Дмитриевтэр тустарынан: Варвара Михеевна уонна Василий Тимофеевич

МИИТЭРЭЙЭПТЭР СЭРИИ СЫЛЛАРЫГАР

Мин эбэм Варвара Михеевна, эһэм Василий Тимофеевич Дмитриевтэр 1930 сыллаахха 18-19 саастарыгар ыал буолбуттар. 2-с Холгума нэһилиэгэр Бөдьөлөккө саҥа тэриллибит колхуоска үлэлээбиттэр.

Эбээбит ыанньыксыт эбит, эһээбит колхуоска биригэдьиирдээбит. Бастакы оҕолоро Мотя (Коммунарка) 1931 сыл кулун тутар 23 күнүгэр төрөөбүт. Эбэм Балбаара кыыһын оҕолоноору сылдьан ликбезкэ үөрэнэн латыынныы ааҕар, суруйар буолбут.

Маннык кэпсиирэ: «Ааҕарга-суруйарга биһигини, эдэр кыргыттары, дьахталлары, үөрэхтэн маппыт уолаттары, 3 кылаас үөрэхтээх 14-15 саастаах уол үөрэппитэ. Кини сэллик буолан оскуолаттан уурайбыт оҕо этэ. Биһигини үөрэтэ сылдьан ыалдьан өлбүтэ. Мин түргэнник ааҕарга уонна илии баттыырга үөрэммитим. Билигин да Ноҕоруодап букубаарын булан аҕаларгыт буоллар, ханныктык эмэ ааҕыам этэ». Сэрии иннинэ икки уолаттара төрүүллэр: мин аҕам Бииктэр 1935 сыллаахха уонна 1940 сыллаахха Коля диэн убайбыт. Кинилэр икки ардыларыгар икки оҕо кыраларыгар ыалдьан өлбүттэр.

Дьон-сэргэ олоҕун үнтү аймаан, алдьархайдаах Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаланар. Эһэм Василий Тимофеевич Дмитриев бастакы ыҥырыыга 1941 сыл сайыныгар сэриигэ барар.

1942 сыл бэс ыйыгар тыҥатыгар, илиитигэр, атаҕар баастардаах сэрии инбэлиитэ буолан, убайыгар Оппуонньаҕа өйөтөн, комиссияланан кэлэр.

Кини кэлбитин сарсыныгар эһэбит убайа Данилов Афанасий Афанасьевич бэбиэскэ тутан, сэриигэ ыҥырыллар. Афанасий – хос эбэбит Марыына бастакы кэргэниттэн уола этэ. Кини 1943 сыллаахха сэрии толоонугар сураҕа суох сүтэр. «Память народа» диэн саайтка абаҕабыт Данилов Афанасий Афанасьевич 27.06.1942 сыллаахха Чурапчы РВК-тынан ыҥырыллыбыт уонна 1943 сыллаахха өлбүт, ханна көмүллүбүтэ биллибэт диэн суруллубут. Саҥас Ааныска уонна абаҕабыт Афанасий Роман диэн төрөппүт уоллара ыарыһах буолан эрдэ өлбүт. Ииппит уоллара Степанов Юрий Иннокентьевич Төхтүргэ олорбута.

Бу ыарахан сыллар тыылга хаалбыттары сүрдээх кытаанахтык хаарыйбыттара. Сут-кураан, ас-таҥас тиийбэтэ, күүһү таһынан үлэ элбэх дьону өлүүгэ-сүтүүгэ тиэртэҕэ.

Бу сыллар тустарынан эдьиийим Мотрёна Васильевна Дмитриева маннык ахтара. Олох күн-түүн ыараан испитэ. Ол саҕана дьонум Саха Бэстээҕэр олорбуттара. Эбэм Марыына, ийэм уонна саҥастарым сүрдээх муударай, өйдөөх, үтүө санаалаах, хорсун үлэһит дьахталлар буолан наһаа бэртик санааларын холбоон биир быһаарыыга кэлбиттэрэ. «Туох баар аймаҕы, кими да матарбакка бииргэ мунньуохха. Биир иһиттэн күөстэнэн олоруохха наада. Тулаайах хаалбыт оҕолорбутун, соҕотох хаалбыт кырдьаҕас аймахтарбытын – барыларын бииргэ мунньуохха». Оннук сүбэлэһэн бары биир сүбэнэн олорбуттар. Эбээлэрин Марыынаны наһаа ытыктыыллара, тылын истэллэрэ үһү. Ол курдук, икки кырдьаҕас дьахталлар ким колхуоска үлэлии барарын, ким мас мастаан оһох отторун, ким кыра оҕолору көрө хааларын, кимнээх окко баралларын, ким туһах, сохсо иитэрин – бары үлэни былаанныыр эбиттэр. Отучча киһиттэн үлэни кыайара уон эрэ эбиттэр, олор истэригэр оскуола оҕолоро. Биир хараҕа суох кырдьаҕас эдьиийдэрэ тирии имитэр, биир оҕонньор оҕолору көмөлөһүннэрэн илимниир, туулуур, икки ыарыһах аймахтара кыра оҕолору көрөллөр.

«Биһиги, оҕолор, эмиэ анал үлэлээх этибит. Ону хайаан да бары толорорбутун эбэбэит ирдиирэ. Биир куобах буоллун, икки чыккымай буоллун, тиийиэ дуо барыбытыгар диэбэккэ эбэм киэһээ аһылыкка миин өрөрө. Туох эрэ оту-маһы эбэрин өйдүүбүн. Күөх быкта да, араас от силиһин хаһаанарбыт», – диэн кэпсиирэ эдьиийим Мотрёна Васильевна.

Колхуос ыарахан үлэтигэр сылдьар обургу оҕолору, эдэр дьахталлары биир эмэ күн биир-биир сынньатан өрөтөрө, кинилэр оннуларыгар бэйэтэ үлэлии барара үһү. Эдьиийбит Мотрёна кэпсииринэн 1941-1943 сылларга кураан бөҕө этэ. Баһаар бөҕө буолара. 10-12 саастаах оҕолор сайын окко, күһүн бурдук быһыытыгар Бөдьөлөккө үлэлииллэрэ, наһаа элбэхтик баһаар умулларыытыгар сылдьаллара.

Саха Бэстээҕинэн кыһыҥҥы Дьокуускайдыыр суол ааһара. Араас суолга быстарбыты, хоргуйан-тоҥон өлөөрү гыммыты, араас суолга кыһалҕаламмыты – барыларын ириэрэн, кыратык эмэ итии киллэрэн ыытар эбиттэр, биһиги дьоммут.

Биир маннык түгэни эдьиийим Мотрёна кэпсээбитэ. Кинилэри кытта уруккуттан ыал олорбут эдэр икки оҕолоох дьахтар, кэргэнэ сэриигэ ыҥырыллыбытыгар, кыайан бэйэбит эрэ кыстыа суохпут диэн кэлэн дьукаах ылыҥ диэн көрдөспүт. Бары бииргэ балтараа сыл курдук олорбуттарын кэннэ ол дьахтар кэргэнэ сэрииттэн улаханнык эмсэҕэлээн кэлбит. Ол киһи уонча күн олорон баран «хоргуйан өлөөрү гынным, аскыт кырыымчыга бэрт, бэйэбит туспа олорууһубут» диэбит. «Барар буоллаххыт дии, тоҕо эһигини тутуохпутуй» диэбит эбээ Марыына. Ол эрээри эдэр дьахтар кэргэнин кытта барсыбатах. «Уруккуттан да майгыта соччото суох, сэрииттэн киһи аҥаара буолан кэлэн тугу үлэлиэҕэй, онон барар буоллаҕына бэйэтэ бардын. Мин оҕолорбунаан эһиэхэ хаалабын», – диэбит.

Сэрииттэн эргиллэн 1942 сыллаахха кэлбит эһээбитин, эмп-том суоҕар, отунан-маһынан эмтии сатаабыттар. Кини доруобуйата мөлтөҕүнэн колхуоска үлэлиир кыаҕа суоҕа. Ол иһин эһээлээх эбээм оҕолорун илдьэ Майаҕа көспүттэр.

Эбэбит Варвара Михеевна, эһэбит Василий Тимофеевич. Араас сылларга түспүт хаартыскалара.

1944 сыллаахха кыыстара Люба төрүүр. Майаҕа аҕалара финансовай управлениеҕа уонна страховка ааҕынынан үлэлиир. Эбэбит Балбаара кэргэнин сыарҕалаах ат уларсан Маамыкаантан уонна эһиилигэр Хаар Балаҕантан үлэтигэр илдьэрэ-аҕалара үһү. Эһээбит Майаҕа страховка ааҕынынан үлэлии сылдьан, сэриигэ ылбыт баастарыттан 1948 сыллаахха өлбүт. Ол сыл кыра кыыстара Маня төрүүр.

Түмүкпэр кырдьаҕас эдьиийбит тыыл, үлэ, доруобуйа харыстабылын ветерана, 93 сааһыгар олохтон барбыт Мотрёна Васильевна Дмитриева тылларын хатылыыбын: хаһан баҕарар түмсүүлээх буоллахха эрэ туох барыта кыаллар, аймаҕынан түмсүүлээх буолуҥ, кими да туоратымаҥ, бэйэ-бэйэни өйөһүҥ, хаһан да килиэби быраҕымаҥ, эргэ килиэби суухаралаан хаһааныҥ: аас-туор кэмҥэ ол суухара быыһыаҕа!

Ахтыыны суруйда сиэннэрэ

Надежда Викторовна ДМИТРИЕВА.

Дьокуускай, 18.04.2025 с.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *