СЭРИИ КЭМИН ОҔОТО
Светлана Гаврильевна ПЕТРОВА, «Сүлэ» сопхуос бастакы дириэктэрэ, үлэ бэтэрээнэ, АПК бочуоттаах бэтэрээнэ, Ньурба улууһун ытык олохтооҕо: – Кэргэним Павлов Иван Яковлевич ийэтэ Павлова Мария Давыдовна Чурапчы Арыылааҕар Поповтар диэн халыҥ аймах дьонтон төрүттээх. Аҕата Павлов Яков Иванович Таатта, Дьүлэй нэһилиэгин киһитэ. Бииргэ төрөөбүт төрдүөлэр. Кэргэним Иван Яковлевич үс-түөрт оройуонунан олорбут, үлэлээбит буолан кинини билэр дьон элбэх. “Ахтыылар” сайтка тахсыбытын түбэһэ түстэхтэринэ ааҕыахтара дии саныыбын. Ээйик Уйбаан диэн аатынан бары билээччилэр. Оттон уонна кылаабынайа ыччаттарыгар наада буоллаҕа дии.
Кэргэним, аҕабыт, эһээбит туһунан сырдык ахтылҕан
Кэргэним, аҕабыт, эһээбит Павлов Иван Яковлевич.
Кэргэним Павлов Иван Яковлевич аҕабынаан, Багдарыын Сүлбэ суруйууларыгар “Чуукаар ытык кырдьаҕаһа” диэнтэн атыннык ааттаабат киһитиниин, Куоначчааҥҥа, Далаҥдаҕа бастаан күтүөт буолан кэллэҕин утаата бииргэ балыктыыллара, бултууллара. Аҕам кус-куобах булчута эрэ этэ буоллаҕа! Далаҥда Марха өрүскэ түһэр төрдүттэн Мөтөйөр хомотугар диэри муҥхалыыллар, хомоҕо илимнииллэр. Хомо мөтөйөн көстөр хайа анныгар баарынан Мөтөйөр хомото диэн ааттаах. Арыт дьыл тууччах Бүлүүттэн Марханы өксөйөн тахсан бэркэ илимҥэ тутар буолааччы.
Дойдутугар Тааттаҕа колхуоска алта сыл кадровай булчуттаабыт Уйбаан Мөтөйөр хайатыттан от үрэхтэр тардыыларын көрөн сири-дойдуну үөрэтэн, сылыктаан улам ыырын кэҥэтэн тэлэһийтэлиир, Оппуонньа, Ытымай сирдэринэн тииҥниир эҥин буолан барар. Эдэр киһи биир үтүө күн төп-төгүрүк улуу күөлгэ кэтиллэ түһэр. Туоһулаһан Кэнэникээн диэн атын нэһилиэк сирин билэр. Кэнэникээн өссө сүүнэ улахан Бэрэ диэн күөллээх эбит. Чаппанда сылгыһыттара сыл баһыгар-атаҕар охсуллан бултуур-алтыыр күөллэрэ үһү. Үрүйэлэргэ тайахтар ыырданалларын көрөн туһах баайталаан Чуукаартан Маарга СПТУ-га үлэлии көһөн да баран уоппускатыгар бултуур буолбута. Күтүөтүттэн үөрэнэн аҕам туһахтаан лөкөйү бултаан турардаах. Ол тайаҕы Күүстээх Болуодьалыын – В.Ефремовтыын сүгэн киллэрбиттэрин “Киһи барахсан” диэн кинигэтигэр аймаҕа М.Прокопьев суруйбуттаах.
Кэлин, Өлөөн Ээйигэр колхуоска механиктаан үс сыл олорон баран Ньурба Антоновкатыгар дьиэ атыылаһан олохсуйан, уоппускатыгар Кэнэникээҥҥэ бултуу-балыктыы тахсар буолбута. Уолаттарын илдьэттии да сылдьааччы. Бэйэм булбут күөлүм диэн күндүтүк саныыра.
Мин, “Сүлэ” сопхуоска дириэктэрдээбит (1982-1987 сс.) иккис сылбыттан, үүнүү хомуурун бүтэрэн баран күһүн уоппускабын биэрэр буолбуттарын кэннэ, атын үлэҕэ көһөн да баран Уйбааммыныын Кэнэникээҥҥэ тахсыһар буолбутум. Балаҕан ыйын уон төрдүс күнүгэр, Сэмэнэп күн сиргэ буолааччыбыт. Оччолорго кураан дьыллар тураннар «Нива» массыынабытынан алта-сэттэ көстөөх сиргэ киэһэ сөпкө тиийэр буоларбыт. Хотоҕоһунан туораан, Мохчору ааһан, Харыйалаах үрэҕин Сибиэмийэ чугаһынан кэстэрэн туораатыҥ да үрэҕи бата айан буолара. Бадарааннаахха тиийдиҥ да түһүүлэнэр сирбит бу турара. Кэнэникээнтэн тоҕус биэрэстэ бэттэх Сэргэ тиит бэтэрээтигэр эргэ пиэрмэ оннугар балааккаланарбыт. Мантан Уйбаан сир хаамарыгар саамай табыгастаах этэ. Өрөбүллэригэр Тукаара Сааска Аанчыгыныын, арыт Айаанныын биһиэхэ ыһык килиэппитин аҕала таарыйа куобахха фаралаан, илим балыга ылан киирээччилэр.
Бадарааннаахха диэри ыарҕалаах толооннору кэрийэр, просеканан өрүскэ киирии үрүйэлэригэр тайахха туһах иитэлиир. Күөллэр турдахтарына улахан харахтаах илимнэрбитин муус аннынан түһэртиибит уонна иккилии-үстүү хоно-хоно массыынабытынан баран көрөн кэлэбит. Мин мас көтөрүгэр быһыт оҥорон өтөххө туһах баайбытын, куобахха эмиэ туһах иитэн биэрбитин көрөбүн. Просекаларынан тахсан мырааҥҥа хойукка диэри ууламмат отону хомуйабын. Оннооҕор биир сыл хаар түспүтүн кэннэ просекаҕа көҕөрөн олорор сугуну, сылаас күннэр тураннар, мөндүрүөнэй биэдэрэни толору ылҕаан турабын. Дьогдьоот күһүн сылаас балааккаҕа, ыраас салгыҥҥа, үрэхпит курустаал таас курдук дьэҥкир уутун иһэн, сибиэһэй собонон, булт аһынан аһаан, чэбдигирэн Өктөөп бырааһынньыгын эрэ иннигэр эт-балык тиэнэн дойду сиргэ киирэр үөрүүлээх да буолара! Тайахха лицензиятын туһамматах сыллара биирдэ эмит буолара.
Кэлин, угут сыллар кэлэннэр Чуппууһайынан сырыы тохтоон Чаппанданан, Сахаар Ууһунан, Бөкүнэйинэн Харыйалаахха түһэн, ММС-тар астаран оҥорбут унньуктаах уһун Харыйалаах систиэмэтин буор быһытын үрдүнэн айаннаан хонуохтаах сирбитин Сымыһы көрөн олорон массыынабытын бадарааҥҥа батылыннаран мас бөҕөтүн тэлгэтэн, төһүүлээн таһаарыы буолара. Массыынанан соҕотоҕун айанныы да сорунуллубат! Табаарыһа Былаадьык Беларусь тыраахтардаах арыаллаан таһаарааччы. Ол саҕана биһиги, билигин этэллэринэн УАЗ буханка массыыналаммыппыт. Ыһыкпытын, балааккабытын, экономка тимир оһохпутун, таҥаспытын, ыттарбытын барытын тиэнэ сылдьааччыбыт. Былаадьык булт диэн баран муннукка ытаабыт киһи буолан бааһынай хаһаайыстыбатын баһылыга, кэргэнин аҕата Элэгэй Уйбаантан көҥүллэтэн үс-түөрт хонукка биһигини арыаллаан кустаан-куобахтаан, илимнээн киирэр баҕатыгар тахсыһара. Сымыска икки сир дьиэтэ баара. Онно хонобут. Өтөрдөөҕүтэ Мэҥэ Хаҥаластар курааннаан студеннартан мобильнай этэрээт тэрийэн Сымыска оттоппуттара, суруктаах сэргэлэри туруорбуттар. Чаппандаттан Элик Сэмэн манна сытан бултуура. Колхуостааһын иннинэ Харыйалаах былаһын тухары ыаллар олорбуттар үһү. Сайылык диэн үрэх кэҥиир сирэ баара. Биһиги сылдьарбыт саҕана Чаппанда сопхуос сылгыларын сайылатар сирэ этэ. Кэнэникээн былыр Чуукаар Дабыыдап баай сүөһүтүн, сылгытын иитэр сирэ эбитэ үһү. Сымыс диэн тоҕо ааттаммыт сирэ буолла, ортотугар үрдүк хордоҕойдоох икки өттө бадарааннааҕын иһин буоллаҕа дуу? Хоннох, быттык диэбит курдук. Харыйалааҕы бата айаннаан түһүүлэнэр сирбитигэр тиийиэхпитигэр да диэри араас хаһырыалар, буом сирдэр элбэхтэрэ. Эрэйинэн тиийэллэрэ. Былаадьык күһүҥҥү эмис кустаах, биэстээххэ, алталаахха туппут бөдөҥ соболоох үөрэн-көтөн дьиэтигэр төннөрө.
Биир дьыл Былаадьык, Чороон Алик, аатырбыт булчут Түмээ тоҥус сиэнэ Арамаан буолан бултаабыттаахпыт. Онтон ыла Уйбаан бииргэ сылдьар эдэр табаарыстарданан, Кэнэникээҥҥэ тахсыбат да буолан баран, саас-күһүн Дьиикимдэ эбэтигэр, Чиллэ Хоротугар кустаһар, балыктаһар этэ.
Тиэхинньикэ луохтуура дииллэрэ…
Уйбаан, тулаайах үөскээбит буолан, отой оҕо эрдэҕиттэн ыанньыксыт ийэтигэр Павлова Мария Давыдовнаҕа – Маайа эмээхсиҥҥэ илии-атах буолан, оскуолаҕа сайыҥҥы сынньалаҥнарыгар ыһыыга, окко үлэлэһэн туругас-олоругас, хоһуун буола улааппыта. Уон алта сааһыттан Пётр Алексеев аатынан колхуос кадровай булчутунан алта сыл сылдьан баран үс ыйдаах тырахтарыыстар куурустарын Ытык Күөлгэ аймаҕар Испирдиэн Баабылаптаахха олорон бүтэрбитэ.

Кууруска учууталын, ким диирин умнубуппун, уу сахалыы “сыыллар баал, оччо тиистээх, бачча эрэдэһиннээх” диэн өйдөнүмтүөтүк кэпсиирин өйдөөн хаалбыт этэ. Педучилищеҕа биир симиэстир үөрэнэн, ахсааны кыайбакка уурайан Чурапчыга кэлин суруйааччы буолбут Федот Захаров диэн киинэмэхээнньиккэ моторуустаабыт уонна колхуоһугар сайыҥҥы өттүгэр Л-6 диэн мас тыыга олорор уу мотуорунан күһүн Амманы, Аччыгый Өтөххө сүөһү туоратыытыгар үлэлээбит буолан үөрэҕин ыарырҕаппатах. Колхуоһугар тахсыбытын бастаан уопуттаах тырахтарыыска сыһыаран ДВШ-16 тыраахтарынан пиэрмэлэртэн үүт собуотугар бөтүөннээх үүтү тастарбыттар. Онтон саҥа кэлбит көлүөһэлээх МТЗ-5 тыраахтары итэҕэйэн туттарбыттар. Мэхээнньиктэрэ, аймаҕа Бүөтүр Сахаарап сүбэтинэн-аматынан, кырдьаҕас тырахтарыыстартан, МТС-ка урут үлэлээбит уопуттаах дьонтон көрөн-истэн алдьаныыта-кээһэниитэ суох сарсыарда эрдэлээн, киэһэ хойутаан дьон тэҥэ үлэһит буолбут.
Колхуостарын бэрэссэдээтэлэ С.Г.Жирков, кэлин Ленин, Өктөөбүрүскэй Өрөбөлүүссүйэ, Үлэ кыһыл Знамята уордьаннар кавалердара, ССРС Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаата, ССКП 23 съеһин дэлэгээтэ буолбут Өрөспүүбүлүкэҕэ оччолортон биллэр киһи колхуоһугар специалистары үөрэттэрэ ыыталыыллара, быраактыкалаталлара. Тыа хаһаайыстыбатын үһүс кууруһун бүтэрбит кыргыттары быраактыкаҕа Туора Күөлгэ ыыппыттара.
Уйбаан ити тыраахтарыгар олорсор, өссө мин ыыттарарга көрдөһөммүн, аккаастаабакка ыыттарар буолан Уйбаанныын бодоруспуппут. Эбиитигэр, ыһыыга, сайын окко, күһүн болокуусанан бааһынаттан соломо таһаарыытыгар бирисиэпсиктээн, табаарыстаһан алтынньы 12 күнүгэр саахсаланан ыал буолбуппут. Күһүнүгэр кини тыраахтар өрөмүөнүгэр Ытык Күөлгэ СХТ-га үлэлии-үлэлии киэһээҥи оскуолаҕа тохсус кылааска үөрэнэ киирбитэ, мин техникуммар үөрэхпин салҕыы Дьокуускайдаабытым. Кэлин промкомбинат бүтүн оройуон киинин хааччыйар электростанциятыгар машиниһынан үлэлээбитэ. Үөрэхпин бүтэрэн дойдубар дуогабардаах Калинин аатынан колхуоспар агронуомунан ананан тиийбитим. Уйбаан сааһыгар онус кылааһын бүтэрэн эмиэ Ньурба Чуукаарыгар миэхэ көһөн тиийбитэ. Колхуоска киирбэтэр да, бастаан моой оттоон, бултаан баран саҥа ДТ-54 тыраахтар туттараннар от-мас тиэйиитигэр үлэлээбитэ. Отторун былыргылыы сыарҕаҕа атырдьаҕынан тиэйэллэрин иһин, ыйан-кэрдэн стоговоз оҥотторон тиэйэн махталларын-хайҕалларын ылбыта. Аҕыйах тиэхиньикэлээх, элбэх үлэтэ-хамнаһа суох колхуос этэ. «Халыҥ үөрбүттэн быһан аҕалбытыҥ» диэн дьээбэрэн хомуруйдар да, бастакы уол оҕолонон, ийэтин кыһын аайы аҕалан кыстатар идэлэнэн, араас күндү түүлээҕи: саһылыттан кииһигэр тиийэ, балыктаан-бултаан бэркэ олорон суоппар куурсугар үөрэнэр баҕаттан СПТУ-3 Ньурба чугаһыгар Маар дэриэбинэтигэр көспүппүт. СПТУ-га кини тырахтарыыстарга производственнай үөрэхтээһин маастарынан, мин агрономия предметин үөрэтэр учууталынан ананан улахан коллективка киирбиппит.
Алдьанан турбута ырааппыт ДТ-54 тыраахтары өрөмүөннээн үлэлэтиэҥ диэн сыһыарбыт тыраахтардарын, дойдутугар кыһыны быһа өрөмүөҥҥэ үлэлээбит уопуттаах буолан, начаас оҥостон сүүрдэн үлэлээбитинэн барбыта. Курсааннары тыраахтары ыытарга үөрэтэ таарыйа учуулусса араас тэрилтэлэргэ усулуугаҕа эмиэ ыыталыыра. Ол курдук, өрүс уҥуор турар Биллээх кыыл иитэр пиэрмэтигэр араас үлэлэргэ, «Марха» сопхуоска тутулла турар улахан кулууп тутуутугар бэрэбинэ таһыытыгар үлэлииллэрэ. Үчүгэйэ – хамнастарын төлүүллэрэ. Аны саҥа кэлбит ДТ-75 тыраахтары анаабыттара. СПТУ куорпуһа умайан хаалан өссө ыксаллаах, түүннэри-күннэри үлэҕэ түспүттэрэ. Бэрэбинэ кэрдэн Сата курдук ыраах сиртэн хамнастарын суотугар бэрэбинэ сыарҕанан таһаллара. Ити айаннарыгар мас көтөрө түбэстэҕинэ өлөрөн, саһыл суолугар хапкаан ууран ылара. Колхуоһугар алта сыл бултаабыта таайан Байанайа Чуукаарга үс, Маарга олорон эмиэ үс, уопсайа алта сылга алта саһылы үктэппитэ. Учуулуссаҕа араас оройуоннартан дьон үөрэнэ кэлэрэ. Өлөөн Ээйигиттэн сылдьар курсаан дойдутун булдун-аһын, колхуостара механизатордарга наадыйарын, Ньурба Хорулатыттан балтараа суукка айаннаан тиийэллэрин, уматыгы Ньурба нефтебазата хааччыйарын, ону кыһыҥҥы суолунан буочукаларынан таһалларын кэпсээн сүрэҕин өрүкүтэн Ээйиктииргэ дьулуспута. Үчүгэй үлэһиттэрин ыытыахтарын баҕарбаталлар да, баҕатын толорон ыыппыттара.
Оччолорго «Ээйик» колхуос өрөспүүбүлүкэҕэ хаалбыт икки колхуостан биирдэрэ этэ. Атына «Арктика» колхуос. Маай бырааһынньыга буолаары турдаҕына уматык тиэммит тыраахтарынан таһаҕаһын тиэнэн хорулалар парааттыы сырыттахтарына ааспыттар. Тиийбиттэрэ хаар хайдыбакка да турар дойдута буолбут. Үс сылга үлэҕэ дуогабардаһан, тыраахтар тутан тутуу буолар бэрэбинэни тиэйсибитинэн барбыт. Уопуттаах механизатор кэлбитин көрөн итэҕэйэн, дуогабара бүтэн барар колхуос мэхээнньигин оннугар дуогабарынан отут көлөһүн күнэ хамнаска ылбыттар. Тыраахтарынан үлэлээбитин курдук үлэлиир, мэхээнньигин үлэтэ эбии ноҕорууска эбит. Аҕыйах тиэхиньикэҕэ оннуга да ордук буоллаҕа! Сайын-күһүн от-мас үлэтэ, тиэхиньикэ сайаапкатын толоруу, нэһилиэккэ тутулла турар оскуола наадатын, сапчааһы, уматык тиийбэт түгэнигэр буочуканан уматыгы сөмөлүөт, вертолёт сайаапкалаһан Ньурбаттан аҕалтарыы буолара, арыт Дьокуускайга командировкаланан Ньурба СХТ-тыгар уу суолунан колхуос тиэхиньикэтин, сапчааһы, араас таһаҕаһы ыыттарааччы. Оннооҕор олохтоохтор аһыыр ууларын Сэймэкиит диэн биэрэстэлээх күөлтэн канистранан сүгэн таһалларын аһына көрөн, баһаарынай помпа, рукав булан аҕалтаран водопровод оҥорторон махталларын ылбыта. Дуогабара бүтэн, улахан уолбут оскуолаҕа киирэригэр Ньурба Антоновкатыгар дьиэ атыылаһан көспүппүт. Уйбааннарын колхуостарыттан араарымаары экспедиторынан өссө уонча сыл үлэлэппиттэрэ.
1981 сылтан 1993 сылга, пенсия сааһын туолуор диэри Ньурба сельхозтехникатын, кэлин РТП диэн ааттаммыта, тэрилтэтигэр массыыналары өрөмүөннүүр техническэй пуунугар слесарь-наладчигынан үлэлээбитэ. Дьэ бу сыллар этэ, билиитин-көрүүтүн толору туһанар, эбии уопут ылар, нууччаны-саханы кытта алтыһар, тэрийэр-дьаһайар дьоҕурун көрдөрөр сиппит-хоппут сыллара! Сүүстэн тахса араас мааркалаах массыналардаах «Ньурба» сопхуос автопаркатын массыыналара кини көрүүтүн-истиитин иһигэр киирэллэрэ. Ордук саас аайы ыыттыллар техосмотр кэмигэр түүннэри-күннэри үлэ буолара. Эдэр суоппардарга ордук болҕомтотун ууран, «учууталбыт» диир элбэх. Маҕан кыраасканы кэмчилээн систиэринэлэригэр «Вода», «Молоко» диэн оннугар мин «Уу», «Үүт» диэн суруйарга этии киллэрэммин суруйар буолбуттара, диэччи. Кырдьаҕас суоппардар «Уйбааннаах буоламмыт техосмотру өрүү үрдүк көрдөрүүлээх ааһабыт» диэн махтаналлара.
Тэрилтэтэ хас да сыл «Идэтигэр бастыҥ» ааты иҥэрбитэ. Бырааһынньыктар аайы Грамота, харчынан бириэмийэ ылара.
1993 сылга Сүлэ сир оҥоһуутунан дьарыктанар орто оскуолатыгар производственнай үөрэхтээһин маастарынан көспүтэ. Машиноведение уруогун эмиэ биэрэрэ. Оҕолорго чиҥ билиини биэрбитин түмүгэ – уоллуун кыыстыын бэйэлэрин массыыналарын ыыталлара туоһулуур. Оттон оскуола котельнайын үлэтэ, уунан хааччылыыта сиһэ да моонньо буолара. Итинник биэс сыл үлэлээн баран 1998 сыллаахха пиэнсийэҕэ барбыта. Биирдэ да ыалдьан бүлүтүөннэммэккэ, санаторийга, куруорка сылдьыбакка СӨ үлэтин бэтэрээнэ буолбута.
Үлэттэн тохтоон да баран араас тэрилтэлэр ыҥыран массыыналарын көрдөрөөччүлэр, мотуордарын, узелларын өрөмүөннэтээччилэр. Дьиэтин тиэргэнигэр табаарыстара, истиһэ-истиһэ атын да дьон массыыналарын көрдөрөллөрө-иһитиннэрэллэрэ, өрөмүөннэтэллэрэ. Оҥорбута табыллыбата дииллэрин истибит суох. Оннооҕор төлөпүөнүнэн Ээйик курдук ыраах сиртэн эрийбиттэригэр «Урал» массыына головкатын этэн биэрэн регулировкалатан, махталларын ылан турар. Сүбэ-ама ылааччы ахсаана суоҕа. Тиэхиньикэ луохтуура диэн ааттааччылар.
Бүтэһик сайыныгар ДВШ-16 мотуорун оҥотторо аҕалбыттара. Соҕотоҕун эргитэн-урбатан оҥорон баран, “тэрилтэлэр эстэн кустарщина буолбута куһаҕан даҕаны эбит” диэн бэлиэтээбитэ.
Дойдутун бастыҥ уустарын Дьөгүөр Суукуну, тимир ууһа Сэдээйи, Тиит Уоһукабы, бииргэ үөскээбит таабарыстарын Өлүөсэ Баһылайабы, Сараап Оруоһуну, Уйбаан Ньохчойоонобу, Сеня Айанньыытабы уоһуттан түһэрбэтэ. Бэрэссэдээтэлин Сэмэн Суркуобу, биригэдьиирдэрин Арамаан Чупуруобу, Хабырылла Хаптаҕаайабы, Көстөкүүн Бойтуунабы, Баһылай Дьаарайабы ахтар-саныыр буолара. Холкуос хоһуун үлэһит кырдьаҕастарын Силип Элээкэби, уолун Охонооһой Элээкэби, Бурсуй Уйбааны, Күүстээх Уйбааны, Лөгөнтөй Пиниигини о.д.а., хастарын умнубутум биллибэт, өрүү кэпсээччи. Тырахтарыыстарын да ахтара. Ол үгүс кэпсээнтэн биирин-иккитин эрэ өйдүүр эбиппин.
Куоталаһыы күүскэ тэриллэр эбит. Ыар Ыйааһын, өссө Саппыкы диэн ааттаах тырахтарыыс, оннук үлэһитинэн аатырбатах, ордук көрү-нары өрө тутар, хормуоскалыырын ордорор киһи биир сыл сымнаҕас хорутуу гектарынан барыларын кыайан тахсыбыт! Таайан-таайан, арба хорутууга быраактыкаҕа кэлбит нуучча кыыһа симиэнсигинэн киниэхэ сылдьыбыта, үлэһитин сөҕөллөрө, ол кыыс Киирсэ Саппыкыны хром Саппыкы оҥорбут эбит, диэн таайан ылбыттар.
Күһүҥҥү хорутууга үлэлэрин бүрээт Никифор Николаевич Гомуев агронуом күн аайы төһөнү хоруппуттарын быалыыр, дириҥин тимир элиниэйкэнэн кээмэйдиир, эн Ника Багынаанаптан хоттордуҥ, диир үһү. Хайдах сарсыарда эрдэттэн киэһээ хараҥарыар диэри үлэлиир эрээри, күн аайы куоттарар баҕайыбыный диэн мунааран Никаны биирдэ көрсөн кэпсэппитэ, эн Уйбаантан куоттаран иһэҕин диэн эмиэ күн аайы элбэҕи үлэлэтээри этэрин билэн сиргэ силлээбиттэр. Сарсыарда аайы чэйдии олорон салгыбакка дойдутун, дьонун туһунан хат-хат да кэпсиир буолара. Дэлэҕэ, 2012 сыллаахха 75-с сааһыгар бу олохтон барбытын кэннэ «Сэрии кэмин оҕото» диэн кинигэ таһаартарыам дуо?
Уйбааным биһикки үс оҕолонон, түөрт сиэннэнэн, биэс уон сылы эрэ кыайбат кэмҥэ дьоллоохтук да олорбуппут! Өссө хос сиэннэрдэннибит.







2012 сыллаахха кэргэним Иван Яковлевич оҕо эрдэҕинээҕитин ахтан суруйбутун «Ахтыылар» сайтка ыытабын. Өлбүтэ үс сылын туолуутугар, 2015 сыллаахха “Сэрии кэмин оҕото” диэн кинигэни Кыайыы 70 сылыгар анаан, аҕыйах экземплярынан таһаартарбытым. Онно кини бу ахтыыта киирбитэ.
Үлэ бэтэрээнэ, механизатор Павлов Иван Яковлевич (1937-2012) ахтыыта

– Мин ийэм Павлова Мария Давыдовна Чурапчы Арыылааҕар Поповтар диэн халыҥ аймах дьонтон төрүттээх. Аҕам Павлов Яков Иванович Таатта, Дьүлэй нэһилиэгин киһитэ, бииргэ төрөөбүт төрдүөлэр эбит.
Ийэм сааһын тухары оччотооҕу “Күүһү түмүү” холкуоска 28 сыл ыанньыксытынан үлэлээбит, онтон окко уонна холкуос ханна ыытар да барытыгар илиитин араарбакка сылдьан 77 сааһыгар олохтон барбыта.
Аҕам эмиэ холкуос араас үлэтигэр: тутууга, үксүн булка, таһаҕас таһыытыгар сылдьыбыта үһү. Кини мин кырабар өлбүт буолан дьон кэпсээниттэн эрэ билэбин, инньэ гынан аҕабын бу диэн өйдөөбөппүн. Дьонум уон түөртэ оҕоломмуттарыттан икки уол ордон сылдьабыт. Бэйэбиттэн балтараа сыл балыс бырааттаахпын. Онон аҕа, эһээ, эбээ диэн өйдөбүлэ суох улааппыппыт. Билигин 75 сааспар үктэнним.
Ийэм кэпсииринэн, миигин уон иккис оҕонон төрөппүт. Эрдэ төрөөбүттэр, биир убайбыттан уратылара, кыраларыгар өлбүттэр. Ол убайбыт да уһаабатаҕа. Ийэм: “Уйбааммын (ол аата миигин) үлэбин-хамнаспын бүтэрэн баран, киэһэ уот умуллуута оҕоломмутум уонна сарсыарда үлэбэр тахсыбытым”, – диирэ. Киэһэ уот умуллуута диэн, былыргы ыал утуйалларыгар көмүлүөк оһох уота бүтэн умулларын ааттыыллар. Билиҥҥи курдук балыыһа эҥин диэн суоҕа, дьахтар дьиэтигэр оҕолоноро, оччолорго кэмэ оннук этэ. Аны ийэм саҥа төрөөбүт оҕону, эмиийин тумуга букатын да айылҕаттан суох буолан, ынах үүтүнэн аһаппыттар. Өссө ынах уоларын саҕана сиҥэнэн эрэ аһатар эбиттэр. Хайыаҥый, туһугар кыһалҕа буоллаҕа! Оччотооҕу туруорбах балаҕан хотону кытары сыһыары тутуллара, көмүлүөк оһохтооҕо, муостата суоҕа, муус түннүктээҕэ, кырыарбыт истиэнэни сырса мас ороннордоох буолара. Өссө ол дьиэлэригэр аны хас да ыал дьукаахтаһан кыстыыллара. Оннук тымныыга, киргэ-хоххо оҕо эрэйдээх тымныйара-ыалдьара кэмнээх буолуо дуо?
Былыр сахаҕа сэллик, трахома ыарыы элбэҕэ. Киһи үксэ ол ыарыылартан сыстыһара. Билиҥҥи курдук хантан суунар таас, урукумуонньук кэлиэй, сарсыарда турдулар да саха ууһа оҥорбут тимир хомуоһунан уһааттан муус уута баһан аҕалан холумтаҥҥа ууран кэбиһэллэрэ. Онтон бары уочаратынан омурдан ылан буор муостаҕа сирэйбитин суунарбыт. Киһи аайы соттор кэлиэ дуо…
Ханнык ааттаах сиргэ төрөөбүппүн ыйыттахпына ийэм: “Норгу диэн сиргэ төрөөбүтүҥ, Норгу оҕобун үчүгэйдик оҕолообута”, – диэн махтанар буолара. Кэлин дьонтон ыйдаран тиийэн көрө сылдьыбытым да, соччо биллибэт-көстүбэт үрүйэ эҥээрэ сир эбит этэ, өтөҕүн оннун да булбатаҕым.
Ону-маны ыйдаҥардан өйдүүрүм 3-4 сааспыттан саҕаламмыт эбит, аҕабын быһыта-орута өйдүүрбүттэн сылыктаатахпына. Сэрии саҕаламмыт сылыгар буолуон сөп, дойду сирэ курааннаан от үүммэккэ, ыраах үрэхтэр бастарыгар оттоон, онно хотонноох балаҕан, күрүө-хаһаа тутан, холкуос сүөһүтүн таһааран кыстаталлара. Ол дьыл күһүнүгэр, эрдэ соҕус, сир харатыгар хас да ыалы Кириэс Халдьаайыга Оттоох үрэҕэ диэҥҥэ кыстата, сүөһү көрдөрө таһаарбыттара. Аара оҕус сыарҕатыгар малбытын тиэйэн, сүөһүлэрин үүрэн, аһаҕас сиргэ эбэтэр өтөх түбэстэҕинэ олорго хоно-хоно айаннаабыппытын быһыта-орута өйдүүбүн. Убайым үөрэнэр буолан дойдутугар хаалбыт, быраатым баарын тоҕо эрэ өйдөөбөппүн. Онно Хаадьыма диэн сиргэ тиийэн кыстаабыппыт. Убайдыы-бырааттыы Кириһээйдэр диэн Кириэс Халдьаайы холкуоһун булчуттара ыалынан олороллоро, биирдэстэрэ кэргэннээх, мин бараллаата саастаах уоллаах кыыс оҕолордоох этилэр. Кинилэри кытта таһырдьа бииргэ оонньуурбут. Ампаардарын кэннигэр сүүнэ улахан эһэ тириитэ хатарыллан турарын көрөөччүбүн. Ийэлэрэ ыарыһах быһыылааҕа, куп-кубаҕай дьахтар куруук сытан тахсара. Биһиги, Силип Элээкэп эмээхсининээн, сиэннэрэ Петя, мин саастыыта уол, Уоһукап Мэхээлэ кэргэнинээн уонна Килииҥкэ диэн сулумах киһилиин дьукаахтаһан кыстаабыппыт. Кэтэх сүөһүлээх суоҕа уонна от суоҕуттан кэтэх сүөһүнү барытын холкуоска холбообут үһүлэр, биһиги икки ынахпытын эмиэ. Онон идэһэлээх ыал суоҕа, хата кыһыны быһа куобах этинэн аһыырбытын өйдүүбүн. Эр дьоммут үлэлэрин быыһыгар туһахтыыр эбиттэр. Хантан ылаллара буолла, арааһа чугас бириискэттэн дуу холуонньаттан дуу, куобах этигэр сыалыһар быара, мокоруон мэнэйдэһэн аҕалар этилэр. Оччотооҕу холкуостаах ханнааҕы харчытынан атыылаһыай. Сыалыһар быарын хочулуок курдук иһиккэ уган, оһох иннигэр ыйаан кэбиһэллэрэ ууллан арыы буолбутугар лэппиэскэ умньаан сиирбит.
Ыалларбыт биирдэ айаҕа өлбүтэ ырааппыт тайах этин бэрсибиттэрэ. Урут амсайбатах дьоҥҥо сыта-сымара киһи сиэх буолбатах этэ. Тыаһыттар куобаҕы ат сыарҕатыгар өрөһөлүү тиэйэн аҕалаллара.
Сааһыары дьиэлэрин адьас таһыгар туох эрэ булуус курдук оҥкучаҕы хас да күн сыралаһан хаспыттара. Ону биһиги дьоммут ыйыттахтарына: “Ийэбит бэргээн өлөрө чугаһаата, ол иинин хаһабыт, бу үлэ-хамнас саҕана үлэ көҕүрэтэбит”, – диир эбиттэр. Онтон сотору, сарсыарда оҕолоро: “Ийэбит баран хаалла”, – диэн киирбиттэрэ. Оҕолору биһиги дьоммут аһатан бараннар, уоскуйбуттарын кэннэ биһигини кытта оонньото таһаардылар. Оҕолор оҕо курдук, сотору үөрэ-көтө оонньоспутунан барбыттара. Мин саастыыта уоллара “кыыл өлөрдүбүт” дии-дии мас сыыһын быһах гынан тоҥ сылгы сааҕынан сытыылыырын өйдөөн хаалбыппын. Бука кэлин, үрэх баһыгар үөскээбит оҕо дьонун курдук булчут бэрдэ буоллаҕа.
Ол курдук саас хаар ууллан эрдэҕинэ, дойдубутугар көһөн киирэн иһэрбитин өйдүүбүн. Онно Таатта атын холкуостара эмиэ ол эргин сүөһү кыстатан баран көһөн киирбиттэрэ. Аара ыран охтубут сүөһү өлүгэ элбэҕэ. Оннукка эр дьон арыый куҥнаахтарыттан элийэн ылан буһардахтарына, туох да амтана суох буолар эбит этэ. Хата, тириитин илдьирийиэр диэри оргуттахха кэм амтана биллэр курдук буолара. Суолтан чугас кыһыҥҥы булчуттар куобахтарын сэмнэҕэ туртайа сытарын хомуйан үссэнэрбит. Чочунаах бытыгыраан эрэрин үргээн мииннэригэр куталлара. Аччык аргыстаах бэрт эрэйдээх айан быһыылааҕа. Үрэх сир соппоҥ отугар кыстаабыт көлөлөрбүт ыран хааллахтарына, ынахтарынан солбуйа сатыыллара. Миигин, түөртээх бэдиги, таһаҕас көҕүрэтэн сатыылаталлара биир туспа мучумаан. Ол айаммытыгар аҕам баарын-суоҕун өйдөөбөппүн. Кэлин улаатан баран аҕам бииргэ төрөөбүт убайын уола Уйбаан Омуоһабыстан ыйыталаспытым. Киниттэн истибиппинэн, аҕам ол саас чугастааҕы хаайыылаахтар холуонньаларыгар саһаан бэлэмнииргэ кэпсэтэн үлэлээбит. Көһөн киирэрбитигэр ол үлэтин туттараары хаалбыт. Уонна быһымахтык ыалдьан сонно өлбүт. Ону дойдутугар биллэрбиттэригэр Сантынов Василий Иванович диэн биригэдьиир Кириэс Халдьаайыга тахсан уҥуоҕун тутан киирбитэ үһү. Убайбыттан Уйбаан Омуоһабыстан аҕам өлүүтүн туһунан истибитим итинник. Ийэм кырабар даҕаны, улааппытым да кэннэ аҕам туһунан кэпсээбэт этэ. Онон бырааппынаан 3-4 сааспытыттан аҕата суох, ийэбит көрүүтүгэр-харайыытыгар улааппыппыт. Кириэс Халдьаайыттан көһөн киирэн баран ийэм Игидэй оскуолатыгар остуорастаабыта. Хайдах атын нэһилиэккэ көһөн үлэлээбитин билигин да өйдөөбөппүн. Убайым, бука, ол оскуола интэринээтигэр ылылыннаҕа.
Сут-кураан мэҥэстэн, холкуоспут дьоно үксүлэрэ сүөһү көрө араас оройуон үрэҕин баһыгар кыстаабыт эбиттэр. Аҕам убайа, абаҕам Көстөкүүн кэргэттэринээн Уус-Маайа оройуонугар кыстаан, кэргэнин, икки кыыһын ол дойду буоругар хаалларан киирээхтээбит. Аччык, аас-туор кэм буолан киһи өлүүтэ элбэх эбит. Мин убайым Сэмэн, быраатым Баанньа иккиэн ыарыһах этилэр. Ийэбинээн биирдэ эмэ ыалга бардахпытына, чэйдээн баран аһылыктарыттан кыра лэппиэскэ сыыһын эҥин кыра уолбутун аһатаары кэһии курдук илдьэ кэлээччибит. Ас оннук кэмчи, кыра да ас күндү кэмэ этэ. Игидэйтэн дойдубутугар көһөн киирэн баран ийэбит сайын окко үлэлээбитэ. Сарсыарда биһиги утуйа сыттахпытына барбыт буолара. Биирдии кыра миискэ хааһы оҥорон хаалларбытын тымныылыы сиирбит, күннээҕи аһылыкпыт онон бүтэрэ. Таҥас-сап кэлиэ дуо, атах сыгынньах, таҥаһа суох сылдьарбыт. Таспытыгар холкуос үүтүн сэппэрээтэрдиир дьиэ баара, хааһыбытын сиэн баран онно тахсан холбуй үүт күүгэнин сиирбит, ону боппот этилэр. Син испит көппөйөр этэ буолан баран, тахсан иһэн кэҕэртибит да “хоос “ гына түһэрэ, күүгэн буоллаҕа дии! Кэлин ийэбит: “Ходуһаҕа окко сылдьан өйүө таһааччы икки киилэ курдук суораты аҕаларын сиэн баран, киэһэ хараҥа буолуор диэри үлэлиирбит, аччыктыырбытын билимээри испитин хам курданан баран сылдьарбыт”, – диэччи. Оччолорго сүрүн аспыт үксэ хааһы, ардыгар лэппиэскэ буолара. Курааннаан бурдук үүммэтэ даҕаны аччыктыырга, хоргуйарга бараҕын. Кыһынын ийэбит сүөһү көрөрө. Уһун Эбэҕэ кыстыыр. Убайым Чөркөөххө тастыҥ эдьиийэ Бороскуобуйа Омуоһабыналаахха дьиэлэнэн сэттис кылааска үөрэнэ барбыта. Бороскуобуйа кэргэнинээн Тимэппий Бөтүрүөбүстүүн учууталлар.
Уһун Эбэ диэн үрэх эҥээригэр турар, анды түһэр улахан күөллээх кыстык сир. Сүүнэ улахан балаҕаҥҥа биэс-алта ыал дьукаахтаһан кыстаабыппыт. Оччотооҕу саха дьоно сылга үстэ көһөн, кыстык кэнниттэн сайылыкка, онтон күһүн от үлэтэ бүтэн, от күрүөлэммитин кэннэ оторго, хаар эрэ түһүөн иннинэ төттөрү кыстыкка көһөн олорорбут. Оннук кыһыны кыстаан баран, саамай үөрүүлээх кэм сайылыкка тахсыы буолара. Халлаан сылыйан, от-мас көҕөрөн, көтөр-сүүрэр үксээн кырдьык да саха киһитигэр кэрэ кэм. Бары атын-атын алаастарга кыстаан бэйэ-бэйэлэрин кыс устата көрсүбэтэх оҕо-дьахтар мустан үөрүү-көтүү, өрө көтөҕүллүү бөҕөтө. Биһиги сайылыыр сирбит Тордохтоох пиэримэ – баай Боссокуоптар сайылыктара үһү. Сайылыкка хас да пиэримэ түмсэн элбэх ыал сайылыыра.
Тордохтоох сүрдээх киэҥ, элбэх күөллээх, айылҕа анаан айбыт сирэ этэ. Сыыр үөһэ таҕыстыҥ да дьэдьэн эргэ солооһуҥҥа көбүөрү тэлгэппит курдук кытара сытар, ол кэннигэр куруҥҥа моонньоҕон, хоту өттүнээҕи халыҥ ойууругар күһүн отоно дэлэйэ. Күөллэригэр араас кус, ойууругар куобаҕа элбэҕэ. Кэлин борбуйбутун көтөҕөн баран ытынан кус, куобах оҕотун туттаран ыалларбытыгар миин иһэрдэрбит.
Оччолорго ынаҕы күҥҥэ түөртэ ыыллара, биһиги оҕолор кырабытыттан ийэлэрбитигэр көмөлөһөрбүт. Ынах хомуйааһына, көмүлүөк оһоххо абырҕал таһыыта, суорунаҕа хонук лэппиэскэ бурдугун тардыыта оҕо үлэтэ буолара. Күҥҥэ биирдэ, ону даҕаны дьоммутуттан көҥүллэтэн, сөтүөлээн кэлэрбит, өр буолааччыбыт суох. Ыйыы оннук буолара, онон оонньуурга-көрүлүүргэ да бириэмэ кэмчитэ.
Кыһынын оҕолор дьиэҕэ хаайтарарбыт, таһырдьа наадабытыгар эрэ быгыалаһарбыт, таҥас-сап кырыымчыга да быдараҥнаппата. Сарсыарда дьоммутун кытта тэҥҥэ турарбыт. Бары сүөһүлэригэр тахсыбыттарын кэннэ дьиэ миинньиктээһинэ, муус түннүк кырыатааһына быраатым биһикки күн аайы халбаҥнаабат үлэбит буолара. Онтубутун сыыһа-халты бүтэрэ охсоот хабылык-хаамыска, сороҕор талах дуобат биһиги сүрүн дьарыкпыт этэ. Дьоммут хотонтон төһөҕө киирэллэрин чаһыыта да суох эндэппэккэ билэрбит. Күнүскү чэйгэ ыал сылабаарын барытын оргутан, дьоммут киирэллэригэр бэлэм гынарбыт. Онтулара да сиирэ-халты чэйдээһин, сүөһүлэрин аһатар, ойбонтон уулаабыттарын кэннэ хотону буллартааһын түбүгэ. Ол икки ардыгар кыһыҥҥы кылгас күн киирэн, киэһэ буола охсоро. Эр дьон отторун тиэйэн, хотон таһынааҕы балбааҕы бааһынаҕа таһан баран, киэһэ халлаан хараҥарыыта аны хонук мастарын эрбээн-хайытан, салаасканан хаста да кырынан балаҕан аанын аһан туран иһирдьэ тамныыллара. Ону көмүлүөк икки дьайыҥар симэрбит. Оһохпут хара сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри биир сыарҕа маһы сиирэ. Онтон киэһэ хонук аһылыкка күөс өрүү, бурдук тардан лэппиэскэ буһарыы түбүгэ. Туорах бурдук лэппиэскэ буолуор диэри элбэх сыраны эрэйэрэ. Ол курдук, тоҥ бурдук куолаһын таһыттан киллэрэн улахан лиискэ кутан оһох үрдүгэр хатарыллар, хаппытын кэннэ сарсыныгар кэлиигэ кутан соҕооччугунан хаҕа арахсыар диэри сынньыллар. Ол аата кэлиилээһин дэнэр. Хаҕа арахсыбытын кэннэ туос чабычахха кутан таһырдьа таһааран сиксийэн хаҕын-бөҕүн тыалга көтүтүллэр. Онтон суорунаҕа тардан мээккэ бурдук оҥоһуллар, ол мээккэ бурдугу ситэри арахсыбатах бөҕүн кыл сиидэҕэ кутан сиксийэн ыраастаныллар. Дьэ ол эрэ кэнниттэн лэппиэскэ оҥорон, анал тимиринэн оҥоһуллубут сибээскэ өйөннөрөн көмүлүөк оһох суоһугар сырайан буһарыллар. Ону уот сиэбэтин диэн манааһын оҕолор биһиги үлэбит, көрөн туран эттэхпитинэ ийэбит кэлэн эргитэн биир өттүнэн уурар. Хайдах да муҥнанан биир лэппиэскэттэн ордугу оҥорбоккун, ол хонук аспыт. Элбэх ыалга суорунабыт биир буолар, уочаратынан бурдук тардынаҕын. Ким киэһэ хойут, ким сарсыарда эрдэ туран суоруналыыр. Киэһэ хойукка диэри суоруна тыаһа, билиҥҥи муусука тыаһын курдук, киһи кулгааҕыттан сүппэт.
Киэһэ аһылыгы аһаан баран ийэлэрбит көмүлүөк оһох сырдыгар түүн үөһүгэр диэри иистэнэллэр, таҥас-сап абырахтыыллар, ынах быата хаталлар. Эр дьон тымтык тыыраллар, күрдьэх оҥороллор. Ити дьиэтээҕи үлэлэр киэһэ, сарсыарда эрдэ толоруллаллар. Күнүс дьиэҕэ иллэҥ киһи суох буолар. Бары хотоҥҥо, эр дьон дьиэ, хотон ис-тас үлэтигэр сылдьаллар. Күн аайы бүппэт, өрүү хатылана турар үлэлэр. Киэһэ хараҥарыыта биир эмит уола илик ынах баар буоллаҕына, ийэбэр биир көтөх тымтыгы тутан тахсыһабын.
Ол кыһын биһиэхэ ыараханнык дьааһыйбыта. Үөрэнэр оҕолор уһун өрөбүллэрэ чугаһаан, биһиги убайбыт кэлэрин эрдэттэн кэтэспиппит, санаабытыгар кэһиитин аҕалыа диирбит. Дьукаахпыт оҕолоро кэлитэлээбиттэрэ. Биһиги убайбыт тымныйан аҕыйах хонукка ыалдьан өлбүтүн Чөркөөхтөн эдьиийэ Бороскуобуйа Омуоһабыналаах ийэлээх аҕалара Муҥур Үрэххэ кыстаан олороллоругар таһаарбыттар диэн илдьит кэлбитэ. Ийэм онно баран уолун көмсөн, уҥуоҕун тутан кэлбитэ. Улаханнык аймаммытын өйдөөбөппүн. Кэлин санаатахха, ыарахан охсуу буолуохтаах! Биһиги кыралар буолан соччо дьаалайбатах дьон буолуохтаахпыт. Убайбыт кырыы дьааһыктаах этэ, онтукатыгар үөрэнэр кинигэлэрин уонна икки мас бэстилиэти (биһиэхэ кэһиитэ буолуо) укта сылдьарын ийэбит биэрбитинэн оонньоон аралдьыйан хааллахпыт.
Мин кэм улахан буолан, ийэбин кытта хотоҥҥо өрүү көмөлөһө сылдьааччыбын. Онно атын дьахталлар бары үлэлэрин бүтэрэн киирбиттэрин кэннэ, ынах ыы олорон туох да саҥата суох, арыт саҥа таһааран өр баҕайы ытааччы. Кэлин кэпсииринэн, аһыыта-абата түмүлүннэҕинэ ытаан көхсүн кэҥэтэр эбит. Маны суруйар миэхэ сүрдээх ыарахан. Ону хайыамый, баарынан ахтарга тиийиллэр!.. Онтон ыла тулаайах оҕо, улахан да киһи ытыырын отой тулуйан истибэт буолбутум. Ийэм ытыырын саныы түһээччибин.
Ийэбит икки оҕотун кытта соҕотох туран хаалан баран, сүөһү көрүүтүттэн илиитин араарбатаҕа. Сэрии бүттэҕин кыһыныгар холкуоспут сүөһүтэ суох ыалларга барыларыгар биирдии ынаҕы биэрбитэ. Сэрии саҕаланыытыгар ылбыт сүөһүлэрин суотугар быһыылааҕа. Өҥ сыл саҕаланан, от-бурдук үүнэн уонна ынахтанаммыт кэм аһыыр астаммыппыт, олох көнөн барбыта. Улаатан туһа дьоно буолан испиппит. Саас чочунаах, үөрэ отун хомуйарбыт, хатыҥ үөстүүрбүт. Хатыҥ үөһүн хатаран баран чэйгэ булкуйаллара. Күһүн бурдук хомуурун кэниттэн бааһынаҕа хаалбыт бурдук туораҕын итигэстиирбит, кутуйах хаһаастыырбыт. Күһүнү быһа бырааппынаан кыстыыр бурдукпутун сорох дьыл булунааччыбыт. Оччолорго куобах элбэх этэ. Күһүн үлэ үмүрүйбүтүн кэннэ холкуос үлэһиттэрин үс күн куобахтыылларын көҥүллүүллэрэ. Куобаҕы элбэх буолан күрэтэн бултууллара. Ыаллар аҕалара куобах бөҕөнү бултаан аҕалаллара, онно ымсыырыы бөҕө. Биһиги аҕалаахпыт буоллар эмиэ итинник куобах аҕалыа этэ дии саныырым. Мин улааттахпына хайаан да булчут, үлэһит буолан ийэбэр көмөлөһүөм диэн аны улаата охсорбун кэтэһэр киһи буолбутум. Тулаайах үөскүүр диэн оҕоҕо өй-санаа, кырыымчык олох өртүнэн улахан охсуу, баттыгас. Ону отой кырабыттан өйдөөбүтүм. Аҕалаах оҕолору ордук саныырым. Ол санаам бэйэбин кытта тэҥҥэ улааппыта.
Биир күһүн Бэттиэмэлээх алааска отордообуппут. Бырааппынаан күн аайы бурдук итигэстиирбит. Ол олордохпутуна тастыҥ убайым Куоста Баабылап кэлбитигэр ийэбит: “Бырааттарыҥ бурдук бөҕөнү ылҕаатылар”, – диэн сонунун кэпсээбитэ. Онуоха убайбыт: “Биһиэхэ бурдук итигэстиир киһибит суох, барсан бурдукта итигэстээ”, – диэн миигин Туора Күөлгэ илдьэ кэлбитэ.
Хонон баран, сарсыарда аан аһаҕас холуодатыгар өйөнөн турдахпына, сыыры таҥнары түһэн, килэбэчигэс саппыкылаах мааны баҕайы киһи дьирэлдьийэн чопчу миэхэ тиийэн кэллэ. Үгүс кэпсэтии суох: “Массыанньык, тоҕо үөрэммэккэ сылдьаҕын, манна тугу гына тураҕын?” – диэн буолла! Кырдьыгынан: “Абаҕам аахха бурдук итигэстии кэлбитим”, – диэтим. “Түөкүн, өссө эн холкуос бурдугун уораары сылдьар эбиккин!” – диэтэ да саҕабыттан ылан онно-манна үктэннэрэн оскуолаҕа аҕалла. Кылааска киллэрэн оҕолору кытта олордон кэбистэ.
Оскуола абаҕам аах дьиэлэриттэн чугас этэ. Мин куттаныы бөҕөнү куттанным, ыксал буолла! “Мантан таһаардаллар эрэ дьиэбэр күрүөм, ийэбэр тиийдэрбин эрэ миигин ким да тыытыа суоҕа”, – дии санаатым. Ийэм сүрдээх көмүскэс, эрэнэрим эрэ кини.
Учууталым тэһииркээбиппин биллэ быһыылаах, киһилии кэпсэтэн, тэтэрээт, харандаас биэрэн дьэ уоскуйдум. Билэр оҕолорум да бааллар. Ити оскуолаҕа аҕалбыт киһим Николай Прокопьевич Бояров учуутал эбит.
Бүтэһик уруок кэннэ учууталтан: “Дьиэбэр баран таҥаспын уларыттан, ийэбэр үөрэнэр буолбуппун этэн кэлиэм”, – диэн көҥүллэтээччи буоллум. “Сарсыарда хайаан да кэлэҕин”, – диэн син көҥүллээтэ.
Дьиэм дэриэбинэттэн алта биэрэстэ, тиийэн ийэбэр кэпсээтим. Ол киэһэ таҥаспын-саппын бэрийэн: “Кытаатан мэниктээбэккэ-хайаабакка сылдьаар”, – диэн сэрэтэн, ийэм сарсыарда эрдэ туруоран оскуолабар ыытта. Оҕордук абаҕам аахха дьиэлэнэн уонча хонукка үөрэнним. Дьахтар учуутал саҥа кэлэн, маҥнайгы кылааһы үөрэтэр буолла, аатын өйдөөбөппүн. Оҕолору кытта бодоруһан, кэлин мэниктиир эҥин буолан бардым. “А” буукубаны билэ илик киһини учууталым дуоскаҕа суруктаах кумааҕыны ыйыы-ыйыы: “Бу эн буруйуҥ туһунан сурук”, – диэн куттуур. Мин тулаайах киһи сүрдээх хоргуспун, инньэ гынан олус куттанабын. Онтон сылтаан үөрэниэхпин баҕарбат да буолан хааллым. Ол ыккардыгар күһүҥҥү халлаан сөрүүдүйэн ийэм отортон дэриэбинэттэн икки биэрэстэлээх Муҥур Үрэххэ сүөһү көрө кэллэ. Абаҕам аах сүөһү үлэтигэр ананан биһиэхэ дьукаах киирдилэр, биир кырдьаҕас эмээхсин уонна сулумах кыыс олорсор буоллулар. Онон дьиэбиттэн сылдьан үөрэнэбин. Сорох күн оскуолабар тиийбэккэ, отонноон сиэн эҥиннээн баран төннөн кэлэбин. Түүн утуйа сытан сымыйанан ынчыктаатахпына, ийэм сол күн үөрэхпэр ыыппат. Оҕордук албаһыран сүгүн үөрэммэккэ сырыттахпына, ийэбин уонна абаҕам ааҕы дэриэбинэттэн ыраах – Чурапчы Арыылааҕын чугаһыгар Аҥхайга көһөрөр буоллулар. Онно көһөр буолбуппутуттан хата мин үөрүү бөҕө буоллум. Интэринээт диэн суох быһыылааҕа, хайдах сатыы оччо ыраахтан сылдьан үөрэниэхпиний? Ийэм да ыалга дьиэлии сатаабата, саллыбыта бэрт буоллаҕа! Онон үөрэнэн бүттүм, дьиэ иһинээҕи үлэһиттэр буолан бырааппыныын кыстаатыбыт. Чурапчылыыр суол таарыйата буолан, кэлэр-барар айан дьоно чэйдээн ааһаллара. Аны санаатахха, Ааллаахха таһаҕас тиэрдээччилэр уонна, сэрии бүтэн, дьон арҕааттан кэлитэлээн эрэр кэмнэрэ эбит.
Эһиилги күһүнүгэр ийэм, үөрэх аһыллыытыгар, Ытык Күөлгэ оҕуһунан киллэрэн аҕам бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Ермолаева Маайа эмээхсиҥҥэ дьиэлээтэ. Маайа эмээхсин улахан уола Ермолаев Василий Иванович милииссийэҕэ үлэлиир, кэргэннээх, Ваня диэн алтыска, Еля диэн төрдүскэ үөрэнэр оҕолордоохтор. Милииссийэ уопсайыгар олороллор. Өссө сэрииттэн саҥа кэлбит эмиэ аҕам бииргэ төрөөбүт убайын уола Хабырыыл Омуоһабыс Баабылап дьиэлэнэр. Кини райОНО-ҕа үлэлиир быһыылааҕа. Соҕотох үлэһит хамнаһыгар олорор буолан олохторо кырыымчыга.
Ытык Күөл оскуолата икки этээстээх, оһоҕунан оттуллар мас дьиэ. Биһиги олорор сирбититтэн тэйиччи. Маҥнайгы кылаас оҕотугар кыһыҥҥы тымныыга ыраах сир. Оскуолабыт кыһын наһаа тымныы, учууталбыт истээх таҥастаах сылдьара, чэрэниилэбит хам тоҥон хаалара. Саатар сарсыарда ороммутуттан тураат, аһаабакка кэлэрим! Маайа эмээхсин, кырдьаҕас киһи эрээри, сарсыарда уолун, убайбын, миигин чэйдэтэн ыыппатын билигин сөҕө саныыбын. Ийэм сыарҕа суола турбутун кэннэ эт, тоҥ үүт, тар эҥин аҕалбыта. Туора Күөлтэн Ытык Күөл икки арда түөрт көс кэриҥэ. Кыһыҥҥы тымныыга оҕуһунан айанныырга ыраах сир. Ол кыһын куордааммын хас да хонукка сытан турдум. Маҥнайгы кылааһы бүтэрэн саас хаар хараарбытын кэннэ дойдубуттан киирэ сылдьар киһини булсан, атыгар мэҥэстэн, дьиэбэр тахсыспытым. “Олорбут ыалым астара суох, сарсыарда аһаабакка эрэ оскуолаҕа барабыт, эн ас аҕаллаҕыҥ утаа үчүгэйдик аһаабыппыт”, – диэн үҥсээччи буоллум. Ийэм: “Оччоҕо аны күһүн эдьиийиҥ аахха, Татьяна Афанасьевнаҕа олохтуом”, – диэтэ.
Күһүнүгэр эмиэ оҕус сыарҕатыгар утуйар таҥаспын кытта Ытык Күөлгэ киллэрэн, аны эдьиийим аахха дьиэлээн үөрэттэрдэ. Татьяна Афанасьевна саха тылын учуутала, ийэлэрэ Мааппа эмээхсин мин ийэм бииргэ төрөөбүт эдьиийэ. Татьяна Афанасьевна кэргэнэ Пётр Петрович Голиков райком сэкэрэтээрэ, уоллаах кыыс оҕолоохтор. Оскуола аҥар кынатыгар, кыра хоско олороллор. Аана диэн сэттискэ үөрэнэр эдьиийим тастыҥ балта кинилэргэ дьиэлэнэр. Ол хоспутугар онон сэттэ буолан олоробут. Оччотооҕу кэм оройкуомун сэкэрэтээрэ, хор, оннук усулуобуйаҕа олорбут эбит! Дьэ, ас-үөл талбыта! Оскуола иһигэр олорор буолан ыраах хаампакка, тоҥмокко-хааспакка абыраммытым. Маҥнайгы кылааска үөрэниэхпиттэн ахсааҥҥа отой мөлтөх этим уонна кыахпын ылларан үөрэтэ да сатаабат этим. Үс сыанаттан өрөйбөтөҕүм. Ол оннугар, үһү ылар инниттэн, шпаргалканы туттарга маастар буолбутум. Оннук үөрэммит киһи хантан салгыы үөрэниэмий, ахсыс кылааһынан уурайбытым. Кэлин тохсус, онус кылааһы киэһээҥи оскуолаҕа эмиэ оҕолортон устар ньымабынан “үөрэнэн” бүтэрбитим. Атын уруокка уонна сурукка син үчүгэй быһыылааҕым.
Иккис кылааска үөрэнэ сылдьан сааскы каникулга дьиэбэр тахсан, дьон куйуурдаабыт ойбоннорун кэрийэн мунду күөрэйбитин илиибинэн хомуйан, улаханнык сэбиргэхтэппитим. Ийэм Туора Күөл балыыһатыгар ыйтан ордук көрөн-харайан үтүөрдүбүтэ. Инньэ гынан, бүтэһик чиэппэргэ аҕыйах күн үөрэммитим. Онтон алтыска үөрэнэ сылдьан сааскы каникулга дьиэбэр хайыһарынан халыҥ соно суох бинсээгинэн эрэ кэлэммин, тымныйан эмиэ сэбиргэхтэппитим. Оччолорго ийэм Муҥур Үрэххэ кыстаан олорор этэ. Балыыһаҕа киллэрбэтэхтэрэ. Игнатьев Василий диэн биэлсэр аҕыйах таблетка биэрэн барбыта. Инньэ гынан төрдүс чиэппэри быһа дьиэбэр ыалдьа сыппытым, оскуолаҕа барбатаҕым. Хата учууталларым ыалдьыбыппын аахсан кылааспын быһа таһаарбыттара. Сэбиргэхтэтэр диэн ыарахан ыарыы, эмп-том суоҕар киһи таах өлөн да хаалыан сөп курдуга.
Үһүс кылааска дойдубар төннөн Муҥур Үрэхтэн, икки биэрэстэлээх сиртэн сылдьан үөрэммитим. Саас, үөрэх бүтээтин кытта ыһыыга оҕус сиэппитим. Ийэм сарсыарда эрдэ туруоран аһыыр иһиппин, ыһыкпын ботуоҥкабар сүктэрэн баран ыытан кэбиспитэ. Утуйар таҥаспын ол иннинэ биригэдьиир илпит этэ. Тиийиэхтээх сирим Чараҥ сайылык, сир хорутааччылар онно хоно сылдьан үлэлиир эбиттэр. Сарсыарда хонон туран баран аһаары сырыттахтарына тиийдим. Эмиэ мин курдук оҕус сиэтээччи оҕолор бааллар. Кинилэр оскуолаҕа отой да үөрэммэт үһүлэр. Аһылыгы тутааччы киһи мин икки өртүнэн тутаахтаах миискэбэр толору арыы ыйааһыҥҥа ыйаан биэрдэ. Мин итэҕэйбэккэ ылымаары гыммыппын: “Ыл, ити аата үлэлиириҥ иһин абаанса аһылык, итини үлэлээн төлүүгүн”, – диэтэ. Мин үөрүү бөҕөнү үөрдүм. Хаһан киһиттэн итиччэ элбэх аһы ылбыт киһи баарбыный, адьас босхо ылбыт курдук сананным!
Сааһы быһа бааһынаттан бааһынаҕа көһө сылдьан сир хоруттубут. Биир сухаҕа икки оҕуһу көлүйэбит. Сиэтээччи мин уонна суханы тутар улахан киһи. Онтон ыла хас сайын аайы үөрэх кэнниттэн оскуола оҕото бары, сааскы ыһыы үлэтиттэн саҕалаан сайыны быһа от үлэтигэр үлэлиирбит. Күһүн, атырдьах ыйын 25 күнүгэр, оскуола аһыллыа биэс хонук иннинэ көҥүллээн дьиэбитигэр ыыталлара. Дьиэбитигэр кэлэн син биир таах сылдьыбаппыт – отоннуубут, бурдук итигэстиибит.
Оччолорго холкуос үлэ төлөбүрүн натуранан: этинэн, арыынан, төһө көлөһүн күнү аахсыбыккынан көрөн, сааскы каникул саҕана, сыллааҕы дохуот үллэһигэр төлүүрэ. Дохуоттаах дьылга элбэх үлэһиттээх ыаллар үгүөрү дохуоту ылаллара. Ийэм дохуотун ылан баран: “Эн үлэлээбит күҥҥэр оччо, онно оччо дохуот ааҕыллыбыт, оҕом улаатан көмө киһитэ буолан абыраан эрэр”, – диирэ.
Төрдүс кылааска интэринээккэ олорон Туора Күөл оскуолатыгар үөрэммитим. Ийэм дэриэбинэттэн ыраах Уһун Эбэҕэ кыстаабыта. Ол сыл дириэктэринэн Тимофей Петрович Кириллин ананан кэлбитэ. Оскуолабыт испиэскэлэнэн эҥин мэктиэтигэр сып-сырдык буолбут этэ. Төрдүс кылаас учууталынан Степан Егорович Аргунов диэн хоту дойдуга үлэлээбит киһи баара. Төрдүс кылаас начаалынай оскуола бүтэһик кылааһа, онон саас экзаменнарбын этэҥҥэ туттаран оскуолабын бүтэрбитим. Бэһис кылааска ийэм, тоҕо эбитэ буолла, Ытык Күөлгэ үөрэттэрэ киллэрбитэ. Оччолорго тастыҥ убайым Хабырыыл Омуоһабыс Баабылап райОНО-ҕа сэбиэдиссэйдиирэ. Кэргэнэ Надежда Васильевна оскуолаҕа учууталлыыра, кырдьаҕас ийэлээхтэрэ, үс саастаах кыыс оҕолоохторо. Эмиэ, хаһан даҕаны, кыараҕас баҕайы дьиэҕэ олороллоро. Уопсайынан, оччотооҕу Ытык Күөл, оройуон киинэ да буоллар, дьиэтэ-уота олус мөлтөҕө. Ыаллар үксүлэрэ балаҕаҥҥа олороллоро. Бэһис кылааска предмет аайы анал үөрэхтээх тус-туһунан учууталлар үөрэтэллэрэ.
Хабырыыл Омуоһабыс куска-куобахха бэрт булчут киһи быһыылааҕа. Күһүн куобахха, саас куска миигин наар илдьэ сылдьара. Күһүн Туора Күөлгэ куобахтыы тахсара. Барыан иннинэ порт кэтэҕинээҕи ойуурга куобахха тэптиргэ иитэрэ, ону барбытын кэннэ мин көрөөччүбүн. Син биирдиилээн эмэ куобаҕы ылааччыбын.
Ол сыл ортоһуордук үөрэнэн бэһис кылааһы бүтэрбитим. Алтыс, сэттис кылааска Игидэйгэ, Дэбдиргэ оскуолатыгар үөрэммитим. Туора Күөл оҕолоро, оскуолабыт начаалынай буолан, бары интэринээккэ олорон үөрэммиппит. Мин ити бириэмэҕэ арыый улаатан бэйэм кустуур, куобахтыыр буолбутум. Ийэм, хаайарым бэрдин иһин, киһиттэн түөрт киилэ арыыга сүүрбэлээх эргэ саа атыылаһан биэрбитэ. Уруок кэнниттэн чугастааҕы тыаҕа куобахха туһахтыыр этибит. Субуота аайы дьиэбэр барарбар ойуурунан туһах иитэн барааччыбын, дьиэбэр киэһэ хойут ый тахсыбытын кэннэ кэлээччибин. Оччолорго да оскуола оҕото сааланара бобуулаах этэ. Онон саас учууталларбытыттан кистээн түүн баран кустааччыбыт, куртуйах охсор сиригэр туһахтааччыбыт.
Саас халлаан сылыйда да хайыһардыыбыт. Уруокпут бүттэ да сиирэ-халты аһаат, күрэхтэһиигэ бэлэмнэнэн хайыһар суолунан сүүрэбит, сыыртан да түһэ оонньуубут. Сотору-сотору кылаастар икки ардыларыгар күрэхтэһии тэрийэллэрэ. Оҕо барыта хайыһардыырын ирдииллэрэ. Инньэ гынан сылы эргиччи таһырдьа салгыҥҥа сылдьарбыт уонна онто суох сатаммат курдук үөрэнэн хааларбыт. Күннээҕи уруок кэнниттэн интэринээт иһигэр биир да оҕо хаалбат этэ, киэһэ уруок ааҕарбытыгар биирдэ кэлэрбит. Игидэй сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрэн, бииргэ үөрэммит оҕолор бары тус-туһунан тарҕаспыппыт.
Иван Яковлевич ПАВЛОВ – Ээйик Уйбаан.
2012 сыл.

(“АХТЫЫЛАР”, 06.05.2025 с.)

