ИЙЭБИТ ОРУОЛА БИҺИЭХЭ ОЛУС УЛАХАН
Мин ийэбинэн хос эһэм Тиихэн Уйбаанабыс Осипов диэн эбит. Төрөөбүт сыла барыллаан 1850-с сыллар бүтүүлэрэ – 1860-с сыллар саҕаланыылара буолуохтаах.
Кини орто уҥуохтаах, хатыҥыр киһи эбит. Эдэр сылдьан Бодойбоҕо баайдарга таһаҕасчытынан сылдьыбыт. Онтон тайҕаҕа мас кэрдээччинэн үлэлээбит. Иҥэ-дьаҥа суох, үлэлиирин эрэ билэр Тиихэн туохха да аралдьыйбакка, Бодойбо тыатыгар боростуой саха олоҕунан олорбут. Төһө да биирдэ көрүүгэ сүрдээх боростуой курдугун иһин, Тиихэн олус мындыр өйдөөх, кытаанах санаалаах киһи эбит.
Арай биирдэ биир дойдулааҕа Оҕо Түрбүөнүнэн биллэр ороспуонньук аҥардаах киһи кэлэн: «Убаай, абыраа, сүбэлээ. Тайҕаттан тыыммын тэскилэтиэхпин наада. Элбэх харчыны хаартыга татаар атамааннарыгар сүүйтэрдим. Өлөрөллөрө кэллэ. Бэйэм да уһаабат чинчилээхпин. Дойдубун була охсуохпун наада. Дойдубар уҥуох туттарыам этэ», – диэбит. Онуоха Тиихэн маннык сүбэлээбит: «Итирбитэ буолан кубулун, таах арыгы сыттаах эрэ буол, улаханнык иһимэ. Нуучча исправник тойону кырбаа. Эйиигин хайаан да туталларын курдук дьон көрөрүгэр кырбаа. Ханна да тохтоппокко Дьокуускайга начаас тиэрдиэхтэрэ. Онно итирик этим, тугу да өйдөөбөппүн диэр», – диэн сүбэлээбит. Ол киһи хос эһэбит сүбэтинэн этэҥҥэ дойдутун булбут уонна кэлин анаан-минээн көрсөн махтаммыт.
1912 с. бүтүүтүн диэки кыһын хос эһэм Осипов Тихон Иванович «тайҕаттан» (Бодойботтон) икки чороччу улаатан эрэр уоллаах кыыһын илдьэ туос сатыы кэлбиттэр. Ийэм Лидия Васильевна Дмитриева сэрэйэринэн, Ленскэй расстрелтан дьаарханан Бодойботтон оҕолорун тэскилэппит буолуон сөп. Кыыс 12 саастаах, уол 10-нун ааспыт эбиттэр. Онон эбэм Настаа 1900, быраата Уоһук 1902 сыллаах буолуохтарын сөп эбит. Бу оҕолор иккиэн сып-сырдык дьүһүннээх, улахан уҥуохтаах эбиттэр. Иккиэн сахалыы, нууччалыы ыраастык саҥараллара. Кыыс Осипова Анастасия Тихоновна, уол Осипов Федосий Тихонович. Маамабыт таайын ахтарыгар хаһан да Федосий, Бөдүөһэй эбэтэр Сөдүөт диэбэт этэ, наар Уоһук диирэ. Оҕолор ийэлэрэ кимин, хантан төрүттээҕин, туох дьылҕалааҕын ким да билбэт. Аҕалара отой саҥата суох, дьиппиэн оҕонньор эбит. «Тайҕа оҕонньоруттан» дьон саллара үһү. Оҕолортон Настаа сүрдээх сытыы тыллаах-өстөөх, үлэһит үтүөтэ эбит. Оттон быраата Уоһук аҕатын курдук саҥата суох, үлэлиирин эрэ билэр, наар күлэн мүчүк эрэ гынар оҕо эбит.
Пётр уонна Прокопий Стручковтар «Буҕайап аҕа ууһа» диэн кинигэни 2008 сыллаахха таһаарбыттар. Ол кинигэттэн биһиэхэ сүрдээх наадалаах сибидиэнньэлэр көстүбүттэрэ. Кинигэҕэ архыып докумуоннара, ахтыылар, хаартыскалар элбэхтэр. Сүрдээх элбэх докумуон быыһыгар «Посемейные списки на 1926-1927 гг. Округ Якутский, улус Мегинский, наслег Долдинский. Составлен 19.06.1927. Госархив Фонд 70, опись 38, дело 121» диэн докумуон киирэ сылдьар. Ол «Посемейнай испииһэккэ» 9-с нүөмэринэн мин хос эһэм Осипов Тихон Иванович дьиэ кэргэнэ сурулла сылдьар. Хос эһэм оччотооҕуга 65 саастаах эбит, «с/х» диэн турар. Кэргэнэ Евдокия Тихоновна 37 саастаах. Уола Федосий Тихонович 25 саастаах, Харитина – 12, Марфа – 8, Матрёна 1 саастаахтар. Оттон эбэм Настаа оччолорго хайыы-үйэ кэргэн тахсыбыт.
Ийэм отой кыратыгар эһээтэ өлбүт. Эһээтин Тиихэн Уйбаанабыс туһунан таайдарын кэпсээниттэн эрэ билэрэ. Холобур, Тиихэн Уоһукап наар маннык диирэ эбитэ үһү: «Хаһан да харчылаах оонньууга кыттыһымаҥ. Хаһан биһиги нуучча, чэркиэс, татаар бэртэрин хаартыга сүүйүөхпүтүй?! Төһөлөөх элбэх саха тайҕаҕа хаартылаабыта буолан сүүйтэрэн киһи аатыттан ааспыта буолуой? Бачча сааспар тиийиэхпэр, тайҕаттан тыыннаах төннүөхпэр хаарты кулута буолбатаҕым көмөлөспүтэ. Иэдээн быһыылар буолаллара. Киһи-сүөһү бөҕө мустар, эстибит-быстыбыт, көммүт-байбыт тоҕуоруйар, хаарты-арыгы хараабат, охсуһуу, этиһии, өлөрсүү, уоруу, талааһын тахса турар дойдута этэ тайҕа. Дьаамнарга, симиэбийэлэргэ 3-4 киһини тэҥинэн өлөрөн күрдьүккэ туруору анньан кэбиһэллэрэ – көрүөххэ дьулаан буолара. Чаллаах сайыымкатыгар кэрдибит маспын киллэрэ сылдьан оннукка хаста да түбэһэн турабын. Билэ-билэ билбэтэҕэ буоларга тиийиллэрэ». Таайа Кууска (Кузьма Осипов) ол кэпсээнин маамабыт отой умнубат гына өйдөөн хаалбыт. Онон кыра эрдэхпититтэн маамабыт биһигини сүүйсүүлээх оонньууга кыттыһарбытын буойара. Ол да курдук биһиги баарыһы, лотуону көннөрү дьиэ иһинэн эрэ оонньуурбут.
Хос эһэбит Тихон Иванович улахан кыыһа Настаа уҥуоҕунан наһаа улахан, киниэхэ тэҥнээх уһун уҥуохтаах уол да чугаһынан суох эбит. Аҕата кыыһын икки улахан уоллаах огдообо Десяткин диэн оҕонньорго күүһүнэн эргэ биэрбит. Ол киһи сөтөл буолан эһиилигэр өлбүт. Ол кэргэнин уолун Роман Десяткины кытта маамам билсэрэ. Настааны ол кэннэ аҕата эмиэ саастаах киһиэхэ кэргэн биэрбит. Ол киһитэ кимин-тугун билбэппит. Эмиэ ыалдьан өлөн хаалбыт. Онтон үһүстээн бэйэтин бараллаата саастаах Дьэкириэм Верховцевка (Ефрем Михайлович Верховцев) кэргэн тахсыбыт. Эдэр ыал Дьэкириэм дьонун кытта син бэркэ олорон испиттэр. Бары колхуоска киирбиттэр. Эбэбит Настаа ыанньыксыттаабыт. 1930-с сылларга ыраас олох, хотонтон дьиэни араарыы, дьахтар бырааба боппуруостар саҕаламмыттар. Колхуос бырабылыанньата нууччалыы билэр, тыллаах-өстөөх диэн, төһө да үөрэҕэ суоҕун иһин Настааны Дьокуускайга дьахтар суута диэн хас да хонуктаах мунньахха ыыппыт. Настаа Дьокуускайтан куорат дьахталларын курдук куопта, дьууппа кэтэн дьиэтигэр төннүбүт. Ону дьиэлээхтэр, Дьэкириэм дьоно, олох сөбүлээбэтэхтэр. Дьэкириэм киэһээ үлэтиттэн кэлбитигэр үҥсэ тоһуйбуттар: «Настааҥ суһуоҕун лэппийбит, өссө онтугар эн ылан биэрбит кырыбыайкаҕын анньына сылдьар, халадаай ырбаахытын оннугар куорат дьахталларын курдук таҥнан кэллэ», – диэбиттэр. Настаа үлэтиттэн кэлбитигэр Дьэкириэм кырыбыайкатын ылан тосту үктээбит уонна мин эйигиттэн арахсабын диэбит. Настаа тахсан бараары туран: «Мин Дьэкириэмтэн испэр оҕолоох баран эрэбин», – диэбит. Оччотооҕу дьахталлар хат буолбуттарын дьоҥҥо кэпсээбэттэрэ. Онон бу эдэр ыал оннук арахсыбыттар. Эбэбит үс кэргэн тухары соҕотох биир эрэ оҕолоох эбит.
Маамам улааппытын кэннэ дьахталлар «ийэҥ эйиигин тымныы үгэннээн турдаҕына, ахсынньыга, төрөөбүтэ» диэбиттэр. Аҕатыгар Тиихэҥҥэ «кыыһыҥ Настаа кыыс оҕоломмут» диэбиттэригэр, оҕонньор «кыыс буола-буола, таһааран тииккэ ыйаан кэбистин» диэбит диэн маамам сонньуйара.
Сэрии инниттэн да М.Горькай колхуос дьоно Тулагыга «от сии» диэн киирэр эбиттэр. Эбэм быраата Уоһук хотон харабылынан үлэлээбит. Сэрии саҕаламмыт кыһыныгар дезертир нууччалар ынах уора хотоҥҥо киирэн баран убайбытын өлөрөн кэбиспиттэр. Уоһук күүстээх буолан бэриммэккэ охсуспут, биир киһилэрин улаханнык эчэппит. Ол эрээри саалаах, быһахтаах дьон кыайдахтара дии. Дезертирдэр бары тутуллубуттар: эчэйбит киһилэрэ тутуллан баран этэн биэрбит. Уоһук кэргэннээх, биир кыыс оҕолоох эбитэ үһү. Кэлин маамам ирдэһэн көрбүтэ да, Уоһук (Федосий) кэргэнин уонна кыыһын булбатаҕа.
Эдьиийэ Харытыай, хос эһэбит иккис кэргэниттэн кыыһа, кэргэнин дойдутугар Өмүкэйгэ олорбута, оҕолоро суоҕа.
Иккис эдьиийэ Мааппа Хатастан биһиэхэ кэлэ сылдьара. Ийэм кинини отой ахсарбат этэ: «Төгүрүк тулаайах хаалан эрэй-муҥ бөҕөнөн улааппытым, киһи-хара буолбутум. Эн оччолорго 25-26 саастаах улахан киһи, миигин көрүмээри Хоту балыкка барбытыҥ, онтон да кэлэн баран миигин «балтым» диэбэтэҕиҥ», – диэн куруук этэрэ. Төһө да хом санаатар, куруук харчынан, таҥаһынан көмөлөһөрө. Мааппа уола Володя Хатаска олорор этэ. Оттон Матрёна диэн кыыс туһунан маамам кэпсээбэт этэ.
Ийэм 3 саастааҕар ийэтэ Настаа ыалдьан өлбүт. Онтон Дьаҥхаадыга Өмүкэй диэн сиргэ олорор ийэтин балта Харытыай уонна күтүөтэ Ылдьаа Холмогоровтар диэн оҕото суох дьон иитэ ылбыттар. Эдьиийэ ыарыһах эбит. Кини бэйэтин кэмигэр аатырбыт иистэнньэҥ эбитэ үһү. Дьиэтигэр Зингер массыыналааҕа, икки сундуукка арааһынай миэтэрэнэн таҥастар бааллара диэн ахтар этэ ийэм. Куораттан сыарҕалаах ат ыытан эдьиийин иистэннэрэ илдьэр эбиттэр. Араас «хамыһаар» дьахталларга иистэнэрэ үһү. Күтүөтэ Ылдьаа колхуос үлэтиттэн ордубата. Бу ыал маамабын наһаа маанылаан көрбүттэр-истибиттэр. «Суорҕаҥҥа-тэллэххэ сытар ийэм эрэйдээх көрөрүн курдук буолуо дуо» диэн ахтара маамам. Онтон эдьиийэ Харытыай улаханнык ыалдьан Дьокуускайга эмкэ барбыт уонна онно үс сыл сытан өрүттүбэккэ өлбүт. Биирдэ күтүөтүнээн куоракка киирэн көрсүбүттэр. Маамабын балыыһаҕа киллэрбэтэхтэр, онон эдьиийин түннүгүнэн көрбүт. Бу эдьиийин бүтэһик көрсүүтэ эбит. Эдьиийэ Харитина Тихоновна Холмогорова 1941 дуу, 1942 дуу сыллаахха өлөр. Күтүөтэ наар колхуос үлэтигэр сылдьар буолан, кыыһы учууталлары көрдөһөн ньолубуой кылааска үөрэттэрэ биэрэр.
Сэрии саҕаламмытыгар күтүөтэ Ылдьаа сэриигэ ыҥырылларым буолуо диэн ийэбин дойдутугар таһааран биэрэр. «Сэрииттэн эргиллэн кэлиэм, оҕобун хайаан да ылыам, эдьиийиҥ өрүттүбэтэ буолуо. Лида, өйдөө, бу дьиэ, мал-сал барыта эйиэнэ», – диэбит Доллуттан арахсарыгар ытыы-ытыы күтүөтэ Илья Фёдорович Холмогоров. Маамам барахсан «хаһан сэрии бүтэн күтүөтүм Ылдьаа кэлэн ыларын кэтэһээхтиир да этим» диирэ. Маамам ахтарынан күтүөтэ элбэх саҥата суох, үлэһит бөҕө киһи эбитэ үһү. Ылдьаа Холмогоров сэриигэ сураҕа суох сүппүт. Иитиллибит иэһин төлөөн маамам 1992 с., өлүөн аҕай иннинэ, күтүөтүн сырдык аатын “Память” кинигэҕэ киллэрбитэ, онтон наһаа астынара.
Аны ийэм төрөөбүт аҕатын Верховцев Ефрем Михайлович туһунан тугу өйдөөн хаалбыппын суруйабын. Ийэм дьиҥнээх аҕабын биирдэ эрэ көрбүтүм диирэ. Ол маннык эбит: Төҥүлүгэ оскуолаҕа үөрэнэ сырыттаҕына оҕолор: «Лида, эн аҕаҥ кэлбит», – диэбиттэр. Ийэм: «Суох, тулаайахпын, аҕа диэни билбэппин, ол иһин тахсыбаппын», – диэбит. «Ол эрээри нөҥүө переменаҕа таҕыстым. Онно көрбүтүм биир кырдьаҕас, маҕан баттахтаах, хамсалаах киһи оскуола сабараанньатыгар олороро. Ону оҕолор «ити эн аҕаҥ» диэбиттэрэ. Кэлин санаатахпына, сэриигэ барарыгар оҕотун көрөөрү кэлбит быһыылаах. Онтон аҕыйах хонугунан миэхэ кыһыл баайыы куопта кимнээх эрэ аҕалан биэрбиттэрэ. Ону иитэ сылдьыбыт дьонум ийэлэрэ былдьаан ылбыта, саатар, кэтэн да көрбөтөҕүм. Аны санаатахпына аҕам ыыппыт буолуон сөбө».
«Буҕайап аҕа ууһа» диэн кинигэттэн кыратык Верховцев Ефрем Михайлович туһунан 18-с страницаҕа П.Т.Стручков ахтыытыгар суруллубуту аҕалабын: «Мин таайым (ийэм улахан сурдьа), Верховцев Ефрем Михайлович, Арамааннаахтыын кыра дьиэҕэ дьукаах олороллоро. Мин кинилэргэ дьиэлэнэн олорон үөрэнэр этим».
Аны 19 стр.: «Таайым Дьэкириэм маһынан да, тимиринэн да сатаан туттар, уһанар этэ. Тумулга олорон бурдук тардар тааһы маһынан тиистээх көлөһөлөрү оҥорон, чочу тутааҕын эрийэр курдук оҥорбут этэ, ону бурдук тардарга сылаата суох үчүгэй диэн дьон хайгыыра. Таайым булт саатын уоһун көннөрөр, дьэбин сиэбитин хаһар эбит этэ, онно чуумпур курдук уһун 4 кырыылаах тимиринэн, олбу ытаһаларынан туттарара. Ат сиэлинэн-кутуругунан сиидэ сиэккэтин өрөр араамалаах этэ… Таайым ол күһүн (1939) эмиэ саҥа дьиэ туттан, биир-икки кыһыны кыстаан баран, 1942 сыллаахха үгүс биир дойдулаахтарын кытта сэриигэ барбыта уонна онтон дойдутугар эргиллибэтэҕэ».
Онон бу наһаа туһалаах кинигэттэн ийэм дьонун туһунан элбэҕи биллим. Дьэкириэм Верховцев (эһэм диир табыллыбата буолуо, ийэм биирдэ эрэ элэс көрбүт эбит аҕатын) Даайа диэн кэргэннээҕэ эбитэ үһү, оҕолоохторун туһунан суруллубатах.
Ефрем Михайлович 1898 с.т. эбит. Сэриигэ Чурапчытааҕы райвоенкоматынан 25.06.1942 сыллаахха ыҥырыллыбыт, мл. сержант диэн званиелаах, сорох архыып докумуоннарыгар рядовой диэн сылдьар. 15.07.1943 с. улаханнык бааһыран Тверь к. байыаннай госпиталыгар өлбүт. Көмүллүбүт сирэ: Московскай оройуон, Тверь куорат илин өттө, «Большие Перемерки» гражданскай кладбище, «Бобачевский Бор» кладбище воинскай учаастага. Ефрем Михайлович биир да хаартыската хаалбатах.
Верховцевтар аймах оҕолоро, сиэннэрэ хаста да Кыайыы күнүгэр бу Братскай кылабыыһаҕа сылдьан Ефрем Михайловиһы кэриэстээн аастылар. Олор истэригэр аатырбыт спортсменка, паралимпиада үрүҥ көмүс призёра, Россия спордун үтүөлээх маастара Анастасия Диодорова ийэтинээн Людмила Николаевналыын дьиэ кэргэнинэн таайдарын уҥуоҕун кэриэстээн ааспыттара. Түгэнинэн туһанан, поисковай этэрээт салайааччыларыгар уонна оҕолоругар махталбын биллэрэбин. Кинилэр мин эһэбин Ефрем Михайловиһы эрэ буолбакка, кини быраатын Семён Михайлович Верховцев көмүс уҥуоҕа көмүллүбүт Братскай кладбищетын булбуттара. Онон Семён Михайлович кыыһа Анна Семёновна Яковлева, сэрии сылын оҕото, сэрии тулаайаҕа, эмиэ сүрдээҕин үөрбүт, махтаммыт буолуохтаах.
Маамабыт өлбүт сылыгар аҕам наар фотоальбом көрөр идэлэммитэ. Арай биирдэ хаартыскалары дьаарыстыы, альбомҥа килиэйдии олордоҕуна, аҕам доҕоро Владимиров Афанасий Егорович киирэн кэллэ. Биир хаартысканы көрөн баран «тоҕо бу Өмүкэй Холмогоровтарын хаартыскалара эһиэхэ баарый?» диэн ыйытта. Онуоха аҕам ийэбитин тулаайах хаалбытыгар ити дьон ииппиттэр диэн хоруйдаата. Афанасий Егорович: «Ол иһин даа. Мин эһиги ийэҕитин наар кимҥэ эрэ майгыннатар этим. Биһиги ньолубуойга үөрэнэ сырыттахпытына биирдэ Ылдьаа Холмогоров 5-6 саастаах кып-кыра кыыһын киллэрбитэ. Лида диэн ааттааҕын өйдүүбүн. Сытыы, элбэх саҥалаах, чоп курдук оҕо барыбыт иннинэ буукуба холбоон аахпыта, суокка эмиэ барыбытыттан үчүгэй этэ. Учууталбыт «бу кыра оҕоҕо тиийбэккит, кини өйдөөтө дии, эһиги тоҕо өйдөөбөккүтүй» диирэ. Биһиги кинини көтөҕөн туран дуоскаҕа суот суоттатарбыт» диэн кэпсээбитэ уонна Лидия Васильевна хайдах да 1932 сыллаах төрүөх буолбатах, 1934-1935 сыллаах буолуохтаах, Ньолубуойга үөрэнэрбэр мин 8 саастааҕым, 1932 сыллаах төрүөхпүн, эһиги ийэҕит биһигиттэн быдан кыра этэ диэбитэ.
Ийэбит 10 кылааска үөрэнэ сырыттаҕына кылааһын салайааччыта «Лида, оҕолор бары пааспар ыллылар. Эн эмиэ пааспар оҥотторуоххун наада. Туох докумуоннааххыный, сарсын аҕалаар» диэбит. Саҥаһыттан докумуон диэн миэхэ баар дуо диэн ыйыппытыгар детдом справкатыгар «Осипова Лида, Доллинский наслег. Сирота» диэн сурулла сылдьара үһү. Онон нулевой кылааска үөрэммититтэн сылтаан 1932 сыл ахсынньыбын диэбитим диирэ. Онтон күнүн туһунан эттэххэ, ол пааспар ыларга сайабылыанньа суруйар күнүн төрөөбүт күнүнэн суруйтарбыт. Ол иннинэ ийэм биир да докумуона суоҕа биллибит. Маамам пенсияҕа тахсаары араас архыыптартан төрөөбүтүн туһунан докумуон көрдүү сатаабыта да, булбатаҕа. Ыксаан Тумулга, Төҥүлүгэ тахсан билэр кырдьаҕастарын көрсүбүтэ. Биир эмээхсин ийэҥ эйиигин төрүүрүгэр Громова Настаа олорор оҕо этэ диэбит. Кэлин Настааны көрсүбүтүгэр «мин 1935 сыллаахпын» диэбит. Онон маамабыт төрөөбүт сылын, ыйын, күнүн бэйэтэ талбыт эбит.
Онтон саҕаламмыта ыарахан дьылҕалаах оҕо сааһа. Иккитэ Хаптаҕай детдомугар сылдьар. «Бу оҕо детдомҥа ыалдьан өлөөрү гынна» диэн бастакытыгар төттөрү дойдутугар ыыталлар.
Маамам «Дьаҥхаадыга үөрэхтээһин сайдыыта» кинигэттэн бэйэтэ суруйбут ахтыытыттан: «Эрдэ тулаайах хааламмын, сэрии, сут сылларыгар хас да ыалларынан үтүөх-батаах сылдьан баран, Хаптаҕай детдомугар, Төҥүлү интернатыгар иитиллэн киһи-хара буолбутум. Сайын аайы Горькай аатынан колхозка араас үлэҕэ сылдьарым. Үөрэттэрэр киһим суох буолан, 1950-1951 сылларга колхозка үүт астааччынан үлэлээбитим. Колхоз бастыҥ ыччаттарын ахсааныгар киирсэн, Ленинскэй комсомол чилиэнэ буолбутум. Уус-уран самодеятельность, драматическай, үҥкүү, ырыа куруһуоктарыгар утумнаахтык дьарыктаммытым. Салайааччыбыт Алексей Леонтьевич Попов этэ».
Ийэбит Төҥүлү оскуолатыгар тохтуу-тохтуу үөрэнэр. Сэрии кэнниттэн орто оскуола хаттаан тэриллибитигэр 10 кылааһы бүтэрэр. Маамабыт үөрэххэ наһаа баҕалаах этэ. Кини Новгородов аатынан Чурапчытааҕы педучилищены бүтэрэн 1956 с. начаалынай кылаас учуутала буолар. Горькай колхуос дьонун өрүү махтана ахтара. Үөрэҕин бүтэрэн, диплом ылан баран колхуос бырабылыанньатыгар суруйар: “Ийэм да, бэйэм да колхуоска үлэлээбиппит, тулаайахпын, көмөлөһөр дьонум суохтар”, – диэн. Колхуос мунньаҕынан уураахтаан хары чаһыта уонна көстүүм таҥаһа биэрбиттэр. Ол таҥаһынан бэйэтэ көстүүм тиктэн, санаабар наһаа табыллыбыта диирэ. Үөрэ-көтө Уус-Алдан оройуонугар Орто Эбэҕэ, онтон Курбуһахха үлэлии барбыта.

1958 с. Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун Бөдьөлөк начальнай оскуолатыгар сэбиэдиссэйинэн уонна учууталынан ананан кэлэр. Бөдьөлөк дьонун-сэргэтин сүрдээҕин сөбүлээбитэ. Наһаа үлэһит, актыбыыс, талааннаах, көрсүө майгылаах дьоннордоох диэн киэн тутта кэпсиирэ. Маамам манна үлэлии сылдьан аҕабын Виктор Васильевиһы көрсөн ыал буолбуттара. Кинилэр ыал буолар уруулара 1959 сыл ахсынньы 31 күнүгэр Бөдьөлөк кулуубугар буолбут. Бөдьөлөккө учуутал эрэ курдук буолбакка, иитэр-сырдатар үлэни күүскэ ыыппыта. Сотору-сотору ыччаттары мунньан кэнсиэр туруорара, араас субуотунньуктары ыытара.
Кэлин 1964 сылтан биһиги ыал Төхтүргэ көһөн кэлбиппит. Маамам 1964-1992 сылларга Төхтүр орто оскуолатыгар начальнай кылаас учууталынан үлэлээбитэ.
Биһиги бииргэ төрөөбүттэр түөрт оҕо этибит. Бары араас идэ ылан үлэһит буолбуппут. Ийэбит оруола биһиги дьиэ кэргэҥҥэ сүрдээх улахан. Биһиги дьиэ биир уратыбыт: наһаа элбэх кинигэлээх этибит уонна бары кинигэни умсугуйан ааҕарбыт. Бу маамалаах тээтэм үөрэхтэрэ. Дьонум элбэх да элбэх хаһыаты, сурунаалы сурутар этилэр.
Ийэм ССКП чилиэнэ, учуутал, тыыл ветерана, агитатор, зона начальнига, тамада, конферансье, үҥкүүһүт, ыһыахтарга биэ кымыһын оҥорор этэ. «Орто саха олоҕун олордум. Өрүү дьоҥҥо махтанар буолаарыҥ. Аҕаҕытын бэйэм баарым курдук көрөөрүҥ. Иллээх-эйэлээх буолуҥ!» – диэн кэриэһин этэн, маамабыт Дмитриева Лидия Васильевна 1992 сыллаахха 59 сааһыгар ыарахан ыарыыттан суох буолбута. Кинини ааттатар оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ элбэхпит.
Кыыһа Надежда Викторовна ДМИТРИЕВА.
Дьокуускай к.
2025 сыл ыам ыйа.
