ТАЛААННААХ ЖУРНАЛИСТ, ЧАҔЫЛХАЙ АРААТАР, КОМСОМОЛЬСКАЙ ТЭРИЙЭЭЧЧИ
Архипов Конон Игнатьевич.
Иван Капустин: “Биһиги кинини түс-бас аҕа киһибит диэн ааттыырбыт, оннук киппэ үлэһит этэ. Кини пропаганда отделыгар сэбиэдиссэйдиирэ. “Эдэр большевик” хаһыат редакцияҕа 1937 сыллаахтан үлэлээн баран 1939 сыллаахха күһүн институкка үөрэнэ киирбитэ. Онтон нөҥүө сылыгар Сунтаарга учууталлаабыта. 1941 сыллаахха алтынньыга армияҕа барбыта. Тимир суолу чөлүгэр түһэрэр подразделениеҕа политрук көмөлөһөөччүтэ буола сылдьан, хаста да илииттэн илиигэ киирэ сылдьыбыт Харьков куоракка ураты күүстээх кыргыһыыга түбэһэн өлбүтэ”.
Игнатий Николаев, Бүлүүчээн: “1938 сыл алтынньы ый 28 күнүгэр биһиги, икки эдэр учуутал, Петров Пётр Сидорович уонна мин буоламмыт, Хадантан Сунтаарга сыарҕалаах атынан тэптэрэн киирбиппит.
Алтынньы 29 күнүн киэһэтигэр кулуупка ЫБСЛКС сүүрбэ сылыгар туолар аналлаах миитин үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһыллыбыта. Комсомол сүүрбэ сыллаах юбилейынан комсомолецтары, ыччаттары эҕэрдэлээн, партия оройуоннааҕы комитетын аатыттан С.М.Гаврилов чаҕылхай, өрө күүрүүлээх тылы эппитэ. Сүрүн дакылааты комсомол оройуоннааҕы комитетын бастакы сэкиритээрэ Конон Игнатьевич Архипов оҥорбута. Дакылаат ис хоһоонун билигин олорчу санаабаппын, ол эрээри өйбөр-санаабар, иэйиибэр сырдык, өлбөөдүйбэт өйдөбүл хаалбыт. Аатырбыт араатардары истибэтэх, тыаттан сылдьар киһиэхэ, дьэ, бу олус үчүгэй дакылаат этэ”.
Конон Игнатьевич Архипов 1913 сыллаахха Хадан нэһилиэгэр дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Ньыла Бэрэтигэр олорбуттара. Хадан начаалынай оскуолатыгар үөрэммитэ. Онно үөрэнэ сылдьан 1927 сыллаахха комсомол кэккэтигэр киирбитэ. Сотору кэминэн комсомольскай тэрилтэ сэкиритээринэн талыллыбыта. Комсомол оройуоннааҕы комитетыгар оҕо коммунистическай тэрилтэтин сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Онтон Дьокуускайга советскай-партийнай оскуоланы үөрэнэн бүтэрбитэ. Конон Игнатьевич 1934 сылтан 1937 сылга диэри комсомол оройуоннааҕы комитетын бастакы сэкиритээринэн үлэлээбитэ. 1934 сыллаахха комсомол VIII уобаластааҕы конференциятыгар кыттыыны ылбыта.

Конон Игнатьевич бэрт сытыы тыллаах-өстөөх, сатабыллаах тэрийээччи, үтүө майгылаах табаарыс эбит. Араас мунньахтарга, миитиннэргэ өрө күүрэн туран уоттаах сытыы тыллары этэрин истибит дьон кинини билигин да умнубаттар. Ол курдук, Конон Игнатьевич киһини тыл күүһүнэн абылыыр дьоҕурдаах араатар эбит. Кини көҕүлээһининэн Сунтаарга уонна атын да нэһилиэктэргэ спортивнай площадкалар тутуллубуттара. Комсомол райкома спортивнай үлэни тэрээһиннээхтик ыытара, ыччаты спортка тардыыны саҕалаабыта.
1937 сыллаахха Дьокуускайга “Эдэр бассабыык” хаһыакка үлэҕэ киирбитэ.
Кэргэнэ Томская Елизавета Ивановна, уола Рудольф, бэйэтэ.
Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии саҕаланар күнүгэр Конон Игнатьевич табаарыстарынаан балыктыы сылдьыбыта. Биир киһи ыксалынан кэлэн, Конону Сунтаарга ыҥыралларын уонна сэрии буолбутун туһунан иһитиннэрбитэ. Ити күн Сунтаарга кулууп дьиэҕэ миитин буолбута. Киһи барыта санааҕа-онооҕо ылларбыт, дьиппиэр көрүҥнэммит этэ. Биһиги Ийэ дойдубутугар өстөөх уоран саба түспүтүн туһунан дакылааты ССКП райкомун оччотооҕу сэкиритээрэ И.Г.Константинов оҥорбута. Онтон биирдиилээн дьон этиилэрэ буолбута. Онно Конон Игнатьевич, Ийэ дойдуну көмүскүүр иһин оройуон ыччаттара бары биир киһи курдук бэлэмнэрин туһунан этэн туран, сэриигэ тылланан барааччылар испииһэктэригэр киллэрэллэригэр көрдөспүтэ.
Сэриигэ барааччылар Ленаҕа Турукта суолунан быһа киирэр буолбуттара. Конон Игнатьевич Хадаҥҥа бүтэһик төгүлүн Агдаары хонуутугар хонон-сынньанан ааспыт. Онтон төрөөбүт-үөскээбит дьоллоох оҕо сааһа ааспыт Ньылатын сиринэн Ийэ дойдутун көмүскүү барбыта. Туруктаҕа диэри 24 көһү 5 хонук устата сатыы киирии биир уһун сындалҕаннаах айан этэ.
Конон Игнатьевич Улан Удэтээҕи 9-с тимир суол байыаннай сэриилэрин полкатын 5-с техническэй ротатыгар түбэспитэ. Кини замполитруктар куурустарыгар үөрэммитэ. Үөрэхтэрэ күҥҥэ 11-дии чаас устата буолара, онон идэлэрин аҕыйах бириэмэ иһинэн баһылаабыттара. Сотору кэминэн фроҥҥа ыыталаабыттара. Поеһынан айаннаан Соҕуруулуу-Арҕааҥы фроҥҥа, Харьков куорат иһин кырыктаах кыргыһыылар буола турар сирдэригэр тиийбиттэрэ. Бу куораты өрө-таҥнары ылсыһыылаах кыргыһыыга быһаччы кыттыбыттара.
Сэрии кыттыылааҕа Василий Федулович Степанов ахтарынан, биир маннык интэриэһинэй түгэн буолбут: “1942 сыллааҕы кыһын Куйбышев куоракка буолбут сэриилэһэр армия бастыҥ агитатордарын мунньаҕар К.Архиповтыын баран Михаил Иванович Калинин приёмугар сылдьар чиэстэммиппит. Улуу Ленин соратнига, Бүтүн Союзтааҕы староста, ытык кырдьаҕас Михаил Иванович эйэҕэстэн эйэҕэс майгытын, үтүө мөссүөнүн үйэм тухары умнуом суоҕа”.
Василий Федулович салгыы ахтарынан, өстөөх наһаа күүстээх техниканы быраҕан 1942 сыл саас Изюм Барбенкованан фронт линиятын эмиэ тоҕо көтөн киирбитэ, биһиги сэриилэрбитин төгүрүйэргэ туох баар күүһүн туттубута. Өстөөх салгынтан буомбалааһыҥҥа ордук күүстээх буолан, балаһыанньа өссө кытааппыта. Ити кэмҥэ Конон Игнатьевич 80-с батальон 4-с ротатын политругунан өрө таһаарыллыбыта. Онон табаарыһа Василий Федуловичтыын тус-туспа сулууспалыыр буолбуттара. Иллэҥ кэм көһүннэр эрэ хардарыта сылдьыһар эбиттэр, саллаат солуурчаҕар хойуу чэйи оргутан иһэ олорон Сахаларын сирин, Сунтаардарын, дьоннорун-сэргэлэрин туһунан ахтыһаллара.
Онтон Степановы Ленинградтааҕы 2-с Кыһыл Знамя орденнаах Фрунзе аатынан училищеҕа үөрэххэ ыыппыттара. Итинтэн ыла кинилэр көрсүбэтэхтэр. Василий Федулович Конон Игнатьевич туһунан сураһан суруйдаҕына, сураҕа суох сүппүтүн туһунан эппиэти ылара.
«Книга памяти» маннык сурулла сылдьар: «Архипов Конон Игнатьевич, 1913 г.р. Член ВКП(б). Образование незаконченное высшее, учитель Сунтарской средней школы. Призван Нюрбинским ОРВК 1.09.1941 г. Служил в 80-м стрелковом батальоне. Погиб 6.07.1942 г. Место захоронения не установлено.
Ийэ дойдуларын көмүскүү, норуот дьолун туруулаһа сылдьан сырдык тыыннарын толук уурбут Саха сирин араас хаһыаттарыгар үлэлээбит журналистары үйэтиппиттэрэ. Ол курдук Бэчээт дьиэтигэр Кыайыы отут сылынан 17 буойун журналистар ааттара мрамор билиитэҕэ кыһыл көмүс буукубанан суруллубут мемориальнай дуоскалара арыллыбыта.

Художник Андросов оҥорбут мемориальнай дуоскатыгар Архипов Конон Игнатьевич аата биир бастакынан сурулла сылдьар.
Бэлэмнээтэ сиэн быраата
Серафим Олегович АРХИПОВ.
2003 сыл.
Кэргэнэ Томская Елизавета Ивановна
Архипов Конон Игнатьевич кэргэнэ Томская Елизавета Ивановна биллэр-көстөр учуутал, учуонай буолбута. Кини туһунан «Руководители столичного образования – проверенные временем» диэн 2024 с. тахсыбыт хомуурунньукка суруллубут.

Родилась 25 октября 1915 года в с. Сунтар. Педагогическую деятельность начала после окончания Вилюйского педтехникума в 1932 году. В 1943 году окончила историко-филологический факультет Якутского пединститута. Организаторский талант, трудолюбие, педагогический дар всегда были присущи Томской Е.И. Она работала директором и завучем Кокунинской семилетней и Сунтарской средней школ. В 1942 году была назначена заведующим Сунтарским Роно. В октябре 1948 года она назначается заведующим Якутским Гороно, где проработала до 1955 года. На этой работе ярко проявились такие черты характера Томской Е.И., как эрудированность, деловитость, принципиальность, требовательность. Затем она была назначена заместителем председателя Якутского горисполкома, позже – заместителем министра просвещения ЯАССР. Как опытный методист-руководитель, Елизавета Ивановна успешно работала заместителем директора ЯРИУУ и филиала Института национальных школ МП РСФСР, завучем и учителем средней школы №2 г.Якутска (Педагогическая энциклопедия. В 6 т./Сост. Иванова В.С. – Якутск: ОАО «Ярославский полиграфкомбинат», 2000. – Т.1).
В 1957 году окончила аспирантуру при Московском пединституте. Результатом её огромного интереса к проблемам воспитания юношей стала книга «Этика юношества» – пособие для классных руководителей. Её монография «Вопросы формирования нравственных основ отношений между мальчиками и девочками-подростками» была прекрасным дополнением к учебному курсу «Этика и психология семейной жизни», введённому в учебный план 1985 года. По этой теме она защитила диссертацию на соискание учёной степени кандидата педагогических наук.
1 сентября 1950 года в г. Якутске была открыта семилетняя школа №26. Первым директором была заслуженный учитель ЯАССР, отличник народного просвещения Е.Ю. Келле-Пелле.
Годы работы Томской Е.И. в Гороно пришлись на период перехода школ на новые программы, учебники и учебные планы.
Елизавета Ивановна Томская – одна из ярких представительниц якутской интеллигенции, её заслуги в развитие образования г. Якутска и республики неоспоримы. И эти заслуги в своё время были отмечены правительством: ей присвоено высокое звание заслуженного учителя ЯАССР; отличника народного просвещения РСФСР; награждена медалями «За доблестный труд в ВОВ 1941-1945 гг.», «За трудовую доблесть», «За трудовое отличие».
Она обладала большим талантом педагога-управленца, профессионала высокого класса своего времени.
(“АХТЫЫЛАР”, 07.05.2025 с.)


