Луковцев Юрий Егорович ахтыыта

ОЛОРОН ААСПЫТ ОЛОХПУН ЭРГИЛЛЭН КӨРДӨХХӨ

Дорооболоруҥ, “Ахтыылар” сайт ааҕааччылара! Олохпор буолан ааспыт түгэннэрбин ахтан, бэйэм суруйан-бичийэн ыытабын. Баҕар олохпор ааһыспыт дьонум бааллара, ааҕаллара буолуо. Ол иһин дьонун ааттарын ахтыыларбар суруйбаппын. Ону баалаабат инилэр.

Сороҕор оҕо сылдьан олохпор ааспыт түгэннэри эҥин санаан ааһабын. Бу суруйуубун “Олорон ааспыт олохпун эргиллэн көрдөххө” диэн ааттыахпын баҕардым.

Хомуньуус партия баар кэмигэр олорон аастахпыт. Оҕо сааһым сайылыкка ааспыта. Урут Чурапчыга 10 кылааһы бүтэрбит кыргыттар кэлэн икки сыл дояркалаан барар этилэр, производствоҕа диэн. Ол кэнниттэн дьэ үөрэххэ киирэллэрэ. Элбэх кыыс кэлэн үлэлээн бардаҕа.

Мин дьонум фермаҕа үлэлиир буоланнар, сайын аайы сайылыкка көһөр этибит. Сайылыкпыт аата Кууһума сайылыга диэн. Бу сайылык бэйэтэ остуоруйалаах дойду, былыр мин эбэм сүктэн кэлэригэр кэргэнин сирэ-уота эбит. “Кэлин 500 солкуобайга атыылаабытым”, – диирэ эбэм.

Мин оҕо сааһым манна ааспыта. Сэбиэскэй былааска. Төрөппүт ийэм эрдэ өлөн, маачаха маамалана сылдьар кэмим этэ. Биир сайын 12 доярка кэлэн сайылаабыттара, ол быыһыгар мин дьонум.

Аҕам бостуук буолбута. Ол иннинэ наар ньирэй көрүүтүгэр үлэлээбитэ, эмиэ сайылыкка. Атын алааска аҕам оннугар Бүөккэ Диодоров диэн киһилиин бостууктаабыппыт. Аҕам маамабытыгар илии-атах буолан үлэлэһэрэ.

Маачаха ийэм икки кыыстаах, Груня уонна Агаша диэн. Биир уоллаах, Егор диэн. Билигин кыргыттар ыал бөҕө буолан олордохторо.

Сайылыкка бастаан кэллэххэ түптэ буруота эҥин наһаа да үчүгэй буолара! Кумаара-кыымаайыта, оччолорго кымаар да эмэ кэмчи буолаахтаатаҕа, кэлин адьас сылгытыйан үөрэнэн хаалаҕын.

Ынахтар дэлби үөнүргээн, титииктэриттэн соччо ырааппакка мэччийэн кэлэн тиэргэннэригэр сытынан, кэбинэн кирдиргэтэллэр. Инньэ гынан ыамнарыгар улаханнык хомуйуу да суох.

Биһиги оҕолор моҕотойдоон эҥин аралдьыйабыт. Күрүөҕэ саһан туран үүрүллэн күрүө сиэрдийэтинэн сүүрэн кэлбити маһынан сууралаан охсон, муннун тоҕо дайбаан өлөрөр этибит. Уонна кутуругун мунньан кэлин биригэдиир кэллэҕинэ харчыга туттарарбыт. Ол харчыбытынан ларёктан бичиэнньэ, кэмпиэт атыылаһан сиир этибит.

Биир бириэмэҕэ убайдарым Афонялаах Егор Туой үрэҕэ диэн сиргэ бэлэсипиэтинэн Уорҕаҕа баар оҕолору кытта баран туойдаан кэллилэр. Уорҕа диэн бөһүөлэкпит, кыһын сүөһүлэрбит онно фермаҕа кыстыыллар.

Дьэ ол баран бадараан курдугу аҕаллылар, онон арааһынай фигуралары оҥордубут. Мин тааҥка эҥин оҥордум. Сорохтор арагаайкаҕа сорокобуой буулдьа оҥордулар, ону кун уотугар хатара уурдубут.

Оонньуур сирбит, сыыр быарыгар хотон элээмэтэ турара, онно мустан оонньуур этибит. Сарсыныгар кэлбиппит барыта тааһыра хаппыттар, онно туой диэннэрин көрбүтүм, онон иһит оҥорор эбиттэрин билбитим.

Киэһээ аайы сайылыкпытыгар Марыыҥка хаһыыта, дакылаата иһиллэр этэ – Таатта хайатын нөҥүө, хас да алаас кэннэ олорор сириттэн. Урут хаһан эрэ кэпсээннэрбэр суруйан турабын, Марыыҥка эмээхсин туһунан.

Ийэм кыра эрдэхпинэ олохтон туораабыта, инньэ гынан аҕам Болтоҥоттон Дуранова Анна диэн үс оҕолоох чүөчэни кэргэн ылан аҕалбыта. Икки кыыстаах, биир уоллаах. Кэргэн ылан кэлэ илигинэ, маамам баар эрдэҕинэ Марыыҥка эмээхсин олорор алааһыттан Уорҕаҕа элбэхтэ кэлэн барара. Таһынааҕы ыалым уоллара Миимээ диэн оҕо баара, убайбын Афоняны кытта биир саастыы этилэр.

Арай биир бириэмэҕэ ол Миимээ убайбын кытта “Марыыҥкаҕа саа сэбэ ыла барабыт” дэстилэр. Мин убайбын сайыһар идэлээх этим. Ол үгэспинэн барсаары тылбар киллэрэн, син барсар буоллум.

Биир сайыҥҥы күн дьэ барыы буолла. Марыыҥканы кэпсээтэххэ, маннык айылҕаттан айдарыылааҕын кэлин улаатан иһэн билбитим. Ити Брежнев кэмнэригэр эбит этэ.

Марыыҥка Уорҕаҕа кэллэ да, мин өйдүүрбүнэн Уорҕа сыырын үрдүгэр дакылаат курдук ааҕара, эмиэ да ыллыыр курдуга. Уонна битийэн эрэр курдук дэгэрэҥнээн хамсанара, ону биһиги оҕолор аттыгар кинини үтүктэн дэгэйсии бөҕө этибит. Былыргынан кутуруу биир көрүҥэ эбит. Биһигини “айылҕам чыычаахтара” диэн ааттаталыыра, ол иһин куттаммат этибит.

Инньэ гынан убайдарбынаан сатыы Марыыҥкаҕа бардыбыт, алаас бөҕөтүн аастыбыт аҕай. Сарсыарда эрдэттэн айаннаан, эбиэт саҕана Марыыҥка олорор алааһын дьэ өҥөйдүбүт. Мин кыра буолан дэлби сылайдым да, аччыктаатым даҕаны. Чоҥкучах алаас, былыргы көмүлүөк оһохтоох саха балаҕана, ону кытта ампаар баар. Балаҕан кэнниттэн салҕыы хотон баара көстөр.

Балаҕаҥҥа киирбиппит муостата суох эбит. Марыыҥка уу омурдан ыла-ыла буор муостаҕа тыбыыран ыһа сылдьан, талах минньигинэн харбыыр. Мин интэриэһиргээн балаҕан иһин кэриччи көрөбүн: тула наара орон баар, онно төгүрүтүллэн сууламмыт утуйар таҥастар сыталлар. Марыыҥка аҕата оҕонньор кэтэх тардыстан биир сөрүө ороҥҥо сытар. Сахалыы көмүлүөх оһох умайан чоҕо кытарар.

Ол киирбиппитигэр оҕонньор эттэ:

– Дьэ, уһуннук айанныыр дьон эбиккит. Марыыҥка кэлэн иһэргитин мааҕын сассыарда эппитэ ээ.

Онтон туран саха остуолугар сырыһыннары ороҥҥо олордон эбиэттэттилэр. Чугуун иһиккэ эт миинэ бөҕө буһарбыттар, тимир тэриэлкэлэргэ хоторон аһаттылар. Уонна алаадьы сиэтибит. Ол олорон туох наадаҕа кэлбиппитин Миимээ эттэ, саа сэбэ көрө кэлбитин. Оҕонньор:

– Саа сэбэ эрэ дэлэй, тахсан көрдөрүөм, – диэтэ, – таптаабыт сааҕытын ылан бараарыҥ.

Кыратык олордон кэпсэтэ түһэн баран, дьэ ампаарга таҕыстыбыт. Ампаарын аспыта тобус-толору түүлээх таҥас бөҕө баар эбит ээ. Саҕынньах арааһа, түүлээх бөҕө. Онно дьэ дьахтар саҕынньаҕын сөҕө көрбүттээхпин, барыта бэдэр кулгааҕынан тигиллэн оҥоһуллубут этэ. Тутан-хабан көрбүппүт ыйааһына чэпчэкитэ сүрдээх. Арааһынай түүлээх бөҕө баар, барыта сөрүө мастарга ууруллан тураллар.

Ампаар биир муннугар саа арааһа чөмөхтөнөн тураллар – чокуурунан эстэр диэн, бинтиэпкэ, субуйааҥкы арааһа. Мин биир сааҕа ымсыырдым. Ол туран оҕонньор көрөн: “Бу сааны илдьэ бар”, – диэтэ, онтум эмиэрикээнискэй винчестердэрэ эбит. Миэхэ, кыра киһиэхэ, олус табыгастаах. Миимэлээх Афоня бэйэлэрэ эмиэ саа талан ыллылар, ботуруон арааһа бөҕө.

Ол сылдьан Миимээ оҕонньортон ыйытта:

– Бу хантан маннык малларый?

– Ити бандьыыттар хаалларбыт маллара, – диэтэ оҕонньор уонна салгыы кэпсээтэ, – бу хаалларан баран Охотскайга барбыттара, кэлэн ылыахтаах этилэр, харабыл хаалларбыттара. Ол киһини хас да сыллааҕыта НКВД-лар тахсан ытан өлөөттөрө.

Малбытын, сааларбытын ылан төттөрү Уорҕабытыгар барыы буолла. Төттөрү барарбытыгар дьэ түргэнник барыы буолбута.

Дьиэбэр кэлэн баран эбээбиттиттэн ыйыппыппытыгар “ол бандьыыт харабыл киһитэ саһа сылдьыбыт, уһун уҥуохтаах көтөх киһи этэ” диэбитэ. Ол киһи сороҕор Марыыҥка таҥаһын таҥнан, дьахтар буолан кубулунара үһү. Ону дьон тыллаан, Чурапчыттан НКВД-лар тута тахсыбыттар. Бандьыыт харабыла киһи тыаҕа саһа сырыттаҕына “сэбиэскэй былаас буолбута, бэрин” дии сатаабыттар да киһилэрэ куоппут, ону саанан ытан өлөрбүттэр.

– Бандьыыттар ол кэлэн ааһалларыгар буор көмүһүн, манньыат бөҕөнү көмөн барбыт буолуохтаахтар, – диэбитэ эбэм. – Ол иһин манаттардахтара.

Ол кэнниттэн маачаха ийэлэнэн баран, Кууһума сайылыкка тиийэн баран Марыыҥка эмээхини көрсүбүтүм. Билигин санаатахха олох остуоруйата диэн буолар.

Аҕам Диодоров Бүөккэлиин Кууһума сайылыгар бостуугунан үлэлиир кэмнэригэр, миигин аҕам бостуукка көмөлөһүннэрээри Уорҕаттан эбэбиттэн көһөрөн ылбыта. Бастаан сайылыкка кэлэн баран, ат диэҥҥэ саҥа сыстар буоллаҕым – чөҥөчөккө салҕанан миинэр этим, дьэ эрэй этэ.

Биир киэһэ сайылыкка чуумпуга Марыыҥка саҥата бу баар курдук иһиллиннэ, кутуран саҥарар. Мин туран Бүөккэттэн ыйытабын:

– Алааһа мантан чугас баар дуо? – диэн. Ону Бүөккэ дьээбэлэнэн:

– Баран көр ээ, – диэтэ. – Эрдэ Таатта үрэҕэр сайылыгар тахсар этэ, билигин тахсыбат буолла диэбитэ оҕонньор, мөлтөөн кэлбэт буолбут быһыылаах.

Дьэ мин ыт атах буоллаҕым дии, баран көрөн кэлииһикпин диэн буоллум. Таатта үрэҕинэн үөһээ хайаҕа тахсан, саҥатын истэ-истэ сүүрэн истим. Хайа үрдүгэр тахсан уулаах Ноокуй үрүйэтинэн син балай да сири сүүрдүм. Адьас бу баар курдук иһиллэр, биир чоҥкучах алааһы туораан Марыыҥкам алааһыгар тыа быыһынан ыйдаҥардар сиригэр тиийдим. Көрбүтүм Марыыҥкам балаҕанын үрдүгэр тахсан этэн-тыынан чоргуйа аҕай турар эбит. Көрө түһэрбин кытта эмискэ саҥата уу-чуумпу буола түстэ.

Оччолорго куттанар диэни билбэт быһыылаахпын, алааска киирэн балаҕаннарыгар тиийдим. Оҕонньор таһырдьа чууккаҕа олорор эбит. Мин кэлбиппин Марыыҥка билбит, ол иһин оҕонньор тахсан утары көрсүбүт. Олорон кэпсэтэн, оҕонньорго Уорҕаттан сайылыкка кэлбиппин кэпсээтим. Оҕонньор онно эттэ:

– Биһиги сүөһүлэрбитин көрө сылдьаар, кэлэ-бара ханна сылдьалларын этэр буолаар диэтэ.

Сайылыкпар туман түһүүтэ тиийбитим. Марыыҥка саҥатын ыраахтан бу баар курдук истэн, онно бардаҕым.

Дьэ аны Марыыҥка баарын билэн дайаарка кыргыттар, Чурапчы кыргыттара, миигин Марыыҥкаҕа сирдэтэн бараары кэпсэтии бөҕөлөр. Мин сөбүлүө суоҕа диэммин, баран бэйэтиттэн ыйытан баран диэтим. Кырдьык, биир бириэмэҕэ Марыыҥка алааһыгар тиийэн бэйэтиттэн ыйыттаҕым дии. Онно эттэ:

– Кэһиилээх кэллэхтэринэ көрсүөххэ сөп.

Кэлэн кыргыттарга эттим. Инньэ гынан сирдээн, тиэрдэн биэрдим уонна таһырдьа кэтэһэн олордум. Ити эбиэттэн киэһээ аҕалтаан, син уһуннук кэпсэтэллэрэ иһиллэр. Тугу ыйытан кэпсэппиттэрин билбэтим, кэлин суолун билэн бэйэлэрэ кэлэн барар сурахтарын Марыыҥка этэрэ. Биирдэ ыйыппыппар олохторун, эргэ тахсалларын туһунан диэн өйдөөбүтүм.

Ол сылдьан Марыыҥкаттан сүөһүлэрим ханна баалларын ыйытан, булан барааччыбын. Чопчу ыйбыт сиригэр баар буолааччылар. Марыыҥка сүөһүлэрэ кыыл сылдьар сүөһүлэр, олор сайылыкка кэллэхтэринэ улахан айдаан бөҕө тахсааччы. Кыралыын-улаханныын уон сүөһүлээх буолааччы. Оҕус өттүлэрэ бары таһахтаах буолааччылар. Биир атыыр оҕус дьэ кэллэҕинэ ынахтары сордотолуур этэ, доилканан ыана турар ынахтары батан айдаан бөҕө. Доярка кыргыттар биэдэрэлээх үүттэрин олордон куоттахтарына, үүттэрин иһэн диэн эҥин. Ол иһин ыам саҕана эмиэ олору манаан бөҕө буоларым.

Биирдэ Марыыҥкаҕа сылдьан ыйытан турардаахпын, ынахтаргын хайдах ыыгын диэн. Ону этэн турардаах:

– Сырыылара элбэх, ити сүөһүлэр – Одьулуунунан, Үрэх күөрэнэн. Ону эрдэттэн ыҥыран ыллахпына ыыбын, – диир. – Ыам иннинэ эмтэрбэт гына ынахтарбар этэбин.

Дьэ, муода.

Аҕата өлөрүн саҕана миэхэ этэн турардаах:

– Биир сайын, аҕам өллөҕүнэ, салаасканан соһон илдьэн көмүөхпүт. Оччоҕо бандьыыттар көмпүт көмүстэрин этиэм, – диэн.

Ол 6-с кылааска үөрэнэ сырыттахпына, Хадаарга үөрэнэ сырыттаҕым дии, сатаан хайдах да барбатаҕым. Оччолорго көмүс диэни кыһаммат, сэбиэскэй былаас оҕолоро буоллахпыт.

Оҕонньору Уорҕаҕа киллэрэн көмпүт этилэр. Онно Марыыҥка аҕатын хоруобар түүлээх укпут, онтун көрбөтүгэр хостоон ылбыт сурахтаахтара. Ону эмээхсин көмө сырыттахтарына билэн, айдаан бөҕөтүн тардыбыта дииллэр.

Ол кэнниттэн биир сайын, кураан бөҕө буола турдаҕына, Таатта үрэҕинэн Марыыҥкабыт баһаар ыытта. Оччолорго баар дьон билэргит буолуо. Ол баһаар буола турдаҕына хадаардар бырысыаптаах тыраахтарынан баһаар умуллара баран иһэн, Кууһума сайылыгар сылдьан аһаан бардылар. Бырысыап толору киһи.

Мин ол сылдьан аппынан Марыыҥкаҕа тиийэ сырыттым, баһаар умулларааччылары көрүстүм. Дьонум маннык кэпсээннээх буоллулар. Марыыҥканы куттаан хоромньуну эппиттэр уонна хаайыыга бараҕын диэбиттэр. Онно Марыыҥкалара маннык диэбит:

– Бэйэм соруйан уоттаатым, дьоммун-сэргэбин бэстилиэнэйбин көрөөрү. Дьоммун-сэргэбин көрдүм, кэпсэттим.

Таҥаһын-сабын бэлэмнэнэн баран:

– Дьэ, илдьэ барыҥ, – диэбит. Онуоха ол баһаар умулларааччылар:

– Алҕас, оонньоон эппиппит, – дэспиттэр. – Уоппут умуллар кыаҕыттан таҕыста, – диэбиттэр

Онно Марыыҥкалара эппит:

– Сарсыҥҥыттан күүстээх ардах түһүө.

Дьэ сарсыныгар ынырыктаах ардах түспэт дуо, нэдиэлэни быһа, киһи сымыйанан эппитин курдук.

Хадаардарбыт, ардах түспүтүн өйүүҥҥү күнүгэр, сайылыкпытынан тыраахтардарынан кэлэн чэйдээн ааспыттара. Онно кэпсииллэринэн иһиттэххэ, Марыыҥка ыыппыт баһаара алаас киһи уҥуохтаах сирин сиэбэккэ, эргийэ атын сиринэн барбыт. Ол ампаарга баар соннор кэлин хараллыбакка, түүнүгүрэн уоттуйбут этилэр. Онно баар саалары Чурапчыттан милииссийэллэр тахсан, Анахсыт диэн алааска ампаарга уга сытыаран баран уоттаан, тимирин соҕуруу ыыппыт сурахтаахтара.

Ол саалар эмиэ биир ноолоох буола сылдьыбыттара. Чокуурунан эстэр саалартан биири Хайахсыт диэн бөһүөлэккэ тутта сылдьыбыт этилэр. Ол сааларын чокуура кууран эстэн, киһини дэҥнээн турардаах.

Билигин ол Марыыҥка аймахтарыттан Дьоскуоскайа Маайа диэн эмээхсин баар, Уорҕаҕа олорор. Марыыҥка аҕата өлүөҕүттэн Хадаар отчуттара кэлэн, Марыыҥкаҕа чугас алаастарын оттоон биэрэр этилэр.

Биир сайын оттуу сылдьар уолаттарга сырыттым. Дьонум маннык кэпсээннээх буоллулар. Марыыҥка биир баар-суох улахан ынаҕа күөл атаҕар бадарааҥҥа сытар диэтилэр. “Тыыннаах дуо” диэн ыйыппыппар “тыыннаах бөҕө” диэтилэр. Тыраахтарынан быалаан таһаараары гыммыттарын Марыыҥка таһааттарбатах, этэр үһү: күөлүм бэйэтэ харайбыт, диэбит. Инньэ гынан хас да күн тыыннаах сытаахтаата ээ.

Мин бара-кэлэ көрөн аастым аҕай. Биир күн тулуйбакка Марыыҥкаҕа сырыттым, онно:

– Күөлүм бэйэтэ харайда, балыга тупсуо. Дьон-сэргэ аһыа, – диэн тыллаах көрүстэ. Мин

– Сыт-сымар бөҕө буолуо суоҕа дуо, – диэтим. Ону:

– Аҕыйах хонукка буолуо, ааһыа, – диэтэ. Уонна эттэ: – Мин өллөхпүнэ, сүөһүлэрбин эһэр түгэннэригэр атыыр оҕуһум иһиттэн эйиэхэ биэриэхтэрэ, ону сии сатаан көрөөр.

Онтум дьэ Марыыҥка суох буолтун кэннэ ис чалбараҥыттан аҕалан биэрэн турардаахтар. Сыата диэн ынырык этэ. Оччолорго сыаны адьас сиэбэт этим да, онно сүрдээҕин сиэн турардаахпын.

Биир дьиктиргээбитим диэн киэһээ туман түһүүтэ, хойутаан дьиэлээн иһэн Марыыҥкаҕа сырыттым. Арай киирэн чэйдээн, наҕылыччы бараары олордохпуна Марыыҥка эттэ:

– Түргэнник барыаҥ этэ, дьон кэлэллэрэ чугаһаата.

Мин муодарҕаан ыйыттым:

– Туох дьоной? – диэн. Онно эттэ:

– Мээнэ дьон хараҕар көстүбэт дьон.

– Дьон курдук дьон дуо? – диэбиппэр:

– Туу курдук төбөлөөхтөр, үһүөлэр, – диэтэ.

Инньэ гынан ыксалынан аппын миинэн сайылыгым диэки түһэ турдум.

2-с кылааска үөрэнэ сылдьан мантум иһэн, Мындаҕаайыга санаторийга сытан турардаахпын. Кыра сылдьан дьоммун наһаа сайыһар идэлээх этим. Эбэм Биэрэ эмээхсин онно дьэ миигин Чурапчыга киллэрэн, балыыһаҕа көрдөрөн турардаах.

Биир сарсыарда туран көрдөрө Уорҕаттан Чурапчылыыр буоллубут. Сайын саҕаланыыта буолан кумаара диибин диэн, ынырык .Уорҕаттан сатыы Кууһума сайылыгар тиийэн, молоковоһунан Дириҥҥэ барыахтаахпыт. Эбэм эрдэ туруоран, суолга тахсан кумаар аһылыга буолан хааман, сайылыкка молоко массыынаҕа баттастыбыт. Хата Дириҥи этэҥҥэ буллубут. Аны Чурапчыга бараары сарсыҥҥы күҥҥэ транспорт көрдөөһүнэ буолла. Билигин кэлин суолу сир кырсынан ууну хайдах ыытары оҥорбут аатырар Лааһарап оҕонньору булан, коляскалаах былыргы мотоциклынан самолёт курдук айаннаан Чурапчыны буллубут. Оччолорго кумаар дэлэй кэмэ этэ.

Ол киирэн көрдөрүнэн, Мындаҕаайыга барар буолан дойдубутугар таҕыстыбыт. Дириҥҥэ син грузовой массыынаҕа олорсон кэллибит. Ол киэһээ эмиэ Лааһараппытын булан, хата Уорҕаҕа бырахтардыбыт.

Аҕыйах хонон баран аны Одьулууҥҥа бырахтардыбыт. Лааһараппыт кэлэн хата болдьоспут кэммитигэр тиэртэ.

Аны Одьулуунтан “ДТ” бырысыаптаах тыраахтар үрдүгэр элбэх буолан Мындаҕаайыбытыгар айаннаатыбыт Ол баран истэххэ Баһылай алааһа диэн сиргэ маҕаһыын баарыгар сылдьан, тыраахтарыыстарбыт арыгы атыыластылар. Айаннаан иһэн дэлби иһэннэр, сискэ бадарааҥҥа бары-бахчаччы тимирэн батыллан хаалла. Хата бырысыаппытыгар хаттаама баар буолан, онон бүрүнэн кумаартан тыыннаах хааллыбыт.

Онно ол бадарааммытыгар хоннубут. Сарсыҥҥы күнүгэр дьэ өйдөнөннөр, мас баайан-хайаан, эрэй бөҕөнөн тахсан бардыбыт. Ээ, дьэ, Мындаҕаайыны син булан, аймахтарбытыгар түстүбүт.

Нөҥүө күнүгэр дьэ миигин санаторийдарыгар таһаардылар. Онно таһааран онон-манан албыннаан көрдүлэр, эбэбин ыытымаары бөҕө буоллаҕым дии. Киитэрэйдээн, оҕолорунан аралдьытан эбэбин күрэтэн кэбистилэр. Сайыһар диэн дьэ эрэй быһыылаах.

Дьэ доо, онно баар эбит ээ, оҕолорго охсуһуннарыы диэн. Күн аайы, хаста да охсуһуннараллар. Ол сылдьан сүгүн сылдьыбакка элбэхтэ муннукка туруу… Биир таас харахтаах оҕо баар эбит, онно ымсыыран кып гыннаран кэбиһэн эҥин… Айдаан бөҕө буолан, син буллаттардахтара дии. Дьэ ити санаторийга бастакы сытыым этэ.

Аны иккистээн сытыым 4-с кылааска буолбута. Бу адьас баппатах сырыым этэ, бэйэтэ остуоруйа курдук. Ол сырыыбар сайылыктан барыым этэ, эмиэ мантум иһэн. Аҕам атынан мэҥэстэн киллэрэн, Мындаҕаайыга санаторийга туттарбыта. Бу сырыыга улахан саньыһыы суоҕун тэҥэ.

Сайылыктан Уорҕанан Тэкиидэ диэн сиринэн айаннаан, ол Тэкиидэҕэ өтөххө отчуттар биригээдэлэрин кытта хонон турардаахпын. Онно түүн утуппат абааһы баарын дьэ билэн турардаахпын.

Арай сайын буолан сырдык соҕус, бары утуйа сыталлар. Мин утуйуохпун хайдах эрэ куттанар курдукпун, барытын көрө сытабын. Оһох кэннигэр арай тыас тыаһыыр. Көрдөхпүнэ уҥуох илии оһох кэнниттэн көстө-көстө сүтэр. Куһаҕан баҕайы, холоҥсо сытын курдук кэлэр. Ол уҥуох илии бэттэх мин диэки кэлээри гынар курдук, истиэнэтин тыаһа ынырык. Итинниккэ түбэспэтэх киһи дьэ ыксаатым ээ. Аны дьиибэтэ диэн кулгаахпар туох эрэ киирбитин курдук буолан хаалбыта, онтум өргө диэри тыаһаан сордуура. Кэлин сүппүтэ.

Чэ, аны санаторийбар тиийиим. Ол сылдьан биир Чурапчы уолун кытта билистим. Оройуон уола, сытыы-хотуу бөҕө. Хата кини баар буолан улаханнык охсуһууну ааспатым. Киһим кэпсээн бөҕөтө, Чурапчыга миигин кытта күрээн барыахха, мин эйиэхэ мопед биэриэм диир. Мин харахпар кыһыл дьүһүннээх, икки скоростаах мопед көстөр. Сетка саппыйалаахпытыгар бичиэнньэ, кэмпиэт эҥин мустубут.

Дьэ туран саппыйабыт туолан, барардыы оҥоһуннубут. Биир күн киэһэлик түгэн көстөн, куотуу буолла. Ким да көрбөккө хаалла, оччолорго Мындаҕаайы бөһүөлэгэ кыра эбит. Кэтэҕинэн кыйан суолга тахсан кэллибит, дьиҥинэн онон барыахтаах эбиппит, ону билбэккэбит Кугдалыыр суолунан баран хаалбыппыт. Ол Кугдабыт кыра дэриэбинэ курдук, оччолорго ферма эҥин бөҕө. Киэһэрэн, биһиги эргэ быраҕыллыбыт хотоҥҥо хоннубут. Сарсыарда эрдэ туран баран иһэн өрүскэ иҥиннибит. Ону кыйан саппаас от диэннэригэр тиийдибит Ол сырыттахпытына дьон эҥин көстөн ааһаллар, ыйыттахтарына сир аһа көрөр аатырабыт-хайыыбыт.

Аны биир мотоцикллаах киһи буулаан, эккирэтэн сордоото. Ол эккирэттэҕинэ тыаҕа түһэн хаалабыт. Ол сылдьан биир улахан алааска кэтиллэ түстүбүт. Киэһэлик соҕус эбит, арай көрбүтүм биэс ыт сүүрэн иһэллэр, улахаттара сүрдээх. Киһим эттэ, ол сыыр анныгар баар улахан тииккэ тахсыах диэн баран сүүрдэ. Сүүрүү кытаанаҕа буоллубут, тиийэн тахсарбытын кытта тиийэн кэллилэр.

Тииппитин тула эргийдилэр аҕай, үрбэттэр эҥин. Киһим эттэ, бөрөлөр эбит диир. Ыйылаһаллар эрэ. Манаан сыттылар. Ээ, дьэ биһиги акаарылар албыннаһан бичиэнньэ эҥин биэрэбит. Салбаныы бөҕөлөр. Харахтарын уота сириэдийэн олорор.

Адьас туман эҥин түстэ-хайаата, биһиги күнү быһа хааман дэлби сылайбыт эбиппит. Утуктааһын эҥин бөҕөтөбүт, киһим өйдөөҕүн өйдөөх, курдаахпытын өйдөөн онон мутукка сөрөнүөххэ диэн онон баанныбыт. Кыратык нуктаан ыллыбыт-хайаатыбыт. Күммүт тахсан халлааммыт сылыйда. Суон мутуктарыгар сытан бааннахпыт дии.

Арай чугас баҕайы Бөлөрүүс тыраахтар пускааһа тоҕо барбат дуо. Бөрөлөрбүт соһуйдулар аҕай да, эмискэ сус гынан хааллылар. Тыраахтардар сыыйа эстэн бардылар. Хата отчуттар отууларын аттын диэки баар эбиппит.

Биһиги тииппититтэн түһэн, отчуттары кыйа бардыбыт. Отчуттары ааһан алааска киирдибит, бөрөлөртөн куттаннахпыт дии. Бөрөллөр кэтии сылдьаллар буолуо диэн тыа диэки барбатыбыт.

Суол омоонугар киириибитигэр били мотоцикллаах киһи иһэр эбит. Ону көрөн биһиги куотуу бөҕө, араастаан кэдэйэ-кэдэйэ сүүрдүбүт аҕай. Кыһыылаах буолуо ээ. Ситтэрбэтэхпит, эмиэ тыа кэлэн онно түспүппүт. Ол киһи кэлин кэһэппитэ.

Ол тыабыт наһаа халыҥа суох этэ. Тыа быыһыттан тахсан кэлбиппит дэриэбинэ көһүннэ. Арай өйдөөбүппүт сетка саппыйабытыгар баар кэмпиэппитин, бичиэнньэбитин бөрөлөрү албыннаһан аһатан бүтэрэн кэбиспит эбиппит, тииккэ ыттан олорор кэммитигэр. Аччыктаабыт аҕай эбиппит. Мин сиэппин хастан, 3 солкуобай харчылаахппын өйдөөн табаарыспар эттим. Дэриэбинэҕэ киирэн маҕаһыынтан аста атыылаһан аһыахха дэстибит.  Арай көрбүппүт биир бэйэбит курдук оҕо сылдьар, биһиги үөрэ түстэхпит дии. Кэлин өйдөөтөххө соруйан оҕону ыыппыт эбиттэр, ону биһиги билээхтээбэт буоллахпыт.

Оҕоҕо тиийэн кэпсэтии буолла, ханнык дэриэбинэтин. Бэйэбит сир астыы сылдьан мунан манна кэлбит курдук эттибит. Уонна дэлби аччыктаабыппытын эҥин этэн, дьиэтиттэн арыылаах килиэп таһаарарыгар көрдөстүбүт. Дэриэбинэбит Амма Сулҕаччыта эбит. Уолбут киирэн дьиэтиттэн арыылаах килиэп бөҕө таһааран биэрдэ. Аһаан, дьэ сэниэлэнэн баран уолбутуттан маҕаһыыны ыйыттыбыт. Дэриэбинэ ортотугар баар диэтэ, биһиги онно сирдээн илт диэтибит.

Дэриэбинэҕэ киирэн ортотун диэки киирэн истэхпитинэ биир киһи утары көрсөн уолбутун кытта кэпсэттэ. Уолбут табаарыстарым диэтэ-хайаата, маҕаһыыҥҥа баран иһэрбитин эттэ. Ол киһи эмиэ маҕаһыыҥҥа сылдьардааҕын эттэ, инньэ гынан маҕаһыыҥҥа аргыстаһар буолла. Биһиги икки ардыбытыгар хааман истэ

Биир улахан дьиэ таһынан ааһан иһэн эмискэ иккиэммитин саҕабытыттан ылан, ол дьиэҕэ соһон киллэрбэт дуо. Арай зданиебыт хонтуора, кулууп курдук. Онно биир хоско киирбиппит – санаторийбыт үлэһиттэрэ кэлэн олорор эбиттэр!

Арай көрбүтүм таайым Луковцев Мэхээлэ кэлбит, кини биһигини мотоциклынан эккирэтиспит эбит. Хадаарга олорор этэ, онтон мин сүппүппүн истэн көрдөһө кэлбит. Онно кэпсэтэллэриттэн иһиттэххэ, сүппүт күммүтүгэр үс хонукка булбатахтарына вертолётунан көрдүөхтээх эбиттэр. Ону биһигини дьон көрсөннөр-хайааннар, ханна сылдьарбыт биллибит. Онон ыйдаран ханна баран иһэрбитин билбиттэр. Таайым мотоциклынан эккирэтэн күөйэн, Сулҕаччы диэки салайан биэрбит үһү. Тутан киллэрэллэрин кытта таайым курунан таһыйаары гыммытын, хата дьон тохтоттулар.

Санаторийым үлэһиттэрин кытта Мындаҕаайыга грузовой массыына үрдүгэр олорон тиийдибит. Таайым мотоциклынан тиийдэҕэ дии.

Онно тиийэн мунньах курдук оҥордулар. Чурапчым уолуттан “санаторийга салгыы эмтэнэҕин дуо” диэн ыйыттылар. Уолум туран “салгыы эмтэммэппин, дьиэбэр Чурапчылыыбын” диэтэ. Онтон миигиттэн ыйыттылар:

– Эн эмтэнэҕин дуо?

Киһим эмтэн аккаастаммытын истэн олордоҕум дии, бу акаары “дойдулуубун, аккаастанабын” диэн кэбистим. Онно эттилэр:

– Оччоҕо бу таайгын кытта барсаҕын. Дьоҥҥор сайылыккар илдьэн туттарыа.

Ол киэһээ Мындаҕаайыга аймахтарбытыгар хоннубут. Сарсыҥҥы күнүгэр мотоциклга олорон дойдубутугар барыы буолла ээ. Мындаҕаайыттан тахса түһэн баран, дьэ саҕаланна. Хайдах тутта-тутта кыһыылаахтык куотарым эҥин ахтылынна, кыһыйбытын таһааран тохтуу-тохтуу курунан таһыйыы бөҕө буолла ээ. Кулгааҕым иһэн хаалыар диэри эрийэн-мускуйан дьаабылаата. Суолу быһа таһыллан, күөмэйим бүтэн саҥам да иһиллибэт буолла.

Ити курдук таайым дойдубар Кууһума сайылыгар аҕалан дьоммор туттаран турардаах. Оччолорго таайдаахпын үчүгэйдик да билбэт этим. Кэлин Хадаарга үөрэнэрбэр кинилэргэ олоро сылдьыбытым, дьэ кытаанах майгылаах киһи эбит этэ. Кэлин Аммаҕа көһөннөр, хайдах-туох олорбуттарын билбэппин.

 

Марыыҥканы өссө кэпсээн ааһар буоллахха, маннык. Биир сайын Диодоров Бүөккэ биһиэхэ иккиэммитигэр соноҕостору айааһааҥ диэн биэрдилэр. Миэхэ элэмтэҕэй баҕайы элэмэс соноҕоһу биэрдилэр, Бүөккэбэр кугас дьүһүннээх соноҕос тигистэ. Айааһыырбыт саҕана бэтэринээр кэлэн соноҕосторбут таһахтарын аттаталаан барбыта.

Бүөккэм соноҕоһун этэҥҥэ айааһаабыта. Миэнэ дьэ эрэйи көрдөрбүтэ. Бастаан ыҥыырдыырбытыгар тииккэ көнтөһүттэн ыга тардан туран ыҥыырын олордон, икки илин атаҕынан тиити дэлби табыйан сылгы этэ. Аны мииниитэ баар эбит – элбэхтэ өрө мөҕөн бырахтаран-хайаан, син иннин ылан ат оҥорбутум. Аҕыйах хонукка мииммэккэ өрөттүҥ да, өрө мөҕөн сордооччу. Ол аҕыйах хонукка тотон тотурҕуур идэлээҕэ. Ол сылдьан өһөстөҕүнэ сытынан кэбиһэр идэлээҕэ. Ону кэтэһэ сылдьан, турдаҕына үрдүгэр кэлэн таҕыстаххына эрэ мииниллэр идэлээҕэ. Ол иһин элбэхтэ эрэйдээбит сылгы этэ

Ол айааһаан сырыттахпына арай сүөһүлэрим орулуу-орулуу Таатта үрэҕин диэки сүүрдүлэр. Арай көрбүтүм Марыыҥка иһэр эбит. Сүөһүлэрим тиийэн Марыыҥканы төгүрүйэн баран, орулуу-орулуу буору өрө ыстылар. Марыыҥкам сиргэ олоро түстэ да, сүөһүлэр курдук буору өрө ыһыы бөҕө.

Мин аппынан Марыыҥканы быыһыы ыстаннаран тиийдим. Чугаһыырбын кытта иҥэһэбиттэн харбаан ылла. Ээ, айаас сылгым өрө холоруктуу сылдьыбыта тохтоон хаалла. Марыыҥкам “аккын хаамтаран сайылык күрүөтүгэр илт” диэтэ. Мин аппын салайан күрүөҕэ илтим, тиийэрбин кытта Марыыҥкам күрүө быыһынан сылыпыс гынан хаалла.

Арай Марыыҥка аппыттан арахсарын кытта атым буолан-хаалан турбат дуо! Миигин мөҕөн өрө тэбии бөҕө буолла, начаас ыбылы быраҕан түһэрдэ, буор сирэйдээтэ. Сууллан сирэйбин дьукку түһэн сыттахпына, аны сүүрэн кэлэн сиирэ-халты табыйыы бөҕө буолла. Туран нэһиилэ сайылык күрүөтүн быыһынан куоттум. Сүөһүлэр үрүө-тараа барыталаан хаалбыттар.

Ол ыарыыланан имэринэ турдахпына Марыыҥкам кэлэн турар эбит. Сирэйбин, илиибин дьукку түспүппүн көрөн силинэн сотон биэрдэ уонна эттэ:

– Ити атыҥ куһаҕан сылгы сылдьар эбит, атын атта көрдөө.

Онно муодарҕаабытым диэн силинэн соппута киһи сымыйанан эппитин курдук үтүөрэн хаалан турардаах, оччолорго ону эдэр киһи аахайбат буоллаҕым.

Дьэ ол ат, атын ат көстүбэккэ, күһүҥҥээҥҥэ диэри сылдьыбыта. Сааһыгар атыыр тутан кэбиспит диэбиттэрэ.

Онно Марыыҥканы хайдах таҥна-симэнэ сылдьарын өйдөөн көрбүтүм: баттаҕын тараҕай гына кырыммыт, халадаай ырбаахылары хос-хос кэппит этэ. Эмиэ муодарҕаан ыйытан турардаахпын: бу үлүгэр өҥүрүк куйааска тириппэккин дуо диэн. Онно “халыҥнык таҥыннахха тириппэппин” диэбитэ.

Дьиэтиттэн кэлэригэр наар мордьорооску кэһиилээх кэлэр идэлээҕэ, эбэтэр куртуйах тутуурдаах буолара. Алааһын тулатыгар аҕата оҥорбут сохсолордоох, онон бултаан хара тыа булдун бултуур эбит. Сайылыкка кэлэн биһиэхэ сырыттаҕына аҕам арыгынан күндүлүүрэ, инньэ гынан үөрэн-көтөн бараахтыыра. Кэллэр эрэ сайылык ыалын сэргэхситэрэ. Ордук оҕолору үөрдэр-көтүтэр эбит. Биирдэ интэриэһиргээн оҕолортон ыйыппыттаахпын, онно этэн тураллар, хонноҕун анныттан чыычаах эҥин көтүтэр үһү. Уонна олордоҕуна чыычаахтар кэлэн санныгар, төбөтүгэр олорор үһүлэр. Бэйэм көрбөтөҕүм.

– Брежневи хантан билэҕин? – диэн ыйытан турардаахпын. Онно:

– Мин Бережневи кытта этэрбэс араадьыйатынан кэпсэтэбин, – диир этэ, ону таах муодарҕыы эрэ истэрим.

Улахан айдарыылаах киһи кэлэн бараахтаабыт эбит, Марыыҥка эдьиийбит. Алааһыгар тиийдэхтэринэ билигин даҕаны сорох дьону моһуоктуур дииллэр. Ол алааска тиийдэхтэринэ, сороҕор төттөрү эргийэн тиийэ турар үһүлэр.

Былырыын Марыыҥка аймаҕа Маайа этэн турардаах:

– “Эдьиийим өтөҕөр сылдьан туос иһит ылан илдьэ кэлбитим. Түүн утуйа сыттахпына илэ кэлэн, иһиппин илдьэн уур диэбитэ. Ону сарсыҥҥы күнүгэр илдьэн ууран кэллим, – диэн.

Билигин Маайа Уорҕатыгар олордоҕо, сайын оттуу тиийдэхпинэ хаартыскаҕа түһэрэн ыытыам. Бу кыһын тымныы ыйдарга дьүөгэтигэр Чурапчыга кэлэн кыстаан барбыта. Биир түгэҥҥэ устубутум баар этэ да, көстөрө биллибэт.

Бастаан Марыыҥка туһунан суруйарбар телефонум моһуоктаан сордообута. Тоҕо, туохтан моһуоктуу сылдьыбытын билбэтэҕим.


Уонна дьэ итинник айдарыылаахтарга эмиэ биирдэ түбэһэ сылдьыбытым.

Арба ол Мындаҕаайыбыттан аналбын, аҥарбын булан ыал буолан олордоҕум. Кэргэммин ыларбар дьэ Мындаҕаайыга эдьиийигэр тиийдибит. Арай кэпсэтии буолла, онно санаторийга сыппыппын аҕыннаҕым дии. Онтум эдьиийэ оччолорго санаторийга үлэлээбит эбит, хаһыытыы түстэ:

– Ээ, күрүөйэҕим бэйэбэр күтүөт буолан кэлбит! Сир төгүрүк эбит.

Ол мин санаторийтан күрүөхпүттэн сыл аайы оҕо бөҕө күрээбит эбит, бастакы ааны мин аспыппын.

Чэ, бээ, ол айдарыылаахтарбар тиийиим. Ити 1996 сыллар саҕана буолбута. Мындаҕаайыга ыал буолан, теплица аттыгар уһаайба ылан дьиэ туттан олорор кэмим. Оччолорго убайым Афоня “Жигули” массыына бэлэхтээбитэ. Ол массыынанан дьону таһан таксилаан эрэр кэмим. Мындаҕаайыттан дьону таһан, Чурапчынан эргитэн аҕалар этим.

Биир сарсыарда 6 чааһы ааһыыта ааммытын тоҥсуйдулар. Мин туран ыйыппакка эрэ аспытым – Сазонов Данил кэлэн турар эбит. Тугу да ыйыта иликпинэ киһим “бардыбыт” диэтэ, мин массыынам күлүүһүн ылан дьиэбиттэн тахсан бардым. Киһим массыынам ханна баарын ыйытта, Дьоскуоскай Валера гарааһыгар диэтим. Ол киһим Бэс дэриэбинэтин түгэҕин диэки уһаайбалаах, онтугар баар.

Испэр чурапчылыыр буоллаҕым диэн санаалаахпын, ити саас кулун тутар ый бүтүүтэ. Гаражка тиийэн массыынабын собуоттаан таһаардым. Киһибэр ыйдаран, Бэскэ били Чурапчыга илдьиэхтээх дьоммутугар тиийдибит.

Дьиэҕэ киирбиппит чэйдии олороллор. Дьиэлээхтэри кытта үс чүөчэ баар эбиттэр. Биир хара бараан улахан харахтаах чүөчэ миигин тургутардыы көр да көр буолла. Сазоновым Ол Чүөчэттэн ыйытта:

– Бу суоппар аҕаллым, массыыналаах. Бу киһинэн барабыт дуо?

Онуоха чүөчэбит эттэ:

– Эрдэ аҕалбыт киһигинээҕэр ордук эбит, иттэрэбит.

Остуолга ыҥыран чэйдэттилэр, билсиһиннэрдилэр. Ол хара бараан чүөчэни Эдьиийбит дииллэр, аатын да ааттаабатылар. Икки барсыахтаах чүөчэлэрим биирэ Былатыанаба, биирэ Каженкина диэн эбиттэр. Ол Эдьиийбит хотуттан сылдьар улахан көрбүөччү, дьону эмтии кэлэ сылдьар эбит. Остоулга кыһыллыбыт тоҥ балык бөҕө, олорон эрэ аһаатыбыт.

Онтон тэринэн барыы буолла. Аппа уҥуор биир ыалга сылдьардаахпыт, уһаайба ыраастааһына диэтилэр. Ыалга тиийэн, Эдьиийбит онно киирдэ. Бу кэмҥэ Каженкина кэпсээтэ, бэйэтэ эмиэ дьону эмтиир идэлээхпин диэтэ. Былатыанабаны ити Эдьиий эмтээн атаҕар туруорбут – икки этээстээх дьиэттэн сууллан сиһин эчэппит, ону эмтээбит.

Ол кэпсэтэ олордохпутуна Эдьиийбит кыыһыран аҕай кэллэ. Массыынаҕа киирэн баран:

– Уһаайбаларын иһигэр быатын соһо сылдьар киһи баар эбит, нэһиилэ үтэйдим, – диэтэ. – Сэниэбин эстэ.

Онтон массынабытынан Чурапчылыыр суолунан айаннаатыбыт. Үс сэргэлээх сиргэ – сир ортотугар кэллибит Эдьиийбит хайдах эрэ саҥата суох буолан хаалла. Үс сэргэҕэ массыынаттан тахсан бэлэх-туһах биэрдилэр. Ол түгэҥҥэ Эдьиийбит кутурар курдук баллыгыраан ылла уонна эттэ:

– Иннибитигэр хаар бурҕаҥныыр.

Бу кэмҥэ Каженкина миэхэ:

– Массыынаҕын арчылат, – диир. Мин:

– Кэлин ыйытыам, – диэтэҕим дии.

Аны туран Эдьиийбит маннык диэтэ:

– Бу сэргэлэргит аттыгар аҕыйах хонугунан авария буолар буолбут.

Бары да соһуйа иһиттибит, ким да туох да диэн ыйыппатыбыт. Массыынабытыгар олорон салгыы айаннааһын буолла. Ол баран иһэн Эдьиий сотору-сотору:

– Иннибитигэр хаар кыыдамныыр, – диир.

Хондуга кэлэн муостаны ааһан истибит, онно Чурапчы диэкиттэн кэлиигэ өтөх баар. Салайыы кэнниттэн арай көрбүппүт бырысыаптаах КАМАЗ салайыыттан тахсан кэллэ. Арай өйдөөн көрбүтүм бырысыаба биһигини көрбүтүнэн иһэр аҕай эбит! Аттыбар олорбут Былатыанабам адьас уолуйан хаалбыт, “өллүбүт, бүттүбүт” дии-дии торуоскатынан массыына түгэҕин охсуолуура иһиллэн хаалла. Мин бырысыабы бытаардыллыбыт киинэ курдук көрдүм – ээ, кэннибэр Эдьиий олорон иһэр буолан оннук көрдөрдө быһыылаах. Уруулбун суолтан туора салайан кэбистим да, суол наасыбыттан көтөн тахсан хаарга дьөлө түһэн хааллым…

Ол олордохпутуна бырысыаптаах КАМАЗ бөҕө кэлэн тохтоотулар. КАМАЗ-тартан суоппар уолаттар тахсан кэллилэр. Дорожнайдар эбит, Мындаҕаайыттан суолга таас таһар эбиттэр.

Массыынабытыттан Эдьиий тахсыбытыгар бары билэн, дорообо бөҕө буола түстүлэр. Массыынаҕа олорор Былатыанабаны таһаарбатылар, бары тула өттүттэн “Жигулибын” көтөҕөн ылан суолга таһааран олордон кэбистилэр. Элбэх киһи көтөҕөн, суолга таһааран массыынабын олоппуттарыгар сөҕүү бөҕө буоллум.

Эдьиий онно эттэ:

– Ол КАМАЗ-таах уолу аҕалыҥ.

Баран ыҥыра сатаабыттарын киһилэрэ кэлбэтэ, онно балай да кэтэстибит. Эдьиий кыыһырыы бөҕөтө, “эбэтэр праватын баран аҕалыҥ” диэтэ уолаттарга. Онтон кэлэн праватын биэрбэтэҕин эттилэр, онно:

– Бэйэтигэр куһаҕаны оҥоһунна, – диэтэ уонна Чурапчыбытыгар бардыбыт.

Чурапчыга кэлэн Каженкина олорор Ярославскай уулуссатыгар этээстээх дьиэлэргэ, квартираҕа киирдибит. Кэргэнэ баар эбит, чэйдээтибит. Эмиэ үгэстэринэн тоҥ балык кырбаан сиэттилэр. Киэһэрэн, хараҥаран барда. Онно Эдьиийбит эттэ:

– Билигин миигин интернакка, институкка илдьэҕит. Онно дьону эмтии барабын. Бэйэҕит эмиэ эмтэтиэххитин сөп.

Мин туран “массыынабын алҕаттарыам этэ” диэбиппэр:

– Аара Сэргэлээх сиргэ алҕаабытым, – диэтэ.

Инньэ гынан Сазоновпыныын интернакка илдьитэлээтибит. Институкка киирбиппит истэкилээҥкэҕэ уулаах дьон бөҕө олорор эбиттэр, эмтэнээри.

Эдьиийбит бараары гыммыппытыгар эттэ:

– Эмтэтэрдээххит дуо? Баар буоллаҕына эмтиибин.

Мин “ыалдьарым суох” диэтим, Мындаҕаайыбар түргэн соҕустук төттөрү бара охсоору. Улаханнык саллан сырыттаҕым. Тахсан массыынабытыгар олордубут даҕаны, Мындаҕаайыбыт диэки газтаан кэбистибит.

Мындаҕаайыга тиийэрбитигэр хараҥаҕа айаннаан иһэн көрбүппүт, били биһигини түҥнэри көтө сыспыт КАМАЗ-пыт бырысыаптары суол кытыытыгар турар эбит. Дорожнайдар таас тиэйэр накопитальнайдарын таһыгар, Чурапчыга төттөрү барбатах.

Онтон аҕыйах хонон баран сэргэлэргэ, Чурапчыттан кэлии суолугар киһи өлүүлээх авария буолбута. “Жигулилаах” уолаттар КАМАЗ бырысыабын анныгар киирэн биэрбит этилэр. Куһаҕана диэн кэргэним аймахтара, эдэр уолаттар.

Бу буолбут быһылааны биир аймаҕым адьас кырдьыктамматаҕа. Бэйэтэ Мындаҕаайыга олорор, онно биир бириэмэҕэ баанньыгар система киллэрэ бара сылдьыбытым. Хастаев Володя диэн киһи баанньыгын систематын оҥорон бүтэрэн, дьиэбэр Чурапчыга барарбар Хастаевым бэйэтин массыынатынан илдьэригэр били Сазоновым барыста. Ээ, дьэ, кэпсээним кырдьыгын ол киһиттэн истэн соһуйуу бөҕө буолбута. Туоһум илэ бэйэтинэн Чурапчыга барыстаҕа дии. Дьэ, сөҕүү бөҕө буолбута.


Хадаарга бастаан тиийэрбэр интернакка олорбутум. Интернат дьиэтэ оччолорго Үрүҥ күөл үрдүгэр халдьаайыга, күөлү өҥөйө турара. Остолобуой дьиэбит суол нөҥүө баара. Күҥҥэ түөртэ аһаталлара. Поварынан Февронья Ивановна үлэлээбитэ, одноклассницам Лиза Филиппова маамата. Сүрдээх үтүө санаалаах, оҕону кытта оҕо буолан кэпсэтэр наһаа үчүгэй майгылаах, астаабыт аһа минньигэһэ сүрдээх буолара.

Остолобуойга дежурствоҕа түбэстэххэ үөрүү бөҕө буолара, эт кырбыы олорон иһим тотуор диэри эт сиирбин саныыбын. Астаабыт алаадьыта, бэрэскитэ улахана, тотоойута, минньигэһэ – билигин да амтана кэлэргэ дылы.

Биирдэ улахан баҕайы камбала балык интернат остолобуойугар кэлбит этэ, улахан лиистэргэ тоҥоруллубут. Ону ыһаарылаан сиэтэ сылдьыбыта, тотоойута диэн сүрдээх этэ. Интернат оҕолоро ол балыгы өргө диэри сиэбиппит. Чүөчэ Феня ийэлии истиҥ сыһыана биһиги интернат оҕолоругар өйбүтүгэр-санаабытыгар куруук баар.

Интернакка аҕыйах сыл олорон баран, дэлби мэнигим батарбакка уруоктан күрүүрүм элбээбитэ. Ол быыһыгар Дьяконов Миисэлиин Намҥа күрээн, айдаан бөҕөнү тардан интернаттан үүрүллэн турардаахпын.

Ол Намҥа күрээһин эмиэ остуоруйалардаах. 6-с кылааска үөрэнэ сырыттахпына Намтан биир ыал көһөн кэлбиттэрэ – Дьяконовтар, түөрт оҕолоохторо. Улахан уоллара Сеня диэн, эдьиийин аатын умнан кэбиспиппин. Намҥа ыал буолан олорор этилэр, балта Хадаарга кэлэн үөрэммитэ, эмиэ аатын умнубуппун.

Миша Дьяконов бастаан кэллэҕин утаа, Хадаарга биһиги кылааска киирбитигэр уолаттар “боруобалаан көрүөххэ” диэн буолла. Пирожков Костяны мин кигэн охсуһуннарааччы буоллум. Дьонум бастаан аат эрэ харата охсустулар, хайалара да күүскэ охсубат быһыылааҕа. Туһа суох эбит диэн, тэҥнэһиини биэрдим. Аны Давыдов Миитээкини утары туруоран охсуһуу саҕаланна да, эмиэ хайалара да хоппото, дьоммор эмиэ тэҥнэһиини биэрдим. Дьэ онон бүттүбүт.

Аны туран киэһэ аайы улахан дьон киинэтигэр сылдьаары үүт-хайаҕас көрдөөһүнэ буолла. Түөрт табаарыстыы буоллубут. Саҥа уолбут – Нам уола – оччолорго сытыы бөҕө, кэлэн-баран уол оҕото. Сценаҕа муоста арыллар гына аҕыйах хаптаһыны бэлэмнээбит, онтун биһиэхэ эттэ. Муоста сууйара эбитэ дуу, билигин адьас өйдөөбөт эбиппин. Муоста сууйааччынан Ксенофонтова Шура үлэлиирэ, ийэтэ кулуупка үлэлиир этэ.

Биир күн киинэ иннинэ кэлэн муостабыт анныгар киирдибит. Дьон кэлэн зал иһэ туолан, киинэбит саҕаланна. Сыыйа муостабыт анныттан тахсан, сценаҕа быыс кэннигэр олорон көрдүбүт. Киинэ бүтүүтэ муостабыт анныгар киирэн хааллыбыт, киинэ бүтэн дьон тарҕаһан баран хааллылар. Баралларын кытта кулууп хатана илигинэ тахсан куотуу. Оннук хаста да куотан сырыттыбыт.

Биир күн үчүгэй киинэ көрөөрү, эрдэ кэлэн хайаҕаспытынан киирдибит. Ол күн дьиэ сууйааччы Шура кэлэн сууйа сылдьыбыт, биһиги муоста анныгар олорон айдаарсан кэпсэтии бөҕө буоллахпыт. Ону истэн куттаммыт аҕай үһү, оруобуна сөллөкүүттэр тахсыбыт кэмнэрэ эбит. Уонна онтон дьон өллөҕүнэ кулууптан да таһааран эрдэхтэрэ буолуо. Иһиллээн-иһиллээн, оҕолор сагарарбытын билбит. Муостаны тоҥсуйа-тоҥсуйа “тахсыҥ!” диэн айдаан бөҕө буола түстэ. Ээ, хайыахпытый, тутуллан сценабыт хайаҕаһынан таҕыстахпыт дии.

Тахсыбыппыт оччотооҕу кулууп үлэһиттэрэ кэлэн турар этилэр. Тахсыбыт сирбитин ыбылы тоһоҕолоон кэбиспиттэрэ. Онон онуоха-маныаха диэри тохтоотохпут дии.

Сааһыары Пирожков Куостабыт “кулуупка киирэр биир хайаҕаһы буллум” диэн кэллэ. Дьэ туран, тугу эппитин көрө бардыбыт. Тиийбиппит киһибит кирилиэһинэн үөһээ крышаҕа таһаартаата. Онно крыша биир өттүгэр кыра түннүк баар эбит, ону устан онон болкуоҥҥа киирэр сир оҥорбут. Түннүк тааһын оннугар фанеранан сабан кэбиһэр гыммыт.

Киэһэ кулуупка дьон кэлэ илигинэ баран болкуоммутугар киирэн саһан хаалабыт, киинэ саҕаланнаҕына болкуоҥҥа баар ыскамыайкаҕа олорон киинэ көрөбүт. Дьэ аны оннук, кэм уһуннук киинэ көрө сырыттыбыт.

Оччолорго табах тардар идэлэнэ сылдьыбыппыт. Ол киинэ көрө олорон аны табахтыыр идэлэннибит. Биир түгэҥҥэ бары табах тардаммыт, киномеханик буруону көрөн дьэ тутуллуу бөҕө буоллубут. Тутуллан турдахпытына киномеханик этэр:

– Арай көрдөхпүнэ хойуу баҕайы буруо унаарыйда. Киинэ көрдөрөр уоппар сырыы аайы оннук буруо баар буолааччы, аллараа киинэ көрө олорон дьон табах тардар диэммин кыһаммат этим. Бу сырыыга адьас чугастан буруо тахсарын быһаардым.

Инньэ гынан, ол түннүкпүтүн ис өттүттэн аҥаарыгар диэри фанера саайан кэбистилэр, онтон ыла мэлийдэхпит дии. Ол сааһыары этэ.

Биирдэ ол Дьяконов Миисэ эттэ:

– Мин дойдубар Намҥа баран кэлэбит дуо, сааскы каникулга?

Мин бэйэм дьоммор этэбин:

– Уорҕаҕа бара сылдьан бытовойга таҥас ылан ыстаан тиктэриэм этэ.

Уонна 25 солкуобай харчы көрдүүбүн. Оччолорго дьэ харчы буоллаҕа буолуо. Ол эмиэ Уорҕаҕа өрөбүллэргэ Хадаартан сатыы бара сылдьан ылан кэллэҕим, үөрэх быыһыгар.

Миисэҕэ кэлэн харчыламмыппын эттим. Киһим үөрэ түстэ. Каникул иннинэ барыахха диэн хаайда, аны күрээн биир нэдиэлэ иннинэ барыы буолла.

Уруккуттан күрүү үөрүйэх буолан, суолга туруннубут. Сарсыарда Хадаартан автобуһунан Чурапчыга киирдибит. Ол киирэн баран ыалга, киһим билэр дьонугар тиийэн эбиэттээтибит. Оччолорго автобус куоракка тиийэ сылдьара. Онтон эбиэттэн киэһэ автовокзалбытыгар кэлэн куоракка диэри билиэт ыллыбыт. Автобуспут кэлбитигэр тахсан олоруу буолла.

Уһун айан эбит этэ. Куоракка автовокзалга кэлэн түстүбүт. Киэһэ автовокзал сабыллар эбит, инньэ гынан куорат иһинээҕи автобуһунан аэропорт вокзалыгар бардыбыт. Онно түүнү атаарар санаалаахпыт. Дьэ туран портка тиийдибит, самолёт тыаһа бөҕө. Ээ, дьэ, сэргэх сиргэ тиийдибит.

Дьон бөҕө баар, нуучча-саха диэн, хотулар да баар быһыылаахтар. Биһиги мээнэ хаамыы да хаамыы. Ол сылдьан ларёкка киирэн аһаан тахсабыт-хайыыбыт. Дьэ онно газировка диэннэрин амсайан, мин онтон арахпаппын. Аны мозаика диэннэрин истиэнэҕэ көрө турдахпына, нуучча уолаттара кэлэн таһырдьа таһааран кырбаары сордоотулар. Аэропортка оннук баарын кэрэхсээн көрөн турардаахпын. Эппитим курдук, аны газировка диэн баарын билэн онно тиэстии буолла. Бытархай харчыны уган үс көрүҥнээх газировка уутун иһэҕин, үчүгэй баҕайы эбит. Сиэппэр баар бытархай харчым бүтүөр диэри ол газировкаҕа кырыныы буолла.

Түүммүт ааһан, сарсыарда табаарыспынаан аэропортан автовокзалга автобуһунан бардыбыт. Оннук салгыы айаннаан, Нам оройуонугар тиийдибит, эргэ кыра дьиэ вокзаллаах. Онно тиийэн автобуспутуттан түстүбүт, дьон лыык курдук дойдута эбит. Билиэт атыылаһыыта бөҕө. Куоракка барааччылар биһиги кэлбит автобуспутугар олорон, баран көҕүрээтилэр. Хата биһиги тыаҕа тахсааччылар хааллыбыт.

Чааспыт туолан, киһи бөҕө элбии түстэ. “Тахсан олоруҥ”, – диэн диктор биллэрэрин кытта автобуска тахсан, миэстэнэн олорунан кэбистибит. Айаннааһын буолла. Баран истэххэ дэриэбинэ бөҕө баар эбит, онно тохтоон ыла-ыла айанныыбыт. Модуппутугар хараҥаҕа тиийдибит. Хараҥа суолга түһэрэн баран автобуспут салгыы көнө бара турда, дэриэбинэҕэ киирбэт эбит. Суоллара көнө бара турар, салгыы дэриэбинэлэр кэлэ турар эбиттэр.

Мастар быыстарынан дэриэбинэ уота көстөрүнэн, автобустан түспүт дьон кэнниттэн бардыбыт. Миисэм дойдута буолан, суолтан чугас баар аймахтарыгар тиийэн киирдибит. Соһуйуу бөҕө буоллулар.

Аймахтара элбэхтэрэ сүрдээх этэ, олору кэрийэн хонуу миэхэ интэриэһинэй бөҕө буоллаҕа. Миисэм табаарыстарын көрсөн билсиһии бөҕөбүн. Дьэ аны кыргыттарыттан саллыы буолла. Оҕолор буоллахпыт, ити 6-с кылааска үөрэнэ сылдьан, сааскы каникул бириэмэтигэр мүччүргэннээх сырыым. Кыргыттара нууччалыы сайдыылаах эбиттэрэ дуу, хайдах эбитэ буолла – “пошёл да пошла” диэн тыллаахтар. Аны бары перчатка кэтэ сылдьаллар, онтукалара хос-хос. Ол иһигэр сибиньиэс укта сылдьаллар, онтукалара кастет дэнэр эбит. Кыргыттара уолаттар курдук охсуһуук бөҕө эбиттэр.

Дьэ туран сааскы каникул дьиҥнээхтик саҕаланна. Миисэм кэм сайдыылаах киһи буолан дойдубутугар Хадаарга телеграмма охсубут эбит. Ол маннык диэн ис хоһоонноох сурук эбит: “Этэҥҥэ тиийдибит, Хадаарга көрдөөмөҥ”, – диэннээх үһү. Оччолорго оннук өй миэхэ суох бөҕө буоллаҕа.

Адьас билбэт дойдум буоллаҕа, биир күн туран кулууптарыгар тиийдибит. Бильярд оонньууллар, аны туран таах талбыттарынан – киинэ көрөөччүлэр да бааллар, эдэр ыччат да элбэҕэ сүрдээх эбит. Киһим үксүлэрин билэр.

Биһиги ол сылдьан ыаллары кэрийэн мас хайытан харчылаһар идэлэнэ сырыттыбыт. Оннук харчылаһары билбэт этим. Мин харчым бүтэн дойдубутугар төннөрбүтүн оҥосто сырыттахпытына, убайа Хадаартан биһигини ыла кэлбит.

Ол сылдьан, дьүкээбил умайарын онно көрөн турардаахпын. Саастара эрдэ кэлэн хаарын уулларар эбит. Каникул бүтүүтэ чалбахтар кыралаан тахсыбыттара.

Дьэ биир кэмҥэ уулуссаҕа кыргыттарга түбэһэн кырбана сыһан-хайаан, нэһиилэ куоппутум. Хата уолаттарым утары иһэллэригэр түбэһэн, быыһанан турардаахпын. Оннук сылдьан турардаахпын, Нам Модутугар.

Дойдубар Хадаарга кэлэн, каникул кэнниттэн линейка иннигэр турбуппут. Күрүөйэх буолан быыгабар ылан турардаахпын…

(Салгыыта бэчээттэниэ)

Юрий Егорович ЛУКОВЦЕВ.

2025 сыл, ыам ыйа.


(Салгыыта)

Субан сүөһү көрөр сирдэриттэн наһаа ырааҕа суох Нуучча олоҕо диэн сиргэ совхоз сүүрүк сылгыларынан дьарыгырар уолаттар биригээдэ тэринэн, илиинэн оттуу тахса сылдьалларыгар миигин көмөҕө диэн ыыппыттар.

Русланым баран иһэн кэпсиир: ити бастаан сылдьыбыт үүтээммитигэр эрдэ хардаҥ эһэҕэ түбэһэ сылдьыбыт. Ону эрдэ кэпсээри гынан баран, куттаныа диэн кэпсээбэтэх эбит

Хайдах көрсүбүтүн кэпсээн дэлби күллэрдэ. Арай адьас сэрэҕэ суох баҕайытык үүттээҥҥэ тиийбит, күнүс эбитэ үһү. Атынан хаамтаран үүтээҥҥэ тиийбитэ, арай үүтээн аана аһаҕаһынан эмискэ хардаҥ эһэ ыстанан тахсыбыт. Руслан хаһыытаан баран атын соруйан туора ыстаннарбыт. Эһэтэ сүрдээх улаханнык ынчыктыыр курдук саҥа таһаарбыт да, алдьархайдаах холлор тыас иһиллибит! Эһэлиин-аттыын икки аҥыы ойуурга түһүү буолбут.

Онтон син уоскуйан, атын төттөрү салайан үүтээнигэр тиийбит. Киирбитэ үүтээн истиэнэтин сугун барыанньатынан дьаабылаабыт. Ол сылдьан ыттааҕын ыҥыра сатаабыт да, ыта биллибэт үһү. Кэлин билбитэ ыта төттөрү баран хаалбыт, Мындаҕаайыга тиийбит. “Хара мойбордоох эһэбитинээҕэр хардаҥ эһэ кыра буолар эбит”, – диэбитэ.

Дьэ айаннаан, Нуучча олоҕор кэллибит. Үүтээннээх эбиттэр, ол таһыгар палатка баар. Оттуу сылдьаллар, ким да суох. Быраатым миинэн кэлбит аппын сэтиилэнэн субан көрөр сиригэр барда, мин хааллым. Үтэлээх бэрэмэдэйбин, малларбын үүтээҥҥэ киллэрдим. Оллоонноругар биэдэрэ баарыгар чэй оргуттум.

Киэһэлик хотуур сүгүүлээх уолаттар кэллилэр, сорохторо боруода аттары мииммиттэр. Звеноводтара Николаев Герман диэн орто саастаах киһи, эдэр уолаттар билсэн кэпсэтии буолла. Эрдэттэн “Молот балтын кэргэнэ кэлэр” диэн биллибит эбиппин. Кэпсиир буоллахха, кэргэним бииргэ төрөөбүт алтыалар: улахан кыыс Таня, орто Еля, кыра кыыс мин кэргэним Мария, уолаттар – улахан уол Молот, орто Федя, кыра уол Васёк.

Молот суоппардар биригээдэлэригэр ол саҕана оттуу тахсыбыт этэ, эмиэ үрэххэ. Кэлин ол биригээдэттэн күтүөккэ диэн тайах этэ кэһии кэлитэлии сылдьыбыта, ол сайын.

Билсэн, алаас уола билбэтим-көрбөтүм элбэх буоллаҕа. Ол саҕана онно туалеттарын тоҕо үрдүктүк туталларын муодарҕыы санаан турардаахпын. Дьэ кумаар-бырдах диэн баар бөҕө дойдута эбит, бастаан иэдэйэ сыспытым.

Сарсыҥҥы күнтэн илиинэн от охсуута саҕаланна. Эрдэ дойдубар аҕабар хотуурунан оттоһор буолан, билбит суолум буоллаҕа дии. От биһиги дойдубутунааҕар өлгөмнүк үүнэр эбит. Күн аайы охсуу буолла, биир үрэҕи. Ардах улахан суох буолан куурбут өттүн атынан мустаран, быыһыгар бугуллаан иһэбит. Дьэ бугуллары улахан гына оҥорон иһэр эбиттэр, хаһан кэбиһэри ыйыппыппар дьонум “күһүн тыраахтар кэллэҕинэ” дэһэллэр.

Быыстарайтатан сынньанар кэммитигэр үрэх куулатыгар тахсан сугуннаан айахпытыгар сиибит, дьэ сугун дэлэй дойдута буолан биэрдэ. Мин сугуҥҥа биэдэрэ аҕалан сугуннуурга сананным, ардах эҥин бириэмэтигэр үтэ аҕала бардахтарына ыллаттарар курдук.

Биир бириэмэҕэ үтэ аҕаларга миигин биир уоллуун ыыттылар, таарыйа биэдэрэҕин бэйэҥ аҕалаар диэтилэр. Сарсыарда эрдэ туран алтаттан айан саҕаланна. Икки атынан үтэбитин ыҥырдан аҕалыахтаахпыт.

Боруода сүүрүк аттар майгылара сымнаҕас буолар эбиттэр, миинэргэ-тахсарга улаханнык мөхсүбэттэр. Айаннаан истэххэ сайын буолан кымаара-күүгэһэ дьэ элбэх дойду эбит. Лаҥхалаах баҕайы үрэх куулатынан баран истэхпитинэ талахтар быыстарыттан тайахтар тахсан кэллилэр. Син тэйиччилэр, бэһиэлэр – икки оҕо, үс улахан тайахтар. Биһиги саалаахпыт да, ыҥыырга иилэ сырыттахпыт. Булчут санаабыт киирэн, хаһан түһэн ылыахпытыгар диэри тайахтарбыт сус гынан хааллылар. Дьэ өй ылан саабытын сүгэн айаннаатыбыт, баҕар алҕаска биири эмит дэҥниэхпит диэн. Звенобутугар биир тайахха лизенциялаахпытын билэбит.

Уһун-киэҥ айан эбит. Киэһээ сөрүүн түһүүтэ Мындаҕаайыбытыгар дьэ кэллибит. Аны корпус булан уҥуор туоруохпутун наада. Талахтар быыстарыттан хата биир корпуһу булан, дэриэбинэбитигэр туораатыбыт.

Дьэ хонон, сарсыҥҥы күнүгэр бэкээринэҕэ уочараттаан килиэп ыллыбыт. Эбиэт саҕана төттөрү өрүһү туораан, салгыы мөндүлүөнэй хаппахтаах биэдэрэ ыҥырдан айаннаатыбыт. Үрэхпитигэр этэҥҥэ, Нууччабыт олоҕор түүн тиийдибит.

Сарсыҥҥы күнүгэр сиикэрэлээн ардах түһэн кэбиһэн, дьэ биэдэрэбин тутан били сугуннаах сирбэр таҕыстым. Арай тиийбитим биир да сугун суох буолан хаалбыт. Укка онон-манан сиргэ аҕыйах көстөрүн хомуйустум, син балай да сырыттым. Сыыллан сылдьан хомуйан эрдэхпинэ аттыбар эмискэ соһуйан саҥа таһаарар курдук тыас иһиллиннэ да, эмиэ куһаҕан тыас иһиллиннэ. Мин соһуйан хаһыыра түстүм, биэдэрэбин кыыратаат куотуу буолла. Биэдэрэм тыаһын кытта эмиэ туох эрэ куотар тыаһа иһиллэн хаалла.

Мин үүтээммэр хайдах тиийбиппин да өйдөөбөккө хааллым. Уолаттар куотан кэлбит сирэйбин-харахпын көрөн дьэ күлүү киэнэ кытаанаҕа буолбат дуо. Дойдулаах дьон эһэлэр баалларын сэрэйэр эбиттэр. Мин алаас киһитэ оннук түбэһэн соһуйдаҕым дии. Ол иһин уолаттар саа сүгэһэрдээх сылдьар эбиттэр. Ол сыл эһэ элбэх диэн этэр эбиттэр, киһи курдук элбээбит сыллара диэн. Ол эрээри дьоҥҥо мээнэ көстүбэт, сэрэх кыыл эбит.

Сарсыҥҥы күнүгэр хаһыа да буолан, биэдэрэбин ыла диэн бара сырыттыбыт. Эһэлэрбит элбэх буолан сугун угун барытын үнтү тэпсэн, сугунун сиир эбиттэр. Ол иһин сугуммун дьаабылаабыттар. Биэдэрэбин булан баран сирийэн көрдүбүт – били биэдэрэбин бырахпыт сирбэр эһэ холлон баран куотан ыстаммыт, ону биир булчут уол баара кэпсээтэ.

Элбэх эһэ сугуннаах сири начаас сиэн кэбиһэр эбиттэр, баппаҕайдара бэйэтэ комбаайын. Дьэ инньэ гынан сугуннаан бүтэн турардаахпын.

Арай, диэххэ.

Биир сарсыарда аһыы олордохпутуна, дьэ доо, хаһыы бөҕө, ат туйаҕын тыаһа бөҕө буола түстэ. Арай көрбүппүт биир аттаах киһи саатын үөһээ тутан ытан куһуйа-куһуйа, биһиги диэки ыстаннаран аҕай иһэр эбит. Мин улаханнык салынным, остуолтан туран балааккабар киирэн хааллым.

Атынан адьас ыкса ыстаннаран аҕай кэллэ. Дьонум остуолларыгар олороллор. Киһибит атыттан ыстанан түстэ, мин балаакка түннүгүнэн уоран көрөн турдум. Кэпсэттилэр, алаас киһитэ баар сурахтааҕа ханна баарый диир саҥата иһиллиннэ. Балааккаҕа диэтилэр. Мин мух-мах буолан балааккаттан тахсаары ааныгар чугаһаан эрдэхпинэ, балаакка аана аһылла түстэ да “мэ, хап!” диир саҥа иһиллиннэ. Ону кытта илии кыырайан кэлбитин хабан ыллым да, хаһыы бөҕө буоллум. Ээ, дьэ, киһи илиитин тутан турар эбиппин.

Онтон киһим “илиибин аҕал эрэ” диэн турда. Өйдөөн көрбүтүм протез илии эбит, төттөрү биэрдим. Таһырдьа тахсан көрбүтүм бары күлэн уҥа сыталлар, сорохтор тыыннарын нэһиилэ ыллылар. Кинилэргэ көрүдьүөс буолуо.

Ойоҕум убайа Молот тайах буута кэһиитин ыыппыт, ону аҕалбыттар. Таарыйа баҕар кыыл көрүөхпүт диэн саалаахтар эбит. Арба ол аттаах киһим Куостакаан диэн ааттаах. Ол киһи эттэ: аны биир уһун унньуйбут киһи кэлиэҕэ, миигиннээҕэр өссө кутталлаах, диир, сатыы кэлиэ диэтэ. Федосий диэн, кэлин Чурапчыга УКС тойоно буола сылдьыбыта. Арай көрбүтүм уһун уҥуохтаах, холку көрүҥнээх киһи сатыы хааман кэллэ. Салла саныы сырыттахпына Нуучча олоҕун үрүйэлэрин оттоон бүтэрэн, Омоттуун диэн үрэххэ көһүү буолла.

Күһүөрү малбытын-салбытын аттарбытыгар ындан айаҥҥа туруннубут. Ол баран иһэн биир сиргэ инники баран иһэр аттаах дьоммут тохтоон, төттөрү тиийэн кэллилэр. Туох буолла диэн ыйыттыбыт, иннибитигэр суолга оҕолоох эһэ сытар диэн буолла. Ырдьыгыныыр, суоһурҕанан часкыйар эҥин үһү. Хаайтарыы буолла, саанан куттаары гынан баран туттуннулар. Суоһа-суодала сүр үһү. Сыыһа тутуннахтарына алдьархайы оҥорууһу диэн буолла.

Буулдьа саа суох дьоно эбиппит, көннөрү дорубуонньуктар бааллар, “онон хотутарга саарбах” дэстилэр. Уот оттон онно хонуу буолла, түүнү быһа сэрэхэчийэн олоруу.

Сарсыарда быраатым Руслан эдьиийин кэргэнэ Стапаанка диэн киһи атынан тиийэн кэллэ. Булчут ата кыһын сииригэр оттуу баран иһэр эбит, үүтээнигэр. Киһибит саа-саадах бөҕөлөөх, биһиги үөрэ түстэхпит дии.

Сүбэлэһэн баран баран көрө сырыттылар, эһэбит сытарын курдук сытар үһү. Стапааммыт чуҥнаан көрөн баран “өлөрөр сатаммат эбит, оҕото кырата бэт эбит, бэйэтин дьаалатынан туораан биэрэрин кэтэһэр эбиккит” диэтэ. Инньэ диэн баран атынан атын сиринэн барда, биһиги хаалан кэтэһии буолла.

Кыылбыт киэһэлик туран барбыт эбитин биллибит, сыыйа сэрэнэн бардыбыт. Омоттууммутугар тиийдибит, кэҥэс соҕус үрэх эбит. Эмиэ оттоон, үлэ күөстүү оргуйда.

Күһүн оппутун охсон, бугуллаан бүтэрэн кэбиһээри тыраахтар кэлэрин кэтэстибит. Биир күн 150-наах, көлөөһөтүгэр гусеницалаах тыраахтар тиийэн кэллэ. Омоттууммут үрэхтэрин бугулларын кэрийэ сылдьан от бөҕөнү туруордубут. Ол сырыттахпытына күһүҥҥү ардахтар бөҕө кэлэн түспэттэр дуо. Уу-хаар бөҕө. Тыраахтарбыт нэһиилэ сылдьар, сир барыта бадараан-кута буолла. Биир түгэҥҥэ тыраахтарбыт көлөөһөтө көстүбэт гына батары түһэн хаалла, сирбит барыта уу. Сорох сиргэ баар бугулларбыт төбөлөрө эрэ хааллылар. Сорох күн ардах тохтуурун кытта ол бугулбут төбөлөрүн наһыылканан таһан кэбистибит. Хаарыан хара көлөһүммүт дэһэбит, тутатына кэбиһэн испиппит буоллар от бөҕө туруорарбыт хааллаҕа. Ол кэмнэргэ дьэ кыһыы этэ. Тыраахтарбытын нөҥүө сылыгар күһүн хостоон, арыытын барытын сүөкээн саҥа арыы кутаннар сүүрдэн аҕалбыттара.

Оҕо сылдьан биир улахан быһылааҥҥа түбэһэ сылдьыбытым. Уорҕаҕа буолбут түгэн, массыына аварията. Ол кэпсээни сайын, Уорҕаҕа оттуу бардахпына суруйуом, буолбут даататын эҥин суруйан туран. Хаартыскаҕа түһэн-хайаан, үйэлээх буолар гына. Кыайыы пааматынньыга оҥоһуллар сылыгар, “вечнай огонь” умайыахтаах этэ. Оҥоһуллан бүтэн олоххо киирбитэ гынан баран, “вечнай огонь” бастайаанна умайбатаҕа. Ол саҕана куруук умайан туруо диэн этэ. Остуоруйалаах пааматынньык. Хата, санатаарыҥ. Быһылаан ол пааматынньык оҥоһулларыгар буолбута, үс киһи өлүүлээх…

Олоҕум кэпсээнин салгыыбын. Мындаҕаайыга алта сыл олорон бараммыт, төттөрү дойдубар Уорҕабар көһөн кэлбитим. Дойду тардыыта күүстээх этэ. Ол саҕана совхозтар эстэн, сэбиэскэй былааспыт суох буолбута. Дьон бааһынай хаһаайыстыба, предпринимательство диэннэр тэриллэн онно киирэн үлэлээри тэриммит кэмнэрэ. Совхоз эстэригэр оччотооҕу сүөһүтэ-аһа паайга чааһынай дьоҥҥо бэриллэр буолбута. Мин оччолорго Дириҥҥэ олорор, фермаҕа тиҥэһэ бургунастары Уһун Алаас диэн сиргэ фермаҕа көрөр кэмим.

Биир бириэмэҕэ Габышев Володяны көрүстүм. Киһим бааһынай хаһаайыстыба диэн саҥа үөскээн эрэрин, бэйэҥ тэринэриҥ туһунан кэпсээн улаханнык интэриэһиргэттэ, туһунан сокуоннаах эҥин диэн. Бэйэтэ бааһынайынан барарын кэпсээтэ.

Дьэ мин ол бааһынай сокуонун Габышевтан ылан аахтым уонна оннугунан барар эбиппин диэн быһаарынным. Ол сырыттахпына урут эрдэ мастарыскыайга сварщигынан үлэлиир кэммэр Иванов Пётр диэн мастарыскыайым тойоно көрсө түстэ. Мин Бааһынай сокуона баарын туһунан Пётр Афанасьевичпар кэпсээтим. Киһим ол сокуону миигиттэн ылан аахта уонна улаханнык интэриэһиргээтэ. Арба Пётр Афанасьевиһым мастарыскыайга бииргэ сылдьан баран, отделениеҕа председатель буола сылдьар кэмэ. Миигин ол иһин табаарыһын уолун батыһыннаран фермаҕа үлэһит оҥостубута. Уолум диэн ааттыыр этэ.

Бу кэпсээммэр көтүппүтүм элбэх эбит. Аармыйаҕа сылдьан бииргэ службалаабыт однополчанецпар, бурят уолбар дойдутугар баран “сварщик, электрик, крановщик башенных мостовых кранов” идэлэригэр үөрэнэн кэлбиппин көтүппүт эбиппин. Кэлин санаатахпына ол туһунан баҕар суруйуом.

Пётр Афанасьевич бэйэтэ оҕолордоох, уоллаах кыыс, кэргэнэ Мария диэн. Бааһынай сокуонун ааҕан ырытыһыы буоллубут, Бүөккэбинээн. Оччолорго мин кэргэмминээн, икки оҕобунаан баарбыт. Улахан кыыһым Иванкам, уолум Айаал диэн. Дириҥҥэ киирэри кытта бастакы дьиэҕэ куортамнаан олорбуппут, кырдьаҕас эмээхсин дьиэтин, аатын умнан кэбиспиппин. Ол эмээхсин атын дьиэҕэ дьоҥҥо эбээ буолан олороро. Ол дьиэни абааһылаах диир этилэр да, биһигини моһуоктаабатаҕа.

Дьэ ырытыһыыга Бүөккэм эттэ: “Сүөһүнэн паайдарын ылбыт дьону кыттыһыннаран, Уһун алаас ферматын бэйэбитигэр ылыахха, бааһынай сокуонугар тирэҕирэн”. Оччолорго совхозка баар техника, тыраахтар 5 тыһыынчаҕа турар этэ. “Кредит ыламмыт атыылаһан ылан сири оҥотторуохпут”, – диэтэ.

Сүбэлэһэн дьону бэйэбитигэр тардар курдук ылыммыппыт, онтубут туолбатаҕа – Пётр Афанасьевиһым олохтон туораан хаалбыта. Ол кэмнэргэ дьон бааһынай хаһаайыстыбанан барыталаабыттара, совхоз ыһыллыбыта. Мин бэйэм хаһаайыстыба тэринэн паайбын, сирбин ылбытым.

Кредит ылан Т-25 тыраахтар ылаары Беркакитка барар буоллум. Чурапчыга бааһынай хаһаайыстыбалар Ассоциациялара баар буолбута. Онон түмүллэн, массыына эттэһэн икки Камаз массыына булан тыраахтардарбытын ыла айаннаатыбыт.

Мин олорсо сылдьар Камаһым полуприцептаах, онно икки тыраахтары аҕалыахтаахпын. Беркакикка тиийбиппитигэр тыраахтардарбыт Золотинкаҕа бааллар диэн буолла. Инньэ гынан Золотинкаҕа тиийдибит. Онно база баар, тыраахтардарбыт онно баар эбиттэр. Белорус да элбэх дойдута эбит. Биир нуучча киһитэ миэхэ: “Т-25 миэхэ биэр, мин Белорус биэрэбин”, – диэн турда. Бэйэтэ базаҕа үлэлиир киһи. Мин туран толкуй бөҕөҕө түһэн бараммын, акаары санаабар Белорус сэлээркэни үрэр диэн толкуйдаан, аккаастаан Т-25 ылабын диэтэҕим дии. Уонна оттон эбии харчы уунарым суох буоллаҕа. Белорус сыаната улахана биллэр буоллаҕа дии санаатаҕым. Онтум баара туруору бырахса сатаабыт эбит, ыйытыах баара хаалбыт. Кэлин атастаспыт киһититтэн истэн, сиргэ силлээтэҕим.

Уорҕаҕа Дириҥтэн көһөн тахсыбыт кэмим. Оччолорго Уорҕа кырыы учаастакка киирсэр буолан, өйөбүл көрүллэн дьон көһөн тахсан олохсуйан барбыттара. Тыраахтардарбытын тиэнэн төттөрү дойдубутугар айаннааһын буолла. Оччолорго маҕаһыыннарга “Роял” диэн спирт бөҕө атыылана сылдьар кэмэ этэ. Мин Нерюнгрига маҕаһыыннарга тохтоон, тыраахтар сууйуута диэн ол “Роялларыттан” атыылаһыы бөҕө буоллум. Мин оччолортон арыгыны мээнэ испэт эбиппин, биирдэ эмит амсайан көрөөччүбүн. Ол кэнниттэн өлөттөрүүтэ ыарыыта баар буоллаҕа.

Аара тохтоон, кыратык сууйан ыла-ыла айаннаан дойдубутугар кэллибит. Дириҥҥэ кэлэн тыраахтарбын массыынаттан сүөкээн, собуоттаан Уорҕабар айаннаан кэллим. Хас да күн сууйуу, дьон кэлэн тутан-хабан көрөллөр, хайҕааһын бөҕө буоллаҕа дии.

Дьон ордук санааһына олохпор эмиэ баар бөҕө буоллаҕа, ол кэмнэргэ охсуу бөҕө ылбытым. Ону бука диэн киэҥ суруйууга киллэрбэт эбиппин. Сааланан кэлбит киһини алҕас дэҥнээн турардаахпын. Салгыы атыны суруйуоҕум. Ол быһылаан кэнниттэн Мындаҕаайыга төттөрү көһөн барыы буолбута. Онно көһөн тиийэн бааһынайбар сир ылбытым, сокуонунан киирэн киһи ылар этэ. Оттоон-мастаан, сүөһүбүн көрөн олорбутум.

Атыны кэпсиим.

1980 сыллаахха аармыйаҕа ыҥырыллыбыт кэмим. Биир күн кылааһынньыктар мустан атаарыы оҥордулар. Түөспүтүгэр иилинэр мөһөөччүктээх буор кэтэттилэр, кыра аһааһыннаах буолла. Нөҥүө күнүгэр оройуоҥҥа киирэн “Чех” диэн самолётунан куоракка көттүбүт.

Маҕан пордугар түһэрбитин кытта автобуска олордон “Маякка” илтилэр. Онно мустан, хас да хоннукка медкомиссияны бардыбыт. Доруобуйабыт бары чуоккай. Биир күн атын байыаннай чаастартан сержаннар биһигини илдьэ бараары кэлбиттэр.

Сарсыҥҥы күнүгэр стройдатан баран автобуска олортулар уонна улахан портка илтилэр. Самолёкка олордон Читаҕа көтүү буолла.

Онно тиийбиппитигэр дьэ биир сиргэ мустулар, эмиэ медосмотр барыы буолла. Онно көрдөрө сырыттахпына биир нуучча бырааһа эр киһи этэр: “Миэхэ манна хаалан госпитальга быраас буолуоххун сөптөөх киһи сылдьар эбиккин”, – диэтэҕэ үһү. Ону мин “тоҕо” диэбиппэр “илииҥ кыра баҕайы, хирург буолуоххун сөп” диэтэ. Медицина диэни билбэппин диэбиппэр үөрэтиэхпит диэтэ. Хааллараары гыммытын уолаттарбын сайыһан “барабын” диэн кэбистим. Онтум барарбыт саҕана барыбытын атын-атын сиргэ анаталаан кэбиспиттэрэ. Уорҕаттан оччолорго үһүөбүт – Степанов Миша, Карпов Коля уонна мин. Кылааһынньыктар бары тутуспутунан сылдьыахпыт диэбиппит араартаан кэбиспиттэрэ.

Этабынан сыыйа чаастарга ыыталаан, миигин Дассаан диэн сиргэ сержаннары үөрэтэр сирдэригэр учебкаҕа илтилэр. Бастаан тиийэрбитигэр биһигини артиллерийскай чааска диэн араардылар. Саллаатыы строевойунан хаамтаран күн аайы кэһэттилэр ээ, дьэ, хаамарга үөрэтэн. Сарсыарда аайы хараҕы хайа тардаат даҕаны зарядка. Дьэ служба саҕаланна ээ.

Ол сырыттахпытына морской пехоталары аҕалан биһигини кытта холбоон кэбиспиттэрэ. Формалара үчүгэйэ сүрдээх, киһи ымсыырыах курдук. Онтукаларбыт үс сыл службалыыр эбиттэр. Алта ыйбыт туолуутугар войскаҕа ыыталларыгар ол “морской пехоталары кытта службалыы бараҕыт дуо” диэн ыйыта сылдьыбыттара, сорохтор барсыбыттара. Ээ, мин аккаастаабытым, үс сыл диэбиттэрин иһин. Инньэ гынан Монголияҕа барбытым.

Ол учебкаҕа бииргэ службалаабыт бурят уолбун кытта Монголияҕа иккиэн барбыппыт. Оччолорго Афганистаҥҥа сэрии буола турара. Хара омуктар: эрмээннэр эҥин, азербайджаннар, грузиннар бааллара. Олор ол Афганистаҥҥа тылланан барбыттара, учебка кэнниттэн.

Монголияҕа Чойбалсан диэн сиргэ полка диэн ааттанар чааска тиийдибит. Тиийбит батареябытыгар үксэ сахалар бааллар, котёллар диэн, биир сыл службалаабыт уолаттар. Биһиги разводягалар алта ыйдаахтар тиийдэхпит.

Ол быыһыгар зелёнайдар диэн аармыйаҕа саҥа тиийээччи, тута чааска түбэспиттэр бааллар. Биһигини эписиэрдэр, младшай сержант званиелаах дьону хамандыыр оҥоро охсон, түөртүү киһини сыһыара охсон, ол дьону эн дьаһалгар эппиэтинэскэ туттара охсон кэбистилэр. Политүөрэххэ эҥин эн тэтэрээттэрин, уруучукуларын булан, хайдах суруйбуттарын аахтаран, учуутал курдук сылдьаҕын. Миэхэ икки таджик уолаттара түбэһэн хааммын испиттэрэ, эписсиэрдэртэн элбэхтэ мөҕүллүбүтүм. Дьонум сатаан нуучалыы суруйбаккалар, бэйэлэрин тылларын сыһыаран түҥ-таҥ суруйан бооччойон кэбиһэр этилэр.

Батареябытыгар дедовщина дьэ баар аҕай этэ. Хата сахалар батарея аҥаара буоламмыт гоняйданар диэни билбэтэҕим. Ол оннугар хата бэйэм призывтарбын сороҕор гоняйдаталаан ыларым, расположение ыраастааһыныгар мостигынан ааһалларыгар. Молодуойдарга дардырҕаан тойон этим.

Эһиилигэр сахам уолаттара дембеллэнэн бараары сырыттахтарына салла санаабытым – дьонум бардахтарына иэстэһэллэрэ буолуо, хаалбыт службалааччы уолаттар бэйэм призывтарым эҥин. Хата бүрээт уолум старшинаҕа тиийэ үүнэн абыраабыта. Ол саҕана сахалар баралларын кытта соҕотох саха хаалан хааллым. Ээ, арай туран батареябар соҕотох, этэргэ дылы “Кыһыл кинигэҕэ” киирбит саханы ким да тыыппат. Кимнээҕэр үчүгэйдик сырыттым. Ол сылдьан остолобуойга нэрээккэ, били түөрт киһибин кытта посудомуойкаҕа нэрээккэ түбэстим. Оччолорго ааралар наар остолобуойга, хочуолунайга службаларын атаарар дьон этэ.

Мин дьоммун дьаһайан, иһит сууйуутугар күүскэ үлэлэтэ сырыттахпына биир аара чөмөх күлүүһү илиитигэр эргитэ-эргитэ тиийэн кэллэ. Арааһа, каптёрка күлүүстэрин илдьэ сылдьар. Бэйэтэ хаһаайын курдук санана сылдьар киһи эбит. Мин ааралары бэйэм дьаһайарбын көрөн кыйаханна аҕай, охсуһаары гынна, миигин сэнээтэ быһыылаах. Иирсээн тардан үрдүбэр түстэ, дьоммун бэйэтигэр көмөлөһүннэрээри ыҥыра сатаата. Дьонум бэйэлэрин хамандыырдарыгар хантан түһүөхтэрэй, иһит сууйбута буола сырыттылар. Тэгил дойдуттан тэҥнээхтэр түбэстибит быһыылаах, киирсии киэнэ кытаанаҕа буоллубут. Сирэйбитин-харахпытын тоҕута охсустубут, хайабыт да иннибитин биэрэр аат диэн суох. Киһим эттээх, эмис киһи этэ. Сыа киһи сыыйа мөлтөөн, мин баһыйарым биллэн барда. Биир түгэҥҥэ аарам мүлчү туттаран, сыыһа-халты оҕустаран куотан хаалла. Мин кыайбыт киһи курдук сананан, салгыы дьоммун мөҕө-мөҕө үлэлэтэ сырыттым.

Ол сырыттахпына охсуһан баран куоппут аарам бэйэтин земляктарын мунньан, миигин кырбаан кэһэтээри букатын сүүрбэччэ буолан тиийэн кэлбиттэр. Эрдэ посудомуойка хайаҕаһынан саха курдук дьүһүннээх аҕыйах да буоллар уолаттар остуолга аһыы олороллорон көрбүтүм, инньэ гынан окошконан “сахалар, кэлиҥ!” диэн сахалыы хаһыытаан ыҥырдым, охсуһуу буолан эрэр диэн. Хата дьонум сахалар буолан биэрдилэр, сүүрэн аҕай кэллилэр ээ. Кэлэллэрин кытта уолаттары туораан иһирдьэ мин турар сирбэр киллэрдилэр, посудомуойкаларын хоһо кыараҕас буолан абыраабыта. Хата онно саха уолаттарын иһирдьэ киллэрбит эбиттэр.

Охсуһуу буолбутугар аанынан посудомуойкаҕа быкпыттары биир саха уола биирдиитэ охсон сууллартаан истэ, хас оҕустаҕын аайы өйө суох биэртэлиир. Быыстарайдатан киирбиттэри биһиги дьаһайан иһэбит. Анарааларбыт хотторон бардылар. Биир түгэҥҥэ били охсуһууну таһаарбыт уолу ол саха уолугар ыйан биэрбиппэр тутан ылан, өрө көтө түһүөр диэри саайталаата. Ол охсуолууругар сыҥааҕын уҥуоҕун тосту охсон кэбистэ, охсуһуу тохтуу түстэ. Киһилэрин өйөөн-убаан илдьэ бардылар.

Ол кэмҥэ охсуһуу буолбутун истэн, караулга нэрээккэ сылдьар уолаттарбытын тревогалаан ыҥыран аҕалбыттар. Стройдааһын бөҕө буолла, эписсиэрдэр бөҕө кэллилэр. Айдаан бөҕө буолла Ээ, дьэ, охсуһууга кыттыбыттарга “Быһаарыы сурук” бөҕө суруттардылар.

Аҕыйах хонон баран дивизион диэҥҥэ, биһиги полкабытыттан чугас эмиэ чаас баара, онно доппуруоска илдьэр буолбуттара. Онно хаста да массыынанан бара сылдьыбыттара. Ол барыыга сахам уолаттарын кытта билсибитим. Били сыҥаах тостуор диэри дайбаталаабыт бэйэм землягым, Чурапчы уола эбит. Кэлин аармыйа кэнниттэн хаста да көрсүбүтүм. Мүччүргэннээх сырыыларбар сылдьан, кэлин милииссийэлии сылдьарыгар Дьокуускай куоракка көрсүбүтүм. Билигин баара дуу суоҕа дуу, кэпсээммин аахтаҕына биллэ сылдьар ини.

Дьэ ол дивизиоҥҥа биһигини сууттаары таскайдаабыт эбиттэр. Кэлин бэйэлэрэ буруйдаахтара биллэн, быыһанан турардаахпыт. Ол охсуһааччылар оччолортон службалыылларыгар наар чэпчэкитик сылдьаары, онно-манна, сибиинньэ да көрүүтүгэр кинилэр баар буолааччылар. Оннук сирэй көрбөх дьон онно сылдьан, өҥнөннүлэр да сүрдэнэллэр. Ол бэйэбэр сыһыарбыт аараларым нууччалыы эҥин кэлин син билэр буолбуттара. Бэйэлэрэ кэпсииллэринэн дойдуларыгар үрдүк үөрэхтээхтэр, хастыы да ойохтонуохтаахтарын кэпсиир этилэр. Миэхэ хас да платок биэрэн турардаахтар, ону бу туох платогай диэн ыйыттахха невеста үһү. Дойдуларыгар Таджикистаҥҥа служба кэнниттэн тиийэрбэр ол платоктарынан ойох ылыахтаах үһүбүн.

Ол службалыы сырыттахпына биирдэ улахан тревога буолан турардаах. Түүн сирена бөҕө буолла, барыбытын стройдатан баран пааркаҕа техникаларбытыгар – САУ-ларбытыгар сүүрдүбүт. Мин хамандыырыскай МТЛБ диэн гусеничнай массыынаҕа олорустум. Оччолорго дальномерщик эбээһинэстээх этим, разведчик дэнэрим. Пааркаттан тахсан, бары техника барыта сэриигэ барардыы турдубут. Шлемофоммутугар “дьэ сэрии буолар буолла” диэтилэр. Хамандыырбыт капитан сыбаанньалаах эписсиэр.

Ол техникам иһигэр олорон мин ыйыттым: “Сэрии буоллаҕына төһө уһуннук тутуһуохпутуй”, – диэн. Онно хамандыырым “баара-суоҕа уһаабыта суукка” диэтэ, онон кытайдар үлтү сэриилээн ааһыахтаах үһүлэр. Инньэ гынан “смертниктэр сылдьабыт” диэтэ.

Өр баҕайы кэтэһэн турдубут. Онно кыраныысса чугас, аны дьиибэтэ диэн кыраныыссаларын монголлар бэйэлэрэ харабыллыыр эбиттэр. Оччолорго Кытай өттүттэн диверсаннар киирэ сылдьыбыт этилэр. Хата этэҥҥэ ааһан, “тохтооҥ” диэн хамаанда кэлэн дьэ өрө тыыныы буолла.

Кэпсээтэххэ киһи бара турууһу, онон сулууспа бүтэн дойдубар барыым туһунан кэпсиэм. Эмиэ приключениелаах айан этэ, отой бэйэтэ остуоруйа.

Арба ол сулууспалыы сырыттахпына маачаҕа маамам өлөн, олохтон туораабыт этэ. Оччолорго, арай биирдэ утуйа сыттахпына, түүлбэр киирэн көстөн: “Хом санаалаах буоллаххына бырастыы гын”, – диэн барбыта.

Ол утуйа сыттахпына дневальнай кэлэн уһугуннаран, кэпсээннээх буолла. Арай туран көрдөҕүнэ казарма муннугуттан чүөчэ илэ тахсан, мин аттыбар кэлэн турбут үһү. Нуучча уола соһуйбут аҕай, чүөчэ балай да тура түһэн баран эмиэ муннукка тиийэн сүтэн хаалбыт үһү. Саллаат уолаттар истэн соһуйуу бөҕө буолбуттара, дьэ дьиибэ буолар эбит… Бэйэм да көстөн ааспытыгар соһуйан. Илэ кэлэн барбыт этэ, миэхэ буоллаҕына түүлбэр көһүннэҕэ. Дурановтар диэн Болтоҥо төрдүлээхтэр, олорго Зоя диэн көрбүөччү эдьиийдээхтэр, маачаха ийэм аймахтара. Кэлин “айылҕалаах буоланнар көстөн аастаҕа” дии санаабытым.

Аармыйам бүтэн дембеллэнэн дойдубар барыы буолла. Таҥаспытын, параднайбытын оҥостуу бөҕө. Хоруомабай эписсиэрдэр кэтэр саппыкыларын буллубут, онтукабытын бурят табаарыспын кытта хобулуктаах гына киэргэтии. Аны дембельскэй альбом оҥоһуута, бэйэм уруккуттан уруһуйдуур буоламмын иҥнэн-толлон турбат этим. Бэйэбэр оҥоһуннаҕым дии. Аны атын дембель уолаттартан сакаас бөҕө буола түстүм. Инньэ гынан казармам каптёркатыгар олордон кэбистилэр. Остолобуойга да барбат буоллум, эгэ служба кэлиэ дуо. Аспын таһан аһаталлар, күннээтим. Ээ дьэ, нэһиилэ киэһээҥи бэрэбиэркэҕэ тахсан стройга туран баарбын биллэрэбин. Табаарыһым бурят уола старшинабыт буолан, мин адьас най бардаҕым.

Монголияттан эшелонунан пуойаһынан айаннааһын буолла. Бэйэбит кыраныыссабытыгар кэлбиппитигэр барыбытын пуойастан таһааран стройдатан кэбистилэр уонна бэрэбиэркэ бөҕөтүн ыыттылар. Били параднайбытын көрөн баран дьэ да, хобулукпутун көтүрэн, таҥаспытыгар иилиммит киэргэллэрбитин барытын тууран көрүлэттилэр.

Онтон Читаҕа кэлэн бурят табаарыспын кытта араҕыстым, аадырыспытын бэрсиһэн билсиэх буоллубут. Соҕотоҕун хаалан баран вокзалга тимир суолга тиийдим. Онно тиийэн хата бэйэм курдук аармыйаттан дембеллэнэн иһэр саха уолаттарын көрүстүм. Олору кытта дойдубутугар бараары билиэт ыллыбыт, кыра да буоллар харчыбытын кыттыстыбыт. Пуойаска саллааттарга суолбут аҥаара эрэ харчынан төлөнөр эбит, уоннааҕыта босхо, “требование” диэн туох эрэ баара.

Пуойаска олорон айан буолла Читаттан Большой Невергэ диэри кэллибит. Пуойастан түһэн баран остолобуойга аһыы бардыбыт. Дьэ остолобуойу булан аһыы олордохпутуна олохтоох нуучча уолаттара тиийэн кэллилэр, адьас эдэр баҕайы оҕолор. Аһыы олордохпутуна кэлэн боруок көрдөөтүлэр. Биһиги сахалар бэһиэбит, аармыйаттан иһэр дьон борзай бөҕө буоллахпыт, сөбүлээбэтибит, кыыһырсан турдубут. Таһырдьа тахсан быһаарсыы буолла, олохтоохтор уончалар, охсуһуу бөҕө буоллубут. Биир мореманнаахпыт, онтубут дьэ уол эбит, таах дайбаталаата. Дьоммут куоттулар.

Аны автобуһунан Алдаҥҥа барыахтаахпыт, автовокзалга баран автобус билиэтэ ыллыбыт. Сарсын сарсыарда барар буоллубут, инньэ гынан гостиницаҕа хоно бардыбыт. Харчыбытын кыттыһан гостиница баарыгар хонордуу сырыттахпытына, били остолуобайга нуучча уолаттарын кытта атааннаспыттарбыт дьэ доо, олорбут өссө элбээн кэлбэттэр дуо.

Биһигини гостиницаттан таһырдьа ыҥыран таһаартаатылар, тахсан охсуһа сырыттахпытына хата милициялар кэлэн абыраатылар. Барыбытын тутан отделларыгар илтилэр, хата онно баран хоннубут. Сарсыарда милицияларбыт автобуспутугар атааран биэрдилэр.

Инньэ гынан Алдаҥҥа тиийдибит, онтон самолётунан Дьокуускайга көттүбүт. Ити 9 маай саҕана, сааскы призывник буоламмын оннук кэлбитим. Оччолорго Лена өрүс бараары турар кэмэ. Самолётунан портка түһэн баран, бииргэ айаннаан кэлбит уолаттарбын кытта бакаалаһан араҕыстыбыт.

Ол сырыттахпына биир саха уола булан билсэн: “Чурапчыбын, дойдулуохтаахпын, миигин кытта барыс, өрүскэ мууһунан туоруу үөрүйэхпин”, – диэтэ. Мин сөбүлэһэн ол киһибин кытта автобуска олорсон бардым. Киһим куоракка квартиралаах, кэргэннээх, уоллаах кыыс оҕолоох эбит. Аны туран дьиэтигэр илтэ.

Онно тиийбиппитигэр киһим былаан бөҕөлөөх сылдьар эбит, эттэ: “Эн аармыйаттан кэлэн иһэр киһи харчыҥ эҥин суох буоллаҕа”. Хантан харчыны буларын эттэ: “Биһиги билигин “Маякка” барыахпыт, онно призывтарга баран харчы хомуйуохпут. Онно эн формалаах киһи аармыйаҕа хайдах сылдьыбыккын эҥин кэпсиигин. Уонна хайдах ыҥырыллан барбыккын, бараргар “Маякка” сыппыккын, онтон Читаҕа баран баанньыктатан таҥаскын уларыталларыгар харчыгын ылалларын эҥин кэпсиэхтээххин”, – диэтэ.

Инньэ гынан “Маякка” бардыбыт, киһим массыына булан бырахтардыбыт. Ол тиийэн киэһэ отбуой буоларын кэтэһэн олбуор таһыгар олордубут. Киэһэ буолла. Киһим сылдьа үөрүйэх эбит, онон-манан эргитэн казарма иһигэр баар буолан хааллыбыт. Аармыйаҕа бараары уолаттар бөҕө баар эбиттэр, миигин көрөн ыйыталаһыы бөҕөлөр. Мин кэпсээн бөҕө буоллаҕым, харчыларын, оннук-маннык чаһыыларын эҥин биэрээхтээтилэр.

Оннук гынан баран төттөрү куораппытыгар тиийэн, квартиратыгар хоннубут. Киһим ойоҕор этэр, “киһибин өрүһү туоратан баран төттөрү кэлиэм” диир.

Сарсыҥҥы күнүгэр туоруу бардыбыт. Ол баран иһэн киһим улахан рюкзак атыыласта уонна толору арыгы бөҕөтүн ылла. Ону хардары-таары сүгэн өрүскэ киирдибит. Киһим уһун ураҕас булунна уонна “мин ханна үктэнэбин да, онно үктэнэн иһиэхтээххин” диэтэ. Өрүскэ киирэн туораан бардыбыт, киһим ураҕаһынан мууһу анньыалаан көрдөрдө. Бастаан сорох сиринэн отой көмүрүө эбит, кур гына түһэр. Дьэ кутталлаах дойду эбит…

Оннук гынан боротуокаларынан туораатыбыт ээ, Бэстээххэ өрүспүт адьас эстээри турар. Туораан баран биир түөрт квартиралаах мас дьиэҕэ тиийдибит. Киһим дьиэ таһыгар туран эттэ: “Манна оҕонньордоох эмээхсин баар буолуохтара, онно маннык диэн этиэхтээххин: аймаҕа уол үһүбүн, аармыйаттан кэлэн Чурапчылаан иһэбин. Уонна бу аймаҕым уол ыал буолан эрэрин истэн аймахтарбар этиэхтээхпин”. Дьэ оннук сүбэлээн баран дьиэҕэ киирдибит.

Киирбиппит оҕонньордоох эмээхсин “күтүөт кэллэ” бөҕө буола түстүлэр, киһим дьэ дуоспуруннаныы бөҕө. Кэпсэтии арыгыта аҕалбытын эҥин кэпсээтэ, кыыстарын ыйыппытыгар үлэтигэр диэн буолла. Кыыстара балыыһаҕа үлэлиир эбит, сиэстэрэ, бүгүн хонор диэтилэр.

Киэһэлик киһим балыыһаҕа бара сылдьыахха диэтэ, инньэ гынан балыыһаҕа бардыбыт. Тиийэн киһим атын санитарка кыыһынан кыыһын ыҥыттарда, кэргэн ылыахтаах кыыһа тиийэн кэллэ. Сыллаһыы бөҕө буоллулар уонна миигин “кэтэс” диэн баран балыыһа иһигэр киирэн хааллылар. Мин таһырдьа балай да уһуннук сырыттым. Онтон кэлбитигэр кыыс дьиэтигэр тиийэн, дьонун кытта хоннубут.

Сарсыҥҥы күнүгэр Бэстээхтэн Төҥүлүгэ диэри рейсэбэй автобус сылдьар эбит, оччолорго оҥоһуу суол Төҥүлүгэ диэри оҥоһуллубут этэ, онон айаннаатыбыт. Эбиэт саҕана автобус Төҥүлүгэ кэлэн, дэриэбинэ иһигэр киллэрэн остановкаҕа түһэртээтэ. Мин дьону кытта түһэн баран ханна барарым буолла дии турдахпына, биир эмээхсин ааһан иһэн миигин кытта кэпсэттэ. Службалаан иһэрбин эҥин кэпсээтим, эмээхсин “манна билэр дьоннооххун дуо” диэн ыйыппытыгар суох диэтэҕим дии. Онно “миигин кытта барыс” диэн дьиэтигэр илтэ, таарыйа аһыаҥ, эбиэттиэҥ диэтэ. Дьиэтигэр киирбиппит дьиэтэ толору уолаттар бөҕө баар эбиттэр, эҥин араас мөтөрүспүт ыччаттар олордон аһаттылар. Кэпсэтии бөҕөлөр, ханна баран иһэрбин эҥин ыйыталлар.ю Эмээхсин “бу кыыһым оҕолоро, бары уолаттар, табаарыстара кэлэ сылдьаллар” диэтэ.

Мин суолга тахсан сатыы барарбын эппиппэр үтэ-ас бэлэмнээн, рюкзак булан онно уган биэрдилэр. Эмээхсин уолаттарга миигин суол төрдүгэр атааран биэрэллэригэр эттэ, манна дэриэбинэттэн тахсарыгар ыччаттар сүгүн ыытыахтара суоҕа диэтэ.

Сөпкө эппит эбит, дьиэттэн уулуссаҕа тахсыбыппытыгар дьэ ыччаттар баар эбиттэр. Ээ, хата олохтоох уолаттар атаараннар айан суолугар таһааран биэрдилэр уонна покалаһан “этэҥҥэ айаннаа” дии хааллылар. Мин сатыы Төҥүлүнү ааһарбар оҥоһуу суол бүтэн хаалла, айан суола ДТ, УАЗик эрэ сылдьар суола буолла. Сорох сиринэн онон-манан бадарааннаах. Оннук сатыы, ити Төҥүлүттэн эбиэттэн киэһэ туруннаҕым дии, түүнү быһа хааман, сарсыарда Нуораҕаны эҥин ааһан Мугудайга кэллим.

Ити сарсыарда 8 чаас саҕана Мугудайга киирбитим биир ДТ-75 тыраахтар Чурапчылаары дьон кэтэһэн турар эбит. Мин ыйыталаһаат, бырысыапка тахсан олорунан кэбистим.

Бырысыабы толору сыһа дьон олоруста, айаннааһын буолла. Түүнү быһа хааман кэлбит киһи сылайан, бырысыапка олорон хата утуйан абыранным. Чурапчы чугаһыгар Бөтүгүттэҕэ түһэн, соҕуруу нэһилиэктэргэ барар суолга тахсан хааман истэхпинэ одинарка мотоцикл тиийэн кэллэ. Хадаарга баран иһэр билэр киһим буолан биэрдэ, инньэ гынан олорсон Дириҥҥэ кэллим. Оччолорго убайым Афоня кэргэнинээн Дириҥҥэ олороллоро. Арба, аармыйаҕа сырыттахпына кэргэн ылбыта.

Дириҥҥэ кэлэн убайым ханна олорорун дьонтон ыйдаран тиийдим. Аармыйаттан кэлбит киһи дьэ көрсүһүү бөҕө, арыгылааһын эҥин, онтон кылааһынньыктары көрсүү. Балай да уһуннук сырыттым быһыылааҕа, онтон Уорҕабар дьоммор тиийбитим.

Ол куораттан Аллараа Бэстээххэ “күтүөт” буолан кэлбит киһи көрөн ааҕара буолуо. Бэстээх чүөчэтэ Хадаарга кийиит буолан кэлэ сырыттаҕына ыйытан турардаахпын, ол киһи туһунан. “Ээ, оннук баара”, – диэбитэ. Ити кэлин. Кыыс төрөппүттэрэ кэргэннээҕин билэннэр үүрбүт сурахтаахтара.

 

Аны саҥа кэпсээн.

(Салгыыта)

Дойдубар аармыйаттан кэлэн баран, тырахтарыыс буолар баҕаттан Хадаарга тиийэн биригэдьииргэ сайабылыанньа биэрэн совхозка үлэҕэ киирдим. Биригэдьиирим эргэ 50-наах МТЗ тыраахтары туттарда, барыта ыһыллан бүппүт сэби “окко киириэххэ диэри оҥостон үлэлэт” диэн буолла.

Чаастарын онтон-мантан булан оҥостон бардым. От саҕана син собуоттаатым ээ.

Окко харбатааччынан Давыдов Коля диэн звеновойдаах биригээдэҕэ үлэлээбитинэн бардым. Сарсыарда звеновойбут букатын 3 чааска туран уот оттон, чэй өрөн бэлэмнээн 5 чааска барыбытын туруоран сарсыардааҥыбытын аһатар. 7 чаас саҕана тыраахтардарбытын көрүнэбит. Сэлээркэ эҥин куттан 8 чааска ходуһаҕа киирии буолар, үлэ саҕаланар. Алаас бөҕөтүн оттоон, үрэх бөҕөтүн бүтэрэн от бөҕө туруорабыт. Звенолар декаданан күрэхтэһиилэригэр бастаан убаһанан бириэмийэлэннибит эҥин.

Биир күн звеновойбут миигин ыҥыран атын звеноҕа көмөлөһө оттоһо бараҕын диэтэ, тыраахтарбын илдьэ. Инньэ гынан убаһа өлөрөн аҕалалларын саҕана атын звеноҕа – Давыдов Баанньа звенотугар, Уорҕа анараа өттүгэр Бабаҕа диэки сылдьар звеноҕа бардым. Эрдэтээҥи звенобар Кууһума Эбэтэ диэн сиргэ оттоспутум, онтон тиийдим.

Ол звеноҕа тиийбитим адьас ырай олоҕо эбит: сарсыарда 10 чааска диэри утуйуу, онтон туран аһаан-хайаан эбиэттээн эҥин буолабыт. Сороҕор эбиэттэн киэһэ оппутугар барабыт. Тыраахтардарбытын көрүнэн-хайаан баран, оттоон икки эҥин оту туруорабыт. Ол оннугар хойут, киэһэ туман түһүүтэ бүтэн отуубутугар кэлэбит.

Ол сырыттахпытына көмөҕө диэн сэттэ нууччаны аҕаллылар, геологтар үһү. Совхозка хайдах кэлэн хаалбыттара эбитэ буолла, үлэлэтиҥ диэн аҕалбыт этилэр. Уоһукап Ньуукка диэн ДТ-75 от кэбиһэр тыраахтардаах тырахтарыыстаах этибит, Уорҕа киһитэ. Киниэхэ ол нууччалары үлэҕэ үөрэт диэн анаабыттар. Киһибит хара маҥнайгыттан ол нууччаларга хайдах сылдьалларын, хас аһылык аайы олохтоохтор бэйэбит аһаан бүппүппүтүн кэннэ аһыылларыгар үөрэттэ. Биһиги хаһан аһаан бүтүөхпүтүгэр диэри оллооҥҥо уот таһыгар чифирь оҥостон иһэ-иһэ сылдьаллар. Аһаан бүттэхпитинэ биирдэ остоолго кэлэллэр.

Оннук от бугуллуурга, кэбиһэргэ Ньуукка хамаандатынан сырыттылар. Күһүн бүтэн баралларыгар киһибитин кытта адьас ытыы сыһан арахсыбыттара. Оттоон бүппүппүт кэннэ хас да хонон баран арыгылаах, астаах-үөллээх кэлэн бааттара, оннук күүскэ убаммыт этилэр. Ньууккабытын үлэҕэ үөрэппитигэр адьас хайҕааһын бөҕө буолбуттара.

Ол сайын тырахтарыыстаан баран, кэлин тыраахтарга олорботоҕум. Икки сыл совхозпар үлэлээн баран үөрэххэ барбытым. Оччолорго оннук үлэлэтэр этилэрэ. Өссө онус кылааһы бүтэрбиттэри икки сыл производствоҕа диэн этэ, мин аармыйа иннинэ арба эмиэ үлэлии сырыттаҕым дии.

Аармыйаттан кэлбитим кэннэ Бурятияҕа баар однополчаниным кытта суругунан билсэр этибит. Үөрэххэ барарбар бэйэтигэр ыҥырар этэ. Однополчаниным бурят уола Алексей, нууччалыы иитиилээх, бэйэтин омугун тылын билбэтэ. Үөрэххэ кэлэрбэр ыҥырбыта. Мин туран бэйэм баҕабынан совхозтан үөрэнэ барарбар диэн вакансия ылбытым, лётчик буолуом диэн ыра санаалаах этим. Онтубун толорон бортмеханик киэнигэр Улан-Удэҕэ барар буоллум. Ити 1985 сыл сайын, от ыйын бүтэһик күннэрэ этэ.

Совхозтан уоппуска харчыта эҥин ылан-хайаан, кэм харчыланан куоракка киирдим. Киирэн Як-40 самолёкка билиэт ыллым, оччолорго Улан-Удэҕэ диэри билиэт сыаната 60 солкуобай. Аны билиэтим көтөр болдьоҕо икки нэдиэлэ кэнниттэн буолан хаалла. Билиэппин “Ёлочка” кэннигэр агентствоттан ылбытым, ол иһин оннук эбит.

Инньэ гынан хайдах гынарым буолла дии сылдьан, уулуссаҕа Уорҕа, Хадаар уолаттарын көрсө түстүм. Карпов Сэргэй уонна Карпов Павлик Хадаар, уоннааҕыларын өйдөөн хаалбатахпын. Дьонум холуочуктар, мин билэр дьоммун көрсөн үөрүү бөҕө буоллум. Дьонум “харчылааххын дуо” диэн буолла, мин кыра баар диэтэҕим дии. Миигиттэн харчы ылан биир уолу арыгы уонна ыстыырга кыра ас ыллара ыыттылар.

Дьэ саҕаланна ээ, арыгылааһын. Биир бириэмэҕэ аэропортка эргэ быраҕыллыбыт таас дьиэ баар эбит, онно хоно-хайыы сырыттыбыт, Аны быыспытыгар дьахталлар баар буола сырыттылар. Ол сылдьан милииссийэлэр облаваларыгар түбэһэн тутуллан хааллыбыт эҥин.

Арай көөттүм били аармыйаҕа аараны сыҥааҕын тоһуппут Чурапчы уола милииссийэлии сылдьар эбит, миигин көрөн биллэ. Онно эттэ:

– Бу дьоҥҥуттан араҕыс, мин таһаарабын, – диэн кутузкаттан таһааран кэбистэ. – Харчылааххын дуо? – диэбитигэр харчым бүппүтүн онно билэн, “суох” диэтим. Киһим:

– Речпортка баран дойдулаа, – диэн, кыра харчы биэрэн ыытан кэбистэ.

Хата самолётум билиэтэ баар эбит. Речпортка тиийдим. Ол сырыттахпына Бэстээхтэн трамвай тиийэн кэллэ, дьон таҕыстылар. Арай көөттүм тастыҥ быраатым Ваня (аатын уларыттым) тиийэн кэллэ, биир кыыстаах. Мин бырааппын көрөн үөрүү бөҕө. Кэпсэтии бөҕө буоллубут. Киһим Төхтүртэн кэргэн ылан эрэрин, сотору көһөрөн Хадаарга илдьэрин эттэ. Мин сэргии түстүм. Ваня “миигин кытта барсаҕын дуо” диэтэ, мин үөрүүнү кытта сөбүлэстим. Куоракка тахсан наадаларын ыллылар.

Онтон төннөн Төхтүргэ тиийдибит, кийиит дьиэтигэр кэллибит. Эдьиийдээх бырааттардаах эбит. Дьоннорун бу диэн өйдөөбөт эбиппин. Аны биир Виталий (аатын эмиэ уларыттым) диэн Дириҥ киһитэ кийииппит эдьиийигэр күтүөттээн олорор эбит. Эдьиийэ үс оҕолоох, кэргэнэ суох. Ол сырыттахпына Виталий миигин таһырдьа ыҥыран таһааран баран этэр:

– Дьууруй, ыйыттахтарына кэргэммиттэн арахсыбытым туһунан этээр, – диэтэ. Инньэ диэн сүбэлэһэн баран дьиэҕэ киирдибит.

Быраатым аах эрдэ көрсүһүү оҥорбут эбиттэр, аны Хадаарга баран оҥоруохтаахтар. Онтон арыгы бөҕө ордубут эбит да, барыта коньяк буолан хаалла. Онтон иһии буолла, итирии эҥин бөҕө, хас да хоннубут.

Төхтүргэ биир күн Дириҥтэн Лааһарап Никандр ГАЗ-53-нэн көһөртүү тиийэн кэллэ. Инньэ гынан Хадаарга таһаҕас бөҕөнү тиэйэн көһүү буолла. Оччолорго кураан бөҕө, инньэ гынан Төхтүртэн эргэ Мэлдьэхсинэн, Дириҥинэн Хадаарга түстүбүт.

Хадаарга тиийэн икки хонон баран быраатым Ваня көрсүһүүтүн оҥордо. Бэйэлэрин дьиэлэригэр оҥордулар, онно аймахтар, ыалдьыттар сырыттылар. Нөҥүө күнүгэр Виталийбыт “Дириҥҥэ баран кэлиэм этэ” диэн Дириҥнээтэ, миигин көрсүһүү оҥорорбор сүүрүөҥ диэтэ.

Хас да хонон баран Виталийбытын кийиит эдьиийэ сүтэрэн, Ганя биһиккини Дириҥҥэ ыытта. Дириҥҥэ тиийбиппит киһибит дьиэтигэр баар, хоһугар сытар эбит. Кэргэнэ дьахтар эмиэ баар. Биһиги Виталийга кэлбиппитин эттэхпит дии.

Дьэ, алдьархай бөҕө буолбат дуо. Кэргэнэ дьахтар туохха кэлбиппитин билэн баран швабраны харбаан ылла уонна, дьэ доо, кулаабытынан барда! Ээ, Ваням мин кэннибэр саста, киһини иннигэр анньа сырытта. Мин охсулуннум аҕай, сирэй-харах дьаабы буолла. Хаан-сиин, сирэй-харах дьаабы, нэһиилэ мүччү туттаран таһырдьа ойуу буолла.

Таһырдьа тахсан баран Ваням Хадаардыахха диэтэ, мин барбаппын диэтим, дойдубар Уорҕалыам, эбии харчы булан үөрэхпэр барыам этэ диэтим. Эрэлим дьонум буоллахтара, аҕабын кытта эбэм.

Инньэ гынан Ваням Хадаардаата, мин Дириҥҥэ эдьиийбэр Мотяҕа тиийдим. Сирэй-харах дьаабы киһитэ тиийдэҕим буолуо, эдьиийим соһуйдаҕа дии. Кини хайаан даҕаны ымпыгын-чымпыгын ыйытан-билэн баран тэйээччи, онон син биир биллэ. Ол Виталий кэргэнин аҕалан көрсүһүннэрэн, бырастыы гыннаттаран-хайаан киһитэ бэйэтэ буккулла сырыттаҕа дии.

Оччолорго “Эрилик” совхоз өрүс сирдээх Төхтүртэн от пресстэтэн атыыласпытын тастара сылдьыбыт этилэрэ. Кыһын онно ол мин быраатым Ваня уонна Виталий буолан, хас да киһи үлэлии сылдьыбыттар. Онно ол кыргыттары булбуттар, билсибиттэр. Барыта ол содула эбит.

Төхтүртэн Дириҥҥэ кэлэн, хас да хонон баран Уорҕабар бардым. Онно тиийэн дьоммуттан туттарбар харчы ыллым, Онтон төннөн үөрэхпэр барардыы Дириҥҥэ кэллим. Кэлэн Бэстээххэ барар массыына баар диэбиттэригэр тиийбитим Лааһарап Ника барар буолла.

Кулууп таһыгар дьон мунньустан кузовка тахсан олордубут. Ол олордохпуна Хадаартан биир чүөчэ барсар диэтилэр. Арай Виталий ойох ылыах буолбут “кийииппит” эдьиийэ тиийэн кэлэн олоруста, айаннааһын буолла. Ол айаннаан иһэн кийиит эдьиийэ уһун суолу быһа миигин мөҕөн сорбун сордоото ээ, тустаахха дьаабы буоллаҕа. Виталийы “кэргэниттэн арахсыбыта” диэн кэбиһэммин дьэ Төхтүргэ диэри мөҕүллүү кытаанаҕа. Ол олорон этэр, “миигин ойох ылаҕын да сабаас” диир. Мин “үөрэххэ барабын” эҥин диэн бөҕө. Хата Төхтүргэ кэлэн түһэн, “һуу” диэн буолла.

Бэстээххэ тиийэн трамвайынан куоракка таҕыстым. Аэропортка тиийэн, көтүөхтээх кэммэр Як-40 самолётунан көттүм.

Улан-Удэҕэ кэлэн аэропортка түстүм, портара куораттан ыраах тэйиччи баар эбит. Ити киэһэ 7 чаас эҥин саҕана сайын да буоллар, бу дойду түүнэ хараҥа буолар, ол иһин арыый киэһэрбитэ биллэр эбит.

Мин туран тугунан барарбын онтон-мантан ыйыталаһыы буоллум. Бэйэбин кытта көтөн кэлбит нууччалартан ыйыталаһан таксига олорустум. Айаннаан иһэн такси иһин көрдөххө харчы ааҕар счетчиктаах эбит, оннугу саҥа көрөн интэриэс бөҕө. Санаабар элбэх баҕайыны ааҕар курдук. Таксибыт тимир суол вокзалыгар аҕалтаата, харчыбытын төлөөн түстүбүт.

Дьэ мин аны Онохой диэн пригород ханан баарын, тугунан айаннаан тиийиэххэ сөбүн ыйыталастым. Биир нуучча чүөчэтэ “автобус уонна электричка сылдьар” диэтэ. Мин толкуйга түстүм. Арай санаатахха автобус судургу курдук, инньэ гынан ыйдаран автовокзалга бардым. Тиийбитим киэһэ өртүгэр хойутуу сабан кэбиһэр эбиттэр, онон вокзал таһыгар сырыттым. Ол сылдьан көрдөххө Улан-Удэ куорат олордуу маһа элбэх, ыраас бөҕө куорат эбит.

Дьонтон электричканан барар түргэнин биллим, инньэ гынан тимир суол вокзалыгар трамвайынан төттөрү айаннаатым. Мучумааннанан, түүн оннук ааста.

Сарсыарда тимир суол вокзалыттан Онохойга диэри электричкаҕа билиэт ылан айаннаатым. Онохойдара “посёлок городского типа” диэн дэриэбинэ, электричка таһынан салгыы тимир суолунан ааһар эбит. Төһө ыраахха диэри барарын билбэтим, остановката Онохойга хас да сиргэ тохтоон ааһар эбит.

Мин остановканы биллэрэллэрин кытта бастакыга түһэн хааллым уонна сатыы уулуссанан СДК ханна баарын ыйдаран, түһүнэн кэбистим. Лёхам ВИА-ҕа дьарыктанарын туһунан этэрэ, ол иһин онтон булар инибин диэбитим. Өр хааман, балай да уһуннук уулуссанан баран истим. Аара дьону көрүстэхпинэ ыйытан иһэбин.

Уулуссалара барыта асфальт. Арай биир дьиэ таһыгар тиийдим, кулууптара буоларын биллим. Иһирдьэ гитара тыаһа бөҕө, онно көтөн түстүм. Көөртүм табаарыһым нуучча табаарыстарын кытта гитаранан ырыа бөҕө буола сылдьар эбиттэр. Мин Лёха диэбитинэн тиийдэҕим дии. Киһим соһуйуу-өмүрүү бөҕө буолла.

Көрсүһүүнэн диэн биир уолу маҕаһыыҥҥа ыытан арыгы ылларан иһии буолла. Онтон Лёхам дьиэтигэр илтэ, дьонун кытта билсиһиннэртээтэ. Маамата Мария диэн, аҕата буряттыы ааттаах. Ийэтэ нууччалыы иитиилээх буолан Лёха эмиэ оннук эбит. Аҕата полковник званиелаах, байыаннай чааска сулууспалыыр, асфальт оҥорор чааска. Кэлин Лёхабынаан онно баран холтууралаан, асфальт кутуһан аҕыйах хонукка харчы өлөрөн кэлэр этибит. Ити атырдьах ыйын бүтэһигин диэки.

Онтон табаарыһым миигин үөрэххэ киллэрээри биир күн Улан-Удэҕэ айаннаатыбыт. Электричканан тиийэн, били баҕалаах үөрэхпэр – бортмеханик киэнигэр тиийэн ыйыталаһан, колледж курдукка киирдим. Директордара бурят киһитэ баар эбит, ыллылар. Ол үөрэнэр сирбэр самолёт түһэр, көтөр портаах.

Мин эрдэ кэлэн хаалан, үөрэх буолуо кэм ыраах буолан онно биир ЮМЗ-лаах (хаһар тыраахтардаах, кэннигэр ковшиктаах “Беларусь” курдук) нуучча тракториһыгар туттаран кэбистилэр. Билсибиппит аны киһим Бэстээх нууччата буолан хаалла. Земляк, диэн буолла. Киһим ол тыраахтарынан портка ардах уута түһэр дьааматын хаһар, онно көмөлөһөөччү курдук сырыттым.

“Землягым” арыгыһыта сүрдээх, күн аайы иһэ сылдьар идэлээх эбит. Дьэ бормотуха дии-дии кыһыл арыгыны бастайаанна иһэр, ону таһынан самогону эҥин. Мин кыралаан эмиэ исиһэн бардым.

Аны субуота-баскыһыанньа аайы куорат таһыгар дьоҥҥо холтууралыы – дьаама хаһа барабыт. Онно тиийдэххэ иккитэ-үстэ хомуоһунан буор баста да, дьоҥҥо арыгыны “поставьте” дии түһэр. Ону таһынан харчы ылар. Мин таах олорсо сылдьабын. Кэлин арыгыһыт буолан хаалыах курдук буолум ээ. Ол сылдьан үөрэниэхтээх сирбэр арыгылаан тутулуннум. Инньэ гынан үөрэх саҕаланарын саҕана уһуллан хааллым.

Онохойбор табаарыспар төттөрү тиийэн, онно баар ГПТУ-га үөрэнэ киирдим. Сварщик, электрик, крановщик мостовых башенных кранов диэн идэлэргэ үөрэнним. Икки сыл устата үс үөрэххэ барытыгар үөрэнним. Эбиэккэ диэри сварщик киэнигэр, эбиэттэн киэһэ крановщик киэнэ, онтон ордубут бириэмэбэр электрик үөрэҕэ. Онон соло суох киһитэ буола түстүм. Ээ, дьэ, Лёхабар адьас киэһэ хойут тиийэбин.

Хата Лёха дьонун кытта икки этээстээх, түөрт квартиралаах дьиэҕэ дьонун кытта олорор, ГПТУ-ттан чугас буолан эбиэппэр баран аһаан кэлэбин. Билигин санаатахха босхо олорбут эбиппин, дьоно бэйэлэрин оҕолорун курдук көрөллөрө. Лёха бииргэ төрөөбүттэринээн үһүөлэр, улаханнара Люба диэн, онтон Лёха, кыралара Юра диэн мин түөскэм буолбута.

Кыһын практикалар буоллулар, үс ый тус-туһунан объектарга бардым. Бастакы практикам сварщик киэнэ. Заиграева диэн химия заводтаах городокка электричканан баран, общагаҕа олорон практикабын бардым. Онно үлэһиттэрэ хаайыылаахтар эбит. Бөһүөлэк диэтэххэ сайдыыта ынырык, барыта таас дьиэлэр, барыта асфальт, сатыы хаамар сирдэрэ аллея, үүннэрии мас бөҕөтө.

Собуоттарыгар тимир эҥин уһаараллар, быыһыгар болванкалары штамповкалыыр станоктар бөҕө бааллар. Химия собуота баар да, онно биһигини сырытыннырбатахтара.

Дьэ ол собуокка практикалана сырыттахпына биир “случай” буолла. Биир штамповкаҕа турар уол алҕас икки тарбахтарын быһа баттатан кэбистэ, хаана фонтан курдук өрө тыга түстэ. Ээ киһибит хаһыы бөҕө, нуучча уола, онно үлэһит эбит – уҥан түстэ. Бары сүүрэн тиийдибит, тарбахтарын хомуйан салапааҥҥа уган баран, санитардар кэлэн бэйэтин наһыылкаҕа сытыаран балыыһаҕа илдьэ бардылар.

Аҕыйах хонон баран киһибит кэлэ сырытта. Тарбахтарын төттөрү тикпиттэр, эпэрээссийэлээбиттэр. Хата тутатына илдьибит буоланнар оннук олордор эбиттэр. Ол гынан баран хамсаабаттара, кэлин баҕар эпэрээссийэлээн хамсыыр оҥоруохпут диэбит этилэр. Кэлин атаарыллан, үлэтиттэн уурайан барбыта, пенсия анаатылар диэбиттэрэ. Ол чааһыгар үчүгэйдик аахсар эбиттэр.

Практикабар бырысыаптар араамаларын сваркалаппыттара, штамповка тимирдэри ол бырысыапка туттуллаллар. Онтон төттөрү кэлэн Онохойбор крановщик практикатыгар сырыттым, Лесопривалочный комбинат диэҥҥэ. Улахан массыыналар хлыһы тиэйэн аҕалбыттарын кыраанынан сүөкээн, переработкалаан хаптаһыны, бурууһу оҥороллор. Онно ордугун чууркалаан молотильникка бытарыттаран, килиэй кутаннар ДСП оҥороллор. Буруустары, хаптаһыннары биир сиргэ мунньан вагоннарга тиэйэллэр, онно мостовой кырааннарга дьахталлар үлэлииллэр. Дьэ хамнастаах үлэ эбит, ыйга тыһыынчаттан тахса солкуобайы өлөрөллөр. Онтон кыраны өлөрдөхтөрүнэ ытыыллар.

Мин практикабар башеннай кырааҥҥа хлыст сүөкээһинигэр сылдьыбытым. Массыыналартан сүөкээн переработкалыыр сирдэригэр ууран биэрэрим. Икки смена баар – түүҥҥү уонна күнүскү. Башеннай кыраан тахсарга мостовайдааҕар дьэ үрдүк. Практика син этэҥҥэ барыа эбит да тыал, буурҕа түһэн хас да күн үөһээ олорон иэдэйэ сыспыттаахпын. Үөрэтиини ылынар буолан тыыннаах хаалан турардаахпын. Тыалга стрелатын тыал хоту тутуллар уонна өсөһүннэрэн, туормастаан утары бара сатыыгын. Тыал мөлтүүр бириэмэтигэр рельсэҥ бүтүүтүгэр кэллэххинэ охторуоххун сөп, онно биир башеннай кыраан сууллан киһитэ үлтү түһэн өлөөхтөөбүтэ.

Тыал арыый буолбутугар хас да күн онно олорбут киһи иэдэйэн аччыктаан, крановщик буолартан саллан турардаахпын. Ол да буоллар практиканы “отлично” туттаран турардаахпын. Сааһыары аны электрик практикатыгар дойдубар Чурапчыга Чакыр диэн нэһилиэккэ кэлэн барбытым. Оччолорго эдэр бөҕө буоллаҕым, онно этэҥҥэ үлэлээбитим. Оччолорго практикаҕар хамнас курдук кыра харчы биэрэллэрэ, электригим практикатыгар 90 солкуобайы ылан турардаахпын, ону өйдөөн хаалбыппын.

Онтон төттөрү Бурятиябар тиийэн, үчүгэй үөрэнээччи аатыран Герой куораттары кэрийиигэ Бурятияттан Брест кириэппэскэ тиийэр гына путёвка биэрдилэр. Элбэх куораттар ааттара баар этэ да, умнан кэбиспиппин.

Путёвканан поеһынан айан буолла, онтон-мантан хомуллан син элбэхпит. Байкал күөлү улаханын онно сөҕөн турардаахпын, поезд суола онон ааһар, хас да чааһы быһа айаннаан.

Иркутскайынан, Тюменынан, Омскайынан Свердловскайга тиийэн баран, салайааччыбыт улаханнык ыалдьан онтон төннөн турардаахпыт. Хата, Свердловскайга музей бөҕөтүн кэрийтэрбиттэрэ уонна искусственнай күөлгэ трамвайынан уһуннарбыттара. Азия, Европа границатыгар сырытыннарбыттара, биир атаххынан үктэнэн туран Европа буола түһэҕин. Оннук сылдьан салайааччыбыт ыалдьан хаалан, төттөрү Бурятиябытыгар төнүннэхпит дии. Оччолорго тимир суол вокзалыгар биир сиргэ бомж нууччаны саҥа көрөн турардаахпын. Оччолорго оннуктар баалларын билбэт этим ээ, соһуйбутум.

Икки аҥаар сыл үөрэнэн, үөрэхтэрбин бүтэрэн дойдубар кэлбитим. Кэлэн куоракка речпортка крановщик идэбэр киирээри ыйыталаһан көрбүппэр миэстэ суох диэн эттилэр. Инньэ гынан дойдубар кэлэн Дириҥҥэ сварщик идэбинэн үлэҕэ киирдим. Оччолорго отделениелары кэрийэ сылдьан үлэлиибин. Фермаҕа саах таһаарар механизмнар бааллара, дьаамаҕа түһэрэн убатан таһырдьа мотуорунан бырахтараллара.

Биирдэ Хайахсыт нэһилиэгэр фермаҕа сылаас хоско система тардарга анаан, эргэ кулууптан регистр көтүрэн ыларга эттилэр. Оччолорго тимири быһарга болгарка эҥин диэн суох, барытын сварканан быһан-отон ылаҕын.

Кыһын буолан эрдэ, 4 чаастан хараҥарар. Ол иһин бортобуой УАЗ-игынан ыксалынан эргэ кулуупка көтүрэ тиийдибит. Муостатын эрдэ көтүрэн кэбиспиттэр, сорох сиринэн кумааҕы-бөх бөҕө дойдута эбит. Массыыналаахтарым “сарсын кэлиэхпит” диэннэр хонор сирбин була отделение биригэдьииригэр бардылар, мин хаалан сваркабын холбоон үлэбэр туруннум.

Кыһын буолан киэһэ 4 чаас саҕана хараҥаран барда. Сварканан үлэбин тохтотон, сиргэ тохтубут шлактарбар хаары баһан киллэрэн кэрийэ сылдьан кутуталаатым, баһаартан сэрэнэн истиэнэҕэ тутан хаххалаабыт лииспин туора уурдум. Ол сырыттахпына олохтоох дьон киирэллэр-тахсаллар, көрөллөр-истэллэр. Кыратык “сып” да гынар быһыылаахтар, оччолорго маҕаһыыҥҥа арыгы атыыланар бөҕө буоллаҕа.

Массыыналаах дьонум кэлэн бысталаабыт регистрдарбын таһырдьа таһаардылар. Тиэйдилэр уонна дойдулаатыбыт диэннэр массыыналарынан Дириҥнээтилэр. Мин хомунан баран биригэдьиирдэригэр хоно бардым. Онон ыалга баран чэйдээн, аһаан хоннум.

Сарсыарда 6 чааска ааны тоҥсуйдулар. Бары уһуктан, дьиэлээх киһи аан нөҥүө ыйытта:

– Туохха кэллигит?

Онно маннык эппиэттээтилэр:

– Эргэ кулууппут умайан эрэр!

Мин сүрэҕим бар гына түстэ. Ойон туруу буолла, таҥна охсон онно сүүрдүбүт. Арай көөртүм кулууп саҥа буруолаан, умайан эрэр эбит. Дьон бөҕө мунньустан тураллар, таһырдьа хараҥа. Мунньустан турар дьоҥҥо тиийбиппэр биир оҕонньор:

– Бу уол уматта! – дии-дии хаар күрдьэр күрдьэҕинэн охсуолаан эрдэҕинэ дьон тохтотто. Ол оҕонньор салгыы этэр:

– Ол сылдьан дьону уматтылар диэн көрөөр эрэ, мин сваркабыттан барбыт диэн билинээр, – диэтэ. – Киирэн көр, ханан умайарын.

Мин киирээри баран эрдэхпинэ дьон тохтотто, буруоҕа тумнастан өлүөҕэ диэтилэр.

Ол турдахпытына “Вода” массыына уунан ыстараары кэллэ. Ол кэлэрин кытта биир түннүгү астылар уонна онон ыстардылар. Умайан эрэр өҕүрүс гынан мөлтөөн ылла. Ыстаран баран водабыт уу оботторо Арҕаа күөлгэ барда, чугас баар күөлгэ барбата. Оччолорго водалар гаражка сэрэххэ уулаах турар эбиттэр, инньэ гынан тута кэлбит эбит. Онтон уутун баһа бардаҕа.

Ол бириэмэҕэ түннүк аһаҕаһынан салгын ылан, уоппут күүһүрэн таҕыста ээт! Өрө куугунаан дьиэ үрдүн дьөлө сиэн таҕыста да, сииппэр эстэр тыаһа бөҕө буола түстэ. Халлаан сырдаан, уот кулууп аттыгар хонтуора дьиэ баарыгар суоһаан эрдэҕинэ водабыт уутун баһан кэллэ. Кэлэрин кытта хонтуора истиэнэтин ыстаран, хата онон быыһанна. Тоҕус чаас саҕана кулууппут умайан бүттэ.

Чурапчыттан пожарнайдар кэллилэр. Миигин хонтуораҕа киллэрэн доппуруостаатылар, боротокуолга илии баттаттылар Ол сылдьан пожарнай киһитэ эттэ:

– Бу баһаар умайбыт чааһа хапсыбат эбит.

Итинник диэтэ уонна миигиттэн ыйытта:

– Боротокуолга баттаабыккын көтүрэбит дуо?

Ону мин дьону уган биэримээри көтүттэрбэтим.

Милиисийэ бөҕө кэллэ. Ол сырыттахпына миигин арыгы испиппин дуу, суох дуу диэн бэрэбиэркэлииллэр. Уонна бары массыыналарыгар олорон баран хааллылар. Баһаарынайдар, милииссийэлэр тутан илдьэллэрэ буолуо дии санаабытым, оччолорго эдэр бөҕө буоллаҕым.

Аччыктаан дьаабы бөҕөтөбүн, биригэдьиирбэр барыа эбиппин да хайдах эрэ сатала суох курдук. Уулуссаҕа тахсан, баҕар Диринтэн дьонум кэлиэхтэрэ диэн мээнэ хаама сырыттым.

Ол сырыттахпына биир эмээхсин ааһан иһэн миигин көрөн ыйытта, ону кэпсээтэҕим дии. Ону истэн баран:

– Миэхэ баран чэйдээ, аһаа, – диэн илдьэн аһатан абыраата.

Онтон хонтуораҕа тиийбитим дьонум кэлбиттэр, уку-суку тиийэн сваркабытын тиэйэн Дириҥнээтибит.

Аҕыйах хонон баран кулуупка табаарыстыы суут оҥорон, сваркалыыр докумуоммун ылбыттара. Инньэ гынан дьоммор Чакырга баран, фермаҕа сүөһүгэ көөнньөрбө оҥорооччунан үлэлээбитим.

Нөҥүө сылыгар саас ыам ыйыгар Дириҥтэн сварщикка наадыйаннар тиийэн кэлбиттэрэ. Онно “куорачкам суох, быраабым быһыллыбыта” диэн көрбүтүм да, аҕыйах хонугунан куорачкам баар буолан хаалбыта. Инньэ гынан мастерскойга сварщигынан үлэлээбитинэн барбытым.

Юрий Егорович ЛУКОВЦЕВ.

2025 сыл бэс ыйын 2 күнэ.

 

Күтүөппүн кытта эдьиийим кэргэнэ.

Оҕолорбун кытта.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *