УРАТЫ СААС
Киһи оҕо сааһыгар кэрэни, дьиктини көрөн, кутугар-сүрүгэр иҥэрбитэ олоҕун устата сырдык өйдөбүл буолан хаалар. Хас сыл ахсын, саас ньургуһун тыллыытын саҕана, эдьиийим биһикки оҕо сааспыт биир чаҕылхай күнэ бу баардыы көстөн кэлэр…
Оҕо сылдьан Чакырга аан бастаан хайаҕа (биһиги мырааммытын хайа диирбит) саас эдьиийбинээн тахсыбытым.
Эдьиийим Анна оҕо сааһыгар.
Күн чаҕылыччы тыгара, ньургуһун сибэкки бөҕө атан тулабыт барыта сып-сырдык. Мин салгыы барбакка, күн курдук күлүмнэс ньургуһуннарга хаалыахпын баҕаран кыҥкыйданабын. Ол гынан баран, үрдүккэ туох эрэ дьикти баарын көрүөхпүн баҕарарым баһыйда.
Эдьиийим түргэн, мин мөдөөппүн, аны үрдүгү дабайан истэҕим ахсын куттанарым сүр. Уоскутан, илиитин араарбакка сиэтэн, сыралаһан таһаарда.
Арай үрдүктэн Толооммут, ытыска уурбут курдук, бу нэлэһийэн көһүннэ. Ураты кэрэ көстүүгэ абылатан, чочумча турдубут…
Онтон эдьиийим: “Кууһуохха!” – диэтэ уонна тарбахтарбыттан ылла, илиибитин быластаан куустубут. Төрөөбүт дойдум уонна дьонум-сэргэм миэхэ олус истиҥ, чугас буолалларын кырачаан сүрэҕим таайан битигирии тэппитэ. Ол күнтэн ыла бэйэбин улааппыт курдук санаммытым.
Эдьиийим Аанчыгы кытта уратытык көрсүбүт сааһым хаһан даҕаны хатыламматаҕа… Толооммун кэлин, тоҕо эрэ, соҕотоҕун кууспатаҕым.
Оҕо сааспар бэйэбиттэн икки эрэ сыл аҕа эдьиийим киһи төрөөбүт дойдутугар таптала сүрэҕэр олохсуйарын оҕолуу бэрт судургутук быһаарбыта.
Дойдубутун кууспут күммүтүттэн кутум-сүрүм бөҕөргөөбүтэ, сүрэхпэр итэҕэл, эрэл уйаламмыта.
Эдьиийим Кириллина Анна Николаевна 1959 сыллаахха төрөөбүтэ.
Эдьиийим Кириллина Анна Николаевна.
1980 сыллаахха Дьокуускайдааҕы культурнай-сырдатар училищены бүтэрбитэ. Бастаан Одьулууҥҥа, онтон дойдутугар Чакырга художественнай салайааччынан үлэлээбитэ. Хомойуох иһин, эдьиийим эдэр сааһыгар саахалга (аварияҕа) түбэһэн 1987 сыллаахха бу орто дойдуттан барбыта…
Александра ШЕЛОМОВА-Айталыма.
2025 сыл, ыам ыйа.


