УЧУУТАЛЛААБЫТ СЫЛЛАРЫМ
Мин “Кириэстээх” нэһилиэгэр колхозтаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтүм. Аҕабынан эһэм Никифор, ийэбинэн эһэм Суон Уйбаан. Кыанар ыал буолан, кулаак кылааһыгар киллэриллэн туох баар сүөһүлэрин дьиэлэрин-уоттарын барыларын былдьаппыттара.
Миигин отой кыра эрдэхпинэ эһэм Никифор ылан ииппитэ. Өйдүүрбүнэн, ойуур иһигэр балаҕаҥҥа хотонун сыбыы туттан олорбуттара. Эбэм “Кириэстээх” нэһилиэгин ыала Семёновтар кыыстара үһү. 1916 с. өлбүт, онно аҕам 10 саастааҕа. Эһэм кэлин Бүлүүчээнтэн төрүттээх олус ис киирбэх, нарын-сэмэй эдэр кыыһы Глухарёва Марфа Петровнаны кэргэн ылбыт. Онон ол балаҕаҥҥа үһүөн олорбуппут. Эбэм миигин олус атаахтатара, бэйэм да батыһа сылдьарбын өйдүүбүн, кэлин отой да сүгэ сылдьара. Хаһан да улаханнык саҥаран сэмэлээбэт, биирдэ да охсубутун, үөгүлээбитин өйдөөбөттөрө. Бэйэм ол курдук куоласпын үрдэппэккэ, киһи биир итэҕэһин хос-хос санаппакка улааппытым.
Онтум кэлин оҕолору кытта сыһыаммар бэриллибитэ. Үөрэнээччилэрбин хаһан да мөҕө, ардыгар оҥорбут дьайыыларын көрөн баран, кэлин тоҕоостоох кэмҥэ санатарбын билигин улаатан баран ахтааччылар. Ити барыта эбэм иитиитин сабыдыала дии саныыбын. Кыра да буруйга таһылла, саҥарылла, кыһарыйыыга сылдьыбыт оҕо улааттаҕына кыраттан да тордурҕас, ыгым буолар дии саныыбын.
Эһэм 1941 с. сайын ыалдьан бу сиртэн барбыта. Онон эбэм биһикки дьоммутугар көһөн кэлэн бииргэ олорбуппут. Аҕам 1942 с. сэриигэ ыҥырыллан, сэрии хонуутугар 1943 с. охтубута. “Сыстаҥ” начаалынай оскуолатын бүтэрэн баран, Сунтаар оскуолатыгар үөрэнэн 10 кылааһы бүтэрбитим. 1961 с. Кутана сэттэ кылаастаах оскуолатыгар учууталынан үлэбин саҕалаабытым. Кэлээт, олус үчүгэй коллективка түбэспиппин өйдөөбүтүм. Бу тыа чөкө оскуолатыгар олус опыттаах дьон үлэлииллэрэ. Ол курдук 4 саха оскуолатын үтүөлээх учууталлара, 1 педагогическай үлэтин иһин орденнаах, 3 норуот үөрэҕириитин туйгуннара: Александров В.Е. директор, Архангельскай Г.Д. солбуйааччы, Максимова Р.П. саха тылын учуутала, 1937 с. музейы тэрийиигэ үлэлээбит Иванов Н.И.-Куола учуутал, “Бочуот знага” орден кавалера Александров Т.Н. Күүкэттэн үөрэнэн тахсыбыт 2 академиктары үөрэппит Григорьев Г.С., Гурьева М.Е. уо.д.а. үлэлэригэр сыһыаран бэйэлэригэр чугас туппуттара.
Оттон бөһүөлэк кырдьаҕастара: “үтүө төрүттээх оҕо кэлбит” диэн оннооҕор олус үчүгэй хотуурдарын, сааларын бэрт улгумнук уларсаллара. Ол “төрүттэрим”: Илья аҕабыт, бу оскуолаҕа учууталлаабыт, таҥара дьиэтигэр аҕабыттаабыт, эһэм бииргэ төрөөбүт быраата, оттон аатырбыт кулубалара – Арыҥах. Кэргэнэ Мария Уаровна эбэм балта.
Үөрэнээччилэрим сырса сылдьаллара, ордук уруһуй куруһуогар. Оҕолору кытта оскуола иһинэн музей үлэтигэр, оскуола, кылаастар оформлениетыгар үлэлээн барбыппыт. Куруһуок оҕолоро республикатааҕы оҕолор быыстапкаларыгар кыттан барбыттара. 60 сылларга 1-2 миэстэттэн түспэккэ кыттарбыт. Бу быыстапкаларга Бордоҥтон Уаров Александр (Ил Түмэн депутата), Сунтаартан Игнатьев Володя (кэлин биллэр художник) ситиһиилээхтик кытталлара.
Оттон черчение олимпиадатыгар республикаҕа ситиһиилээхтик кыттарбыт. Ол оҕолортон 5 Намнааҕы училищены, 6 оҕо техническай ВУЗтары бүтэрбиттэрэ. Онтон Яковлев Аркадий МГУ бүтэрбитэ. Оскуола иһинэн тэриллибит, билигин Күндэ аатынан музей үлэтигэр көхтөөхтүк кыттарбыт. Бу үлэҕэ Тойбохойтон көһөн кэлбит, оскуола учуутала Данилов М.В. кыттыбыта. Музей иһигэр уруок ыытарбыт. Маны таһынан лекциялар, сбордар, конференциялар экспонаттары туһанан ыыталлара. Нэһилиэнньэ олохтоохторун, ордук эдэр ыччаты сэргэхситэрэ. Миигин кытта биир кэмҥэ үлэлии кэлбит Тимофеев Н.П. физкультура уруогун үөрэтэрэ. Кэлээт оҕолору уруогу таһынан спорт араас көрүҥнэригэр кытыннаран барбыта, ордук хайыһарга. Оскуола оройуоҥҥа, республикаҕа бастыҥнар ааттарыттан түспэт буолла.
Оформлениеҕа, оскуола ис-тас үлэлэригэр олус көхтөөхтүк үлэ учуутала Саввинов Д.Г., ырыаҕа-тойукка Петрова Е.В. ситиһиилээхтик кытталлара. Онтон оскуола профкомун председателэ, начаалынай кылаас учуутала Федоров М.И. ас-үөл кырыымчык бириэмэтигэр Мирнэй куораттан араас астары: яблоканы, эт арааһын аҕалан коллективын, оҕолору хааччыйара. Сайын оскуола иһинэн звено тэрийэн оттооһуҥҥа олус ситиһиилээхтик кыттара, оройуоҥҥа хаста да бастаабыта. Бу түмүгэр Кутана оскуолата аата ааттанар буолан барбыта.
Кутана оскуолатыгар 22 сылын үлэлээн баран, 1982 сыллаахха Арыылаах орто оскуолатыгар директорынан ананан 4 сыл үлэлээбитим.

Мин иннибэр үлэлээбит Егоров Н.А. оскуолатын материальнай базатын байытан, таһын бэйэлэрин күүстэринэн эпсиэйдээн, толору специалистарынан хааччыллан олорор оскуолаҕа тиийбитим.
Учууталлар ортолоругар олус опыттаах, өр сылларга үлэлээбит Герасимова Ф.П., Васильев Н.П., Уарова В.У., Васильева З.М., Яковлева Т.Н., Иванов Н.А., Никитина М.К., Наумова Е.Г., Сыромятников Г.Г. уо.д.а. Кутанаҕа үөрэппит оҕолорун: Яковлев Н.Е., Иванова Р.А., Захарова Е.И. учууталлыыллара. Солбуйааччыларынан үлэлээбиттэрэ: Фёдорова Ф.Я., Кларова К.П. Сайыҥҥы өртүгэр, мин Кутанаҕа бардахпына, оскуола туох баар үлэтин, ордук сайыҥҥы ЛТО үлэтин, кинилэр салайаллара.
ЛТО “Бригантина” салайааччытынан тохтообокко, өр сылларга, производственнай үөрэхтээһин маастара, Саха АССР спортка маастара Николаев Владимир Алексеевич салайара, үрдүк ситиһиилэммитэ – оройуоҥҥа 3 төгүл 1 миэстэ, массыына фондатынан премия. Маны таһынан фермаҕа дояркалары солбуйуу, ньирэйдэри көрүү-харайыы, сайыҥҥы өртүгэр ынах ыамыгар ЛТО тэриллэн үлэлиирэ. Начаалынньыгынан үлэлээбиттэрэ: Яковлева Е.П., Фёдорова Ф.Я.
1982 с. бастыҥ көрдөрүүлэрин иһин Тольятти куоракка путёвканан наҕараадаламмыттара: Егорова Е.Д., Рощина Е.Я., Николаева В.Е. Арыылаах оскуолатыгар Дьаархан, Маар-Күөл, Аллыҥа оҕолоро кэлэн, интернакка олорон үөрэнэллэрэ. Интернат сэбиэдиссэйинэн олус опыттаах, авторитеттаах Иванова Е.П. үлэлээбитэ. Оҕолор ортолоругар оскуоланан арахсан аатааннаһыы, туора көрсүү тахсыбат этэ. Оскуола бэйэтин сылытынар туһунан котельнайдааҕа. Оһоҕо сиргэ хаһыллан аллараа этэ. Күөл уута киирэн улаханнык эрэйдиирэ. Ону оттор үлэһиттэр бөһүөлэк бастыҥ, үлэлэрэ олус сыһыаннаах дьоно Прокопьев И.Н., Попов И.Н., Емельянов П.Т. этилэр. Ол үрдүнэн сылытар система бүтэһик объега – спортсаала ардыгар тоҥон, отделение кылаабынай инженерэ Николаев А.Е. салалтатынан түүннэри саҥа системанан солбуйан, үөрэҕи тохтоппокко үлэҕэ киллэрэ охсорбут. Район сэбиэдиссэйэ Иванов И.С.: “Арыылаахтартар тоҥоллоро да, ону утары оҥоро охсон иһэллэр”, – диэн хайҕаабыттыы мунньахха этэрэ.
1986 с. детсад тутуллан, улахан котельнай тутуллубутунан сибээстээн, Якутскайтан уу турбаларын аҕалбытым. Миигин директорынан солбуйа хаалбыт Титов Н.Я. оскуола корпуһун ол ититэр системаҕа холбоппута. Арыылаахха кэлэрбэр үс оҕом Кутана оскуолатын бүтэрэн үөрэххэ киирбиттэрэ, 2 оҕом байыаннай үөрэххэ. Онтон төрдүс оҕом Иван Арыылаах оскуолатын 8 кылааһыгар киирэн, манна 10 кылааһы бүтэрбитэ. Кини кылааһын оҕолорун, чуолаан оскуола лидердэрэ Яковлев Александр (билигин “Туймаада” хаһыат редактора), Пахомов Лёня үтүө сабыдыалларыгар киирэн, бэркэ тапсан сылдьыбыта.

1986 с. Кириэстээххэ, алмааһы арыйааччылар музейдара тэриллиитинэн, оскуола завуһунан көһөрүллүбүтүм. Конобулова М.Х. салалтатынан, “Кириэстээх” совет администрациятын (Гуринов Н.В.) олохтоохтор көмөлөрүнэн, 2 сылынан музей аһыллыбыта. Бу музей аныгылыы оформлениелаах, тупсаҕай оҥоһуулаах, саха дьоно алмааһы көрдөөһүҥҥэ кыттыбыттарын көрдөрөр кини буолта.
1992 с. Анаабыр улууһун салалтатын, Уаров А.С. – райсовет исполкомун председателин ыҥырыытынан Үрүҥ Хайа орто оскуолатын завуһунан үлэлээбитим. Мин сорудаҕым – улууска музей тэрийэн үлэлэтии. Ол курдук 14 сыл үлэлиир кэммэр бу улууска 2 музейы тэрийэн, аһан үлэлэттим:
- Анаабырдааҕы Этно-краеведческай музей (Сааскылаахха).
- Үлэ Геройа Илья Спиридонов аатынан таба иитиитин музейа (Үрүҥ Хайа бөһүөлэгэр).
Бу музейдарга улуус олоҕун, олохтоохтор төрүт культураларын, бастыҥ дьонун көрдөрдүбүт. Бу үлэҕэ Сунтаартан төрүттээх, идэлээх дьон: Дьокуускайтан университет музейын тэрийээччи, директора, чулуу таксидермист Макаров А.Д., Элгээйиттэн музей үлэһиттэрэ: Слепцов А.С., Семёнов А.Н., Тимофеев К.А. таһаарыылаахтык үлэлээн, олус кылгас кэмҥэ, олохтоохтор, оройуон салалтатын махталларын ылбыттара. Музейы тэрийиигэ олус элбэх көмөнү улуус баһылыга Андросов Н.Е. оҥорбута: “Ыччаттарбар хаалларар кэриэһим буолар”, – диирэ, музей директора Гольдерова А.А. оҥорбуттара.
Олохтоохтор олус сэргээбиттэрэ, өбүгэлэрин үлэлэрин-хамнастарын көрөн сөҕөн махтайбыттара уонна илдьэ сылдьар тэриллэрин экспонат быһыытынан элбэҕи биэрбиттэрэ.
Мин бу уһун кэмҥэ олус тыйыс, тымныы айылҕалаах, уһун кыһыннаах, ууллан биэрбэт хаардаах дойдуга үлэлээн маннык түгэннэри чорботтум. Хоту дойду дьоно олус аламаҕайдар, ыалдьытымсахтар, туох баардарынан эйигин аһатан-сиэтэн көрсөллөр, өссө кэһиилээн ыыталлар. Отой кырдьыгынан сылдьаллар, эбэн-сабан суоҕу хаһан да эппэттэр. Оҕолор туох-баар кырдьыгынан сылдьаллар, сымыйалыыр диэни билбэттэр. Бастаан тиийэн олус сөҕөр этим, кэлин өйдөөбүтүм. Уонна хаһан да “оонньоон эбэн-сабан” кэпсииртэн туора турбутум.
Дьон сыһыана үчүгэйэ дойдугуттан тэйэ сылдьаргын умуннарара. Үөрэнээччилэрбэр, дьоммор-сэргэбэр махталым улахан. Үөрэнээччилэрим билигин үгүстэрэ эһээ, эбээ буоллулар. Махталларын хаһыаттарга (“Кыым”, “Туймаада”, “Сунтаар сонуннара”, “Анаабыр уоттара”) суруйаллар.
2006 с. дойдубар төннөн, Устье орто оскуолатыгар үлэлии сылдьан, 50 сылы учууталлаан, үтүөлээх сынньалаҥҥа барбытым. Билигин Сунтаар 3-с №-дээх оскуолатын коллектива көрөр-билэр, көмөлөһөр. Кинилэргэ махталым улахан.
Ксаверий Прокопьевич ПОПОВ,
тыыл, педагогическай үлэ ветерана.
Сунтаар.
2017 сыл.
Хаартыскаҕа: К.П.Попов Арыылаах орто оскуолатыгар директордыы сылдьан (ортоку олорор).
