Ильин Серафим Михайлович ахтыыта

Алаас сытын ылбыт, сүүрбүт-көппүт, мэниктээбит үтүө-кэрэ кэммитин умнубаппыт. Сыл-хонук ааһан истэҕин аайы ол өссө күндүтүйэн иһэр.

Аны санаатахха, 1960 сыллаахха эбит. Оччолорго бөһүөлэккэ көлүөһэлээх биир трактор сүүрэрэ. Ону «көлүөһүнэй» дииллэрэ. Дьэ, биһиги ити тракторга олорон сайылыкка көстүбүт. Реев Николай (Мороох Миитэрэй уола) ыытан иһэр. Биһиги бары мас сыарҕаҕа олорон иһэбит. От-мас элэҥнээн түргэнэ сүрдээх.

Ити иһэн Тыҥыраҕы эрэ аастыбыт. Сэппит бадарааҥҥа түһэн хаалла. Оччолорго суол куһаҕан. Төттөрү саккыраһан киирэн Михеев Ньукулай оҕонньорго чэйдээтибит. Ийэм дьүөгэтин Мааппаны кытта өр кэпсэтэ олордулар. Түөртүүр чэй саҕана оҕонньор кэллэ. Кини биһигини оҕус сыарҕатыгар тиэйэн Хаастаахха таһаарар буолла.

Оҕус сыарҕатыгар бытааннык айаннаан күн киирбитин кэннэ биһиги алааска киирдибит. Бааһына кытыыта бүтүннүү үрүҥ тунах сибэккинэн бүрүммүт. Хайдах эрэ үөрэ-сонурҕуу көрдүбүт, бөһүөлэккэ холоотоххо наһаа чуумпу. Үөһэ тахсарга Ноостуй өтөҕө диэн баара, ону көрөн аны абааһылааҕа буолуо диэн куттана санаатыбыт. Алааска икки дьиэ баара. Саһыл дьиэтэ (арҕаа) уонна билиҥҥи Степановтар дьиэлэрэ. Бөтүкүөн дьиэтэ өтөхсүйэн турара. Биһиги бэтэрээ дьиэҕэ түстүбүт.

Хараҥаран барда. Ийэм көмүлүөк оһоҕу тигинэччи оттон кэбистэ. Тахса-тахса сүөһүбүтүн иһиллиибит. Суохтар да суохтар. Ол сылдьан, арай, ырыых-ыраах сискэ туохтар эрэ улуйалларын иһиттибит.

– Ийээ, ити туохтарый? – диэбиккэ, сөбүлээбэтэ. Дьиэҕэ киирэн:

– Тугу биттэнэр буоллахтарай? – диэн ботугураата, уокка ас кээстэ. Утуктуу олордохпутуна, дьэ, сүөһүлэрбит кэллилэр диэн буолла. Аппанаас Архипов үүрэн таһаарбыт.

Биһиги ити кып-кыра дьиэҕэ үс ыал дьукаахтаһан олорбуппут. Архиповтар: Аппанаас уонна Ольга икки оҕолоохтор. Никитиннэр: Ньукулай, эдьиий Балбаара, Миша олорор оҕо уонна кыһыл оҕо Маша.

Нэдиэлэ буолан баран хотуттан грузовой массыына тигинээн кэллэ. Тобус-толору килиэккэҕэ хааллыбыт куруолугу тиэммит. Арҕаа илдьэн урут саһыл тута сылдьыбыт үрдүк сиэккэ аҕыраадалаах киэҥ күрүөҕэ түһэрдилэр. Ааны сабан баран Ньукулай килиэккэлэри аһан куруолуктары ыыталаата. Болуодьа биһикки оччону көрөн үөрүү бөҕө буоллубут (аны санаатахха Н.Хрущёв дьаһала эбит).

Биһиги Ньукулайга көмөлөһөн куруолугу аһатар, уулатар буоллубут. Араас өҥнөөх: сиэрэй, бороҥ, кыһыл харахтаах маҥан, оннооҕор хара өҥнөөх куруолуктар күрүөнү биир гына туолан хааллылар. Куруолуктар сотору төрөөбүтүнэн бардылар. Ньукулай булчут этэ. Тозовката дьиэ күүлэтигэр өрүү ыйанан турар буолара. Онон куруолук оҕолоругар саантыыр элиэлэри, тыҥырахтаах көтөрү ытыалыыра.

Аппанаас субан сүөһү көрөр быһылааҕа. Аҕам биригэдьиир буолан хам-түм көстөрө.

Аппанаас Муҥураат диэн маҥан атын былыргы көмүс сирэйдээх ыҥыырынан ыҥыырдаан барара-кэлэрэ. Ардыгар биһигини олордоро. Мин акка мэҥэстэрбин Болуодьа быһаарара. Кини миигиттэн биир сыл аҕа. Барыны бары сатыыра. Миигин дьабараҕа капкаан иитэргэ үөрэппитэ. Биһиги тимир капкааны маһынан баттаан иитэн баран хорооҥҥо угарбыт, отунан бүрүйэрбит. Оччолорго дьабара үллэҥнэс элбэх этэ. Түбэстэҕинэ хабарҕатын маһынан баттаан өлөрөн баран тириитин сүлэрбит уонна с/массыына сарайын суон баҕаналарыгар тиирэн кэбиһэрбит.

Мин бастаан дьабараны аһынар этим. Биирдэ капкааҥҥа түбэспит дьабара оҕотун арааран баран куосканы көтөҕөр курдук көтөҕө сырыттым. Онтон аһатаарыбын эмиийбэр үҥкүлүттүм. Дьабара миигин эмиийбиттэн ытырда, ыйаастан баран сылдьар. Мин сары-ору бөҕөтүн түһэрдим дии. Онуоха сулбу түһэн куотан хаалла. Дьэ, оннук өйдөөх дьон этибит.

Күнү быһа сылдьаммыт булуук көлүөһэтин булан, онно туорай мас уган велосипед оҥоһуннахпыт буолан бөкчөйө-бөкчөйө көлүөһэни анньан, ону сүүрдэн тахсарбыт. Атын оонньуур суоҕа. Болуодьа аҕа буолан барытыгар кыайара. Арай көлүөһэ сүүрдүүтүгэр эрэ кыайтарара. Кыайтарарын сөбүлээбэт, онтон мин сатаан кыайтарбаппын. Ол иһин аҕатыгар “ити уолу олордума” диирэ. Бэйэтэ көмүс ыҥыыр иннигэр олорсон, бара тураллара.

Хам-түм бөһүөлэктэн грузовой массыына тахсара. Бөтүрүүс (Максимов) наһаа оонньуулаах, дьээбэлээх киһи. Болуодьа биһиккини туһуннарар, сүүрдэр, ыллатар, көлүөһэ сүүрдэбит, бүтэр уһукка: «Миигин сүүрэн кэлэн сыллааҥ, оччоҕо массыынаҕа олордуом», – диир. Тустан, сүүрэн Болуодьа киһилээбэт. Ыллыырга хайабыт кыайара буолла. Бүтэһиккэ мин сүүрэн тиийэн сыллыыбын, Болуодьа сыллаабат. Онон массыынаҕа олорор дьоллонобун. Ол оннугар хас да хонукка акка олорбоппун. Массыынаҕа олорсор сирбит да диэн алаастан аллараа үрэххэ диэри эрэ. Онтон төннөбүн. Бөтүрүүһү баччаҕа диэри үчүгэйдик саныыбын.

Оҕолор бары хатырык сарайдаах ампаарга утуйабыт. Эдьиийим Зина остуоруйа кэпсиир. Кини оскуолаттан дьабара тириитин туттарар сорудахтаах эбит. Онон босхо кэпсээбэт, биир остуоруйаны биир дьабара тириитигэр кэпсиир. «Бирээнньик дьиэ» диэн остуоруйаны олуһун сөбүлүүрбүт. Хаста да төхтүрүйэн кэпсэттэрэбит. Болуодьа биһикки сайыҥҥы бултаабыт дьабарабыт тириитин барытын остуоруйа истэн кэбиспиппит. Эдьиийим онон элбэх дьабараны бултаан «Бэлэм буол» хаһыакка  тахсыбыта.

Алааска арааһы барытын көрөрбүт. Биирдэ өтөхтөн тииҥ кутуругунан тиһиллибит былыргы моойго эринэр моойторук саалы буллубут. Ону Зина маһынан эриллэҥнэтэн эриэн үөн хамсатан куттаабыта. Дьоннорбут өтөхтөн ону-маны ыларбытын, тыытарбытын боболлоро. Абааһыттан куттанар этибит. Бааһына нөҥүө куулаҕа өтөх омооно баара. Бастаан ойуун өтөҕө дииллэрэ, онно киирэрбитин боболлоро.

Биир доҕолоҥ оҕонньор баара, Лэбэрэҥ Сэмэн диэн. Арааһа Ольга убайа дуу, абаҕата дуу быһыылааҕа. Биһиги Бааччаҕына өтөҕөр оонньуу сырыттахпытына ол оҕонньор суон мас кэннигэр олорон маһы тоҥсуйан, хаппыт тириини хамсатан куттаабыта. Биирдэ кини Аччыгый Кумаардаахха күүлэйдэтэ илтэ. Түҥ ойуурунан, суола суох сиринэн, аны санаатахха атаҕа ыалдьар буолан быһалаан буолуо, илпитэ. Мунан хааларбыт буолуо диэн куттаммыппыт.

Ардыгар оҕолор Сыырдаахха күүлэйдии барабыт. Сыырдаах үчүгэй баҕайы сөтүөлүүр күөллээх. Оҕо бөҕө мустара: Григорьевтар – Света, Груня, Дуня, Сеня, Сидорова Шура, кини эдьиийин кыыһа Женя (биир саастыылаахтарбыт). Сөтүөлээн баран: “Эһиги алааскыт куһаҕан баҕайы, сөтүөлүүр күөлгүт суох”, – дииллэрэ. Онуоха биһиги мөккүспэт этибит. Хаастаахха үрэх уута олорбута эмпэлээх, оҕоҕо сэрэхтээх диэн сөтүөлэппэттэрэ. Аара айаннаан иһэн биир охтубут хоруолаах чөҥөчөктөөх тииттэн куттанарбыт. Ол иһиттэн төбөтө суох киһи тахсар дииллэрэ. Ону ырааҕынан тумнан, ол диэки хайыспакка буола сатыырбыт.

Биирдэ икки саллаат армияттан кэлбиттэрэ. Дьиҥнээх саллааттары онно көрөн наһаа астыммыппыт. Туох барыта умнуллубат түгэн буолан баччаҕа диэри хаалан хаалбыт. Хаастаахха  олорон эдьиийбин Светаны, истибэт-саҥарбат кыыһы куоракка аналлаах оскуолаҕа үөрэттэрэ диэн тэлиэгэлээх атынан атаарбыппыт. Онно Булгунньахтааҕы сөҕө көрөн ийэбиттэн: «Ийээ, бу куорат дуо?» – диэн ыйыппытым.

Күһүн оскуолаҕа үөрэнэ киирэрбитигэр ийэм биир ынаҕы үүтүн истиннэр диэн Зина биһиэхэ сиэттэрэн кэбистэ. Куулга сиир килиэппитин сүгэн, ынахпытын сиэтэн биһиги айаннаан истибит. Аара геологтар туппут үрдүк вышкаларыгар ынахпытын титириккэ баайан сынньанныбыт.

Онтон Зина биһикки иккиэн үөһэ ытынныбыт. Үрдүк баҕайы мас вышка үрдүттэн аан дойду барыта көстөр эбит. Олорбохтуу түһэн баран мин төттөрү түстүм, оттон Зина түспэт. «Куттанабын», – диир. «Түс да түс», – дии-дии мин үөһэ-аллараа тиэһинним. Кини отой түспэт. Мин аллараа олорон сылайан ытаатым.

Хараҥаран барда. Ынахпыт титириги тосту тардан куотан хаалла. Ынах куоппутун көрөн ийэм айманнаҕа дии. Киэһэ букатын хойут, хараҥаҕа аҕабыт кэллэ. Зина онно биирдэ түстэ. Архипов Володя, Зина мин буолан ыалбытыгар Прокопьев Иван Алексеевичтаахха дьиэлэнэн олорбуппут. Иван Алексеевич наһаа көрдөөх киһи этэ. Кырдьаҕас ийэлээх. Ол эмээхсин сиргэмсэх баҕайы.

Иван Алексеевич аһыы олорон кэпсиир: «Оо, былыр от охсо сылдьан куйааска сынньана сытаҕын. Эмискэ түөскэр баҕа ыстанан тахсар. Оо, бу сөрүүнүн. Бу үчүгэйин, эриэхсит!» – итини истээт эмээхсин чэйигэр чачайар, остуолтан туран баран хаалар. Онуоха уола күүл да күл буолар. Ийэтин оннук дьээбэлиирэ.

Ардыгар килиэппит бүтэн хаалар, оччоҕо эмээхсин салгыыр. Наһаа үтүө майгылаах эмээхсин этэ. Иван Алексеевич ардыгар уруокпутун көрөрө. Володя «Мама сварила суп» диэн суруйбут. Ону: «Бу суп диэн тугуй?» – диир. Онуоха Володя:«Суп, суп», – дии-дии тииһин көрдөрөр. Ону: «Ийэҥ тииһиттэн миин буһарабыт дуо?» – дии-дии күлэрэ.

Сэриигэ сылдьан орденнаах, хас даҕаны мэтээллээх этэ. Ол көстүүм өрүү олоппос өйөннөрөрүгэр кэтэрдиллэн турара. Мэтээллэри биһиги бэйэ-бэйэлэригэр харсыһыннаран тыастарын истэрбит. Володяны аҕаҥ курдук бостуук буолуоҥ диирэ. Миигин: «Сүөһүнү үчүгэйдик билэҕин, биригэдьиир буолуоҥ», – диэбитэ. Кэлин улаатан баран Володя тутааччы буолбута. Мин учуутал буолбутум. Иван Алексеевич онуоха тиийбэтэҕэ. Тиийбитэ буоллар үөрүө этэ.

Серафим ИЛЬИН-Оҥку.

2017 с.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *