Обутов Данил Иванович туһунан

КЫАЙЫЫ КҮНҮГЭР КӨСТҮБҮТ МЭТЭЭЛ

Мин Кыайыы күнүгэр суолтан мэтээл булан ылбытым, ол туһунан суруйдум. Былыргы.

Кыайыы күнүн бырааһынньыгар Кэбээйигэ 13 куба көтөн аастылар. Баҕар сэриигэ өлбүт дьоммут эбэтэр СВО сэриитигэр суох буолбут эдэркээн уолаттарбыт куба буолан дойдуларыгар кэлэн барбыттара буолуо дуу.

Бырааһынньык кэнниттэн дьиэбэр баран иһэн, уулуссаҕа тугу эрэ тэбэн аастым. Онтум атын сиргэ баран түстэ. Ааһа турдум. Онтон санаатым – ити тугу тэптим диэн. Төннөн тиийэн төгүрүгү, суруктаах тугу эрэ булан ыллым. Дьиэбэр илдьэн ууран кэбистим.

Киэһэлик санаам батарбата, ол булумньубун ылан кыыспар Иркаҕа дьиэтигэр бардым. Бу суругун лупанан ааҕан кулу диэтим. Медаль «За победу над Германией в Великой отечественной войне 1941-1945 гг.».

Биир өттө «Наше дело правое, мы победим». Ортотугар Сталин төбөтө баар мэтээл эбит.

Онно мин санаатым: хайа эрэ аймаҕым мэтээлин сүтэрбитин булларда, диэн. Урут сэрииттэн кэлбит дьоммут мэтээл суолтатын билбэт буоллахтара, оҕолоругар оонньото биэрэллэрэ. Инньэ гынан элбэх киһи мэтээлин оҕолоро сүтэртээн кэбиспит эбиттэр.

Дабыыт мэтээллэринэн кыргыттарын оонньотор эбит. “Оҕолорум мэтээллэрбин сүтэрбиттэрэ”, – диэн муҥатыйар эбит үһү. Ол мэтээллэриттэн биирэ Кыайыы 80 сылыгар, ыам ыйын 9 күнүгэр таайым мэтээлин балта булан ыллым. Баҕар, бу үчүгэйгэ көстүбүтэ буолуо дии санаатым. Мэтээл бачча сыл тухары буор анныгар сытан баран, мээнэҕэ көстүбэтэҕэ буолуо.

Бу хаартыскаҕа көрөр мэтээлгит буолла, 1945 сыллааҕы, Сталин төбөлөөх.

Мин олорбут уһаайбабар урут икки кыыстаах Обутов Дабыыт Иванович олоро сылдьыбыт.

Давид Иванович Курула Максимовтарыттан төрүттээх. Оттон былыр Курула Куокуй буолаһыгар киирсэрэ.

Кини Кэбээйи нэһилиэгин Хатырык диэн алааһыгар Баһылай уонна Өксүүн Обутовтар диэн дьадаҥы ыалга 1914 сыллаахха кулун тутар 18 күнүгэр төрөөбүт. Бииргэ төрөөбүттэр аҕыс оҕо эбиттэр. Давид иккис оҕо. Кини аймахтарыгар иитиллэн, ииппит аҕатын аатынан Иванович буолбут. Оттон араспаанньата Обутовынан хаалбыт.

Давид Иванович Аҕа дойду сэриитигэр 1942 сыл от ыйын 9 күнүгэр ыҥырыллыбыт уонна  II Украинскай фронт 81-с стрелковай полкатыгар стрелогунан сылдьыбыт. Сэриилэһэ сылдьан Одесса куорат анныгар уҥа илиитигэр улаханнык бааһырбыт. Госпитальга өр кэмҥэ сытан эмтэммит.

Сэрии бүппүтүн кэннэ армияттан босхолонон, дойдутугар Кэбээйигэ кэлбитэ. Кэлэн Кэбээйи нэһилиэгэр почтаҕа үлэҕэ киирбитэ.

Давид Иванович Петрова Марфа Иннокентьевна диэн Тыайаттан төрүттээх эдэр кыыһы кэргэн ылбыт Кинилэр ыал буолан биир кыыс оҕоломмуттар, Мария диэн ааттаабыттар. Ийэлэрэ ыарыһах буолан, эмискэ сүрэҕинэн өлбүт. Кыыстара Маруся ол кэмҥэ кыра эбит Балтараа сааһыгар ийэлэрэ өлөн аҕатынаан хаалбыттар Ол кэмҥэ Давид Иванович Госбааҥҥа харабылынан үлэлиирэ. Оҕо көрөр киһитэ суох буолан кыыһын суорҕаҥҥа суулаан, үлэтигэр илдьэ сылдьар эбит. Кыыһын биэс сааһыгар диэри бэйэтэ көрөн улаатыннарбыт. Кини иккиһин ыал буолбут – 1955 сыллаахха Левина Александра Николаевнаны кэргэн ылан холбоспуттар, кыыс оҕоломмуттар. Маруся кыра балтыламмыт. Кини кырабын диэбэккэ ийэтигэр көмө киһи буолбута, балтын Зинаны көрсөн туһалыыра.

Давид Иванович аҥар илиилээх да буоллар ханнык да үлэттэн чаҕыйбакка, ылсыбыт үлэтин үтүө суобастаахтык үлэлээн бүтэрэр буолара. Оҕолоругар амарах аҕа, дьиэтигэр-уотугар бүгүрү үлэһит. Дьонугар-сэргэтигэр үлэһитинэн, үтүө майгытынан биллэрэ, кыргыттарыгар үтүө-сырдык өйдөбүлү хаалларбыта.

Кыргыттара Куокуйга ыал буолан олохсуйбуттара. Улахан кыыс Мария билигин элбэх оҕо тапталлаах ийэтэ, элбэх сиэн эйэҕэс эбэтэ буолар. Зина ыарыһах буолан оҕото суоҕа, эмиэ эдэр сылдьан өлбүтэ.

Давид Иванович Аҕа дойду сэриитигэр хорсун быһыыны көрдөрбүтүн иһин “Кыһыл Сулус” уордьанынан, фашистскай Германияны кыайыы иһин уонна хас да мэтээллэринэн наҕараадаланар чиэскэ тиксибитэ. Кыайыы 80 сылын көрсөр 2025 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр Сталин төбөлөөх мэтээл аллараа өттө көһүннэ. Саха киһитин быһыытынан толкуйдаатахха, бу мэтээл бачча сыл тухары буор анныгар сытан баран, мээнэҕэ көстүбэтэх буолуохтаах. Кыайыы кэнниттэн биэрбит мэтээллэрэ буолуо. Урут биэрэн ыытар эбиттэр.

Обутов Давид Иванович 1918 сыллаахха төрөөбүт, 1972 сыллаахха өлбүт. Кини аата умнуллубат, удьуора салҕанар.

Валентина Никифоровна СИВЦЕВА (Кобякова).

2025 сыл, ыам ыйа.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *