Борисов Афанасий Дмитриевич туһунан

УҺУЛУЧЧУ ҮТҮӨЛЭЭХ ЭКЭНЭМИИС

Афанасий Дмитриевич Борисов 1921 сыллахха Хаҥалас улууһун Бэстээх нэһилиэгэр (II Маалтааныга) Дмитрий уонна Анна Борисовтар диэн саха мааны ыалыгар төрөөбүт.

Бу дойду төрүт сис ыала биэс уол, үс кыыс оҕолоохторо, сэниэ хаһаайыстыбалаахтара.

Охоноос уол боростуой холкуостаах бүппэт үлэтин, кыһалҕалаах олоҕун барытын билэн улааппыт. 3-с кылааһы Чараҥ уонна  Бэстээх оскуолаларыгар бүтэрэн баран, Булгунньахтаах оскуолатыгар 1934 сыллаахха 4-с кылааска үөрэнэ киирбит уонна ити оскуолаҕа 7-с кылааһы 1938 сыллаахха бүтэрбит.

Афанасий Покровскайга 10 кылааһы  бүтэрбит, бу сыл сэрии саҕаламмыт. Афанасийы илиитэ дьарҕалаах буолан аармыйаҕа ылбатахтар. Уол оройуоннааҕы райфинотдел салаатынан Маалтааныга 42 солк. хамнастаах нолуок агенынан үлэлии киирбит. Үөрэхтээх, холкутук ааҕар-суоттуур, эрчимнээх эдэр киһини байыаннай нолуогу хомуйар эппиэттээх үлэҕэ анаабыттар. Кууруска үөрэммитин кэннэ дьоҕурдаах эдэр киһини райфинотдел нолуокка ыстаарсай инспекторынан аныыллар. Ити курдук үлэлии сылдьан кини 1948 сыллаахха Дьокуускайга көһөр. Бастаан райфоҕа, онтон Саха АССР үбүн министерствотыгар нолуок ревизорынан үлэлиир. Үксүн холкуостар подоходнай нолуоктарын бэрэбиэркэлиир. Араас көлөнөн оччотооҕу Саха сирин барытын кэрийэн тоҥмут-хаппыт.

Ол сылдьан үлэтин ымпыгын-чымпыгын барытын баһылаан, 1951 сыллаахха министерство нолуокка ревизиятын секторын начальнигынан ананан үлэлиир.

Олох сыыйа чэпчээн испит. Килиэп нуормата өссө 1945 сыллаахха суох буолбут, сыана арыый намтаабыт. Ол эрээри эдэр киһини биир санаа үүйэ-хаайа тутар. Үлэлээн-хамсаан, дьону кытта алтыһан, сири-дойдуну көрөн билиитэ-көрүүтэ кэҥээн истэҕин аайы ити санаата улам күүһүрэн испит. Ол курдук, бииргэ үлэлиир түөрт киһиттэн – соҕотох киниэхэ эрэ хамнаһыгар эбии төлөбүр көрүллүбэт эбит. Атын эмиэ кини курдук үөрэхтээх, идэлээх үс исписэлиис туһанар уоппускалара да уһун, хамнастара икки-үс бүк үрдүк, соҕуруу босхо баран кэлэллэрэ. Уратылара – кинилэр хотугу чэпчэтиинэн туһанар кэлии дьон оҕолоро. Оттон кини – холкуостаах, ол эбэтэр олохтоох саха дьонун оҕото. Сокуон быһыытынан  киниэхэ ханнык да чэпчэтии көрүллүбэтэ.

«Тоҕо манныгый? Бу баттыгас буолбатах дуо? Биһиги социализмы тутабыт, бары тэҥ бырааптаахпыт. Оччоҕо тоҕо бу курдук тэҥэ суох быһыы баарый? Мин кинилэртэн тугум итэҕэһий?» – диэн санаа Афанасийы арахпакка аалар, маны утары киирсэр өй-санаа олохсуйар.

1953 сыллаахха Сталин өлөн, дойдуга уларыйыы сибикитэ биллэн барар. «Кэмэ дьэ кэллэ!» – дии санаан Афанасий олохтоох дьоҥҥо – сахаларга, эбээннэргэ уо.д.а. эбии төлөнүөхтээх хотугу надбавка, районнай коэффициент, уоппуска боппуруостарын оччотооҕу салалтаҕа туруорсар, суруйар.

Кини суругуттан быһа тардыы: «Совет Министров СССР тов. Маленкову Георгию Максимилиановичу, Москва. Кремль.

Сорох үлэһиттэргэ (уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр) урукку сокуоҥҥа олоҕурбут (1932с.), 1945 сыллааҕы сокуонунан көрүллэр чэпчэтиинэн хамнастарыгар, сүрүн акылааттарыгар 10%-на эбиллэр, уон сылынан кинилэр хамнастара икки төгүл үрдүүр, ону таһынан сылга 36 хонуктан 48 хонукка диэри уоппусканан туһаналлар, үс сыл буола-буола ССРС киин куруортарыгар төлөбүрэ суох баран сынньанан кэлиэхтэрин сөп. Онтон атын үлэһиттэр уонна кинилэр дьиэ кэргэннэрэ итинник чэпчэтиинэн туһамматтар, уоппускаларын уһуна 12-24 хонук, хамнастарыгар туох да эбии көрүллүбэт, куруорка  бэйэлэрин харчыларыгар эрэ барыахтарын сөп. Инньэ гынан, Саха АССР-га нэһилиэнньэ икки араҥата үөскүүр.  Бастакы барытынан туһанар, иккис араҥа туһаммат. Чэпчэтиинэн туһанар дьон үс төгүл үчүгэйдик олороллор. Маннык балаҺыанньа төрүөтүн мин өйдөөбөппүн, онон Эһиги быһаарыыгытын күүтэбин. Көрдөһүүлээх  А.Борисов. Ыам ыйын 19 күнэ, 1953 сыл», – диэн Борисов тэҥнэбили аҕалар.

Дьэ итинтэн ыла уһун-киэҥ суруйсуу саҕаланар. Афанасий Дмитриевич сурукпун ааҕан баран кэлэн тутан хаайыахтарын да сөп диэн улаханнык куттанара. Ол да буоллар кини норуотун туһугар бэйэтин кырдьыгын туруорсан ситиһэргэ кытаанахтык сананар. Бу кэмҥэ кини кэргэннэнэн үс оҕолонор, кинилэр кэлэр кэскиллэрин туһугар эмиэ да санаарҕыыр.

Минфин үлэһитэ Синевич диэн киһи кинини бу суруйсууҥ бэйэҕэр охсуулаах буолуон сөп диэн сэрэтэр. Логлоров диэн киһи эмиэ ыҥыран кэпсэтэр. Биирдэ Иванов диэн КГБ үлэһитэ: «Бу киһини уодьуганныахха наада, тугу да билбэт эрээри ону-маны мээнэ суруйар», – диэбит. Борисов бу киһилиин улаханнык мөккүспүттэр, охсуһа да сыспыттар. Онтон Борисов дьаныһан туран эппиэт ылыар диэри ССРС правительствотын үлэһиттэригэр барыларыгар суруйар. «Крокодил», «Труд» журналларга эмиэ үҥсүү суруктары ыыталаабыт уонна мин ыыппыт суруктарбар правительство үлэһиттэрэ харда биэрэллэригэр көмөлөһүҥ диэн көрдөспүт.

Афанасий Дмитриевич уонча сыл устата тохтообокко суруйсан, «батталлаах» сокуону уларытан саха дьонугар эмиэ эбии төлөбүр көрөллөрүн ирдэһэр. 1959 сыллаахха Хрущёвка үһүс суругун ыытар, дьэ мантан ыла хамсааһын саҕаланар. 1960 сыл олунньуга ССРС Миниистирдэрин Сэбиэтиттэн: «В ответ на Ваше письмо сообщаем, что проведение упорядочения северных льгот ожидается в ближайшее время. 13 февраля 1960 г. Начальник сводно-экономического отдела Е. Васильев» диэн сурук кэлэр. Бу бастакы суруктан аҕыс сыл ааспытын кэннэ. Онон 1960 сыл олунньу ыйтан Уһук хотугу сиргэ олорор дьон бука бары тэҥҥэ хотугу чэпчэтиинэн туһанар, биир тэҥ уоппускаланар, сынньалаҥҥа уоппускаҕа босхо баран кэлэр кыахтаналлар. Ордук холкуостаахтар үөрбүттэр. Бу сүҥкэннээхэй кыайыынан Афанасий Дмитриевич уоскуйан хаалбатах, салгыы өрө биэрэн урукку сыллар льготаларын төлүүрү туруорсан, аны Л.И.Брежневка, Гришиҥҥэ суруйбут. Академик А.Г.Аганбегян курдук экономистар төттөрү хаахайдааннар компенсация оҥоһуллубатах.

Орджоникидзевскай оройуон «Правда» холкуоһа 1971 сыл алтынньы ыйга «Булгунньахтаах» совхоз буолбутун кэннэ Борисов Афанасий Дмитриевич  кылаабынай экономиhынан ананан, дьиэ кэргэнинээн көһөн кэлбит. Афанасий Дмитриевич тыа хаһаайыстыбатын салааатыгар идэтийбит үрдүк үөрэхтээх бастакы экэнэмиистэртэн биирдэстэрэ. Бука бары специалистары түмэ тардан, ааҕан-суоттаан үлэлииргэ уһуйбут. Хас биирдии кылаабынайтан орто сүһүөх салалтата барыта былааннаах үлэлиирин ситиспит. Кылаабынай экэнэмиис салалтатынан ыанньыксыттары, ыччат сүөһүнү көрөөччүнү түмэн экономическай үөрэхтээһини ыытар. Үөрэх үөрэх курдук ыйынан, күнүнэн учебнай былааннаах, чаастаах буоларын Афанасий Дмитриевич кытаанахтык ирдиир, сылга  хаста да экономическай ырытыы киэҥ дьүүлгэ тахсар. Итинник үлэ түмүктээх буолбут, совхоз үлэтэ-хамнаһа, көрдөрүүтэ сылтан сыл тупсан, үрдээн испит.

Афанасий Дмитриевич Борисов олус сэмэй, бэйэтин үтүөтүн-өҥөтүн туһунан хаһан да кэпсии-ипсии сылдьыбат киһи этэ. Бэл Улуус бочуоттаах олохтооҕо диэн ааты 90-чатыгар эрэ биэрбиттэр. Бу курдук Арҕаа Хаҥалас улууһун II Маалтааны ыччата, Дыргытар Мэхээлэ сиэнэ уол Афанасий Борисов үрдүк өһүөлээхтэргэ туруорсан тугунан түмүктэнэрэ биллибэт уһун,  хабыр, тэҥэ суох хапсыһыыга кыайан, дьонугар-сэргэтигэр тэҥ быраабы туруорсан ситиспит уһулуччу үтүөлээх киһи аата өр сылларга умнууга хаалбыта. 1960 сыллаахха ССРС Верховнай Советын Президиумун ыйааҕынан олохтоох дьоҥҥо хотугу сир чэпчэтиилэрэ толору бэриллибиттэригэр экэнэмиис Борисов 7 сыллаах мөккүөрүн үтүөтэ буоларын биллиилээх политик, историческай наука доктора Е.Е.Алексеев «Осмысление правды» диэн кинигэтигэр сиһилии суруйбут.

Биһиги баһыйар өттүбүт экэнэмиис Борисов А.Д. туһунан билиибит кэмчи-татым.

Ермолай Еремеевич СКРЯБИН.

2025 сыл ыам ыйа.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *