ыраастаабыт этэ. Аҕыйах ыйынан Таанньа Дьокуускайга кэлэн операцияланан киһи-хара буолбута, ону барытын Б.А.Егоров (оччоҕо солбуйааччы миниистир) хонтуруолга ылбыта, балыыһаҕа кытта тиийэ сылдьыбыта.
Уолчаан кэргэнэ өлүү дэгиэ тыҥыраҕыттан быыһаммытыгар Б.А.Егоровка махтанара, таарыйа аһаппытым-сиэппитим иһин миэхэ эмиэ махтанаахтыыра. Кэлин ыарыһахтаан бэйэтэ кэлбитин табаарыһа, улахан быраас Дмитрий Дмитриевич Софронов илбийэн, иннэлээн атаҕар туруорбута.
Арай биирдэ эттим: “Нокоо, Уолчаан, Москванан, Ленинградынан барыахха, сири-дойдуну көрдөрүөм”, – диэн. Ону кыккыраччы аккаастаата, тыата, дойдута тарда сыттаҕа…
Уолчаан 2-3 кылаас үөрэхтээх киһи сахалыы кинигэлэри үксүн аахпыт, сайдыылаах киһи этэ. Сүүһүнэн кинигэни, хаһыаты, сурунаалы барытын, туох түбэспитинэн. “Маарыкчаан ыччаттарыттан”, “Сааскы кэмтэн” саҕалаан үксүн.
Арай биирдэ кыһын балааккаҕа сыттахпытына, араадьыйанан Кыыл Уолун бүтэһик ырыатын биэрдилэр. Ону Уолчаан: “Эмиэ киммит көбүөхтээн барда”, – диэтэ. Ону “Айахтата олорума, Сэргэй оҕонньор араак буолан, балыыһаҕа сытан ыллаабыт ырыата”, – диэтим. Онно киһим уларыйда: “Оо эрэйдээҕи, тылбын төттөрү ылабын”, – диэтэ.
Ону-маны аахпыт, билбит буолан, И.С.Гурвич диэн еврей учуонайа өлөөннөрү “Табалаах сахалар” диэбитин отой сөбүлээбэт этэ, ардыгар үөхсэн да ылара.
Убайым, археолог Никита Деевиһи кытта Өлөөн өрүһүнэн устан, 20-30-ча араҥастары үөрэтиигэ сылдьыспыта, абааһыны-таҥараны соччо итэҕэйбэт киһи этэ. Ол гынан баран сиэри-туому аһара тутуһара.
Сарсыарда туруоҕуттан киэһэ утуйуор диэри кэпсээн-ипсээн тахсара, аһара юмордааҕа, наар үөрүү-көтүү, күлүү-салыы. Үөрэхтээҕэ буоллар суруйааччы дуу, учуонай дуу буолуо хааллаҕа.
Арыгыны батан да испэтэр, аһы ас курдук аһыыра. “Добрайа дьэ онно киирэрэ”, – диэн дьон кэпсиирин истэрим. Элбэхтик истэҕинэ наһаа ыалдьара, баттатара. Ол гынан баран, ойуурга дьааһыгынан арыгы суох буо… Бүтэр уһуктаах. Өлөөн дьоно арыгыны ас курдук аһыыллара, биир эмит иһээччи баара буолуо…
Былыр Өлөөн, Дьэһиэй аартыга Үгүлээтинэн, Ыйылаһынан (Сургуулугунан, Боотулуунан) этэ. Дьаам суола эмиэ. Биһиги, ыйыластар, 1950-с сылларга 500-кэ табалаах этибит. Өлөөнү кытта сырыы баара, аймахтыы даҕаны буоллахпыт.
Түмүктээн эттэххэ, Уолчаан Миитэрэй Өлөөн бүтэһик хоһууна этэ: майгытынан-сигилитинэн, быһыытынан-таһаатынан, күүһүнэн-уоҕунан, булчутунан, киһи быһыытынан, өйүнэн-санаатынан… Барытынан эргиччи.
Аныгы нахаал үйэҕэ Уолчаан курдук тоҥус төрөөбөт. Тоҕо? Сэбиэскэй саҕана “Өлөөн” совхоз 33 тыһыынча табалааҕа, билигин баара-суоҕа 4 тыһыынча табалаах. Сатаан көрбөккө кыыл табаны кытта ыыппыттара. Куттаа — Христофор Афанасьевич Григорьев салалтаҕа олорбута буоллар, маннык иэдээн тахсыа суох этэ. Көҥкө — Христофор Матвеевич Николаев кыамматаҕа, сатаан дьаһамматаҕа. Аанньа буолан, Юрий Николаевич Аммосов этиэ дуо: “Оскуола дириэктэрэ буоллаҕа дии”, – диэн.
Мин уонна убайым, саха бастакы уонна соҕотох археолога Никита Деевич буоламмыт, Уолчаан – дьиҥнээх тоҥус хоһуунун туһунан туох эмит кэриэс-хомуруос өйдөбүнньүгү оҥорор былааннаахпыт: мусуойга истиэндэ уонна туох эрэ мэҥэ бэлиэ. Чэ, ити туһунан кэлин суруйуохпут-бичийиэхпит турдаҕа…
Уйбаан АРХЫЫПАП,
Өлөөн суруктаах хайаларын арыйбыткыраайы үөрэтээччи,Үөһээ Бүлүү бочуоттааҕа.
2022 с.
(“Ахтыылар”, 2026 с. ыам ыйа)
