“СЭРГЭЛЭЭХ УОТТАРА” УОННА ХОМУС АНСАМБЛЛАРА
Бу “Сэргэлээх уоттара” ансамблы аан бастаан 1961 сыллаахха СГУ студена Черёмкин Степан Афанасьевич тэрийбитэ. Төрүттэспит дьонунан аан бастаан Попова Матрёна, Дмитрий Васильевич-ырыаһыт, Иван Егорович Алексеев буолбуттара.

Кэлин 1962 сылтан Аким Кондратьев, Татьяна Николаевна Романова, Пётр Никифорович Дмитриев-Туутук уонна да атыттар киирэн испиттэр. 1963 сыллаахха Маай бырааһынньыгар аан бастаан алта киһилээх хомус ансамбла Дьокуускай куоракка улахан бырааһынньыкка кыттыбыттар. Студеннар хомус ансамбллара итинтэн саҕаламмыт.
Аны дьэ 1965 сыллаахха СГУ саха салаатын эдэркээн студеннара Кулаковская Рива, Попова Лидия, Слепцов Христофор, Сыроватскай Кеша, Семёнов Петя, историктар Давыдов Клим, Чичахов Анатолий киирбиттэрэ. Итинтэн ыла ансамбль дөксө күүһүрэн, кыаҕыран барбыта. Салайааччы Хомус Уйбаан — Иван Егорович Алексеев этэ. Манна хомус уонна сахалыы музыкальнай инструменнар ансамбллара тэриллэр: кырыымпа, дьаҕа, дүҥүр, тыас таһаарар тэриллэр, барабааннар киирбиттэрэ. Бу ансамбль бэйэтэ туспа улахан бырааһынньыктарга нүөмэр биэрэрэ. Хомусчуттар ансамблларыгар солиһынан Анатолий Чичахов буолбута. Үгүстүк гастролга куорат иһигэр, тулатыгар уонна чугастыы оройуоннарга – Хаҥалас, Нам, Мэҥэ улуустарыгар сылдьыбыппыт.
Ити кэнниттэн эдэр хомусчуттар үксээн испиттэрэ. Манна Ульяна Шишигина, П.Оҕотоойоп, Александр Пахомов, Федора Гоголева, Спира Шишигин, Римма Жиркова уо.д.а. Хомус дьикти баай саҥа дорҕооннорун күүскэ булан киллэрии, араас уустук оонньуур ньымалар, тарбах араас хамсаныыта үөскээн-үөдүйэн, дьэ ити кэмтэн киирэн испиттэрэ. Ол курдук күөрэгэйдэтии, хаастатыы араас ньымалара, үстэ охсон саҕалааһын – Чыычаахап А.Е., кэҕэлээһин – Александр Пахомов, хопто хаһыыта – П.Оҕотоойоп уо.д.а.
Хомус ансамбла күүскэ атаҕар туран, хомуһу республикаҕа тарҕатар улахан, сүдү оруолу ылбыта диир оруннаах. Ордук студеннар, ыччат ортотугар диэн эбэн этиэххэ сөп. Ону бу кэлин умна быһыытыйдыбыт. Сорохтор бу кэлин тахсыбыт биэриилэргэ тоҕо эрэ оччотооҕу хомус ансамблын ахтан да аһарбаттар. Наар бэйэлэрин эрэ сырдата, чорбото сатыыллар. Ити олус хомолтолоох, туох барыта силистээх-мутуктаах буоллаҕына силигилии үүнэр, сайдар. Ол иһин оччотооҕу “Хомус ансамбла” хайаан да ахтыллыах тустаах.
Ансамбль чилиэннэрэ “Сэргэлээх уоттара” ансамблы кытта бииргэ сылдьыбыппыт. Үлэһит да буолан баран хомустарын бырахпатахтара, ыллыы-туойа, үҥкүүлүү, оҕолору хомуска, ырыаҕа-үҥкүүгэ үөрэтэ сылдьыбыттара. Холобур Ырыа Саввин Чурапчыга, Егор Компеев Хаҥаласка ырыаҕа, Тамара Дорофеева Курбуһахха, Варя Попова Намҥа төһөлөөх оҕону үҥкүүгэ уһуйбуттара, үөрэппиттэрэ буолуой? Николай Дмитриев, Витя Негнюров, Сэмэн Литвинцев, Юра Михайлов эмиэ ааттаах үчүгэй үҥкүүһүттэр этилэр. Эмиэ төһөлөөх оҕону үөрэппиттэрэ буолуой? Аны Петя Семёнов Үөһээ Бүлүүгэ бүтүн мастерской арыйан, саха музыкальнай инструменын оҥорууну маассабайдык, биир бастакынан тэрийбитэ. Аатыра сылдьыбыта. Биир бастакы хараҥаччы, өлбөт-сүппэт, умнуллубат суолу-ииһи хаалларбыта.
1967 с. улуу Өктөөбүр 50 сылын көрсө “Спартак” стадиоҥҥа ыытыллыбыт спартакиада аһыллыытыгар кыттар чиэскэ тиксибиппит. Хомус ансамбла туспа нүөмэр биэрбиппит.
1969 с. кыһыҥҥы гастрольга поэт, суруйааччы Леонид Попов, мелодист Василий Зырянов, мелодист Аркадий Алексеев сылдьыспыттара. Сылдьыбыт бөһүөлэкпит аайы олус үчүгэйдик көрсөллөрө, кулууптар ыы-быччары буолаллара. Концерт кэнниттэн хайаан да үҥкүү, билсии буолара. Ыаллар үллэстэн хоннорон, күндүлээн-маанылаан ас бөҕөнү аһаталлара. Үөрүү-көтүү үлүскэнэ буолара. Ырыаһыттар, хомусчуттар ыллаан-туойан, хомуска оонньоон үөрүүнү дөксө үксэтэрбит. Көр-күлүү, дьээбэ-хообо, араас кэпсээн-ипсээн сааскы үрэх уутун курдук кутуллара, тохтоло суох суккуллара. Үтүө да кэмнэр этэ!
“Сэргэлээх уоттара” уонна хомус ансамбллар састааптарынан кыһын 1969 с. Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Горнай бөдөҥ бөһүөлэктэрин барытын кэрийэн турабыт. 1970 с. сайын Сунтаар оройуонугар, Мирнэй куоракка сылдьан турабыт. Манна барытыгар “Сэргэлээх уоттара” ансамбль ырыаһыттара, үҥкүүһүттэрэ, хомусчуттар кыттыбыттара. Бу 1970 сыллаахха гастроль сүрүн тематын ис хоһооно улуу Ленин төрөөбүтэ 100 сылыгар анаммыта.
Эмиэ 1970 сыллаахха улуу Ленин төрөөбүтэ 100 сылынан уонна Тыва республикатын литературатын-искусствотын күннэрэ ыытыллан, эмиэ кыттыбыппыт. Мин Тыва хомусчутун кытта паарка стадионугар оонньообуппут. Манна Дмитрий Ходулов “Отеллотыттан” быһа тардан аахпыта, оттон Василий Николаевич Гаврильев ырыа ыллаан куйуһуппута. Манна кыратык ардах түһэн ааспыта. Стадион ньиргийэн олорор этэ. Төрдүөн бииргэ түспүт хаартыскабыт миэхэ баар. Оо, ама да ааспытын иһин олус кэрэ-бэлиэ, үтүө-мааны күннэр-дьыллар этилэр!
Аны арба 1969 с. сайын Өлүөнэ эбэбит очуостарыгар кытта баран сылдьан турабыт. Онно этэ дии, нуучча уонна омук дьахталлара: “Эһиги арааһа профессиональнай артыыстар быһыылааххыт, тоҕо кистэнэҕит?” – диэн ыйытан, үүйэ-хаайа туталлара. Кырдьыга даҕаны аатырбыт ырыаһыттар бааллара, ол курдук Николай Саввин – Ырыа Саввин, Егор Кампеев, Пахом Васильев, Игорь Олесов. Аны үҥкүүһүт кыргыттар Варя Попова, Тамара Дорофеева, Оля Шапошникова, Люба Новгородова, уолаттар Сэмэн Литвинцев, Николай Дмитриев, Витя Негнюров, Юра Михайлов уо.д.а. Бары олус кыраһыабай, барахсаттар этэргэ дылы эрбэх үрдүгэр сэттэтэ эргийэр этилэр. Муҥутуур кыахтаах, күүстээх-уохтаах, күөгэйэр күннэригэр сылдьар этилэрэ эбээт!
“Сэргэлээх уоттара” уонна хомус ансамбла ити сылларга саамай сайдан-үүнэн, биллэн-көстөн испитэ. Көрөөччү олус ылынар, кэрэхсиир, астынар этэ. Идэлээх хормейстер, хореограф бастаан үлэлииргэ көстүбэт, үөрэтэр киһи да суоҕа. Арай анаан үөрэтэр киһи баар буоллун? Оччоҕо ити оҕолор хайдах курдук сайдыа-үүнүө этилэр? Айылҕаттан бэриллибит талааннаах оҕолор.
Түөрт бөлөх буолан тэриллэ сылдьыбыппыт.
- Хомус ансамбла уонна национальнай инструменнар, салайааччы Хомус-Уйбаан. Солистар Анатолий Чичахов, Иннокентий Сыроватскай, Христофор Слепцов, Вера Баишева. Атын инструменнар: Люба Габышева, Валя Давыдова, Василий Кириллин, Петя Семёнов, Клим Давыдов уо.д.а.
- Ырыа бөлөҕө: Мария Петрова, Тамара Егорова, Галина Михайлова, Таня Ноговицына, Эльвира Максимова, Антонина Николаева. Маны таһынан уолаттар. Онтон Егор Кампеев, Николай Саввин Союзка аатырар ырыаһыт буолар кыахтаах дьон этилэр.
- Үҥкүү бөлөҕө: Тамара Дорофеева, Варя Попова, Люба Шестакова, Люба Новгородова, Лия Филиппова, Зоя Саввинова, Слава Холмогоров, Владимир Ядреев, Алексей Яковлев, Валентин Дмитриев, Семен Литвинцев, Николай Дмитриев, Витя Негнюров, Юра Михайлов уо.д.а.
- Көр-күлүү жанрыгар Валентина Лукина “Дьааһык киэһэтэ” диэн монолог ааҕара. Олус үчүгэй этэ. Баянист Сергей Кистинев, Валерий Емельянов.
Салалтаҕа Андреев Пётр Степанович – СГУ профкомун председателэ.
Инники кэпсээбитим курдук, 1968 с. сайын Илин Эҥээр улуустарынан гастрольга сылдьыбыппыт.
1969 с. – Обкомол салалтата Тыва республикатыгар гастроллааһыны тэрийбитэ. Барыта 35 уол, кыыс кыттыбыттара. Кызыл куоракка пединститут студеннарын кытта, атын да куораттарга олус истиҥ-иһирэх көрсүһүүлэр буолбуттара. Салайааччы Сивцев Иннокентий этэ. Олус үчүгэйдик сылдьан, хайҕал бөҕөнү ылан кэлбиттэрэ.
1970 с. кыһын Москваҕа барбыттара. Онно үчүгэйкээн афишалаах этилэр. М.Горькай литературнай институтугар, “Калибр” заводка, уо.д.а. сирдэргэ улахан концертары биэрбиттэрэ. Үгүс экскурсияҕа сылдьыбыттара. Сүргэлэрэ көтөҕүллэн, үөрэн-көтөн аҕай кэлбиттэрэ.
Үҥкүү бөлөҕө: узбекскай, тыва, бурятскай, молдавскай, румынскай, индийскэй – Алексей Яковлев, цыганскай – Тамара Дорофеева, татарскай – Люба Новгородова, уолаттар солдатскай үҥкүүнү ис-истэриттэн умайан туран толороллоро. Чороонноох, молдавскай үҥкүүлэр олус табыллаллара. Пахом Васильев – баас, Эльвира Максимова – нуучча народнай ырыатын толороллоро.
Оҕолор үөрэхтэрин бүтэрэн, үлэлээбит сирдэрин аайы үгүс оҕону үөрэппиттэрэ. Ити барыта дьону, коллективы кытта өйдөһөргө улахан көмөлөөҕө. Бу барыта үтүө-кэрэ өйдөбүлү, улахан сайдыыны, дириҥ-киэҥ билиини-көрүүнү, үөрэҕи олоххо биэрбитэ.
1970 с. сайын Сунтаарга гастроллуу сылдьан Элгээйи бөһүөлэгэр көрсүһэ түстүбүт. Арай икки нуучча эдэр дьоно Ленинградтан кэлэн “Сарсын, сарсын сарсыарда” диэн Сергей Зверев туһунан киинэ уста сылдьаллара. Онно миигин хаайан, көрдөһөн, “харчы ыытыахпыт, төлүөхпүт” диэн туран хомуспар оонньуурбун устубуттара. Аадырыспын ылбыттара. Солкуобайы да ыыппатахтара. Хата онно икки дьахтар Бүлүү өрүһүгэр тыынан устубуттарын оҥорон киллэрэн, онно биир дьахтар хомуска оонньууругар мин хомуһум тыаһын киллэрбит этилэр.
Итини барытын умнар, умуннара сатыыр, тумнар хайдах да сатаммат уонна кыаллыа да суоҕа. Ити туоратыы барыта үтүө дьыала буолбатах. Итинник сыһыантан үтүө үөскээн тахсыбат.
Тываҕа, Москваҕа миигин илдьибэтэхтэрэ, онон онно хомуска оонньооботоҕум. Оннооҕор кэлин, 1972 сыллаахха Москваҕа, Ульяновскай куоракка саха литературатын, искусствотын күннэригэр, Обком пропагандаҕа отдела ыҥырбытын үрдүнэн, Курбуһах републиканскай интернат орто оскуолатыгар директордыы сырыттахпына тойон Аржаков С.С. үлэбиттэн көҥүллээбэккэ ыыппатаҕа. “Эн бардаххына оскуолаҥ ыһыллар буоллаҕа”, – диэбитэ. Онон онтон эмиэ матан турабын. Ити курдук улаханнык сарбыйбыта. Кэлин көрсөн “билигин да эдэргин, өссө да барыаҥ, олус хомойума” диэн алы гына сатаабыта. Ону мин “тура-тура миигин ыҥырбаттара буолуо” диэбитим. Оннук буолбута.
Хомойуох иһин, үгүс оҕолорбут бу Орто дойдуттан бараахтаатылар. Аны “Аан дойду ыччатын сүрэҕэ” Дьокуускай куорат болуоссатыгар ньиргийиэ дуо? Ол да эрээри син-биир ыллаан-туойан, үҥкүүлээн, хомуспут дьүрүлгэн тыаһын аан дойдуга тиийэ тарҕата, тэнитэ ньиргитэ олордохпут. Дөксө даҕаны сайда, үүнэ, чэчирии, сатарыы турдун диибит. “Сэргэлээх уоттара” уонна хомус ансамбллара оҥорон хаалларбыт улахан үтүөтүн умнууга хааллара сатаамаҥ. Үтүөнү үтүө курдук сырдатыҥ, ахтан-санаан ааһыҥ.
Дьэ итинник кэрэ кэмҥэ биһиги үөрэнэн, ыллаан-туойан, үҥкүүлээн, үлэлээн-хамсаан ааспыппыт. Үгүстэр ыал буолан, оҕо төрөтөн олох дьолун билбиппит, үлэлээн-хамсаан ааспыппыт.
Онон күүскэ, аһаҕастык, туох да кыбыстыыта суох этиэхпитин сөп: “Сэргэлээх уоттара” уонна хомус ансамблын оччотооҕу студент оҕолоро университекка олус улахан оруолу ылбыттара. Ордук хомуһу, ырыаны, үҥкүүнү агитациялаан тарҕатыыга, үөрэтиигэ үтүө, улахан холобуру көрдөрбүттэрэ, үгүс ыччаты үөрэппиттэрэ, уһуйбуттара. Үгүс ыччат бу үтүө дьарыкка сыратын-сылбатын биэрбитэ. Бу үтүөкэннээх дьарыкка, чуолаан хомуска сыралаһан туран арахсыбакка уһуннук үлэлээбит, уһуйбут, такайбыт, өрө тардыбыт киһибит Хомус Уйбаан буолар. Ол иһин улахан, дириҥ махталбытын киниэхэ биллэрэбит! Үөрүөхпүт туһугар Иван Егорович билигин да үлэлии-хамсыы, уһуйа-үөрэтэ чэгиэн сылдьар. Оннук эрэ буоллун! Хата бу туһунан анал биэриини Лена Керемясова оҥорон, чочуйан ТВ-га таһаарара буоллар олус да үчүгэй, махталлаах, үйэлээх дьыала буолуо этэ.

Онотуолуй ЧЫЫЧААХАП,
кырдьаҕас коммунист, педагогическай үлэ, комсомол, партия, сцена ветерана, хомусчут-импровизатор, журналист, поэт.
2023 сыл.
(“Ахтыылар”, 2025 с. бэс ыйа)
