Мин, Мекумянов Юрий Васильевич, Сунтаар орто оскуолатын 1963 сыллаахха Сунтаар интэринээтигэр олорон бүтэрбитим. Биһиги кылаастан интэринээккэ 5 этибит.
- Иванов Николай Никифорович. (“Хаадьы Куола” диэн ааттыырбыт). Кэппэндээйиттэн сылдьар, тулаайах этэ.
- Прокопьев Николай Афанасьевич. (“Колуун Куола” диэн ааттыырбыт). Элбэх оҕолоох аҥаардас ийэ улахан уола, Сунтаартан сылдьар этэ.
- Николаев Владимир Макарович. Уһун Күөлтэн киирэн 8-с кылаастан биһигини кытта үөрэммитэ. Элбэх оҕолоох ыал улахан оҕото этэ.
- Тихонова Люция Дмитриевна. Эмиэ Сунтаартан сылдьара.
- Мекумянов Юрий Васильевич. Мин 3 оҕолоох аҥардас ийэ улахан уолабын, Сунтаарбын.
Интэринээппит өрүс үрдүгэр уонна оскуола таһыгар икки корпустаах этэ. Онно көһө сылдьан олорор этибит.
Өрүс үрдүнээҕи дьиэбитин Маастар Бүөтүр (Иванов Петр Николаевич) биригээдэ тэринэн өрдөөҕүтэ көтүрэн баран хос туппута билигин да улуус үөрэҕириитин биир салаа тэрилтэтэ буолан туһалыы турар. Ити дьиэҕэ 1922 сыллаахха Строд кыһыл этэрээтэ ыстааптана сылдьыбыта.
Оскуола таһынааҕы дьиэбитин Сосин О.К. оскуолаҕа директордыы олорон көтүттэрэн баран, оһоххо отуннаран кэбиспитэ. Дьиҥэр эмиэ көтүрэн баран саҥа акылааттаан хос туттарбыта буоллар Сунтаарга төһө туһалаах буолуо этэй. Кини кэлии киһи буолан онно улаханнык төбөтүн ыарыппатах.
Интэринээккэ олорбут сылларбытын биһиги олус күндүтүк саныыбыт. Иитээччилэрбит, хаһаайыстыбаннай үлэһиттэр бары олус дьоһуннаах үтүө дьон этилэр. Сэбиэдиссэйбит Понтелеймон Степанович Егоров, иитээччилэрбит Иннокентий Корнилович Аргунов, Зоя Федоровна Жирохова, сопхуоспут Елена Семеновна Константинова биһиэхэ төрөппүт оҕолоругар курдук сыһыаннаһаллара. Биһиги кинилэри барыларын олус ытыктыыр, убаастыыр этибит.
Биһиги, улахан оҕолор, кыра оҕолору бырааттарбыт, балыстарбыт курдук көрөр этибит, таҥастарын-саптарын, астарын-үөллэрин, үөрэхтэрин тэриллэрин хонтуруоллаһарбыт. Билиҥҥи оҕолор курдук кыра оҕолору атаҕастыырбытын букатын өйдөөбөппүн. Уонна оннук куһаҕан быһыы-майгы ол саҕана букатын суоҕа.
Субуота аайы интэринээккэ сынньалаҥ киэһэтэ буолара. Баянынан үҥкүүлүүрбүт. Баяны бэйэбит тыаһатар этибит. Эбэтэр табаарыспыт, бииргэ үөрэнэр уолбут Бугаев Стасик олус үчүгэйдик оонньуур этэ. Оскуола оҕолоро таһыттан эмиэ кэлэллэрэ.
Үөрэх бүппүтүн кэннэ ойуурга тахсан сороҕор хоно сытан кыстыыр саһааммытын кэрдэн бэлэмниир этибит. Сааскы каникулга оскуолабыт саһаанын бэлэмигэр сылдьарбыт. Саһаанныыр сирбит Сунтаартан 7-8 биэрэстэлээх сиргэ баара. Кэлэ-бара сатыы сылдьарбыт.
Өрүс үрдүнээҕи интэринээккэ олорон биһиги эппитин-сииммитин эрчийэ диэн ааттаан өрүс мууһа туруор диэри сөтүөлүүр этибит. Өрүс турбутун кэннэ интэринээппит олбуоругар хаарынан суунарбыт. Ол сылдьан хаар анныгар сытар бытыылка түгэҕин үлтүркэйигэр хаҥас илиим харытын дириҥ баҕайытык икки сиринэн дьөлө аспытым. Төһө да илиибинэн харыбын саба тутта сатаабытым үрдүнэн хааным сүр ыраахха диэри фонтан курдук тыбыырара. Ону нөҥүө уһаайбаҕа сиэстэрэ Наастаҕа (дьоҥҥо биллэр аата “Хойгур Нааста”) сүүрэн тахсан бэрэбээскилэтэппитим.
Тохсуһу бүтэрэр сылбытыгар оскуолабыт 100 сааһын бэлиэтиир тэрээһиннэр буолан киирэн барбыттара. Трактороведениеҕа, болуотунньук идэтигэр үөрэппиттэрэ. Бырабаа, разряд биэртэлээбиттэрэ. Ол сыл оскуола үрдүкү кылааһын уолаттарынан тутуу биригээдэтэ тэрийэн сайын интэринээккэ олордон оскуола саҥа 4 боксалаах гараһын Яковлев Иван Макарович салалтатынан туттарбыттара.
Күһүн үөрэх аһыллыыта гаражпыт үлэҕэ киирбитэ. Үчүгэйдик үлэлээтилэр диэн аҕыйах уолга бириэмийэ курдук бэлэх-туһах туттартаабыттара. Миэхэ, икки Куолаларга көстүүм, Бугаев Стасикка, Антипин Васяҕа фотоаппарат биэрбиттэрэ. Ол туппут гаражпыт билигин да турар. 80-с сыллар бүтүүлэрин диэки оскуолаҕа учууталлыы сылдьан оҕолору, улахан дьону мунньан биригээдэ тэринэн ол гаражпытын, баар салҕабырдарын барытын көтүрэн, саҥа акылааттаан хос туппуппут. Ол тутуубут билигин да турар. Оскуолабыт гараһа буолан туһалыы турар.
Интэринээккэ аттаах этибит. Ол атынан уубутун өрүстэн таһааччыбыт. Биирдэ мин уу баһа киирэн истэхпинэ атым туохтан эрэ сииргэнэн кыыл баран хаалбыта. Ол аппытыгар сайын аайы өрүс уҥуор Абараанча диэн сиргэ оттуурбут. Сайын өҥүрүк куйааска ыстааннаах, атах таҥастаах эрэ сылдьан үлэлиирбит. Хаадьы Куола хараара сатаан этин арыыннан ньалҕаарыччы бистэр этэ. 8-һы бүтэрбит сайыммар көхсүбэр улахан баҕайы кутургуйа тахсан эрэйдээбитин ыга сатаан баран олус сэтэрэн ыарыыта бэрдиттэн кыайан үлэлэһэр кыах суох буолан Сунтаарга киирэн хаалбытым.
Үс сыл интэринээккэ олорорум тухары биирдэ да этиспиппитин, киҥир-хаҥыр саҥарсыбыппытын букатын өйдөөбөппүн, охсуһар туһунан толкуй да суоҕа. Оҕо сылдьан хаһан эмит охсуһуу ханна барыай. Баар этэ. Мэктиэтигэр 5-с дуу, 4-с дуу кылааска сырыттахпына “охсуһарыҥ бэрт” диэн пионертан таһаарбыттара. Онтон олус да хомойбутум. Дьиҥэр хаһан да бэйэм урутунан булан охсуспат этим. Мэлдьи атаҕастаан урут булалларын көмүскэнэн охсуһар буоларым.
Интэринээккэ аҕа табаарыспыт Николай Афанасьевич, Колуун Куола этэ. Барыбытыгар холобур буолара.Үөрэҕэр да үчүгэй этэ, математиканы киниттэн устар этибит. Нуучча тылыгар мөлтөх этэ. Кэлин үрдүк үөрэҕи кыһыл дипломунан бүтэрбитэ. Биһиги кылаас оҕолоро ким даҕаны үөрэҕин кыһыл дипломунан бүтэрбэтэҕэ. Колуун Куола букатын кыра эрдэҕиттэн эбэтигэр табаах уматан биэрэр үлэлээх буола сылдьан табаахтыырга инньэ 3 дуу, 4 дуу саастааҕыттан үөрэммит этэ. Инньэ гынан өрүс үрдүнээҕи интэринээппитигэр оһохпутун оттон баран оһохпут иннигэр бары кэчигирэһэн олорон Колууммутуттан үөрэнэн табаахтыы олорорбутун өйдүүбүн. Үйэбэр хас да уонунан сылларга табаахтаан баран бырахпытым 15 хас сыл буолбут бадахтаах. Доруобуйабын элбэхтик табаах дьаатыгар сиэппит буолуохтаахпын.
Аны ити кэмнэргэ арыгы дэлэйэн эрэр кэмэ этэ. Биһиги, саҥа улаатан эрэр уолаттар, онтон туора турбатахпыт. Тохсуска үөрэнэ сылдьан интэринээт элбэх уолаттара Өктөөп бырааһынньыгын бэлиэтээтэх буолан арыгы испиппитигэр мин саҥа исиһэ сылдьар буолан доруобуйам уйбакка дэлби хотуолаан учууталларга түбэспит этим. Педсовет уурааҕынан интэринээттэн үүрүллүбүтүм, оскуола директора Иван Николаевич Данилов оскуолаттан кытта үүрдэрэ сатаабыта. Ону интэринээтим иитээччитэ Зоя Федоровна барахсан харса суох көмүскэһэн оскуолаҕа хааллаттарбыта. Кини суоҕа буоллар дьылҕам хайдах-туох хайысханнан салаллыаҕын Айбыт Айыыларбыт бэйэлэрэ билэн эрдэхтэрэ буолуо дии саныыбын. Инньэ гынан Зоя Федоровнаҕа махталым үйэ сааһым тухары мин дууһабар бигэтик иҥэ сылдьар. Кини сыдьааннарын, сиэннэрин ыкса дьоннорум курдук санаталыыбын.
Зоя Фёдоровна кэргэнэ Илья Ильич Яковлев, сэрии кыттыылааҕа, улахан үскэл баҕайы, улахан баҕайы саҥалаах киһи үрдүкү кылаастарга историяҕа үөрэппитэ. Аан маҥнай 0-й кылааска киирэрбэр оскуолабыт директора этэ. Учууталым Сусанна Григорьевна туруорсуутунан 0-й кылааһы похвальнай грамоталаах бүтэрбитим. Онно Илья Ильич илии баттааһына баар. Оннук грамотаны миигиттэн ураты Тихонова Люция ылбыта быһыылааҕа. Грамотабын армияҕа сырыттахпына бырааттарым тырыта тыытаннар биир эрэ муннуга бүтүн хаалан сытар.
Ол арыгылаан түбэһэрбэр “кимниин арыгылаабыккын этэттээ” диэн элбэхтик ыххайбыттара да кими да этэн биэрбэтэҕим, Дьиҥэр интэринээт улахан уолаттара үгүстэрэ бааллара. Ол уолаттартан үгүстэрэ билигин суохтар. Кинилэр кэлин оскуолаларын бүтэрэн сорох үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, сорох үөрэҕэ да суох буоллар үлэ үөһүгэр сылдьан дьоһун-мааны дьон ахсааныгар сылдьан бу орто дойдуттан барбыттара.Олор истэригэр бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэрим Хаадьы уонна Колуун Куолалар.Баҕар кимниин испиппин барыларын этэн биэртим буоллар туох-хайдах буолуон билбит суох. Элбэх уол дьылҕата алдьаныа эбитэ буолуо.
Арыгы диэн аһылык саха ыччатын имири эһэн эрэр. Сэриигэ баран оччо-бачча дьоммут өлбүттэрэ диэхтиибит. Арыгы содулуттан оннооҕор хас да төгүл элбэх ыччат, эдэр дьон күөгэйэр күннэригэр сылдьан хаарыаннаах орто дойдуттан, төрөөбүт түөлбэлэриттэн букатыннаахтык бараахтаабыттара, өссө да барбалаһаллара буолуо.
Кэлин оскуолабар учууталлыы кэлэн баран Данилов Иван Николаевичтыын (били миигин “арыгылаатыҥ” диэн оскуолаттан үүрдэрэ сатаабыт директор) бииргэ үлэлээбиппит. Миигин “үөрэнээччим” диэн ымманыйар этэ. Итирэн баран уруогун ыыппакка дьиэтигэр сытарын баран сылгылыыр этибит. Мин арыгыны 35 сааспыттан туура испэппин.
Интэринээккэ олорбут уолаттарбын кытта тыыннаахтарыгар мэлдьи ыкса табаарыстыы этибит. Володя Николаев Уһун Күөлтэн киирэн үөрэммитэ. Улахан доруобай уол этэ. Оскуола баскетболун хамаандатыгар оонньуура. Биһиги курдук табаахха, арыгыга сыстыбатаҕа. Кэлин ЯГУ-га физмат факультеты бүтэрбитэ. Кэбээйи кыыһа Аняны кэргэн ылан хас да оҕоломмуттара. 1976 сыллаахха Уһун Күөл оскуолатын директорынан үлэлии олорон муҥура тэстэн сыыһа эмтээһин түмүгэр өлбүтэ. Уһун Күөл бырааһа муҥура тэстибит киһини куртаҕыҥ ыалдьар эбит диэн сыыһа диагноз туруоран утары эппэрээссийэҕэ киллэрэн быыһыыр оннугар иһин сытытан өлөрөн турар. Володябытын 1976 сыл кулун тутар 5 күнүгэр дойдутугар Уһун Күөлгэ көмпүппүт. Онно дьиэ туттан испит этэ. Сарайа хаалбытын саас Колуун Куолалыын тахсан оҥорон биэрбиппит. Киирэрбитигэр суол суох буолан сатыы Аллыҥанан киирбиппит. Володябыт элбэх бырааттардаах, балыстардаах этэ. Мин көрүүбүнэн Володя киһи быһыытынан, хаачыстыбатынан барыларыттан ордуктара этэ.
Хаадьы Куолабыт кэлин Горнай улууһугар “Атамай” совхозка кылаабынай зоотехнигынан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. “Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ” буолбута. Биэс оҕону төрөтөн кэргэнэ Розалыын атахтарыгар туруортаабыттара. Үгүстэрэ дойдуларыгар Горнай Бэрдьигэстээҕэр быр-бааччы олороллор. Кэргэнэ Роза, оҕолорун ийэлэрэ, хас да сыллааҕыта атырдьах ыйын 7 күнүгэр 9 биэрэстэлээх оттуур ходуһатыттан дьиэтигэр кэлэн иһэн сүтэн хаалбыта. Коля Розатын 3 сыл көрдүү сатаабыта да Розата көстүбэтэҕэ. Маҥнай утаа бөртөлүөтүнэн, дьоннор бары кэриэтэ тахсан ким сатыы, ким массыынаннан көрдүү сатаабыттара да туох да сибики көстүбэтэҕэ. Онтон кэлин Коля бэйэтэ соҕотоҕун хас да сыл көрдөөхтөөбүтэ да эмиэ малыйбыта. Хас да сыл буолан баран Ааһымаҕа быраастыы олорор Федорова диэн дьахтары кэргэн ылан аҕыйах сыл олорон иһэн ыалдьан өлбүтэ. Коля кэлин туох да сөҥ куоластаах дьоһуннаах ырыаһыт буолбут этэ.
Николай Афанасьевич, Колуун Куола, үөрэҕин бүтэрэн баран төрөөбүт Сунтаарыгар “Сунтаар” совхозка совхоз эстиэр диэри улахан таһаарыылаахтык, үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. “Саха АССР үтүөлээх ветбырааһа” ааты ылбыта. Совхоз эстибитин кэннэ Сунтаар ветстанциятыгар пенсияҕа тахсыар диэри үлэлээбитэ. Кэргэнэ Клавдия Даниловна Тихонова 2010 сыллаахха ыалдьан өлбүтэ.Коля бэйэтэ быйыл 2017 сыл тохсунньу 8 күнүгэр эмискэ ыалдьан бу орто дойдуттан күрэннэ. Уолаттара Вова, Андрей дьоннорун уһаайбаларыгар, дьиэлэригэр олорон хааллылар. Вова икки кыыстаах, кэргэнэ Диана Маяновна – учуутал. Андрей бакаа холостуой.
Тихонова Л. Д. интэринээккэ олорбутун соччо да бу диэн өйдөөбөппүн. Ол да саҕаттан биһигиттэн туспа-туора туттар этэ. Тоҕотун билбэтим. Баҕар улаатымсыйа саныыра буолуо, баҕар төбөтүн иһигэр быыстала суох хоһооннор үөскүү тураллара буолуо. Кэлин даҕаны истэр былаһын тухары бииргэ үөрэммит оҕолоруттан мэлдьи дьалты туттара үһү. Кинигэ таһааттараары гыннаҕына эрэ барыларын булаттаан үп-харчы көмөлөһүннэрэр эбит. Көрсүһүүлэргэ мэлдьи даҕаны кэлэн-баран испэт майгылаах. Сөбүлээбэтэ буолуо. Поэтесса буолан киһиттэн атын тугу эрэ буһара сылдьара буолуо. Ону биһиги, боростуой дьон, хантан өйдүөхпүтүй. Хас да сыллааҕыта филология наукатын кандидата буолбута.
Юрий МЕКУМЯНОВ,
РФ үөрэҕириитин туйгуна, Сунтаар нэһилиэгин ытык олохтооҕо.
2017 сыл.
(«Ахтыылар», 2021 с. ахсынньы ый)
